Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 25 (всего у книги 62 страниц)
«Петербург куораттан саҥа окружной инженер кэлбит үһү» диэн саас, уу-хаар тахсыыта, сурах тарҕанар. Бодойбо куоракка тимир суолунан киирэн сылдьыбыт сорох үлэһиттэр ол инженери көрбүт курдук кэпсииллэр. Саҥа кэлбит окружной инженер «ыраахтааҕыттан бэйэтиттэн ананан кэллим» диир дэһэллэр. Кини манна шахтаҕа дьон хайдах үлэлииллэрин көрөр-истэр, киһини баттыыр кутталлаах шахтаны саптаран да кээһэр үрдүк бырааптаах курдук чабыланар үһү. Табаарыстыба дьон олоҕун хайдах хааччыйарын эмиэ көрөр, киһи олоруон табыгаһа суох бараахтар баар буоллахтарына, олору көтүттэрэн да кэбиһэр бырааптаах, көмүс тутуутугар тиийэ орооһор эбээһинэстээх курдук эмиэ кэпсэнэр үһү.
Арай биирдэ Сүөдэр Надеждинскай бириискэҕэ крепежнай маһы киллэрэн сүөкүү турдаҕына, Трошка тиийэн кэлэр.
– Аны үс хонон баран миэхэ киирэ сылдьаар. Мин мас кэрдээччилэр тойонноругар туруорар модьуйууларын суруйан биэриэм.
Үс хонук диэн өр буолуо дуо, бу тиийэн кэлэр.
Сүөдэр, табаларын баайталаан баран, Трошка олорор барааҕар тиийэр. Бараах таһыгар торуойка ат кэлэн турар. Сүөдэр билэр киһитэ, Табаарыстыба управлениетын куучара Кешка, кибииккэҕэ тиэрэ түһэн, көхсүн иһигэр киҥинэйэн ыллыы сытар. Сүөдэр кибииккэ аттыгар кэлэн тохтуур. Кешка кинини көрөн ах барар.
– Кеша, бу хайаларын аҕаллыҥ?
– Саҥа окружной инженер тиэллэр. Константин Николаевич Коршунов. Эн ол тойон кэлбитин истэ иликкин дуо?.. Дьэ, тойон үчүгэйэ, эйэҕэһэ. Биһиги, рабочайдар, туспутугар, ити хайа курдук, дурда-хахха буолуох буолар, – диэн баран, куучар бириискэ аттыгар өрө үллэн турар Сапун хайаны ыйан сөмүйэтин чочоҥнотор…
Сүөдэр саҥа инженери көрө охсоору, Кешка дойҕоҕун ситэ истибэккэ эрэ, дьиэ иһигэр көтөн түһэр. Бараах иһин тобус-толору гына бу бириискэ дьоно мустубуттар. Кинилэр иннилэригэр кыһыл көмүс кытаахтыырдаах, түөрт муннуктаах таастаах пенсне ачыкылаах, уһун кубаҕай сирэйдээх, үрдүк уҥуохтаах хатыҥыр киһи олоппоско олорор. Кини халыҥ блокнокка тугу эрэ сурунар. Тула мустан турар дьоннортон биирдэстэрэ:
– …Табаарыстыба буолуоҕуттан ыла көмүс үлэһитин олоҕо олус мөлтөөтө, – диир.
Ким эрэ дьон кэтэх өттүттэн хатан чаҕаарыйбыт куолаһынан хаһыытыы былаан саҥарар:
– Чахчыта оннук. Урут, манна кыра лааппылар баар эрдэхтэринэ, биир лааппыга наадалааҕыҥ суох буоллаҕына, атын лааппыттан булар буоларыҥ. Билигин Табаарыстыба лааппыта эрэ баар. Кини тугу атыылыырын, сөбүлээ-сөбүлээмэ, ылаҕын…
Бу чаҕаарыйбыт куоластаах киһини ситэ саҥардыбакка, аны тойон ыҥырыа бөөҕүнээн эрэрин курдук куоластаах киһи быһа түһэн этэр:
– Табаарыстыба аҕыран хаалбыт арыыны, сытыйбыт эти, киһи айаҕар баппат гына сыаналаан, атыылыыр.
Дьон үрүт-үрдүгэр саҥаран бараллар:
– Кырдьык, сыаналыыр чааһыттан кыбыстыбаттар.
– Атын атыыһыт суох буолтун кэннэ, тугун кэрэйиэхтэрэй?
Симик баҕайы саҥалаах дьахтар тыл кыбытар:
– Киһилии майгылаах дьахтар кэргэниттэн ураты эр киһини кытта биир ороҥҥо сыппат баҕайыта. Оттон манна биһигини эр дьону кытта бииргэ сытыараллар. Бу туох быһыытай?
– Тойон инженер, бэйэҥ көрөҕүн хайдах олорорбутун…
Коршунов суруйа олорон, өс киирбэх дьон сирэйин кэрийэ көрүтэлиир. Кини, харандааһын төбөтүнэн блокнотун таһын тоҥсуйан лабырҕата-лабырҕата, лоп-бааччы саҥаран барар:
– Кырдьык, эһиги саҥарыаххытын саҥараҕыт. Мин манна баар шахталары барыларын кэрийдим, көрдүм. Бу Тайҕаҕа, сууттаах-сокуоннаах сиртэн ыраах олоробут эрэ диэн, эһигини, үлэһиттэри, наһаа атаҕастыыллар, адьас сүөһү курдук көрөллөр эбит. Мин эһиги тугу этэргитин барытын сурунан ыллым. Табаарыстыба баһылыктара эһиги көрдөбүлгүтүн барытын толороллорун модьуйуом. Ону ылыммат буоллахтарына, ыраахтааҕыга бэйэтигэр суруйан биллэриэм.
– Бэрт сөп! Биһигини ханнык эрэ басурманнар курдук көрөллөр. Биһиги даҕаны таҥара кириэһин кэтэ сылдьар православнай миэрэлээх дьоннорбут…
– Мантан ыраахтааҕы ыраах эрэ олорор диэн, хайдах таптыылларынан туталлар, дьаһайаллар…
Дьон быыһыттан Трошка инженергэ этэр:
– Тойон инженер, 1905 сыллааҕы Хааннаах Баскыһыанньа туһунан кэпсээ.
Коршунов ким саҥарбытын көрөөрү одуулаһар. Пенснетин устан былаатынан сотор.
– 1905 сыллааҕы тохсунньу тохсус күнүнээҕи событие туһунан эһиги истэ иликкит дуо?
– Суох, ким даҕаны кэпсээбэт, – дэһэллэр рабочайдар.
– Дойду үрдүнэн туох буоларын эһигиттэн, рабочайдартан, кистиир сыыһа. Кырдьык, 1905 сыллаахха тохсунньу ый тохсус күнүгэр Петербург куоракка, ыраахтааҕы дыбарыаһын аттыгар, саллааттар рабочайдары ытыалаабыттара. Онно, биллэн турар, ыраахтааҕы туох даҕаны сыһыана суох! – диир Коршунов уонна ачыкытын кэтэр.
– Тойон инженер, дьону ытыалааһыҥҥа ыраахтааҕы туох даҕаны сыһыана суох диигин, оччоҕо кини рабочайдары ыппыт саллааттары буруйдаата дуо? – диэн Иван Быков ыйытар.
– Мин дьону сууттуур ведомствоҕа үлэлээбэппин… Билбэппин, – Коршунов ытыһын нэлэтэр.
– Ол аата ыраахтааҕы буруйдаабатах буоллаҕа дии? – диэн Трошка саҥата ыйытар.
– Баҕар, буруйдаабыттара буолуо… – Коршунов мух-мах буолар.
– Табаарыстар, ыраахтааҕы бу хара дьайдаах быһыыга буруйа суох диэн итэҕэйимэҥ! – диир Трошка дьоҥҥо хайыһан. – Ыраахтааҕы бэйэтэ рабочайдары ыттаран турар. Ыраахтааҕы биһиги олохпутун хаһан даҕаны чэпчэтиэ суоҕа!
– Ыраахтааҕы чэпчэппэтэҕинэ, ким чэпчэтиэй? – диэн Коршунов Трошкаттан утары ыйытар.
– Биһиги, рабочайдар, бэйэбит эрэ күүспүтүгэр эрэниэх тустаахпыт!
Сүөдэр көрөн туран, Трошканы сөҕө, хайгыы саныыр, мэктиэтигэр, доҕоро улаатарга, үрдүүргэ дылы буолар. Трошка үрдүк үөрэхтээх соҕурууҥҥу инженери кытта атах тэпсэн туран мөккүһэр эбит буолбат дуо?! Ити аата, Трошка улахан билиилээх киһи эбит!
– Мин ыраахтааҕы чиновнига буоларым быһыытынан, – диир Коршунов намыын баҕайытык, куолаһын соноппокко эрэ, – ыраахтааҕыны итэҕэйиҥ диибин. Ол эрээри, өс хоһооно баар: «Таҥараҕа эрэннэргин да, бэйэҥ мөлтөөн биэримэ!» диэн. Син ол курдук, манна ыраахтааҕы илиитэ тиийэрэ ыраах, онон рабочайдар бэйэҕит быраапкыт иһин охсуһаргыт бэрт сөп.
– Баһыыба, тойон инженер! Биһиги манна көрөр хараҕа, истэр кулгааҕа суох курдук олоробут. Урут ким даҕаны, эн курдук, эйэҕэстик, киһилии биһигини кытта кэпсэппэт этэ, – дэһэллэр рабочайдар. Кинилэр бу инженери чахчы сөбүлээбит көрүҥнээхтэр. Арай Трошка уонна Зеленов эрэ сэҥээрбэтэх дьүһүннээхтэр.
Коршунов рабочайдары арыалдьыттанан бараах иһиттэн тахсар, барыларын кытта илии тутуһан быраһаайдаһар уонна кибииккэтигэр олорор. Рабочайдар кэлэннэр атаҕын таҥаһын үчүгэйдик сабан биэрэллэр.
Бугуһуйан турбут аттар айаннаан дьигиһийэн бараллар. Кибииккэ, суолу таарыйбакка эрэ, көтөн иһэрдии тэлээрэр.
– Дьэ, көр ити – киһи! – ким эрэ улаханнык хайҕаан саҥа аллайар.
– Биһигини, үлэһиттэри, кытта киһилии кэпсэтэр киһи син баар эбит!
– Кырдьыга оннук! – дэһэр саҥалар хойдоллор.
Коршунов барарын, дьон кини туһунан кэпсэтэллэрин истэн туран баран, Трошка кэтэҕин тарбанар уонна:
– Да-а, тыла мүөттээх, – диир.
– Трошка, эмиэ политигымсыйан бардыҥ! Киһини таһыттан көрөн туран, ити курдук этэр сатаммат. Хата, биһиги дьолбутугар, бэрт бэрээдэктээх мааны инженер кэлбит. Үлэһит норуот эрэйин-муҥун үчүгэйдик билэр барахсан быһыылаах.
«Чэ бэйи, күннэр-дьыллар ааһан истиннэр, ити хайгыыр инженергит ардай аһыытын, дэгиэ тимир тыҥырахтарын көрдөрөр баҕайыта ини», – дии саныыр Трошка уонна, үөһэ тыынан баран, этэр:
– «Харахпытын сырдатта» диигит да, ким билэр, сырдатарын оннугар хараҥарта ини.
Трошкаҕа хаар маҥан баттахтаах, уҥа кулгааҕын эминньэҕэр кыһыл көмүс кылдьыы ытарҕалаах кырдьаҕас шахтер кэлэр. Кини сиилээбит-сэмэлээбит курдук, Трошканы көрбөхтүүр.
– Былыр эһиги политиктар суоххутуна, үлэһити тойоттор үлэһит курдук көрөллөрө. Оттон билигин эһиги тойоттору утары тураҥҥыт, дьону иирдэн, иэдээни оҥорон эрэҕит. Ол иһин тойотторбут биһигини ордук куһаҕаннык тутар буоллулар.
Дьон тарҕаһан бараллар. Бараах таһыгар Трошка, Волошин уонна Сүөдэр эрэ туран хаалаллар.
Трошка абатыйан сиргэ силлиир:
– Дьэ, ити баар! Дьаабылаах дьоммут буолбат дуо?! Ыраахтааҕыны итэҕэйэллэр, кини норуот олоҕун тупсарыа үһү. Кимий ыраахтааҕы диэн? Россия үрдүнэн саамай улахан помещик, капиталист. Кини оннооҕор бу ыраах Сибиир кыраайыгар баар Витим өрүскэ тиийэ илиитин сарбатар буолбат дуо?!
Сүөдэр доҕоро Трошка этэрин ис хоһоонун соччо үчүгэйдик өйдөөбөтөр даҕаны, сэргээн иһиллиир.
Трошка, турбахтыы түһэн баран, Волошиҥҥа этэр:
– Биһиги быйыл забастовканы оҥорортон тохтууһукпут. Дьон тойон инженер Коршунов кимин үчүгэйдик биллиннэр, өйдөөтүннэр. Хойут даҕаны забастовканы тэрийэр ханна да куотуо суоҕа!
* * *
Константин Николаевич Коршунов Гачинскайга саҥа тутуллан бүппүт «Лена Голдфилдс» Табаарыстыба кылаабынай резиденин хонтуоратыгар көтүтэн кэлэр. Манна кинилэр үс эрэ буолан олороллор: Грюнвальд, Малоземов уонна кини, Петр Владимирович Грюнвальд – Табаарыстыба кылаабынай инженерэ, управляющай солбуйааччыта. Кылаабынай резидент манна сыл баһыгар-атаҕар эрэ кэлэн барар, онон кини куруутун кылаабынай резидент эбээһинэһин толорор. Малоземов – кылаабынай инженер солбуйааччыта уонна правительство аатыттан үлэни көрөөччү. Кинилэр үһүөн тус-туспа хонтуоралаахтар, кэнсэлээрийэлээхтэр. Ону таһынан, кылаабынай резидент, управляющай хонтуората, кэнсэлээрийэ туспа баар. Ол хос кылаабынай резидент Иннокентий Николаевич Белозеров кэллэҕинэ эрэ аһыллар, кини суоҕар хатанан турар.
Резиденция икки мэндиэмэннээх, кырааскалаах хаптаһын эпсиэй тастаах улахан мас дьиэ. Бу дьиэ утарыта эмиэ мэндиэмэннээх арыый кыра дьиэ турар. Бу дьиэ үөһээ мэндиэмэнэ аҕыс хостоох, иһинээҕи сэбэ-сэбиргэлэ барыта халлаан өҥүн курдук күөх кырааскалаах, бары тээбиринэ барыта күөх солко уонна күөх баархат бүрүөлээх. Бу халлаан күөҕэ өҥү ыраахтааҕы таптыыр дииллэр, ону үтүктэн эбитэ дуу, биитэр «Мин эмиэ манна муҥур ыраахтааҕыбын!» дии санаан эбитэ дуу – бу дьиэни Иннокентий Николаевич ити курдук оҥорторбут.
Белозеров тойон манна сыл баһыгар-атаҕар кэлэн уонча эрэ хонон барар. Уоннааҕы кэмҥэ куруутун иччитэх турар. Ол да буоллар аналлаах үлэһиттэр бу дьиэни тойон манна баарын, олорорун курдук кыһыннары-сайыннары көрөллөр-харайаллар, сууйаллар-сотоллор. Дьиэ тас аанын аттыгар икки лакей, харабыл курдук, мэлдьи турар буолаллар.
Резиденция иһигэр олорор тойоттор биирдии бэйэлэрэ үстүү хостоохтор. Туох баар дьаһал, тэрээһин үлэтэ барыта манна төрүттэнэр, оҥоһуллар. Кылаабынай резиденцияттан тэйиччи соҕус кыракый мас дьиэҕэ рабочайдары ас-таҥас өттүнэн хааччыйар аналлаах Коммерческай хонтуора баар.
Бириискэттэн төннөөт, Коршунов бэйэтин кабинетыгар киирэн тиэтэлинэн сыгынньахтанар уонна тахсан Грюнвальд кабинетын аанын тоҥсуйар.
Хос иһиттэн иэмэ-дьаама биллибэт саҥа иһиллэр. Константин Николаевич, тиэтэйэрэ бэрт буолан, иккистээн тоҥсуйа барбакка, ааны аһа баттыыр. Хос иһигэр кимнээх баалларын өйдөөн даҕаны көрөр бокуойа суох иһирдьэ атыллыыр. Киирэн эрэ баран, кини ким баарын өйдөөн көрөр уонна тахсаары кэннинэн чугуруйар.
– Бырастыы гын… Мин… билиминэ…
Грюнвальд кэргэнэ, дьоно Петербург куоракка олороллор. Онон Петр Владимирович киһи билбэтинэн-көрбөтүнэн арыт дьахтардыыр идэлээҕэ. Ол курдук бу бүгүн кини гостинай хоһугар эмиэ дьахтар ыалдьыттаах олорор эбит. Остуол уйарынан арыгы күндүтэ, ас талыыта тардыллыбыт. Тайҕа биир биллэр кырасаабыссатын кытта Грюнвальд сэргэстэспит.
– Оо, ытыктабыллаах Константин Николаевич, киир!.. Ыалдьыт буол!.. Баһаалыста, манна кэлэн олорунан кэбис! – дьиэлээх тойон олоппоһу ыйар.
– Баһыыба, Петр Владимирович, мин… Бэрт тиэтэллээх соруктаах буолан киирдим… Миигин, баһаалыста, бырастыы гынаргар көрдөһөбүн, – дии-дии Коршунов тоҥхоҥнуур.
– Баһаалыста, Константин Николаевич, күндү ыалдьыт буол… Ол суһал соруктар, бэйи, тохтуу түстүннэр… Сөп дуо?
Бу саҥа окружной инженер Коршунов манна кэлиэҕиттэн ыла Табаарыстыба салалтатын сүгүн олордубат буолла. Коршунов күннэтэ аайы бириискэлэри кэрийэр, рабочайдары кытта сэлэһэр. Ол түмүгэр бэрт үгүс итэҕэстэри булар, ол итэҕэстэри суох гыныҥ диэн Табаарыстыба салалтатын модьуйар. Петр Владимирович Грюнвальд, биллэн турар, ону толорбот. Горнай департамеҥҥа сурук ыытан кэбиһэр да, онон бүтэр.
– Бырастыы гын, мин сорук оҥостон киирбит дьыалам бэрт тиэтэллээх. Ол туһунан сип-сибилигин кэпсэттэхпитинэ табыллар.
– Константин Николаевич, мин дууһам!.. Дьыала быһаарылларыгар сарсын даҕаны күн үүнүө. Бэрдэ буоллаҕына, шахта сиҥиннэ ини… Ол диэн… кыра! Бүгүн мин улахан үөрүүлээх күнүм… Дьыала туһунан сарсын кэпсэтиллиэ. Баһаалыста, Константин Николаевич, билис: Бодойбо кырасаабыссата Мария Васильевна!.. Тойон Коршунов, таптаа, убаастаа!.. Ха-ха!
Константин Николаевич ханна да барыан, тугу да гыныан булбатах курдук буолар. Кини, итиччэ этитэн баран, илиитин биэрэн билсиспэтэ хайдах да сатаммакка дылы. Коршунов остуол нөҥүө илиитин уунар:
– Константин Николаевич, – диир симиктик.
– Маша! – диир дьахтар уонна Коршунов илиитин ыбылы туппахтыыр. – Кырдьык, баҕар, уруулуу буолуохпут? – аҥаар хараҕынан имнэнэн кэбиһэр.
– Чэйиҥ, Мария Васильевна, Константин Николаевич, иһиэҕиҥ! – Грюнвальд бакааллары вишневай ликерунан толортуур.
– Петр Владимирович, хайдаҕын да иһин биһиги кэпсэттэхпитинэ сатанар.
Грюнвальд ап-аһыы баҕайыны айаҕар укпут курдук туттар:
– Ытыктабыллаах Константин Николаевич, кэпсэтии ханна да куотуо суоҕа. Кэпсэтиини сарсыҥҥа диэри хаалларыах. Маннык бэйэлээх Мария Васильевна баарына, тапталтан, көртөн-нартан ураты кэпсэтии суох буолуохтаах.
– Бырастыы гыныҥ! – диэн баран, Коршунов тахсан барар. Кини бу түүн, уута кэлбэккэ, утуйбат. Санаата үлэһиттэр бэлэмниир забастовкаларын тула эргийэр. Забастовка буолаары турарын кини сүрэҕинэн эрэ сэрэйбэт, кулгааҕынан истибитэ, хараҕынан көрбүтэ. Субу аҕыйах хонугунан Лена көмүһүн бириискэлэригэр биир да шахтаҕа үлэһиттэр үлэҕэ тахсыахтара суоҕа. Тахсыбаттара да сөп, үлэһиттэри олус баттыыллар, атаҕастыыллар. Дьон олоҕун дьаһайар кылаабынай тойоттор быһыылара ити баар… Арыгы, дьахтар. Үлэһиттэри дьоҥҥо холооботтор – сүөһү курдук туталлар, сытыйбыт этинэн аһаталлар, сыананы талбыттарынан үрдэтэллэр… Шахтаҕа дьон оһоллоноллорун, өлөллөрүн сэрэтэр техническэй сокуоннары кэһэллэр. Суох, манна киһи иирэн барыыһык… Ити тойоттортон ким да ыйытыа суоҕа, буруйа-сэмэтэ миэхэ буолуо, – дии саныы сытта Коршунов. Кини, сарсыарданан эрэ нухарыйан, бэрт кыратык утуйа түһэр.
Коршунов сарсыарда эрдэ, куруутун турар кэмигэр, уһуктар. Бэрт түргэнник сууна-тараана охсон баран, тиэтэлинэн аһаат, Грюнвальд кэнсэлээрийэтигэр барар. Грюнвальд хайа сахха киирэн олорор эбит. Кини, бөлүүн утуйбакка, хараҕа кып-кыһыл буолбут, сирэйэ дарбайа иһэн хаалбыт. Кабинекка Грюнвальтан ураты ким да суох. Коршунов ону туһанан этэр:
– Петр Владимирович, бэҕэһээ киэһэ үчүгэйдик…
– Да-да, билигин истэбин, Константин Николаевич.
– Тойон Грюнвальд, эһиги Табаарыстыбаҕыт үлэһиттэри наһаа баттыырыттан-атаҕастыырыттан сылтаан, субу сотору забастовка буолаары тыҥаан эрэр. Мин ол туһунан кэпсэтээри гыммытым…
Грюнвальд кып-кыһыл сирэйэ көҕөрөргө дылы буолар, дьэбидийбит хараҕын чыпчылыйбакка быччаччы көрөр. Россия киин сирдэригэр забастовкалар тохтоотулар. Билигин Столыпин министр кытаанах бэрээдэги дойду бүтүннүүтүн үрдүнэн олохтуур ааттанар. Бу кэмҥэ манна, ыраах Тайҕаҕа, хараҥа сиргэ – забастовка! Бу оҕо оонньуута буолбатах!
– З-з-а-а-бастовка ону хантан биллиҥ? – Грюнвальд кэлэҕэйдээн ыйытар.
– Мин рабочайдары кытта кэпсэтэбин… Кинилэр бэйэлэрэ ону кэпсииллэр… Кырдьыга, кэпсээбэтэхтэрин да иһин, өтө көстөр буолбат дуо?
Грюнвальд Коршунову уорбалаабыт курдук көрбөхтүүр, хараҕа уоттанан кэлэр.
– Бырастыы гын, Константин Николаевич, өскөтө забастовка буоллаҕына, эн буруйдаах буолуоҥ.
– Тоҕо? Мин онно туох сыһыаннаах буолан, буруйданабыный?
– Эн, Константин Николаевич, кырдьыга социалискын дуу, окружной инженергин дуу? Мин итини эн сырыыгыттан, эн быһыыгыттан, эн саҥаҕыттан кыайан быһаарбакка сылдьабын.
Коршунов туох да диэн булбат, саҥата суох умса көрөр. Өр соҕус ити курдук олороллор. Грюнвальд бу кэлиэҕиттэн ыла быһа рабочайдарга бэрт буола сатыыр, кинилэри куруутун көмүскэһэр окружной инженери ыксаппытыттан астына саныыр.
– Эн миигин олус соһуттуҥ, Петр Владимирович, – диэн баран, Коршунов үөһэ тыынан ылар.
– Итиннэ киһи соһуйуоҕа туох да суох. Эн манна кэлиэххиттэн ыла үлэһиттэр олорор бараахтарын, шахталары кэрийэн тахсаҕын. Мин истэрбэр, шахталары техническэй өттүнэн көрүүнэн эрэ муҥурдаммакка, үлэһиттэри кытта митинг тэрийэр үһүгүн… Бэйи, тохтоо! Мин даҕаны манна истэр кулгаахтардаахпын… Үлэһиттэргэ Табаарыстыба тугу кэспитин, тугу толорботун барытын кэпсиир үһүгүн.
– Ха-ха! – диэн Коршунов иирбит курдук күлэр. – Аны төрдүс отделениеҕа донуос суруйар инигин?!
Грюнвальд дьиибэргээн ах бара түһэр.
– Тойон кылаабынай инженер, – диэн Коршунов саҥаран барар. – Мин кими кытта, тугу кэпсэтэрбэр букатын кыһаммат буол. Эһиги үлэһиттэри сүөһү курдук үүрэ сылдьаҕыт. Урукку кэнэн үйэ ааспыта – үлэһит өйдөнөн эрэр. Оннооҕор сүөһүнү аһынан-отунан мэҥиэлээн албыннаһар баҕайы. Рабочайдары да кытта сөптөөх тылы булан кэпсэтиэххэ наада, кинилэри өйдөрүн сүүйүөххэ наада. Забастовка аҥаардас эһиги эрэ Табаарыстыбаҕытыгар куһаҕаны аҕалбат, бүтүн государствоҕа улахан хоромньуну аҕалар… Миигиттэн ыйытаҕын: «Социалискын дуу, окружной инженергин дуу?» – диэн. Мин эппиэттиибин – хайата да буолбатахпын.
Коршунов ис сиэбиттэн хара саппыйаан тастаах киниискэни ылан уунар. Грюнвальд ол киниискэни куттаммыт курдук тэйиччи тутан олорон ааҕар:
– Т-т-т-а-а-йынай… хайдах?
– Да-а!.. Көрөрүҥ курдук, – диэн баран Коршунов киниискэтин сиэбигэр уктан кэбиһэр.
* * *
Коршунов инженер бириискэлэри барыларын кэрийэн, чинчийэн киирбитин кэннэ сотору буолаат, Табаарыстыба лааппыларыгар арыгы дэлэччи атыыланар. Лааппыларга урукку тууһаммыт, сытыйбыт эт оннугар үчүгэй эт тахсар. «Олохпут көнөөрү, үчүгэй буолаары гыннахпыт дуу?» – диэн дьон сэргэхсийэллэр. Ити кэнниттэн Табаарыстыба чиновниктара бараахтары кэрийэ сылдьан, холостуой дьону кэргэннээхтэртэн араартыыллар. Сорох бараахтары быыһаталлар: биир аҥаарыгар оҕолоохтору, кэргэннээхтэри олохтууллар, иккис аҥаарыгар – сулумахтары. Оннооҕор шахталарга ыйаабыт куруускаларын ылаллар. Хас бириискэ аайы чааһынай эргиэмсик лааппы аһарын көҥүллүүллэр. Атыыһыттар обургулар, ама, оччону истэн баран олоруохтара дуо, хас бириискэ аайы былдьаһыгынан лааппы туттараллар, ас-таҥас аҕалан эргиммитинэн бараллар.
Маннык уларыйыы тахсарын кытта Коршунов инженер эмиэ бириискэлэри кэрийэр, шахталарга сылдьар.
– Билигин олоххут хайдаҕый? – диэн кини көрсүбүт киһитин ахсыттан ыйытар.
– Уруккуга холоотоххо, үчүгэй буолан эрэр, – дэһэллэр рабочайдар.
– Миэхэ махтаныҥ… Мин Табаарыстыба салалтатын кытта охсуспатым эрэ…
– Баһыыба, тойон баһылыкпыт, – дэһэллэр рабочайдар уонна кини күлүгэр хаптаҥнаһаллар.
Үлэһиттэр олохторугар бэрт кыра да чэпчэтиини оҥотторбутунан туһанан, Коршунов үгүс дьон махталларын ылар. Дьон бириискэлэргэ кинини үҥэр таҥара оҥостоллор. Коршунов мичээрдии-мичээрдии кырдьаҕастарга илиитин биэрэр, оттон бытыктара маҥхайа иликтэри санныларын таптайталыыр:
– Үчүгэй! Билигин кытаатан үчүгэйдик үлэлээҥ, харчыны элбэхтик өлөрүҥ, байыҥ!
– Биһиги үлэлиири баҕас үлэлиэхпит. Ол гынан баран ити Евстигнеюшка дэһээтинньик биһигини олус атаҕастыыр… Куруутун сутуругун сүгэ сылдьар.
– Кириэс иннигэр этэбин, – диир биир эдэр үлэһит, – биһиги үлэлии сырыттахпытына, кини ойохторбутун сүгүн сырытыннарбат…
– Хас да үлэһит манна киниттэн оҕо иитэн олорор… Кини дэһээтинньик буолбатах – атыыр! – диэн ким эрэ абарбыт куолаһа иһиллэр.
Трошка бу күннэргэ санаарҕаан сылдьар. Кини Коршунов кимин, үлэһиттэр кыра көрдөһүүлэрин тоҕо толорорун, ону толорор туһугар Табаарыстыба салалтатын кытта тоҕо мөккүһэрин кыайан өйдөөбөт, билбэт. Кини үлэһиттэргэ: «Коршунову итэҕэйимэҥ, кини эһигини албынныыр» – диэн өйдөтөөрү гыннаҕына, саба саҥаран кэбиһэллэр. Ол иһин кини, дьон Евстигнеюшка туһунан тыл көтөхпүттэрин иилэ хабан ылан, Коршунову тургутан көрөөрү этэр.
– Сураҕын иһиттэххэ, атын сир шахталарыгар ханна да үлэһиттэр уон икки чаас устата үлэлээбэттэр. Биһиги манна тобукпутугар диэри тымныы уулаах бадарааҥҥа тураммыт уон икки чаас устата үлэлиибит. Хас бириискэ таһа барыта үлэһиттэр уҥуохтарынан туолла. Тоҕо манныгый?
Тэйиччи турар рабочай Трошка эппитин салгыыр:
– Биһиги хаатырга үлэтиттэн итэҕэһэ суох кытаанах үлэни үлэлиибит… Тоҕо аҕыс чаастаах үлэни олохтооботторуй?
Коршунов сирэйэ кытара түһэр. Сэҥийэтин ортотунан тымыра тардыалаан илибирэтэр. Туох да диэн хоруйдуон булбакка, Трошка олорор сирин диэки көрөр. Иккиэн утарыта көрсөллөр. Кинилэр, төһө даҕаны мөккүспэтэллэр, этиспэтэллэр, бу кэмҥэ иккиэннэрин ардыгар ыар охсуһуу барар. Бу мүнүүтэҕэ кинилэр иккиэн: «Рабочайдар хайабыт диэки буолаллар?» – дии саныыллар. Ол эрээри билиҥҥитэ Коршунов кыайыылаах турар. Кини үлэһиттэр олохторугар үгүс уларыйыылары киллэрдэ. Онтун үтүөтүгэр сип-сибилигин аҕай рабочайдар махталларын ылла.
– Оттон эн туох диигиний? – диэн Коршунов иннигэр өрө мыҥаан турар Пашка уолтан ыйытар.
– Мин?.. Билбэппин, – уол барыах-кэлиэх сирин булбатах курдук булумахтана түһэр. Быков оҕонньор, уолун көмүскүүрдүү, икки чэрдээх илиитин Пашка санныгар уурар:
– Тойон инженер, биһиги туох диирбитин ыйытаҕын… Биһиги курдук батталга олороруҥ буоллар, бэйэҥ билиэ этиҥ…
– Биһиэхэ кэллэ кэлээт, бачча үтүөнү оҥорбут тойоммутун саҥарымаҥ! – дэһэр саҥалар онтон-мантан иһиллэллэр.
– Биһиги үтүө санаалаах тойоммут, баҕар, мантан инньэ биһиэхэ аҕыс даҕаны чаастаах үлэни ситиһиэ буоллаҕа дии, – диэн Завалин көмүскэһэр.
«Өйдөөх, сатабыллаах өстөөх кэлбит… Кини үлэһиттэр өйдөрүн сүүйээри араас чэпчэтиилэри ситиһэ сатыыра чахчы. Дьиҥэ, кини адьас атын санаалаах, атын соруктаах, – дии саныыр Трошка. – Тоҕо кини рабочайдар итэҕэллэрин ыла сатыырый?.. Ама охранка ыыппыт агена буолуо дуо?»
Били рабочайдар саҥа инженер көмөлөһөн, олохпут арыый көнөөрү гынна дуу дии санаабыттара кыайан туолбат. Табаарыстыба дьаһалтата рабочайдары атаҕастыырын, кинилэри көлөһүннээн баайын хаҥатарын ордук күүһүрдэр. Рабочайдарга Заборнай киниискэ диэни туттартыыллар. Хас ый аайы дэһээтинньик рабочай тугу үлэлээбитин Заборнай киниискэтигэр суруйар. Ону көрөн, хонтуораҕа расчет оҥороллор уонна хаассаттан харчы төлүүллэрин оннугар толуону биэрэллэр. Ол толуонунан рабочай Табаарыстыба эрэ лааппытыттан ас, таҥас атыылаһар бырааптаах. Онон бириискэлэргэ эргинээри лааппы аспыт атыыһыттар лааппыларын сабаллар. Атын атыыһыттар лааппылара сабылларын кытта, били урукку сытыйбыт эт диэн баара дуо, оннооҕор ордук куһаҕан эт, түүнүгүрбүт бирээнньик, киһи айаҕар баппат аһыы хара килиэп Табаарыстыба лааппыларыгар туолар. Бу астарын сыаната, атын лааппылар сыаналарыгар холоотоххо, ордук ыарахан.
– Тоҕо маннык эти атыылыыгытый? – диэн рабочайдар ыйыттахтарына, лааппы үлэһиттэрэ:
– Үчүгэйи булуох буоллаххына, ылыма. Ким даҕаны эйигин күһэйбэт, – дэһэ-дэһэ күлсэллэр.
Шахтаҕа уһун күнү быһа тыбыс-тымныы ууну тобугар диэри кэһэн турбут, тааһы кытта өрө тустан тахсыбыт киһи, иһэ топпотоҕуна, эт сиэбэтэҕинэ, сарсын ханнык сэниэтинэн үлэлиэй? Төһө даҕаны абардар, төһө даҕаны этистэр, быстыа дуо, ойдуо дуу, ыларыгар тиийэр.
Таҥас чааһа эмиэ итинник. Ханна ыскылаакка сытыйбыт, түүнүгүрбүт, киртийбит баарын барытын, чэпчэки сыанаҕа ыла-ыла, манна аҕалан Заборнай киниискэнэн рабочайдарга икки-үс сыанаҕа атыылыыллар. Рабочайдар Табаарыстыба лааппытыттан атын хантан да биир арсыын тэрэпиискэни атыылаһар кыахтара суох. Онон ылалларыгар тиийэллэр.
Харчы оннугар толуон тарҕаныаҕыттан, расчет оннугар Заборнай киниискэ үөскүөҕүттэн ыла Табаарыстыба бэйэтэ хайдах таптыырынан дьаһайар, сыаналыыр, төлөтөр буолар.
Рабочайдар маҥнай ыспыраанньыкка үҥсэллэр. Ыспыраанньык дьаһал ыларын оннугар «үҥсүүбүт хайдах быһаарылынна?» диэн ыйыта кэлбит рабочайдары:
– Киэр буолуҥ!.. Бууннаары гынаҕыт дуо?.. – диэн холдьоҕуталаан таһаарар.
Онтон абаккаран, рабочайдар Иркутскай генерал-губернаторыгар суруйаллар. Ол сурукка өр баҕайы туох даҕаны быһаарыы кэлбэт. Онтон хас да ый ааспытын кэннэ ыспыраанньык бириискэлэри кэрийэ сылдьан иһитиннэрэр:
– Иркутскайдааҕы үрдүк сололоох генерал-губернатор тойон эһиги суруккутугар манныгы биллэрэр: «Лена Голдфилдс Корпорация» дьаһала Ыраахтааҕы көҥүллээһининэн олохтоммут, ону уларытар кыаҕым суох», – диэн!
Рабочайдар үгүстэрэ ону итэҕэйбэттэр:
– Күн ыраахтааҕы бэйэтэ бас билэр норуота бу курдук атаҕастанарын, баттанарын көҥүллүөн сатаммат!
Рабочайдар хайдах баттаналларын, атаҕастаналларын туһунан аны ыраахтааҕыга бэйэтигэр суруйаллар. Ыраахтааҕы кинилэр үҥсүүлэрин туппута даҕаны, туппатаҕа даҕаны биллибэт, суруктарын сураҕа, ууга бырахпыт таас курдук, сүтэн хаалар. Табаарыстыба рабочайдары көлөһүннүүрэ күнтэн күн күүһүрэн иһэр. «Ыраахтааҕы ыраах, таҥара үрдүк – хаһан биһиги онно тиийэн кырдьыкпытын булуохпутуй?» – диэн рабочайдар үгүстэрэ сапсыйан эрэ кэбиһэллэр.
Рабочайдар атаҕастаналлара, баттаналлара төһөнөн күүһүрэр да, соччонон революционердар үлэлэрэ кыайыыланар. Бу күннэргэ рабочайдар Трошка Алмазов тугу кэпсиирин болҕойон олорон истэллэр. Ол эрээри билигин даҕаны Коршунов тылын бэрт үгүстэр итэҕэйэр, кинини үҥэр таҥараларын курдук көрөр этилэр.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.