Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 52

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 52 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
IX

Биир киэһэ, саҥа дьыл чугаһаан турдаҕына, Киллэмҥэ Лэгиэнтэй атыыһыттаах олбуордарын иһигэр сыарҕалаах ат киирэн тохтуур.

«Хайалара кэллэҕэй?» – диэн таайа сатыы олордохторуна, Сүөдэркэ Дьаакыбылап тоҥон-хатан киирэр. Бу киһи Лэгиэнтэй атыыһыттаахха сылдьыбат, көстүбэт буолбута ыраатта.

– Сүөдэркэ Дьаакыбылап, мин ааммын тоҕо эрэ тумнар буолан хааллыҥ ээ, бу хантан туох аҕалан бырахта? – диэн тылынан Лэгиэнтэй атыыһыт ыалдьытын көрсөр.

– Дьыалам, сырыым элбэх буоллаҕа эбээт.

– Ол туох ааттаах дьыалатыгар түбүгүрэн сылдьар буолаҕыный? Билигин былаас биһигинньиктэри соччо бэйдиэмнэтиэх быһыыта суохха дылы дии.

– Бэйдиэмниир да күннэр кэлэллэрэ чугаһаан турар, – дии-дии, Сүөдэркэ ымаҥныыр.

– Ким билэр, били «өлбүт тиллибэт, барбыт төннүбэт» диэн өс хоһооно баарыгар дылы, аны кэлэн хаһан урукку олох эргиллиэн…

– Баҕар, өлбүт даҕаны тиллэрин көрүөхпүт.

Сүөдэркэ чэйдии олорон Лэгиэнтэй атыыһыкка бэрт кистэлэҥинэн: «Илин, халыҥ аармыйа хомуллан, улахан кыайыыны ситиһэн, урукку, ыраахтааҕы кэминээҕи олоҕу чөлүгэр түһэрэн эрэр… Бассабыыктар баһылыыр былаастара эстэрэ ахсааннаах хонук хаалла», – диэн сэһэргиир.

– Истиэххэ син үчүгэй эбит. Ол эрээри, сэрии буолан баран хаана суох буолбат, охсуһуу буолан баран өлөрсүүтэ суох буолбат, онон эмиэ дьон хаана тохторо буолуо…

– Хаана суох сэрии диэн суох. Сэриигэ төһө элбэх хаан тохтор да, кини соччонон кыайыылаах ааттанар. Ол илин тэриллибит үрүҥ аармыйа, истэн үөр, мантан тахсыбыт кыһыл этэрээти олорчу кырган кэбистэ.

Кэнэн муҥнаах, Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэркэ тугу үлүннэрэн-балыннаран кэпсиирин барытын чыыстай манньыакка ылар.

– Ол туох эрэ күүстээх сэптээхтэрэ буолуо буоллаҕа дии?

– Ээ, оннук сэп ол дьоҥҥо төһө баҕарар баар. Кинилэр Дьоппуону уонна Эмиэрикэни кытта сибээстээхтэр. Ол омуктарга туох баҕарар барыта баар үһү.

– Бэйи эрэ, эн ол дьон туохтаахтарын, хантан тугу булалларын барытын билэ сылдьар эбиккин… Ол илин турбут үрүҥнэр баар сирдэрэ мантан ыраах буолбат этэ дуо?

– Билигин ырааҕа суох. Өрүс уҥуоргу улуустар үгүстэрэ ол дьон илиилэригэр киирэн турар. Аны икки-үс хонугунан Чурапчыга мунньустан Саха сирин саҥа бырабыыталыстыбатын тэрийиэхтээхпит. Мин бу онно тиэтэйэн иһэбин.

– Бу хантан иһэр быһыыгыный?

– Ыраахтан, инньэ Маачаттан, Сараапап атыыһыкка сылдьан, оннооҕу кыахтаах соҕус дьоннору кытта кэпсэтэн, онно туох тэриллиэхтээҕин барытын тэрийэн баран, бу төннөн иһэр быһыым.

– Бу сылдьан тугу тэрийэр буолаҕыный ол?

– Мин ол сэриигэ көмөлтө түүлээҕи, кыһыл көмүһү дьонтон хомуйабын. Онон үрүҥнэр омук сириттэн сэрии сэбин булуналлар. Хата, Лэгиэнтэй, хайа, тугунан көмөлөһөр кыахтааххыный?.. Дьиҥэр, барыбыт иннибитигэр, туһабытыгар бэриллэр суол буоллаҕа дии.

Лэгиэнтэй атыыһыт тугу да саҥарбат, хайдах эрэ саараабыт курдук олорор. Иһэн испит ыстакааннаах чэйин бэйэтиттэн тэйиччи анньар, сотору-сотору үүн тиэрбэһин курдук кылдьыылаах хараҕынан Сылластыгас Сүөдэркэни көрбөхтүүр.

– Бэйи эрэ, кыһыллар билээйэллэр. Куттала бэрт буолбат дуо?

– Биллэллэр эрэ, – Сүөдэркэ ытыһын кырыытынан хабарҕатын туора соттон кэбиһэр, – баһыҥ бардаҕа ол дии. Мин эрэммэт киһибэр итини кэпсээччим суох. Чэ, хата, тугунан көмөлөһөҕүнүй? Түүлээх, кыһыл көмүс, кинилэр манна кэллэхтэринэ, таҥнар таҥас даҕаны наадалаах буолара буолуо.

Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэркэни атыҥыраабыт курдук хатыылааҕынан көрүтэлиир, көхсүн этитэр, күөмэйин оҥостор.

– Дьэ тугунан көмөлөһүөхпүн өйүм хоппот. Мин диэн оҕото-уруута суох эмэх мас буолбут, инним-кэнним муҥурдаммыт киһибин. Миэхэ хайа даҕаны былаас буоллун, кэннибэр хааларым суох, онон тугум иннэ диэн эмиэ кытыннамый.

– Ол аата дууһаҕын бассабыыктарга атыылаатаҕыҥ дии. Кырдьык даҕаны, били Сылгыһыт уола кэлэн эйиэхэ саһан олорбута диэн кэпсэл баар дии.

Лэгиэнтэй атыыһыт, Сүөдэркэни муустаах ураҕаһынан үүрэн таһаараары гынан баран, туттунар.

– Мин инним-кэнним бүппүт киһибин диибин эбээт, тоҕо онон-манан олуйаҕыный?

– Биһиги бассабыыктар буолбатахпыт, күүспүтүнэн тугу даҕаны ылбаппыт. Көмөлөспөт буоллаххына – буоллаҕа ол. Чэ, ити хааллын. Кырдьык, Сылгыһыт уола манна хорҕойо сылдьыбыта дуо?

– Дьон кэпсиир буоллаҕына, кырдьык буолумуна. Бэйэҥ кинини эмиэ көрбүтүҥ дии.

– Хаһан? Ханна? – Сүөдэркэ, соһуйан, төбөтүнэн көрө түһэр.

– Манна. Били Халчаак милиисийэтин тойоно буола сылдьаҥҥын хонон ааспытыҥ буолбат дуо?

– Өйдүүбүн. Онно эдэр уолчаан эһиэхэ баара. Ол кини этэ дуо?

– Кини.

Сылластыгас ойон турар. Сиргэ силлиир.

– Көр, мин онно тоҕо кимин ыйыппатахпыный? Абаккалаах да буолар эбит!.. Сарсыарда суох этэ буолбат дуо?

– Суоҕа. Тоҕо олоруоҕай, эн саанан бөҕө этиҥ дии. Онон түүн күрээбит этэ. Онтон ыла манна көстүбэтэҕэ.

– О-о, акаары, тоҕо ыйыппатах бэйэм буолуой!.. Дьэ, бэйи, аныгы көрсүүм буоллун!..

* * *

Коробейников икки сүүс киһилээх Петропавловскайтан Алдан өрүһүн батан Чаппаҥдаҕа тиийэр. Мантан, үс салаанан арахсаннар, Амма өрүһүгэр – Чычымахха, Мырылаҕа уонна Мындаҕаайыга тахсаллар. Чычымахтан – Ытык Күөлү, Мырылаттан Чурапчыны ылаллар. Мындаҕаайыттан Амманы өрө баталлар. Бу салаанан баран иһээччилэр, Мээндиги икки Абаҕа икки ардыларыгар кыһыллар разведкаларын көрсөн, ытыалаһан, биир киһилэрин сүтэрэн, үс киһилэрэ бааһыран, Мээндигигэ төннөллөр. Ону истэн, тойонноро Коробейников Мээндигигэ тиийэн кэлэр.

– Бырааттар! – диир командующай. – Бу кэлэр саҥа 1922 сылы Абаҕа сэлиэнньэтигэр таҥара дьиэтин куолакалын дорҕоонунан көрсүөх тустаахпыт! Сарсын Абаҕа сэлиэнньэтигэр кимэн киирэбит. Кимэн киириини мин бэйэм салайыам!

Ити кэмҥэ Абаҕа сэлиэнньэтигэр били Каратаев этэрээтин тобоҕо Петропавловскайтан кэлэн тохтоон олороро.

Ахсынньы 29 күнүгэр күнүскү разведкаҕа Сэмэнчик барсыбыта. Бэҕэһээ Мээндигиттэн биэс биэрэстэлээх сиргэ разведка бандьыыттары көрсөн ытыаласпыт сиригэр тиийэллэр. Сэмэнчиктээх итинтэн бэрт сэрэҕинэн өссө икки биэрэстэ курдук сири суол устун бараллар. Бөлүүҥҥү кыраһа кэнниттэн оҕустаах сыарҕа суола алааска киирбит.

– Эһиги манна көһүтүҥ. Мин бу оҕустаах киһини көрсөн кэпсэтиим, – дьонугар ити курдук этэн баран, Сэмэнчик алааска киирэр. Суолтан чугас соҕус, кыракый оту алдьатан, биир киһи от тиэйэ турара.

– Дорообо, доҕор, – диир Сэмэнчик атыттан түспэккэ эрэ.

От тиэйэ турар киһи, соһуйан, тиэрэ кэлэн эрэ түспэт. Олус куттаммыт быһыылааҕа, атырдьахтаах отун ыһыктан кэбиһэр.

– Куттаныма, доҕор. Мин көрбүт киһибин барытын өлөрөн иһэр буолбатахпын, – Сэмэнчик мичээрдиир.

– Эн бэйэҥ, баҕар, өлөрбөтүҥ буолуо… – диэн иһэн, алҕас саҥаран былдьата сыстым диэххэ айылаах, ах баран хаалар.

– Бандьыыттар төһө элбэхтэрий?

– Ээ, кыһылгын эбит дуу. «Бандьыыттар» диэн ааттаппаттар ээ. Бэҕэһээ биир уол, алҕаһаан «бандьыыттар» диэн, суорума суолланаахтаата.

– Чэ, буоллун, суохтарына «бандьыыттар» да диэх, төһө элбэхтэрий, тугу кэпсэтэллэрий?

– Бэҕэһээ эһигини кытта ытыалаһан хотторон төннүбүттэр этэ. Бөлүүн улахан тойонноро эпписиэр Чурапчыттан кэлбит. Бүгүн Чурапчыттан өссө эбии дьон кэлэллэр үһү. Бүгүн дуу, сарсын дуу Абаҕаны киирэн ыларга бэлэмнэнэллэр дииллэр.

– Чэ, улахан баһыыба, – Сэмэнчик атын эргилиннэри тардан эрдэҕинэ:

– Бэйи, тохтоо эрэ, ити туох сордоох дьоно биһигини буулаатылар? Хаһан кинилэртэн биһигини быыһыыр дьоҥҥут дуу, суох дуу?

– Сотору!.. Бэрт сотору! – Сэмэнчик төттөрү ыстаннарар.

Абаҕаҕа баар кыһыл этэрээт, ревком чилиэннэрэ, коммунистар уонна комсомолецтар бандьыыттарга утарылаһарга бэлэмнэнэллэр. Манан бандьыыттар кэлиэхтэрин сөп диэбит суолларын төрдүн аайы постарын хойуннараллар.

Түүн. Оһох буруота ыыс туман буолан сэлиэнньэ дьиэлэрин саба үллүйэн кэбиһэр. Ыттар, көҕүспүт курдук, үрэн маргыһаллар. Киһи тыына хаппыт оту сахсыйан эрэрдии сыыгыныыр.

Кэлтэгэй ый халлаан соҕуруу эҥээрин диэки тиийиитэ, түннүктэр уоттара умуллан барар, оһохтор кыымнара кытыаста кыынньара эмиэ хаптайар.

Сэлиэнньэ таһыгар поска турар дьон иһиттэхтэринэ, ыраах бэрт үгүс сыарҕа тыаһа куугунуур курдук. «Бандьыыттар истэхтэрэ», – дии санаан, тыыналларын тохтотон, кулгаахтарын сэгэтэн иһиллээн көрөллөр. Суох, эмиэ туох да иһиллибэккэ дылы. Кулгаахтарын бэргэһэлэринэн тууна бааммыттара сыыгыныыр дуу, ханнык дуу?..

Сэмэнчик манабылга туран үргэл эргийиититтэн көрдөҕүнэ, түүн үөһэ буолара чугаһаабыт быһыылааҕа. Эмискэ Мээндиги диэкиттэн, хайдах эрэ сааскы көмүөл мууһа устарын курдук, биир кэм куугунас тыас иһиллэр. Сэмэнчик бииргэ сылдьар доҕоро, атаҕа тоҥон, төттөрү-таары хаама сылдьарыгар тиийэр.

– Истэҕин дуо? – оргууй аҕай ыйытар.

Анараа уол, иһиллии түһэн баран:

– Сыарҕа тыаһын курдук дии!.. – диир.

– Ама, бандьыыттар сыарҕалаах атынан иһэллэрэ буолуо дуо?..

Иһиллииллэр. Кырдьык, бэрт элбэх сыарҕа тыаһа иһиллэр курдук.

– Чэ, дьоннорбутугар баран биллэриэх!..

Уолаттар сэлиэнньэҕэ сырсан киирэллэр. Этэрээт дьоно, манабылга турааччылартан уратылара, бары утуйа сыталлара.

– Табаарыс командир, бандьыыттар иһэллэр!..

– Бандьыыттар да-а!.. – Каратаев олоро түһэр.

– Сыарҕалаах аттарынан иһэллэр быһыылаах.

– Туруҥ!.. Бандьыыттар!.. – дэһэ-дэһэ, Сэмэнчиктээх дьону туруортууллар.

Эмискэ аан аһылла түһэр. Абаҕа ревкомун председателэ коммунист Охонооһой Жирков тымныы туманын кытта көтөн түһээт:

– Икки биэрэстэлээх сиргэ бандьыыттар көһүннүлэр!.. – диир.

* * *

Кыһыл этэрээт утуйа сыттаҕына саба түһүөхпүт диэн, Коробейников дьонун сыарҕалаах атынан илдьэ иһэн, Абаҕаттан икки биэрэстэлээх сиргэ кэлэн тохтотор. Дьиҥнээх сэриилэһии диэн тугун өссө да билэ илик үрүҥ саллааттара, бу иннигэр туох да утарылаһыыта суох дэриэбинэлэри, сэлиэнньэлэри ылыталыылларынан, ревком чилиэннэрин тута-тута ытыалыылларынан охсон, ким да өрөлөһүө суоҕун курдук тутталлар, бэйэ-бэйэлэрин хаадьылаһаллар.

– Кыһыллар төһө элбэхтэрэ буолуой? – ким эрэ саҥата Коробейниковтан ыйытар.

– Биэс уонтан тахсалар үһү.

– Биэс уонча киһи диэхтээн!..

– Бырааттар, тохтооҥ! – биэрэстэ аҥаарын курдук сири сатыы барбыттарын кэннэ, Коробейников дьонун тохтотор.

Бары тохтууллар, биир сиргэ, Коробейниковы тула үмүөрүһэллэр.

– Абаҕа сэлиэнньэтэ мантан чугас. Кыһыллар утуйа сыттахтарына өмүтүннэрэн саба түһэрбит ордук буолуо. Онон мантан антах саҥата-айдаана суох аа-дьуо барыахпыт. Абаҕаны ыллахпытына биирдэ дьэ көрүлүөхпүт. Өйдөөтүгүт дуо?

– Өйдөөн-өйдөөн! – дэһэллэр чугас турааччылар. Кэнникилэр тугу да арааран истибэттэр.

– Сутакин, этэрээт аҥаарын илдьэ суол уҥа өттүнэн киир! Прокопьев, дьоҥҥун ылан суолу хаҥас өттүнэн – Абаҕаҕа хоту өттүттэн киирэрдии бар.

Өр соҕус булумахтаһан, бэйэ-бэйэлэрин дьоннорун дьэ буланнар, Сутакин суолу уҥа өттүнэн, Амма кытылын батыһа, оттон Прокопьев үрээнньик, отучча киһилээх, суолу хаҥас өттүнэн киирэрдии арахсаллар. Коробейников бэйэтэ, аҕыс уонча киһилээх, суол устун барар.

Сутакин уонна Прокопьев дьонноро: «Суол устун судургу киирэр Коробейников дьоно Абаҕаҕа урут киириэхтэрэ, биһиги хаалан элэккэ түбэһиэхпит», – диэн, төһө кыайалларынан түргэнник харбыалаһаллар.

Абаҕа ыалын дьиэлэрэ мас быыһынан көстөр сирдэригэр тиийэн эрдэхтэринэ, маҥнай суол устун иһэр Коробейников этэрээтин, сонно тута аны Сутакин дьонун, онтон Прокопьев саллааттарын кыһыллар ытыалаан соһуталлар. Инники иһээччилэртэн сорохтор табыллан охтуталыыллар. Кэнники иһээччилэр, кимнээх хантан ытыалыылларын өйдөөмүнэ, иннилэрин диэки дьулуһаллар, буулдьаҕа киирэн биэрэллэр. Онтон, туох да бокуойа суох, кэлбит сирдэрин диэки төттөрү ыстаналлар. Коробейников дьонун бэрт өр эккирэтэн ситэр.

– Бырааттар, тохтооҥ!.. Тохтооҥ!

Сыарҕалаах аттара хаалбыт сирдэригэр кэлэн бандьыыттар дьэ тохтууллар. Кэннилэриттэн аны Сутакин уонна Прокопьев дьоно аҕылаһан-мэҥилэһэн кэлэллэр.

– Бырааттар, сэриигэ бу курдук куотар сатаммат… – Коробейников өйдөтөрдүү этэн эрдэҕинэ, ким эрэ:

– Мин аттыбар иһэр киһини өлөрдүлэр дии!.. – диир.

– Бэйэлэрэ көстүбэттэр, буулдьалара эрэ ыйылаһан ааһаллар!..

– Кэбис, маннык киириэ суохпут!..

– Бырааттар, куттанымаҥ! Биһигини суол төрдүгэр эрэ тоһуйбуттар эбит. Билигин биир-биир тарҕаһан, ойуур маһынан сирэйдэнэн сэлиэнньэни тула өттүттэн биирдэ тоҕо анньан киириэхпит да, кус оҕотун курдук, саба баттыахпыт!

Саллааттар арыый уоскуйбукка дылы буолаллар. Билигин да үгүстэрэ Коробейников тугу этэрин итэҕэйэллэр. Эмиэ Абаҕа диэки өгдөрөҥнөһөллөр. Билигин инники түһэ сатааччылар аҕыйаабыттар. Хата, ол оннугар киһи кэннигэр буола сатааччылар үксээбиттэр. Абаҕа көстүөн быдан инниттэн ойуур устун биир-биир тарҕаһаллар. Көмнөхтөөх мастарынан сирэйдэнэн, бэрт сэрэҕинэн иннилэрин диэки үөмэн киирэн бараллар.

Бандьыыттар сыаптаан киирэн иһэллэрин билэннэр, кыһыллар эмиэ ытыалаан чаҕыталлар. Ханна эрэ күрдьүк хаарыгар саһыара туруорбут пулеметтара, тохтуу-тохтуу, быыстала суох буулдьанан тибиирэр. Коробейников ыксыыр. Үгүс киһи өллөҕүнэ, дьоно буусса иннилэрин-кэннилэрин билбэккэ үрүө-тараа барыахтара.

– Ойуурга! – диэн хаһыытыыр.

* * *

Саха сирин илин тыатыгар баанда турбутун, онно кыһыл этэрээт тоһуурга түбэһэн үгүс сүтүктэммитин истэн, Бодойбоҕо үлэлии сылдьар Алмазов-Гудзинскай этэрээт хомунар. Бу этэрээккэ кинини кытта Саха сиригэр Советскай былааһы олохтоһо 1918 сыллааҕы сайын бара сылдьыспыт дьоннор киирэллэр.

Алмазов-Гудзинскай этэрээтэ – балтараа сүүс киһи – кыһыҥҥы суол аһылларын кытта айаҥҥа турар. Этэрээт күнүстэри-түүннэри айаннаан Дьокуускайга ахсынньы ортотун диэки кэлэр. Бу куорат олохтоохторо илинтэн Коробейников корнет халыҥ этэрээтэ иһэр сураҕын истэн, соҕурууттан көмөлөһө кэлэн иһэр кыһыл этэрээт кэлиэн иннинэ бандьыыттар куоракка кэлиэхтэрэ диэн, улаханнык ыксаан олорор кэмнэрэ этэ.

Куорат олохтоохторо, уобаластааҕы партийнай тэрилтэ, губревком салайар үлэһиттэрэ Алмазов-Гудзинскай этэрээтин куорат киин площадыгар көрсөллөр.

Этэрээт норуот мустан турар площадыгар киирэрин кытта:

– А-а, табаарыс Гудзинскай! – диэбитинэн губчека председателэ Платон Алексеевич Слепцов этэрээт командирын кууһан ылар. – Ыарахан күммүтүгэр көмөлөһө кэлбиккит олус үчүгэй!

– Табаарыс Слепцов, көмөлөһөр – биһиги иэспит! – дии-дии, Алмазов-Гудзинскай тула тоҕуоруһан турар дьону эйэҕэс бэйэлээхтик көрүтэлиир. Эмискэ кини мустан турар дьон ортотугар Сүөдэр кэлэн турарын таба көрөн:

– Федор! – диэбитинэн сүүрэн кэлэн кууһан ылар. – Манна бааргын? Милицияҕа үлэлиигин?.. Бэрт сөп! Советскай былааһы эн биһикки курдуктар көмүскүөх тустаахпыт!..

Куорат олохтоохторо бу саха милиционера Бодойботтон кэлбит кыһыл этэрээт командирын кытта уруккуттан билсэрин хантан билиэхтэрэй.

Сорохтор дьиктиргии көрөллөр.

– Табаарыс Гудзинскай, бу биһиги сахабытын кытта хантан билсэҕиний? – диир Слепцов эмиэ дьиктиргээн.

– Билсиэхтээҕэр бииргэ үлэлээбиппит, биир хаайыыга олорбуппут, биир ыраахтааҕы суутунан сууттаммыппыт… Федор Владимировка мин элбэх төлүүр иэстээхпин. Дьэ ол иэспиттэн төһө кыалларынан көҕүрэтэ кэллим… Оннук буолбат дуо, Федор? – дии-дии, Алмазов-Гудзинскай Федоры кууспахтыыр.

Бу кэпсэтии миитиҥҥэ араатардыыр тылларынааҕар ордук дьон сүрэҕин таарыйбыта.


Алмазов-Гудзинскай этэрээтэ Дьокуускайга кэлэн өр буолбат, ахсынньы 23 күнүгэр Амма слободатыгар тахсар. Саҥа этэрээт тахсар буолан, Каратаев этэрээтин Дьокуускайга төттөрү ыҥыраллар.

Каратаев этэрээтэ куоракка киирдэҕин күн Иркутскайтан телеграмма кэлбит. Ол телеграммаҕа этиллибит: «Бэһис Армия реввоенсоветын бирикээһинэн, Иркутскайтан субу күннэргэ Сибиир биллиилээх партизанскай армиятын командира Нестор Александрович Каландаришвили командалааһынынан Иккис Хотугу этэрээт тэриллэн эһиэхэ көмөлөһө барар буолла». Ити кэнниттэн иккис телеграмма кэлэр. Онно: «Бэһис Армия реввоенсоветын бирикээһинэн Саха уобалаһыгар баар сэбилэниилээх күүс барыта главнокомандующайынан анаммыт Каландаришвили дьаһалыгар киирэр», – диэн суруллубут.

Бу кэмҥэ Гудзинскай этэрээтиттэн биллэрэллэр: «Амма слободатыгар бандьыыттар иккитэ киирэ сырыттылар», – диэн. Төҥүлүгэ кыһыл этэрээт, биир күн бандьыыттары кытта ытыалаһан көрөн баран, төгүрүйүөхтэрэ диэн сэрэнэн, Буор Ыларга киирэр.

Тохсунньу 10 күнүгэр Иркутскайтан Каландаришвили телеграммалыыр: «Иккис Хотугу этэрээт бүгүн Иркутскайтан турар».

Амма слободатыгар олорор этэрээти кытта сибээс быстар.

Онтон, разведка биллэрэринэн, Слободаҕа баар кыһыл этэрээти бандьыыттар төгүрүйбүттэр, Дьокуускайга ыыппыт киһилэрин Бүтэйдээх аттыгар тутан ылбыттар диэн сурах кэлэр.

Губревкомҥа сүбэ мунньах буолар. Ол мунньахха Амма слободатыгар хаайтарбыт кыһыл этэрээти хайдах быыһыыбыт диэн дьүүллэһэллэр.

– Этэрээт, тугу да кэрэйбэккэ, манна тоҕо көтөн киирдин.

– Итинник сорудаҕы тиэрдэр киһитэ ыытыахха, – диир Исидор Барахов.

Ол гынан баран илиҥҥи улуустар эргийэр үөстэригэр соҕотоҕун түөлбэлэнэн хаалбыт дэриэбинэҕэ уот курдааһыны туоратан сибээһи тиэрдии – дьэ бу баар боппуруоһа.

Платон Алексеевич Слепцов турар. Кини красноармейскай гимнастеркатын быакаччы курдаммыт. Кыра уҥуохтаах киһиэхэ олус улахан буолан көстөр наган бэстилиэти иилиммит. Сүүһүн кэлтэччи саба түспүт ыас хара баттаҕын өрө анньына-анньына, хос иһигэр олорор дьону кэриччи көрөн баран:

– Мин бу курдук саныыбын, – диир. – Киһи ыытар сөп. Ол гынан баран соҕотох киһини ыытар табыллыбата буолуо. Бу улахан эппиэттээх сорудах. Манна биир киһини өссө саппаас ыытыахха сөп этэ. Бастакы киһи сырыыта табыллыбатаҕына, ол саппаас киһи барыах тустаах…

– Сөп. Платон Алексеевич, икки да буоллуннар, онно кими ыытаары гынаҕыный?

– Маннык икки киһини ыытыахха диибин: Иирбит Ньукуус уонна Сүөдэр Быладьыымарап диэн дьоннору.

Дьон бары чөрбөһө түһэллэр.

– Эһиги, манна олорооччулар, ити дьону, баҕар, билбэккит буолуо, – диир Платон Алексеевич. – Ити Иирбит Ньукуус диэн ааттыыр киһим аата эрэ итинник, бэйэтэ иирбэтэх киһи, мин кинини билэр киһим. Ырыаһыт, олоҥхоһут. Бэйэтэ Илин Хаҥалас олохтооҕо. Кинини илиҥҥи улуустар олохтоохторо үгүстэрэ да билэллэрэ буолуохтаах. Бу киһини мин өссө саппаас киһинэн ыытаары гынабын. Аммаҕа бастаан барар киһи сырыыта туга-ханныга биллиэр диэри кини ол диэки чугас соҕус чуҥнаан сылдьыахтаах. Иирбит Ньукуус – бэйэтэ биллэр ырыаһыт, олоҥхоһут киһи – ыалтан ыалга сылдьан ыллыы, олоҥхолуу сылдьара одуу буолуо суох этэ. Оттон Аммаҕа бастаан тиийиэхтээх киһиэхэ мин Сүөдэр Быладьыымарабы хандьыдааттыыбын. Кини бэйэтэ милиция, баҕар, сороххут өйдүүрэ буолуо, манна били Гудзинскай этэрээтэ Бодойботтон аан маҥнай кэлэригэр баара дии…

– Гудзинскайы кытта куустуспут милиционер дуо?

– Ол-ол. Тоҕо мин кинини ыытыахха диибиний? Кини Гудзинскай доҕоро, бииргэ үлэлээбит, бииргэ эрэйи көрбүт, бииргэ хаайыыга олорбут доҕоро. Онон итинник киһини ыытар ордук табыгастаах буолуохха дылы уонна Быладьыымарабы бэйэтин киһи киэнэ хорсуна-хоодуота дииллэр.

– Платон Алексеевич ыпсаран эттэҕинэ, барыта сөп курдук, – дэһэр саҥалар иһиллэллэр.

– Чэ, Платон Алексеевич, ити этэр дьоҥҥун тэрийэн ыыталаа, итини эйиэхэ эбээһинэстиибит! – диэн Исидор Барахов сүбэ мунньаҕы түмүктүүр.

* * *

Тохсунньу аан-даам тымныыта түһэн турдаҕына, күнүс Баҕарах ыалыттан икки «умнаһыт» өрүһү туорууллар. Кинилэр уҥуор тахсан, Хаптаҕай ыалыгар сынньанан баран, икки аҥыы арахсаллар.

Элбэх саҥалааҕа ыалтан ыалга хоно сылдьан тойук туойар, олоҥхолуур. Кини ханна да тиэтэйбэт. Бу Иирбит Ньукуус.

Ньукуус ити курдук сыҕарыйан, өрүс эҥээрин ыалларын ааһан, төрөөбүт Мэҥэтигэр тиийэр. Ньукуус урут, революция да иннинэ: «Хаһан эрэ көҥүл олох күөрэйиэ, баттыгастаах ыраахтааҕы бахтайыа!» – диэн ырыатыгар ыпсарар, кэпсээнигэр киллэрэр идэлээҕэ. Дэлэҕэ да ыраахтааҕы сууттарыгар тиийэ тутуллан «иирээки» ааттаныа дуо.

Ол үгэһинэн бу билигин аны «үрүҥнэрбит дэнээччилэр өлөрүнэн эрэ өртөйөр, талыырга эрэ талааннаах, халыырга эрэ хамаҕа дьоннор» диэн ырыатын, сэһэнин быыһыгар кыбыталаан ааһар.

Ону истэн, сорох билэр дьонноро сэрэтэллэр:

– Ньукуус, итинник тыллаһаргыттан туттунуоххун, аны истэннэр иэдээн буолаарай.

– Мин куттаныым, эн куттан, үһүс киһи эмиэ куттаннын, оччоҕо ити абааһы көрөр бандьыыттарбыт аны ким да утары көрбөт абааһылара буолан хаалаайаллар! Дьэ оччоҕо эбии иэдээнэ бэрт буолаарай? – Ньукуус истибэт.

Иккис «умнаһыт» Сүөдэр этэ. Кини чэрэ суох хараҕын эргэ кирдээх өрбөҕүнэн саба бааммыт, чэрдээх хараҕынан атаҕын тумсун эрэ сирдэтэр курдук көрөр, умнаһыт оҕонньор таҥаһа таҥастаах. Тэллэхтээх суорҕанын сүгэ сылдьар. Ыалтан ыалга киирэн иттэр. Ким, аһынан, чэй кутан биэрдэҕинэ, онон итии киллэринэр.

– Бу хайа диэкиттэн сылдьар киһигиний? – диэн дьиэлээхтэр ыйыттахтарына:

– Өрүс уҥуоргуттан – Нам улууһуттан, – диирэ.

– Хайа, эһиги диэки ити үрүҥнэр диэннэр биллэллэр дуо? – диэтэхтэринэ, туох да быһаарыыта суох:

– Ким билэр, мин үрүҥү-хараны да араҥалаан билбэт-көрбөт балай сырыттаҕым ээ, – диэн кэбиһэрэ.

Ити сылдьан суолга, арыт ыалга даҕаны, «умнаһыт» Сүөдэр бандьыыттары көрсөр. Ол эрээри анарааҥҥылара, киһи сылдьаҕын диэн кэпсэтиэхтээҕэр, харахтарын да хатаабаттар.

Сүөдэр ити курдук суолу батан, арыт дьонтон ыйдаран, Амма кытылын булар. Манна Эбэ Төрдө диэн сиргэ кэлэн ыалга киирэр. Көмүлүөк оһох балаҕан иһин имик-самык сырдатар. Кырдьаҕас оҕонньор түөн дьөлүтэ сиэн кэбиспит көхсүн уотугар сырайан, аргынньахтаан олорор. Оҕонньор барыллаата саастаах, хаар маҥан баттахтаах эмээхсин иҥиир сындааһынынан тобугар сап хатар.

Сүөдэр таҥаһын сыгынньахтанан уот иннигэр кэлбитигэр, оҕонньор, олоппос ылан биэрэ-биэрэ:

– Бу, хайа диэкиттэн сылдьар киһигиний? – диир.

– Ыраахта-ан, улахан өрүс уҥуоргу эҥээриттэн.

– Ол диэки дьон-сэргэ хайдах-туох олороруй?

– Ээ, оттон билиҥҥи кэм быһыытынан.

– Эн куораты таарыйан кэллиҥ дуу, атын сиринэн сылдьаҕын дуу?

– Таарыйан даҕаны диэн, биир ыалга хонон ааспытым.

– Э-эх. Ол онно билигин хайа былаас буолан турар быһыылааҕый?

– Хайа былаас диигин дуу?.. – «Умнаһыт», тугу да булан этиэ суох курдук, мунаахсыйар. – Урукку былаас олоҕор олорор быһыылаах.

– Ити «урукку былаас» диэн ханнык былааһы ааттыыгыный?

– Оттон кыһыллар былаастарын…

– Ол даҕаны иһин, маннааҕы баҕайылар сыбыс-сымыйанан чабыланаллара биллэр ээ, – оҕонньор көхсүн этитэр, күөмэйин оҥостор. – Бэйи эрэ, «бырааттарбыт» дэнээччи дьон ол диэки биллэ иликтэр дуо?

– Билиҥҥитэ биллэ иликтэр быһыылаах.

– Биллибэтиннэр!.. Маннааҕы Солобуодаҕа баар кыһыл этэрээтин күннэтэ аайы ылбыт, кыайбыт ааттаахтар да, хата, ол дьоно билигин даҕаны дьиэк киллэрбэттэр быһыылаах.

Сүөдэр, итини истэн, олус үөрэ саныыр. Ити аата кини сорудах оҥостон тахсыбыт сорудаҕын аҥаарын ситиспитин кэриэтэ. Платон Слепцов кинини манна таһаарарыгар: «Маҥнайгы сорудаҕыҥ буолар: Слободаҕа олорор кыһыл этэрээт баарын-суоҕун билии», – диэн. Ол этэрээт баарын биллэ. Аны улахана – иккис суол сорудаҕын толороро хаалла.

Киэһэ, аһаан баран, суол ааныгар орон оҥостон, «умнаһыт» хоноһо сытар. Дьиэлээх оҕонньор, оһоҕун иннигэр олорон, табах тардар.

– Солобуода бааһынайдарыттан бурдук буларым дуу диэн санаан манна кэлбитим ээ. Билигин онно киһи сатаан сылдьара дуу?.. – «умналыы» сылдьарын итэҕэтэрдии, Сүөдэр бу диэки кэлбит соругун кэпсиир.

– Солобуодаҕа киирэр-тахсар бобуллан турар.

– Дьэ, кыһалҕа эбит. Ол аата, халтайга хаамаахтаабыт буоллаҕым… Хас суол аайы манабыллаах баҕайылар дуу, хайдах дуу?..

– И-и, сиэхситтэр, манабыллара даҕаны диэн, суоллар эрэ төрдүлэрин кэлэ-бара көрөллөр ини, куруутун харабыллаан туруохтарын – таҥастара даҕаны суох быһыылаах, бу тымныыга – ычча!

– Оттон мин Солобуодаҕа киирэн көрөрүм табыллыбата буолуо дуу?..

– Этэбин ээ куруук кэтээн турбаттар диэн. Баҕар, өлөр быатыгар, түбэһэ түһүөхтэрэ… Манан аллара киирэн өрүс устун барар омоон суол баар. Бириэмэтин түбэһиннэрэн онон бардаргын, баҕар, көрүөхтэрэ да суох этэ. Ол суолу, арааһа, билбэт да буолуохтарын сөп. Икки хонуктааҕыта мин онон киирэн тахсыбытым.

– Күнүһүн сэрэҕэ бэрт буолуо?..

– Күнүс көрүөхтэрэ. Халлаан хараҥатыгар киирэр ордук.

Оҕонньор сытар. Өр-өтөр буолбат, муннун тыаһа хаһыҥыраан барар. Эмээхсин утуйбута өссө ыраатта. Оһох умуллан барар. Биирдэ эмэтэ өһөн эрэр уот кыыма үөлэс устун өрө ойон тахсар.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации