Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 38

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 38 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Биһиги баайдары, баттыгастаахтары халыах-алдьатыах тустаахпыт. Кинилэр үптэрин-баайдарын дьон көлөһүнүнэн мунньуналлар… Ону ылан, кыаммат дьоҥҥо түҥэтэн биэриэҕиҥ… Оччоҕо биһиги бэйэбит эрэ буолуохпут суоҕа, биһиэхэ дьон барыта көмөлөһүө…

– Ким билэр, ол үрдүк олбуордаахтары, модьу хатааһыннаахтары биһиги кыайан халаабат дьоннор буоллахпыт эбээт, – диир Испирдиэҥкэ.

– Мин казактан куттанар… Эн куттаммат… Мин көрөр, эн көрдөрөр! – диир Кынат Уол.

– Кэбис, бу да киһи саҥатын, баайдар манабыллара-харабыллара алдьархай күүстээх, элбэх буолуо. Кинилэри тыыппатах тыыттын! – диир Нэктээйэп.

– Мин кинилэр сокуоннарынан өлүөхпэр диэри хаатырга үлэтигэр ууруллубутум, сирэйбин сиэбиттэрэ, харахпын мэлитэ сыспыттара, оҕобуттан, кэргэммиттэн маппытым… Билигин, кинилэртэн куттанан, киһилээх сиргэ сылдьыбаппын… Эһигини көрсүөм иннинэ бэйэбэр тиийинэн өлө сыспытым… Мин билигин охсуһа сылдьан өллөхпүнэ да, кинилэр иннилэригэр сөһүргэстээн туран өлүөхпүнээҕэр быдан ордук. Эһигини мин маннык куттастар буолуо дии санаабат этим… Куттас буолуох кэриэтэ бу аан дойду үрдүгэр төрөөбөтөх да ордук! – Сүөдэр дьонун диэки көрөр. Анарааҥҥылар саҥата суох сири көрөн олороллор.

– Бэрт киһи, куттаһа суоххун көрдөрө таарыйа, бириискэ хонтуоратыгар тутуллар көмүһү киирэн талаан таҕыс эрэ! – Испирдиэҥкэ дьиибэлээхтик мичээрдиир.

– Ыла соруммут киһи ылымына!

– Чэ, маннааҕы «Саҥа бириискэ» көмүһүн халаан таҕыс!.. Оччоҕо биһиги эн куттаһа суоххун чахчы итэҕэйиэхпит, – диир Нэктээйэп.

– Ылыаҥ… кынчаал биэриэм! – диир Кынат Уол.

– «Өлөрбүн кэрэйбэппин» диигин буолбат дуо! Субу, сибилигин, күрүлүүр күн ортото киирэҥҥин, халаан таҕыс!

– Түүнүнээҕэр күнүһэ, кырдьык, быдан ордук буоллаҕа дии.

– Кэбис, киһиргээмэ!

– Киһиргээһинэ суох… Мин баайдарга кыһыйбытым-абарбытым оччо… Кинилэртэн иэс ситиһэр иһин билигин ханна баҕарар барыам этэ.

– Чэ, дабаай, олус киһиргээн эрэҕин, кырдьык, киир! – Испирдиэҥкэ сулбу ойон турар.

– Кэбис, бостуой ыттыы өлөн хаалыа! – Нэктээйэп күлэн алларастыыр.

– Киирэбин! – диэбитинэн Сүөдэр ыстанан турар уонна Испирдиэҥкэҕэ саатын уунар. – Маны ыл уонна эн миэхэ бэстилиэккин аҕал!

Сүөдэр, Испирдиэҥкэ бэстилиэтин ылан, хайа хаспаҕа «дьиэлэриттэн» тахсан барар.

Нэктээйэп саҥата суох олорбохтуу түһэн баран:

– Киһиргэс муҥнаах бостуой киирэн өлүө, тохтотуоҕуҥ! – диир.

– Мин итэҕэйэр, кини көмүс ылыа! – Кынат Уол сөбүлэспэт.

– Бириискэ хонтуоратын көмүһүн ылан таҕыстаҕына, мин кырдьык итэҕэйиэм! – Испирдиэҥкэ уоттаах чолбон курдугунан көрүтэлиир. – Оччоҕо биһиги киниэхэ баспытын бэринэн, атамаан оҥостуохпут!..

* * *

Арай биир күн «Саҥа бириискэ» үлэһиттэрэ көмүс сууйа турдахтарына, аҥаар хараҕын саба бааммыт киһи кинилэр аттыларынан кэлэн хонтуора диэки ааһар.

Хонтуораҕа көмүс тутааччы уонна хонтуора кылаабынай бухгалтера буолан олороллоро. Ол олордохторуна хаҥас хараҕын хара таҥаһынан саба бааммыт киһи киирэн кэлэр. Кини, көмүс тутааччыга кэлэн, быыкаа аһаҕас түннүгүнэн сылгы тоорохойун саҕа хара тааһы ууран биэрэр:

– Соморуокка көмүһү буллум, тут!

Көмүс тутааччы тааһы ылан эргитэ-урбата туппахтаан баран:

– Иирбит киһигин дуу, бу көмүс буолбатах ээ, үрэх тааһа, ону көмүс диэн аҕала сылдьаҕын, – диир уонна киһиэхэ тааһын төттөрү уунар.

– Тоҕо миигин балыйаҕыный? Мин эйиэхэ көмүһү биэрбитим, эн миэхэ үрэх тааһын төнүннэрэҕин, – киһи баайсан турар.

– Кырдьык даҕаны, иирбит киһигин дуу?.. Ити эн миэхэ көмүс диэн биэрбит тааһыҥ дии!.. Бэйэҥ көрөн тураҕын буолбат дуо, мин кинини хайаатым?!

– Сымыйа, мин эйиэхэ чахчы соморуокка көмүһү биэрбитим. Киһини тоҕо көрдөрбүтүнэн балыйаҕыный?

– Иван Иванович, кэл эрэ манна! – көмүс тутааччы хаһыытыыр.

Түгэх аһаҕас хос иһиттэн бириискэ кылаабынай бухгалтера тахсан кэлэр:

– Туох буоллугут?

Иван Иванович икки кулгааҕар икки харандааһы кыбыппыт, илиитигэр уруучука тутуурдаах.

– Бу киһи, – диир көмүс тутааччы, тимир эрэсиэҥкэ нөҥүө турар аҥаар харахтаах киһи диэки ыйан баран, – соморуокка көмүс диэн миэхэ тааһы көрдөрбүтэ. Ол тааһын төттөрү биэрбиппин: «Көмүспүн ылан баран, тааһы төннөрдүҥ», – диэн балыйса турар. Ылан көр ити тутан турар тааһын, көмүс дуо?

– Аҕал эрэ, – Иван Иванович илиитин уунар.

– Бу, көстөн турар, таас, – диир саба баайыылаах киһи, – кини мин көмүспүн ылан баран, миэхэ бу тааһы биэрэр. Миэхэ бэйэм көмүспүн бэрдэр.

– Эн миэхэ көмүһү биэрбэтэҕиҥ! Тугу балыыҥкалыы тураҕын?! Мантан киэр буол!

– Мин бэйэм биэрбит көмүспүн тыһыынча да соморуокка көмүс быыһыттан булан ылыам этэ.

– Киирэн көр даҕаны: мин хаассабар биир да соморуокка суох!

Аҥаар хараҕын саба баана сылдьар киһиэхэ хос аанын аһан биэрэллэр. Кини, уҥа илиитэ суох курдук, сонун сиэҕэ куругар кыбылла сылдьара. Ол эрээри көмүс тутааччы кинини хайдах эрэ уорбалаан, сиэбигэр укта сылдьар иитиилээх бэстилиэтин бэлэмник тутан турар. Киһи хаассаҕа чугаһаан иһэн, хайдах эрэ уҥа эҥил баһынан өрө садьыйан ыларга дылы гынар да, бэстилиэт тыаһа өрө хабылла түһэр. Көмүс тутааччы, сиэбиттэн бэстилиэтин таһааран иһэн, тиэрэ таһылла түһэр. Саба бааныылаах киһи бэрт сымсаҕайдык көмүс тутааччы бэстилиэтин харбаан ылар уонна икки бэстилиэтинэн бииргэ бухгалтерга тирээн туран, киниэхэ бардьыгыныыр:

– Ити сытар мөһөөччүккэ толору көмүстэ кут!

– С-с-ип-ссибилигин! – эппэт кэлэҕэй буолуор диэри куттаммыт бухгалтер мөһөөччүк туолуор диэри хаассаттан көмүс кутан биэрэр.

– Билигин, мантан хамсаама! Хамсыаҥ да, саманна ытан кэбиһиэм! – бухгалтер сүүһүн тыбыс-тымныы бэстилиэт уоһа хаарыйар. – Уон мүнүүтэ бэтэрээ өттүнэ мантан халбарыйыаҥ да, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар! – киһи көмүстээх мөһөөччүгү кыбыммытынан хонтуора иһиттэн тахсан барар.

III

Көмүс сууйааччылар үлэлии сырыттахтарына, били хонтуора диэки ааспыт киһи тиийэн кэлэр.

– Көмүс сууйаҕыт дуу?

– Сууйан…

– Күҥҥэ төһө көмүһү сууйар буолаҕытый?

– Үс хонно кураанах кумаҕы сууйбуппут. Аһыыр харчыбытын кыайан булбаппыт, – дэһэллэр үлэһиттэр.

– Оччоҕо мин бэрсэбин, – киһи, били мөһөөччүгүн ылан, баайыытын сүөрэн, көмүс сууйар мытаарыларыгар кыһыл көмүһү кутар. Мөһөөччүгүн түгэҕэр кыра соҕус көмүһү бэйэтигэр ордорон баран, – бу мин бэйэм ирээтим, – диир.

Үлэһиттэр, соһуйан хааланнар, баһыыбалыылларын да умнан кээһэллэр. Киһи сулбу-халбы таастары быыһынан хайа үрдүн диэки дабайан тахса турар.

«Ити туох буолбут киһи буолуой?!» – дэһэн үлэһиттэр бэйэ-бэйэлэриттэн ыйытыһа хаалаллар.

Сүөдэр хайаны дабайан ортолоон эрдэҕинэ, аллара аттар туйахтарын тыаһа битигирээн иһиллэр.

«Миигин эккирэтэн иһэр буоллахтара», – диэн Сүөдэр ынах ханнын курдук сымара таас күлүгэр түһэн, маһы-оту быыһынан суолу одуулаһа сытар…

Үлэһиттэргэ аҕыс аттаах казактар быалыы ууннаран кэлэллэр.

– Аҥаар харахтаах ороспуойу көрдүгүт дуо? – Васька үрээнньик ыйытар.

– Көрөн, тойон урядник, көрөн.

– Хайа диэки барда?

– Ким билэр, ити суол устун ат буута быстарынан ыстаннаран ааспыта. Тугу оҥорбутун эккирэттигит?

– Бириискэ хонтуоратыгар киирэн көмүс тутааччыны өлөрбүт, көмүһү талаабыт, – Васька атын быһа биэрэр. Үлэһиттэр ыйбыт сирдэрин хоту казактар көтүтэ тураллар.

Казактар кэннилэриттэн үлэһиттэр хокуоска көрдөрө хаалаллар.

– Кытаатыҥ, кинини… Тутуоххут! – дэһэ-дэһэ күлсэн быардарын тарбыыллар.

Казактар атын сиргэ барбыттарын көрө сытан, Сүөдэр оргууй туран хайа үрдүгэр ыттар. Кинини онно үс табаарыһа утары көрсөллөр. Ким хайа иннинэ Кынат Уол сүүрэн кэлэр:

– Мин, твэй раб… Мин… кынчаал! – диэн баран куруттан кынчаалын ылан Сүөдэргэ, сөһүргэстээн туран, биэрэр.

Испирдиэҥкэ уонна Нэктээйэп саҥата суох тураллар. Кынат Уол кынчаалын биэрэн баран, Сүөдэргэ сэргэстэһэ турунар.

– Мин, өл диэ, өлөр!.. Мин… эн доҕор!

Испирдиэҥкэ, турбахтыы түһэн баран, кэлэн Сүөдэргэ төбөтүн хоҥкутар:

– Билигин эн биһигини салай!

– Олорор сирбитигэр барыаҕыҥ! – диир Сүөдэр.

– Бэйи, төһө көмүһү ыллыҥ! – Нэктээйэп ыйытар.

– Төһө диэн, боппууда кэриҥэ көмүһү ылан баран, көмүс сууйан муҥнана турар дьоҥҥо түҥэтэн биэрдим.

– Оттон биһиэхэ бэйэбитигэр?

– Икки-үс муунта курдугу аҕаллым.

– Мин эһигини кытта тапсыһан сылдьыам суох… Мин бэйэбин бэйэм билиниэм! – Нэктээйэп сирэйин хоту хааман дьулуруйбутунан барар.

– Тохтоо! – диэн Испирдиэҥкэ хаһыытыыр. Нэктээйэп тохтуур, бука бары киниэхэ тиийэллэр.

– Ити аата, эн биһигиттэн букатын арахсардыы оҥостоҕун дуу? – Испирдиэҥкэ батарыта көрбөхтүүр.

– Арахсан… Мин өлөрбүн кэрэйбэккэ ылыам үһү уонна атын дьоҥҥо мэнээк ыһан биэриэм үһү… Бу диэн туох аатай? Мин Иисиис Киристиэс буолбатахпын!

Испирдиэҥкэ Нэктээйэп үрдүгэр түһэр, ону Сүөдэр буойсан тохтотор.

– Кэбис, эн кинини сэмэлээмэ. Мин кими даҕаны күүспүнэн миигин батыс диэбэппин… Ким бэйэтэ тугу саныырый, баҕарарый да, ол курдук сылдьыахтаах.

– Сөбүлэспэт буоллаххына, бар, – диир Испирдиэҥкэ, – ол гынан баран аны биһигини доҕоттордоохпун эрэ диэйэҕин…

– Сыыһа, – диир Сүөдэр, – соҕотоҕун сатаан сылдьыбатаҕына, биһиэхэ кэллин. Биһиги суолбутун батыһыан баҕарааччыны туоратыа суохтаахпыт.

Нэктээйэп саҥата суох ойуур быыһынан суос-соҕотоҕун бара турар.

Сүөдэрдээх үс буолан атын суолунан бараллар.

Аҕыйах хонон баран: «Саҥа бириискэ» кылаабынай хонтуоратыгар биир аҥаар харахтаах киһи киирэн, күрүлүүр күн ортото көмүһү талаан тахсыбыт. Кинини казактар эккирэтэннэр, Тоҥуода үрэх баһыгар тиэрдэн баран, суолун сүтэрэн кэбиспиттэр», – диэн кэпсээн бүтүн Тайҕаны биирдэ саба сүүрэн кэбиһэр.

Дьэ, ити кэнниттэн бүгүн Хадакан төрдүн хонтуоратын, сарсыҥҥытыгар Кулибрянканы, өйүүҥҥүтүгэр Успенскайы алдьаппыт үһү диэн сурахтар иһиллэллэр. Үөһээ Тайҕа аҥаар харахтаах киһи туһунан араас сэһэнинэн иирэн хаалар. Алын бириискэлэртэн, Бодойбо куоратыттан сүүһүнэн ахсааннаах казактар Үөһээ Тайҕаҕа түүннэри-күнүстэри суккуллаллар. Үрээнньиктэр, исправник, становой, полицмейстер бука бары аҥаар харахтаах ороспуойу тутаары, муҥ бөҕөнү көрөллөр. Хас суол төрдүн аайы казактар кордоннарын туруортууллар, бүтүн этэрээттэри тэрийтэлииллэр. Хас бириискэ аайы уулуссаҕа биллэрии таһааран ыйыыллар: «Аҥаар харахтаах ороспуойу туппут эбэтэр өлөрөн баһын быһан киллэрбит киһиэхэ уон тыһыынча солкуобай харчы манньа бэриллэр», – диэн.

* * *

Лена өрүс кытылыгар турар Маача дэриэбинэтигэр Тайҕаттан тахсааччылар Аҥаар Харах ороспуой туһунан кэпсээн-ипсээн үллэҥнэтэн ааһаллар. Манна кэпсииллэринэн, ол ороспуой киһиттэн уһулуччу курдук. Казактар дьиэҕэ хаайдахтарына да, Аҥаар Харах туттарбат үһү. Кини, хайа эрэ ньыманы булан, куотан хаалар үһү.

– Казактар обургулар, ама, дьиэҕэ хаайан баран, туппут баҕайылара ини, – диэн сорох дьон бу кэпсээни итэҕэйбэттэр.

– Тайҕаҕа маннык түбэлтэни иһиттибит, – диэн Тайҕаттан тахсан иһэр дьон кырдьык-хордьук сэһэргииллэр. – Арай биирдэ Аҥаар Харах бириискэ хонтуоратыгар киирбитин көрөн, казактарга биллэрбиттэр. Казактар сырсан мэҥиһэн кэлбиттэр. Бириискэ хонтуоратын төгүрүйэн кэбиспиттэр. Хорунжий тойон икки казактаах хонтуора иһигэр киирбит. Көрбүтэ: мааны баҕайы тойон утары тахсан иһэр эбит.

– Тойон, Аҥаар Харах ороспуой ханна баарый? – диэн хорунжий ыйытар. Мааны таҥастаах тойон:

– Хассыыр хоһугар киирэн хатанна, – диир.

– Баһыыба! – диэн хорунжий махтанар. Сүүрэн тиийэн, хассыыр хоһун аанын анньаллар. Хатааһыннаах. Тимир курдук.

– Таҕыс!.. Бэрин! – хорунжий хаһыытыыр.

Саҥа-иҥэ биллибэт.

Хорунжий тахсан казактарын ыҥыртаан киллэрэр. Таһырдьа хассыыр хоһун түннүгүн эрэ маныыр дьону хаалларар. Били хонтуора иһиттэн тахсыбыт тойон дьиэ иһигэр бары киириэхтэригэр диэри Аҥаар Харах ороспуойу тутан таһааралларын кэтэһэн турар этэ.

Хорунжий, казактардыын көмөлөөн, хассыыр хоһун аанын бэрт эрэйинэн көҥү анньан киирэллэр. Көрбүттэрэ: куһаҕан баҕайы таҥастаах киһи кэлгиллэн сытар. Өйдөөн көрбүттэрэ: бу хассыыр эбит. Айаҕар, кыайан саҥарбат гына, өрбөҕү симэн кэбиспиттэр.

– Аҥаар Харах ороспуой ханнаный?

– Туппатыгыт дуо? Мин таҥаспын таҥнан, хаассабар баар көмүспүн ылан, сип-сибилигин аҕай тахсан барбыта дии, – диэн кинилэргэ хассыыр кэпсиир.

– Омуга кимэ биллэр үһү дуо?

– Эчи суох, доҕоттор, биир күн эмиэ даҕаны нууччаҕа дылы, иккис күнүгэр эмиэ даҕаны сахаҕа маарынныыр хаптаҕай муруннаах буолар үһү.

– Э-э, оччоҕо, аптаах баҕайы сырыттаҕа дии.

Ити кэпсээн Маайа кулгааҕар иһиллэр. Маайа итини истэн: «Аны ол аҥаар харахтаах ороспуойдара бу дойдуну булуо», – диэн куттана саныыр. Кини ити үлүннэрэн-балыннаран кэпсиир киһилэрэ таптыыр кэргэнэ Сүөдэр буоларын хантан билээхтиэ баарай!

Ити кэпсээн дьыл-хонук аастаҕын ахсын өссө ордук ынырыктыйан иһэр. Сараапап уонна Салаайап атыыһыттар бэстилиэтэ, саата суох ханна даҕаны барбаттар. Бу кэмҥэ Сэмэнчик Маача баайдарын аттарын манаан аһатар. Кини биирдии аты түүҥҥэ иккилии харчыга маныыр. Ол даҕаны син харчы этэ. Ити курдук кини кыһын оскуолаҕа үөрэнэригэр таҥнар таҥаһын атыытын сайын устата син булар. Биир киэһэ Сэмэнчик аттары аһата бараары олордоҕуна, ийэтэ этэр:

– Тоойуом, эн оннугар мин аттары аһата барыым.

– Ийээ, тоҕо?

– Сынньан.

– Күнүс сынньаммытым дии. Хата, эн сынньан. Уонна тойоммут аах бороҥ соноҕосторо олус айаас ээ.

– Суох, суох, эн түүн сылдьыма. Мин куттанабын…

– Ийээ, туохтан куттанаҕыный?

– Истибэккин дуо, Тайҕаҕа Аҥаар Харах ороспуой сылдьар үһү буолбат дуо?.. Баҕар, кини манна кэлиэҕэ… Кэбис, эйигин көрсөн өлөрүө.

– Ийээ, миигиттэн туохпун ылаары өлөрүөй?.. Хата, баайдар куттанныннар, мин киниттэн куттаммаппын.

– Кэбис, ити курдук саҥарыма, – Маайа уолугар сибигинэйэр. – Маныыр аттаргын ылаары өлөрүө буоллаҕа дии.

– Ийээ, эн хамнаһыҥ дуона суох, мин көмөлөспөтөхпүнэ, биһиги хайдах олоруохпутуй?

– Сэмэнчик, эйигин өлөрдөхтөрүнэ… – Маайа хараҕын уутун кыаммат. – Аҕаҥ сордооҕу ханна эрэ сиэбиттэрэ буолуо, аны эйигин сүтэрдэхпинэ, ол кэриэтэ…

– Ийээ, ытаама… Биһигини, тулаайахтары, ыал хамначчыттарын, тыытыа суоҕа… Куттаныма дуу! – дии-дии Сэмэнчик ийэтин сыллыыр-ууруур, уоскутар.

Арай биирдэ Тайҕаҕа сүөһү үүрэн киллэрэн баран төннөн иһэр Сунтаар улууһун дьоно Сараапаптаах үлэһиттэрэ олорор балаҕаннарыгар хоноллор. Бу дьонтон эмиэ Аҥаар Харах ороспуой туһунан ыйыталаһаллар. Онуоха кырдьа барбыт киһи үөһэ тыынан баран этэр:

– Истэн. Ону-маны кэпсээн үлүннэрэллэр дии.

– Иһитиннэриҥ эрэ, тугу гыммыт үһүнүй? – Аҥаар Харах ороспуой туһунан саҥаны, сонуну истээри, дьон чөрбөҥнөһө түһэллэр.

– Истибиккит буолуо, ол киһи саха үһү эбээт…

– Саха үһү даа?

– Ама, саха үһүө?!

– Сымыйа ини, – дэһэр саҥалар иһиллэллэр. Кырдьыга, кэнэн муҥнаан, ханнык саха киһитэ бүтүн Тайҕа курдук киэҥ сири аймыыр айдааны таһаарыай?

– Сахатын саха үһү. Бадаҕа, били баайдар оробуочайдары ытыалаппыттарыттан өһүрэн, саһа сылдьар курдук дьон сир аннынан кэпсэтэллэр. Кини биир даҕаны дьадаҥыны, үлэһити тыыппат үһү. Хата, ол оннугар баайдартан халаан ылан баран, дьадаҥы дьоҥҥо түҥэтэн биэрэр дэһэллэр.

Сэмэнчик, итини истэн олорон, ийэтин өттүгэр имнэнэн кэбиһэр. Маайа тугу даҕаны саҥарбат, бу киһи сэһэнин истэн, хараҕын кип-киэҥник көрөн олорор.

– Дьон төһө да ол киһини ороспуой диэтэллэр, мин кинини ороспуой дии санаабаппын. Дьиҥнээх ороспуойдар баайы, дьадаҥыны араарбат буолааччылар.

– Доҕоор, оттон бу киһибит били Баһылай Манчаарыны үтүктэр эбит буолбат дуо? Арай Манчаары Баһылай баайдар малларын халаан ылан дьадаҥыларга, хамначчыттарга түҥэтэрэ диэн кэпсииллэрэ дии.

– Манчаары даҕаны ороспуой буолбатах, баайдар баттыгастарын утары тура сылдьыбыт киһи.

* * *

Маайа, бу хоноһо оҕонньор сэһэнин истэ сытан, бэйэтин ааспыт олоҕун эргитэ саныыр. Кини өйүттэн-санаатыттан таптыыр кэргэнэ Сүөдэр хаһан да арахпат: ханна эрэ сылдьар?.. Тыыннааҕа дуу?..

Маачаҕа кэлэн олохсуйдахтарын кыһын Сэмэнчик оскуолаҕа киирбитэ. Уол, үөрэҕэр үчүгэй буолан, куруутун учууталын хайҕабылыгар сылдьар. Арыт, ийэтинээн иккиэйэҕин эрэ хааллахтарына, Сэмэнчик аҕатын туһунан ыйыталаһар:

– Ийээ, мин аҕабын ханна гыммыттара буолуой?

– Ким билиэй?.. Ханна илдьэн сытыттылар буолла.

– Аҕам хаартыската суоҕа олус даҕаны куһаҕан…

– Тоҕо?

– Саатар, көрө сылдьыа этим буоллаҕа дии, – Сэмэнчик хараҕын уута кыламаныгар мустар.

– Ытаама, тоойуом, – диэн Маайа оҕотун ааттаһар. Оттон бэйэтэ уол көрбөтүгэр төһөлөөх ытаабыта буолуой!

Саҥата суох олороллор. Сэмэнчик аралдьыйбыт курдук буолар, сэргиир.

– Тоойуом, аҕаҕын өйдөөбөккүн дуо?

– Аҕам маннык көрүҥнээх этэ диэн билигин быһааран өйдөөбөппүн… Ол эрээри кинини сүүс киһи ортотуттан булуо этим дии саныыбын…

Маайа эрэнэр эрэлэ – Сэмэнчигэ. Кини оҕото улаатарын, киһи буоларын олус кэтэһэр. Кэтэһээхтээминэ даҕаны! Аҕалара хаайыллыаҕыттан кини, оҕотун киһи оҥороору, төһөлөөх ыал кирдээх таҥаһын сууйда, төһөлөөх ыал дьиэлэрин муостатын ыраастаата! Билигин бу манна, Маачаҕа, кэлэн, Сараапап атыыһыттаахха хамначчытынан олорор. Үөрүөн иһин, оҕото хата үөрэнэр, атын ыал оҕолорун курдук мэниктээбэт, бэрт көрсүө, үчүгэй оҕо.

«Оҕом улааттаҕына, үөрэхтээх киһи буоллаҕына, аҕатын көрдүөҕэ, кини сордоох ханна тиийбитин, туох буолбутун билиэҕэ!» – диэн Маайа иһигэр эрэнэ саныыр. Кини Маачаҕа олорорун сөбүлүүр. Манна кэм сотору-сотору саха дьоно кэлэллэр. Дойдутун сураҕын-садьыгын истэр. Оттон Бодойбо куоратыгар биир даҕаны саха дьүһүннээҕи көрсүбэт этэ. Онно олорон сахаларын ахтара. Ол эрээри манна да биир куһаҕаннаах: Сылластыгас Сүөдэркэ кини тойонун аахха куруутун тохтоон ааһар үгэстээх. Ол сылдьарын былаһын тухары кини: «Миэхэ кэргэн буол!» – диэн Маайаны сордоон, сулуйан тахсар. Арай биирдэ дьиэлээх хотуна киирэн:

– Маайа, акаарытыйыма, ити Яковлевка эргэ таҕыс… Ас бастыҥын аһыаҥ, таҥас бастыҥын таҥныаҥ! – диэн хаайбыта.

Ыал хамначчыта дьахтарга аһыыр ас даҕаны, таҥнар таҥас даҕаны наадата ханна барыай! Хотуна ити курдук хаайбытыгар Маайа саараабыта, саҥата суох умса көрөн олорбута.

– «Сөбүлэһэр» диибин дуо?

Маайа, олорорун курдук, тылыттан матан олорбута.

– Акаарытыйыма… Мин ити Сараапапка таптыырым бэрдиттэн кэргэн буолан олорор үһүбүн дуо?.. Суох, мин кинини букатын таптаабаппын. Ол буолан баран, манна киниттэн ордук баай, киниттэн ордук бочуоттаах киһи суоҕун эрэ иһин, киниэхэ кэргэн буолан олоробун… Мин кыыс сырыттахпына, таптыыр уолбун саллаакка илдьэ барбыттара. Ол кини хаһан кэлэрин кэтэһэн олорбутум буоллар, күн бүгүнүгэр да диэри эрэ суох олоруо эбиппин, – диэн хотуна кэпсиир.

Аан аһыллар, хороччу улааппыт Сэмэнчик оскуолатыттан сүүрэн киирэр…

– Ийээ, бүгүн туйгун сыананы нуучча тылыгар, сурукка уонна ахсааҥҥа ыллым! – диир оҕото үөрэ-көтө.

– Сэгэрим! – Маайа уолун кууһан ылар.

– Эн үөрэнэр, өйдөөх оҕоҕун, – диэн хотуннара аны Сэмэнчиккэ кэпсиир. – Федорка Яковлев эн ийэҕин кэргэн кэл диэн көрдөһөр. Эһиги, киниэхэ бардаххытына, аска-таҥаска букатын кыһаныаххыт суоҕа… Кини баай… Эйигин, бу оскуоланы бүтэрдэххинэ, гимназияҕа киллэрэр кыахтаах… Онно баайдар эрэ оҕолорун үөрэттэрэллэр.

Сэмэнчик кэри-куру буолар, ийэтин сирэйин-хараҕын көрбөхтүүр. Кырдьык, кини гимназияҕа үөрэниэн олус баҕарар. Ол эрээри Дьаакыбылап Сүөдэркэни аҕа оҥостуон кэриэтэ гимназияҕа үөрэммэтэҕэ ордук!

Сэмэнчик санаарҕаан турбахтыы түһэн баран:

– Биһиги кини аатын истиэхпитин даҕаны баҕарбаппыт… Ийэм киниэхэ эргэ тахсар буоллаҕына, бардын!.. Мин кини дьиэтигэр киириэм суоҕа! – диэн эр киһилии кытаанахтык этэр.

Дьиэлээх хотун, өһүргэммит курдук туттан, тахсан барар. Маайа оҕотун кууспутунан хараҕын уутун сотто хаалар уонна ол олорон: «Оҕом Сэмэнчик улааппыт, ону-маны өйдүүр киһи буолбут!» – диэн иһигэр үөрэр.

IV

1916–1917 сыллааҕы кыһын кэлэр. Сүөдэр доҕотторо «Наполеон бэргэһэтэ» хайа кэтэҕэр, аппаҕа, сири хаһан дьиэ оҥостон кыстыыллар. Бэйэтэ Чумаркой үрэх аттыгар олорор саха киһитигэр Хабырыыл Наһаараптаахха дьукаахтаһар. Кини, сирэйин бааһа оһон, хаҥас хараҕын халтаһата хара мэҥнэнэр, хараҕын харатыгар үрүҥ эргэлэнэр. Онон билигин ким даҕаны аҥаар харахтаах эрэ диэбэт киһитэ буолар.

Сүөдэр бу ыалга дьукаахтаспыта төрүттээх. Өскөтө кини, ааспыт дьыллар курдук, доҕотторунаан ойуурга саһан олордоҕуна, дойду үрдүнэн туох-ханнык буоларын букатын истиэ суох. Мантан кини сотору-сотору Бодойбо куоратыгар киирэн тахсар. Дьонугар, ыйга биирдэ баран, тугу билбитин, истибитин кэпсиир, ас таһааран биэрэр. Ол сылдьан Нэктээйэби көрсөр.

– Тохтоо эрэ, – диэт, Сүөдэр Нэктээйэп сонун сиэҕиттэн тардар. – Тугу гына сылдьаҕыный?

– Эн кимҥиний?

– Мин – Сүөдэрбин… Били саҥа бириискэттэн көмүһү ылбыт… Өйдөөбөккүн дуо?

– Өлөрбүтүҥ да буоллар, билиэм суох!.. Хайдах сылдьаҕыт?

– Сылдьабыт. Эн хайдах сылдьаҕын?

– Табыллыбатым… Алтыа буолан Витимтэн испиир таһааран истэхпитинэ, стражниктар түбэһэннэр, иккиэ эрэ буолан куоттубут… Билигин онуоха-маныаха диэри хорҕойор сирбитин булбакка сылдьабыт, – диэн Нэктээйэп бэйэтин табыллыбатах олоҕун кэпсиир.

– Оттон биһиэхэ тахсыаххытын?

– Ылар буоллаххытына – үөрүүнэн.

Ити курдук Сүөдэр Нэктээйэби уонна кини доҕорун Маҥаас уолу булан дьонугар таһаартыыр. Кинилэр билигин алтыа буолаллар. Бу үрэх баһа сиргэ кыстаан олорор, тоҥтон толлубат, ириэнэхтэн иҥнибэт алта эр бэрдиттэн саастарынан аҕалара Испирдиэҥкэ – Эһэ Сирэй этэ. Кини, кыракый тулаайах уол сылдьан, дойдутуттан, Үөһээ Бүлүү улууһуттан, баай Батаакап оҕустарын үүрсэн Бодойбоҕо киирбит. Ол кэлэн Сэрэбирэкиэп бириискэтигэр баҕана маһын сүгээччинэн үлэлээбит. Бодойбоҕо киирэн үлэлээбитэ аҕыс-сэттэ сыл буолбутун кэннэ, биир күн Испирдиэҥкэни тойоно хонтуоратыгар ыҥыран киллэрбит. Ол саҕана Испирдиэҥкэ ситэн-хотон, муҥутаан, күөгэйэр күнүгэр сылдьар эбит. Күнү быһа биэс-алта буут ыйааһыннаах баҕаналары таһарын оонньуулаахха уурбата эбитэ үһү. Кинини кытта тулуйан тустааччы, сырсааччы уонна охсуһааччы манна суоҕа үһү.

– Испирдиэн, – диэбит тойоно Сэрэбирэкиэп, – эн байыаххын баҕараҕын дуо?

Испирдиэҥкэ, кырдьыга, байар туһунан санаатыгар да оҕустаран көрө илик этэ.

– Суох…

– Мин элбэх харчыны биэрдэрбин ылыа этиҥ дуо?

– Ылымына, тойонуом…

– Кэл эрэ бэттэх!.. Манна олор… Биир киһи баар… Кини Таптыга үрэҕин бириискэлэриттэн сарсын манна киириэхтээх. Онно биһиги бириискэбит баар…

– Билэбин…

– Ол киһи биһиги көмүспүтүн уорбут буолуохтаах… Эн харса суоххунан, сымсаҕынан аатыраҕын… Ол уоруйаҕы тутарыҥ буоллар… Манньатын чааһын харыстыа суох этим…

– Тут диэтэххинэ – тутумуна, – диир Испирдиэҥкэ бэрт улгум бэйэлээхтик, кырдьыга, кини оччотооҕуга тойоно уокка киир диэтэр да киирэр улгум киһи этэ.

– Чэ, үчүгэй… Ол эрээри эн кинини сатаан тутуоҥ суоҕа эбээт… Кини саалаах-сэптээх буолуон сөп.

– Оччоҕо? – Испирдиэҥкэ өйдөөмүнэ ыйытар.

– Эн кинини, өлөрөн баран, суолга үҥкүрүтэн кэбис уонна сыарҕалаах атын манна киллэр…

– Кэбис, тойонуом, туох диэн эттэххиний? Киһини өлөрөр аньыыта бэрт буолуо суоҕа дуо?.. Суукка эрийэ сылдьыахтара, – Испирдиэҥкэ аккаастанан көрөр.

– Киһини көннөрү, көрсө түһээт өлөрөр, ол табыллыбат, ол аньыылаах буолар. Оттон талабырдьыты, уоруйаҕы өлөрөр – аньыы буолбатах!

Испирдиэҥкэ хайдах да гыныан булбат. Төһө даҕаны түөкүнүн иһин, киһини өлөрөр олус дьулаан суол. «Тутан аҕал!» – диирэ буоллар, кини биир тыла суох сөбүлэһиэ этэ.

– Ээ, хоргус эбиккин дуу?.. Мин эйигин харса суох эр бэрдэ буолуо дии санаабытым… Чэ кэбис, атын киһини…

Испирдиэҥкэ итини тулуйбат. Ама, кини «хоргус» эбэтэр «куттас» ааттаах сылдьыа дуо!

– Чэ буоллун, – диэн кини сөбүлэһэр. – Ол киһи соҕотох буолуо дуу, аргыстаах буолуо дуу?

– Куучардаах буолуо.

– Иккиэннэрин? – Испирдиэҥкэ соһуйар.

– Итинник суолга туоһу хаалара сатаммат.

Испирдиэҥкэ саҥата суох турбахтыыр.

– Чэ… иккиэннэрин да буоллун… Дьону өлөрбүккүн диэн суукка түбэһиннэриэхтэрэ суоҕа дуо?

– Ол чааһыгар куттаныма!.. һэ-һэ, мин бэйэм бириискэлэрбэр бэйэм тойоммун… Ол дьону өлөртөөт, миэхэ киирээр. Мин эйиэхэ биир тыһыынчаны биэриэм уонна… Уонна ол күн дойдугар атаарыам… Оччоҕо ким ол түөкүттэри өлөртөөбүтүн ким даҕаны билиэ суоҕа.

– Ити чахчы дуо?

– Чахчы буолумуна… Биэс мөһөөгү сип-сибилигин даҕаны туттарар кыахтаахпын… Баһаалыста, ыл! – Сэрэбирэкиэп биэс «кэтирииҥкэни» ылан уунар.

– Харчытын билигин ылбаппын, – диэн Испирдиэҥкэ харчыны ылбат. Ити курдук кини дьону өлөртүүргэ сөбүлэһэр.

Харчыга, баайга ымсыыран сөбүлэспэт, «хоргус», «куттас» эрэ аатырымаары сөбүлэһэр. «Бэрдэ буоллаҕына, сатаан туттубатахпына, бэйэбин өлөрүөхтэрэ», – дии саныыр.

– Мэ, бу бэстилиэтин ыл! – тойоно остуолун дьааһыгыттан бэстилиэти ылан уунар.

Испирдиэҥкэ бэстилиэти ылбат. Кини ити сэбинэн тутта үөрүйэҕэ суох. Ол кэриэтэ дойдутугар эрдэҕинэ Кэнтик ууһа охсон биэрбит быһаҕын илдьэ барыа.

– Хата, арыгы биэрэриҥ буоллар…

– Баһаалыста… Испиири ылаҕын дуу, водканы ылаҕын дуу? Бэйэҥ бил!

– Чэ, испиирдэ.

Ити кэнниттэн тойоно били дьон хайдах дьүһүннээх атынан, хайа диэкиттэн кэлиэхтэрин кэпсээн биэрэр. Испирдиэҥкэ ол түүн, Туруору Хайа диэн дабааҥҥа тахсан, били дьону тоһуйар. Тула өттө кылбаа маҥан хаар. Ыйдаҥа түүн. Элбэх лабаалаах намыһах, чаллах мастар күлүктэрэ хаарга, ооҕуй ситимин курдук, баачахайданан көстөллөр. Тымныы. Испирдиэҥкэ испиириттэн ыймахтаан ылар. Этэ-хаана итийэргэ дылы буолар. Ыраах сыарҕа ыллыгын тыаһа кыыкыныыр.

«Иһэллэр!» – дии саныыр. Көлөһүн аллар. Илиитэ ньип-ньиччэҕэй буолар. «Испирдиэн, куттаныма!» – диэн бэйэтэ бэйэтин тэптэрэн биэрэр уонна испиириттэн обургу соҕустук иһэр. Суол тоҕойугар киирэн, мас күлүгэр саһар. Быһаҕын ылан уҥа илиитигэр тутар.

Сыарҕалаах ат ол курдук барыгылдьыйан иһэр. Ат суол тоҕойугар киирэр. Сыарҕа иннигэр олорон иһэр куучар утуктуур быһыылаах, төбөтүн умса туттубут. Испирдиэҥкэ, киис кыыл куруппааскыга түһэрин курдук, соҕотохто ыстанар. Куучары аҥаар үтүлүгүнэн айаҕын бүөлүү анньар, уҥа илиитинэн көхсүгэ быһаҕынан саайар уонна туора садьыйан кэбиһэр.

– Иккис киһи – «кылаабынай түөкүн» – бобуоска иһигэр эһэ үллүгүнэн саптан утуйа сыппыт эбит. Кини туох буолбутун өйдөөмүнэ даҕаны хаалбыт быһыылаах. Испирдиэҥкэ бокуойа суох ол киһиэхэ саба түһэр. Хаста да быһаҕын төрдүгэр диэри батарыта анньыалыыр. Киһи маҥнай хардьыгыныы-хардьыгыныы мөхсөр, онтон налыйан хамсаабат буолан хаалар. Испирдиэҥкэ аты тохтотор. «Уоруйахтарын дьүһүнэ хайдах буолар эбит?» – диэн, өлбүт киһини, үллүгүн аһан, ыйдаҥа сырдыгар көрөр.

– Оо, бу туох алдьархайай! – диэн саҥа аллайа түһэр: кини иккис тойонун Мединцову өлөрөн кэбиспит эбит!

– Хайдах-хайдах баҕайыный?.. – Аттара, сыарҕалара, үүт-үкчү тойоно эппитин курдук этэ.

«Алҕас алдьархайы оҥорбуппун буолбат дуо?.. Ама, Сэрэбирэкиэп тойон доҕорун, биир хампаанньалааҕын, өлөртөрбүт үһүө?..» – диэн олус куттанар. Аты булгутар уонна ол түүн Үөһээ Тайҕаҕа күрүүр.

Сотору соҕус Сэрэбирэкиэп кыттыгаһын Мединцову суолга ороспуойдар өлөрбүттэр үһү диэн сурах тарҕанар. Өлөрбүт дьону кыайан булбаттар.

Сити кэмтэн ыла Сэрэбирэкиэп бары бириискэлэригэр соҕотоҕун тойон буолар. Оттон Испирдиэҥкэ, ити түбэлтэттэн сылтаан, ороспуой буолан хаалар.

Сүөдэр атын даҕаны табаарыстара олох халбас харатыгар мүччү мөхтөрбүт дьон этилэр. Нэктээйэп манна, Тайҕаҕа, киириэр диэри эмиэ сымыыт бүтэй саха киһитэ эбит. Кини манна киирэн, аһыыр аһын булбакка, ханнык эрэ уоруйах саайкатыгар кыттыһан, түөкүн буолан барбыт. Маҥаас Уол төрөөбүт дойдутугар баай абаҕатын кунана уон түүтэх бурдуктаахтарын сии турарын көрөн, абатыйан, атырдьаҕынан анньыбыт, ол иһин кинини, баттаҕын аҥаарын кырыйан баран, бу Тайҕаҕа сүөһү үүрдэрэ ыыппыттар. Онтон ыла киниэхэ «Маҥаас Уол» диэн хос аат иҥэн хаалбыт. Кынат Уол Ингушетиятыттан хайдах манна кэлбитин кэпсээбэт. Кини, бэрт эрэйдээх суолу тэлэн, бу дойду буорун булбут быһыылаах. Арыт очуос таас үрдүгэр тахсан өр санаарҕаан олорор буолар уонна, ытаан эрэр курдук, эҥсилгэннээх тойугу туойар. Туох туһунан туойарын бэйэтэ эрэ билэр, доҕотторо ыйыттахтарына, мичээрдээн эрэ кэбиһэр…

* * *

Киллэм дэриэбинэтэ. Сылластыгас Сүөдэркэ, өлөр итирик буолан, ата Лэгиэнтэй атыыһыт олбуорун иһигэр киирэн тохтообутугар эрэ уһуктар. Хараҕа, балык миинин курдук, тугу даҕаны өйдөөн көрбөт. Кини, дьиэҕэ киирбэккэ эрэ, байааттаҥныы-байааттаҥныы туран, хоонньуттан иһит аҥаарын кэриҥэ арыгыны таһааран, биир тыынынан хантатан кэбиһэр. Айаҕын иһэ бап-баллыгырас үөхсүү, тииһин хабырынар тыаһа кып-кычыгырас.

– Лэгиэнтэй! – ааны аһан киирээт, хаһыытаан бытарытар.

– Хайа, доҕоор, Дьаакыбылап атыыһыт, бу туох буоллуҥ? – дьиэлээх киһи улаханнык соһуйа көрсөр.

– Дьыала куһаҕан… Мин билигин атыыһыт буолбатахпын, масыанньык үһүбүн. Чэ, буоллун. Мин онно…

– Ол хайдах?

– Мин атыыһыт буолбатахпын, масыанньык үһүбүн. Баайбын барытын суут былдьаан ылла! Мин масыанньыктааһын… – Сылластыгас ытыыр уонна субу-субу бөтөр. – Син биир ситиһиэм… Мин Бодойбоҕо барыам, онно Аҥаар Харах диэн ороспуой турбут үһү. Мин киниэхэ холбоһуом…

Лэгиэнтэй атыыһыт Сылластыгас кэпсээниттэн тугу да кыайан өйдөөбөт. Сылластыгас, мээрилээн-мээрилээн баран, аһаабакка да, таҥаһын да сыгынньахтаммакка, дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн утуйан хаалар.

Сарсыарда өйдөнөн турбутун кэннэ, Лэгиэнтэй атыыһыт наҕылыйан олорон дьэ кэпсэтэр.

– Бэҕэһээ киэһэ бэрт элбэҕи кэпсээбитиҥ да, мин тугу да кыайан өйдөөбөтөҕүм. Туох суутун туһунан кэпсээбиккиний?

– Дьэ, Лэгиэнтэй, эн миэхэ аҕам кэриэтэ киһи буоллаҕыҥ, онон, кистээбэккэ эттэххэ, мин дьыалам хаахтыйа сылдьар.

– Дьэ бэрт үлүгэр эбит, доҕор. Ол хайдах буоллуҥ, туохха түбэстиҥ?

– Миигин масыанньык дьыалатыгар иҥиннэрдилэр. Лена көмүһүн хостооччу Табаарыстыбаҕа мин илдьэн туттарбыт эппиттэн, арыыбыттан бассыыбай оҥоһууну булбуттар үһү. Мин ыйытабын: «Хайа атыыһыт албына, оҥоһуута суох атыыһыттыырый?» Мин кыратык албыннаабыт да буоллахпына, онно туох баарый? Масыанньыгы соҕотох миигин эрэ булбуттар үһү… Быһатын эттэххэ, үс тыһыынча буут эппэр, аҕыс сүүс буут арыыбар биир кэлтэгэй кэппиэйкэни төлөөбөт гына суут уураах уурда. Билигин миигин бэйэбин хаайаары хачыгыратан эрэллэр. Якутскай куоратыгар туттарбыт саҥа лааппыбын, «Тайҕаҕа ас тиэрдэргэ добугуордаһан ылбыт иэскэр» диэннэр былдьаан ыллылар. Намҥа аҕыйах сүөһүлээх этим. Аны ону былдьыахтара диэн ийэм эмээхсин аатыгар суруйтара тахсан иһэбин…

– Сүөдэр, өһүргэнимэ! Мин санаабар, эн олустаабытыҥ. Ама да барыс буолтун иһин, саатар, эт иһигэр сээкэй куһаҕаны угуо суох баара… Мин иһиттэхпинэ, Бодойбоҕо турбут буун өссө онтон сылтаан буолбут курдук кэпсииллэр ээ, – диир Лэгиэнтэй атыыһыт.

– Эн, Лэгиэнтэй, сааскар тугу да оҥорботох оҕонньор олордоҕуҥ дии?

– Мин тугу да оҥорботоҕум диэбэппин. Тугу баҕарар оҥоруохха сөп, ол гынан баран, ону сатаан оҥоруохха наада. Көстүбэт-биллибэт гына оҥоруохха… Чэ, бэйи, ити хааллын! Бэҕэһээ киэһэ ханнык эрэ ороспуой турбутун туһунан кэпсээн эрэриҥ ээ? Кырдьык дуо ол?

– Кырдьык!.. Билигин киһи Тайҕаҕа сатаан сылдьыбат буолбут. Аҥаар Харах диэн улахан ороспуой үөскээбит. Киһиттэн ураты киһини кэпсииллэр. Бириискэлэр хонтуораларыгар маҥнай: «Мин сарсын киирэн көмүскүтүн ылан тахсыам», – диэн сурук ыйанар үһү. Онтон хонтуораҕа казак бөҕөнү мунньаллар, харабыл бөҕөнү туруораллар үһү. Ол да буоллар, биирдэ өйдөөн көрбүттэрэ манаан олорбут көмүстэрин син биир ким эрэ илдьэ барбыт буолар үһү. Холобура, ол курдук, Бодойбо куоратыгар олохтоох Чемляков баай хонтуоратыттан туох баар харчытын биирдэ олордон ылбыт. Хонтуора манабыллааҕа, ааннар тастарыттан хатааһыннаахтара үһү. Ханан да киирэн ылан тахсыбыттарын ким даҕаны билбэт… Ити өссө кыра, оннооҕор биирдэ сүүстэн тахса казак Аҥаар Хараҕы төгүрүйэн ылбыттар. Көрбүттэрэ: арай били биир киһилэрэ уон аҥар харахтаах киһи буолбут. Казактар онуоха кинини ытыалыыбыт диэн, хата, бэйэ-бэйэлэрин ытыаласпыттар. Аҥаар Хараҕы тута сөрөөн туран, таһыччы малытан кээспиттэр: ханна баартын ким да билбэт.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации