Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 60

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 60 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
VI

«Кыайдыбыт-хоттубут!» – дэһэннэр, бандьыыттар Хаптаҕайга төннөллөр. «Кэннибититтэн, баҕар, кыһыллар батыһан кэлиэхтэрэ», – диэн, Коробейников өрүс кытылыгар биир этэрээти манабылга туруорар. Ити күнү быһа бандьыыттар сааларын сүкпүтүнэн, туппутунан сылдьаллар. «Дьоннорун өлөртөөбүппүтүн иэстэһэ хайаан даҕаны кэлиэхтэрэ» диэн олус куттаналлар. Оннооҕор «кыайыыларын» малааһыннаабаттар.

– Элбэх баҕайы аттаах кыһыллар уҥуор өрүс кытылыгар көһүннүлэр!.. – кытылга манабылга хаалбыт этэрээттэн Коробейниковка биллэрэллэр.

– Бэлэмнэниҥ, уҥуоргуттан кыһыллар иһэллэр!.. – Коробейников дьонугар команда биэрэр.

Биир саллаат, куттаммытын омунугар, саатын сомуогун төлө тутан, балаҕан үрдүгэр эһэр. Ол курдук мучумааннана олордохторуна, эмиэ биир саллаат кэлэн:

– Уҥуоргу кытылтан төнүннүлэр!..

– Сэрэниҥ, өссө кэтээҥ, үчүгэйдик кэтээҥ! – Коробейников саллааты төттөрү ыытар.

Кыһыллар киэһээҥҥэ диэри биллибэттэр. Халлаан хараҥарар. Коробейников манабылларын өссө хойуннаран биэрэр, түүнү быһа утуйбат. Ол эрээри сарсыардааҥҥа диэри туох да биллибэт. Халлаан сырдаабытын, күн тахсыбытын, суол ыраахха диэри көстөр буолбутун кэннэ Коробейников дьэ уоскуйар. Суолу кэтэтэ аҕыйах киһини хаалларан баран, саллааттарыгар:

– Бүгүн утуйуҥ, сынньаныҥ! – диир.

– Түүн дьыбара сүрдээх эбит, тоҥон өлө сыстыбыт, – саллааттар саҕынньахтарын устан бурҕаҥнаһаллар.

– Биһиги бэҕэһээ улахан кыайыыны ситистибит! – дии-дии, Коробейников тыыллаҥныыр.

– Дьэ, үчүгэй аҕайдык тутуннубут буолбат дуо? – эдэр соҕус бандьыыт, хайҕал ылаары, тойонун диэки көрбөхтүүр.

– Тоһуурга, кырдьык, маладьыастаргыт. Кимэн киириигэ эмиэ итинниккит буоллар, тугу да тулутуо суох этибит, – Коробейников утуйар хоһугар киирэр.

– Тойоммут Коробейников чахчы үчүгэй командир. Кини салалтатынан сотору Дьокуускайы даҕаны ылыахпытын сөп этэ.

– Ээ, Дьокуускай диэн…

– Хаар хараарыар диэри, табылыннаҕына, Уркуускайы даҕаны ыла сыһар инибит! – бандьыыттар киһиргэнэн киирэн бараллар.

– Миигинньиккэ Дьокуускайы да ыллахпытына сөп этэ, – диир биир саха киһитэ.

– Бачча кыайа-хото сылдьан тугуҥ тылай!

– Ол Уркуускай курдук ыраах сиргэ эмиэ тугу сиэри баран истэмий. Айака, дьиэбэр төннүөм, дьоннорбун да аҕынным, сылайдым даҕаны, – дии-дии, кэтэҕин тарбанар. – «Бачча кыайа-хото сырыттахпытына» буолаахтаан. Саһан сытан дьону тоһуйан өлөртөөбүппүтүн улахан кыайыы диэбэппин ээ.

Субу аҕай киһиргэнэн киэптэнэ олорбут бандьыыттар ах баран хаалаллар, хайдах эрэ буруйдаммыт курдук тутталлар. Ким эрэ хамсатыгар табах уурунар. Кинини үтүктүбүт курдук, атыттар эмиэ табахтаан бусхаҥнатан бараллар.

Сааһыра барбыт киһи хамсатын күлүн тэбии-тэбии:

– Кырдьык даҕаны, саһа сылдьан бултаһабыт буолбат дуо? Дьиҥэр, оннук эрэ сэриилэстэхпитинэ даҕаны тугу эмэ оҥорор кыахтаахпыт быһыылаах. Бу сэппитинэн-сэбиргэлбитинэн ити тирэхэниэйкэ саалаах дьону кытта илэ киирсэн ытыалаһыыга туруулаһыахпыт дии саныыгыт дуо? Биэрэстэлээх сиртэн тэһитэ ытыалыыллар ини. Биһигини бэйэлэригэр кучуйалларыгар дьоппуон уонна эмиэрикэ омуктар үчүгэй тэбиилээх сааларынан сэбилиэх буолан алларастаспыттара. Онтулара ханна баарый? Тоҕо эрэ көстүбэт дии.

– Онон манна албыннарыгар үктэтэн аҕалбыттар эбит диэри гынаҕын дуо?

– Даа, баҕар, буолуо даҕаны, – дии-дии биир киһи туран төттөрү-таары хаамыталыыр.

– Саас кэлэн эрэр, сотору уу-хаар тахсара буолуо.

– Э-э, дьэ, быйыл төһө эрэ кустаах-хаастаах дьыл буолар? – кэтэҕэриин сытар киһи уот диэки эргиллэр.

– Мин бэҕэһээ туллуктары көрдүм. Туллук үөрэ халыҥ, быйыл саас кустаах дьыл буолара буолуо ээ, – эргэ арбаҕастаах киһи чэмээрэр.

– О-о, саас куһу көһүтэн дурдаҕа олорор үчүгэй да буолара! Арай биирдэ, уһун синньигэс элгээн атаҕар дьухха уу баарыгар дурда туттан олордум, – дии-дии, суол ааныгар сытар киһи олоро түһэр. – Дьэ, эмискэ уонча үөрдээх мороду кэлэн иннибэр түһэн кэбистэ. Ити сааскы ньукуолун буолуон үс хонук иннинэ этэ. Хаар эриэн-бураан буолан турар…

– Дьэ-дьэ, ол мородулартан хаһын хааллардыҥ?

– Аны сыыһан кэбистиҥ дуу?

– Дьэ мин холботолоору көһүт. Маҥнай икки холбосто. Онтон ол иккигэ – үһүс. Оо, дьэ, аны биир-икки мороду кэлэн холбостор диэн, тыыммакка кэтэс. Ол олордохпуна тураах сиэхсит, хантан кэлбитэ эбитэ буолла, мин дурдам үрдүгэр кэлээт миигин көрөн, өмүрбүт курдук, өрө сарахаччыйан таҕыста, онтон дааҕырҕаан айаҕа ыыра сытыйда. Оччону көрөн баран, мородуларым олоруохтара дуо, көтөн «тирк» гынан хааллылар.

– Туй-сиэ!.. Ыппакка хааллыҥ дуу?

– Хантан ытыам баарай, мэлийдэҕим ол дии.

– Ээ-э, үс холбоһорун кытта ытыах да баара.

– Тураах абааһы инньэ гынааччы.

Дьон булт туһунан ити курдук ирэн-хорон, күө-дьаа кэпсэтэ олордохторуна, тас пост киһитэ сүүрэн мэҥийэн киирэр.

– Өрүһү икки аттаах киһи туораан иһэллэр!

Дьиэтээҕи саллааттар таһырдьа ойуолаһан тахсаллар. Чугаһаабыттарын кэннэ көрбүттэрэ – Сүөдэркэ Дьаакыбылап ханнык эрэ киһилиин иккиэ буолан кэлэн иһэллэрэ.

Сүөдэркэ, сыарҕатыттан түһээт, Коробейников олорор дьиэтигэр киирэр, таһырдьа турар дьону кытта кэпсэтэ да барбат.

– Тойон буола илигиттэн киэбирэн түһэн, – дэһэ-дэһэ, саллааттар төттөрү киирэллэр.

* * *

Бандьыыттар Табаҕа аттыгар кыһыллары тоһуйан өлөртөөбүттэрэ уонча хонук ааһар. Коробейников тойон отучча киһилээх Лоомтукаҕа Манньыаттаах уолугар тахсар. Сүөдэркэ сүүрбэччэ киһилээх этэрээттэнэн Киллэмҥэ барар, Хаптаҕайга алта уонча киһи хаалар.

Халлаан лаппа сылыйар. Тэлгэһэҕэ чалбах тахсыталаан барар.

– Халлаан бу курдук көнөн бардаҕына, сотору көтөр да кэлэн барара буолуо, – дэһэн дьон сааскы кустааһын туһунан кэпсэтэллэр.

– Кырдьык, биир сыл куоракка, Хатыыстаахха, муус устар сүүрбэ иккис күнүгэр көҕөнү өлөрбүт сурахтаахтара, – дьиэтин аттыгар күн уотугар ылааҥылыы олорон, оҕонньор киһи кэпсээн көбдьөөрөр.

– Хата кустуу барыллыа! – диир биир бандьыыт саллаата.

– Кустуу диигин дуу? – оҕонньор, дьиктиргээбит курдук, бандьыыт диэки көрөн ылар. – Эйиэхэ куһа да суох булт элбэх буолбат дуо?..

Бандьыыт сирэйэ кытара түһэр. Оҕонньорго улаханнык абарбыт курдук туттар.

– Оҕонньоор, оргууй ону-маны ордук-хоһу саҥарар буол эрэ!.. Хайа биһиги…

– Куттаама, куттаама-а! Мин, дьиҥэр, олоруохпун олорбут, сиэхпин сиэбит, көрүөхпүн көрбүт оҕонньорбун! Хайаары гынаҕын, ордук-хоһу саҥарда диэн?..

Бандьыыт мух-мах буолар.

– Бэйи, кырдьаҕас, аргыый!..

Эмискэ аттар туйахтарын тыаһа битигириирэ иһиллэр. Ханна эрэ дэриэбинэ уһугар «Ур-р-а-а!» хаһыы эймэнэр…

Оҕонньор хохучуоллаһа олорбут бандьыыта олос гынан көрө түһээт:

– Алдьархайы да-а!.. Кыһыллар!.. – диэн хаһыытыы түһээт, дьиэ диэки ыстанар. Ааны тэлэччи аһаат: «Кыһыллар!..» – диирин кытта, дьиэ иһинээҕи дьон булумахтана түһэллэр.

Васька Барсуковтаах уонча буолан хаартылыы олорор этилэр. Барсуков, бүгүн сүүйэн олорор буолан, сүүйүүтүн ылбакка эрэ остуолтан туруон да баҕарбат.

– Маннык күрүлүүр күн ортото хантан кыһыллар кэлэллэр ол? Ити киһи дьиибэрэн сымыйалаатаҕын аайы… – хаартылаһа олорор дьонун уоскута сатыыр.

– Истибэккит дуо?.. Ити ытыалыыллар буолбат дуо? – дэһэ-дэһэ, бандьыыттар, сааларын харбыы-харбыы, таһырдьа ыстаналлар.

Тула дьиэлэр, олбуордар кэтэхтэринэн ыҥыыр аттаах, саабылалаах дьоннор сүүрдэн киирэллэр.

Васька Барсуков, ону көрөөт, тахсыах курдук ааны аһан иһэн төттөрү ньимис гынар. Түннүгүнэн ытыалаары, саатын түннүк тааһын көҥү анньан таһаарар.

– Кыһыллар, ытыалыах! – диир Васька аттыгар турар киһитигэр.

– Суох, ытыалаама!.. – анараа киһи Барсуков түннүккэ уган эрэр саатын төлө охсон кэбиһэр.

– Туох буоллуҥ?..

Ити икки ардыгар аан тэлэллэ биэрэр, саалар уостара утары чөҥөрүйэ түһэллэрин кытта: «Илиигитин үөһэ уунуҥ!» – диэн бирикээстиир саҥа сүнньүгэ биэрбит курдук дөйүтэр. Хас да красноармеец дьиэ иһигэр сулбу ойон киирэллэр.

– Ноо, Барсуков тойон, манна эмиэ баар эбиккин дуу? – диэн ким эрэ саҥарбытын истээт, Васька өрө уунан турар илиитин түһэрээри гынан эрдэҕинэ, ыарыылаах соҕустук тоҥоноҕун үөһэ охсон кэбиһэллэр.

Васька Барсуков өйдөөн көрбүтэ – били комиссар уол – Семен Владимиров элэктээбит курдук көрөн турар эбит. Оо, абарбытын иһин тугу гыныа баарай!

– Мин… мин саллаат буолбатахпын, куттаммычча… – диэн, Васька Барсуков киһи тугу да өйдөөбөт гына саҥарар.

– Бандьыыттарга хайдах холбоспуккун бэркэ диэн билэбин, ону миэхэ кэпсээмэ, атыттарга кэпсээр. Хата, туох сэптээххиний? – дии-дии, Сэмэнчик кэлэн Васька Барсукову дьэгдьийэр. Сиэбигэр уонча ботуруон угулла сылдьара. Онтон ураты туох да сэбэ суоҕа.

– Доҕоруҥ Сүөдэркэ Дьаакыбылап ханнаный?

– Суох. Мин кинини билбэппин.

– Кубулуна турума, ханнаный? – Сэмэнчик Сүөдэркэ Дьаакыбылабы бу Васька Барсукову туппутун курдук тутара буоллар…

– Ханна барбытын билбэппин ээ…

– Билбэппин диэн… икки хонуктааҕыта Киллэмҥэ барбыта буолбат дуо? – диир били Васька ытаары гынан эрдэҕинэ саатын төлө охсон кэбиспит киһи.

Таһырдьа ат туйаҕын тыаһа тибигириир. Сотору соҕус дьиэ аанын тэлэйэ баттыыллар:

– Табаарыстар, туппут дьоҥҥутун таһаартааҥ.

Васька Барсуков өлө куттаммыт хараҕынан Сэмэнчик диэки ааттаһан эрэрдии көрүтэлиир.

* * *

– Миэхэ элбэх киһи, элбэх саа, ботуруон наада, – дии-дии, Коробейников дьиэлээх тойоҥҥо өйдөтөр икки көрдөһөр икки ардынан этэ сатыыр.

– Хантан элбэх киһини, сааны, ботуруону мин булуохтаахпыный? Туох кыахтаахпытынан барытынан көмөлөспүппүт буолбат дуо? – Манньыаттаах уола ытыһын нэлэҥнэтэр.

– Эһигиттэн, саха баайдарыттан, киһи туох даҕаны көдьүүһү ылбат дьоннороҕут, – холуочук Коробейников сапсыйан кэбиһэр.

– Тоҕо?

– «Сэриитэ тэрин, кэл, биһигини большевиктартан босхолоо!» – диэн кимнээх миигиттэн көрдөстүлэр этэй?

– Буоллун. Биһиги билигин даҕаны ити көрдөһүүбүтүн уураппаппыт. Большевиктар кэлэннэр биһиэхэ үтүөнү оҥорботтор.

– Билэбин, кыһыллар баайдарга туох даҕаны үчүгэйи аҕалбатахтара чахчы. Мин этэбин: эһиги миигин манна ыҥыраргытыгар төһө баҕарар элбэх саллааты, сэби-сэбиргэли булан биэриэх буолбуккут. Онтугут ханнаный?.. Кэнникинэн дьон биһиэхэ холбоспот буолан эрэр. Ханна баалларый эһиги эппит дьонноргут? Өҥнүбүт дьоҥҥутун тоҕо эрэ көрбөппүн дии… Акаары, эһиги көмөлөһүөх буолбуккутун итэҕэйэн, эһиэхэ тирэҕириэх буолан кэлбитим… Онтум ити баар!.. – Коробейников тииһин хабырынан кычыгыратар.

– Төһө кыайарбытынан, туох баарынан көмөлөһө сатыыбыт… – Манньыаттаах уола ыалдьытын үрүүмкэтин толорор. – Улахан кыайыыта ситиһиҥ, оччоҕо көрүөххүт: эһиги армияҕытыгар дьон кэмэ-кэрдиитэ суох киирэ сатыыр буолуохтара.

– Кыһыл этэрээтин Табаҕа аттыгар тоһуйан кыргыбыппыт кыайыы буолбатах дуо? Итинтэн ордук улахан туох кыайыытын ситиһиннэрээри гынаҕытый?.. Куораты ыллараары дуо?

– Куораты ыларгыт эбитэ буоллар, дьэ ол, кырдьык, кыайыы, ситиһии буолуо этэ.

– Бэйи, тохтуу түһүҥ… – Коробейников тугу эрэ этээри гынан эрдэҕинэ, аан хоско күүгээн иһиллэр.

Дьиэлээх тойон үрүүмкэтин остуолга туруорар уонна, сөмүйэтинэн «саҥарыма, тохтоо!» диирдии көрдөрөн баран, ааҥҥа барар, сэгэтэн туран тугу эрэ сахалыы кэпсэтэр, онтон аанын нэлэччи аһар:

– Киир, тойон Коробейников манна баар.

Хос ааныгар нэлэмээттэммит таҥастаах, аҕылаабыт-мэҥилээбит үрүҥ саллаата көстөр. Кини Коробейников олорорун көрөөт:

– Тойон… Биһиги… Биһигини кыһыллар… – диэн киһи иэмин-дьаамын булан өйдөөбөт гына кэпсээн булкуйан барар.

– Туох буолла? Хантан кэллиҥ? – Коробейников куолаһын сонотон ыйытар. – Киһи өйдүүр гына кэпсээ!

– Хаптаҕайтан… Онно… Онно кыһыллар…

– Хаптаҕайга кыһыллар кэллилэр дуо? – Коробейников ойон турар.

– Кыһыллар… Тойон, кыһыллар… Биһиги аҕыйах буолан куоттубут…

– Атыттаргыт?

– Сорохторун өлөртөөтүлэр… Сорохторо онно хааллылар…

– Ытыалаһа хааллылар дуо? – Коробейников аан диэки дьулуһар. Кини сибилигин Хаптаҕайга киирэн кыһыллары кытта охсуһа олорор дьонугар көмөлөһөр санаалааҕа.

– Суох… тойон… Ытыаласпаттар… Бэриннилэр быһыылаах.

– О-о… – диэбитинэн Коробейников устуулга олоро түһэр. «Ханна куотабын?.. Ханна баран киһи буолабын?»– диэн санаа өйүгэр көтөн түһэр. Онтон куттаммыт курдук ойон турар:

– Кыһыллар… Кыһыллар манна иһэллэр дуо?.. – Коробейников саллааттан ааттаһан эрэрдии ыйытар.

– Суох, Хаптаҕайга хаалбыттара…

– Кыһыллары… Кыһыллары ыйытабын, кинилэр ханналарый?.. Манна кэлиэхтэрэ суоҕа дуо?

– Суох, тойон… Кыһыллар онно хаалбыттара…

Коробейников бу түүн Лоомтукаҕа хоммот. Түүннэри Майаҕа барар. Онтон, Хаптаҕайга төннүбэккэ, Холгуманан эргийэн, Киллэмҥэ тахсар.

Киллэмҥэ кэлэн Лэгиэнтэй атыыһыт дьиэтигэр штаб тэринэр. Намҥа, Хамаҕаттаҕа, Никольскайга, өрүс уҥуор Суоттуга уонна Буор Ыларга баар этэрээттэрин – түөрт сүүстэн тахса киһини хомуйтарар.

– Тойоммут тоҕо барыбытын манна мустаҕай? – этэрээт тойотторо таайа сатыыллар.

– Биһиги дьоннорбутун кыһыллар Хаптаҕайга тахсан кыргыбыттарын иэстэһээри муста ини.

– Э-ээ, суох, – диир Сүөдэркэ Дьаакыбылап, билэр баҕайы киһи курдук. – Биһиги бу күннэргэ куоракка кимэн киириэхтээхпит…

Коробейников дьонун Киллэмҥэ мунньан баран, аны Лэгиэнтэй атыыһыт уһаайбатын бөҕөргөтөргө бирикээстиир.

Лэгиэнтэй атыыһыт уһаайбата дэриэбинэттэн тэйиччи, үрдүк томтор үрдүгэр туспа кэриэтэ турар буолан, күрүөлэрин-хаһааларын туһанан бөҕөргөтөргө олус табыгастааҕа. Онуоха эбии кулун тутар иккис аҥаарыгар халлаан улаханнык тымныйбыта. Ону туһанан, бандьыыттар тоҥ балбаахтарынан кириэппэс оҥостоллор. Хас да сиргэ ытыалаһар чуолҕаннардаах ампаар эркиннэри охсуталыыллар. Ити курдук биэс-алта хонук устата Лэгиэнтэй атыыһыт уһаайбатын бөҕөргөтөн баран:

– Чэ, кыһыллар билигин кэлэ оонньоотуннар! – диир Коробейников, оҥостубуттара үчүгэйин астына көрө-көрө.

* * *

Строд эскадрона Хаптаҕайтан төнүннэҕин нөҥүө күнүгэр Иркутскайтан Бэһис армия штабыттан шифрованнай телеграмма кэлэр. Ол телеграмманан Саха сиригэр сэбилэниилээх күүс кылаабынай командующайынан кырдьаҕас большевигы, Сибиир партизанскай хамсааһынын биир биллиилээх салайааччытын Карл Карлович Байкаловы, Хотугу Иккис этэрээт командирынан Иван Яковлевич Строду анаталыыр туһунан бирикээс ис хоһооно биллэриллибит. Итинэн сибээстээн Дьокуускайга Байыаннай совет мунньаҕа буолар. Онно ити бирикээһи командирдарга билиһиннэрэллэр. Байыаннай совет: «Хаптаҕайга бэриммит үрүҥнэр саллааттарын босхолотолуурга, ким кинилэртэн кыһыл этэрээт кэккэтигэр киирэн, бандьыыттары утары охсуһуон баҕалааҕы ыларга», – диэн быһаарыы таһаарар.

Хаптаҕайга бэриммит үрүҥ саллааттарыттан сүүрбэччэ киһи Кыһыл Армия кэккэтигэр үөрүүнэн киирэллэр, уонтан тахсалара сэрии бүтүөр диэри куоракка хааларга быһаарыналлар. Арай биэс-алта эрэ киһи сибилигин дьиэ-дьиэлэригэр тарҕаһар баҕалаахтара.

Васька Барсуков сатыы Төхтүр дьаамыгар тиийэр. Манна киирэн чэйдии олордоҕуна, ханнык эрэ саха киһитэ Покровскайтан иһэн киирэр.

– Бокуруоскайга туох сонун баарый, доҕоор? – киирбит киһиттэн Николай Барашков ыйытар.

– Ээ, сонун эрэ ыһар буор курдук. Дьэ, хата, Ньукулай аттаргын үчүгэйдик бэлэмнээн олорууһугун. Соҕурууттан улахан обуос иһэр. Били манан үнүрүүн ааспыт кыһыллар сааларын сэбэ, таҥнар таҥастара, аһыыр астара – барыта онно иһэр үһү.

– Төһө элбэх көлөнөн иһэллэр үһүнүй? – Барашков, хамсатын оборо-оборо ыйытар.

– Бэрт үгүс курдук этэллэр. Көлөлөрө ыран хаалбыт, онон суолларын устатын тухары дьаамнар көлөлөрүн, ыаллар аттарын тутуталаан ылан көлүнэллэр дэһэллэр. Ол таһаҕастарын үрдүнэн, аны сүр улахан буускалары илдьэ иһэллэр үһү. Биирдии буусканы алталыы ат тардар баҕайылара үһү!

Итини барытын Васька Барсуков чэйдии олорон иһиллиир, өйүгэр хатыыр. Кини мантан били үнүр кэлэн хоно сылдьыбыт ыалыгар тиийэр.

– Кыһыллар көрсөннөр аппын тутан ыллылар. Миигин Уулаах Ааҥҥа тиэрдэн биэрбэккит ээ!

– Нокоо, бу киһини Уулаах Ааҥҥа тиэрдэн биэр! – диир дьиэлээх оҕонньор уолугар.

Ити курдук Васька Барсуков, Уулаах Ааҥҥа хонон баран, нөҥүө сарсыардатыгар аргыстар сыарҕаларыгар олорсон Покровскайга киирэр.

Дулҕа дьиэтигэр баар этэ. Васька Барсуков киирбитин көрөн:

– Ээ, бу киһи кэлбит дуу?.. Эмээхсин, чэйдэ өр эрэ! Кэл эрэ, манна киир, кэпсэтиэх! – Дулҕа ыалдьытын түгэх хоско ыҥыран киллэрэр.

– Хантан кэллиҥ? Хаптаҕайга кыһыллар биһиэннэрин кыайан киирбиттэр дэһэллэрэ кырдьык дуо?

– Кырдьык. Миигин онно тутан, куораттарыгар киллэрэ сырыттылар ээ. Хата, ол гынан баран босхолоотулар. Дойдубар барабын диэбиппин тугу да моһуоктаспатылар.

– Кэм буолан иһиэхпит, ситэри кыайарбыт-хоторбут оннугар хотторон истэхпит ол.

– Букатын көһүппэккэ олордохпутуна, биирдэ холорук курдук кэллилэр ээ.

– Дьэ, билигин ханна барар санаалааххыный?

– Аара, манна кэлэн иһэн, соҕурууттан улахан обуос иһэр диэн сураҕы иһиттим ээ, ити кырдьык дуо?

– Иһэр дэһэллэр. Дьэ, ол обуоһу биһиэннэрэ ылаллара буоллар, улахан кыайыы диэн ол буолуо этэ, – Дулҕа, «итини эн туох диигиний?» диэбиттии, Васька диэки көрүтэлиир.

– Ханнык эрэ улахан буускалары илдьэ иһэллэр дэһэллэр ээ, кырдьык буолуо дуо ол?

– Кырдьык үһү. Биирдии буускаларын хастыы да ат тардар дэһэллэр. Оо, дьэ, үрүҥнэр оннук сэптэри ыланнар куораты тоҕута тэптэртииллэрэ буоллар, ама, кыһыллар да буоллаллар, уйаларыгар уу киириэ эбитэ буолуо ээ!

– Ону үрүҥнэргэ киһи хайдах биллэриэн сөбүй? – Васька Дулҕаттан сүбэ көрдүүрдүү ыйытар.

– Төнүн! Үрүҥнэр билигин Киллэмҥэ мустан олороллор диэн сурах баар. Мин эйигин тумнар суолунан Киллэмҥэ түһэртэрэн биэриэм. Аны биэс-алта хонугунан бу диэки дьоннорун ыыттахтарына сөп буолара буолуо. Улахан наадалаах обуос иһэр буолуохтаах, ону мүччү тутуохха сатаммат!

Васька Барсуков Дулҕа били уруккуттан сибээс оҥостор киһитиниин Төрдүс Малдьаҕарынан, Тэмийэнэн, Маҥанынан эргийэн Киллэмҥэ киирэллэр.

Коробейников, соҕурууттан кыһылларга сэрии сэбэ иһэрин истэн, улаханнык ыксыыр:

– Дьэ оннук сэп-сэбиргэл кыһыллар илиилэригэр киирдэҕинэ – бүтэбит. Хайдах да туох эрэ дьаһалы ыла оҕустахха табыллар!

Коробейников штабын хомуйар. Тойоттор хатанан олорон сүбэлэһэллэр. Сүбэлэһии түмүгэр Коробейников штабын начальнига Филиппов алта уонча киһинэн Покровскай үөһээ өттүнэн, Бэстээх дьаамын аттынан тоһуур оҥоруохтаах диэн быһаарыы тахсар.

Сүбэ мунньах кэнниттэн Коробейников Васька Барсукову ыҥыртаран ылар.

– Быраат Барсуков, биһиги дьыалабытыгар үтүөҕүн хаһан даҕаны умнуллуо суоҕа, аны биир сорудаҕы толордоххуна табыллар буолла.

– Истэбин, тойон Коробейников!

– Покровскайтан манна кэлбит суолгунан тойон Филиппов этэрээтин сирдээн илдьииһигин.

– Сирдээн бөҕө буоллаҕа дии, үөрүүнү кытта!

Кулун тутар 24 күнүгэр сарсыарда эрдэ туран Филиппов этэрээтэ Киллэмтэн аттанар. Кинилэр куораты ырааҕынан эргийэн, Маҥанынан, Тэмийэнэн, Чабыда күөлүнэн, инньэ Маалтааны сиринэн бараллар.

Коробейников тойон бэйэтэ илин тахсар. Кини Чурапчыга тэриллибит Саха уобалаһын бириэмэннэй правительствотын иннигэр саҥа доброволецтарда хомуйа охсуҥ диэн модьуур туруорар соруктааҕа. Кыһылларга соҕурууттан иһэр обуоһу былдьаан, сэп-сэбиргэл өттүнэн кыаҕыран баран, Дьокуускайга кимэн киирэр былааннааҕа. Онно, кини санаатыгар, бэрт үгүс киһи наада этэ.

«Миэхэ саллааттары булан биэриэхтэрэ суоҕа – дьоммун хомуйуом да Саха сириттэн барыам. Илиҥҥи Меркулов правительствота, хата, үөрүүнү кытта ылыаҕа!» – бастакы туруорсуута табыллыбатаҕына, Коробейников тиһэҕэр итинник тэринэргэ быһаарыммыта.

VII

– Семен Владимиров, командирга! – эскадрон дневальнайа хаһыытыыр.

Сэмэнчик командир хоһун ааныгар кэлэн тоҥсуйар.

– Киир! – диир саҥа иһиллэр.

Иван Яковлевич лоскуй кумааҕыга тугу эрэ суруйа олороро.

– Табаарыс командир, эн бирикээскинэн…

– Табаарыс Владимиров, сибилигин Губревкомтан телефоннаатылар, бара сылдьыаҥ үһү.

– Табаарыс командир, барарбын көҥүллээ!

– Бар-бар.

Сэмэнчик таһырдьа тахсыбыта – тыбыс-тымныы курас тыал хотуттан куһуурар, дьиэ хоруобуйатын хаарын таҥнары ытыйан түһэрэр, суппуун синиэли супту охсор. «Буркун буолаары гыммыт ээ», – дии саныы-саныы, Сэмэнчик оол курдук турар Губревком дьиэтигэр тиийэн киирэр.

– Миигин ким ыҥыртарбытай? – Сэмэнчик секретартан ыйытар.

– Суох, билбэтим. Ким диэҥҥиний?

– Семен Владимиров…

– Ханнык чааска сылдьаҕыный? ЧОН-тан дуо?

– Суох, Хотугу Иккис этэрээттэн кэллим.

– А-а, оччоҕо билигин билиэхпит, – дии-дии, секретарь телефон тутааҕын эрийэн куугунатар. – Алло!.. А, барышня, миигин Платон Алексееевич Слепцов аппаратын кытта холбоо эрэ!.. Баһыыба… Алло!.. Бу Платон Алексеевич дуо?.. Үтүө күнүнэн… Да-да, эн этэргинии – эҕэрдэ!.. Платон Алексеевич, эн Семен Владимировы… Да-да, Хотугу Иккис этэрээттэн кэллэ… Бу мин аттыбар турар… Сөп! – телефон туруупкатын уурар.

– Баһаалыста, Платон Алексеевич Слепцовка, Губчека председателигэр, киириэҥ үһү. Кини хоһо бу көрүдүөрүнэн баран истэххинэ – хаҥас бүтүгэс аан. Өйдөөтүҥ?

– Өйдөөн… Баһыыба!

Сэмэнчик көрүдүөр уһугунааҕы хаҥас ааны тиийэн тоҥсуйар.

– Киир-киир! – диэн саҥа иһиллэр.

Платон Алексеевич Слепцов кумааҕылары бэрийэ турара.

– Сэмэнчик, кэл эрэ бэттэх. Дьэ, маладьыастар, Хаптаҕайга үнүрүүн хоодуот сырыыны сылдьан киирдигит дии! – дии-дии, кумааҕыларын ылан тимир дьааһыкка угуталыыр. Онтон, кэтит саппыйаан курунан курдаммыт байыаннай гимнастеркатын көннөрүнэ тардына-тардына, кэлэн Сэмэнчиги остуол иннинээҕи устуулга илдьэн олордор.

– Доҕоор, эн Киллэми билэҕин дуо?

– Билэбин.

– Сө-өп. Оттон онно олорор Лэгиэнтэй атыыһыт дьиэтин билэҕин дуу?

– Билэбин…

– Сө-өп.

Губчека председателэ тоҕо атыыһыт дьиэтин билэргэ наадыйарын Сэмэнчик өйдөөбөккө олорор.

– Сэмэнчик, биһиги билэрбитинэн, Киллэмҥэ Лэгиэнтэй атыыһыт дьиэтин бандьыыттар штаб оҥостон олороллор. Онно хас да сүүс саллааты хомуйбуттар үһү. Таайыы быһыытынан удумаҕалаатахха, кинилэр онтон бу куоракка кимэн киирээри тэринэр былааннаахтар. Ол гынан баран, киириэхтэрин иннинэ биһиги кинилэргэ тахсан саба түстэхпитинэ табыллар буолла. Ити туһунан Байыаннай совет быһаарда.

– Бэрт сөп буоллаҕа дии… Онно мин оҥорор туһам диэн туох буолуохтааҕый?

– Эн билигин Хотугу Иккис этэрээккэ сылдьар буолбаккын дуо?

– Онно сылдьабын.

– Бу түүн эһиги чааскыт Хатыҥ үрэҕинэн, Үрүҥ күөлү кэтэҕинэн, Намсыыр аартыгын аннынан, халлаан сырдыыта Киллэми арҕаа өттүнэн эргийэн… онно баар биэс бэстээх булгунньаҕы билэр инигин?

– Билэбин. Намҥа тахсар аартык аттыгар турар.

– Вот-вот, ол булгунньаҕынан сирэйдэнэн киирэн Лэгиэнтэй атыыһыт дьиэтигэр бөҕөргөтүнэн олорор бандьыыттары ойоҕосторуттан түһүөхтээх.

– Булгунньах аннынан туора, салаа курдук хотоол барар, ол хотоолунан киирэрбит ордук табыгастааҕа дуу?! Онон киирдэххэ, Лэгиэнтэй атыыһыт дьиэтин аттыгар олох ыга тиийиэххэ сөп.

– Чэ, үчүгэй, хата билэр эбиккин. Кимиэхэ даҕаны биһиги кэпсэтиибитин этимэ.

– Өйдүүбүн.

«Бу түүн…» дии саныы-саныы, Сэмэнчик Губревком дьиэтиттэн тахсар. Таһырдьа борук-сорук буолбут. Тыал өссө эбиллибит. Хаар түһэ турара да, дьиэлэр хоруобуйаларын хаарын тыал таҥнары ытыйан түһэрэрэ да биллибэт, Сэмэнчик сирэйигэр тыаллаах хаар биир кэм сабыта охсор.

«Бу түүн ити аата Киллэмҥэ сэриилэһэ тахсабыт… Лэгиэнтэй атыыһыттаах…» – диэн санаа Сэмэнчик өйүттэн арахсыбат. Кини өйүгэр ааспыт сыллар тиллэн, сибилигин буолан эрэрдии көстүтэлээн ааһаллар. Лэгиэнтэй атыыһыттааҕы кини бастаан ийэтиттэн истибитэ. Дьаакыбылап кулубаттан күрээн кини дьоно Киллэмҥэ Лэгиэнтэй атыыһыттаахха киирэн олорбуттара үһү. Дьоно онно олордохторуна төрөөбүтэ үһү Сэмэнчик. Лэгиэнтэй атыыһыт Сэмэнчиккэ сүрэхтээбит аҕата буолбут. Бу ыалга дьоно кини хаамар буолуор диэри олорбуттар. Ол атыыһыттаах кинини олус таптыыллара эбитэ үһү… «Билигин миигин хайдах көрсөллөр?» – дии саныы-саныы, кини били типографияттан күрүүрүгэр Лэгиэнтэй атыыһыттаахха тахсыбыта. Кырдьыга, куһаҕаннык көрсүбэтэхтэрэ. Кинилэргэ өссө олорбохтуох киһини Сылластыгас баҕайы түбэһэ кэлэн, куттаан дьаадьыппыта… Лэгиэнтэй атыыһыт онно тоҕо этэн биэрбэтэҕэ буолла? Аһыммыта буолуо дуо? Ол түгэҥҥэ аһыммыт быһыыта эмиэ көстүбэккэ дылы этэ. Дьоммун ытыктаан эппэтэҕэ дуу? Син биир кинилэргэ уһуннук олорор кыаҕым суоҕа. Хата, эрдэтинэ барбытым да ордук эбит», – дии саныыр Сэмэнчик. – «Бэйи, оттон, Лэгиэнтэй атыыһыт бэйэтэ эмиэ бандьыыттарга кыттыспыта буолуо дуо?.. Ол эрээри тыыннаахтара да биллибэт ээ, олус кырдьаҕастара да бэрт этэ. Баар да буоллахтарына, оҕонньор бандьыыттарга холбоһор кыаҕа да суох буолла ини…»

Ким эрэ утары иһэрэ. Чугаһаабытын кэннэ Сэмэнчик өйдөөн көрбүтэ – командира эбит.

– Губревкомҥа сырыттыҥ дуо? – Строд ыйытар.

– Сылдьан, табаарыс командир!

Строд сыыдам соҕустук ааһа турар.

Сэмэнчик санаата эмиэ бу түүн тахсар Киллэмиттэн арахпат: «Аны Лэгиэнтэй атыыһыттаах ол дьиэлэригэр бандьыыттары кытта олорор буоланнар быстарыахтара…»

Киэһээ аһылыктарын аһыыллар. Сорохтор утуйаары таҥастарын оҥостон бараллар, оттон сорохтор табахтыыр хоско мустан туран тугу эрэ кэпсэтэллэр, күлсэллэр. Сэмэнчик саҥата-иҥэтэ суох, урукку олоҕун эргитэ санаан, хайдах эрэ мунчаарбыт курдук олорор.

– Аттаргытын ыҥыырдааҥ, походка бэлэмнэниҥ! – диэн команда иһиллэр.

Хотугу Иккис кыһыл этэрээт дьоно, икки сүүстэн тахса киһи, тугу да күүппэккэ олорон, эмискэ походка барар сүпсүгэр түһэллэр.

Ол сылдьан Сэмэнчик иһиттэҕинэ, кинилэр чугастарыгар урукку «Казачий полк» дьиэтигэр олорор ЧОН чааһа эмиэ ханна эрэ барар быһыылааҕа: командалар иһиллэллэр, аттар тыбыыраллар, кэлии-барыы үксээбит курдук.

«Монополька» ыскылааттарын ааһаат, Хотугу Иккис этэрээт Хатыҥ үрэх суолунан туоруур.

Куораттан икки биэрэстэ курдук тэйэн баран, Строд дьонун тохтотор, Сэмэнчиги ыҥыртаран ылар.

– Табаарыс Владимиров, биһиги этэрээппитин Киллэмҥэ сирдииргин билэр инигин.

– Эппиттэрэ.

– Биһиги сарсыарда халлаан сырдыыта Киллэмҥэ тиийиэхтээхпит. Киллэмҥэ илин өттүттэн, куораттан тахсар суолунан ЧОН этэрээтэ – үс рота киирэр. Оттон биһиги Киллэми арҕаа өттүттэн киириэхтээхпит. Ону эппиттэрэ дуо?

– Биһиги ханан киириэхтээхпитин эппиттэрэ. ЧОН этэрээтэ киирэрин туһунан ити эрэ иһиттим.

Сэмэнчик Киллэмҥэ хаста да сылдьыбыта гынан баран, куруутун Марханан тахсан, былыргы Аккыырай аартыгынан, оҥоһуулаах суолунан сылдьара. Оттон манан, Хатыҥ үрэҕинэн Марханы кэтэҕинэн эргийэн, хаһан да сылдьыбат этэ. Онон урут суолунан иһэн көрөр мыраанынан сирдэтэр санаалааҕа. Этэрээт Хатыҥ үрэх кэтэҕинээҕи мырааҥҥа тиийэр. Мыраан аннынан ааһар ханнык эрэ омоон суолу батыһан, бэрт үгүс элгээттэри, хомустаах күөллэри ойоҕолоон, аттарын сынньата-сынньата, баран иһэллэр. Хас тохтоотохторун аайы красноармеецтар:

– Сотору тиийэбит дуо? – диэн ыйыталлар.

– Халлаан сырдыыта тиийиэхпит! – диир Строд.

Сарсыарданан халлаан халлар, тымныйар. Инники иһэр аттар, хомурахха атахтарын тыһын быһыта астараннар, доҕолоҥнууллар. Улаханнык бытаараллар.

– Хаһан тиийэбитий? – дэһэр саҥалар үксүүллэр.

– Чугаһаан эрэбит, аргыыйыҥ, сотору тиийиэхпит, – Сэмэнчик сибигинэйэ аҥаардаан этэр.

– Аргыыйыҥ, чугаһаабыт үһүбүт, – дэһэн, байыастар бэйэ-бэйэлэрин буойсаллар.

Сэмэнчик: «Чугас. Сотору тиийиэхпит», – диэбитэ өр буолла да, тоҕо эрэ дэриэбинэ да, ыал да чугаһаабыт сибикитэ биллибэт. Ол да буоллар, «тиийэр сирбит хайаан да чугаһаабыт буолуохтаах» диэн, красноармеецтар саҥарсыбаттар, иһиллии, көрө-истэ сатыыллар. Сарсыарданан туман түһэр. Иннилэригэр дэриэбинэ дьиэтин курдук арыы талахтар көстөллөр.

– Аттарбыт быстан хаалыахтара, дьоннорбут да сынньана түһэллэрэ наада, манна тохтоон ааһыахха, – диир Строд.

Арыы талах иһигэр киирэн тохтууллар. Аттарыгар төргүүлэнэ сылдьар отторуттан хабыалаталлар. Красноармеецтар табахтыыллар.

– Табаарыстар, бары манна кэлиҥ! – Строд дьонун биир сиргэ мунньар.

– Биһиги Киллэм дэриэбинэтигэр бөҕөргөтүнэн олорор бандьыыттарга кимэн киирэр сорудахтаахпыт. Кимэн киириини бу сарсыарда халлаан сырдыыта ЧОН чаастара саҕалыахтаахтар. Биһиги кинилэргэ көмөлөһөн, бандьыыттар бөҕөргөтүнэн олорор дьиэлэрин – Лэгиэнтэй атыыһыт уһаайбата диэн ааттанар дьиэни ылыахтаахпыт. Онно төһө соһумардык тиийэбит, киирэбит да, соччонон биһиги кыайыылаах буолуохпут. Ону бары өйдүөхтээхпит! Аны икки чааһы кыайбатынан халлаан сырдыаҕа. Онно биһиги Киллэм дэриэбинэтин чугаһыгар тиийиэхтээхпит.

Эмиэ аттарын миинэллэр. Саҥата-иҥэтэ суох иннилэрин диэки баран иһэллэр.

Халлаан саҥа сырдыыта Строд этэрээтин мыраан анныгар арыы бэс баарыгар киллэрэр.

– Аккытыттан түһүҥ. Аһааҥ. Аны чаас аҥаарынан мантан сатыы барабыт.

Красноармеецтар аһыыллар. Сатыы барар буолан, саабылаларын устан, аттарын ыҥыырыгар төргүүлүү баайаллар. Манна ат көрөөччүлэр хаалаллар.

Этэрээт дьоно арыы бэстэн хотоолго түһэллэр. Бу хотоол устун бардахтарына, кинилэри Киллэмтэн ким да көрүө суохтаах. Хантан көрүөхтэрэй: бу кинилэр баран иһэр хотооллоруттан дэриэбинэ дьиэлэрин хоруобуйалара даҕаны көстүбэт.

Сорох сиргэ уйдара-уйдара, хомурахха батарыта түһэллэр. Уонча мүнүүтэ курдук бараат, итииргииллэр.

Халлаан лаппа сырдыыта, Киллэм дэриэбинэтэ биэрэстэ курдук хаалбытын кэннэ, эмискэ дэриэбинэ диэки саалар тыастара иһиллэр. Ити аата куораттан тахсар суолунан кимэн киирэн эрэр ЧОН сэрииһиттэрин бандьыыттар көрөн ытыалыыллар.

Хотугу Иккис этэрээт дьоно, итини истээт, өссө тиэтэйэллэр, иннилэрин диэки бокуойа суох дьулуһаллар. Дэриэбинэ арҕаа уһуга чугаһыыр. Сорох байыастар онно бараары гыммыттарын Иван Яковлевич тохтотор:

– Дэриэбинэҕэ кииримэҥ! Дэриэбинэни тыа өттүнэн эргийэ барыахтаахпыт.

Киллэм дэриэбинэтин арҕаалата-хоту өттүнэн сатыы киирэн иһэн иннилэригэр үрдүк булгунньах турарын көрөллөр. Булгунньах үрдүгэр хас да бэс уонна хатыҥ мастардаах.

– Биһиги ити булгунньаҕы кэннинэн, хотоолунан, дэриэбинэ хоту уһугар турар Лэгиэнтэй атыыһыт уһаайбатыгар тиийиэхтээхпит, – диир Сэмэнчик, көлөһүнүн сотто-сотто. Байыастар бары даҕаны улаханнык тириппит этилэр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации