Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 53

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 53 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
Х

Сүөдэр бэрт сэрэҕинэн тыаһа-ууһа суох турар. Таҥаһын таҥнар. Хараҕын саба бааммыт өрбөҕүн ылан хоонньугар уктар. Тыаһаамаарай ханнык диэн, ааны сэрэнэн аһан тахсар. Амма өрүһүгэр киирэр. Кырдьык, ханнык эрэ омоон суол баарын булар. Түүн үөһэ буолара чугаһаабыт быһыылааҕа, араҥас сулус кутуруга арҕаа хайыспыт. Тымныы, киһи тыына сыыгынаан иһиллэр. Итинтэн ураты туох да иһиллибэт, уу чуумпу. Сүөдэр, иһиллии-иһиллии, бэркэ бигээн, аа-дьуо барар. Эбэ төрдүттэн Амма слободатыгар диэри аҕыс биэрэстэ кэриҥэ. Ону икки чаастан быдан ордугунан хааман тиийэр. Үөһэ хаа-дьаа дэриэбинэ ыалын тыаһырҕаабыт ыттара үрэн ньаҥыйаллар, арыт улуйан ылаллар. Сүөдэр Слобода ыалын ойбонноругар тиийэн тохтуур. «Аны киһи батыһан иһэрэ буолаарай?» – диэн, кэннин хайыһан көрөр. Суох, ким да көстүбэт. Дэриэбинэҕэ тахсаары, ойбон суолун батыһан сыыр анныгар тиийэр. Эмискэ суолун икки өттүттэн хаар иһиттэн саалаах дьон баар буола түһэллэр:

– Тохто-о!.. Илиигин өрө уун!..

Сүөдэр тохтуур. Илиитин өрө уунар.

Саалаах дьон кэлэн туппахтаан көрөллөр, дьэгдьийэллэр. Тугу да булбаттар.

– Ханна баран иһэҕиний?

– Солобуодаҕа.

– Тоҕо? Бандьыыттар ыыттылар дуо?

– Суох… – бу дьон кыһылларын Сүөдэр дьэ итэҕэйэр. – Миигин командиргытын Алмазовы кытта көрүһүннэриҥ.

Тохтоппут дьон: «Хайдах гынабыт?» – диэбиттии, бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр. Онтон биирдэстэрэ:

– Харабыл начальнигар тиэрт. Онно быһаарыахтара, – диир.

– Чэ эрэ, батька, бу суол устун бар!

Сүөдэр суол устун сыыры өрө дабайар. Кэнниттэн иһэр саалаах киһитэ сэрэтэр:

– Куота сорунума, ытан кэбиһиэм!

– Куттаныма, куотуом суоҕа.

Сыыр үөһэ тахсаллар. Тэйиччи соҕус Слобода дьиэлэрэ барыһан көстөллөр. Сотору-сотору кинилэри тохтотоллор. Кимнээх иһэллэрин ыйыталлар.

– Бандьыыты тутан иһэҕин дуо?

Уһук дьиэҕэ кэлэн харабыла Сүөдэри тохтотор. Ким эрэ олбуор иһиттэн быган көрөр.

– Харабыл начальнигар киһи аҕаллым, – диир Сүөдэри аҕалбыт киһи.

– Манна киириҥ.

Наара ороҥҥо хас да киһи таҥастыын утуйа сыталлара. Онон-манан кумааҕынан силимнэммит таастаах кыраһыын лаампата дьиэ иһин имик-самык сырдатар. Остуолга биир киһи тугу эрэ суруйа олорор

– Табаарыс начальник, бу киһини илиҥҥи сектортан тутан аҕаллыбыт!

«Кимҥиний?» – диэбиттии, харабыл начальнига Сүөдэри көрүтэлиир. Сүөдэр, соруктанан кэлбит сиригэр этэҥҥэ тиийбититтэн үөрэн, мичээрдиир.

– Туохтан күлэҕиний?

– Үөрүүбүттэн.

– Туохтан үөрэҕиний?

– Дьоммор – эһиэхэ кэлбиппиттэн.

– Хантан кэллиҥ?

– Дьокуускай куораттан.

– Куораттан да-а? – начальник хайдах эрэ соһуйа истэр.

– Куораттан.

– Трофимов!

Ороҥҥо сытар дьонтон биирдэстэрэ ойон турар.

– Истэбин, табаарыс начальник!

– Сибилигин командирга бар. Уһугуннар. Якутскайтан киһи кэлэн олорор диэн дакылааттаа!

– Сөп, табаарыс начальник!

– Чэ, бар.

Красноармеец, эргиллэ түһээт, таһырдьа ыстанар. Ааҥҥа тымныы тумана эрэ өрүкүс гынан хаалар.

Утуйа сыппыт байыастар бары уһукталлар. Дьиктиргээбит курдук, Сүөдэри одуулаһаллар. Дьиктиргээминэ даҕаны, кинилэр мантан хас да доҕотторун куоракка ыыппыттара да, ким да тиийбэтэҕэ, барыларын аара бандьыыттар тутаннар өлөртөөн кэбиспиттэрэ иһиллэрэ.

– Кэл, манна олор! – диэн, харабыл начальнига Сүөдэри остуол аттыгар ыҥырар. – Аччыктаатаҕыҥ, тоҥноҕуҥ буолуо, чэй иһиэҥ дуо?

– Суох, киэһэ биир ыалга сылдьан чэйдээбитим.

– Куоракка хайдах олороҕутуй? Туох сонун баарый?

– Куоракка уруккубут курдук олоробут. Уркуускайтан биһиэхэ көмөлөһө халыҥ этэрээт иһэр үһү.

Тымныы туманын кытта таһырдьаттан бараан сонноох киһи көтөн түһэр. Аан аттыттан икки илиитин ууммутунан:

– Федор!.. – диэбитинэн Сүөдэри кууһан ылар. – Бу хантан?.. Хайдах?..

– Куораттан, табаарыс Алмазов. Эһиги манна хайдах олороргутун билиһиннэрэ ыыттылар.

– Биһиги бэркэ диэн олоробут! Дьэ, хата кэпсээ, туох сонун баарый?

– Сонун диэн, соҕурууттан биһиэхэ көмө иһэр үһү. Бэйи эрэ, ким диэтилэр этэй?.. А, дьэ өйдөөтүм, Халандарасыбыыл…

– Нестор Александрович Каландаришвили! Верхоленскай уеһыгар Колчак армиятын үлтү урусхаллаабыт Сибирь биир биллэр партизанскай командира!.. Дьэ, бу чахчы үчүгэй сонун!

– Табаарыс Алмазов, эһигини куоракка, тугу да кэрэйбэккэ, көҥү көтөн киирдиннэр диэн миигинэн илдьиттээтилэр.

– Кэбис, биһиги куоракка киирэр кыахпыт суох.

– Хайдах?..

– Хайдах диэн, бандьыыттар тоһуурга баҕас бэртэр. Оттон манна хамсаабакка олордохпутуна, тугу да гымматтар. Барар, кырдьык, улахан кутталлаах: хас тоҕоостоох сир аайы тоһуйан чокуйуохтарын сөп. Оттон тоһуйа сытан ытыалааччы өттө үксүгэр кыайыылаах тахсааччы. Ону бэйэҥ да билэр буолуохтааххын. Чэ, кэпсэтиэхпит, миэхэ тахсыах. – Гудзинскай Сүөдэри олорор дьиэтигэр илдьэ тахсар.

– Федор, били кэргэҥҥин, оҕоҕун буллуҥ дуо?

– Суох, – Сүөдэр үөһэ тыынар.

– Да-а, – диир Алмазов-Гудзинскай уонна, ыйыппытын кэмсиммит курдук, саҥата суох барар. – Эйигин манна соҕотохтуу ыыппыттара дуу?

– Суох, биһиги иккиэ этибит.

– Ол доҕоруҥ ханнаный?

– Мин бу сырыым түмүгэ биллиэр диэри аара тохтоон хаалбыта. Мин манна кыайан тиийбэтэх сурахпын иһиттэҕинэ, кини кэлиэхтээҕэ…

* * *

Амма слободатыгар биир эрэ күн өрөөн, сынньанан баран, Сүөдэр эмиэ түүн манна кэлбит суолунан төннөр. Эбэ төрдүгэр били ыалыгар тиийэн маҥнай кыбыылаах окко кирийэр. Онно өр соҕус сытан чуҥнуур. Онтон ким да туора киһи суоҕун билэн, ааны тиийэн тардар. Аан аһаҕас этэ. Дьиэлээхтэри уһугуннарбатарбын диэн, бэркэ сэрэнэн киирэр. Илиитин иминэн били суол аанынааҕы орону туппахтаан көрөр. Орон кураанах. «Баҕар, тэллэхтээх суорҕаммын манна хомуйан сытыараллара буолаарай?» – диэн, көрдөөн көрөр. Булбат. Сонун устан, биир эҥээринэн саптан сытар. Сотору утуйан хаалар.

Сарсыарда эрдэ дьиэлээх эмээхсин туран оһоҕор уот оттор. Тоҥ хаһаа буолбут дьиэ иһин оһох уотун сылааһа сылытан эрдэҕинэ, эмээхсин уотун сылааһыгар көхсүнэн иттээри эргийэр. Өйдөн көрбүтэ – суол аанынааҕы оронноругар киһи киирэн утуйа сытар. Эмээхсин соһуйан өлө сыһар. Оҕонньоругар тиийэн сибигинэйэр:

– Оҕонньоор, киһи киирэн утуйа сытар…

– Туох даа?..

– Ороммутугар киһи киирэн сытар диибин ээ!..

Оҕонньор турар. Аа-дьуо бакыҥнаан тиийэн сытар киһини өҥөйөн көрөр.

– Ээ, били түүн баран хаалбыт киһибит эбит дии.

– Баҕайы, хантан көһүннэҕэй?

– Эмээхсиэн, суолун билэн сылдьар киһи быһыылаах, сырыттын.

Чэйдэрин оргутан, күөстэрин буһаран баран, дьиэлээхтэр Сүөдэри дьэ уһугуннараллар. Сүөдэр соһуйбут курдук олоро түһэр.

– Хоноһоо, турар кэм буолла.

Сүөдэр туран суунар. Кэлэн остуолга олорор. Чэй кутан биэрэллэр. Куобах буһарбыттарын хоторон уураллар. «Ханна сырыттыҥ? Тоҕо тугу даҕаны эппэккэ эрэ түүн баран хаалбыккыный?» – диэн ыйытыахтара диэн, Сүөдэр тугу этэрин эрдэттэн булунар толкуйугар түһэр. Суох, оҕонньордоох эмээхсин ол туһунан тугу да ыйыппаттар. Хата ол оннугар оҕонньор:

– Биһигини уһугуннаран, тэллэхтээх суорҕаҥҥын ылан да утуйуо эбиккин, – диэн сэмэлээбиттии этэр. – Бүгүн өрүүгүн дуу, бараҕын дуу?

– Бардарбын сөп буолуо этэ, Ураһалаах диэки тиийдэрбин диибин.

– Ураһалаахха диэри ыал суох этэ ээ. Эмээхсиэн, суоратта таһааран биэр. Бэйи, ыраах сир, киһи үчүгэйдик өллөнөн баран барар сирэ.

Сүөдэр бу ыалга олус махтана саныыр. Тото-хана аһаан баран, бараары таҥаһын таҥнан хачыгыраһар.

– Солобуода дьоно хайдах олороохтууллар эбитий? – «ол ыалга туох кэлэр-барар эбитий?» диэбиттии курдук, оҕонньор ыйытар.

«Билбэппин, сылдьыбатаҕым», – диэҕин Сүөдэр тыла тахсыбат.

– Үчүгэйдик олороллор эбит.

– Иһит эрэ, эн, быһыыта, атын соруктаах сылдьар киһигин быһыылаах, куоракка киирэн табаарыстаргар эт: түргэнник биһигини ити баҕайылартан быыһаатыннар. Көһүтэбит. Дьон бэркэ көһүтэр диэн эт!

– Чэ, оҕонньоор, быраһаай даҕаны, баһыыба даҕаны, сотору кэлиэхпит! – Сүөдэр илиитин биэрэр.

Таһырдьа тахсан күрдьүккэ анньан кэбиспит тайах маһын ылар, үтүлүгүнэн тайаҕын кырыатын сотор. Кыһыҥҥы күн саҥа кылайа тахсан эрэрэ.

XI

Ураһалаах ыалын түннүгүн уотун Сүөдэр ыкса киэһэ, ыал утуйуон аҕай иннинэ, көрөр. Тоҥон ыксаан иһэр буолан, туох да сэрэҕэ суох ыал тэлгэһэтин иһигэр киирэн, манна бандьыыттар баалларын дьэ өйдөөн, биирдэ «бабат» диир. Дьиэттэн саалаах дьоннор күлүгүлдьүһэн тахсаллар. Күрүө остоолболоругар хас да ыҥыырдаах ат бааллан турарыгар бараллар. Сүөдэри көрбөтүлэр быһыылаах.

Сүөдэр, хайдах эмэ көстүбэтэрбин ханнык диэн, ону-маны хаххаланан, дьиэттэн киэр дьаадьыйар. Барбахтаан иһэн суолтан туора, ойуур иһигэр, мас быыһынан бэрт кыра түннүк уота кыламныырын көрөн, онно туоруур. Самнайбыт туруорбах балаҕан турара. Кэлэн, иһиллээн турбахтаан баран, туох да элбэх саҥа-иҥэ суоҕун истэн, дьиэҕэ хаачыгыраан киирэр.

Көмүлүөк оһоххо кураанах маһы толору симмиттэрэ умайан бачыгырыы турар. Обургу соҕус алтан солуурчахха куобах буһан өрүтэ ыһыахтанар. Кэтэҕэриин ороҥҥо сааһыра барбыт саха оҕонньоро олорор. Уот иннигэр эдэр соҕус киһи сүгэ уктуур. Эдэрчи дьахтар хотонтон кыракый ыаҕайаҕа үүт тутуурдаах тахсар. Сүөдэр киирбитин дьиктиргээбит курдук көрөллөр. Хаҥас орон баҕанатыгар икки куобах тириитэ ыйанан турар. Холумтан анныгар түөрт харахтаах күөрт ыт сытар.

– Дорооболоруҥ, дьиэлээхтэр!

– Дорообо. Тугу биллиҥ? – диэн саха киһи майгытынан оҕонньор Сүөдэри кытта кэпсэтэн барар.

Сотору куобахтарын этин хотороллор. Оҕонньор туох да саҥата суох куобахтарын этин түөрт гына түҥэтэр.

– Кэлэн куобах этинэ сиэс! – Сүөдэри остуолга ыҥыраллар.

Күнү быһа хааман, хара сарсыардаттан итии киллэрэ илик буолан, Сүөдэр улаханнык аччыктаабыт этэ. Остуолга кэлэр. Киниэхэ ирээттээн уурбут куобахтарын этин сиэн хадьырыйбытынан барар. Улахан мас кытахха куобах миинин кутан аҕалаллар. Хас киһи аайы мас хамыйахтары уурталаан биэрэллэр.

– Ыраахтан сылдьабын диигин, ол хайа диэкиттэн сылдьаҕыный? – оҕонньор Сүөдэртэн дьэ иҥэн-тоҥон ыйыталаһан барар.

– Амма умнаһыттан.

– Амма эбэ хотун ыаллара хайдах олорор буолалларый?

– Оттон олороохтууллар.

– Э-эх, дьэ кырдьык, киһи үчүгэй диэн хайҕаабат кэмэ кэллэ быһыылаах, – дии-дии, оҕонньор куобах миинигэр чачайан, сөтөллөн хахсайан ылар. – Бэҕэһээ Бүтэйдээххэ Иирбит Ньукуус сордооҕу үрүҥнэр тыыннаахтыы уоттаабыттар үһү.

– Тыыннаахтыы уоттаабыттар да-а?.. – Сүөдэр, соһуйан, күөмэйигэр ас барбат буола түһэр.

– Инньэ дииллэр. Киһи миигинньигэ маннык үйэ кэлиэ эрэ дии санаабат этибит, онтубут дьэ кэлэр эбит.

Аҕыйах хонуктааҕыта Хаптаҕайтан арахсалларыгар Ньукуус эрэйдээх Сүөдэргэ: «Тыкаам, бэркэ диэн сэрэнэн сырыт. Сорудахпыт ыарахан быһыылаах. Өскөтө иккиттэн биирдэспитин туттахтарына, бэйэ-бэйэбитин букатын билсиспэт курдук буоллахпытына сөп. Өйдөөтүҥ дуо, тыкаам?» – диэхтээбитэ. Ол киһитин бандьыыттар тыыннаахтыы уоттаабыттар. Оо, сүрүн баҕаһын, киһини хаһыытаппытынан уокка сиэтэн өлөрөр диэн! Сүөдэр сии олорбут куобаҕын этин бэйэтиттэн киэр анньар.

Дьиэлээх оҕонньор Сүөдэр хаана-сиинэ кубулуйбутун барытын көрө олорор.

– Доҕоор, ол Ньукуус эрэйдээҕи билэр этиҥ дуо?

– Соччо билбэт киһим… Биирдэ олоҥхолуурун истибитим.

– Үйэлээх сааһын тухары дьиэлэммэтэх-уоттамматах, ырыаҕа ылларбыт, тойукка туттарбыт эрэйдээх этэ. Сордооҕу илиитин, атаҕын тимир боробулуоханан кэлгийэн баран, кутаа уокка бырахпыттар үһү. Көр, онно эр бэрдэ: «Эһиги да мин кэппин кэтиэххит!» – диэхтээбит үһү эбээт.

Бу киэһэ итинтэн ураты тугу да кэпсэппэттэр.

– Хоноһо бу ороҥҥо сыт, – диэн аан аттынааҕы адарай орону ыйаллар. Сүөдэр сүгэ сылдьар таҥаһын киллэрэн сытар. Оһох маһа бүтэн, чох суорҕаннанан эрдэҕинэ, уута кэлэн, нухарыйан барар. Эмискэ аан аһыллар, дьиэҕэ саалаах дьон кутулла түһэллэр. Киирбит дьонтон хайалара эрэ, оһох чоҕун тарыйбахтаан баран, кураанах хардаҕастары уурар. Уот умайан, дьиэ иһэ сырдыыр.

– Туораттан сылдьар киһи баар дуо манна? – дии-дии туох эрэ көтөр курдук тыҥкыйдаан саҥарар киһи эргичиҥниир.

– Эчи суох, биһиги оччо ыалдьыттаныах-хоноһолонуох дьон буолбатахпыт, – диир дьиэлээх оҕонньор.

– Олоҥхоһут, остуоруйаһыт киһи эһиэхэ сылдьааччыта, хонооччута суох дуо?

– Э-э, суох… Олоҥхоһут, остуоруйаһыт дьон кэм астаах, көлөһүннэригэр тугу эмэни дук гыныах ыалга сылдьааччылар. Бу биһиги курдуктартан эмиэ тугу туһаныахпыт диэн хоннохторой.

– Чэ, тахсыаҕыҥ!..

Сүөдэр, уута көтөн хаалан, утуйбакка сытар. Дьиэлээх оҕонньор туран оһоҕор кэлэр. Хамсатыгар табах уурунар. Сүөдэр уһуктаҕас сытарын көрөн:

– Утуйбакка сытаҕын дуу, доҕоор, – диир.

– Суох… Ити тугу көрдүү сылдьар быһыыларай?

– Ээ-э, этимэ даҕаны. Икки атахтаах иирэн эрэр! Көрбөтүҥ дуо, өлөрөн туһанаары, хас суол киһитин барытын сураһа сырыттахтара ити дии. Үнүрүүн манна эмиэ киирэ сылдьыбыттара. «Туораттан сылдьар киһини барытын биһиэхэ тыллыах тустааххыт!» – диэн сэрэтэн тахсыбыттара. Күн аайы кутталга олорор курдук куһаҕан суох, – оҕонньор табахтаан бүтэр. Хамсатын күлүн холумтанын маһыгар тэбээн тобурҕатар, туран оронугар барар. Ханна эрэ тэйиччи ыттар үрэн ньаҥыйаллар. – Дьон буолбатахтар, сур бөрөлөр. Аны ити оҕобун ылаары, саллаат оҥостоору муҥнаан эрэллэр.

– Дьиэтигэр тоҕо олороруй?.. Саһан хаалыаҕын.

– Ханна саһаахтыай? Барар сирэ суох. Арай күннэтэ куобахтаатаҕа буолан, ойууру кэтэн тахсар.

– Солобуодаҕа киириэ этэ буоллаҕа дии, онно кыһыл этэрээт олорор ээ.

– Кыһыл этэрээт Солобуодаҕа баар дуо? – оҕонньор соһуйа истэр. – Хайдах, оттон уонча хонуктааҕыта: «Солобуоданы ыллыбыт, кыһыллары барыларын кыртыбыт!» – дэһэ-дэһэ көбүөхтэһэн эрэллэрэ дии. Баҕайылар, сымыйалара эбит дуу? Ол даҕаны иһин, ити сааларынан-сэптэринэн тугу кыайбыт-хоппут үһүлээр.

– Солобуодаҕа кыһыллар бааллар, хата, бэриниэ суох дьон быһыылаахтар, – дии-дии, Сүөдэр туран таҥаһын таҥнан хачыгыраһан барар.

– Хайа, тоҕо турдуҥ, түүн эрдэ эбээт?

– Кэбис, мин барыым. Ити сылдьар ыалдьыттартан ытырыктатан бардым, уум даҕаны кэлиэ суох, ыраах барар киһи сир ыла турдахпына ордук буолсу.

– Ыаллаах сиртэн сэрэнээр эрэ. Түүн туттахтарына, куһаҕан буолуоҕа. Эт эрэ, доҕоор, ол Солобуодаҕа киһи хайдах сатаан киириэй?

– Солобуода илин өттүгэр Эбэ төрдө диэн сир баар. Онно оҕонньордоох эмээхсин олороллор. Кинилэртэн Амма өрүһүнэн Солобуодаҕа киириэххэ сөп.

– Тоойуом, өйдөөн иһит! – оҕонньор уолугар этэр.

– Истэбин.

– Э-э, Эмис Сөдүөтэ олороохтоотоҕо дии? – оҕонньор сэрэйэр.

– Ааттарын билбэтим ээ, ыйыталаспатаҕым. Чэ, быраһаайдарыҥ.

– Быраһаай. Үчүгэй сураҕы кэпсээн, арыый сэргэхситтиҥ, ситэ хоммутуҥ буоллар, өссө ону-маны ыйыталаһыа эбиппит.

Сүөдэр таһырдьа тахсыбыта – халлаан, бүттэтэ суох тэһитэ ытыаламмыт курдук, сулус бөҕөнөн көрөн турара. Кырдьык, түүн эрэ үөһэ буолан эрэр быһыылааҕа.

Сүөдэр күөлү туоруур. Ким да көрсүбэт. Суос-соҕотоҕун суол устун чоочугураан иһэр. Арыт суола хараҥа ойууру ортотунан киирэн, түҥкэтэх дүөдэ сирдэринэн ааһыталыыр. Оччоҕо хараҥа ойуур иһинээҕи бакыр мастартан Сүөдэр хараҕа арахпат, кини санаатыгар, онно ким эрэ саһан, кэтээн турарга дылы.

«Бандьыыттары дьадаҥы, отчут-масчыт өттө сөбүлээбэт эбит. Көр, Эбэ төрдүгэр олорор оҕонньордоох эмээхсин мин ханна баран кэлбиппин сэрэйээхтииллэр ээ… Оттон бу сылдьыбыт ыалым эмиэ, бандьыыттар киирэн ыйыппыттарыгар, тугу да тыл быктарбатылар. Дьон чахчы да бандьыыттары абааһы көрөр быһыылаах…»

Сүөдэр, ыалларга хоно-хоно, Илин Хаҥалас улууһун киэҥ алаастарын, халыҥ систэрин туораан, Лоомтукаҕа киирэр. Сылгы саалын курдук кырдал үрдүгэр хоруобуйалаах улахан дьиэ, элбэх ампаардар, күрүө-хаһаа көстөллөр. Бу Манньыаттаах олоҕо буолуохтаах. Тула, илиҥҥи уонна арҕааҥы алаастар кырдалларыгар, туруорбах балаҕаттар, кыракый ампаар дьиэлэр бааллар. Манна манньыаттаахтарга илии-атах буолааччылар, киниэхэ үлэлээччилэр олороллоро.

Сүөдэр алаас куулатыгар олорор туруорбах балаҕаннаах ыалга киирэр.

– Хайа диэкиттэн сылдьааччыгыный? – дьиэлээх киһи Сүөдэртэн ыйытар.

– Оҥойор айахпар ас булан аһаайабын диэн, ыалтан ыалга сылдьар сордоохпун.

– Э-ээх, буолаахтыа.

– Бу өрүс эбэ хотун илин эҥээрин ыаллара өҥ соҕустар диэбиттэрин хоту суолу бата сылдьабын.

– Ээ, кырдьык, урут, аймаммакка-саймаммакка олорор эрдэхпитинэ, оччо хобдоҕо суох буолара.

Сүөдэр, бу ыалга хонон баран, сарсыарда эрдэ туран Лена кытылыгар, Хаптаҕай сэлиэнньэтигэр киирэр.

Үрдүк мыраантан киһи хараҕа төһө ыларынан Лена эбэ хотун мууһунан-хаарынан бүрүллэн туналыйан сытар. Сүөдэр ону көрөн туран: «Оо, эбэм эҥээрин тыыннаах эргиллэн кэлэн көрөрдөөх эбиппин ээ!» – диэн саҥа аллайар. Хайдах эрэ хараҕа сырдаабыкка, өйө-санаата дьэгдьийбиккэ дылы буолар. Бу эбэ хотунун иккистээн төрөөн кэлэн көрбүт курдук саныыр. Кини туһунан туох эрэ үчүгэйи, үтүөнү этиэн, сөҕүөн-махтайыан, кимиэхэ эрэ арбаан-аатырдан кэпсиэн баҕарар, санаата оонньоон кэлэр.

Лена өрүһү саха киһитэ таптыан таптыыр, ытыктыан ытыктыыр. Кырдьык даҕаны, кини курдук улуу өрүс чугаһынан баара биллибэт. Барахсан, уҥуоргу мырааныгар үүнэр тэҥкэ тыатын маһа, уран тарбахтаах киһи сорунан олорон уус хараҕынан кыҥаан көрө-көрө, уһанан-чочуйан оҥорбут муос тарааҕын тииһинээҕэр намчытыйан, биир кэм торҕо буодьу курдук сыыйыллан бара турдаҕа кэрэтиэн! Кэрэ, киэҥ да далай буолаахтаатаҕыҥ! Хас саас аайы халааннаан турдаҕына, көтөр кынаттаах ууга олорботун өттө, быһа көтөн туоруон чаҕыйар. Мэҥэ халлаан оройунан мээчиктэнэ эргийэр күндүл маҥан күн хас сарсыарда аайы кини уутуттан төрөөн тахсарга дылы буолар. Оттон хас киэһэ аайы, күннүктээн эргийбит сылаатын таһаараары, итииргээбитин сөрүүкэтээри, кини уутугар сөтүөлүү түһэргэ дылы! Бу өрүс суоҕа буоллар, кини хочотун, ыраах-чугас тардыыларын өҥ буорун быйаҥынан, уутун балыгынан, тыатын булдунан, үөскэлэҥ сүөһүтүнэн иитиллэн олорор саха эрэйдээх былыргы үйэҕэ быстан бүппүтэ ырааппыт буолуо этэ. Ол да иһин Лена өрүһү саха киһитэ ырыатыгар ыпсарар, хоһоонугар холбуур.

Сүөдэр били икки хараҕа суох Сөдүөччүйэ эмээхсин бокуонньук, санаата кэллэҕинэ, бэркэ иэйэн олорон ыллыырын өйдүү биэрэр:

 
Өлүөнэлиир эбэбит,
Аата-ахса биллибэт
Арыы, сыһыы хонууларыҥ
Ача күөх отторо
Араҕас арыынан аллар!
 
 
Өлүөнэлиир эбэбит,
Үрүмэ долгун үрүттээх,
Кыһыл көмүс кыбытыылаах
Үс үллэр үөстэриҥ
Үгүс үтүө балыктаах.
 
 
Өлүөнэлиир эбэбит,
Баһа-атаҕа биллибэт,
Устата-туората көстүбэт
Киэҥ, кэрэ тыаларыҥ
Киис, саһыл кистэлэҥнээх!
 
 
Өлүөнэлиир эбэбит,
Үйэ-саас тухары
Үрүҥ тунах холобурдаах
Үтүмэн үгүс быйаҥынан
Үрүлүйэ туруохтун!
 

Сүөдэр үөһэ тыынар, онтон, эмискэ өйдөммүт курдук, тайах маһын туора элитэр, үрдүк мыраантан, оҕо ийэтигэр куустараары утары сүүрэрин курдук, өрүскэ сүүрэн дэллэрийэн түһэр.

Үһүс баһа
I

Саха сирэ илин-арҕаа, хоту-соҕуруу бэрт ырааҕынан тайаан сытар. Кинини барытын көмүскүүргэ, дьиҥэр, бэрт үгүс сэбилэниилээх күүс наада буолуо этэ. Оттон оннук күүс бу уһук уобаласка хантан кэлиэй. Кытыы уокуруктарга аҕыйах милиционердартан ураты ханнык да сэрии күүһэ диэн суох. Балаһыанньа төһө да итиннигин үрдүнэн, бандьыыттар субу киирээри ыган турдахтарына, Дьокуускайтан биир да красноармееһы ыытар табыллыбат.

Бүлүү уокуругун партийнай, комсомольскай, советскай тэрилтэлэригэр: «Эһиги уокуруккутугар бу күннэргэ бандьыыттар тиийэр кутталлара үөскээбитинэн сибээстээн, коммунистартан, комсомолецтартан уонна советскай үлэһиттэртэн ЧОН этэрээттэрин тэрийэргитигэр этэбит. Этэрээккэ киирбит дьону сэриилэһэргэ үөрэтиҥ. Атын сиртэн хантан да көмө кэлиэ диэн саараамаҥ», – диэн сэкириэтинэй сурук барар. Ол гынан баран уобалас үстэн биирин кэриҥин ылар Бүлүү уокуругун курдук сири, бандьыыттар киирэн эрэллэрин билэ-билэ, туох да көмөтө суох бэйэлэригэр эрэ найылаан кэбиһэр эмиэ да сүрэ бэркэ дылы. Онон уобалас салалтата соҕурууттан иһэр Каландаришвили этэрээтигэр көрдөһүү сурук ыытарга быһаарынар. Ол суругунан Бүлүү уокуругар аараттан Сунтаарынан быһа этэрээт тэрийэн ыытарыгар командующайтан – Нестор Александрович Каландаришвилиттан көрдөһөллөр.

Нөҥүө күнүгэр Сэмэнчик Каратаев ротатыттан букатын арахсан, Губчекаҕа кэлэр. Платон Алексеевич Сэмэнчиги ыҥыртаран ылан бэҕэһээ киэһээҥҥи сорудаҕын өссө чиҥэтэн биэрэр:

– Эн сэкириэтинэй бакыаты илдьэ иһэргин ким даҕаны билиэ да, сэрэйиэ да суохтаах. Дьаамсыктарга, суолга уонна дьаамнарга көрсөн кэпсэтэр дьоҥҥо почтаны көрөн иһээччи эрэ киһи быһыытынан көстүөхтээххин, – кыракый соҕус бакыаты туттарар. – Илдьэр суругуҥ диэн дьэ бу. Мантыгын хараҕыҥ харатын курдук тут. Өскөтө суолга бандьыыттар көрсөр күннээх буоллахтарына, туох-ханнык иннинэ бу бакыаты суох гыныахтааххын. Уматар даҕаны, кистиир даҕаны кыаҕа суох буоллаххына, сиэн кэбиһиэхтээххин. Оннук. Өйдөөтүҥ ини?

– Өйдөөн, Платон Алексеевич.

Ити аата бандьыыттар Сэмэнчиги ханна баҕарар көрсөр кыахтаахтара. Өскөтө бандьыыттары суолга көрүстэҕинэ, соҕотоҕун утарылаһар кыаҕа суоҕа. Ол да буоллар хайдах эмэ гынан, бу бакыатын бандьыыттар илиилэриттэн харыстыахтаах, көмүскүөхтээх.

Сотору Губчека дьиэтин ааныгар почта дьаамсыга кэлэн атын тохтотор. Дьаамсык дьиэҕэ киирээри гыммытын харабыл киллэрбэт.

– Бэйи эрэ, оттон бөстүлүйүөн киһини манна баар… ылаар диэбиттэрэ дии! – дии-дии айдаара турдаҕына, Сэмэнчиги кытта Платон Алексеевич тахсаллар. Сэмэнчик саҕатын туруорунан баран романскай тулуубунан сөрүү сууламмыт, хараҕа эрэ кылайан көстөр. Онон дьаамсык оҕонньор кини нууччатын-сахатын, эдэрин-кырдьаҕаһын бүдүүлээн көрбөт.

Почта туох да ыарахан таһаҕаһа суоҕа. Баара-суоҕа биир эрэ тирии бэрэмэдэй баара да, ол даҕаны туох эмэ ыарахан, үгүс уктастааҕа көстүбэт этэ.

Куорат соҕуруу баһыгар, Баҕарах суолун төрдүгэр турар Богородица таҥаратын дьиэтин биэрэстэ аҥаарын курдук ааһан баран, биир сатыы киһини суолга көрсөллөр. Саха киһитин көлөтө, үөрэнэн хаалбыт үөрүйэҕинэн, киһини көрсөөт тохтуур.

– Ханна баран иһэр дьоҥҥутуй?

– Дьаамы илдьэ иһэбин. Оттон эн бу хайа диэкиттэн хаамтыҥ?

– Илин эҥээртэн.

– Онно олохтоох этиҥ дуу, тахса сылдьан баран төннөҕүн дуу?

– Ол диэки сылдьан баран киирэн иһэбин.

– Э-ээх… һат! – оҕонньор атын кымньыылыыр. Ат, ходьорус гынаат, айаннаан лабыйан барар.

Ити курдук аҕалыы-уоллуу суолга көрсөн билсиспэккэ хардарсаллар. Сүөдэр, бэрт кытаанах соругу толорон, Амматтан киирэн иһэрэ, оттон Сэмэнчик эмиэ чэпчэкитэ суох эппиэттээх соругу толоро ыраах сырыыга баран эрэрэ.

* * *

Дьаамтан дьаамҥа түһэн, Лена өрүһү өрө батан, нэдиэлэттэн ордук айаннаан, Сэмэнчик Өлүөхүмэ куоратыгар тиийэр.

– Ээ, Сэмэнчик кэлбит дуу?.. Хайа, доҕоор, куоракка туох сонуннаах-нуобастаах буолаҕытый?

– Соччо туох да суох.

– Ол диэки бандьыыттар баар буолбуттарын курдук кэпсииллэр ээ, хайа истибитиҥ буолаарай, ханна бааллар, төһө элбэхтэр үһүнүй? – ити курдук бэрт үгүс киһи Сэмэнчиктэн ыйытар.

Билэр дьонугар Сэмэнчик тугу да кистээбэккэ кэпсиир.

– Бандьыыттар сорохторо ханан эрэ бу диэки кэлэн иһэллэрин курдук кэпсииллэр дии, ити төһө кырдьык кэпсэл буолла? – диэн ыйытааччылар эмиэ бааллара. Кырдьыга, Сэмэнчик оннук сураҕы истибэт этэ.

Кини Өлүөхүмэ куоратыгар тохтообокко, күнүнэн ааһардыы быһаарынар.

– Мин мантан өссө үөһэ ааһабын, бу түүн мантан барыахтаахпын, – диир почта начальнигар.

– Баһаалыста, барар кыахтааххын, бүгүн дьаам соҕуруу барар күнэ.

– Дьэ, үчүгэй.

– Соҕуруу, хайа дьаамҥа тиийиэхтээххиний? Суолуҥ лииһигэр ыйыах тустаахпын, – начальник Сэмэнчик туох диирин кэтэһэр. Сэмэнчик ханна тиийэн Каландаришвили этэрээтин көрсүөхтээҕин бэйэтэ да билбэт. Киниэхэ Платон Алексеевич эппитэ: – Каландаришвили Бүлүүгэ ыытар этэрээтэ Батамаайы дьаамыттан арахсыахтаах диэн. Ону өйдөөн:

– Батамаайы дьаамыгар тиийиэхтээхпин, – диир.

Почта начальнига тоҕо эрэ Сэмэнчик диэки көрөн ылар. Суолун лииһигэр тугу эрэ бэлиэтиир.

– Мэ. Батамаайыга төһө өр буолуоххунуй?

– Суох, туох оччо уһаабыт үһүбүөн.

* * *

Күнүстэри-түүннэри ускуруой айаннаан, Сэмэнчик биир сарсыарда, халлаан саҥа суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, Березовкаҕа тиийэр. Мантан Маача чугас. Березовкаттан Точильнай дьаама, онтон Нохтуйскай утарыта өрүс уҥуор – Маача.

Сэмэнчик Березовкаҕа дьаам дьиэҕэ киирэрин кытта, хас кэлэр сырыыны көрсөр үгэстэринэн, сылабаар туруорбутунан бараллар.

– Суох, мин чэйдээбэппин. Сибилигин аастахпына сатанар, – диир Сэмэнчик. Кини, Нохтуйскайга эрдэ тиийэн, Маачаҕа тахсан ийэтин билсэр, табылыннаҕына, Настяны да көрсөр санаалааҕа.

– Точильнайга хайа даҕаны сырыы чэйдээччитэ суох, онтон Нохтуйскайга эрэ тиийэн сылаас киллэрээччилэр, – дии-дии, дьаамсык аан аттыгар тэпсэҥниир, үүнүн-тэһиинин көннөрөр.

– Чэ буоллун, баһыыбаларыҥ, мин тиэтэйэбин!

* * *

Сараапап атыыһыттаахха Сылластыгас Сүөдэркэ кэлбитэ икки хонно. Алдан баһынан манна кэлэн иһэр Толстоухов этэрээтэ Учур төрдүгэр тохтоон олордоҕуна, кини манна уруттаан кэлбитэ. Толстоухов этэрээтэ манна ый аҥаарын бэтэрээ өттүгэр кэлбэт. Онуоха диэри Сүөдэркэ, Маачаҕа уонна Нохтуйскайга олорор баайдары кытта кэпсэтэн, кэлэн иһэр этэрээккэ көмө дьон хомуйуохтаах, кыһыллар тустарынан туох иһиллэрин барытын истэ-билэ сылдьыахтаах.

Кузьма Петрович, туран хоһун иһигэр төттөрү-таары хаамыталыы сылдьан, түннүк аннынан ааһан эрэр сыарҕалаах аттаах дьону одуулаһар.

– Бэйи эрэ, алҕас көрдүм дуу, тугуй?..

– Тугу эттиҥ, Кузьма Петрович? – Сүөдэркэ оронугар өттүгэстии түһэн сытан олоро түһэр.

– Били комиссар уолга дылы киһи ааста дии…

– Комиссар уол даа? Маннааҕы дьахтар, Маайа Быладьыымараба, уола дуо?

– Кини дуу, киһи атылыытын көрдүм дуу?

Сүөдэркэ ойон туран түннүктэри өҥөйтөөн көрбөхтүүр.

– Кузьма Петрович, чахчы кини быһыылаах дуо?

– Чэ-чэ, уолуйума, Федор Егорович, кэлбит буоллаҕына, сырыттаҕа дии, – Сараапап төһө да ити кыһаллыбатах курдук туттуннар, иһигэр комиссар уол кэлбититтэн бэркэ ытырыктата саныыр.

Сүөдэркэ Дьаакыбылап биир сиргэ таба олорбот, тугу эрэ толкуйдуу сатыыр курдук туттар.

– Федор Егорович, чэ бэйи, билигин биһиги чахчытын билиэхпит, – Сараапап хоһун аанын сэгэтэн Настяны ыҥырар.

Кыыс килбигийбит курдук туттан киирэр, Сүөдэркэ кыыһы тонолуппакка одуулаһар. Кини, бу дьиэҕэ төһө да баара-суоҕа иккиэйэх хоннор, Настяҕа куруутун иҥээҥнэһэ, сыста сатыы сылдьар. Хоноһолоро кыыстарыгар ымсыырарын Сараапап атыыһыт сэрэйбэт быһыылааҕа. Сүөдэркэ сааһын ортолообут киһи. Сааһынан итиччэ аҕа киһи эдэркээн кыыс оҕоҕо туох буолан ымсыырыа, иҥээҥнэһиэ диэн уорбалыай.

Настя, тээтэтэ тоҕо ыҥырбытын истээри, көһүтэн турбахтаан баран, симик куолаһынан:

– Тять, тоҕо ыҥырдыҥ? – диэн ыйытар.

– Настя, били Сэмэнчик уолга дылы киһи манан ааста ээ, эн…

Сэмэнчик аатын истээт, Настя сирэйэ кытара түһэр. Сааппыт дуу, килбигийбит дуу курдук туттар, хараҕын сиртэн араарбат. Онтон Сүөдэркэ Дьаакыбылап диэки кылап гына көрө охсон баран, иһиллэр-иһиллибэттик:

– Кэллин ээ, тять, ону тоҕо?

– Чахчытын билээри гынабыт, кини эбит дуу, атын киһини алҕас көрбүппүт дуу? Ийэтигэр тугунан эмэ сылтанан тахса сырыт эрэ, билэн киир.

Настя саҥата суох, тугу эрэ дьалкытыам диэн сэрэммиттии, аргыый хааман хос иһиттэн тахсан барар. Кыыс ааны сабарын кытта Сараапап мичээрдээбитинэн хоноһотун диэки көрөр.

– Федор Егорович, истэҕин дуо, ол акаарыҥ, сайын манна кэлэ сылдьан ити Настяны билсэ сатыыр быһыылааҕа, бэркэ кэтиир-маныыр этэ.

Сүөдэркэ курус гына түһэр.

– Чэ, билигин кэлбитин-кэлбэтэҕин кыыс билэн киириэҕэ, – дии-дии, Сараапап хостон тахсар.

Сүөдэркэ таҥастыын ороҥҥо тиэрэ түһэр, дьиэ үрдүн одуулаһа сытан, өһөхтөөх санаата өссө ордук оргуйан кэлэр. «Дьэ, удьуордаан туран үчүгэйдик да мин суолбар туора туран иһэр дьон буоллулар… Сылгыһыт түөкүн мин таптыы көрбүт дьахтарбын былдьаабыта. Аны туран билигин уола Настяны былдьаары гыммыт дии!.. Суох, дьоҕойонуҥ буолуо, тоҕойум, билигин баҕас күөн көрсөр инибит».

Балайда соҕус буолан баран, икки имин хаана тэтэрэн, Настя олбуоругар киирэн кэлэр. Сүөдэркэ, уоһун араастаан тупсарынан тутта сатыы-сатыы, түннүгүнэн көрөн турар.

Кыыс дьиэтигэр киирэрин кытта, тилийэ хоско Кузьма Петрович саҥата иһиллэр.

– Кэлбит диигин дуу? Федор Егорович, истэҕин дуо, чахчы кэлбит үһү, – дии-дии, Кузьма Петрович Сүөдэркэ хоһугар киирэн кэлэр. Бэйи эрэ, Настя, тугу да ыйыталаспат дуо?

– Ким баарын ыйыталаһар.

– Ону туох диэтиҥ?

– Оттон ким баарын эттэҕим дии.

– Бу Федор Егорович баарын эттиҥ дуо?

– Этэн.

Сүөдэркэ оройго бэрдэрбит курдук буола түһэр.

Сараапап хатыылаахтык көрүтэлээн кэбиһэр.

– Бэйи эрэ, Настя, эн бачча киһи хайдах тугу да өйдөөбөккүнүй? Мин этээр диэбитим дуо?

– Онно туох алдьархайа баарый? Саһа сылдьар киһи баар диэн эппэтэххит дии, – эҕэлээх соҕустук саҥаран баран, Настя тахсан барар.

Сараапаптаах саҥата суох олорбохтууллар.

– Кузьма Петрович, дьэ хайыыбыт? Аны ол киһибит тутаттыы кэлбитэ буолаарай?

– Соҕотох кэлбит буолбат дуо? Тугунан тутуоҕай?

– Оннугун оннук да… Чэ, буоллун. Биһиги манныгы быһаарсыахха. Оттон манна, бырааттар кэлэллэрин кэтэспэккэ, бэйэбит былааһы ылан кэбистэхпитинэ?

– Өрүс баһыттан кыһыллар иһэллэр дииллэр буолбат дуо? Кэбис, олор ааһыахтарыгар диэри, былааһы ыларбыт табыллыа суоҕа. Арай, өскөтө бырааттар бу күннэргэ манна кэлэллэрэ эбитэ буоллар, ол туһа туспа буолуо этэ.

– Оттон кыһыллар манан кэлэн ааһалларыгар халбарыйан, бырааттарга куотан биэриэхпит буоллаҕа.

– Даа-а, кутталлаах суолга үктэннэрээри гынаҕын быһыылаах… Суох. Бэйэм чааһым онно кыттыспаппын.

– Тоҕо?

– Тоҕо диэн, бу дьиэлэрбин, малбын, дьоммун ханна гыныахпыный? Эн курдук сулумаҕым буоллар, кырдьык, оннук да сылдьыһыахха сөп этэ. Миигин баалаама, Федор Егорович, – Сараапап туран тахсаары гыммыт курдук туттар.

– Бэйи, тохтоо, Кузьма Петрович, мин сибилигин былааһы былдьыахха, субу өлөрсүбүтүнэн-өһөрсүбүтүнэн барыахха диэбэппин ээ, сүбэлэһиэҕиҥ, барытын ыараҥнатан көрүөҕүҥ.

– Сүбэлэһиэххэ сөп. Маннааҕы уонна уҥуоргу Нохтуйскай дьонун, биллэн турар, биһиги диэки санаалаахтары, хомуйан кэпсэтиэҕиҥ.

– Чэ, сарсын киэһэ эрэллээх дьону ыҥыртаа.

Тээтэтэ Дьаакыбылабы кытта ити кэпсэтиитин Настя аан нөҥүө туран иһиллиир.

«Туох эрэ куһаҕаны оҥороору тэринэллэр ээ, быһыыта. Бэйи, итиччэтигэр сарсын, дьэ, иһиллиэм буоллаҕа», – Настя атаҕын төбөтүнэн тыаһа суох сыбдыйан хоһугар киирэн хатанан кэбиһэр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации