Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 56

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 56 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
VI

Ийэтин көмпүттэрин кэннэ, Сэмэнчик улаханнык санаарҕаабытын, хараастыбытын көрөн, Нестор Александрович Сэмэнчиги онон-манан аралдьыта сатыыр. Киэһэ, Нохтуйскай дьаамыгар чэй оргуйуор диэри кини Сэмэнчиги кытта кэпсэтэр.

– Эн аҕаҥ ханнаный, доҕоор?

– Аҕам?.. Аҕабын 1912 сыллаахха Бодойбо куоратын чугаһынааҕы бириискэҕэ үлэлии сырыттаҕына хаайбыттара үһү. Кини хаайыллыбытын кэннэ дьону ытыалаабыттар. Онтон аҕабын доҕотторунуун Иркутскайга илдьэн сууттаабыттар үһү. Ол кэнниттэн ханна тиийбитэ, хайдах буолбута биллибэт. Ийэм аҕабытын, кэлиэ диэн, куруутун көһүтэр буолара… – Сэмэнчик, ийэтин санаан, эмиэ куһаахан буолар.

– Ийэ! – диир Нестор Александрович, кини хараҕа хайдах эрэ сырдыырга дылы буолар. – Күн сиригэр кимнээҕэр да аһыныгас санаалаах, амарах сүрэхтээх арай ийэ барахсан баар! – Кини ити түгэҥҥэ бэйэтин ийэтин санаан кэлэр, үөһэ тыынар. Кини ийэтэ Кавказ хайатын биир сэлиэнньэтигэр олоро сылдьыбыта. Аҕалара Нестор кыра эрдэҕинэ өлбүтэ. Дьиэлэрин аттыгар оҥостубут ытыс саҕа сирдээхтэригэр хас саас аайы ийэлэрэ оҕуруот олордоро. Ол оҕуруоттарын аһа ситэ буһа, үчүгэйдик амтанныра илигинэ сиэн бүтэрэллэрэ. Кыра оҕолорун көтөҕөн, сорохторун сүгэн, ийэлэрэ баай, баардаах ыалларга үлэлии, ас көрдөһө бараахтыыра. Кинилэр аҕаларын чугас уруута Кацо Чубукидзе диэн баай баарыгар биирдэ тиийбиттэрин Нестор Александрович өйдүүр.

– Дядя Кацо, Несторы бэйэҕэр ыл, быйыл күһүн үлэлэт… Миигин батыһа сылдьан хоргуйан өлөөрү гынна, аһын-абыраа, – диэн ийэтэ көрдөспүтэ.

Кацо Чубукидзе Несторы, оччоҕо тоҕустаах уолчааны, көрбөхтөөн баран:

– һа, маннык кыра уол тугу үлэлээн миэхэ туһалыай? Ылбаппын. Арай эн бэйэҥ үлэ көрдөһөрүҥ эбитэ буоллар… – дии-дии, иһин имэринэ турбута.

– Дядя Кацо, мин күүстээхпин, мин үлэни кыайыам, – дии-дии, күүһүн көрдөрөөрү, суоруна тааһа сытарын көтөҕөн бадьаахтаспытын Нестор Александрович өйдүүр. Онно ийэтэ кэлэн сып-сылаас илиитинэн төбөтүн имэрийбитэ уонна абаҕаларын диэки куһаҕан баҕайытык көрөн баран:

– Эйиэхэ, Кацо, баай баара да, суоҕа да биир эбит! Саатар, хаан тардан, биир оҕобун аһатарыҥ баҕалаах… Ити сэккэр хаһан эмэ бэйэҥ да аһыыр аһа суох хаалар күнүҥ кэлбэт ээ!.. – дии-дии, Несторы илиититтэн ылаат, Кацо Чубукидзе олбуоруттан тахсан барбыта.

Уон иккилээҕэр Нестор Кутаиси куоракка киирбитэ. Манна киирэн саппыкы оҥорооччу грузиҥҥа үөрэммитэ. Үс сыл устата үлэлээн, саппыкыны тигэр буола үөрэнэр. Уон биэһин туолар. Атах таҥаһын оҥорор фабрикаҕа киирэр. Онно үлэлии сылдьан рабочайдар революционнай хамсааһыннарыгар кыттыһар, марксистскай куруһуокка киирэн үөрэнэр. Ол сырыттаҕына армияҕа ылаллар. Армияҕа саллааттар ортолоругар революционнай үлэни ыытар. Ону билэннэр, кинини сууттууллар. Илин Сибииргэ сыылкаҕа ыыталлар. Сыылкаҕа сырыттаҕына революция буолар. Онтон Колчак Сибиири ылбытыгар бэйэтин биир санаалаахтарын түмэн партизанскай сэриини тэрийэр. Онтон, Советскай былаас тэриллибитин кэннэ, олох оннун булан барбытыгар: «Сотору Кавказка төннүөм, бырааттарбын, балыстарбын булуталыам» – дии сырыттаҕына, бу Саха сиригэр ыыттылар.

Нестор Александрович бэйэтин тулаайах, ыар олоҕун эргитэ санаан, Сэмэнчиги олус аһына көрөр, тугунан эмэ аралдьытыан, санаатын көтөҕүөн баҕарар.

– Сотору эһиги уобаласкытыгар турбут үрүҥнэри кыайыахпыт, оччоҕо миигин кытта, хата, Кавказка барыахпыт, – Нестор Александрович, мичээрдии-мичээрдии, Сэмэнчиги саннын таптайар:

– Ким билэр.

– Кавказ айылҕата олус кэрэ, олус үчүгэй! Онно фрукта эгэлгэтэ үүнэр. Урут, баайдар баһылаан олорор кэмнэригэр, киһи аччыктыыра, билигин Кавказка ырай олоҕо буолуо!..

– Нестор Александрович, сир айылҕата барыта биир буолбатаҕа биллэр. Ол гынан баран киһи барыта кэрэ айылҕалаах сири батыһа сылдьара буоллар, сорох сирдэр иччитэхсийэн хаалалларыгар тиийиэ этилэр буолбат дуо?

– Маладьыас! Олус сөпкө толкуйдуур эбиккин. Сири киһи киэргэтэр. Онон бу Лена да кытылын киэргэтиэххэ, дьол дойдута оҥоруохха сөптөөх!..

Саха сиригэр сэбилэниилээх күүс кылаабынай командующайынан ананан иһэр, революционер, Сибиир партизаннарын биир биллиилээх салайааччыта Нестор Александрович Каландаришвили курдук киһи бэйэтигэр чугас илдьэ сылдьара, аһыныгас санаатынан сыһыаннаһара Сэмэнчиккэ бу күчүмэҕэй күннэригэр улахан өйөбүл буолар. Сэмэнчик бу омос көрдөххө хахай курдук ынырык сэбэрэлээх грузин киһитин олус ытыктыы, таптыы көрөр буолан иһэр. Нестор Александровиһы этэрээтин дьоно бары ити курдук саныыллара, ытыктыылларын омунугар, төһө да эдэрин үрдүнэн, «дедушка» диэн ааттыыллара.

Нестор Александрович бэйэтин этэрээтин дьонугар эрэ үчүгэйдик сыһыаннаһар буолбатах, кини хас дьаам аайы көрсөр дьоннорун – дьадаҥы бааһынайдары, үөрэҕэ суох сахалары кытта эйэҕэстик, истиҥник кэпсэтэр, Советскай былаас норуокка туох үтүөнү аҕалаары тэриллибитин барытын өйдөтө сатыыр.

Нохтуйскай дьаамыттан ыла умнас сэлиэнньэлэрин Советтарын чилиэннэрэ, коммунистар, комсомолецтар, партията суох советскай үлэһиттэр, бандьыыттар иһэллэриттэн куттанан, Каландаришвили этэрээтигэр киирэргэ көрдөһөр буолан иһэллэр. Бу көрдөһөр дьону хас биирдиилэрин кытта Нестор Александрович бэйэтэ кэпсэтэр. Кини кимин, тоҕо кыһыл этэрээтигэр киирэ сатыырын билсиһэн баран, сорохторун ылара, оттон сорохторугар:

– Эн манна хааларыҥ сөп. Биһиги бандьыыттары уһатыахпыт суоҕа, сотору суох гыныахпыт. Оччоҕо ким манна Советскай былааһы – олохтоох Советтары тэрийиэҕэй? Эһиги курдуктар эрэ тэристэххитинэ, былаас сотору олоҕун булуоҕа, – диирэ.

* * *

Нохтуйскайтан Каландаришвили этэрээтэ Дьокуускай диэки аттанарын кытта, кырдьаҕас Барсуков Чаараҕа кэлэн тохтоон олорор бандьыыттарга, кыһыл этэрээтэ алын кэлэн ааста диэн илдьиттээн, киһи ыыта охсор.

Барсуков баай биллэриитин ылаат, Чаараттан Толстоухов үрүҥ этэрээтэ Маачаҕа тоҕо ааҥнаан кэлэр.

Сараапап атыыһыт, Петухов үрээнньик уонна Юшмин ыстаарыста Толстоухов этэрээтэ кэлиэн иннинэ, дьиэлэригэр төннөллөр. Манна кэлэн көһүтүүлээх ыалдьыттарын – үрүҥ этэрээтин көрсөргө бэлэмнэнэллэр.

Үрүҥ этэрээтэ Маачаҕа кэллэҕин күн тойон, баһылык өттө Сараапап атыыһыт улахан дьиэтигэр мустан арыгылыыллар. Оттон саллааттары, алын чыыннары Юшмин уонна Петухов дьиэлэригэр тохтотоллор.

Маача дэриэбинэтэ таба саҕынньахтаах, саалаах дьонунан туола түһэр. Кэлии-барыы, сахсарыһыы, үллэрэҥнэһии бөҕө буолар.

Толстоухов өлөр итирик. Кини хааннааҕынан бычалыйбыт харахтарынан мээнэ көрөн олорон:

– Маннааҕы большевиктары миэхэ аҕалтааҥ!.. Мин кинилэри… – дии-дии илиитин мускунар. – Мин кинилэри бороһуок оҥортуом!

– Тойон Толстоухов, биһиги үнүрүүн бэйэбит дьакыйталаары гыммыппытын, куотан хаалбыттара… Суохтар! – диир Сүөдэркэ Дьаакыбылап.

– Ким куоппутуй? Ким суоҕуй? – Толстоухов байааттаҥныы-байааттаҥныы туран кэлэр. – Мин кинини… бороһуок!..

– Суохтар… Бары куотан хаалбыттара… Манна хамыһаар уол ийэтэ хаалбытын, бу Федор Егорович бэйэтэ дьаһайбыта, – диир Петухов үрээнньик.

– Яковлев?.. Эн?.. Эн өлөрбүтүҥ дуо?.. Маладьыас!.. Кэл эрэ, мин эйигин уураан ылыахпын! – Толстоухов офицер Сүөдэркэлиин уураһаллар. – Мин эйигин… Иһит эрэ, Дьокуускайы ыллахпытына, эмиссар тойон оҥоруом!

– Ол эрээри онтугун Коробейников тойон сөбүлүөҕэ биллибэт ээ, – Сүөдэркэ мичээрдээн сылластар.

– Коробейников?.. Мин киниэхэ силлиибин!.. Истэҕин дуо: мин киниэхэ силлиибин! Кини этэрбин истиэ суоҕа – ытан кэбиһиэм!.. Куоппут большевиктар дьонноруттан ким даҕаны суох дуо?

– Ревкомнарын председателин ойоҕо баар да, элбэх оҕолордоох…

– Син биир… Аҕалыҥ! – Остуолу сутуругунан сырбатар. – Мин кинини бороһуок!..

– Тойон Толстоухов! Элбэх оҕолоох дьахтары өлөрдөххө, куһаҕан сурах тарҕаныа!.. Сатаныа суоҕа!

– Мин ол сураххытыгар силлиибин! – Толстоухов бэстилиэтин сулбу таһыйан ылар уонна дьиэ үрдүн ытыалаан тибиргэтэр. – Мин туох даҕаны сураҕын суох гыныам… Бороһуок!.. – бэстилиэтин ыһыктан кэбиһэр, остуолга умса баран түһэр.

– Тойон итирбит…

– Оронно оҥорон биэриҥ, сытыарыҥ!..

Ити мучумаан ортотугар, итириктэр айдааннарын абааһы көрөн, Настя дьиэттэн тахсан барар. Тахсан уулусса устун өрүс диэки киирэн истэҕинэ, биэс саллаат утары көрсөллөр.

– Оо, бу кырасаабысса сылдьар эбит буолбат дуо?.. Тохто-о! – Настяны бэһиэ буолан күөйэ көтөн ылаллар.

– Тыытымаҥ!.. – Настя хаһыытыыр.

– Көрүүй, өссө тыыттарбат! Үйэҥ тухары тыыттарбакка сылдьар инигин… Ити сарайга киллэриэҕиҥ!

Биэс бандьыыт Настяны харбаан ылаат, суол аттыгар турар иччитэх сарайга соспутунан бараллар.

– Карау-у-л!.. Быыһа-а-ө!.. – Настя хаһыытыыр.

Итирик бандьыыттар, күлсэн алларастаһа-алларастаһа, кыыһы сарайга соһон киллэрэллэр…

Сарай иһигэр киирэн балачча өр сүтэн хаалан бараннар, бандьыыттар тахсан кэлэллэр. Суолга киирэн иһэн кэннилэрин хайыһан сарай диэки көрөллөр.

– Илиибин быһа ытыран кэбистэ ээ! – биир бандьыыт, хаан баламах буолбут илиитин көрүнэ-көрүнэ, айаҕар даҕайар.

– Нохоо, тууйа баайбыт былааккын сүөрдүҥ дуо?

– Сүөрүнэ сылдьыа эбээт…

Бандьыыттар барбыттара чаас аҥаара курдук ааспытын кэннэ, Настя сарай иһиттэн тахсар. Ытыыр быһыылааҕа, сотору-сотору хараҕын уутун соттунара. Сонун көхсө барыта буор-сыыс буолбут. Онтун тэбэммэккэ эрэ сүүрэр-хаамар былаастаан дьиэтигэр кэлэн киирэр.

Настя дьиэтиттэн тахсыбытын даҕаны, төннөн кэлэн киирбитин даҕаны дьоно өйдөөн көрбөтөхтөрө. Кинилэр үрүҥнэр тойотторун күндүлүүртэн, кинилэри бүөбэйдииртэн орпокко сылдьаллара.

Сарсыарда тураллар. Настя хоһуттан тахсыбат, баара да, суоҕа да биллибэт.

Аһаан бүтэн, дьиэ-уот хомуллубутун кэннэ, ийэтэ кыыһын уһугуннара киирэр. Ааны аһарын кытта, доҕоор… Дьиэлээх хотун, эмискэ үлүгэр ааны саба быраҕаат, сарылаабытынан Кузьма Петрович түһэҕэр кэлэн сууллан түһэр.

– Туох буоллуҥ?.. Туохтан куттанныҥ?.. – Кузьма Петрович кэргэнин икки бүлгүнүттэн ылан өрө тардар.

– Ы-ы-һы-һы!.. – хотун ытаан марылыыр.

Сараапап кыыһын хоһугар ыстанар. Кыыһа ыйанан турарын көрөөт, түөскэ астарбыт курдук, чинэрис гына түһэр, аанын төттөрү саба охсуох курдук гынан иһэн, өй ылан, хоско сүүрэн киирэр. Тугу да гыныан булбат. Остуол үрдүгэр ойон тахсар. Настя ыйаммыт быатын көхөттөн устар. Кыыһын көтөхпүтүнэн остуол үрдүгэр турар. Ытыаҕын – хараҕын уута кэлбэт, хаһыытыан – көхсүттэн саҥата тахсыбат. Чочумча соҕус ити курдук туран баран, дьэ өй ылан түһэр. Настяны оронугар сытыарар. Хос иһин эргиччи көрө туран, остуолга лоскуй кумааҕы сытарын булан ылар. Ааҕар:

«Дьонум, маамам, тээтэм, миигин бырастыы гыныҥ! Аҕыйах чаас анараа өттүгэр мин өлөрү эрэ санаабат этим… Билигин, биэс бандьыыт таһырдьа көрсөннөр саакка киллэрбиттэрин кэннэ, аны олох олорортон аккаастанарга тиийдим. Миэхэ барыта сидьиҥ, куһаҕан буолла… Эһиги кинилэри тэҥнээхтэргит курдук көрөҕүт, аһатаҕыт, арыгылатаҕыт. Оттон кинилэр миигин хайдах сидьиҥник сордообуттарын билбэккит… Кинилэр дьон буолбатахтар – кыыллар! Эһиги кинилэри кытта куодарыһаҕыт… Күндүлүүр-маанылыыр өлөрүөхсүттэргитин кытта сылдьыҥ!.. Оҥорбут үтүөлэрин көрүҥ!.. Бырастыы гыныҥ».

Сараапап суругу туппутунан ойон тахсар, онтон Тол-стоухов офицерга ойон тиийэн суругу сирэйигэр анньыалыы-анньыалыы:

– Мин дьиэбиттэн сибилигин киэр буолуҥ!.. – дии-дии хаһыытыыр, дибдигириир.

– Туох буоллуҥ?.. – Толстоухов уолуйан хаалар.

– Кыыспын… Истэҕин дуо, суоч-соҕотох кыыспын эн саллааттарыҥ саакка киллэрэннэр… бэйэтигэр тиийинэн!.. – Сараапап Толстоуховы уолугуттан харбаан ылар…

VII

«Ама, иккиэн өлөн хаалбыттара буолуо дуо?» – Сүөдэр биир кэм таайа сатыыр. «Тыыннаах буоллахтарына, ханна сылдьыахтарын сөбүй!» – дьоно сылдьыахтарын сөптөөх сирдэрин тарбаҕар ааҕар: «Бодойбоҕо – онно хас да сыл устата, иннэни көрдүүр курдук, көрдүү сатаан кэбиспитим. Киллэмҥэ, Лэгиэнтэй атыыһыттаахха. Сэмэнчик онно сылдьыбыт курдук. Дьэ ол кэнниттэн ханна барыан сөбүй?.. Маайа дьонун аахха барыан сөптөөҕө. Онно эмиэ суохтар. Дьэ көрдүүр, сураһар үүт-хайаҕас да бүтэн барда. Киһи туоһулаһыах киһитэ диэн аны ким хаалыан сөбүй?.. Бэйи эрэ… Бэйи эрэ, кырдьык даҕаны, били Маайаны үөрэтэ сылдьыбыт Эхов оҕонньор тыыннааҕа дуу?»

Сүөдэр Эхов оҕонньору көрдүүр. Кини ол күн, дьонтон сураһан, оҕонньор олорор сирин булар.

Сүөдэри оҕонньор кыккыраччы умнан кэбиспит. Бэйэтэ да олус бүдүгүрэ кырдьыбыт, былыргыны өйдүөхтээҕэр, быйылгыны да өйдөөбөт буолаахтаабыт.

– Аркадий Романович, өйдүүгүн дуо, били Нам кулубатын Дьаакыбылабы утары биһиги үҥсүүбүтүгэр дьыала оҥороргун? Эйиэхэ Иван Семенович оҥорторор этэ дии?

– Суох. Букатын билбэппин.

– Оттон Бүлүүгэ Харатаайап кулубалаахха олорон үөрэппит кыыскын – Маайаны өйдөөбөккүн дуо?

– Маайаны?.. Маайаны… Бэйи эрэ, кыракый кыысчаан этэ… Даа, даа, өйдүүбүн. Кини Николай Алексеевич Некрасов «Ыһааччы» диэн хоһоонун ааҕарын өйдүүбүн:

 
«Сейте разумное, доброе, вечное,
Сейте! Спасибо вам скажет сердечное
Русский народ…»
 

– О-о, итини өйдүүбүн!.. Кини – ол кыыс ханна баарый?..

– Аркадий Романович, мин кини кэргэнэбин. Кинини сүтэрбитим өр буолла. Көрдүү сатыыбын да – булбаппын…

– А-а?.. Сүтэрэн да-а? Хайдах сүтэрэн? Үчүгэй, өйдөөх кыыс этэ… Баара буолуо. Көстүө.

– Мин эмиэ, көстөөрөй, булаайабын диэн, көрдүү сатыыбын да – булбакка сылдьабын.

– Ыһааччы… Нуучча сиригэр дьиҥнээх сатабыллаах ыһааччы Ленин көһүннэ… Кини ыһар сиэмэтэ үрдүк үүнүүлээх, бастыҥ тахсыылаах… Киниэхэ, нуучча норуотун ааһан, бүтүн аан дойду атаҕастаммыта-баттаммыта барыта баһыыба диэҕэ! – Аркадий Романович бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэн барар.

– Аркадий Романович эмиэ бөлүһүөктээн барда, – дэһэллэр Эхов олорор ыала. – Кини ити курдук бэрт үгүһү кэпсээччи. Төһөтө сөбө буолла – ким ону билиэ баарай?!

Сүөдэр мантан эмиэ мэлийэн тахсар.

Арай биирдэ, эмиэ дьонун туһунан саныы сылдьан:

– Өстүбэһи даҕаны! – диэн саҥа аллайар. – Арааһа, Сылластыгас Сүөдэркэ билэрэ буолуо. Кини, кырдьык, хайаан даҕаны билиэхтээх. Ол баҕайыны булан көрсүбүт киһи. Итини урут да өйдүөх баар эбит, – Сүөдэр бэйэтин кытта бэйэтэ кэпсэтэр. Ол эрээри Сылластыгас Сүөдэркэни кини булан көрсөр кыаҕа суоҕа, ол киһитэ бу куораттан ыраах сылдьара.

* * *

Бу күннэргэ куорат тулатыгар хаарынан, балбааҕынан хаххалаан, окуопа оҥостоллор. Онно эдэр уолаттар – комсомолецтар, ЧОН дьоно үлэлииллэр.

Хас түүн аайы куораты тула патруллар сылдьаллар. Куоракка киирии-тахсыы барыта бобуллар, суоллар сабыллаллар.

Каландаришвили этэрээтэ Өлүөхүмэҕэ кэлбитин биллэрэрин аҕай кытта, бандьыыттар телеграф линиятын быһан кэбиһэллэр. Билигин Дьокуускай куорат, истэр кулгааҕа, көрөр хараҕа суох курдук, ханна туох буоларын билбэккэ олорор.

Партия губкомун уонна губревком холбоһуктаах мунньахтара буолар. Куорат билиҥҥи балаһыанньатын ырыталлар, дьүүллэһэллэр. Онно сорохтор:

– Соҕурууттан иһэр этэрээккэ утары дьонно ыытыахха, айаннарын түргэтэттиннэр, – дэһэллэр.

– Куораты бандьыыттар төгүрүйэн тураллар. Мантан аҕыйах киһини ыытар буоллахпытына, ол дьону өлүү айаҕар утаарабыт, бандьыыттар ханна даҕаны аһарыахтара суоҕа. Улахан этэрээти тэрийэн ыытыахпытын эмиэ табыллыбат. Бииринэн, бу кэмҥэ хантан да көлө булар кыах суох; иккиһинэн, халыҥ этэрээти ыытар буоллахпытына, куораппытын тугунан көмүскүүбүтүй? – диэн үгүстэр дьону ыытары утарсаллар.

Кырдьыга, куоракка хас биирдии киһи, хас биирдии саа улахан наадалаах кэмэ кэлэн турара. Онон, дьону ыыппакка, Каландаришвили этэрээтэ бэйэтэ хаһан кэлэрин көһүтэргэ сөбүлэһэллэр.

Куорат олоҕор ыар күннэр бүрүүкүүллэр. Чаһы хаамыыта, суукка бараныыта хайдах эрэ олус күүттэриилээх, кэтэһиилээх буолан барар.

* * *

Сараапап атыыһыт кыыһа ыйанан өлбүтүн буллахтарын күн Толстоухов этэрээтэ уҥуор Нохтуйскайга туоруур. Манна икки хонук устата кырдьаҕас Барсуковка арыгылыыллар, айдаараллар. Онтон Сараапап атыыһыт, кыыһын көмөн баран, дьиэтигэр киирэн ытынан өлбүт үһү диэн сурах иһиллэр. Бандьыыттар, хайдах эрэ итинтэн кыбыстыбыт курдук буоланнар, мантан бэрт түргэнник хомунан баран хаалаллар.

Кинилэр манна кэлбит суолларынан Чаара өрүһүгэр түһэллэр. Онтон Өлүөхүмэ куоратын алын өттүнээҕи Намана төрдүн дьаамыгар тахсаллар. Бу дьаамы олохтоохтор «Балаҕаннаах дьаама» диэн ааттыыллара.

Балаҕаннаах дьаамынан телеграф линията ааһара. Ону көрөөт Толстоухов:

– Дьаам икки өттүнээҕи остоолболору кэрдэн кэбиһиҥ, телеграф линияларын быһыталааҥ! – диэн бирикээстиир.

Телеграфиһы Толстоухов бэстилиэтинэн куттаан туран, бу күннэргэ манан ааспыт телеграммалары лиэнтэттэн аахтарар. Манна Толстоухов этэрээтэ кэлиэн икки чаас иннинэ Өлүөхүмэттэн Дьокуускайга маннык ис хоһоонноох телеграмма ааспыт эбит: «Бүгүн Каландаришвили штаба уонна кинини кытта иһэр Иккис Хотугу этэрээт Өлүөхүмэ куоратыгар кэллэ».

– Кыһыллар да буоллаллар, кынаттанан көппөт инилэр. Дьэ итиччэтигэр биһиги манна кинилэри тоһуйан үчүгэйдик ныһыйдахпыт! – диир Толстоухов.

Бу күнтэн ыла Балаҕаннаах дьаамыттан биир да киһини хоту да, соҕуруу да ыыппаттар.

Балаҕаннаах дьаамыгар Өлүөхүмэ куоратыттан Лена мууһунан суол кэлэрэ. Онон сатыы даҕаны, аттаах даҕаны киһи иһэрэ бэрт ыраахтан көстөр этэ. Бандьыыттар олохтоох ыаллары саанан үүрэ сылдьан, туох баар балбаахтарын барытын тиэйтэрэн өрүс хааһыгар тохтороллор. Ол балбаахтартан баррикада оҥостоллор. Толстоухов саллааттарын үгүстэрэ окуопа уонна баррикада диэн тугун билбэттэр, көннөрү «дурдабыт» дииллэр.

– Маннык бэйэлээх дурдалары, кыһыллар буулдьалара да буоллар, хайаан хоппут үһүө, үчүгэй аҕайдык тэһиргэтэр баҕайыбыт ини, – бандьыыттар туох да хоппот кириэппэһин оҥостуммут курдук сананаллар.

Киһи хараҕа төһө ыларынан дыргыйан барар айан суолугар хамсыыр харамай баара көстүбэт. Арай суол икки өттүгэр анньыллыбыт дьуолкалар эрэ бэрт ыраахха диэри лэкэриһэн көстөллөр.

Балаҕаннаах дьаамын олохтоохторо бандьыыттар манна кимнээҕи тоһуйалларын сэрэйэллэрэ гынан баран, Өлүөхүмэҕэ кэлбит кыһылларга хайдах биллэриэхтэрин булбакка олорбуттара. Ол эрээри, маннааҕы олохтоох сахалартан биир сири үчүгэйдик билээччилэрэ талыллан, түүн туран туут хайыһарынан өрүс тэҥкэтинэн, Хоҥхо үрэҕин төрдүнэн эргийэн, Харыйалаах ыалыгар тиийэр. Онтон ат ылан Өлүөхүмэҕэ киирэн, соҕурууттан кэлбит кыһылларга бандьыыттар Балаҕаннаах дьаамыгар тоһуур оҥоро сыталларын биллэриэхтээҕэ.

Толстоухов этэрээтэ Балаҕаннаах дьаамыгар кэлэн кыһыллары кэтэспитэ үс хонно. Ол тухары туох да биллибэт. Күнүстэри-түүннэри манабылга сытан тоҥоллоруттан, утуйбаттарыттан саллааттар саллан да, салҕан да бараллар. Били маҥнай манна кэлэн тоһуур оҥороллоругар өрүкүспүттэрэ уостан-уҕарыйан барар. Аны киэһэттэн түүн үөһүгэр диэри уон киһини, түүн үөһүттэн сарсыарда халлаан сырдыар диэри эмиэ уон киһини эрэ анаан харабыллаталлар, онтон атыттара бары утуйар буолбуттара.

Кэтэспиттэрэ төрдүс сарсыардатыгар халлаан улаханнык дьыбарданар, өрүскэ туман түһэр. Күдэрик туманы быыһынан суол дьуолкаларын мастара харааран көстөллөр. Ону харабылга турар саллаат, кэтэспит санаатыгар, аттаах дьон иһэллэрин курдук көрөр.

– Кыһыллар!.. Көрүҥ, ол, ол иһэллэр буолбат дуо?

– Ханна?.. Ханна баалларын көрөн этэҕиний? – дэһэ-дэһэ бары одуулаһаллар.

Санааларыгар, өрүс устун субуруһан, борук-сорук көстөр хара точкалар хамсыырга дылылара.

Ким да орпокко, бары утуйа сытар дьоннорун туруортуу сырсаллар.

– Туруҥ!.. Туруҥ!.. Кыһыллар!..

– Ханналарый?..

– Өрүс устун ыҥыыр атынан тэптэрэн иһэллэр!

– Бу алдьархайы!..

Онтон ким табалаах табанан, аттаах атынан, сорохтор сатыы куотар аатыгар бараллар.

Толстоухов туран дьиэттэн тахсыытыгар дьонун үксэ хайыы-сахха баран бүтэн эрэр этилэр.

– Тохтооҥ!.. Ханна бараҕытый?.. – диэн сыҕарым баран эрэр дьоҥҥо хаһыытаан көрөр да, дьонноро:

– Кыһыллар!.. Кыһыллар… элбэхтэрэ бэрт! – дэһэ-дэһэ, бокуойа суох куот да куот буолаллар.

Тохтотоору, Толстоухов хаста даҕаны халлааны ытыалаан хабылыннартыыр.

Саа эстэр тыаһын истээт, дьоно өссө ордук уолуйаллар, үргүбүт таба курдук, харахтара тэстэринэн бараллар.

* * *

Куоппут бандьыыттар биэс-алта биэрэстэлээх Намана ыалыгар тиийэн, дьэ өйдөрүн-төйдөрүн булунан мусталлар. Кэннилэриттэн эккирэтэн иһэр сибики биллибэт. Өр кэтээн көрөллөр. Мучумааннаһан, сүбэлэһэн дуомнаан бараннар, Балаҕаннаахха үс киһини төттөрү разведкалата ыыталлар. Ол дьонноро өр буолбаттар, киэһэ күн киириэн иннинэ эргиллэн тахсаллар.

– Балаҕаннаах дьаамыгар биир даҕаны кыһыл суох. Ааспатахтар даҕаны үһү…

– Ким көрбүтэй кыһыллар иһэллэрин? – Толстоухов харабылга турбут дьонун ыххайар.

– Оттон көрдөхпүтүнэ, аттаахтар иһэргэ дылылара ээ… – харабылга туран бастаан тыллаан аймаабыт саллаат, иһиттэн саҥата тахсыбат буолан хаалан баран, Толстоухов иннигэр кэлэн сукуллан турар.

Толстоухов сапсыйан кэбиһэр. Кини уолуйбакка, соҕотоҕун кэриэтэ хаалан, улахан геройствоны оҥорбут курдук сананан, бэркэ көнньүөрэн олороро. Онон кими да буруйдаабакка, киэҥин-дэлэгэйин көрдөрө сатыыр. Ол эрээри маннык саллааттарынан сэриилэһэ иһэриттэн санаата улаханнык төннөр. Кини бу киэһэ бэрт өр сурук суруйар. Ол суругун суулаан, сургуустаан баран, Сүөдэркэ Дьаакыбылабы ыҥыртаран ылар.

– Быраат Яковлев, эн Дьокуускайга киирдэххинэ сатанар буолла.

– Оттон онно кыһыллар бааллар буолбат дуо?! – Сүөдэркэ соһуйар.

– Ээ, эн тиийиэххэр диэри Коробейников этэрээтэ Дьокуускайы ылара буолуо. Оттон ылбатах буоллаҕына, кини ханна баарын онно тиийэн иһэн истиэҥ.

Өлүөхүмэттэн Дьокуускайга дьаамынан киирэн иһэн, аара Балаҕаннаахха бандьыыттарга түбэһэн куоппут ааттанан, Сүөдэркэ Дьаакыбылап сыбыдах атынан Наманаттан быһа Хоро дьаамыгар түһэр.

– Дьаам манна баар дуо? – диэн, ыксаабыт киһи курдук туттан, Сүөдэркэ Хоро дьаамын дьиэтигэр көтөн түһэр.

– Манна… – дьаамсык чэйдии олорон хоруйдуур.

– Чэ, түргэнник көлөтө бэлэмнии оҕус!

– Бу курдук тиэтэйэн, хантан иһэр киһигиний?

– Балаҕаннаах дьаамыттан… Мин Өлүөхүмэттэн Дьокуускайга киирэн иһэбин. Балаҕаннаах дьаамыгар бандьыыттар кэлэн олороллорун билиминэ, киирэн биэрэ сыстым. Хата, дьиэк булан, сыбыдах ат үрдүгэр түһэн бу куотан кэллим…Балаҕаннаах дьаамыгар бандьыыттар кэлэн олороллорун манна истэр этилэр. Онон Сүөдэркэ кэпсиирэ барыта оруннаах курдук.

– Хата, ол хайдах сыыһа туттардыҥ?

– Бэйэм даҕаны үчүгэйдик өйдөөбөппүн. Балаҕаннаахтан биэс биэрэстэлээх сиргэ – Наманаҕа таһаара сырыттылар ээ өссө. Бу кэлиибин ол онтон куотан кэллим… Баҕар, эккирэтэн кэлиэхтэрэ, чэ, түргэнник!..

Дьаамсык киһи бэрт тиэтэлинэн Сүөдэркэни Нуучча үрэҕин дьаамыгар түһэрэр. Мантан ыла ким да Сүөдэркэттэн кимин, ханна баран иһэрин ыйыппат, хас дьаамҥа кэллэҕин аайы ат бэлэмнииллэр, аһаран иһэллэр.

– Куоракка үрүҥнэр биллэ иликтэр үһү дуо? – диэн аара Сүөдэркэ дьаамсыктартан ыйытар.

– Сырыы даҕаны билигин соччо сылдьыбат. Оннук сурах иһиллибэт дии.

Ити курдук, аҕыйах хонугунан Сүөдэркэ Дьаакыбылап Туймаада киэҥ хочотугар киирэр. Баҕарах ыалларын ааһаллар. Куорат ыалын оһохторун буруота көстөр сиригэр тиийэллэр. Шестаковка үрэҕин туоруур түһүүттэн тахсан истэхтэринэ, суол икки өттүттэн саалаах дьон баар буола түһэллэр.

– Тохтооҥ!.. Хантан иһэҕитий?

– Табаҕаттан… Үөһэттэн, Өлүөхүмэттэн иһэр дьаам! – диир Сүөдэркэни киллэрэн иһэр Табаҕа дьаамсыга, кугас бытыктаах бааһынай оҕонньоро.

Сүөдэркэ куоракка киирэр. Кинини куорат почтатын тиэргэнигэр аҕалан дьаамсык түһэрэр. Сүөдэркэ Проневич фотограф дьиэтин аттыгар олорор ыалга кэлэн киирэр.

– Хайа бу, Сүөдэркэ, хантан көһүннүҥ? – дьиэлээх оҕонньор соһуйар.

– Ыраахтан… Инньэ Өлүөхүмэ аттыттан.

– Тыый, доҕоор, ырааппытын баҕаһын! Оччо ыраах сиртэн кэлбит киһи, дьэ, кэпсэлиҥ?

– Кэпсээн билиҥҥитэ үчүгэй. Бу диэки туох сонуннааххытый?

– Чэ, оччо оннук үчүгэй сурах-садьык баара иһиллибэт. Арай хас күннэтэ аайы бырааттары киирэллэрэ буолуо диэн кэтэһэбит да, биллиэхчэ биллибэттэр. Хата, ол эн сылдьыбыт сириҥ диэки хайдах миэрэ-бэрээдэк буолан турар быһыылааҕый?

– Бэйэ дьонуттан тугун кистиэхпиний, Өлүөхүмэ уокуругар Толстоухов эпписиэри кытта барсыбытым. Бу онтон кэллим…

– Дьэ эрэ, истиэҕи, кэпсээ, төһө төрүттээх-уустаах дьону бу биһиги көһүтэбитий?

– Тойотторбут бары нуучча эпписиэрдэрэ. Улахан төрүт-хаан дьон быһыылаахтар. Оттон илин сырыттахпытына, Оруоһун, Охонооһойоп, Галибаров, Куликовскай курдук саха биллэр дьоно өйүүллэр этэ.

– Э-эх, ол иһин даҕаны аҕыйах хонуктааҕыта бэрт кистэлэҥинэн: «Чурапчыга улахан мунньах буолбут, онно сахалартан бырабыыталыстыба талыллыбыт, онно Куликовскай диэн саха киһитэ баһылык буолбут үһү», – диэн кэпсээн эрэллэрэ ээ.

Сүөдэркэ Дьаакыбылап итини истэ илик этэ. Онон бу оҕонньор кэпсээнэ киниэхэ улахан сонун буолбута.

– Сүөдэркэ, эн ол дьону кытта сылдьыспыт эбиккин дии, кинилэр норуокка туох диэн былааһы аҕалар тыллаах дьон быһыылаахтарый? – оҕонньор, сиһилии истээри, Сүөдэркэ ыксатыгар кэлэн олорор.

– Туох былааһы диэн… «Бырааттыы былааһы» аҕалаллар.

– һа! Аны «бырааттыы былаас» диэн кэлэрин көрөр дьон буолбуппут дии! Дьэ, ол «бырааттыы былааспыт» кими тойон-баһылык оҥостор былаас буолуох быһыылааҕый?

– Биллэн турар, төрүт дьону, өйдөөхтөрү.

– Оччоҕо, ыраахтааҕы аймаҕыттан кими эмэ бүрүстүөлүгэр олордуохтара дуу, хайдах дуу?

– Суох, Арассыыйаны барытын ылар былаан бакаа суох. Билигин Саха сирин эрэ араарар санаалаахпыт.

– Чэ, оччоҕо ханнык эмэ дьон даҕаны сылдьаллар эбит буолбат дуо? – оҕонньор киэр көрүтэлээн кэбиһэр.

Бу оҕонньор Сүөдэркэ аҕатын үөлээннээҕэ этэ. Былыр-былыргыттан кини куоракка бэйэтэ бас билэр олбуордааҕа. Хас киэһэ аайы дьиэтигэр хаартыһыттар, арыгыһыттар мусталлара. Ол дьон олох туһунан тугу кэпсэтэллэрин барытын өйүгэр хатыыра. Онон сыаллаатаҕына, маҥнай тура сылдьыбыт Керенскэй тойон даҕаны былааһа, кини кэнниттэн кэлэн ааспыт Колчак да тойон былааһа – бары норуокка туох даҕаны үтүөтэ-үчүгэйэ суох былаастар этилэр. Оҕонньор онон, ыраахтааҕы баарына олох үчүгэй этэ диэн, урукку былааһы, ыраахтааҕы былааһын, аһыйа саныыра.

Киэһэ аһыы олорон Сүөдэркэ наллаан дьиэлээх оҕонньортон ыйытар:

– Куораккытыгар кыһылларгыт төһө элбэхтэрий?

– Ол кинилэр төһөлөрүн-хаччаларын биһиги хантан билиэхпит баарай. Көрдөххө, син элбэх курдуктар. Арыт уулуссаҕа ханнык эрэ эдэркээн уолаттар чолоруһа сылдьар буолааччылар.

– Оттон улахаттартан төһө элбэх киһи кыһылларга холбоһор быһыылааҕый?

– Этэбин ээ, билбэппин диэн… Бааллар ини…

Сүөдэркэ сарсыҥҥытыгар куоракка быкпат. Кырдьыга, кини бандьыыттарга кыттыгастааҕын, кинилэртэн кэлэ сылдьарын билэр да, көрбүт да киһи суоҕа. Ол эрээри, дьиксинэр этэ.

Иккис күнүгэр, сарсыарда эрдэ туран, куорат хоту баһыгар, урукку арыгы монополиятын дьиэтин аттыгар олорор билсэр дьонугар барар. Ол ыалга киирэн ону-маны кэпсэтэн баран, Улахан уулуссаҕа киирбэккэ, Саллаат күөлүн кыйан, Таалай күөл аттынан кэлэн иһэн, өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, Сылгыһыт Сүөдэри көрөн, куттанан өлө сыһар. Ыаллар олбуордарынан быһа түһэн, түспүт оҕонньордооҕор кэлэн киирэр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации