Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 45

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 45 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Ама, хоргуппута буолуо дуо? – диэн санаа Сэмэнчиги аалар. – Суох, күн сарсын мин кинини көрүстэхпинэ, кэпсэттэхпинэ табыллар… Настя өйдөөх кыыс, мин этэрбин ылыныа.

Маайа, уола оронугар өрө мөхсө сытарын билэн:

– Тоойуом, тоҕо утуйбаккыный? – диир.

– Ээ, итииргиибин дуу, ханнык дуу… Уум кэлбэт.

Маайа нухарыйан барар. Ол курдук утуйар-утуйбат сытан иһиттэҕинэ, Сэмэнчик сотору-сотору үөһэ тыынар, тугу эрэ ботугуруур.

– Сэмэнчик, утуйа иликкин дуу?

– Ийэ-э, уум кэлбэт диибин ээ, – диэт Сэмэнчик улаҕаа диэки хайыһар.

Маайа оронуттан туран оҕотугар тиийэр, орон сыҥаһатыгар олорор, суорҕанын көннөрөр.

– Тоойуом, миигиттэн тугу даҕаны кистээмэ. Оҕо ийэтиттэн тугу даҕаны кистээбэт куолута. Тоҕо ууҥ кэлбэтий? Туох буоллуҥ?.. Ыарыйдыҥ дуу? – дии-дии, Маайа ытыһын уолун сүүһүгэр ууран көрөр. Суох, Сэмэнчик ыалдьыбыт чинчитэ суоҕа.

– Ийээ, тугу даҕаны кистээбэппин ээ, көннөрү уум кэлбэт…

– Баҕар, туох куһаҕан сураҕы иһиттиҥ дуу?.. – Маайа куттаммыт куолаһынан ыйытар.

– Ийээ, суох, туох даҕаны куһаҕаны истибэтим.

– Оннук эрэ буоллун. Аны эмиэ былаас уларыйыа диэн куттана саныыбын ээ… Тугу эрэ иһиттэххинэ, миигиттэн кистээбэт буол. Сөп дуо, тоойуом?

– Суох, ийээ, кистиэм суоҕа, – диир Сэмэнчик.

– Эн бачча киһи буоларгар аҕаҥ сордоох тиийбэтэҕэ баар…

– Аҕам, баҕар, тыыннааҕа буолуо, – Сэмэнчик ийэтин ыар кутурҕаннаах санаатын аралдьыта сатыыр.

– Суох, тоойуом, тыыннааҕа буоллар, ама, биһиэхэ биллибэттээх буолуо этэ дуо, биллиэ этэ. Суох буолан биллээхтээбэт ини, – Маайа үөһэ тыынар.

– Ийээ, мин Нам улууһугар тахсан Толлордооххо олоро сылдьыбытым ээ.

– Ол эрэйдээхтэр тыыннаах эбиттэр дуу?

– Тыыннаахтар. Аҕабын уонна эйигин бэркэ ахталлар.

– Эрэйдээхтэр…

– Ийээ, биир киэһэ Толлор оҕонньор миэхэ эһиги Дьаакыбылап кулубаттан суутунан ылбыт дьиэҕитин уоттаабыттарын кэпсээбитэ ээ…

– Дьаакыбылап ойоҕо тыыннааҕа дуу?

– Тыыннаах үһү. Уола Колчак кэмигэр милициялаан сылдьыбыта.

– Баҕайы, атыыһыттыырын бырахпыт эбит дуу?

– Ким билэр, кинини мин Лэгиэнтэй атыыһыттаахха, Киллэм дэриэбинэтигэр көрсүбүтүм.

– Хата, билбэтэ дуо?.. – Маайа соһуйа истэр.

– Билбэтэҕэ. Билбитэ буоллар, хайыа эбитэ буолла?!.

Маайа балайда саҥата суох олорбохтуур.

Ийэтин аралдьытаары гыммыта дуу, биитэр, туох диир эбит диэн, санаатын билээри эппитэ дуу, Сэмэнчик ыйытар:

– Ийээ, Настяны… Ити Сараапаптаах кыыстарын билэҕин дуо?

– Билэн диэн… Оттон… тоойуом, ону тоҕо ыйыттыҥ?

– Ээ, бэйэм, сытыахтааҕар… Күн тахсыах буолла, ийээ, утуйуох эрэ.

– Миигиттэн тугун кистиигиний? Кыыһы таптыы көрбүт буоллаххына… Ол эрээри Сараапап атыыһыт күтүөт оҥостуон дьэ өйүм хоппот.

– Тоҕо?

– Эйигин, дьадаҥы хамыһаары, баайын, лааппытын былдьаабыт киһини, күтүөт оҥостуо дуо? – Маайа оҕотун баттаҕын имэрийэр.

Сэмэнчик, ийэтиттэн сааппыт курдук, сирэйин суорҕанынан саптар.

– Тоойуом, таптыыртан киһи сааппат куолута! – Маайа оҕотун оронуттан турар. – Ол эрээри бэйэҕэр дьүөрэтэ суоҕу таптаары гыммыккын ээ.

Сэмэнчик оронугар олоро түһэр.

– Бэйи эрэ, тоҕо дьүөрэтэ суох буолуохтааҕый?.. Эн эмиэ, баай ыал кыыһа, мин аҕабар, ыал хамначчытыгар, сөптөөҕүм диэн, тахсыбыт буолбаккын дуо?

– Мин туһум туспа. Оччотооҕуга билиҥҥи курдук былаас былдьаһыыта суоҕа. Мин аҕам күтүөтүн дьадаҥытын эрэ иһин сөбүлээбэт этэ, оттон билигин Сараапап эһикки иккиэн бэйэ-бэйэҕитигэр кыр өстөөххүт!

– Ийээ, кыайбыт кыайтарбыкка өстүйүө суохтаах. Биһиги баайдары кыайдыбыт, кинилэр былаастарын эстибит. Билигин биһиэхэ хайдах табылларынан, хайдах сөп буоларынан кинилэри дьаһайыахпыт.

– Тоойуом, эһиги өстүйбэтэххит иһин, кини, баайын былдьаппыт киһи, өстүйэр буоллаҕа дии, – Маайа оһоҕор уот оттон, чэй өрөн барар. Уҥа түннүктэринэн саҥа тахсан эрэр күн сардаҥата күндээриччи тыгар, ханна эрэ кэҕэ этэр.

VI

Лааппытын, табаарын, ыскылааттаах аһын ревком былдьыаҕыттан бэттэх Сараапап атыыһыт дьиэтиттэн быкпакка олорор. Дьон тугу кэпсэтэрин, дэриэбинэҕэ туох сонун баарын күннэтэ аайы Петухов уонна Юшмин киирэн кэпсииллэр. Лааппы маҥнай аһылыннаҕын киэһэ Юшмин киирэн:

– Дьэ, «сутука курдар» олус күннээн эрэллэр.

– Күннээннэр хайдах буолалларый?

– Эн улахан, саҥа лааппыгын «Народнай лааппы» диэн ааттаабыттар. Арсыынай табаары били мин куучарым буолааччы Доҕолоҥ Кузя атыылааччы буолбут, оттон ас өттүн ревком Усов ойоҕо туппут.

Сараапап саҥата суох иҥиэттэн эрэ кэбиһэр.

– Киһи тугу эмэ саҥараары гыннаҕына, ревкомунан куттууллар, – Юшмин көхсүн этиппэхтиир.

Хойутуу соҕус Петухов мэҥийэн киирэр.

– Кузьма Петрович, дьон үксүн саҥата баайдартан быстыбыт-ойдубут буолбут. Хамначчыттар саҥа былааһы хайдах хайҕыахтарын булбаттар. Хайҕаамыналар даҕаны: били Юхим Панаевка буор босхо таҥас уонна ас быһа тарыйан биэрдилэр. Ону көрөн Серкин Семен: «Хайа, мин да быстыбыт киһибин дии, миэхэ эмиэ аҕалыҥытыый!» – диэн көрдөстө… Биһиги кинини: «Көрдөө!» – диэн кикпиппит.

– Биэрдилэр дуо?

– «э, эйиэхэ биэрэллэр ээ! Хата, Серкин аччыгый уола аҕатын кырбаабата эрэ, тугу да саҥардыбат…

Ити киэһэ кыыһын ыҥыран ылан, Сараапап ким да истибэтинэн, хатанан олорон, кэпсэтэр.

– Тоҕо дьиэҕэр олороҕунуй, оонньууга барыаххын?

Кыыс, килбигийбит курдук, сирэйин кистии туттар:

– Мин кинилэр оонньууларыгар сылдьыахпын баҕарбаппын.

– Мин тылбын өйдөөн иһит. Били үнүрүүн мунньахтара буолуон иннинээҕи хороводка эйигин кытта комиссар уол…

– Тятя, мин кинилэр оонньууларыгар барыам суоҕа!.. – Настя сирэйэ чоххо баттаабыт курдук буола түһэр, кыккыраччы аккаастанан кэбиһэр.

– Тоҕо?

– Миигин аны хаһан киһи диэхтэрин… «Атыыһыт кыыһа» диэн абааһы курдук көрөллөр ини.

– Истэҕин дуо? Эн улахан киһигин буолбат дуо?.. Ити комиссар уолу кытта билистэххинэ, ким даҕаны ол курдук этиэ суоҕа. Мин кинини бэйэбэр тардаары гынабын. Ол иһин этэбин, сүбэлиибин. Өйдөөтүҥ дуо?

Ити киэһэ Настя дьиэтиттэн ханна да барбат. Нөҥүө эрэ киэһэтигэр, аҕатын модьуйуутунан, дьэ тахсар. Ол тахсан даҕаны ыччаттар оонньуур сирдэригэр тиийбэт. Настя иһигэр саныыра: «Туохтан үөрэммин оонньуулаах-көрдөөх буолуохтаахпыный? Тятям лааппытын, баайын барытын былдьаан ыллылар, баайы билигин уоруйахтааҕар куһаҕаннык көрөллөр ини».

Ол курдук сырыттаҕына, Сэмэнчик ситэн кэлэр.

Кыыһа комиссар уоллуун сэргэстэһэ хааман иһэллэрин Сараапап ыстаабанын хайаҕаһынан көрөр. Дьиэ аттыгар кэлээт, кыыһа тоҥкуруун баҕайытык арахсыбытын көрөн:

«Акаары!» – диэн, иһигэр мөҥүттэ турбута.

Кыыһа киирэрин кытта, утары хоһуттан тахсан, хатыылаах баҕайытык көрүтэлиир.

– Хайа, уолу көрүстүҥ дуо?

Кыыс, килбигийбит курдук, саҥарбат.

– Дьүлэй буолан хаалбыккын дуу?.. Тоҕо саҥарбаккыный?

– Көрүстүм.

– Көрсүбүккүн көрбүтүм… Тугу кэпсэттигит?

– Суох, – Настя баһын быһа илгистэр.

– Хайдах, тугу да кэпсэппэтигит дуо?

– Тоҕо оонньууга көстүбэккиний? – диир.

– Онуоха?

– Аҕам баайын былдьаабыккытыттан үөрэн дуо? – диибин.

– Онуоха?

– Эн аҕаҥ хайдах байбытын маннааҕы дьон бары бэрт үчүгэйдик билэллэр диир…

– Акаары, тугу ситиһээри мөккүһэҕиний? Аны хаһан даҕаны кинини кытта мөккүспэт буол.

Кыыс саҥарбат. Хос иһигэр ким да суоҕун курдук, чуумпу буолар. Кыыс хам-хаадьаа аҕатын диэки кылап гына көрөн ылар.

– Итинтэн ураты тугу даҕаны кэпсэппэтигит дуо?

– Сарсын мантан барабын диир…

– Ээ, дьэ!.. Буоллаҕа ол. Сарсын барыан иннинэ хайаан да быыстаан көрүс. Эн муҥутахсыйыма, көрүстэргин эрэ бэйэтэ кэпсэтиэҕэ. Ханна төһө өр буола барарын бил, сатаныах буоллаҕына, тохтуу түһэрин курдук кэпсэт. Тоҥкурууннук туттума, үчүгэйдик, сыстаҕастык кэпсэтиэххэ наада.

– Тятя, мин кинини…

– Эн кинини сөбүлээ-сөбүлээмэ, мин тугу этэрбин барытын толор!..


Кузьма Петрович бу түүн аанньа утуйбат. «Сарсыарда тураат кыыһы ыытыллыа!» – диэн быһаарар. Түүн үөһэ ааһан эрдэҕинэ дьэ утуйан барар. Утуйан да диэн, хайдах хараҕын симэрин кытта, түһээтэҕинэ: Аччыгый Чиппикиэт үрэҕин баһыгар Салаайаптыын сылдьар эбит; уонча сыллааҕыта онно көмүстэтэ ыыппыт аҕыс киһилээх артыалыгар тиийбиттэр; хатырыгынан оҥостубут хомолхолорун иһигэр тордуйа курдук иһиттэри тобус-толору кыһыл көмүс кутулла сытар эбит; «Оо, маны барытын соҕотоҕун бас биллэрбин!» – дии саныыр; Салаайап көрбөтүнэн кини кыһыл көмүһү ыстаанын сиэбигэр куттар; ол кутта турдаҕына, артыал дьоно биирдэ саба сырсан киирэннэр кинини тараччы тутан ылаллар.

«Түөкүнү манна өлөрөн кэбиһиэххэ!» – дэһэр саҥалар иһиллэллэр; олус куттанар, «өлөр күнүм дьэ кэллэҕэ», – диэн санаа охсуллан ааһар; «Салаайап ханна баран хаалла? Тоҕо миэхэ көмөлөспөтүй?» – дии саныыр, ыксыыр; төлө мөҥөн куота сатыыр… Уһуктубута – эт-этэ барыта ибис-инчэҕэй буола тириппит, сүрэҕэ хамсаабыта диэн сүр. Куттаммыта түүл буолбутун өйдөөн, дьэ уоскуйар. Сотору саҥа тахсан эрэр күн көмүс сардаҥата ыстаабан хайаҕаһынан, көмүс сабы сыыйа тардыбыт курдук, тыргылла түһэр.

«Туох түүлүн түһээтим буолла, хайдах тойоннуохха сөбүй?» – диэн, оронугар таалан сытан, түүлүн быһаара сатыыр. «Кыһыл көмүс – киһи хаана буолуохтаах… Мин ити дьонтон көмүстэрин ылбытым буоллар, кырдьык да, баҕар, большевиктар хааннарын тоҕон көрүө этибит. Ону баара ити… Ээ түүл диэн, тугу быһаарбыт үһү…».

Күн балайда ойбутун кэннэ дьиэлээх тойон туран чэйдиир. Ол олорон кыыһыгар:

– Настя, аһаан бүттэххинэ, били комиссар уолга бара сылдьаар эрэ, – диэн бэҕэһээ киэһээҥҥи сорудаҕын санатан биэрэр.

Кыыс, сирэйэ кытаран хаалан баран, тугу да саҥарбакка олорор.

Дьиэлээх хотун хатыылаахтык кэргэнин диэки көрөн кэбиһэр:

– Оҕону онон-манан кыһарыйан түһэҥҥин, ол хамначчытыҥ уолугар биэриэххин баҕарбыт буоллаххына, бэйэҥ да баран кэпсэтиэ эбиккин дии!

– Акаары дьахтар, тугу өйдүүргэ дылы…

Сараапап атыыһыт хаһан да кэргэнигэр ис санаатын эппэт үгэстээҕэ. Кырдьыга, Василиса киниэхэ сүбэһит буолар да кыаҕа суоҕа. Хата ол оннугар, тугу истибитин хаһан да иҥиннэрбэт буолара, хас билсэр дьахтарын аайы кэпсии сылдьар аһаҕас айахтааҕа. Оо, тугу оҥорбутун, дьону хайдах албынныырын, көрдөрөн туран балыйарын кэргэнигэр кэпсиирэ эбитэ буоллар – хаайыллыбыта ырааппыт буолуо этэ.

Чэйдээн бүтэн эрдэхтэринэ, Серкин улахан уола киирэн кэлэр. Хара бэйэтэ кубарыйыар диэри эргэрбит сукуна хортууһун уста охсоот, таҥара күлүгэр кириэс охсуммахтыыр. Онтон, тугу да гыныан булбатах киһи курдук, аан аттыгар тэпсэҥнии турар.

– Аҕаҥ ыытта дуо? – Сараапап уолтан ыйытар.

– Суох, бэйэм киирдим.

– Тоҕо киирдиҥ?

– һэ-һэ, эйиэхэ тугу эрэ кэпсээри гынабын… – уол, бэттэх кэлиэх курдук гына-гына, чугуруҥнуур. Атыыһыт турар. Кыыһын диэки көрөн баран:

– Настя, сотору баран кэлээр, – дии-дии, ойоҕос хос аанын аһар. Серкин уолун онно ыҥыран киллэрэр.

Хоско киирээт, уол ымайыаҕынан ымайар:

– һэ-һэ, тойон атыыһыт, биһиги Алешабыт коммунистарга киирбит…

– Кэл манна, олор, үчүгэйдик кэпсээ!

– Алеша ревкомҥа суруксут буолбут. Миигин аҕам кини тугу гынарын биллэрэ ыыппыта… һэ-һэ, ону бараммын билэн киирдим.

– Үчүгэй. Ревкомҥа суруксуттуур диигин дуу?

– һэ-һэ, суруксуттуур… Хас киэһэ аайы сахалыы үҥкүү тылын этэр үһү.

– Туох диэн ис хоһоонноон этэр үһүнүй?

– Коммунистары, саҥа былааһы хайгыыр үһү. Аҕам киниэхэ олус кыыһырар.

– Эһигиттэн барбыта дуо? – Сараапап сибигинэйэ былаастаан ыйытар.

– Баран… Ханна эрэ хоно сылдьар үһү.

«Бэл Серкин уола большевиктарга кыттыһар. Уонна баран киһини итэҕэйэ сырыт» – дии санаан, атыыһыт сонньуйан ылар.

– Ноко-о, комиссар уолга баран кэлбэккин ээ!.. Баара дуу, барбыта дуу, билиэххэ баар этэ.

– һэ-һэ, билэн буоллаҕа дии!

– Чэ, баран билэ охсон кэл эрэ!

Серкин уола тахсан барар. Атыыһыт биир сири тобулу көрөн баран саҥата суох олордоҕуна, хоһун түннүгүн аннынан таһырдьа бөтүүк ыллаан хайа барар. Онтон соһуйбут курдук, Сараапап түннүгүн көрө түһэр. Күн уота сырайбыт түннүгэр биир сахсырҕа сүүрэкэлии сылдьара. Түннүк тааһын кыйа сүүрэн дыгырыйан иһэн эмискэ, субу манан дьөлө көтөн тахсыбыт киһи диэххэ айылаах, төбөтүн тааска анньа сылдьан, өрө көтөн ыла-ыла биир сири тула үүттүү сатыыр.

«Ээ, эмиэ биһиги курдук, кэлэр-барар сирин булаахтаабатах эрэйдээҕий», – дии саныы-саныы, хаһаайын кэлэн түннүгүн тэлэччи аһан биэрэр. Хос иһигэр сааскы сылаас салгын сайа охсон киирэр. Ханна эрэ, дэриэбинэ кэтэҕэр, атыыр оҕус айаатаан эҥсэлийэрэ иһиллэр. Туох эрэ тиэтэллээх үлэни үлэлии олорон аралдьыйан баран өй ылбыт киһи курдук, Сараапап түннүгүн саба тардына охсор. Хос иһэ эмиэ чуҥкуйа чуумпурар. Атыыһыт түннүгүн аттыгар турбахтаан баран, аа-дьуо төттөрү-таары хаамыталыыр.

«Кимнээхтэри киһи кытыннарыан, эрэниэн сөбө эбитэй? Манна киһи эрэнэр, көмө оҥостор көдьүүстээх киһитэ да диэн ити иһигэр өссө суох даҕаны ээ…»

Калитка аһыллар тыаһа иһиллэр. Кузьма Петрович түннүгүнэн көрбүтэ: Серкин уола тиритэн-хорутан мөлөкөччүйэн киирэн эрэр. Уол, билиилээх ахан киһи буолан, тэтимнээхтик дьиэ иһигэр көтөн түһэр, сүүһүн көлөһүнүн хортууһунан туора-маары соттумахтаат:

– Уҥуор, Нохтуйскайга тахсаары олорор, – диэн, тыын быһаҕаһынан тыына-тыына, төлө биэрэр.

– Оргууй!.. Дьүлэй буолбатахпын ээ, истэбин.

– һэ-һэ, ити олус тиэтэлинэн сылдьан…

– Комиссар уолга тиийэн тоҕо кэллим диэтиҥ?

– һэ-һэ, бырааппын… «Алеша манна баар дуо?» – диэн ыйыттым.

– Ээ, дьэ, маладьыас, сөп сылтаҕы булбуккун!.. – «Көр, бу уолу киһи кыһалҕатыгар туһаныыһык ээ!» диэн, Сараапап иһигэр хайгыы саныыр. – Дьэ онно?..

– Онно… Онно, бэйи, туох диэтэ этэй?.. Э-э, «ревкомҥа буолуо», – диэтэ. Онтон: «Бүгүн уҥуор тахсаҕын дуо?» – диэтим…

– Тьфу, акаары, барытын сирэйинэн этэн биэрбиккин буолбат дуо? – «Били хайдах кэпсэтиэҕин кигэн ыытымынабын», – Сараапап аны кэмсинэ саныыр.

– Суох… Суох… Эппэтим! Кини онуоха: «Онно тоҕо наадыйдыҥ, тахсыһаары гынаҕын дуо?» – диэтэ. Ону: «Суох, аҕам тахса сылдьар наадалаах», – диэтим. Дьэ онуоха: «Тахсыһар буоллаҕына, биэрэккэ киирдин», – диэтэ.

– Оо, дьэ, бэйэм тахсар наадалаахпын диэҥ этэ буоллаҕа дии. Чэ, ничего. Билигин оччоҕо маннык гыныахха: уҥуор эн бэйэҥ тахсыс. Ыйыттаҕына, аҕам бэйэтин оннугар миигин ыытта диэ уонна Нохтуйскайга тахсан тугу гынарын, дьону кытта туох туһунан кэпсэтэрин истэ-билэ сырыт. Эрэйгин сананыллыа.

– һэ-һэ, тахса даҕаны сылдьыахха син.

– Тугу даҕаны ыйыталаһыма, киһи туора көрүөх курдук олус кэтэһэ-манаһа сылдьыма. Өйдөөтүҥ дуо?

– һэ-һэ, өйдөөн!

* * *

– Абытай, куйаас да бөҕө түспүт.

– Прохор Иванович, хайа туох сонуннааххыный? – ыалдьытыгар устуул ылан биэрэ-биэрэ, Кузьма Петрович остуолун аттыгар кэлэр.

– Туох иһиллиэй… Арай Усовтаах, Владимировтаах ааттара дьон уоһуттан түспэт буолбут. Урут, Кузьма Петрович, эн аатыҥ ааттанара-с, билигин кинилэр ааттара ааттанар буолбут-с…

– Бэйи, тохтоо, киһилии кэпсээ. Туох диэн ол кинилэри уостарыттан түһэрбэт буолалларый?

– «Усовтаахха сырыттыбыт, Владимиров инньэ диэтэ, манньа диэтэ», – дэһэллэр. Ким тугу эмэни саҥараары гыннаҕына: «Владимировка этиэхпит!» «Владимировка биллэриэхпит!» – диэн куттууллар… Таҥара баарына, сахалар өстөрүн хоһоонугар этэллэр: «Кээнчэ быта кэтэххэ ыттыбыт», – диэн, онтон туох даҕаны атына суох-с!

– Дьэ, тугу гынабыт? Хайдах олоробут? – олорбохтоон баран, Петуховтан ыйытар.

– Кузьма Петрович, хаһан Якутскайга восстание буолара биллэр дуо? Ол биллэрэ эбитэ буоллар-с…

– Биллэр диэххэ табыллыбат, миэхэ оннук буолуохтаах диэн Федор Яковлев биллэрбитэ.

– Ол киһиэхэ эрэниэххэ сөп дуо?

– Эрэллээх киһи. Аҕыйах кэмҥэ атыыһыттаан да сылдьыбыта, оттон Колчак кэмигэр милицияҕа улахан сололооҕо.

– А-а! – диэн Петухов сэҥээрэн унаарытар. – Ол киһини булуохха, киниттэн билиэххэ баар-с.

– Прохор Иванович, мантан Ииннээххэ диэри оҥочонон, онтон борохуотунан Якутскайга киирэ сылдьыаҥ буолаарай?

– Ол киирэммин тугу гыныахпыный?.. Уонна оччо ыраах сиргэ барыаҕы үп даҕаны кэмчи.

– Прохор Иванович, үп туһунан кыһаныаҥ суоҕа этэ. Оттон Якутскайга киирэн тугу гынарыҥ эмиэ биллэр. Өскөтө восстание буоллаҕына, офицердар былааһы ыллахтарына, телеграмма охсуоҥ.

– Маннааҕы большевиктар ол телеграмманы эһиэхэ тиэрдиэхтэрэ суоҕа.

– Өскөтө барарга сөбүлэһэр буоллаххына, ол туһунан сүбэлэһиллиэ этэ, – Сараапап устуулун өйөнөрүгэр тиэрэ түһэр. – Ити сылдьар комиссар уол ханнык эрэ автономия туһунан үнүр лахсыйан эрэрэ, ону даҕаны билсиэххэ баара: ол туһунан дьон-сэргэ эмиэ хайдах санаалаах эбитий?..

– Кузьма Петрович, оннук наада баар буоллаҕына… Ол гынан баран билигин борохуоттара аанньа сылдьыбат ээ, уонна сүөһүлэрим кыстыыр отторун оттотуом да этэ буоллаҕа дии…

– Прохор Иванович, оту да булуллуо… Оттон борохуот сылдьыбатын сырытыннарар кыах суох, урукку эбитэ буоллар, ону даҕаны дьаһайыллыа этэ.

Петухов, дьиэтиттэн төһө да ыраатыан, тэйиэн баҕарбатар, Сараапап атыыһыт тылыттан тахсыбат үгэстээҕэ. Эгэ билигин, итинник кыһалҕаҕа киирэн олордоҕуна, кини көрдөһүүтүн толорбот буолара хайдах сатаныай, онуоха эбии барытын бары тэрийиэх, хааччыйыах буолар. Итинник эргитэ санаан баран, Петухов барарга бэлэмин биллэрэр.

– Прохор Иванович, бу түүн Ииннээхтээ. Үөһэттэн, Витимтэн, субу күннэргэ борохуот төннүөхтээх. Туттар үпкүн биэрэбин. Оттон туох-ханнык буоллаҕына манна биһиэхэ хайдах биллэрэргин сүбэлэһиэхпит.

– Истэбин-с! – саллаат эпписиэрин иннигэр турарын курдук, Петухов чиккэс гына түһэр.

– Олор-олор… – дии-дии, Сараапап мичээрдиир. – Якутскайга ити «истэбин-с», «бэлэммин-с» дииргин туттума, аны урукку ыраахтааҕы полициятын үлэһитэ сылдьар диэн, табаарыстар моһуоктуу сылдьыахтара.

– Суох-с… – эмиэ «с» диэн кутуруктаан саҥарбытыттан Петухов бэйэтэ да кыбыстар.

Бу күнү быһа Сараапап атыыһыт Петухов үрээнньиги куоракка ыытарга бэлэмниир. Туттарыгар уонча кыһыл көмүс «империал» манньыаты биэрэр. Баһыттан атаҕар диэри умнас бааһынайдара таҥнар таҥастарын булан таҥыннарар. Ол кэннэ хоһун аанын хатанан олорон бэрт өр сибигинэйэн сүбэлиир, үөрэтэр.

Петухов киэһэ дьиэтигэр киирэн кэргэнин кытта быраһаайдаһан, оҥочотун эрдиитин сүгэн өрүскэ киирэр.

Лена эбэ хотун, сиэркилэ таас курдук, ханан да долгуна суох мэндээрэн сытар. Билигин да хаатын толору уулаах. Хараан, ичигэс бэйэлээх киэһэ. Уҥуор, Нохтуйскай сэлиэнньэтин анныгар, маннааҕы комиссар уол тахсыбыт борохуота буруолаан бурҕата турар. Ким эрэ өрүһү тыынан туораан эрдинэн куһуйан иһэр.

Петухов оҥочотун уутун баһыар, ыраах айаҥҥа оҥостуор диэри, туораан иһээччи чугаһыыр.

«Аны киһи билэр киһитэ буолан, «ханна бардыҥ?» диэн ону-маны ыйыталаһа сылдьыа», – Петухов, анньына охсоот, сүүрүк хоту эрдинэн иэмэхтээбитинэн барар.

Петухову бэйэтин билбэтэҕэ да буоллар, оҥочотун эндэппэтэҕэ: «Хайалара эрэ Петухов оҥочотунан барда буолла?» – диэн, Серкин уола таайа сатыыр, онтон оҥочону ким илпитин билээри, батыһаары гынан баран, «ээ, айакка, сылайдым» диэн, батыспат.

Сараапаптаах киэһээ аһылыктарын аһаан бүтүүлэрэ Серкин уола көтөн түһэр.

– Бу киһиэхэ чэйдэ кутан биэриҥ! – диир Кузьма Петрович.

– Дьэ, уҥуор Нохтуйскайга… – диэн кэпсээри гынан эрдэҕинэ, Сараапап атыыһыт быһа түһэн:

– Аччыктаабытыҥ буолуо, аһаан бүттэххинэ кэпсээр! – диэн саба саҥаран кэбиһэр.

Чэйдээн бүтэрин кытта атыыһыт уолу хоһугар ыҥыран киллэрэр, олордор уонна дьэ:

– Кэпсээ, – диир.

– Дьэ, уҥуор, Нохтуйскайга, туораатым, дьаам дьиэтин аттыгар дьон бөҕө мустубут. Ол дьон ортотугар Барсуков кырдьаҕас эмиэ баар…

– Дьэ-дьэ! – Сараапап тиэтэтэрдии дуу, сэҥээрэрдии дуу тыл кыбытар.

– Оҕонньор дьогдьуурдаах билиис сонун кэппит, түөһүгэр икки мэтээли иилиммит, тумустаах саары этэрбэһин кэппит. Аҕатын кытта уола Васька эмиэ баар. Мунньахха кэлбит дьон оҕонньору кытта дорооболоһон тоҥхоҥноһоллор. Ол турдахтарына дьаам дьиэттэн маннааҕы комиссар уол уонна икки саха таҕыстылар…

– Дьэ-дьэ!..

– Комиссар уол ханнык эрэ автономия туһунан кэпсээтэ уонна ревкому таларга баайдар куоластарын быһыахха диэтэ… Дьэ, онно били Барсуков кырдьаҕаһы кытта ити иннигэр аҕай дорооболоһон тоҥхолдьуйбут дьон айахтара кытара түстэ: «Барсукову куолаһын быһыахха!» – диэн…

– Кимнээх куоластарын быстылар?

– һэ-һэ, Барсукову уолунаан иккиэннэрин куоластарын быстылар. Уонна Дороппуун кинээһи, Ильин чарчыынаны уонна Сергий аҕабыыты…

– Да-а, – дии-дии, Сараапап төбөтүн имэринэр. – Барсукову куолаһын быспыттар дии?

– һэ-һэ, быһан… Барсуков оҕонньор онно көрдө эбээт, дьэ харах-сирэй бөҕө! «э-һэ.

– Оо, акаары, куолаһын быспыттарын кэннэ үөрүө этэ дуо?

– һэ-һэ, үөрбэт буоллаҕа дии.

Сараапап атыыһыт Серкин уолугар «атаҕыҥ соболоҥо» диэн, биэстээх манньыаты биэрэр.

– һэ-һэ, баһыыба, тойон атыыһыт, баһыыба!

Серкин уола тахсан барарын кытта, Сараапап атыыһыт улаханнык санааргыыр. Кырдьык, кини Барсуковтуун бэрт өрдөөҕүттэн кыр өстөөхтөр. Үнүрүүн манна кини куолаһын быспыттарын истэн баран, Барсуков бэркэ сэтирэһэр сурахтааҕа. Ол хараҥата, ньүдьү-балайа буолаахтаатаҕа дии. Суох, Сараапап атыыһыт билигин Барсуков куолаһын быспыттарын иһиттэ гынан баран, үөрүөх быһыыта суох. «Ол аата биһигини, баайдары, саха-нуучча диэн араарбакка, барыбытын эһэр дьаһал баран эрдэҕэ», – диэн түмүккэ кэлэр. Ити курдук саныы олордоҕуна, өрүһү туораабыт борохуот кытылга хаһыытаан часкыйар. Ити аата комиссар уол Нохтуйскайтан туораабыт.

Күн кылайа киириитэ дэриэбинэ ыччаттара «Народнай лааппы» аттыгар мустан маҥнай нууччалыы хороводтууллар, онтон арыт сахалыы үҥкүүлээн күөрэтэн бараллар. Чуор куоластаах киһи саҥата үҥкүү тылын этэр:

 
Оһуокайдыыр оһуокай!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Кыра-хара дьоммутун
Кыһалҕаҕа киллэрэр
Кыыдаанныыра тымныылаах
Кырымахтаах кыһыммыт
Кыраай хоту кыйданна.
Баттыгастаах үйэҕэ
Баһылыктаан олорбут,
Сордоох суҥха үйэҕэ
Суоһаан-күөнтээн олорбут
Атыыһыттар, тойоттор,
Албын-көлдьүн да баайдар
Хара дьайдаах былаастара
Халбарыйбыт үөрүүтүн…
 

Сараапап атыыһыт, аны атын киһи истиэ диэх курдук, ол-бу диэки көрүөлүүр, онтон тыастаахтык түннүгүн саба тардан кэбиһэр. Хоһун иһиттэн тахсан, кэргэниттэн:

– Настя ханнаный? – диэн ыйытар.

– Оонньууга барбыта… Эйигин сылдьаар диэбитэ диир дии, – Василиса кыыһыран тилир-талыр туттар.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации