Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 34 (всего у книги 62 страниц)
Маайа кэлэн көрсүбүтүн иккис хонугар, түүн, Сүөдэрдээҕи уонча саллаатынан харабыллатан тимир суолунан Бодойбоҕо киллэрэллэр. Онно кинилэри биир камераҕа хаайталаан кэбиһэллэр. Сүөдэр Бодойбоҕо киллэрбиттэрин кэргэнигэр биллэрэр кыаҕа суоҕуттан санааргыыр. Атын даҕаны хаайыылаахтар «ханна-ханна эрэ тиэрдэллэр» диэн санааҕа түһэллэр. Арай Алмазов санаарҕаабыт дьүһүнэ көстүбэт.
– Трошка, эн холку даҕаны киһигин, букатын кыһаммаккын дии! – диир Сүөдэр.
– Тоҕо кыһаныахпыный?
– Хайдах? Хаайыыга олорор буолбаппыт дуо? Кэргэним, оҕом миигин ханна илдьэ барбыттарын билбэккэ хаалаахтаатылар дии… Трошка, эн кэргэннээххин, оҕолооххун дуо?
– Баар.
– Кинилэри ахтыбаккын дуо?
– Хайдах ахтыбат буолуомуй? Ол эрээри санаабын кыатанар буоллаҕым дии.
– Буолтун иһин, олус кыһаллыбаккын.
– Миигин хаайан олорооччулар кыһанныннар… Сотору мин кинилэри хаайталыыр күнүм тахсыа!
– Хайдах?
– Биһиги забастовкабытын билигин аан дойду үрдүнэн биллилэр. Ити тойоттор Петербург курдук ыраах сиртэн, бука, ыксаан кэлбиттэрэ биллэн турар. Кинилэр «дьону ытыалаан кыайдыбыт» дии саныыллара буолуо. Суох, биһиги кыайдыбыт!.. Түмүгэр тиийэн, хотторуулаах кинилэр буолуохтара!
– Трошка, этиитин этэҕин даҕаны, мин кыайан өйдөөбөппүн. Биһиги ытыллабыт, биһиги хаайыллабыт уонна хайдах кинилэр хоттороллоруй? – диир Сүөдэр.
– Киһи хаана тохторо иэстэбилэ суох буолбат. Манна тохтубут хааны норуот баайдартан, ыраахтааҕыттан хайаан даҕаны иэстэһиэ. Көрөөр, кэлиэ биһиги кэммит, оччоҕо кинилэртэн уонунан иэстэһиэхпит!
– Ким билэр, өтөрүнэн иэстэһэр кыахтанарбытын өйүм хоппото, – диэн Быков кэпсэтиигэ кыттар.
– Суох, биһиги бука бары хаайыыттан тахсыахпыт! Биһиги оннубутугар кинилэр киириэхтэрэ, ити кэм бэрт соторунан кэлээри турар, – диэн Трошка хардарар.
– Ол кинилэри ким хаайталыай?.. Саллааттар, полицейскайдар, жандармнар, городовойдар – бука бары кинилэр ыйаахтарын толороллор буолбат дуо? – диэн Сүөдэр итэҕэйбэт.
– Эн биһикки хаайталыахпыт, сууттуохпут!..
– Ол эн биһикки сууттуур кэммит хара тураах туртайдаҕына кэлэр ини, – Сүөдэр күлэр.
Ити курдук кэпсэтэ олордохторуна аан аһыллар, надзирателлэр уоннуу муунталаах хандалыны уонна өтүйэлээх кыстыгы киллэрэллэр. Барыларыгар хандалы кэтэрдэллэр.
– Суут уурааҕа тахса илигинэ биһиэхэ хандалы кэтэрдэр быраапкыт суох! – диэн Алмазов утарсар.
– Этапка ыытарга уоннуу муунталаах хандалы кэтэрдиллэр ыйааҕа баар, – диэн надзиратель саба саҥаран кэбиһэр.
Надзирателлэр тахсаллар.
– Бу бэйэбит сууттуох буола олорон, аны хандалы кэттибит буолбат дуо? – диэн Быков, хандалытын ыараҥнатан көрө-көрө, Трошкаттан күлүү-элэк курдук ыйытар.
– Даа, биһиги хандалы кэттибит. Ол кырдьык. Эн нуучча улуу поэта Александр Сергеевич Пушкин «Сибииргэ» диэн хоһоонун билэҕин дуо?
– Суох. Мин үөрэҕим кыра. Суруйуутун билбэппин, көннөрү кини аатын эрэ үгүстүк истэбин.
– Билбэт буоллаххына, кэпсиим. Ити хоһоону кини 1825 сыллаахха ыраахтааҕы былааһын утары бастаанньаҕа кыттан Сибииргэ хаатыргаҕа кэлбит декабристарга анаан суруйбута. Ол хоһоонугар бу курдук эппитэ:
…Хандалы тимир бытарыйыа,
Хараҥа хаайыы да сиҥниэ,
Күн көҥүлэ илэ кэлиэ,
Бырааккыт батас туттарыа!
Итэҕэйиҥ, кэлиэ, Пушкин ити эппит күнэ! Мин ону итэҕэйэбин, эрэнэбин!
Сотору батталлаах баай былааһа сууллуо, хараҥа хаайыы халҕана тэлэллиэ, үлэһит норуот үрүҥ хараҕын өрө көрүө, көҥүл кэлиэ диэн итэҕэйэ санаан, хаайыылаахтар сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт курдук буолар.
Ол түүн хаайыылаахтары уһугуннартыыллар уонна бэрт тиэтэлинэн «Генерал Синельников» борохуот алын трюмугар киллэрэн укталыыллар. Онно ыт уйатын саҕа кыараҕас сиргэ хаптаһын наара оҥоһуллубут.
– Бу аата этап, – дии-дии Трошка наараҕа олорор.
– Ханна илдьэллэрэ буолуой? – Быков ыйытар.
– Ким билиэй?.. Маҥнай Иркутскайга тиэрдиэхтэрэ, онтон ханна илдьэллэрэ биллибэт, – диир Трошка холку баҕайытык.
Сүөдэр ыксыыр. Ол аата, кини кэргэнин Маайаны, оҕотун Сэмэнчиги аны көрбөт. «Хайдах гынан ханна барбыппын, тиийбиппин биллэриэм баарай?» – диэн кини ыар санааҕа ылларар.
Сүөдэр эрэһээҥкилээх иллюминаторга кэлэн көрөр: Витим өрүс уута будулуйа устар. Халлаан лаппа сырдаан эрэр.
Иркутскай генерал-губернатора уонна юрист тойоттор Бодойботтон борохуотунан аттанар күннэрэ кэлэр. Кинилэри атаара Корпорация тойотторо киирэллэр. Ону таһынан, ыраах-чугас бириискэлэртэн «тойоттор баралларыгар силиэстийэлэрин түмүгүн биллэриэхтэрэ, ытыалааһыҥҥа ким буруйдааҕын этиэхтэрэ» диэн баһаам үгүс рабочай мустар. «Николай угодник» собуоруттан, аллара Бодайбинка үрэх төрдүгэр диэри дьон хара тордох курдук тоҕуоруйаллар. Манна мустубут рабочайдар бу борохуот трюмугар кинилэр түөрт табаарыстара хаайыллан сыталларын билбэттэр этэ.
Күн ортото биир чаас ааһыыта «Генерал Синельников» икки төгүл үөгүлээн бытарытар. Бодойбо куоратын кулубата Черняк дьиэтиттэн үөрбүт-көппүт тойоттор тахсаллар. Кинилэри, фаэтоҥҥа олордон, бириистэҥҥэ киллэртииллэр. Бука бары ыарахан чымадааннаахтар. Александр Федорович Керенскэй ону таһынан хас даҕаны баайыы кумааҕы таһаҕастаах.
Андреевскай бириискэ рабочайдара «дэбиэринэстэрин» кытта бииргэ туттарбыт харчыларын таһынан, Керенскэйгэ түөрт муунта кыһыл көмүстэн кутуллубут брелогу бэлэх аҕалаллар. Ол бэлэҕи туттарыыны Завалиҥҥа сорудахтыыллар.
Завалин рабочайдар бэлэхтэрин туппутунан борохуот тыраабыгар кэлэр. Саллааттар кинини киллэрбэттэр. Ону көрөн, кытылга турар рабочайдар хаһыытыыллар:
– Тоҕо киллэрбэккитий? Киллэриҥ!
– Назаа-а-д!.. Бу туох айдаанай?
Борохуот палубатыгар тойоттор тахсаллар. Кытылтан дьон саҥата, ыһыыта-хаһыыта биир кэм ньиргийэр.
– Аргы-ы-ыйыҥ! – диэн исправник бэлэһэ хайдарынан хаһыытыыр. Ол кэмҥэ Завалин, бэлэҕин икки илиитигэр инники туппутунан, борохуот палубатыгар ыттар. Тойоттор, «маннык бэйэлээх бэлэх хайабытыгар эрэ ананна?» диэн, ымсыырбыт курдук көрөн тураллар.
– Үтүө тойон Александр Федорович, биһиги Тайҕабытын, биһиги кырыыстаах олохпутун эн бэйэҕинэн кэлэн көрдүҥ. Биһиги, кыһыл көмүстээх Тайҕа үлэһиттэрэ, суукка тылла эт, доҕотторбут хааннарын тохпут буруйдаахтары эппиэккэ туруор диэн хас биирдиибит аатыттан дэбиэринэс суруйан биэрдибит. Суукка биһиги бэйэбит сирэй баарбыт курдук, эн дьиҥ кырдьыгы этиэҥ диэн эрэнэбит. Рабочайдар, биһиги кыһалҕабытын хаһан даҕаны умнубатын диэн, эйиэхэ бу кыракый бэлэҕи ыыттылар. Ону ыларгар көрдөһөбүн, үтүө санаалаах Александр Федорович! – Завалин кыһыл көмүс цепочкалаах брелогу Керенскэйгэ уунар.
Керенскэй, күлтэччи көрөн баран, саҥата суох төбөтүн төҥкөтөн биэрэр. Завалин киниэхэ брелогу кэтэрдэр. Атын тойоттор сорохторо сиилээбит, сорохторо сэмэлээбит курдук көрөллөр. Керенскэй, кытылга турар дьон диэки хараҕын кырыытынан көрөн баран, түргэн баҕайытык капитан мостигар сүүрэн тахсар. Ол тахсан, капитан хамаанда биэрэр туруупкатын айаҕар тутан туран этэр:
– Мин ыраах Тайҕаҕа олохтоох үтүө доҕотторум, рабочайдар! Эһигини баттаабыттар-атаҕастаабыттар эппиэккэ тардыллыахтара, сокуон быһыытынан кытаанах буруйу ылыахтара…
Итини барытын аллара, борохуот трюмугар, хаайыллан олорор Алмазов, Быков, Зеленов уонна Владимиров истэллэр. Кинилэр абарбыттарын иһин, кырдьыгы дьонноругар хайдах биллэриэхтэрэ баарай! Били Завалин рабочайдар ааттарыттан Керенскэйгэ бэлэх туттараары тыл эппитин истэн, Трошка иллюминаторынан хаһыытыан баҕарбыта да, харабыл саллааттар чугаһаппатахтара.
– Үтүө доҕотторум! Мин билэбин: үлэһит норуот хаанын тохторбут буруйдаахтар бу дохсун сүүрүктээх Витим өрүс уутун барытын да ыланнар ол буруйдарын сууйа сатаабыттарын иһин, кыайан ыраастаныахтара суоҕа!.. – Керенскэй саҥата доргуйар.
– Кырдьык! – диэн кытыл ньиргийэр.
– Сымыйа! Албын!.. – Трошка абатыйан хаһыытаан көрөр. Ону доҕотторуттан ураты ким истиэй?!
– Үтүө доҕотторум, эһиги кырдьыккыт, бу мин сэлээппэм ууга тимирбэтин курдук, куруутун үөһэ дагдайа туруо! – Керенскэй сэлээппэтин устан ылан, Витим өрүс сүүрүгэр быраҕар, онтуката олоро түһэр уонна, сүүрүк устун устан, аллара бара турар.
Бу кэмҥэ, борохуот биэрэктэн ситэ арахса илигинэ, хас бириискэ аайы надворнайдар бараахтары кэрийэ сылдьан биллэрэллэр:
– Бүгүн күн ортотуттан үлэҕитигэр тахсыбатаххытына, тойон резидент Иннокентий Николаевич Белозеров ыйааҕынан, күн сарсын көһөрүллэҕит.
– Ол ханна көһөрөҕүтүй?
– Биһиги ону билбэппит… Билиэхпитин даҕаны баҕарбаппыт!..
– Үҥсүөхпүт… Тойоттор бара иликтэриттэн эмиэ уруккугутун эргитэн эрэҕит, – дэһэллэр тойоттору атаарса Бодойбоҕо киирбэтэх рабочайдар.
– Үҥсүҥ! Тойоттор бардылар, билигин эһэҕэ үҥсүҥ!
* * *
Маайа бүгүн тойоттор баралларын истибэтэҕэ, онон сарсыарда хойутуу соҕус турар. Аһаан баран Стешканы көрсөөрү иккис бараахха тахсар. Ол баран иһэн, дьон айманарын, дьахталлар ытаһалларын истэр. «Эмиэ туох айдаана буолла?» – диэн Маайа ыксыыр.
Евстигней Позатылкин, көҕөччөр атын миинэн, бараах аттыгар кэлэн өттүк баттанан олорор эбит. Кини, бытыгын оҥосто-оҥосто, күлэн алларастыыр:
– …Манна забастовканы тэрийбиттэри, стачком тойотторун, хата, сотору тэтиҥҥэ ыйаан биэтэтэллэрэ буолуо… Забастовкалаан ситиспит үтүөҕүт ол баар! Ха-ха!
Маайа, итини истээт, сүрэҕэ ытырбахтыы түһэр. Дьиэтигэр сүүрэн кэлэр. Оҕотун Сэмэнчиги ылан, полицейскай учаастакка барар. Ол баран иһэн: «Ама, сымыйа ини… Туох үлүгэрэй?..» – диэн аймана, дьиксинэ саныыр.
Полицейскай учаастакка дьуһуурунай надзиратель утуктуу олорор эбит. Кини, Маайа киирбитин көрөн, минньигэс бэйэлээхтик дьааһыйар, турар, бытыгын оҥостор.
– Тоҕо кэллиҥ?
– Хаайыллан олорор Сүөдэр Быладьыымарабы көрсө кэллим.
– Владимировы да-а? Ээ, барбыта өр буолла.
Маайа хараҕа хараҥаран ылар: оччоҕо Евстигней баҕайы эппитэ кырдьык эбит буоллаҕа! Ити икки ардыгар иккис надзиратель киирэр.
– Ханна илдьибиттэрэй? – Маайа ыксаабыт куолаһынан ыйытар.
– Иркутскайга сууттана барбыта… Барыларын илдьэ барбыттара ыраатта.
Ити кэпсэтиини истэн турбут иккис надзиратель этэр:
– Бодойботтон бүгүн күнүс биир чааска «Генерал Синельников» борохуотунан илдьэллэр үһү.
Маайа истиэнэҕэ ыйанан турар куруунньук буолбут чаһыны көрөр. Тоҕус аҥаар буолан эрэр. Чаас аҥаарынан мантан Бодойбоҕо поезд барыахтаах. Маайа, дьиэтигэр киирбэккэ да эрэ, быһа тимир суол вокзалыгар тэбинэр.
Сытыган эрбэһин оттору быыһынан Маайа ыллык суолунан вокзалга баран иһэн, аара биир эдэр соҕус, саха курдук дьүһүннээх киһи тимир суол ыллыгын өтүйэнэн чыҥ-чаҥ охсо сылдьарын көрөр.
– Сахаҕын дуо? – диэн ыйытар Маайа.
– Сахабын, – диир өс киирбэх били киһи.
– Ким диэҥҥиний?
– Назаров диэммин Эн ким диэн буолаҕыный?
– Мин Маайа диэммин, кэргэним Быладьыымарап Сүөдэр диэн.
– Быладьыымарап Сүөдэр даа?.. Стачком чилиэнэ буолан хаайыллыбыт киһи буоллаҕа дии?
– Ол киһи… Билэр этиҥ дуо?
– Суох, көрбөтөх киһим. Ол эрээри истэрим.
– Поезд Бодойбо диэки ааһа илик ини?
– Илик… Сотору кэлиэхтээх.
– Куоракка хас чааска тиийээччиний?
– Суолга туох даҕаны саахал тахсыбатаҕына, күн орто уон мүнүүтэ ааһыыта тиийээччи.
Маайа вокзалга тиийэн билиэт атыылаһаатын аҕай кытта поезд бу иһиирэн-часкыйан, үрүҥ паарынан өрүтэ уһууран кэлэр.
Маайа тиэтэйбит санаатыгар, поезд, өр баҕайы туран баран, дьэ хоҥнор. Кини хайаны дабайара бытаанын, бириискэ аайы турара уһунун! Маайа Бодойбоҕо чугаһыахтарын быдан инниттэн оҕотун илиититтэн тутан аан аттыгар кэлэн турар. Поезд тохтуурун кытта ойон түһэр уонна оҕотун сиэппитинэн бириистэҥҥэ сүүрэр.
Сэмэнчик сылайан соһулла сылдьар. Арыт ытаан сыҥсырыйар. Гаумановскай уулуссаттан тахсан Улахан Коммерческай уулуссаҕа киириилэрэ, борохуот үһүс үөгүтэ бытарыйар. Маайа ыксыыр, сүрэҕэ эппэҥнэс буолар, былаата төбөтүттэн санныгар түһэр, баттаҕа ыһыллан хаалар. Биэрэккэ тахсыбыта: бириистэҥҥэ мустубут баһаам үгүс киһи бука бары бэргэһэлэринэн, былааттарынан далбаатаһа-далбаатаһа, тугу эрэ хаһыытаһаллар. «Ити аата, борохуот бардаҕа, кыайан баттаспатым», – дии санаан, ыксаан, Маайа хаһыытыы-хаһыытыы дьону икки аҥыы силэйэн, кытылга сүүрэн киирэр. Борохуот кытылтан саҥардыы тэйэн эрэр эбит. Маайа абаккатыгар курданарыгар диэри ууну кэһэн сүүрэн киирэр.
– Тохтооҥ!.. Мин Сүөдэрбин илдьимэҥ!.. О, айыы таҥара, туох буруйдааҕым-айыылааҕым иһин миигин бу курдук муҥтан муҥҥа, сортон сорго анньан иһэриҥ буолуой? Киһибин илдьэ бардылар буолбат дуо?.. Кини туох буруйдааҕын иһин илтилэр? – дии-дии кини ууга киирэн туран ытыыр. Сэмэнчик ийэтин көрө-көрө эмиэ ытыыр.
Борохуот биэрэктэн тэйбитин кэннэ харабыл саллааттар иллюминаторы өрбөҕүнэн бүөлээбиттэрин ылаллар. Хаайыллан иһэр дьон доҕотторун, дьоннорун, бачча тухары олорбут сирдэрин кытта саатар харахтарынан көрөн бырастыылаһаары, иллюминаторга сыста түһэллэр. Сүөдэр ол туран өйдөөн көрбүтэ: Маайа оҕотунаан ууга киирэннэр ытыы тураллар эбит. Кэргэнэ ытыы-ытыы тугу эрэ хаһыытыыр. Сүөдэр ону иһиллии сатыыр да, туох даҕаны иһиллибэт. Борохуот тэйдэр тэйэн, ырааттар ыраатан барар.
VIБорохуот, Витим өрүс дохсун сүүрүгэр көтөхтөрөн, устан сундулуйар. Түөрт хаайыылаах маҥнай утаа саҥата суох наараларыгар олороллор. Хайаларыттан даҕаны Сүөдэр ордук ыар санааҕа ылларар. Кинини аралдьытаары Трошка күлэн-оонньоон барар.
– Доҕоттоор, биһигини хаайыыга илдьэ иһэллэр дии саныыгыт дуо? Суох! Биһигини хаайыыттан таһаараары илдьэ иһэллэр.
– Ээ, Керенскэй тойон дойҕоҕун итэҕэйбиккин дуу? – Быков сапсыйан кэбиһэр.
– Кэбис доҕор! Мин кинини итэҕэйиэм кэриэтэ иэччэҕим эчэйэр ини.
– Оччоҕо ол аата хайдаҕый? – Быков муодаргыыр.
– Ол аата дуо? Дьэ, ол аата маннык. Биһиги курдуктар, хаһан бу Тайҕаттан киһилээх-сүөһүлээх сиргэ тахсыа этибитий? Суох, Тайҕа обургу хайа даҕаны хаайыытааҕар быдан куһаҕан.
– Алмазов сөпкө этэр! – диэн аны Зеленов айдааран турар. – Мин санаабар, Тайҕа, кырдьык, хаайыыттан да соччо ордуга суох. Тайҕа син биир хаайыы кэриэтэ: киллэрэр аана киэҥ, таһаарар аана көстүбэт… Манна кэлбит киһи Табаарыстыба силимнээх ситимигэр иҥнэр. Онон кини босхолонор кыаҕа суох.
– Да-а… кырдьык, биһиги ыраахтааҕыбыт хаайыытын киирэр аана киэҥ, оттон тахсар аана, иннэ үүтүн курдук, кыараҕас… – Трошка күлэр уонна, эргиллэн, харабыл саллааттар үөһэ палубаҕа тахсыбыттарын көрөн баран, этэр: – Доҕоттоор, улахан нуомас баарын мин эһиэхэ кэпсээбэккэ олоробун…
Бары сэргии түһэллэр.
– Бодойбо хаайыытыттан биһигини бөлүүн манна киллэрэн истэхтэринэ, харабыл саллааттартан биирдэстэрэ миэхэ сурук биэрбитэ.
– Ханнаный?
– Туох диэн суругуй?
– Ким суруйбут суругай?
– Тохтооҥ, билигин көрүөхпүт, ааҕыахпыт, – дии-дии Трошка, сонун биэтэһин хасыһан, кум-хам тутуллубут кумааҕыны таһаарар.
– Чэ, түргэнник аах, – диэн Быков тиэтэтэр.
– Ааҕабын, истиҥ.
«Биһиги үтүө доҕотторбут! Биһиэхэ тойон Керенскэй этиитинэн, эһиги буруйгут суох. Иркутскайга эһигини туоһу эрэ быһыытынан илдьэллэр. Биһиги доҕотторбутун өлөртөрбүт Лена көмүһүн хостооччу Табаарыстыба тойотторун уонна жандармскай ротмистр Трещенковы Иркутскай судебнай палататыгар сууттуохтаахтар үһү. Онно биһиги ааппытыттан кинилэри буруйдаан тыл этиэх буолан, Керенскэй барыбытыттан «дэбиэринэс» ылла. Суукка үлэһиттэр хайдах сорго-муҥҥа олорорбутун барытын эһиги эмиэ толору кэпсээн биэрээриҥ. Ол биһиги ааппытыттан тыл этэр Керенскэйгэ улахан көмө буолуоҕа. Биһиги суут уурааҕын истиэхпитигэр диэри үлэбитигэр тахсыахпыт суоҕа. Кытаатыҥ!»
– Кырдьык, үчүгэй сурук эбит. Хайалара эрэ суруйда буолла? – диир Быков үөрэн-көтөн.
– Сурук «Пророк-Ильинскэй бириискэ рабочайдара» диэн илии баттааһыннаах.
– Маладьыастар, бэркэ суруйбуттар… Ол саллаат тоҕо ити суругу тиксэрбитэ буолуой?
– Саллааттар даҕаны бары биирдэр диэтэҕиҥ дуу? Кинилэр да дьадаҥы бааһынай, рабочай дьон уолаттара буолаахтаатахтара дии, – диэн Зеленов тыл кыбытар.
Трошка сип-сибилигин аахпыт суругун тырыта тыытан баран иллюминаторынан таһырдьа быраҕар.
– Трошка, эн кыларыйан турар кырдьыгы эппиккин: биһигини хаайыыга илдьибэттэр эбит, – Быков үөрбүт куолаһынан кэпсэтиини түмүктүүрдүү этэр.
– Кырдьыга даҕаны оннук, – Зеленов сэҥээрэр. – Керенскэй курдук юрист биһиги тойотторбутун буруйдаан суукка тыл этэр буоллаҕына, Теппан уонна Трещенков хаайыыга олороллор ини.
Сүөдэр бу кэпсэтии кэнниттэн «Сотору дьоммор төннөр инибин» диэн иһигэр эрэх-турах саныыр уонна санаата көтөҕүллэн, сирэйэ-хараҕа сырдаан кэлэр.
– Табаарыстар, олус эрдэ үөрүмүөҕүҥ! Кэлин улаханнык хомойо сылдьыахпыт, – диир Трошка. – Биһиги Керенскэйгэ эрэниэхтээҕэр, революционнай рабочай аймах күүһүгэр эрэнэрбит ордук бигэ буолуо. Керенскэй хаһан даҕаны ис сүрэҕиттэн рабочайдар диэки буолуо суоҕа. Хаһан эһиги истибиккитий: суор суорун хараҕын оҥпутун?..
– Төһө эмэ дьон мустан турдаҕына: «Кинилэр үлэһит норуот хаанын тохторбут буруйдаахтар…» диэбитэ буолбат дуо? – диир Быков.
– Тыл уҥуоҕа суох, рабочайдары албынныыр тыла буоллаҕа дии, кырдьыгы эттэ диэтэҕиҥ дуу? – Трошка бэриммэт.
– «Кырдьык эһиги өттүгүтүгэр» диэн эрэрэ буолбат дуо? – аны Зеленов киирсэр.
– Суукка дьэ ити курдук эттэр итэҕэйиллиэ этэ. Ол манна эппитэ диэн!.. – Трошка сапсыйан кэбиһэр.
– Оттон үлэһиттэртэн дэбиэринэс сурук хомуйбут буолбат дуо? Суукка эппэт эрээри, ону тоҕо хомуйуо этэй? – Быков арахсыбат.
– Хомуйуо суоҕа дуо! Хомуйара сөп. Дэбиэринэһи биэрбит рабочай ахсыттан харчы ылбыта буолуо. Төһө тыһыынча рабочай дэбиэринэс биэртэ буолуой? Оччо үлүгэр харчыны кэбис дииһик дуо?
– Билбэт эрээри таайан, киһини сымыйанан холуннарар сатаммат, – диэн Быков доҕоругар Трошкаҕа кыыһыран барар. – Баҕар, үтүө санаатыгар буор босхо ылыммыта буолуо.
– Эн, Трошка, мэлдьи бэйэҥ туспа санаалаах буолааччыгын, – Зеленов сэмэлээн барар.
– Кыыһырымаҥ. Үчүгэйдик, наҕыллык кэпсэтиэҕиҥ. Эһиги даҕаны тойонноон көрүҥ эрэ: үлэһит норуоту куһаҕаннык тутан забастовканы туруорбут, дьон хаанын тохторбут тойоттору буруйдуохтара, суукка тардыахтара эбитэ буоллар, манна, бириискэҕэ, бэйэтигэр сууттуо этилэр. Оннук буолбат дуо? Миигин мэлдьи туспа санаалааххын диигит. Кырдьык, Константин Николаевич Коршунову эмиэ итэҕэйбэт этим, уорбалыырым. Онтум сыыһа эбит дуо? Кини таҥнарааччы полицейскай агент буолара дьэҥкэтик көһүннэ буолбат дуо? Керенскэй туһунан эмиэ итэҕэйбэккит… Суукка тиийэн, кини тугу этэрин иһиттэххитинэ, итэҕэйиэххит.
Алмазов доҕотторо тугу даҕаны саҥарбаттар. Ыар санааҕа ылларан олороллор.
Зеленов, олорбохтоон баран, көхсүн этитэр:
– Итэҕэлин сүтэрбит киһи син кыната тостубут көтөр кэриэтэ… Киһи киһини итэҕэйбэт буоллаҕына, хайдах сатаан олоруой?..
– Ээ, эн икки адьас атын өйдөбүллэри булкуйаҕын. Итэҕэлин сүтэрбит киһини кыната тостубут көтөргө холууруҥ үчүгэй. Ол эрээри киһини барытын итэҕэйиэххэ сатаммат. Мин бэйэм чааһым батталлаах баайдары, кинилэр хос моонньохторун букатын итэҕэйбэппин… Оттон бииргэ үлэлиир, бииргэ сылдьар доҕотторбун – рабочайдары муҥура суох итэҕэйэбин!..
Саҥата суох олорбохтуу түһэллэр. Зеленов билигин даҕаны Алмазовы кытта сөбүлэспэт быһыылаах.
– Коршунов туһа туспа, – диир кини. – Биһиги кини туһунан сыыһа сылдьыбыппытын билинэбит. Оттон Керенскэйи эн тоҕо итэҕэйбэккиний?
– Керенскэй?.. Букатын итэҕэйбэппин… Кини хаһан даҕаны биһигини көмүскүө суоҕа… Мин баай аймаҕын барытын итэҕэйбэппин.
– Баайдары барыларын итэҕэйбэккин дуо?
– Барыларын итэҕэйбэппин. Баай аймах хаһан да үлэһиттэр диэки буолбута суох. Кинилэр арай бэйэлэриттэн ордук баайы кытта охсуһалларыгар-мөккүһэллэригэр бэйэлэрин диэки тардаары эрэ үлэһиттэргэ үчүгэй буола сатааччылар.
– Кэпсэтэргитин ууратыҥ! – үөһэттэн түһэн, манабыл саллаат буойталыыр.
Сүөдэр куолутунан эмиэ кэргэнин, оҕотун санаан барар. Ол да буоллар Алмазов кэпсээнэ кини санаатыттан эмиэ араҕан биэрбэт. Били Дьаакыбылап, баай Харатаайап кулубаҕа өһүрэн баран, ол баай аатын алдьатар сыалтан кинини хайдах тэрийэн ыыппытын туһунан Сүөдэр санаан кэлэр. «Маайа барахсаны миигинэн албыннатан, Харатаайап аатын алдьаттаран, сыалын ситэн баран, Дьаакыбылап кулуба миэхэ төһө махтанна, миигин төһө үчүгэйдик тутта этэ? Оо, Алмазов сөпкө даҕаны этэр».
Эмискэ түннүгүнэн туох эрэ, күлүк курдук, элэс гынан ааһар. Сүөдэр түннүгүнэн көрбүтэ: миэстэ чэй курдук сууламмыт икки сүүнэ улахан киппэ кумааҕы сүүрүк хоту устан барар.
* * *
Борохуот Бисяга үрэх төрдүн ааһыар диэри Керенскэй төбө сыгынньах палуба үрдүгэр турар, бырастыылаһар дьоҥҥо сапсыйарыттан илиитэ улук буола сылайда. Кини бу сырыытын саҕа «барыстаахтык» хаһан да сылдьа илигэ. Үлэһиттэргэ албакаат буолар «манньатын» 15 тыһыынча солкуобайы ылла. Итини таһынан, Корпорация баһылыктара, үлэһиттэри ыттарбыт буруйдарын саптараары, Керенскэйдээххэ хас биирдиилэригэр бууттуу көмүһү бэрик биэрдилэр. Бу эмиэ хас да уон тыһыынча… Үлэһиттэр: «Биһигини саныы сырыт», – диэн бэлэхтээбит брелоктара бэйэтэ түөрт муунта кэриҥэ кыһыл көмүс.
Ким эрэ кини саннын таарыйар. Иркутскай генерал-губернатора Николай Николаевич кэлэн турар эбит.
– Александр Федорович, эбиэттээри эйигин көһүтэн олоробут.
– Да, да… махтанабын, үрдүк сололоох, Николай Николаевич!
– Да… Кыратык тохтуу түһүөххэ эрэ, – диир губернатор. – Мааҕын үлэһиттэргэ тыл этэргэр, мин эйигин билбэтим буоллар, дьиҥнээх революционер, империяҕа саамай кутталлаах киһи бу сылдьар диэх эбиппин!.. Ха-ха!.. Олус… олус!
Керенскэй сонньуйар уонна, уҥа илиитин мундирын уолугар уган баран, эрбэҕинэн оонньоон чочоҥнотор.
– Да, да, Александр Федорович, наһаалаатыҥ… Итинник тылларынан оонньуур сатаммат!
– Үрдүк сололоох, Николай Николаевич, – диир Керенскэй кинини уун-утары көрөн туран. – Эн ити курдук этэр буоллаххына, мин үчүгэйдик эппиппин…
– Бырастыы гын, ытыктабыллаах Александр Федорович, государственнай департамент IV отделениетын дьоно истибиттэрэ буоллар… Сыылка! Ха-ха!.. Чахчы… онтон атыны көһүтүөххэ да сатаммат…
Керенскэй генерал-губернатордыын салоҥҥа киирэн эбиэттииллэр. Эбиэт кэнниттэн кини генерал-губернаторы бэйэтин каютатыгар ыҥыран киллэрэр. Керенскэй каютатын иһигэр хас да чымадаан уонна кэлгиэлээх киппэ кумааҕылар бааллар.
– Николай Николаевич, бу сыталлар үлэһиттэр миэхэ биэрбит «дэбиэринэс» суруктара. Акаарылар, мин кинилэр ааттарыттан албакааттаан Корпорация тойотторун буруйга түбэһиннэриэхпэр сөп киһи үһүбүн! Ха-ха-ха! – Керенскэй күлэн алларастыыр. – Кинилэр итинник акаарылара биһиги дьолбут! Өскөтө кинилэр үөрэхтээхтэрэ-өйдөөхтөрө буоллар, биһиэхэ куһаҕан буолуо этэ… Николай Николаевич, көр эрэ бу суруйалларын.
Кини били киппэ кумааҕылартан биир дэбиэринэһи ылан ааҕар:
«Мин, Пророк-Ильинскэй бириискэ үлэһитэ Иван Усов, биэрэбин бу дэбиэринэһи үрдүк сололоох Государственнай Судебнай Палата присяжнай итэҕэбиллээҕэр тойон Александр Федорович Керенскэйгэ, быйыл муус устар ый 4 күнүгэр, Лена кыһыл көмүһүн хостотор Табаарыстыба кылаабынай инженерэ Александр Гаврилович Теппаны уонна кини ыйыытынан дьоннору ытыалаппыт жандармскай ротмистр Трещенковы буруйга тардар туһунан көрдөһүүбүн мин ааппыттан күн ыраахтааҕы үрдүк суутун истиитигэр тириэрдэригэр.
Дэбиэринэс биэрээччи Иван Усов».
Барыта итинник ис хоһоонноох биэс тыһыынча алта уон биэс «дэбиэринэһи» биэрдилэр.
– Да, элбэх эбит! – генерал-губернатор баһын быһа илгистэр.
– Суох, үрдүк сололоох, бу элбэх буолбатах. Мин билэрбинэн, забастовкаҕа 18 тыһыынча киһи кыттыыны ылбыта. Онтон биэс тыһыынчата эрэ биһиги сууппутун итэҕэйэрин көрдөрдө, атыттара итэҕэйбэттэр эбит. Ити Бодойбо бириискэлэригэр революционердар күүстээхтэрин туоһулуур. Мин борохуоттан норуокка эппит тылым, революционердар үлэлэрин, кинилэр дьон өйүн-санаатын иирдэллэрин, баҕар, мэһэйдэһиэ дии саныыбын. Билигин кинилэр төһө да «итэҕэйимэҥ, ыраахтааҕы суута үлэһит норуот диэки буолуо суоҕа» диэбиттэрин иһин, мин тылым кинилэр агитацияларын хотуох тустаах! Үрдүк сололоох, тойон генерал-губернатор, итини өйдөө! Политик буолуохха наада!
Генерал-губернатор «политик буолуохха наада» диэн тылы истээт, хараҕа кэҥии, уоһа оппойо түһэр.
– Ол хайдах?
– Билигин биһиги ХХ үйэҕэ киирэн олоробут. Уон тохсус үйэ ааста. Бу үүммүт саҥа үйэ – политика үйэтэ. Биһиги төһө үчүгэй политиктар буолабыт да, биһиги государствобыт соччонон бөҕө, тулхадыйбат туруктаах буолуохтаах. Оттон эргэни, уруккуну тутуһан олоруохпут да, революция кэлиэҕэ, биһиги күдэҥҥэ көтүөхпүт. Ону өйдүөххэ наада!
– Да… Мин итиннэ киириммэппин! Политиктары барыларын суох оҥортуохха наада! Мин ити иһин охсуһабын! Ыраахтааҕы сокуона күүстээх, полицейскай корпус, жандармейскай управление, саллааттар, пулемет, пушка – барыта ыраахтааҕы илиитигэр! Революция хайдах да буолбат, буолуор да сатаммат! Үлэһиттэр кыһыл илиилэринэн сэбилэниилээх күүһү утары турар кыахтара суох!.. Хата, мин, кырдьаҕас киһи быһыытынан, сүбэлиибин: ытыктабыллаах Александр Федорович, политиканан оонньуургун бырах! Ити мин сүбэм! – генерал-губернатор дьоһумсуйан кириэһилэҕэ тиэрэ түһэр.
Керенскэй, тугу эрэ толкуйдуур курдук, саҥата суох олорбохтуур. Онтон эмискэ ойон туран, уҥа илиитин мундирын уолугар угар.
– Үрдүк сололоох, ити эн кэпсээбит полицияҥ, жандармерияҥ, сэбилэниилээх күүһүҥ бүтүн норуоту кыайан хам тутар, саба баттыыр кыаҕа суох. Кинилэри тутарга «демагогия» диэн баар. Бу күн анныгар тылтан ордук күүстээх туох да суох!
– Мин кыайан өйдөөбөтүм, – диир генерал-губернатор.
– Өскөтө, мин бу кэлэ сылдьан ити үлэһиттэри «эһиги буруйдааххыт, эһигини сууттуохпут» диэн ыххайбытым буоллар, туох тахсыа этэй? Буун, бастаанньа буолуо этэ. Үлэһиттэр син үөр бараан кэриэтэлэр, манна буун эбэтэр бастаанньа буоллар эрэ, кини бүтүн Россия империятын үрдүнэн тарҕанан барыа этэ. Ону боһойорго төһөлөөх сэрии, төһөлөөх полиция, жандармерия наада буолуо этэй? Оттон билигин мин кинилэри тылбынан албыннаатым, кинилэр миэхэ «сувенир» бэлэхтээн ыыттылар, – Керенскэй кыһыл көмүс цепочкатын ылан эргитэн-урбатан көрбөхтүүр.
– Оттон сууттуур чааһынан эттэххэ, биһиги кинилэри сууттуохпут. Бу миэхэ биэрбит бөхтөрө таһаҕас буола сылдьыбатыннар! – Керенскэй «дэбиэринэс» суруктар киппэлэрин ыла-ыла аһаҕас түннүгүнэн Витим уутугар элитэлиир. – Бүттэҕэ ити!
– Ха-ха! Вот это ловко! – генерал-губернатор күлэн алларастыы түһэр.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.