Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 47

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 47 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
IX

Барарыгар төһө да сотору кэлиэм диэтэр, Сэмэнчик ыкса күһүҥҥэ диэри Маачаҕа биллибэт. Маайа: «Оҕом, баҕар, бүгүн кэлэн хаалыа», оттон ол күн кэлбэтэҕинэ, «сарсын туох эмэ биллэр ини», – диэн, кэтэһэр мээри буолар. Түүн хас уһугуннаҕын аайы борохуот үөгүлээрэй биитэр киһи атаҕын тыаһа иһиллээрэй диэн кэтиир. Бу сайын устата хас борохуот иһэр сураҕын иһиттэр эрэ, тугу да үлэлии сылдьар буоллун, онтун быраҕан биэрэккэ киирэрэ. Үгүс борохуот, Маача анныгар тохтообокко, өрүс үөһүнэн ааһара. Оччоҕо ол борохуоту Маайа ыраатыар диэри кэнниттэн көрөн турар буолара.

Хотуттан тымныы тыал үрэр. Маҥнай кырдал сир кырса кубарыйа хатар, онтон иирэ талах сэбирдэҕин кырыыта саһархай дьурааланар, мутукча төбөтө саһарымтыйар. Күнү болоорхой былыт хаххалыыр, сотору-сотору самыырдаан ибиирэр, түүн хараҥарар. Лена уута күннэтэ аайы атын-атын өҥнөнөр. Арыт, күһүҥҥү тымныы тыалтан тоҥмут курдук, эрэһэ долгунунан дьиримниир, арыт үрүҥ күүгэн төбөлөөх баалынан түллэстэ-түллэстэ ыһыахтанар, кыыһырбыт курдук кытылын тааһын таһыйан ньиллиргэтэр.

Маайа эрэйдээх санаата тыытыллар, тугу да гыныан булбат. «Оҕом ыарыйдаҕа дуу?! Сотору кэлиэм диэбитэ ээ…» Ким кинини уоскутуо, аралдьытыа баарай! «Санааҕа ылларар игиинэн аалларар кэриэтэ» диэн өс хоһоонугар дылы, Маайа улам суойдаран, мэктиэтигэр баттаҕа биллэ-көстө кыырыктыйан барбыта.

Биир түүн утуйбакка сытан: «Бэйи эрэ, Сэмэнчик Сараапаптаах кыыстарын кытта билсэн иһэн барбыта ээ, баҕар, Настяҕа суруйара буолаарай?» – диэн өйдөөн кэлэр.

Эрдэ туран, чэйдээбэккэ да эрэ, Сараапаптаахха тахсар. Күн саҥа кылайа тахсан эрэрэ. Бөлүүҥҥү хаһыҥтан сир үрдэ кырыара тоҥмут. Үрдүк сиргэ хаһыҥ кырыата күн уотуттан сүүһүнэн сулус буолан тырымныыр. Өрүс үрдүнэн соҕуруу ааһар хаас үөрэ хотоҕостуу субуллар. Көтөрдөр барахсаттар төрөөбүт кыраайдарын кытта бырастыылаһан айманаллар.

Атыыһыттаах дьиэлэрин аттыгар кэлэн Маайа тохтуур. Тура иликтэр быһыылаах: түннүктэрин ыстаабана сабыылаах. «Утуйа сытар ыалы уһугуннардахпына, кыыһырыахтара», – дии санаан, Маайа олбуор ааныгар тохтуур. Кини күн үөһэ ойуор, салгын сылыйыар диэри көһүтэр. Сараапаптаах дьэ турдулар быһыылаах, ааннарын аһаллара-сабаллара иһиллэр. Маайа, кыбыста-кыбыста, урукку тойонун аах олбуордарыгар киирэр. Дьиэ айаҕар кухарка дьахтары көрөн:

– Атыыһыт турда дуо? – диэн ыйытар.

– Туран. Ити иннигэр аҕай киирдэ дии. Бэркэ диэн сэрэнэн, Маайа аан тутааҕын тутар. Онтон, чэ, бачча кэлэн баран төннүөм дуо дии санаат, ааны аһа баттыыр. Атыыһыт Маайаны атыҥыраабыт курдук көрсөр.

– Дорооболоруҥ! – Маайа уонна, туох да диэн булумуна, былаатын уһугун туппахтана турда.

– Тоҕо киирдиҥ?.. Уолуҥ ылыаҕын ылбыта дии!

Ити сирэйгэ сырбаппыт курдук тылтан Маайа наһаа симитиннэ, абатыйда.

– Кузьма Петрович, тугу да көрдүү киирбэтим, маннааҕы оҕоҕо – Настяҕа киирдим, баар дуо?

Сараапап Маайа диэки көрбөхтөөн баран, кыыһын ыҥырар:

– Настя-а!

Түгэх хостон Настя тахсар. Хараҕын кырыытынан Маайаны көрө охсон ылаат, көрбөтөҕө буолар. Кыыс, аҕата тоҕо ыҥырбытын истээри гыммыт курдук, тура түһэн баран:

– Тять, тоҕо ыҥырдыҥ? – диэн ыйытар.

– Эйиэхэ наадыйар киһи кэлбит, – диэт, Маайа диэки хараҕынан ыйан кэбиһэр уонна хоско киирэр.

– Мин… Эйиэхэ… – Маайа оҕотун сураһаары саҥа аллайар. Настя тугу да өйдөөбөтөх курдук Маайа диэки көрүтэлиир уонна:

– Миэхэ?.. – диэн соһуйбуттуу ыйытар.

– Эйиэхэ… Мин оҕобуттан, Сэмэнчиктэн, туох эмэ сурук эҥин кэлэрэ буолаарай? Сотору кэлиэм диэн барбыта да, тоҕо эрэ олус өр сүттэ дии?

Настя дьигис гынан киэр хайыһа охсор, онтон хоһун диэки барыах курдук буолан иһэн, эргиллэ биэрэр:

– Уолгун миигиттэн тоҕо сураһаҕыный?.. Миэхэ суруйуох, биллэриэх буолбута дуо?

– Суох… Өһүргэнимэ… Мин… Кини… – Маайа этиэн да сатаан эппэт буолар. Ити курдук буккуллумахтаан баран, арыый кэҥээн: – Эһиги доҕордоһор быһыылаах этигит… Тугу да биллэрбэт буолан хаалла, ол иһин айаҕалыы сатаан ыйытабын эбээт… баҕар, эйиэхэ биллэрэрэ буолаарай диэн, – диир.

– Тугу даҕаны билбэппин. Уонна… – диэн иһэн, Настя хоһун иһигэр мэлис гынан хаалар.

«Бэйи, ити тугу этээри гынан баран ситэ эппэккэ бардаҕай?» – диэн, саараан турбахтыыр. Ким да хостон быкпат. Маайа тахсан барар. «Ол даҕаны иһин, суор оҕото суор буолааччы: мин оҕобун, акаарыны, булан сымыйанан сыстаҥнаабыта буолан сылдьыбыт буоллаҕа», – Маайа оҕотугар кытта абатыйан ылар. Онтон дьиэтигэр кэлэн ол күнү быһа ытаан тахсар, ааспыт түгэннэрин санаталаан кэлэр: «Сэмэнчик – оҕочоос. Кини олох кубулҕатын-дьибилгэтин билбэт. Аҕата сордоох эмиэ саҥа туран иһэн, Дьаакыбылап кулуба угаайытыгар киирэн, тэмтэрийбитэ. Ама, олох ити курдук туох даҕаны уларыйыыта суох эргийэ турара буолуо дуо?..»

Биирдэ, Маайа уутун быыһынан иһиттэҕинэ, өрүскэ борохуот үөгүлүүр. Маайа олоро түһэр. Халлаан саҥардыы сырдаан эрэрэ. Тиэтэйэ-саарайа турар, таҥнан таһырдьа тахсар. Дэриэбинэ уулуссатыгар икки атахтаах көстүбэт. Ыаллар тура иликтэр быһыылаах. Маайа биэрэк диэки харбыалаһар. Тымныы тыал таҥаһын курдары үрэр. Тоҥор. Ол эрээри төннүбэт, иннин диэки дьүккүйэн иһэр. Өрүс кытылыгар чугаһаан иһэн көрбүтэ: Сэмэнчик курдук киһи утары тахсан иһэргэ дылыта. Маайа сүрэҕэ мөхсө түһэр.

– Ийэ-э! – диэбитинэн Сэмэнчик сүүрэн кэлэр, кууһан ылар.

– Хайа, тоойуом, хата кэллиҥ дии, туох ааттаах буолан бачча өр буоллуҥ?

– Ийээ, үлэ тардан…

Билигин Маайа курдук дьоллоох ийэ суох. Буолумуна, оҕото этэҥҥэ эргийэн кэллэ, өссө улааппыкка дылы буолбут, үөһээ уоһугар кыратык торумтуйан көстөр бытыктаммыт, хайдах эрэ, кырдьык, эр киһилии сэбэрэлэммиккэ дылы.

Сотору соҕус Сараапаптаах дьиэлэрин аттыгар тиийэн кэлэллэр. Сэмэнчик хараҕа атыыһыттаах түннүктэриттэн арахпат.

– Тоойуом, эйигин манна ким даҕаны көһүппэтэ буолуо, кэтээмэ!

Сэмэнчик ийэтин сирэйин соһуйбут курдук көрбөхтүүр. Балайда саҥата суох барбахтыыллар.

– Эйигин сүтэрэн кэбиһэммин, биирдэ, баҕар, тугу эмэни эн тускунан истээйэбин диэн, кинилэргэ киирэ сылдьыбытым. Онно кыыс эйигин кытта билсэ да сылдьыбатах киһи курдук, кэпсэтиэн да баҕарбат этэ.

– Ол аата хайдаҕый? Настяҕа уонча хонуктааҕыта суруйбутум ээ, субу сотору бараары сылдьабын, ийэбэр сотору кэлиэ диэн этээр диэн. Ону этэрин оннугар, ол хайдах?..

– Тоойуом, оттон оччоҕо суруккун, баҕар, аҕалан биэрбэтэхтэрэ буолуо. Киминэн ыыппыккыный?

– Аанньаах куоратыгар били маннааҕы Петухов үрээнньиги көрсүбүтүм. Кини Дьокуускайтан тахсан иһэрэ. Ол киһинэн ыыппытым ээ.

– Үрээнньик тойон аҕыйах хонуктааҕыта манна көстөн эрэрэ. – Маайа ити иһэн санаабыта: «Кырдьык, ол үрээнньик тойооску кыыска суругу, баҕар, биэрбэтэҕэ буолуо, сурук оннугар Сэмэнчик туһунан туох эмэ куһаҕаны сымыйалаан кэпсээбит да буоллаҕына көҥүлэ».

* * *

Сэмэнчик Маачаҕа кэлиэн аҕыс хонук иннинэ Петухов үрээнньик Дьокуускайтан эргийэн тахсыбыта. Дьиэтигэр чэйдээт, Сараапаптаахха ааспыта.

– Аа-а, Прохор Иванович! – кэтэһиилээх киһитин атыыһыт бэркэ үөрэ көрсөр. – Хайа, хайдах сылдьан кэллиҥ, туох киһи үөрэ истэр сонунун сүгэн-көтөҕөн аҕаллыҥ? – дии-дии, Кузьма Петрович Петухову хоһугар киллэрэр.

– Кузьма Петрович, – Петухов үөһэ тыынар, – киһи соччо-бачча үөрүөх сонуна суох.

– Ноо… Чэ буоллун, туох баарынан кэпсээ.

Петухов даҕаны тугу истибитин-көрбүтүн кистиир санаата суох. Күөмэйин оҥостон, көхсүн этиппэхтээн баран, дакылааттаан эрэр курдук, кэпсээнин саҕалыыр:

– Кузьма Петрович, мин мантан киирэммин-с били эн эппит ыалгар тохтообутум. Мин тиийиэм аҕыйах хонук иннигэр-с, офицердары барыларын хаайталаан кэбиспиттэр…

– Что ты говоришь? – Сараапап соһуйар.

– Оннук-с… Хаайталаан-с.

– Дьэ, үлүгэр эбит буолбат дуо?

– Тохтоо, ситэ иһит-с. Мин түспүт ыалым аҕалара Совдептарга сулууспалыыр эбит. Аҕыйах хонон баран кини миэхэ эттэ: «Хаайыллыбыт офицердары босхолоторго дьаһал ылабыт», – диэн.

– Ну-ну! – Сараапап устуулун сыҕарыс гыннаран, Петуховка өссө чугаһыыр.

– Ол курдук-с уонча хонукка хаайыыга сытыартаан баран, барыларын босхолоон кэбиспиттэр-с.

– Дьэ, бэрт. Дьэ онтон? Ол дьоммут билигин тугу гыналларый?

Петухов итиннэ туох да диэҕин булбат. Ол хаайыыттан тахсыбыт офицердар тугу гыналларын киниэхэ кэпсээбэтэхтэрэ. Арай биирдэ, кини манна төннөөрү сырыттаҕына, дьиэлээх тойон эппитэ: «Кузьма Петровичка кэпсээр: сотору улахан көр тахсара буолуо», – диэн. Үрээнньик итини Сараапапка кэпсээбитигэр, Кузьма Петрович олус сэргиир.

– Ол аата, иккистээн восстание оҥороору гыналлара буолуо дуо?

– Дьэ, мин ону билбэтим-с, – Петухов үрүт-үрдүгэр чыпчылыҥныыр.

– «Сотору улахан көр тахсара буолуо», – диэтэ диэбэккин дуо?

– Оннук-с…

Сараапап туран төттөрү-таары хаамыталыыр.

Оччону истэн бараҥҥын, ол туох «көрө» буолуохтааҕын ыйытыа да эбиккин.

– Бэйэлэрэ киһи ыытыах, биллэриэх буолбуттара, – Петухов, куттаммыт курдук, атыыһыт диэки көрбөхтүүр.

– Кинилэр киһи ыыталларын көһүтэн олордохпутуна, бэйэбит да дьакыллар инибит, – атыыһыт үөһэ тыынар. – Чэ, бүгүн сынньан. Оттон сарсын киэһэ Михаил Николаевичтыын миэхэ киирээриҥ.

Петухов үөрбүт курдук ойон турар. Эмиэ саллааттыы чиккэс гынан чиэс биэрэр:

– Истэбин-с… Киириэхпит-с!

– Чэ-чэ, бириэмэҕин сүтэримэ, эмээхсиҥҥин ахтан өлбүтүҥ буолуо! – атыыһыт ыалдьытын көнньүөрбүт куолаһынан хаадьылаан атаарар.

* * *

Петухов Дьокуускайтан кэлиэҕиттэн ыла хас киэһэ аайы Сараапаптаахха киирэрэ. Арыт манна үһүө, арыт төрдүө буолан хатанан олорон сипсиһэллэр, тугу эрэ сүбэлэһэллэр.

Биир киэһэ, хараҥарбытын кэннэ, Петухов киирээт:

– Комиссар кэлбит-с… – диэн сибигинэйэр.

Атыыһыт хоһугар мустан олорор дьон, эмискэ истэннэр дуу, кэлиэ суоҕа диэбиттэрэ дуу, хайдах эрэ соһуйа истэллэр. Сараапап, уол кэлэн иһэрин урут истибит буолан, онно уолуһуйбат.

– Иһэр диэн үнүргүттэн кэпсиигин буолбат дуо? Онтон тугуттан соһуйан киирдэҥий. Соҕотох эрэ кэлбит буоллаҕына, улахан куттал суох. Оттон өскөтө этэрээттээх кэлбит буоллаҕына… – диэн баран, дьонун сирэйдэрин кэрийэ көрөн кэбиһэр, – биһигини хаайталыахтарын даҕаны сөп.

– Оччоҕо хайыахха сөбүй, Кузьма Петрович? – Юшмин ыйытар.

– Билигин хайыыр туһунан тугу да быһаарар кыах суох. Бастаан манныгы билиэххэ: комиссар соҕотоҕун эрэ кэлбит дуу, дьонноох, этэрээттээх эбит дуу? Өскөтө дьонноох буоллаҕына, олоро төһө элбэхтэрий, ханна баалларый? Ону эн, Серкин, билиэхтээххин.

Серкин, тиргэҕэ иҥнибит кус курдук, буола түһэр. Чыпчылыҥныы-чыпчылыҥныы, ыксаабыт куолаһынан:

– Кэбис, куттанабын. Эһиги, үөрэхтээх эҥин дьон, бэйэҕит… – диэмэхтиир.

– Кыһыллар былаастарын утары чахчы охсуһаары сананар буоллаххына, итиннээҕэр ордук кутталлааҕы көрсүөҕүҥ, – Сараапап өссө тыйыһырдан биэрэр.

Бу киэһэ итинтэн ураты атын кэпсэтии тахсыбат. Бэрт сэрэҕинэн тарҕаһаллар. Сарсыҥҥытыгар киэһэ эмиэ мусталлар. Серкин хойутаан кэлэр. Киирэрин кытта, Сараапап аанын хатыы охсор уонна ыйытар:

– Хайа, биллиҥ дуо?

– Билэн. Соҕотоҕун кэлбит. Манна биэс-алта хонор үһү. Маннааҕы лааппы ыскылаатыттан чугастааҕы лааппыларга табаар тарҕата кэлбит.

Сараапап ойон турар:

– Табаар тарҕата даа? Аны туора сиргэ ыскайдыыллара хаалбыт дии. Дьэ, оччотугар ким урут туттунуулаах билиэҕэ!

Дьиэлээх тойон киҥэ-наара холлубутун көрөн, ыалдьыттар куттаммыт курдук олороллор.

– Суох, суох! Кинилэр ыһыахтарын, сиэхтэрин кэриэтэ… Суох, ол кэриэтэ кыһыл бөтүүгү ыаллатыам!

Мустан олорор дьонун Сараапап бэйэтигэр хомуйа тардар. Сибигинэйэ аҥаардаан, туох да сүбэлэһиитэ суох быһаарбытынан барар:

– Мин этиим маннык: бу түүн ыскылааты уматарга… Комиссар уолу уокка өлөрөргө…

– Ол хайдах?.. – Юшмин саҥа аллайа түһэр. Серкин, куотан тахсаары гыммыт киһи курдук, аан диэки көрбөхтүүр. Петухов, туох буоларын көһүппүттүү, сыҥаах баттанан олорор.

– Прохор Иванович, эн ыскылааты уоттуугун… Уот бириэмэтигэр комиссар уол ыскылаакка кэллэҕинэ, табаары таһаара киирдэҕинэ, Серкин, эн көхсүгэр быһаҕынан түһээр!.. Куттаныма, ким даҕаны билиэ суоҕа!..

– Суох, суох!.. Киһини өлөрөр айыыта бэрт… Мин итини ылыммаппын… – Серкин уйатыгар дьэ уу киирэр. Кини бу дьоҥҥо кыттыспытыттан дьэ кэмсинэр. Дьиҥэр, билиҥҥитэ киниттэн ревком тугун даҕаны былдьыы илик эбээт. Арай бу Сараапап, Юшмин уонна Петухов буоланнар кинини куттууллар: «Көрөөр, бэрт сотору бу эн курдуктар баайдарын былдьыахтара», – диэн. Ону итэҕэйэн, бу дьон сөрөдөһүннэригэр киирэн хаалла. Дьэ үлүгэр дии. Аны ыскылааты уоттуулларыгар, комиссары өлөрөллөрүгэр кыттыһар буолла буолбат дуо?..

– Чэ буоллун, Серкин куттанар буоллаҕына, Прохор Иванович, бэйэҥ дьаһайаар… Мин бэйэм оҥоруохпун, бу атыыһыт уокка сылдьыбыта диэн, ким баҕарар уорбалыаҕа.

– Истэбин-с, толоруом-с!

– Чэ, таҥара көмөлөстүн!

Тахсаары тураллар, атыыһыт Серкини тохтотор.

– Эн, тохтоо! Бары бииргэ тахсаргыт сатаммат.

* * *

Сэмэнчик күнүһүн ревкомҥа сылдьыбыта. Лааппыттан туох табаар, төһө чэй, табах баарын учуотун ыланнар, Иван Усовтыын атын лааппыларга биэрэргэ ахсаанын, ыйааһынын, арсыынын быспыттара. Сарсыҥҥыттан ыла бу табаардары анаабыт лааппыларыгар тарҕатыахтаахтара. Онтон киэһэ, өлө сылайан, Сэмэнчик дьиэтигэр киирэн чэйдии олордоҕуна, Нохтуйскайтан телеграмма аҕалаллар. Сэмэнчик телеграмманы ааҕар. Ах баран, олорбохтуу түһэр.

– Ийэ-э, миигин Дьокуускайга ыҥырбыттар, буолан баран бэрт түргэнник.

– Хайдах? Оттон манна биэс-алта хонуом диэбитиҥ буолбат дуо?

– Ыҥырбыттар ээ оттон!

– Онон тугуй, хаһан бараҕын?

– Субу барар буоллаҕым дии. Бүгүн.

– Тоойуом, таҥаскын сууйбутум ситэ өтүүктэнэ илик дии… Хонон баран, сарсын даҕаны барбаккын дуо?

– Суох, ийэ-э, олус тиэтэл ыҥырыы быһыылаах, бардахпына табыллара буолуо. Билигин борохуот капитанын киирэн сэрэтэн тахсыыһыбын, – диэт, Сэмэнчик биэрэккэ киирэр.

Маайа үөһэ тыынар. Хайыай, үлэҕэ сылдьар киһини тохтотор кыаҕа суох. Туран, өтүүгэр чох уган, оҕотун таҥаһын өтүүктээн барар. Сотору соҕус буолан баран Сэмэнчик биэрэктэн тахсар.

– Хайа, тоойуом, борохуоттаахтарыҥ бааллар дуо?

– Бааллар. Хата, туох да тутулуга суох барарга сөбүлэстилэр.

– Хаһан киһилии түптээх олоххун олоруох киһигиний? Куруутун бу курдук биир кэм кэлэр-барар аатыгар сылдьыах муҥуҥ дуу?

– Ийэ-кээ, олох оннун булуор диэри итинник буола туруо. Дьэ, онтон кэлин сынньалаҥнык олоруохпут буоллаҕа дии.

Маайа тугу да саҥарбат, оҕотун төбөтүн имэрийэр, сыллаан ылар. Санаарҕаабыт курдук үөһэ тыыммахтыыр. Бу туран кэргэнин эмиэ санаан кэлэр: «Оо, кини баара буоллар, төһө эрэ үчүгэй буолар этэ, оҕом хас бардаҕын ахсын маннык соҕотоҕун муҥнана хаалыам этэ дуо?!»

– Ийэ-э, санаарҕаама. Бэрт сотору бииргэ олоруохпут. Мин эйигин Дьокуускайга киллэриэм. Бэйэбит туспа ыал буолуохпут!

Маайа саҥата суох мичээрдиир. Төрөппүт ийэ, оҕото улаатан, «бэйэбит туспа ыал буолуохпут» диирин истэрэ дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо?!

Маайа оҕотун таҥаһын өтүүктээн бүтэрэр. Сэмэнчик, хомуна охсон, борохуокка киирээри, таҥаһын таҥнан барар. Маайа эмиэ таҥнар.

– Ийэ-э, халлаан хараҥарбыт ээ, биэрэккэ тиийэ киирсэҕин дуо?

– Хараҥата туох буолуой. Бу ыккардыгар тиийэ буолумуна.

Им олох сүппүт, ытыс таһынар хараҥа. Сотору-сотору халлааны сындыыстар хайыта суруйтууллар. Дөрүн-дөрүн тыал күүһүрэн ыла-ыла намтыыр. Салгын тымныйбыт.

Оҕотун кытта сиэттиһэн иһэн, Маайа биир кэм Сэмэнчиги сэрэтэр, сүбэлиир.

– Ийэ-э, куттаныма, туох даҕаны буолуом суоҕа.

Биэрэккэ тиийэллэр. Кыһыл, күөх уотунан тырымнаан, борохуот кытылга тиксэн турара. Сэмэнчик ийэтин кууһар, хаста да уураан ылар уонна, ийэм аны ыыппакка киһини тутуо диэбиттии, эмискэ эргиллэ түһээт, борохуокка ыстанар, баран иһэн хаста да эргиллэн көрбөхтүүр. Маайа суос-соҕотоҕун туран хаалар.

Сэмэнчик киирэрин кытта трабы көтөҕөллөр. Аргыый аҕай эрдинэн, ойоҕоһунан устан, борохуот үөскэ киирэн барар. Маайа оҕотун көрө сатыр да – көстүбэт. Борохуот тэйэр, таҥнары эргиллэн, өрүс сүрүн үөһүнэн кыһыл кыымынан кытыастан, сырдьыгыныы-сырдьыгыныы, киирэн бара турда.

* * *

Маайа борохуот ырааппытын кэннэ тахсар. Ол иһэн: «Оҕом барахсан, эйигин Дьокуускай куоракка киллэриэм, бэйэбит туспа ыал буолуохпут диэхтиир ээ», – дии санаан, сүрэҕэ нүөлүйэн ылар. Оҕотун кытта тугу кэпсэппитин саныы-саныы хааман истэҕинэ, иннигэр биир киһи, тохтуу-тохтуу хааман, Народнай лааппы олбуоругар тиийэн сүтэн хаалар.

«Лааппы харабыла сырыттаҕа дуу, атын үлэһиттэртэн ким эмэ сылдьара дуу?» – Маайа итинтэн ордук тугу да быһаара барбат, ааһа турар.

Дьиҥэр, Народнай лааппы дьиэтин ким да харабыллаабат этэ. Сайын, бу лааппы тэрилиннэҕин утаата, манна хас түүн аайы ыччаттар мустан хороводтаан, үҥкүүлээн тахсаллара. Онтон от үлэтэ, бурдук быһыыта кэлэн, оонньообот буолан хаалбыттара.

Маайа дьиэтигэр киирэр, аанын хатыыр, оронун оҥостон сытар. Бу да сытан санаата син биир – Сэмэнчиккэ. Онтон биирдэ өйдөөн иһиттэҕинэ, ким эрэ кэлэн дьиэ ааныгар тохтуур.

* * *

Хараҥа түүн Лена сүрүн үөһүнэн кыракый борохуот сүүрүк хоту устан сундулуйан иһэр.

Сэмэнчик капитаҥҥа тахсар.

– Семен Федорович, массыынабыт эргэтэ бэрт. Бу борохуокка үлэлээбитим уонча сыл буолла. Урукку тойонум Кушнарев революция буолуор диэри сыллата аайы оҥорторор буолара. Оттон бу ааспыт кыһын бу сэби ким даҕаны өрөмүөннээбэтэҕэ. Саас бэйэбит, төһө сатыырбытынан, оҥорбута буолбуппут. Хата, онтубут бу билиҥҥэ диэри сылдьар дии.

– Чэ, кытаатан тиэтэйэ сатааҥ!

– Кумахха олорон хаалыахпыт диэн куттанабын.

Ол эрээри, төһө да хараҥатын иһин, манан бэрт үгүстүк сылдьыбыт буолан, капитан өрүс сүнньүн бэрт үчүгэйдик билэрэ.

Сэмэнчик капитан каютатыгар киирэр. Таҥаһын сыгынньахтанан эрдэҕинэ, капитан көтөн түһэр.

– Семен Федорович, Маачаҕа туох эрэ умайар, уота мантан көстөр!

Сэмэнчик сүрэҕэ «парк» гына түһэр, «аны ийэм»… диэн санаа күлүм гынан ааһар. Ойон турар, таҥна охсор. Капитан мостигар тахсаллар. Кырдьык, Маача дэриэбинэтигэр туох эрэ умайар, балайда үөһээҥҥэ диэри төлөнө кыыһан көстөр.

– Маачаттан төһө ырааттыбыт? – Сэмэнчик капитантан ыйытар.

– Бэс тумулу аастыбыт. Сотору Березовскайга тиийиэхпит, тоҕой ол көстөр.

– Ырааппыппыт… Билигин төннөн даҕаны тугу гыныахпытый?

– Эн туох дииргинэн, төннөргө бирикээстээтэххинэ – төннүөхпүт!

– Суох, барбыппыт курдук барыаҕыҥ! – Сэмэнчик түһэн каютаҕа киирэр.

Сарсыарда күн тахсыыта капитан вахтатыттан кэлэр. Сэмэнчик уһуктар.

– Төһө ырааттыбыт?

– Ыраатан. Соҕотох бэһи билигин аҕай аастыбыт. Киэһэлик, эрдэ соҕус Аанньаахха тиийээ инибит. Аара Куду утарытыттан мас ылардаахпыт, онно эрэ кыратык тутулла түһэрбит буолуо, – капитан утуйаары таҥаһын устан барар.

Кырдьык, киэһэлик соҕус Аанньаах анныгар кэлэн тиксэллэр. Сэмэнчик, борохуоттан түһээт, Окружной ревкомҥа тахсар. Үлэһиттэр тарҕаһа иликтэр.

– Семен Федорович, эйигин Окружком секретара бэркэ диэн ыйыталаһан эрэрэ, – дии тоһуйар, Сэмэнчиги көрөөт, Окружной ревком председателэ.

– Бөлүүн Маачаҕа туох умайбытын иһиттигит дуо?

– Истэн. Народнай лааппы табаардаах ыскылаатын уоттаабыттар. Табаары үксүн быыһаабыттар. Доҕолоҥ Кузя диэн киһи уокка былдьаппыт…

Сэмэнчик, итинтэн ураты тугу да кэпсэппэккэ, Окружкомҥа тахсар. Аара биир милиционеры көрсөр. Өйдөөн көрбүтэ – Алеша Серкин эбит.

– Хайа, доҕоор, Алеша, милиционер буолбуккун дуу? – Сэмэнчик соһуйа да, үөрэ да көрөр.

– Буолан, Семен Федорович.

– Дьэ, үчүгэй… Маача лааппытын ыскылаатын уот сиэбитин иһиттиҥ дуо?

– Эчи суох…

– Бөлүүн уоттаан кэбиспиттэр. Били Доҕолоҥ Кузя сордоох уокка былдьаппыт курдук кэпсииллэр.

– Оок-сиэ… Хайдах былдьаппыт бэйэтэй?..

* * *

Маайа: «Оҕом тугун эрэ умнан кэллэҕэ дуу, хайдах дуу?» – диэх курдук санаталаан иһэн, өйдөнөн, олоро түһэн иһиллиир. Аан аттыгар кэлэн тохтообут киһи маҥнай ааны тутааҕыттан тардыалыыр, онтон күүскэ тоҥсуйан либигирэтэр. Дьиэ түннүгүнэн хантан эрэ уот сардаҥата күндээрэр. «Бу туох буоллаҕай!» – диэн, Маайа олус куттанар. Ойон турар, ааныгар барар.

– Кимҥиний?

– Алдьархай буолла… Лааппы ыскылаата умайан эрэр… Комиссар баар дуо? Тахса оҕустун!..

– Суох… Суох ээ!..

– Ханна барбытай?..

– Дьокуускайга ыҥырбыттар…

– О-о, дьэ, кэм буолан иһиэхпит… – киһи сүүрэн атаҕын тыаһа тибигирии турар.

Маайа тугу да гыныан булбат, ыксыыр. Оһоҕун кэнниттэн ыаҕастаах уутун харбаан ылар, лааппы диэки сүүрэр. Кэлбитэ – умайан кыһыл төлөнүнэн өрө үөмэхтэнэ турар ыскылаат аттыгар дьон мустан эрэр. Ким эрэ ыксаабыт саҥата айманар:

– Ыскылааты аһа охсуохха!

– Ыскылаат күлүүһүн тыла кимиэхэ баарый?

– Миэхэ… Мин… сип-сибилигин… – дии-дии, Кузя ыскылаат ааныгар сүүрэн түөрэҥэлээн тиийэр.

Сити түгэҥҥэ ким эрэ атынан буочукаҕа уу баһан тарылатан аҕалар. Лааппы дьиэ аттыгар турар кыһыл кырааскалаах пожарнай носуоһу көтөҕөн аҕалан, ыскылаат хоруобуйатын уунан тыктараллар. Сорохтор ыскылаакка киирэн табаары сүгэн-көтөҕөн таһаараллар. Киирии-тахсыы, төттөрү-таары сырсыы үксүүр. Ыскылаат иһэ ыыс-быдаан буруо. Дьон илиилэрин иминэн тугу булбуттарын тута-тута таһаараллар.

Доҕолоҥ Кузя умайан күөдүпчүлэнэ турар ыскылааты тула эргийэн кэлэр уонна:

– Бэйи эрэ, бу ыскылааты таһыттан соруйан умаппыттар буолбат дуо?.. – дии-дии, кими эрэ көрдүүрдүү, тула эргичийэр.

– «Таһыттан-иһиттэн» дии-дии туруоҥ дуо, табаарда таһаарыс!» – Петухов күргүйдүүр.

Кузя өс киирбэх ыскылаакка ыстанар. Итиннэ киһиэхэ кэтиллэр, манна дьоҥҥо анньыллар.

– Кимҥиний? – дэһэр саҥалар иһиллэллэр.

– Мин, Кузябын!

– Э-э, бу даҕаны киһи, тугу эмиэ кыайарга дылы, мэһэй-таһай буолан… – диир Иван Усов саҥата.

– Кузя, кэл манна, бу куулу миэхэ үтэн кулу! – диэн ыскылаат биир муннугуттан Петухов хаһыытыыр.

Сотору, ким эрэ ыараханы көтөҕө сатаан ынчыктаан эрэринии:

– һы!.. – диэн ынчык иһиллэр.

Ыскылаат табаарын үксүн быыһыыллар. Аҕыйах куул мээккэ бурдук эрэ хаалбытын кэннэ, ыскылаат үрдэ сууллан түһэр. Хойгуолаах хойгуонан, баҕыырдаах баҕыырынан ыскылаат маһын үрэйэн, киэр ыһаллар, сорохтор бэрэбинэлэри уунан сабыта ыһан умуруораллар. Ол сылдьан ыскылаат иһиттэн уот кэриэччи сиэн кэбиспит киһитин өлүгүн булан таһаараллар.

– Хайалара уокка былдьатта?..

– Кимий?..

– Ээ-э, Кузя сордоох эбит буолбат дуо?..

– Кузя ханнаный?..

– Дьэ, сор доҕоор, бу эрэйдээх хайдах былдьаппыт бэйэтэй?

– Буруоҕа тумнастан оҕуттаҕа дии…

Ити курдук, Доҕолоҥ Кузяны Петухов үрээнньик өлөрбүтүн ким даҕаны билиминэ хаалар.

* * *

Сэмэнчик Окружком секретарыгар киирэр. Секретарь кинини көрөн:

– Семен Федорович, эйигин бүгүн хаста даҕаны Дьокуускайтан ыйыта сырыттылар. Манна тохтообокко ааһа охсуоҥ үһү.

Онон Сэмэнчик, Аанньаах куоратыгар тохтообокко, ити киэһэ Дьокуускайга ааһар.

Мас ылынарыгар тохтуу-тохтуу, борохуот, күнүстэри-түүннэри быһа күпсүйэн, Аанньаахтан арахсыбыттара үһүс киэһэтигэр Дьокуускай бойнятын анныгар кэлэн тиксэр. Борохуоту саалаах дьон көрсөллөр. Үгүстэрэ Сэмэнчик барыллаата уолаттар. Маҥнай туох дьон хантан кэлбиттэрин ыйыталлар, онтон борохуокка киирэн докумуоннарын көрөллөр.

– Баһаалыста, табаарыс Владимиров, – диэт, Сэмэнчик дастабырыанньатын көрөн баран, төттөрү ууналлар, – тахсыаххын сөп.

«Тугун дьиктитэй, урут бу курдук бэрэбиэркэ суох буолара ээ», – дии саныы-саныы, Сэмэнчик биир эдэркээн саха уолуттан ыйытар:

– Билигин Губревкомҥа киһи баара дуу?

– Баар буолуохтара, ыкса киэһээҥҥэ диэри үлэлииллэр.

Сэмэнчик, ханна да тохтообокко, быһа Губревком дьиэтигэр тиийэр. Губревком аанын аттыгар икки саалаах уол Сэмэнчиги тохтотоллор.

– Докумуонуҥ?

Сэмэнчик докумуонун ылан биэрэр. Уолаттартан биирдэстэрэ докумуону ылан көрөр, онтон төттөрү уунар:

– Баһаалыста, киир!

Дьиэҕэ киирэн Сэмэнчик «Зам. председателя Губревкома» диэн суруктаах биир ааны тоҥсуйар.

– Киир! – диэн саҥа иһиллэр.

Сэмэнчик киирэр. Дастабырыанньатын ылан уунар. Солбуйааччы председатель докумуону ылан көрөр.

– Олор. Истэбин!

– Мин Өлүөхүмэ уокуругар ревкомнары тэрийэ сылдьан, эһиги ыҥырыккытын ылан кэллим.

– А-а, оннук кэпсэтии баара.

– Туох буолла? Тоҕо ыҥыттардыгыт?

– М-м, мин соччо үчүгэйдик билбэтим ээ… Ол эрээри, аны ревкомнар оннуларыгар Советтары талыҥ диэн ыйаах кэллэ.

– Автономия тэриллэрин туһунан туох биллэрий?

– От ыйын 25 уонна атырдьах ыйын 5 күннэригэр икки төгүллээн партия Киин Комитета Наркомнацтан ыйыта сырытта. Боппуруос бу күннэргэ хайаан даҕаны быһаарыллыахтаах. Көһүтэбит.

– Оттон били ревкомнар съезтэрэ буолардаах этэ дии, ол аны буолбат буолла дуу, хайдах дуу?

– Буолара-буолбата билигин биллибэт. Бу күннэргэ быһаарыллыа.

Сэмэнчик, кинини манна тоҕо ыҥырбыттарын бу киһи оччо билбэт эбит дии санаан, телеграмматын ылан көрдөрөр.

– Э-э, эйигин Платон Слепцов ыҥыртарар эбит дии. Кини билигин ЧК уонна ЧОН салайааччыта. Ахсыс нүөмэрдээх хоско үлэлиир. Баар буолуо, хата, бара оҕус.

Платон Слепцову Сэмэнчик уруккуттан көрөр киһитэ этэ. Өссө биирдэ мунньахха көрсөн кэпсэппиттээҕэ. «Билигин билэрэ дуу, суоҕа дуу, умуннаҕа буолуо ээ», – дии саныы-саныы, Сэмэнчик ахсыс нүөмэрдээх хос аанын кэлэн тоҥсуйар. Ким эрэ атаҕын тыаһа ааҥҥа кэлэр. Аан аһыллар. Слепцов төбөтүн хайдах эрэ кыҥначчы соҕус туттан көрөн турара, онтон Сэмэнчик дорооболоспут илиитин ыһыктыбакка тутан туран, мичээрдээбит хараҕынан көрө-көрө:

 
Ааным эмискэ тэлэллэ түстэ —
Арай Сэмэнчик көтөн түстэ… —
 

диэн, хоһуйан этэр. Сэмэнчик кинини Платон Слепцов ити курдук көрсүбүтүттэн бэркэ үөрэр даҕаны, көрөөт билбитин сөҕөр даҕаны. Оттон ити кэпсэтиитин хоһоон тылынан саҕалаабытын дьиктиргээбэт. «Интернационал» ырыатын Платон Слепцов тылбааһынан бэчээттээн тарҕаппыттарын кини билэр, ол кэннэ хас даҕаны хоһооно эмиэ бэчээттэммиттэрэ. Кини хоһоонньут, уруккута өссө олоҥхоһут эбитэ үһү.

– Табаарыс Слепцов, миигин эйиэхэ киир диэтилэр дии.

– Баһаалыста! Үөрүүнү кытта, олор.

– Туох буолла?

– Сэмэнчик, – диэн баран, Слепцов уол аттыгар кэлэн устуул ылан утары олорор. – Биир мэһэй баар буолла. Онтубут биһиги көһүппэтэх өттүбүтүттэн күөрэйдэ. Чэ, уһун дойҕоҕо суох кылгастык кэпсээтэххэ, маннык. Дьон санаатын тардаары, саҥа былаас дьоҥҥо үтүө санаалаах политикатын көрдөрөөөрү уонна Саха автономиятын тэрийэр туһунан биһиги партия Киин Комитетыгар туруорбуппутун сөбүнэн аахпыттарыттан үөрэммит, манна Колчак кэмигэр уонна урут ыраахтааҕы саҕана эпписиэринэн сылдьыбыт дьону хаайыыга олороллорун таһаартаабыппыт. Ол дьоммут, тахсан бараннар, маннааҕы баайдар көмөлөрүнэн күрээн хаалбыттара. Биһиги быйыл илин, Алдан өрүс салаатыгар – Маайа өрүһүгэр түһэр Ньылхан үрэҕэр Охотскайтан уонна Айаан куоратыттан табаар тастарбыппыт. Ол таһаҕаһы тиэйэ икки борохуот барбыта. Ону ол күрээбит эпписиэрдэр былдьаатылар. Билигин ол табаарынан, чэйинэн, табаҕынан мэҥиэлээн, олохтоох дьону хомуйаллар, манна сэриинэн кэлээри тэринэллэр. Дьэ онон, кинилэри утары мантан этэрээт таһаарарга быһаарынныбыт. Маннааҕы воинскай чаастан сүүс киһини уонна саха коммунистарыттан сүүрбэ киһини холбоон ыытабыт. Онно эйигин эмиэ ыытарга быһаарыллыбыта. Хайдаҕын да иһин, норуот ортотугар Советскай былаас диэн тугун, кини үлэлээн иитиллэр дьоҥҥо тугу биэрэрин өйдөтүөххэ наада. Ол чааһыгар, эн, табаарыс Владимиров, уопутуран эрэр үлэһиккин.

– Хаһан барабытый?

– Сотору. Бэркэ уһаатаххытына, аны икки-үс эрэ хонуоххут. Табаарыс Владимиров, тоҕо кэлбиккин, ханна, хаһан бараргытын, эйиэхэ тугу кэпсээбиппин кимиэхэ даҕаны биллэриэ, иһитиннэриэ суохтааххын.

– Сөп. Өйдөөтүм. Билигин хайыыбыный?

– Сибилигин воинскай командаҕа бар… Мэ, бу суругу командирдарыгар илдьэн биэр! – дии-дии, Слепцов лоскуй кумааҕыга сурук суруйа охсон биэрэр.

Дьэ итинэн бу киэһэттэн ыла Сэмэнчик олоҕо тосту уларыйар. Кини синиэл кэтэр, саа тутар.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации