Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 55 (всего у книги 62 страниц)
– Соруйан мин сордоох дууһабын моруу гынаары этэҕин ээ. Баара буоллар, Сүөдэр ама баччааҥҥа диэри биһигини булбакка сылдьыбыт үһүө.
– Хата, атын дьахтары булан олороро буолуо.
Икки хараҕын үүтэ көстүбэт буола ыгылыйан, Маайа Сараапаптаах дьиэлэриттэн тахсан барар.
IVСэмэнчиктээх үһүө буоланнар Нохтуйскайтан икки сыарҕалаах атынан куоталлар. Кинилэр, Иркутскайтан иһэр Каландаришвили этэрээтин көрсөөрү, Никольскай дьаамын диэки тэптэрэллэр. Сэмэнчик саа тутуурдаах кэнники сыарҕаҕа кэннин хайыһан олорон иһэрэ. Өскөтө эккирэтэр эбит буоллахтарына, маҥнай эккирэтээччилэр аттарын охторор санаалааҕа.
Нохтуйскай дьаамыттан ырааталлар. Никольскайга тиийэллэрэ икки эрэ биэрэстэ курдук хаалар. Тохтууллар. Аттарын хабыалатан, тыын ыллараллар. Икки киһи кэлбит суолларын кэтииллэр, тыаһы иһиллииллэр. Ый быыһа буолан, хабыс-хараҥа.
Никольскай дьаамын тумнан ааһаллар. Онон кинилэр манан ааспыттарын бу дьаамҥа ким да билбэт.
Ити курдук, ханна да тохтообокко, суолга эрэ кыратык тохтоон аттарын уоскута-уоскута, Каменкаҕа тиийэн дьэ дьаамҥа киирэллэр.
Сырыы кэллэ диэн, дьаам ыала бэрт тиэтэлинэн чэй өрөллөр. Онтон дьаамсык киһи суоҕуттан дьиктиргээн:
– Дьаамсыга суох иһэҕит дуу, хайдах дуу? – диэн ыйыталлар.
– Биһиги бэрт тиэтэл сырыыга сылдьабыт. Бэрт түргэнник аттаргытын көлүйэ охсуҥ! – Сэмэнчик тиэтэтэр. Бу дьаам дьоно Сэмэнчиги били сайын ревком мунньаҕын тэрийэ кэлэ сылдьыбытыттан билэр этилэр.
Сэмэнчиктээх манна итии чэй иһээт, эмиэ ааһаллар. Ити курдук түүннэри-күнүстэри айаннаан, иккис киэһэлэригэр Мурья дьаамыгар чугаһыыллар. Дьаамҥа тиийиэхтэрэ икки биэрэстэ курдук хаалбытын кэннэ уонча ыҥыыр аттаах, саалаах, буденновка шлемнээх дьон көрсө түһэллэр.
– Кимнээхтэргитий?
– Каландаришвили этэрээтин көрсө баран иһэбит. – Сэмэнчик хардарар.
– Туох соруктааххытый?
– Дьокуускайтан сурук илдьэ иһэбит…
Биэс киһи арыаллаан, Сэмэнчиктээҕи Мурья дьаамын дьиэтигэр аҕалаллар.
Дьаам дьиэтин улахан хоһугар, остуол аттыгар, саннын байаатыгар диэри түһэ сылдьар уһун хара баттахтаах, сирэйин алын аҥаарын барытын саба үүммүт будьурхай хара бытыктаах киһи маннааҕы дьаам биир олохтооҕун кытта кэпсэтэ олорор.
– Табаарыс командующай, эйиэхэ Дьокуускайтан бу дьон сурук аҕаллыбыт дэһэллэр, – аара көрсөн аҕалбыт дьонтон биирдэстэрэ дакылааттыыр.
– Сурук?.. Хантан?
– Дьокуускайтан, – диир Сэмэнчик уонна сиэбин хастан барар.
– Баһаалыста, сыгынньахтаныҥ. Таһырдьа тымныы, ыраахтан айаннаан кэлбит дьон тоҥмуккут буолуо, – диир били командующай диэбит киһилэрэ.
Сэмэнчик аҕалбыт суругун ылан биэрэр.
– Баһыыба, – диир командующай, суругу ыла-ыла, – билсиһэн кэбиһиэҕиҥ: мин аатым Нестор Александрович Каландаришвили диэн, – кэлбит дьоҥҥо илиитин уунар.
– Владимиров.
– Аатыҥ, өскөтө кистэлэҥ буолбатах буоллаҕына? – диир Каландаришвили, мичээрдии-мичээрдии, Сэмэнчик илиитин тутан туран.
– Сэмэн, – Сэмэнчик маннык улахан киһиэхэ «Федорович диэммин» диэҕин кэрэйэр.
– Сеня?.. Оннук дуо?
– Нууччалыы оннук буолан баран, миигин дьонум «Сэмэнчик» диэн ааттыыллара.
– Сэмэнчик… Бырастыы гын, сахаҕын дуо?
– Сахабын.
– Сааһыҥ төһөнүй?
– Сааһым… Уон аҕыспын туолбутум.
– Да-а, «улахан киһи» эбиккин…
Каландаришвили бакыаты арыйан ааҕар. Ааҕа олорон сотору-сотору Сэмэнчик диэки көрбөхтүүр.
– Табаарыс Бухвалов, штабы ыҥыр эрэ!
– Истэбин, табаарыс командующай!
Бэрт сотору штаб салалтата мустар.
– Саха уобалаһын партийнай тэрилтэтэ, уобалас салайааччылара, – диир Каландаришвили, – биһигиттэн көрдөһөллөр: Бүлүү уокуругар биир даҕаны сэбилэниилээх күүс суоҕунан, оттон онно бандьыыттар биир салаалара барбыта биллибитинэн сибээстээн, мантан этэрээт арааран ыытарбытыгар.
– Да-а, кытаанах суолу көрдөспүттэр, – диир военком Киселев. – Ол эрээри эрэнэн, көмөлөһүөхтэрэ диэн, бачча ыраах сиргэ киһи ыыттахтара буолуо. Хайыыбытый, биир ротаны ыытарбыт табыллара дуу?..
– Дьокуускайга тиийэн баран, оннооҕу балаһыанньаттан көрөн ыытарбыт тоҕо сатамматый? – дэһэллэр хас да киһи.
– Суох, – диир Каландаришвили. – Мантан Бүлүүгэ Сунтаар сэлиэнньэтигэр быһа түһэр курдарытын иһин көрдөһөллөр. Ол курдук бу суруйбуттар.
Штаб начальнига Бухвалов турар:
– Элбэх кэпсэтиитэ суох ким ротатын онно ыытабытый? Ону быһаарсыаҕыҥ!
– Пясталов этэрээтин ыытыаҕыҥ, – диир Каландаришвили.
– Бэрт сөп, кини ротата барара сөп буолуо, – дэһэллэр хас да командир.
– Пясталовы ыҥырыҥ!
Сотору соҕус кыдама курдук уһун уҥуохтаах, кубархай сирэйдээх эдэр киһи киирэр.
– Табаарыс командующай, эһиги ыҥыртарыыгытыгар кэллим!
– Табаарыс Пясталов, олор. Бүлүү уокуругар биир даҕаны биһиги сэбилэниилээх күүспүт диэн суох үһү. Онно эн этэрээккин ыытарга быһаардыбыт.
– Истэбин, табаарыс командующай! – диэбитинэн Пясталов ойон турар.
– Олор-олор. Дьэ ити курдук, мантан ыла эн этэрээтиҥ арахсан, быһа Бүлүү өрүһүгэр түһэҕит. Аара дьоҥҥун бэркэ диэн харыстаан айаннаа. Олохтоох нэһилиэнньэни кытта бэрт сэрэхтээхтик, үчүгэйдик сыһыаннас. Өстөөҕү аҥаардас саа эрэ күүһүнэн кыайыллыбатын, итиннэ олохтоох нэһилиэнньэ көмөтө эмиэ быһаарар суолталааҕын өйдүүр буолуох тустааххын. Чэ онон барарга тэрин.
– Истэбин, табаарыс командующай!
Штаб тарҕаспытын кэннэ, Каландаришвили туран хос иһигэр төттөрү-таары хаамыталыыр. Онтон Сэмэнчиккэ кэлэн тохтуур.
– Сэмэнчик, миэхэ тылбаасчыт буолуоҥ этэ дуо?
Сэмэнчик туран истэҕинэ, Нестор Александрович төттөрү олордор.
– Нууччалыы оннук үчүгэйдик билбэппин ээ, табаарыс командующай.
– Судургу кэпсэтиини син билэҕин быһыылаах буолбат дуо? Миэхэ онтон ордук наадата суох.
– Оннук буоллаҕына, төһө кыайарбынан тылбаастыы сатыам.
– Үчүгэй-үчүгэй. Бу табаарыстарыҥ туох дьонноруй? – дии-дии, Каландаришвили Усов уонна Керемясов диэки көрүтэлиир.
– Ити Маача уонна Нохтуйскай Советтарын председателлэрэ.
– Совет председателлэрэ?.. Бэйи эрэ, оттон кинилэр биһиэхэ туох наадалаах буолан кэллилэр? – Каландаришвили дьиктиргээбиттии көрүтэлиир.
– Мин Маачаҕа ийэм олорор. Эһиги ыраах сураххытын истэн, ийэбэр аҕыйах хонукка тохтообутум. Ол тохтообут кэммэр оннооҕу олохтоох баайдар биһигини, бу икки киһини кытта, икки хонуктааҕы түүн тутан өлөртөөрү гыммыттарын билэн, куотан кэллибит.
– Куотан?.. Ол аата, биһиги суолбутугар өстөөхтөр баар буоллахтара дии?
– Оннук, табаарыс командующай.
– Да-а. Сэрии. Өлөрсүү. Хаан тохтуута… Эйиэхэ, маннык эдэр киһиэхэ, бу дьүөрэтэ суох занятие. Эн саҥа үүнэн эрэр сибэккигин, эн үөрэниэххэр, олох кэрэтиттэн үөрүөххэр эрэ сөптөөҕө. Ону баара, бу сэриилэһэ сылдьыахтааххын. Олус куһаҕан!.. Суох, киһи аҥаардас кэрэни, үчүгэйи оҥорорго, айарга үөскүүр кэмэ кэлиэҕэ…
* * *
Туох да дьаамын көлөтө тук буолбат буолан, Каландаришвили этэрээтэ, дьаам аайы тохтоон, көлөлөрүн сынньата-сынньата, бытааннык айаннаан иһэрэ.
Нестор Александрович дьаамнар олохтоохторун кытта бэркэ иҥэн-тоҥон кэпсэтэр, кинилэр олохторун кыһалҕатын кытта билсиһэр. Арыт түүнү быһа кэпсэтэн баран, сарсыарда кибииккэтигэр тахсан утуйар.
– Киһи киэнэ эйэҕэһэ, мааныта тойонноох этэрээт иһэр! – диэн, кыһыллар иннилэригэр сурахтара тарҕанар. Аара, хас дьаам аайы, Каландаришвили этэрээтин дьон, мунньахха мустар курдук, тоҕуоруйан тоһуйар буолан иһэллэр. Кыһалҕалаахтар кыһалҕаларын кэпсээн, Каландаришвилиттан сүбэ-ама ылаллар.
Арыт Нестор Александрович Сэмэнчиги кытта дьоһуннаан олорон кэпсэтэр. Киниттэн Дьокуускай куорат төһө улаханын, төһө киһи олорорун, туох предприятие, ханнык оскуолалар, культура тэрилтэлэрэ баалларын ыйыталаһар.
Халлаан сырдыыта Каландаришвили этэрээтэ Никольскай дьаамыттан турар, онтон күн саҥа ойуута Нохтуйскайга кэлэр.
Дьаам дьиэҕэ киирэллэр. Нестор Александрович, сахалар олорор сэлиэнньэлэригэр кэлбиттэрин көрөн, Сэмэнчиги бэйэтиттэн араарбат. Чэйдии олорон:
– Баһаалыста, ыйыт эрэ, бу оҕонньор Советскай былааһы сөбүлүүр үһү дуу, суох дуу? – Сэмэнчиккэ кэлэн ону-маны туоһулаһа турар саха оҕонньоруттан ыйыттарар.
– Кырдьыгын эттэххэ, мин ити этэр сэбиэскэй былааскыт амтанын соччо амсайбакка сылдьабын. Эчи, былааспыт да уларыйара үксэ бэрт. Ыраахтааҕы былааһын сууллардыбыт диэн манна үөрүү буолбута. Онтон ханнык эрэ Киирээнискэй тойон былааһа буолбут диэн өрүкүспүттэрэ. Онтон эмиэ кыһыллар былаастара кэлбит, үлэһит-хамначчыт былааһа турда диэн үөрдүбүттэрэ. Ол былааспыт үчүгэйэ-куһаҕана биллэ илигинэ, аны Халчаак тойон буолбут сураҕа иһиллибитэ. Дьэ, Халчаак былааһа диэн былаас да бөҕө этэ! Харчыны куулунан сүгэ сылдьан киһи айаҕар ас булан аһаабат кэмэ кэлэ сылдьыбыта. Хата онно, бу маннааҕы, өрүс уҥуор олохтоох Сараапап атыыһыт аатын билбэт буола байбыта. Бэрдин бэрт, кини обургу Халчаак харчытын ылбат этэ. Аһын-таҥаһын чыыстай кыһыл көмүскэ эбэтэр күндү түүлээххэ эрэ биэрэрэ. Хата, ол былаас өр буолбакка абыраабыта. Эмиэ кыһыллар былаастара – сэбиэскэй былаас эргийэн кэлбитэ. Маҥнай эрэпкиэмнэр диэн тэриллибиттэрэ. Аны сэбиэттэр диэни тэрийэллэр үһү дэһэллэр дуу. Итиччэ үлүгэр уларыйыыттан киһи миигинньиктэрэ бутуллан да бардыбыт. Хайаларын чорботон бу былаас үчүгэй этэ диэхпин билбэккэ олоробун… Оттон мааҕыын өрүс уҥуортан – Маачаттан кэлэ сылдьар дьон аны ханнык эрэ «бырааттар» былаастара кэлэр үһү диэн кэпсээн өрүкүтэн эрэллэрэ дии. Онно ханнык эрэ хамыһаар уол ийэтэ олорорун…
– «Амтанын билэ иликпин» диир диигин дуу? – дии-дии, Каландаришвили мичээрдиир. – Олус бэркэ кэпсиир. Чахчыта оннук, бу дьылларга былаастар уларыйыылара элбэҕэ да бэрт, түргэнэ да бэрт. Хайа былаас туох үчүгэйдээҕин-куһаҕаннааҕын хантан билиэхтэрэй, бүгүн биир, сарсын атын буола турдаҕына… – дии-дии, Нестор Александрович туран хаамыталыыр.
– Оҕонньоор, дьэ ол хамыһаар уол ийэтин хайдах диэн иһэн ити тохтоотуҥ? – Сэмэнчик ыйытар.
– Бу сарсыарда, ол сордооҕу…
– Тугу гыммыттарый?.. – Сэмэнчик ыксыыр.
– Ханнык эрэ ол «бырааттартан» сылдьар киһи ытан кэбиспит үһү…
Сэмэнчик ойон турар, хайдах буолабын диэх курдук, Каландаришвили диэки көрбөхтүүр.
– Туох буоллуҥ? – Каландаришвили соһуйар. – Туох буолла?
– Ийэбин… Ийэбин өлөрбүттэр… – Сэмэнчик туттуммат, оҕо курдук ытаан барар.
– Ытаама!.. Ытаама, Сэмэнчик… Табаарыс Бухвалов, Асатиани этэрээтин бэлэмнээтин, мин уҥуор Маачаҕа тахсабын.
Асатиани оперативнай группатын ылан, Сэмэнчиги илдьэ Каландаришвили Маачаҕа туоруур.
Кыһыллар дэриэбинэни эргийэн ылаллар. Бандьыыттар баар буоллахтарына, баҕар, ытыалаһыахтара диэн, бэлэмнэнэллэр. Ытыалаһыахтааҕар буолуох, киһи да баара көстүбэт. Дэриэбинэ олохтоохторо, этэрээт иһэрин көрөн, бары саһан хаалбыттар.
Каландаришвили уонна Сэмэнчик буолан этэрээти дэриэбинэҕэ киллэрэллэр. Уулуссаҕа ыт охсор киһи көстүбэт. Оол курдук атыыһыт дьиэтэ багдайан турар. Дьиэ сорох түннүктэрин ыстаабаннара сабыылаахтар.
– Сэмэнчик, ханна барабыт? – Каландаришвили ыйытар.
Сэмэнчик ханна барыан, ийэтин ханна өлөрбүттэрин бэйэтэ да билбэт. Өлөрөн баран уулуссаҕа бырахпыттарын көрдүүрдүү көрүтэлиир. Онтон, сүбэлэһэ түһэн бараннар, атыыһыт дьиэтигэр тиийэллэр. Дьиэ таһыгар тыынар тыыннаах баара көстүбэт, оннооҕор ыттара үрбэт. Нестор Александрович ааны тоҥсуйар. Ким да саҥарбат. Сэмэнчик ааны тардар. Аһаҕас эбит. Киирэллэр. Аан хоско ким да суох.
– Хм!.. Хм! – диэн Каландаришвили көхсүн этиппэхтиир.
– Ким эмит бааргын дуо?! – Сэмэнчик хаһыытыы былаастаан ыйытар. – Саманна тахсыҥ!
Түгэх хоско туох эрэ тыаһа иһиллэр. Онтон атах тыаһа. Аан аһыллар. Наһаа куттаммыт дьүһүннээх хамначчыт дьахтар тахсар.
– Эйигиттэн ураты киһи баар дуо? – Сэмэнчик ыйытар.
– С-су-ох…
– Дьиэлээх тойон ханнаный? – Каландаришвили ыйытар.
– С-суох, наадатыгар ханна эрэ барбыта… – дии-дии, дьахтар титирэстиир.
– Куттаныма, биһиги өлөрбөт, талаабат дьоммут, – Каландаришвили дьахтары уоскутардыы кэпсэтэр.
– Мин ийэм? – Сэмэнчик ыйытар.
– Ким билэр… мин тугу билиэмий?..
– Манна туох буолбутай? Дэриэбинэ дьоно ханна баран хааллылар?
– Билбэппин…
– Мин ийэбин өлөрбүттэр, ол кырдьык дуо?
– Кырдьык үһү… Били Яковлев алҕас ытан кэбиспит дииллэр.
– Кини?.. Ханна баарый?
– Ким ханна баарын ыйытаҕыный?.. – дьахтар өйдөөмүнэ, хардары ыйытар.
– Мин ийэбин өлөрбүт?.. Яковлев?
– Ээ-э, куоппута буолуо…
– Ханна?
– Эр дьоннор билэллэр… Мин ону билбэппин…
Маайа дьиэтигэр кэлбиттэрэ – тиэргэҥҥэ уруккуттан туох да ураты уларыйыы тахсыбыта көстүбэт. Сэмэнчик дьиэ аанын аһыан дьулайар курдук туттар. Ону өйдөөн, Нестор Александрович кэлэн ааны аһар. Маайа оһох аттыгар тиэрэ түһэн сытара. Чабырҕайыттан хап-хара хаан сүүрэн түһэн сирэйигэр хаппыт.
Сэмэнчик ону көрөн, сымыһаҕын быһа ытырар, көхсүн иһэ кыынньан эрэр курдук кырылаан, ытыыр.
– Сэмэнчик, тахсыах! – диир Каландаришвили.
Таһырдьа Маайа Сэмэнчик ис таҥаһын сууйан куурда ыйаабыта тыалга хамсыы турара. Сэмэнчик ону көрөөт, ийэтэ өлө сытарын итэҕэйбэт, дьиэтигэр төттөрү сүүрэн киирэр. Ытыы-ытыы, туох да бокуойа суох ийэтигэр баран саба түһэр:
– Ийэкэ-э, эн тыыннааххын… Көр, бу мин кэллим!
Маайа хамсаабат. Бэйэтин тыынынан Сэмэнчик ийэтигэр тыын киллэриэххэ, сүрэҕин сылааһынан ититиэххэ дылы муҥнанарын көрөн туран, Нестор Александрович хараҕын уутун соттуммахтыыр.
Аан аһыллар. Настя киирэр. Кыыс, куттаммыт дуу, соһуйбут дуу курдук, киирбит аанын аттыгар турар. Сэмэнчик кини киирбитин өйдөөн көрбөт, ийэтин өлүгүн кууһан ытыы сытар.
– Сэмэнчик, ытаама… – Настя хараҕа толору ууламмыт, сэҥийэтэ биир кэм ибигирэс буолбут.
Уол турар, Настяҕа кэлэр:
– Мин ийэм тугу оҥорбутун иһин өлөрдүлэр?
– Тугу оҥороохтуой…
Асатиани киирэр.
– Табаарыс Асатиани, – диир Каландаришвили, – сибилигин Сэмэнчик ийэтин көмнөрөргө дьаһалла ыл!
Ити күн Каландаришвили дьоно манна тохтоон Маайаны көмөллөр.
Кыһыл этэрээт туох да карательнай миэрэни туттубатаҕын көрөннөр, саспыт дьон дьиэлэриттэн дьэ тахсаллар. Кинилэр кэпсээннэринэн, Маайаны бу сарсыарда Дьаакыбылап өлөрбүт. Ол гынан баран туохтан төрүөттээн ыппытын ким да билбэт.
Киэһэ кыһыл этэрээт Нохтуйскайга төннөрүгэр Настя Сэмэнчиктиин быраһаайдаһа туран этэр:
– Сеня, этэҥҥэ сырыт… Мин эн кэлэргин көһүтүөм… Истэҕин дуо? Көһүтүөм, хайаан да кэлээр!
– Ийэм суох… Аны манна кимим баар диэн кэлиэхпиний?
– Мин эйигин көһүтүөм…
– Дьонуҥ сөбүлээбэттэр буолбат дуо?
– Сеня, эн онно кыһаныма…
VКиэһэ Маайа, дьиэтин хатаан баран, ыалга тахсан хоммута. Кини Сүөдэркэ киириэ, эмиэ сорбун сордуо диэн сэрэйэр этэ. Ити курдук Маайа хас да хонукка Сүөдэркэттэн саһан сылдьыбыта.
Дьиэм тымныйан хаалыа диэн, оһоҕун отто биир сарсыарда эрдэ туран дьиэтигэр киирбитэ. Көмүлүөк оһох суоһуттан тоҥ хаһаа буолбут дьиэтэ сылыйар. Уокка уурбут солуурдаах уута итийэн сыыгыныыр.
«Оҕом ис таҥаһын сууйан бэлэмнээн кэбиспэккэ», – диэн, Маайа оҕотун таҥаһын сууйан барар. Ол турдаҕына Сүөдэркэ Дьаакыбылап тэлэкэччийэн киирэр.
– Маайа, хайа үөдэҥҥэ саһа сырыттыҥ?.. Булуо суоҕа диэн саспытыҥ дуо? – дии-дии, олоппоско олорунан кэбиһэр.
– Ханна даҕаны саспатаҕым. Үлэлии сырыттаҕым дии. Мин үлэлээтэхпинэ эрэ айахпын ииттинэр киһибин. Хата, били мин Сүөдэрим туһунан тугу эрэ кэпсиэх буолан эрэриҥ дии, кэпсээ эрэ.
– һэ!.. Үчүгэйдик күндүлээ. Саҥаны даҕаны киһи соболоҥо суох саҥарбат!
– Күлүү-элэк оҥосто киирбит буоллаххына, киэр буол, таҕыс!
– Бэйи, аргыый буол… Чэ, кэпсиим даҕаны, – дии-дии, Сүөдэркэ кулук-халык туттар.
Маайа, бэйи тугу кэпсиир эбит диэн, илиитин сотто-сотто олорор.
– Били Бодойбоҕо аймалҕаны таһаарбыт Аҥаар Харах ороспуой диэн тура сылдьыбыт сураҕын иһиттиҥ ини?.. Дьэ, ол киһи, хойут мин истибитим, эн Сүөдэриҥ сылдьыбыт эбит…
– Ким итэҕэйиэн, сымыйаны лахсыйыма. Мин Сүөдэрим киһи курдук икки харахтаах этэ уонна хаһан даҕаны ороспуой буолуо суоҕа, – Маайа кэлэйбиттии киэр сапсыйан кэбиһэр.
– Итэҕэйбэтэргин итэҕэйимэ, истибиппин кэпсиибин.
– Онон-манан кубулдьутума, кини билигин тыыннаах дуу, суох дуу? Ону кэпсээ! Ханна баарын билэр буоллаххына, ону эт!
– Тыыннаах буолумуна, кинини эмиэ туох сиэтэҕэй. Дьокуускайга милииссийэлиир диибин буолбат дуо?
– Оччоҕо, ол Аҥаар Харах ороспуойунан тоҕо эргитэҕиний?
– Илэ-чахчыны этэбин. Сылгыһыт Бодойбоҕо кэлэн «Аҥаар Харах» диэн ороспуой буола сылдьыбыт. Кинини билэр дьон кэпсииллэр.
– Сымыйаҥ. Дьон да кэпсиир буоллахтарына, сымыйаны кэпсииллэрэ буолуо. Хата, эт эрэ, эн кинини көрбүтүҥ дуо? Дьонтон истибиккин кэпсиигин дуу?
– Көрөн… Дьокуускайга көрбүтүм. Хата, кини миигин өйдөөн көрүмүнэ ааспыта.
– Көрбүт буоллаххына, икки харахтааҕа дуо?
– Икки харахтаахха дылыта дии.
Маайа бу Сүөдэркэ кэпсиирин эмиэ да итэҕэйиэн баҕарар, эмиэ да, «миигиттэн араҕымаары, сылтах булунар кэпсээнэ буолуо» диэн, саарбаҕалыыр.
Сүөдэркэ, олорбохтуу түһэн баран, Маайа таҥас сууйан барбытын көрөн, турар.
– Маайа, мин эйигин таптыырбын хайдах итэҕэйбэккиний? Тоҕо үчүгэйдик кэпсэппэккиний?
– Эйигин сөбүлүүрүм эбитэ буоллар, били аан бастаан ыйыттара тиийэргэр эргэ тахсыбыт буолуо этим. Хойут таптыам диэн хаһаанан барбатах үһүбүн дуо? Мин тапталым халбаҥнаабат. Ол тапталбын оннооҕор төрөппүт ийэбиттэн-аҕабыттан ордорбутум, оннооҕор кулуба аҕам баайыттан ордорбутум. Ол тапталбыттан оннооҕор эн дьоҥҥор хамначчыт буолар соругар киирэ сылдьаммын, аһыыр аһа, таҥнар таҥаһа суох буолар кыһалҕатын көрө сылдьаммын кэмсиммэтэҕим. Түксү, эн аны итинэн миигин мискийимэ!
– Маайа, билигин улахан сэрии буолаары турарын билбэккин дуо?
– Суох… Ол эмиэ туохпут сэриитэй? – Маайа бандьыыттар баар буолбуттарын туһунан Сэмэнчик Иван Усовка кэпсээбитин истибитэ да буоллар, саҥа истибит курдук туттар.
– Истиэххин баҕардаххына, биһиги сотору былааһы ылыахпыт, кыһыллары барыларын кыргыахпыт, көрөөр даҕаны, истээр даҕаны. Оччоҕо мин уобалас биир тойоно да буоллахпына көҥүлүм. Маайа, эйигин, атын киһиэхэ эргэ тахса сылдьыбыта, уола хамыһаар этэ диэн, атаҕастыам-баттыам суоҕа…
– Суох… Истэҕин дуо, суох!..
«Бэйи куттуохха, сиирэ-халты ытыалаатахпына, кэм дьахтар дьахтара өтөр ини», – дии саныыр Сүөдэркэ.
– Дьэ, оннук буоллаҕына, мин эйигин сибилигин ытан кэбиһиэм!..
– Ытаргынан куттаама, олох куттаммаппын!
– Оннук буоллаҕына… – диэт, Сүөдэркэ бэстилиэтин ылан Маайаны кыҥаан оччойор. Сонно тута ытан хабылыннарар.
Маайа табыллыбытын-табыллыбатаҕын өйдөөбөт. Ханан даҕаны этэ ыалдьыбат.
– Кыыһырбычча, сыыһа туттан кэбистим ээ! – дии-дии, Сүөдэркэ бэстилиэтинэн оонньуур. – Чэ, бүтүгэс ыйытыым: сөбүлэһэҕин дуу, суох дуу?..
– Суох…
Сүөдэркэ мичээрдии-мичээрдии Маайаҕа ыкса хааман кэлэр:
– Ити мин оонньуу оҥостон… Ыта соруммутум буоллар, ама таппат бэйэлээх буолуом дуо!
Маайа, саҥата суох көрөн турбахтаан баран, сууйбут таҥаһын туппутунан таһырдьа тахсар. Сүөдэркэ эмиэ тилэх баттаһан тахсыһар.
Маайа, оҕотун таҥаһын куурда ыйаан баран, дьиэтигэр киирээри гыммытын ааныгар Сүөдэркэ күөйэ турунан кэбиһэр.
– Маайа, кэбис, эйэлэһиэх… Мин ааттаһабын!..
– Ычча, аантан киэр буол, тоҥнум, – дии-дии, Маайа Сүөдэркэни киэр анньа сатыыр.
Сүөдэркэ, ону туһанан, Маайаны кууһа охсон ылар. Маайа төһө күүһэ баарынан түөскэ саайар.
– һэ-э, сэгэрим, хаҥыл сылгыга дылы буолаҥҥын!.. Өлөрүҥ ордук дуу, миэхэ кэргэн буоларыҥ, мааныга, баайга сылдьарыҥ ордук дуу?.. Чэ эрэ, тал!
Маайа сирэйэ чоххо баттаабыт курдук буола түһэр, Сүөдэркэни сирэйин тыаһатан кэбиһэр.
– Э-ээ, итинник буоллаҕына, дьэ, кырдьык, сырдык күҥҥүн кытта бырастыылас!.. – эмиэ бэстилиэтин сулбу таһыйан таһаарар.
«Сиэхсит дьэ сиэри гынна, – дии саныыр Маайа. – Ол эрээри маннык сидьиҥҥэ кэргэн буолуом кэриэтин…»
– Туоххар эрэнэҥҥин, бу курдук өчөһөҕүнүй?
– Хаспытын бу курдук батыһа сылдьан сордуур үһүгүөн. Эн даҕаны хаһан эрэ муҥур үтэһэҥ туолар баҕайыта ини!..
Сүөдэркэ аантан халбарыйар. Маайа дьиэтигэр киирэр. Илиитин оһоҕун уотугар сырайа турдаҕына, Сүөдэркэ эмиэ бэстилиэтин сомуогун туруорар.
– Маайа, чэ, иккиттэн биирэ: эбэтэр миэхэ кэргэн буолаҕын, эбэтэр мин сибилигин ытан кэбиһэбин!
– Ыт!.. – дии-дии, Маайа утары хайыһан биэрэр.
Маайаны сүүһүн хаба ортотунан көрөн кыҥаан баран, чыыбыһын аргыый тарда-тарда, халбарыччы соҕус туттан эрдэҕинэ, эмискэ бэстилиэтэ эстэн түптэ саалла түһэр… Маайа оһоҕун иннигэр сууллан түһэр.
– Ма-а… Маайа! Алҕас… Ама, таппыт үһүбүөн… Өлөрбүт үһүбүөн?.. – диэбитинэн Сүөдэркэ Маайаҕа ыстанан тиийэр, төбөтүн өрө көтөҕөр – Маайа уҥа чабырҕайыттан сып-сылаас хаан сүүрэн түһэр.
Сүөдэркэ Маайа төбөтүн ыһыктан кэбиһэр.
«Алдьархай-ы-ы!» диэбиттии, аан аһыллан хаачыгырыыр. Өрө көрө түспүтэ – ааны бүөлүү Васька Барсуков барыара түһэр.
– Кыһыл-лар!.. – диэн хаһыытыыр.
Сүөдэркэ куйахата ытырбахтаан ылар.
– Кыһыллар да-а?.. Манна кэллилэр дуо?..
– Уҥуор… Нохтуйскайга чугаһаабыттар үһү… Хайа, бу дьахтар тоҕо сытарый?.. О-о, өлөрбүккүн дуу?..
– Табалар?..
– Бэлэмнэр…
Өлөрүөхсүт Сүөдэркэ Дьаакыбылап ити күн, Каландаришвили этэрээтэ Нохтуйскайга кэлэн эрэр сураҕыттан уолуйа куттанан, «бырааттарыныын» сиһи быһан Чаара өрүһүгэр Толстоухов этэрээтэ кэлэн олорор сиригэр – Бэс күөлүгэр түһэр.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.