Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 27 (всего у книги 62 страниц)
Быйыл – Касьян таҥара дьыла. Касьян таҥара үс сыл буолан баран төрдүс сылыгар биирдэ эрэ кэлэр. Кини ахтыллар күнэ – олунньу ый 29 күнэ. Онон быйылгы, 1912 сыллааҕы, олунньу ый 29 хонуктаах.
Олунньу 28 күнүгэр забастовка туһунан туох да сибики биллибэт этэ. Үлэһиттэр, күннэрин толору үлэлээн баран, киэһэ дьиэлэригэр тарҕаһаллар. Андреевскай бириискэтигэр кэргэннээх үлэһиттэр бараахтарыгар Завалин хороччу улаатан эрэр уолунуун Пашкалыын күнү быһа үлэлээн дэлби сылайан тиийэллэр. Ийэлэрэ, хатыҥыр нуучча дьахтара, сыаната чэпчэкилии сылгы этин атыылаһан буһаран тоһуйбут. Онтукатын дьонноро кэлээттэрин кытта хоторон остуолга уурар.
Завалин бэйэтигэр обургу соҕус кырбаһы уурунар, уолугар кыра соҕус кырбаһы ылан биэрэр. Аччык дьон туох да саҥата-иҥэтэ суох сиэн-аһаан бараллар. Завалин этин быһаҕа да хоппот, тииһэ кыайан ылбат.
– Варя, эккин букатын буһарбакка хоторбуккун дуу, быһах да быспат, тииһим да хоппот… Мэ, маны сарсыарда үчүгэйдик буһаран биэрээр! – диэн баран тэриэлкэтин халбарыччы анньар.
Касьян таҥара күн бары үлэлииллэр, арай Касьян диэн ааттаах дьон эрэ сынньанааччылар. Онон үлэһиттэр бу күнү бырааһынньыкка даҕаны аахпаттар, хата олунньу биир ордук күннээҕин абааһы көрөөччүлэр.
Хонон тураллар. Бу бараах иһигэр Касьян диэн ааттаах суос-соҕотох киһи баар эбит. Дьон бары бу сарсыарда кинини күлүү гыналлар:
– Бүгүн эн таҥараҥ! Ааккын түөрт сылга биирдэ эрэ бырааһынньыктыыр киһи биир биэдэрэ арыгыны туруорар инигин?
– Киһи курдук ааттаах, таҥаралаах дьон күлүмүнэҕит, – диэн Касьяннара өһүргэнэр. – Мин сордоох аатым да аат буолбатах, таҥарам да таҥара буолбатах. Киһи умнан кэбиспитин кэннэ, түөрт сылга биирдэ эрэ ахтыллар. Ону даҕаны кыһалҕалаах уһун дьылга эрэ.
Завалин бэҕэһээ киэһэ кыайан сиэбэтэх этэ билиитэ үрдүгэр оргуйан үрүҥ күүгэнинэн ыһыахтана турар. Кини этэ буһарын көһүтэн, араас көрүдьүөһү саҥара олордо:
– Николай диэн ааты чиновниктарга биэриэххэ баара. Сылга икки Николай таҥара кэлэр. Сэмэн диэн ааты бааһынайдарга эрэ иҥэриэххэ сөп. Семенов от-бурдук үлэтэ бүппүтүн кэннэ, күһүн кэлэр… Оттон Касьян диэн ааты аҕабыыттарга эрэ иҥэриэххэ сөп – кинилэр хайа баҕарар бырааһынньыкка таҥаралаахтар…
– Чэ-чэ, үлэҕэ тахсарыҥ хойутаары гынна, мэ, эккин сиэ, – кэргэнэ эти аҕалан Завалин иннигэр уурар.
– Маннык кытаанах, бэй, бу туох этэй? – Завалин тэриэлкэлээх эти кыҥастаһан көрбөхтүүр, онтон эмискэ саҥата өрө сатарыйа түһэр: – Көрүҥ эрэ, бу тугунан биһигини аһаталларый, доҕоттоор?!
– Ол тугуй, сэгээр? – Платон Ильич ыйытар.
Завалин тэриэлкэлээх эти туппутунан оҕонньорго тиийэр. Платон Ильич, эти көрөн баран, хаһыырар:
– Киэр гын, тугу-тугу буһара сылдьаҕыный? Пахайбын ньии!
Аһыы олорбут дьон бары дьиктиргээн көрбүттэрэ: тэриэлкэҕэ ат куһаҕан миэстэтэ сытар эбит. Сиргэнии, кэлэйии, айдаан бөҕө буолар.
Завалин тэриэлкэлээх этин туппутунан холостуойдар олорор бараахтарыгар тахсар. Кинини кытта хас да киһи тахсыһар: Завалин, ааны аһаат, остуолларын тула аһыы олорор дьоҥҥо чуо тиийэн этэр:
– Братцы! Көрүҥ эрэ, православнай миэрэлээх дьону, биһигини, тугунан аһаталларый?
Дьон бары кини тэриэлкэтин көрөллөр, үмүөрүһэллэр. Устунан айдааран, айманан бараллар.
– Маны управляющай тойоҥҥо илдьэн ууран биэриэххэ, көрдүн! – дэһэр абатыйбыт саҥалар иһиллэллэр. – Киһи аһыан сөп аһа диир буоллаҕына, биһиги көрөн турдахпытына бэйэтэ сиэтин!
– Ким эһигини управляющай тойоҥҥо киллэриэй? Киллэриэхтэрэ суоҕа!
– Бүгүҥҥүттэн ыла үлэҕэ тахсыа суохха! Оччоҕо управляющай тойон бэйэтэ кэлиэ. Кэллэҕинэ биһиги кинини бэйэтин күндүлүөхпүт!
– Үлэҕэ тахсыбаппыт! – диир Иван Быков.
– Иван бэрт сөпкө этэр! Кириэстээх дьону аны итинник аһынан аһаппат буоллуннар! – диэн рабочайдар хаһыытаһаллар.
– Забастовка!.. Забастовкалыыбыт!..
Бу күн Андреевскай бириискэҕэ биир да киһи үлэҕэ тахсыбат. Евстигнеюшка бараахтар икки ардыларыгар атынан сүүрдэ сылдьан:
– Үлэҕитигэр тахсыҥ!.. Тахсар кэмҥит ааста! – диэн хаһыытыы, үөхсэ сатаан кэбиһэр да, ким даҕаны кини диэки хайыһан да көрбөт.
Хас да киһи атын бириискэлэргэ бараллар. Кинилэр манна забастовкалаабыттарын биллэриэх тустаахтар.
Рабочайдар, туох да дьарыктара суох буолан, бараахтан бараах икки ардыгар хаамсаллар. Сорохтор лааппыга бараары тэринэллэр. Ол курдук буккулла-тэккиллэ сырыттахтарына Трошка Алмазов тиийэн кэлэр.
– Сэрэниҥ! Ким эмэ биһигиттэн арыгыны иһиэ, үөхсүө, охсуһууну тэрийиэ да, ол киһини биһиги бэйэбит забастовка суутунан сууттуохпут! Лааппыларга баран көрөөрүҥ эрэ, биһигини арыгылаатыннар, айдаардыннар диэн, хайа сахха лааппы долбуура уйарынан арыгы бөҕөнү туруорбуттара буолуо. Биһиги пролетарскай суобаспыт ыраас буолуохтаах!.. – Алмазов сэрэтэр.
Андреевскай бириискэ рабочайдара забастовкалаабыттарын истэ охсон, эмиэ бу күн күнүскү чэйтэн ыла Пророк-Ильинскэй бириискэ, киэһэлик Надеждинскай бириискэ рабочайдара забастовкалыыллар.
Бириискэлэр забастовкалаан барбыттарыттан ыксаан, Табаарыстыба тойотторо соҕуруу Белозеров тойоҥҥо телеграмма охсоллор. Забастовкалаабыт бириискэлэртэн атын бириискэҕэ дьон сылдьыһарын боболлор. Хас бараах аайы, бириискэлэр икки ардыларынааҕы суоллар аайы харабыллары туруортууллар. Өскөтө ким эмэ түбэстэҕинэ, полицейскай учаастакка аҕалан хаайаллар. Ол да буоллар Иван Быков бу түүн хас да бириискэҕэ сылдьар, мунньахтары оҥортуур. Оттон Трошка Алмазов ыраах Светлэй бириискэтигэр барар.
Табаарыстыба тойотторо, төһө да бопсо сатааталлар, забастовка кэҥээн, тайҕа бириискэлэрин барыларын хабар. Казактар суолу харабыллыылларыттан иҥнибэккэ, бириискэлэр икки ардыларыгар сибээс олохтонор, үлэһиттэр представителлэрэ ким да урут сылдьыбат сиринэн, хайалары быһыта түһэн сылдьаллар.
Кулун тутар онус күнүгэр 44 бириискэ забастовкалыыр. Күннэтэ аайы сүүһүнэн телеграмма Петербурга, Лондоҥҥа ыытыллар. Бодойбоҕо биир оччо элбэх телеграмма кэлэр. Мантан ыытыллар телеграммаларга: «Забастовка күннэтэ аайы саҥаттан саҥа бириискэлэргэ, шахталарга тарҕанан иһэр» диэн ыксабыллаах биллэриилэр бараллар. Манна кэлэр телеграммаларга: «Забастовканы бэрт түргэнник саба баттааҥ, ханнык баҕарар дьаһалы ылыҥ», – диэн бирикээс кэлэр.
Забастовкалаабыт шахталарга, бириискэлэргэ жандармнар, полицейскайдар, казактар этэрээттэрэ ыытыллаллар. Кинилэр рабочайдар итириктиир, туох эмэ айдааны тардар буоллахтарына, онон баайсан, забастовочнай комитет салалтатын, бараахтар ыстаарысталарын хаайталыыр сорудахтаахтар. Ол эрээри кинилэр биир да итирбит рабочайы көрбөттөр, булбаттар. Хас күннэтэ аайы исправник тойоҥҥо үрээнньиктэр киирэннэр бириискэлэргэ балаһыанньа хайдаҕын дакылааттыыллар. Курдюков исправник сөрү-сөҕөн кэбиһэр: забастовка буолуон иннинэ үлэһиттэр итирбэтэх, содуомнаабатах, охсуспатах күннэрэ диэн бэрт аҕыйах буолара. Оттон билигин биир да арыгы испит, итирбит киһини булбаттар.
– Дьэ, дьикти дьыала! – исправник сөҕөн баһын быһа илгистэн кэбиһэр.
– Биһиги бэйэбит да сөҕөн кэбистибит, – диир үрээнньиктэртэн биирдэстэрэ.
– Куһаҕаннык көрөҕүт. Үлэһит арыгыны көрөн туран испэт буолуор сатаммат! – исправник бардьыгыныыр.
Петр Владимирович хас шахта, бириискэ аайы десятниктарынан рабочайдарга маннык биллэриини иһитиннэрэр: «Эһиги модьуургутун үксүн Табаарыстыба ылынар. Ас сыанатын солкуобайын баһыгар иккилии харчыны түһэрэр. Бытыылка арыгы сыанатын уон биэс харчынан чэпчэтэр. Табаарыстыба, итинник ночоокко киирэн туран, эһигини үлэҕэ тахсыахтара диэн эрэнэр».
Забастовка тохтообот. Забастовщиктар саҥа модьууру киллэрэллэр: «Шахта үлэһиттэригэр 8 чаастаах үлэ күнүн олохтооҥ. Рабочайдары атаҕастыыр үгүс десятниктары үлэлэриттэн устуҥ. Шахталарга рабочайдар бэйэлэрин ортолоруттан десятниктары анаталааҥ. Рабочайдар мунньахтыылларын көҥүллээҥ».
«Лена Голдфилдс» акционернай Табаарыстыба рабочайдар ити модьуурдарын ылыммат. Урут чэпчэтэргэ этиллибит ас сыанатын эбии үрдэтэллэр. Арай арыгы сыанатын бытыылкатын баһыгар биэстии харчыны түһэрэллэр. Ол үрдүнэн арыгыны ким да атыыласпат…
Эмиэ бэрт үгүс телеграмма төттөрү-таары субуллар. Соҕурууттан кэлэр телеграммалар маннык ис хоһоонноноллор: «Тайҕаҕа рабочайдар забастовкалара политическай майгыннаах эбит. Рабочайдары үлэҕэ таһаарарга кытаанах миэрэлэри ылыҥ!». Итини таһынан кылаабынай резидент Бодойботооҕу солбуйааччытын кылаабынай инженери Петр Владимирович Грюнвальды «салайан үлэлэтэр бириискэлэригэр политическай забастовка тахсыбытынан» диэн үлэтиттэн уураталлар. Кини оннугар Петербуртан саҥа кылаабынай инженер Александр Гаврилович Теппан кэлэр.
Теппан кэлээт, рабочайдарга сэттэ хонуктаах аһыыр астарын бэрдэрэр. Кини хас да бириискэлэргэ сылдьан, үлэһиттэргэ маннык этэр:
– Эһиги үлэлиэххитин баҕарбаккыт. Биһиги манна үлэлиэхтэрин баҕарар дьону аҕалтарабыт. Үлэлээбэт дьон мантан барыҥ, олорбут бараахтаргытыгар саҥа кэлэр үлэһиттэр олоруохтара. Мин этэрим итинэн бүтэр.
– Биһигини мантан тимир суол баар сиригэр диэри Табаарыстыба бэйэтин суотугар тиэрдэн биэриэхтээх, кэпсэтиибит оннук! – диэн рабочайдар хаһыытаһаллар.
Теппан Витим Горнай уокуругун исправнигын кытта сүбэлэһэр уонна «забастовка кэмигэр түүн таһырдьа сылдьар бобуулаах. Түүн тутуллубут киһи, забастовканы тэрийээччинэн көрүллэн, сууттаныа» диэн биллэриини ыйаттарар.
Мантан ыла күн киирдэ да, хараҥа халлааҥҥа ахсаана биллибэт сулустар тахсан тырыбынасталлар эрэ, бириискэлэр уулуссаларыгар ыт охсор киһи көстүбэт буолар. Казактар хараҥа буолуоҕуттан сарсыарда халлаан сырдыар диэри уулуссалары кэрийэн, манаан тахсаллар. Ол да буоллар, бириискэлэр икки ардыларыгар түүннэри-күнүстэри сылдьыһыы, кэпсэтии, сүбэлэһии син биир тохтообот.
Рабочайдар бараах аайыттан биирдии киһини ыстаарыста быыбардыыллар. Бириискэ үрдүнэн ыстаарысталар мустаннар аны быыбарынай диэн биир киһини оҥороллор. Ол быыбарынайдар бүтүн Тайҕа үрдүнэн мустан Стачком (Стачечнай комитет) диэн рабочайдар стачкаларын барытын салайар дьоннору талаллар. Табаарыстыба салалтатыгар ыстаарысталар эрэ сирэй биллэллэр, быыбарынайдар уонна стачком чилиэннэрэ кистэлэҥинэн үлэлииллэр. Рабочайдар бу охсуһууларын бүтүннүүтүн РСДРП Бодойботооҕу тэрилтэтин большевистскай фракцията салайар. Табаарыстыба салайааччылара, полиция, жандармерия забастовканы баһылаан-көһүлээн салайар дьону хайаан да тутан хаайталыырга бары күүстэрин уураллара. Онон партийнай тэрилтэ конспирацияны кытаанахтык тутуһары модьуйбута. Стачком мунньаҕын арыт Иван Волошин, арыт Петр Баташов салайан ыыталлара. Кинилэр ким аатыттан, хайдах сылдьалларын партията суох дьон сэрэйбэт даҕаны этилэр. Стачком мунньаҕа бэрт кистэлэҥинэн ыытыллара.
Стачком биир мунньаҕар Иван Волошин рабочайдар Табаарыстыба салалтатыгар түһэрэр модьуурдарын бырайыагын ааҕан иһитиннэрэр:
«Лена өрүс кыһыл көмүстээх бириискэлэрин рабочайдара, «Лена Голдфилдс» диэн акционернай Табаарыстыбаҕа биһиги маннык модьуйууларбытын толордоҕуна эрэ, үлэҕэ тахсыахпыт:
1. Үлэ күнэ аҕыс чаастан уһуна суох буолуохтаах.
2. Рабочайдарга расчеттарын хас ый аайы харчынан биэрэргэ.
3. Шахтаҕа үлэлээччилэргэ билиҥҥи үлэ расценкатын солкуобайын баһыгар сүүрбэ харчыттан отут харчыга тиийэ эбэргэ.
4. Үлэһиттэр уопсай мунньахтара талбыт быыбарынайдарын кытта Табаарыстыба салалтата хамнас харчы, аһыыр ас туһунан кэпсэтиэхтээх. Ити боппуруостары быыбарынайдар үлэһиттэр ааттарыттан быһаарсыахтаахтар.
5. Рабочайдар мунньахтыыллара, хаһыат таһаараллара бобуллуо суохтаах.
Өскөтө Табаарыстыба рабочайдар бу модьуурдарын ылыммат, толорбот буоллаҕына, забастовка тохтообот. Бу күнтэн ыла забастовка аны төһө хонукка барар да, ол күннэр усталарыгар Табаарыстыба рабочайдар хамнастарын толору төлүүрэ булгуччулаах».
Стачком чилиэннэрэ бу модьуур тексин ылыналлар.
– Табаарыстар, бу модьуурга туох этиллэрэ барыта хас биирдии рабочайга тиэрдиллиэхтээх. Ону ситиһэри хааччыйыҥ, – диир Волошин.
Стачком бу мунньаҕын кэнниттэн рабочайдар олорор бараахтарын аайы бу докумуон ис хоһоонун ырытыы, кэпсэтии буолар. Модьуйууга этиллэр суоллары бириискэлэр үлэһиттэрэ бары биир санаанан өйүүллэр.
* * *
Арай биир күн Сүөдэр, Чумаркой сиһиттэн оһоххо оттор маһы Табаарыстыба хонтуоратыгар киллэрэн баран, дьиэтигэр кэлэн чэйдии олордоҕуна, Трошка Алмазов киирэр.
– Үтүө күнүнэн, дьиэлээхтэр, – диэн кини Сүөдэрдээҕи эҕэрдэлиир.
– Дорообо, баһаалыста, манна кэлэн олор, ыалдьыт буолуоҥ, – диир Сүөдэр.
Маайа, хап-сабар туран, чааскыга чэй кутан Трошка иннигэр уурар.
Чэйдээн бүтэллэр. Маайа иһитин сууйа туран иһиттэҕинэ, Трошка кини Сүөдэригэр:
– Маны доҕотторгор, мас кэрдээччилэргэ, таһааран биэрбэккин ээ, – диир уонна хоонньуттан лоскуй кумааҕыны ылан уунар. Сүөдэр кумааҕыны ылан саҥата суох хоонньугар уктар:
– Сөп.
– Бырастыы гыныҥ, тиэтэйэбин, – дии-дии Трошка дьиэлээхтэри кытта бырастыылаһар.
Алмазов тахсаатын кытта Маайа ыйытар:
– Ити туох кумааҕытын биэрдэ?
– Ким билэр… Туох эбитэ буолла, – дии-дии Сүөдэр хоонньугар укпут кумааҕытын хостуур.
Лоскуй кумааҕыны ылан, иккиэн ааҕаллар. «Лена Голдфилдс» акционернай Табаарыстыбаҕа рабочайдар туттарбыт модьуйууларын куоппуйата эбит.
– Сүөдээр, маны тоҕо мас кэрдээччилэргэ тиэрт диирий?
– Мас кэрдээччилэр саахта рабочайдара туох иһин охсуһалларын өйдөөтүннэр, биллиннэр диэн ини.
Маайа үөрүөн даҕаны, хомойуон даҕаны билбэт. Биирдэ санаатаҕына, Трошка курдук көнө, үчүгэй киһи кини кэргэнигэр итинник сорудаҕы эрэнэн биэрэрэ олус чиэстээх курдук, оттон атын өттүн эргитэн өйдөөтөххө, Сүөдэри «бууҥҥа ыҥырар суругу тарҕатаҕын» диэн хаайан кэбиһэр кутталлара эмиэ баар.
– Сүөдэр, эйигин аны ити бэлиитиктэр дьыалаларыгар кыбытаайаллар, сэрэн эрэ, – диир Маайа.
– Ээс, мин ханнык өйбүнэн-билиибинэн бэлиитик буолуохпун баран, тыытыахтара суоҕа.
– «Тыытыахтара суоҕа», – диэхтиигин да, били «ыксаабыт киһи оннооҕор ыттан бэрик көрдүүр» диэн өс хоһооно баарыныы, эн өйгөр, билиигэр тиийэ сылдьыахтара суоҕа, ылыахтара да хаайан кэбиһиэхтэрэ, – диэт, Маайа оҕотун Сэмэнчик диэки көрөр. Сүөдэр эмискэ көлөһүн аллар, сүрэҕэ күүскэ мөхсүтэлээн ылар.
– Маайа, эн ити курдук этэр буоллаххына… Маны ханна гынабыный? – Сүөдэр Трошка биэрбит кумааҕытын суулуу тутан кэбиһэр.
– Хайдах гыныаххыный?… Эйиэхэ эрэнэн биэрдэҕэ дии… Киһи эрэлиттэн ордук үчүгэй суох буолбат дуо?!
– Миигин хаайдахтарына, ханна барыаххытый?
– Мин ити хаайыллыбат курдук сэрэнэн сылдьар буол диэн этэбин ээ, – Маайа мичээрдиир.
Сүөдэр санаата чэпчии түһэр. «Ити аата Маайам, сэгэрим, мин Трошкаҕа көмөлөһөрбүн сөбүлүүр эбит», – диэн үөрэр.
– Туох диэн эттэххиний? Сэрэхтээхтик сылдьыллыа. Бу түүн кинилэргэ тахсан хонон киириим, сөп дуо?
– Бэйэҥ биллэҕиҥ дии…
Сүөдэр таҥна охсон таһырдьа тахсар. Сэмэнчик кини туркутугар бэрт үчүгэйдик олорбут, айаннаан иһэр киһилии эйэҥэлиир уонна айдаана-ыһыыта сүрдээх. Аҕата табаларын лээмпи быаларын көннөртүүрүн көрөн, «айаннаары гыннахпыт» диэн үөрэ түһэр.
– Сэмэнчик, тоойуом, үлэбэр барабын, түс! Дьиэҕэр киир! – диэн аҕата эппитигэр, оҕо курус гына түһэр.
Сүөдэр табаларын сиэтэн тиэргэниттэн тахсар, туркутугар олорор уонна Чумаркой сиһигэр барар суолунан ойутар. Күн киэһэрбит. Сирин ортолуу илигинэ халлаан илиҥҥи иитигэр чолбон сулус кылбайа тахсар. Ол кэнниттэн өр-өтөр буолбат, көҕөрө хараҥаран эрэр халлаан урсунугар аата-ахсаана биллибэт элбэх сулустар тырымнаһа түһэллэр. Куруук көлүүргэ сылдьар табалар, маҥнай сынньаммычча эрэ ойуоххалаан баран, ыран хаалаллар. Онон Сүөдэр Чумаркой сиһигэр мас кэрдэр дьонноругар түүн хойутаан тиийэр.
Масчыттар олорор балаҕаннарын турбатыттан кыым кытыаста сандаарар. «Хата утуйа иликтэринэ кэллим ээ!» – диэн Сүөдэр үөрэ саныыр. Табаларын ыыталыыр.
– Хайа, киэҥ сиртэн кэлбит киһи, кэпсээниҥ? – диэн дьиэлээх дьон Сүөдэри үөрэ көрсөллөр.
– Ирдэххэ-хордоххо кэпсээн ханна барыай, – дии-дии Сүөдэр оһох иннигэр кэлэн иттэр.
Дьиэлээхтэр Сүөдэргэ чэй куталлар.
– Собостуопка хайаласта? – дьиэлээх дьон, ыалдьыттара чэйдээн бүтэрин кытта, ыйыталлар.
– Өссө ордук сытыырхайыах курдук, – диир Сүөдэр уонна хоонньуттан рабочайдар модьуурдарын ылан тэниччи тутар. Кини, мөлтөхтүк да буоллар, ааҕар. Туох сонуннаах кумааҕыны ыалдьыттара тэниччи туппутун истээри, дьон кинини тулалыыллар. Сүөдэр, нууччалыы ааҕа-ааҕа, онтун ис хоһоонун сахалыы тылбаастаан биэрэр.
– Ама кинилэр дьон итини сатаан суруйбат бэйэлээх буолуохтара дуо? – диэн Ырыа Былатыан саҥа аллайар.
– Кыһалҕаларын эппиттэр. Кырдьыга даҕаны оннук! – диэн сэҥээрээччилэр элбэхтэр.
– Бэйи эрэ, ким итини барытын өйүттэн булан суруйара буолуой? – диэн Чэмэй Уйбаан ыйытар.
– Рабочайдар стачком диэн забастовканы баһылаан-көһүлээн тэрийэр дьону талбыттар үһү… Олор суруйар буоллахтара дии…
– Биһиги Чэмэйбитин стачком оҥорбут киһи төһө эрэ бэркэ салайар этэ, – дэһэ-дэһэ сорохтор күлсэллэр.
– Акаарылар, маннык үлүгэр буола турдаҕына күлсэ олороҕут, – диэн биир былыргыттан манна үлэлээбит кырдьаҕас оҕонньор дьону саба күргүйдэтэлээн кэбиһэр. Күлсэ олорбут дьон ах бараллар. – Нуучча үлэһиттэрэ батталы-атаҕастабылы үчүгэйдик өйдөөн, ону утары охсуһан эрдэхтэрэ. Биһиги, сахалар сордоохтор, харахпыт хаһан эрэ аһыллар, баттанарбытын-үктэнэрбитин хаһан эрэ үчүгэйдик өйдүүр буолабыт?
Сарсыҥҥытыгар Сүөдэр бириискэҕэ мас киллэрэн сүөкүү турдаҕына, Трошка Алмазов кэлэр.
– Хайа, сырыттыҥ дуо?
– Сылдьан. Ааҕан биэрдим.
– Туох дэһэллэрий?
– «Нуучча рабочайдара сөпкө модьуйаллар эбит», – дэһэллэр.
– Киэһэ Липаевскай баанньыгар тиийээр.
– Сөп.
* * *
Күн киэһэрэр. Сүөдэр, табаларын ыыталаан баран, дьиэтигэр киирэр. Маайа оҕотунаан Сэмэнчиктиин аҕаларын үөрэ көрсөллөр. Хайыы-сахха чэйдэрин оргуппуттар, күөстэрэ буспут.
Маайа, Сүөдэр киирэрин кытта, аһылыгын бэлэмнээбитинэн барар. Сэмэнчик аҕатын ньилбэгэр ыйаастар. Сүөдэр оҕотун көтөҕөн ылар. Оҕото кини моонньун кыракый илиилэринэн кууспахтыыр.
Оҕолорун кытта оонньоон, онтон аһаан-сиэн бүтүүлэрэ, халлаан хараҥарар. Сүөдэр түннүк диэки көрөн баран:
– Бэйи эрэ, мин биир ыалга баран кэлэрдээхпин ээ, – дии-дии таҥаһын таҥнар.
Маайа дьиктиргиир.
– Түүн сылдьар бобуулаах… Ханна бараҕыный?
Сүөдэр дьиэтиттэн тахсан баран: «Сэгэрбин Маайаны сыыһа хоргутуннардым ээ… Киниттэн тоҕо кистээтим… Трошканы көрсө Липаевскай баанньыгар барабын диэхпин хайдаҕый?» – диэн бэйэтин сэмэлэнэ саныыр. Ол курдук кэмсинэ саныы-саныы, патруллартан саһан, дьиэлэр, бараахтар күлүктэринэн сирэйдэнэн, бириискэ кытыытын диэки барар. Иккис барааҕы ааһарын кытта дьон атахтарын тыаһа куучургуур. Сүөдэр тохтуур. Иһиллиир. Биирдэһэ доҕоругар тугу эрэ кэпсиир быһыылаах, нууччалыы саҥарар. Ити аата, патруль иһэр. Кинилэртэн ураты ким даҕаны түүн таһырдьа кэпсэтэн айдаарыах туһа суох. Сүөдэр уокка оттор мас кыстана сытарыгар ойор. Мас кэннигэр киирэн саһар. Сотору икки казак кэлэн кини саспыт маһын аттыгар тохтууллар. Биир казак доҕоругар этэр:
– Бу маска олорон сынньаныах… Айака…
– Сынньаныах даҕаны, – диир иккис казак.
Сүөдэр олус куттанар: «Дьэ тутулуннум!.. Туттахтарына, тоҕо манна саһан сытабын диибиний?» – дии саныыр. Казактар кыстана сытар мас үрдүгэр тахсан олороллор. Сүөдэр тыыммакка да кэриэтэ кирийиэҕинэн кирийэн таалан сытар. Тыын быһаҕаһын тыынарыттан бэлэһэ кычыгыланар, сөтөлүннэрээри ыксатар. Сөтөлүннэ да, казактар кинини тутан ылаллара биллэн турар. Хата, кини дьолугар, казактар кэпсэтэннэр айахтара хам буолбат. Биирдэһэ биирдэһигэр омуннура-омуннура кэпсиир.
– …Ол курдук элбэх майаҕастаах сиргэ түбэһэ илигим. Илдьэ барбыт иһиппин барытын толордум… Ол эрээри харам санаа диэн баар. Майаҕас оччо тута турдаҕына хайдах быраҕыахпыный?..
– Бэйи эрэ, аны Тюменцев тойон олорорбутун көрөн мөҥүтэлээн сиэрэй? – диэн истээччитэ саҥа аллайар.
– Рабочайдар туох куһаҕанын оҥоруохтара диэн биһигини түүн утуппакка сордууллара буолла?.. Дьэ, мин ол курдук майаҕас бөҕөнү хостообоппун дуо… Онтум үксэ сытыйбыта… Быйыл дьэ үчүгэйдик тэринэн ол сирбэр барыам… Хата, миигин кытта барсыаҥ дуо?
– Ким билэр… Биһиги тойотторбут олус даҕаны куттаҕастар… Бу забастовка тохтооботоҕуна, балыктата ыыталлара биллибэт… Чэ, хата барыах, сотору бэрэбиэркэлиэхтэрэ!
Казактар, мас үрдүттэн түһэн, атахтарын тыаһа уулусса устун куучургуу турар, Сүөдэр дьэ «һуу» гынар уонна ньирээйи талаҕынан күлүктэнэн Липаевскайга тиийэр.
Баанньык аанын тардыбыта – хатааһыннаах. Тоҥсуйуоҕун патруллар истиэхтэрин сөп. «Хайыах баҕайыбыный?» – диэн саныы турдаҕына иһирдьэттэн ким эрэ:
– Кимҥиний? – диэн сибигинэйэн ыйытар.
– Мин… Владимировпын…
Баанньык иһигэр сибигинэһэн кэпсэтэр саҥа иһиллэр. Онтон аан аһыллар. Аан аттыгар Илья оҕонньор арбайан турар. Кини, Сүөдэр киирэрин кытта, аанын хатыыр уонна этэр:
– Ол хоско киир.
Сүөдэр хоско киирбитэ, Трошка чэйдии олорор.
– Сүөдэр, эйигин патрультан куттанан кэлбэтэ буолуо дии саныы олорбутум ээ, – диир кини.
– Кэлэн иһэн, кырдьык да тутулла сыстым, түүн сылдьар улахан сэрэхтэммит, – Сүөдэр куттаммыта өссө даҕаны ааспатах хараҕынан Трошка диэки көрөр.
– Кэл, чэйдэ иһис…
– Дьиэбэр аһаабытым…
– Мин мас кэрдээччилэргэ тахсыам дии санаабытым да, сатаныа суох. Онон көрдөһөөрү гынабын…
– Тугу?
– Мас тиэйбитэ буолаҥҥын, эмиэ мас кэрдээччилэргэр тахса сырыт. Мин билигин эйиэхэ тиһэх сабыытыйалары кэпсиэм. Эн ону кинилэргэ өйдөрүгэр түһэр гына быһааран биэриэҥ! Сөп дуо?
– Сөп.
Алмазов Сүөдэргэ итинтэн салгыы кэнники күннэргэ бириискэлэргэ туох-ханнык буолбутун кэпсиир. Ол кэпсээнин бүтэрэн баран, илиитин Сүөдэр санныгар уурар:
– Мин билигин эйиэхэ биир күндү бэлэҕи биэриэм. Илья, аҕал эрэ!
Илья оҕонньор хос иһиттэн тахсан барар. Сотору соҕус эргэ хаһыакка сууламмыт кумааҕыны киллэрэн Трошкаҕа уунар. Трошка хаһыаты тэнитэр: бу имиллэн хаалбыт эргэ хаһыат иһигэр иккис хаһыат сууламмыт. Ол хаһыат иһиттэн кыракый соҕус мэтириэти ылан Сүөдэргэ көрдөрөр.
– Бу киһи аата Владимир Ильич Ульянов диэн. Кини рабочай кылаас баай батталыттан босхолонорун иһин охсуһар. Кини убайын Александр Ульяновы 1887 сыллаахха Шлиссельбургскай кириэппэскэ сүүрбэ бииригэр ыйаан өлөрбүттэрэ.
– Оок-сиэ, эдэркээн да барахсаны өлөрбүттэр… Ол тугу оҥорбутун иһин өлөрбүттэрэ буолуой?
– Ыраахтааҕыны өлөрөр соруктаах кистэлэҥ кэпсэтиигэ кыттыспыккын диэн.
Сүөдэр куйахата ытырбахтыыр. Кини бу эмиэ кистэлэҥ кэпсэтиигэ кэлэн кытта олорор. Аны кини бу сырыытын билэннэр… «Суох, тугу гыммытым иһин миигин буруйдуохтарай?» – диэн бэйэтин бэйэтэ уоскутунар.
– Оттон бу киһи быраатын ыйаабыттарыттан куттамматах дуу?
– Куттамматын ааһан, кини Россия баттаммыт-үктэммит үлэһит аймаҕын барытын түмэн, ыраахтааҕы былааһын утары охсуһууга бэлэмниир.
– Кинини хайдах хаайбаттарый? Сууттаабаттарый?
– Куруутун сууттууллар, хаайаллар. Аан бастаан уон сэттэлээҕэр, үөрэнэ сырыттаҕына, хаайбыттара. Онтон иккиһин сүүрбэ үстээҕэр сууттаабыттара. Онно икки сыл хаайыыга олордон баран, Верхоленскай уездка көскө ыытарга уураахтаабыттара.
– Биһиги Ленабытыгар кэлэн олоро сылдьыбыт эбит дии?.. Билигин ханна буолуой?
– Суох, Ульяновы манна аҕалбатахтара. Ол уураахтарын уларытан, кинини Илиҥҥи Сибииргэ Шушенскай дэриэбинэҕэ ыыппыттара. Маны мас кэрдээччилэргэр көрдөрөөр, бу киһи кимин-тугун быһааран кэпсээр.
Кини эмиэ хаста да патрулларга түбэһэ сыһа-сыһа дьиэтигэр кэлэр. Дьонун уһугуннарымаары, аргыый таҥаһын сыгынньахтанар. Сытар. Уута кэлбэт. Маайа эмиэ уһуктаҕас эбит да, кэпсэппэт. Бу кинилэр холбоһуохтарыттан ыла тыл тылларын бастакы өйдөспөтөх түбэлтэлэрэ. Сүөдэр мэтириэккэ ойууламмыт киһитин олоҕун эргитэ саныыр, үөһэ тыынар.
– Ханна, тоҕо баран кэллиҥ? – диэн Маайа тоҥуй соҕустук ыйытар.
– Маайа, кыыһырыма… Трошка ыҥырбытыгар бара сырыттым.
– Трошка… Ол эйигин тоҕо ыҥырда?
– Бириискэ сонуннарын кэпсэтэ уонна Ульянов мэтириэтин биэрдэ… Ыраахтааҕыны, баттыгастаах баайдары утары охсуһар киһи үһү… Истэҕин дуо, убайын Өлөксөөндүр диэни ыраахтааҕы ыйаппыт. Оттон Быладьыымыры, кини аата Быладьыымыр диэн үһү, уон сэттэлээҕэр хаайбыттар… Сүүрбэ үстээҕэр иккистээн сууттаабыттар. Икки сыл хаайыыга олордон баран, Лена баһыгар көскө анаабыттар… Кэлин ол уураахтарын көтүрэн, ханна эрэ Сибииргэ ыыппыттар… Көрүөҥ дуо?
Маайа «ээх» да,»эй» да дии илигинэ, Сүөдэр сиэбиттэн Ульянов мэтириэтин хостоон таһаарар. Оронугар олорон, испиискэ уотунан сырдатан Маайаҕа көрдөрөр.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.