Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 54

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 54 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
II

Уһун айантан сылайан, тоҥон-хатан кэлэн, Сэмэнчик ийэтин оронугар минньигэс бэйэлээхтик утуйа сытар. Маайа кини аттыгар, оҕо утутар ньээҥкэ курдук, чуумпуран олорон, уруккуну-хойуккуну эргитэ саныыр.

Сэмэнчик кэлбит сураҕын истэн, маннааҕы Совет председателэ Иван Усов киирэр. Маайа олорор балаҕанын иһэ борук-сорук.

– Семен Федорович кэлбит диэбиттэрэ, баар дуо? – Сэмэнчик утуйа сытарын көрүмүнэ, Усов ыйытар.

Маайа, оҕом уһуктуо диэн, икки илиитинэн сапсыйар, «айдаарыма!» диир быһыылааҕа. Иван Усов:

– Утуйа сытар дуо? – сибигинэйэн ыйытар.

– Утуйа түстүн, ыраах айаҥҥа күнүстэри-түүннэри кэлэн, букатын киирээт охтубута.

Иван Усов, «хайдах гынабыный?» диэбиттии, биир сиргэ тэпсэҥниир.

– Мария Семеновна, бэйи мин… хайдах даҕаны Семен Федоровиһы кытта кэпсэттэхпинэ табыллар.

– Оттон сарсыарда киирээр ээ, ама, онуоха дылы уталыйа түспэт бэйэҥ дуу?

– Чэ, бэйи… Сарсыарда эрдэ баран хаалбат ини? Уһугуннаҕына этээр, Мария Семеновна, мин кэлэ сылдьыбыппын, – дии-дии, Иван Усов тахсан барар.

* * *

Сараапап атыыһыт дьиэтигэр, бэрт кистэлэҥинэн, түүҥҥү хараҥанан хаххаланан, ыҥырыллыбыт дьон мустан бараллар. Аан бастаан маннааҕы Петухов үрээнньик киирэр. Сүөдэркэ Дьаакыбылабы уонна дьиэлээх тойону кытта дорооболоһор.

– Кузьма Петрович, бэҕэһээ манна били комиссар уол кэлбит ээ!

– Билэбин. Истибитим.

Сэмэнчик туһунан тугу кэпсэтэллэр эбит диэн, Настя тыыммакка да кэриэтэ олорон иһиллиир.

Кини хоһо бу тээтэтэ дьону мунньар хоһун кытта урут тилийэ ааннааҕын саппыттар. Ол чараас хаптаһын аанынан үчүгэйдик иһиллэр.

Сотору соҕус буолан баран Михаил Николаевич Юшмин аҕылаан киирэр.

– Кузьма Петрович, хайа, туох буолла, тоҕо ыҥыртардыҥ? – дии-дии, устуулга ыараханнык олорор.

– Бу Федор Егорович эһигини кытта сүбэлэһиэн баҕарар.

Сүөдэркэ Дьаакыбылап, киэбирэ соҕус туттан олорор. Кини манна кэлбитин Петуховтаах Юшмин истибиттэрэ.

Аны Нохтуйскайтан Васька Барсуков, почта хонтуоратын начальнига Ершов уонна Дороппуун кинээс кэлэллэр.

Мустубут дьон бастаан дьиэ эргиннээҕини, күннээҕи кэлиини-барыыны кэпсэтэллэр.

Сараапап атыыһыт ыалдьыттарын остуолга ыҥырар. Иккилии үрүүмкэ арыгыны испиттэрин кэннэ, Сүөдэркэ Дьаакыбылап турар:

– Тойоттор, манна миигин Саха сирин босхолуур биир улахан армия тойоно Толстоухов ыытта.

Дьаакыбылап тугу кэпсиирин истээри, дьон чуумпура түһэллэр.

– Толстоухов этэрээтэ Алданынан манна быһа кэлэн иһэр.

– Хаһан манна кэлэллэрэ чуолкайа биллэр дуо? – Дороппуун кинээс ыйытар.

– Суолга тардыллыбатахтарына, аны ый аҥаарын курдугунан кэлиэхтэрэ.

– Соҕурууттан кыһыллар иһэллэр ээ, ол аата Толстоухов этэрээтэ манна кыһыллар ааһыахтарын иннинэ кыайан кэлбэт эбит буоллаҕа дии? – Ершов, испит үрүүмкэтин эргитэ тута-тута, одуулаһар.

– Хаһан манан ааһаллара буолуой?

– Витими ааспыттара үс суукка буолла. Аны алта-сэттэ хонугунан бу диэки биллэллэрэ буолуо.

– Туох дьон иһэллэрэ иһиллэр дуо? – аны кыһыллар тустарынан Ершовтан ыйыталаһыы буолар.

– Тойонноро Каландаришвили диэн грузин үһү. Оттон этэрээтин дьоно бары чэркиэс омуктар үһү. Аара бэркэ өлөрөн-алдьатан иһэллэр дииллэр.

– Дьэ, үлүгэрдээх дьон иһэллэр эбит!..

– Оннук дьон кэлиэхтэрин иннинэ мантан тэскилээн да биэрдэххэ табыллыыһы буолбат дуо?

– Тойоттор, аргыыйыҥ, – Сүөдэркэ илиитин өрө уунар. – Истиҥ, бэҕэһээ манна хамыһаар уол кэлбит.

– Да-да, кэлбит этэ, – Петухов бигэргэтэ охсон биэрэр.

– Кини туох даҕаны соруга суох бачча ыраах сиргэ кэлиэн табыллыбат. Эбэтэр ол өрүс баһыттан иһэр кыһыл этэрээтин кытта сибээстэһиннэрэ ыыталлар, эбэтэр манна, мин кэлбиппин билэн, тута кэлбит буолуохтаах.

– Хайата даҕаны буоллаҕына көҥүлэ, – дии-дии, Ершов кэтэҕин имэринэр.

– Тойоттор, мин эһигини манна сүбэлэһээри ыҥыртардым. Эһиги эмиэ, мин курдук, кыһыллары сөбүлээбэт буолуохтааххыт. Оннук буолбат дуо?

– Оннук! Оннук!

– Онон тойон Толстоухов хаһан манна кэлэрин көһүтүмүөҕүҥ… Күн бүгүн бары саата тутуоҕуҥ! Маннааҕы бассабыыктары – сэбиэт үлэһиттэрин уонна хамыһаар уолу, алдьархайы оҥоро иликтэринэ, өмүтүннэрэн тутуталаан ылыаҕыҥ уонна… уонна оттон, биллэн турар, истиэнэҕэ туруортуохпут. Итини эһиги туох дииргитин истээри, сүбэлэһээри, бу муһуннубут!

Дьон сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Төһө даҕаны Советскай былааһы, кыһыллары абааһы көрбүттэрин иһин, тойон ама ааттаах дьон бэйэлэринэн, буолаары буолан субу бүгүҥҥүттэн итинник дьаабыланан бараллара сүрэ даҕаны, соһуччута даҕаны бэркэ дылы. Кинилэр бүгүн итинник дьаһалтаны кэтэспэтэхтэрэ. Бэйэ-бэйэлэрин күлүктэригэр, инники олорооччулар кэтэхтэригэр саһа сатыыр курдук тутталлар. Михаил Николаевич Юшмин сүр күүскэ үөһэ тыынар, айакалыыр уонна уоһун ньэмиргэтэн баран, аргыый ыйытар:

– Бырааттар кэлиэхтэригэр диэри уталыта түһэр сатаммата буолуо дуу?

Сүөдэркэ Дьаакыбылап итиннэ хардаран этиэн иннинэ, Юшмиҥҥа аны Ершов олук түсүһэр:

– Манан ааһар кыһыл этэрээт биһигини дьон оҥортуо дуо?.. Имири соттохторо ол дии!

– Суох, арааһа, бастаан бырааттар манна кэлэллэрин көһүттэххэ табыллыыһы, – диир Дороппуун кинээс.

– Суох, тойоттор, олох сыыһа саныыгыт. Бу айылаах мүччүргэннээх күннэр кэлэн турдахтарына, итинник наҕылыйар букатын табыллыбат. Бүгүн сатаммат буоллаҕына, сарсын түүн манна хайаан да былааһы ыллахха табыллар.

– Ити сөп буолуо… тойон Дьаакыбылап сөпкө этэр. Маннааҕылар төһө даҕаны аҕыйахтарын иһин, саа-сэп булунуохха наада, – Петухов Дьаакыбылап сирэйин-хараҕын көрбөхтүүр.

– Тойоттор, оччоҕо бу курдук быһаарсабыт: бүгүн-сарсын бары саата, ботуруонна булунуҥ, бэлэмнэниҥ. Сарсын түүн ыал утуйбутун кэннэ, түүн үөһэ икки чаас ааһыыта, биһиги манна, Маачаҕа, эһиги, уҥуор олорооччулар, Нохтуйскайга олорор бассабыыктары тутуталыыбыт! Өйдөөҥ: түүн үөһэ икки чаас ааһыыта! Оттон күнүһүгэр бары манна мустабыт уонна инники өттүгэр хайдах буоларбытын быһаарсабыт. Табыллыах буоллаҕына, мантан көлө ыытан быраат Толстоухов этэрээтиттэн дьон аҕалан, ол кэлэн иһэр кыһыллары ханнык эмэ табыгастаах сиргэ тоһуйуохпутун сөп, – Сүөдэркэ Дьаакыбылап бу киэһээҥҥи сүбэлэрин ити курдук түмүктүүр.

Итини барытын Настя хоһун иһиттэн истэ олордо. Бу мүнүүтэлэргэ кини Сэмэнчиги олус аһына саныыр. «Миигин ол иһин бэҕэһээ сорук оҕо оҥосто сылдьыбыттар эбит дии! Кинилэр хара санааларын толоро бара сылдьыбыппын…» – Настя олус куттанна даҕаны, кэмсиннэ даҕаны.

Сибилигин аҕай дьон кэпсэтэн айдаара олорбут хосторо уу чуумпу буола түһэр. Настя өссө өр соҕус хамсаабакка таалан олорор. Суох, хос иһигэр киһи баар сибикитэ биллибэт. «Сэмэнчиккэ баран тугу кэпсэппиттэрин этэн биэриэххэ дуу?» – диэн толкуйдуур. Бараары сонун ылар, аҥаар сиэҕин кэтэн баран: «Ол эрээри түүннэри уолга баран иһэрим сүрэ бэрт буолаарай? – диэн тохтуур. – Чэ, бэйи, сарсыардааҥҥа диэри тохтуохха, бу түүн тутаттыыбыт диэбэтилэр дии».

* * *

Сэмэнчик сууна турдаҕына, сарсыарда эрдэ, Иван Усов киирэр.

– Дорообо, Семен Федорович, бэҕэһээ киэһэ мин эйиэхэ киирэ сылдьыбытым ээ, доҕор.

– Дорообо. Киирэ сылдьыбыт үһүгүн. Тоҕо уһугуннарбатаххыный?

– Бухатыырдыы утуйа сытарыҥ, уһугуннарбытым да буоллар, уһуктуо суох быһыылааҕыҥ.

– Айаммар олус сылайан кэлбитим. Аара ханна даҕаны сынньамматаҕым.

– Туохха ол курдук тиэтэйэн кэллиҥ?

– Туохха буолуой, почта айана оннук. Хата, кэпсээ, Уйбаан, хайдах олороҕутуй?

– Чэй, табах, таҥас баара буоллар, олус үчүгэй ыал буолуо эбиппит. Ону хайата даҕаны суоҕа кыһарыйда. Кырдьык даҕаны, били эн мантан барбыт түүҥҥэр лааппы ыскылаатын уоттаабыттара.

– Истибитим.

– Бандьыыттар баар буолбуттар диэн кэпсииллэр дии, кырдьык дуо?

Маайа бандьыыттар баар буолбуттарын урут истэ илигэ, онон Усов быһаччы ыйытыытын соһуйа истэр.

– Кырдьык, – дии-дии, Сэмэнчик остуол аттыгар баран олорор.

– Эмиэ сэрии, эмиэ хаан тохтуута… Үлүгэр доҕор. Бу биһиги хаһан түптээх олохпутун олорор дьоммутуй? – Иван Усов абарбыт куолаһынан саҥарар.

– Хаһан бандьыыттары кыайдахпытына.

– Оттон ити соҕурууттан кыһыл этэрээт иһэр диэн эмиэ сурах баар, ол төһө оруннаах кэпсэлий?

– Ол эмиэ кырдьык. Биир тылынан эттэххэ, сэрии туран эрэр.

Маайа сүрэҕэ өрө мөхсө түһэр.

– Саха уобалаһыгар Советскай Автономияны тэрийээри соҕуруу баран кэпсэтэ сылдьаллар этэ. Бу ааспыт тохсунньуга Советтар уобаластааҕы съезтэрэ буолуохтааҕа. Онтубут, ханна баарый, илинтэн бандьыыттар тураннар, барыта тохтоото.

– Дьэ, куһаҕан эбит. Ол даҕаны иһин маннааҕы «контрдар» төбөлөрүн чолоҥнотоллор эбит буоллаҕа, – Иван Усов баттаҕын өрүтэ анньыммахтыыр.

– «Төбөлөрүн чолоҥнотон» хайдах буолалларый?

– Бырааттарбыт кэллэхтэринэ, бассабыыктары барыларын дьаһайыахпыт дэһэллэр үһү.

– Ол диэн биллэр суол.

– Хас киэһэ аайы Сараапап атыыһыкка мусталлар быһыылаах, киирэллэрэ-тахсаллара үксээтэ. Саатар, биэс-түөрт милициялаах киһи киирэн быччаччы тутуталаан ылыа этэ.

– Хата, ол соҕурууттан иһэр кыһыл этэрээккэ көлө бэлэмниэх баара.

Сэмэнчиктээх, чэйдээн баран, Совекка тахсаллар. Маайа дьиэтигэр соҕотоҕун хаалар. Билигин кини саныыр эрэ санаата сэрии буолар.

Бу күн Сэмэнчик Иван Усовы кытта ону-маны кэпсэтэр, маннааҕы балаһыанньаны кытта билсэр. Маача дэриэбинэтигэр өрүүр. Нөҥүө сарсыардатыгар, соҕурууттан иһэр этэрээккэ көлө бэлэмнэтэр соруктанан, Нохтуйскайга тахсар.

Күнүс уон чаас саҕана Маайа дьиэтигэр Сараапаптаах кыыстара киирэн кэлэр.

«Бу кыыстара тоҕо биһиэхэ күннэтэ сыбыытыыр буолла?» – Маайа кыыс киирбитин атыҥырыы көрөр.

– Сеня… Сэмэнчик суох дуу? – кыыс симик баҕайытык ыйытар.

– Суох.

Настя тугу даҕаны саҥарбат, былаатын киистэтин эрийэр-мускуйар. Маайа тулуйбат:

– Сэмэнчиккэ туох наадалааххыный?

– Киниэхэ… Мин бэйэтин көрсүөм этэ. Сотору кэлиэ дуо?

– Билбэппин.

Настя Маайа диэки кылап гына көрөн ылар уонна төбөтүн төҥкөччү туттан, аргыый тахсан барар.

* * *

Дьаам тутуутун былдьаһан иирсиэхтэриттэн бэттэх Барсуков баай Сараапап атыыһыт дьиэтигэр үктэммэтэҕэ уонтан тахса сыл буолла. Онтон бу ааспыт сайын уолун ыытан кэпсэтиннэрэн, урукку өстөрүн-саастарын өһүлсэн эрэллэр. Дьэ бу билигин оҕонньор бэйэтэ түөһүллэн кэллэ.

Сараапап атыыһыт Барсуков кырдьаҕаһы күндү ыалдьыт курдук көрсөр, ас тартарар. Урукку саҥарсыыны-иҥэрсиини ахтыспаттар, бэрт иллээхтик-эйэлээхтик кэпсэтэллэр. Маҥнай биирдии үрүүмкэ арыгыны иһэллэр. Сараапап атыыһыт иккистээн үрүүмкэлэри толортуур. Кырдьаҕас Барсуков үрүүмкэтин модьу баппаҕайынан саба баттаан олорон:

– Бэйи, тохтоо, арыгы ханна даҕаны куотуо суоҕа. Кэпсэтэ түһүөх…

Урут, икки баай иллээхтэригэр, Сараапап атыыһыттаахха кыыс төрөөбүтүн малааһынныылларыгар, бу Барсуков оҕонньор, кыратык холуочуйан баран: «Дьэ, Кууһума, эн төһө да хааныҥ нууччатын иһин, син биһиги киһибит буоллаҕыҥ дии… Мин ити биэстээх Бааска диэн уоллаахпын, эйиэхэ таҥараҥ кыыс оҕону биэрбит, хойут улааттахтарына оҕолорбутун, хата, холбуох… Ол туһунан билигин илиитэ охсуһан кэбиһиэх!» – диэбиттээҕэ. Дьэ ол кэнниттэн кинилэр ити иирсиэхтэригэр диэри «оҕолорбутун холбуохпут» диэн кэпсэтэллэрэ. Атыыһыт ону өйдөөн, «ама ол туһунан кэпсэтэ кэлбитэ буолуо дуо?» диэн дьиктиргии истэр.

– Эн, өрүс бу эҥээригэр олорор киһи, кыһамматыҥ буолуо, – Барсуков букатын атыны кэпсээн барар.

– Дьэ-дьэ, истэбин.

– Оттон биһиги, суол айаҕар олорооччулар, кыһыллартан улаханнык куттанар буолан бардыбыт. Тугу-тугу оҥорон, кими-кими өлөртөөн ааһалларын билбэппит. Бүгүн оннооҕор били маннааҕы хамыһаар уол киирэн, өлөрөрүнэн куттаан туран, сүүрбэ көлөбүн тутан ылла. Соҕурууттан иһэр кыһыл этэрээтигэр көлө бэлэмнэтэр үһү. Ол этэрээттэрэ, арааһа, чугаһаабыт быһыылаах. Кыһыллар ол көлөлөрбүн ханна тиэрдиэхтэрин, хайдах гыныахтарын билбэппин.

Сараапап кыҥнас гынан Барсуков кулгааҕар сибигинэйэ былаастаан:

– Биһиги бу түүн манна былааһы ыларга быһаарынан олоробут, – диир.

Кинилэри кытта биир остуолга аһыы олорор Сүөдэркэ, киэбирэ соҕус тутта-тутта, тыл кыбытар:

– Олус айманыма, кырдьаҕас.

Барсуков Сүөдэркэни атыҥыраабыт курдук көрбөхтүүр:

– Маннык кыахтаахтык тыллаһар бу хантан сылдьар ыччаккыный?

– Бу бэйэ киһитэ, бырааттартан кэлэ сылдьар.

– Э-ээх! – диэн, оҕонньор сэҥээрэр, – бырааттартан сылдьар киһи буоллаххына, дьэ дьаһай, иилээ-саҕалаа. Киһи биһигинньиктэрэ ити кыһыллартан куттанарбытыттан да дьоҕуһаары гынныбыт.

– Чэ, бу түүн маннааҕы дьону ити хамыһаар уолу кытта боччуйаары олоробут.

– Биһиэнин – Кэрэмэс Сиидэри уонна Капатыылабы эмиэ, – Барсуков өрүһүспүт курдук эбэ охсон биэрэр.

– Эһиэнин эмиэ…

Итини истээт, Настя сүрэҕэ итийэ түһэр. Ойон турар, истимээйэллэр диэн, аргыый таҥаһын ылан таҥныбытынан барар. Били күнүс бара сырыттаҕына Сэмэнчик ийэтэ тоҥуйдук көрсүбүтүттэн өһүргэнэ санаабытын аахсыбатаҕына сатаныыһы, алдьархай буоларыгар тиийбит. Настя таҥаһын таҥна-таҥна, өссө иһиллиир:

… Чэ, быһата, истиэнэҕэ туруортуубут уонна…

Настя таҥнан, хайдах эрэ тиэтэйбиттии таһырдьа тахсан эрэрин көрөн, маамата:

– Бу ханна бардыҥ? – дии хаалар.

Кыыс, хардарбакка, таһырдьа мэлис гынан хаалар.

* * *

Дьиэттэн тахсаат, Настя сүүрэн тэлээрэр. Өр гыммат, Маайа балаҕаныгар кэлэн көтөн түһэр. Түргэнник сүүрбүтүттэн аҕылаан, саҥата кыайан тахсыбат буола бөтүөхтээн тыына-тыына:

– Семен… Сэмэнчик баар дуо?

Сэмэнчик дьиэтигэр суоҕа. Кини киэһэлик соҕус Нохтуйскайтан төннүбүтэ, дьиэтигэр киирэн чэйдээт, Усовтаахха тахсыбыта.

Настя ыксаан киирбитин көрөн, улахан наадалаах буолан бу курдук ыгылыйдаҕа диэн Маайа өйдүүр.

– Сэмэнчик суох ээ. Туох наадалааххыный? Этиий.

– Бу түүн кинилэри өлөртөөрү оҥостон эрэллэр. Түргэнник куота оҕустун!.. – Настя, сэниэтэ эстибит курдук, олоппоско олоро түһэр.

Маайа сүрэҕэ эрэ хайдыбат. Туох да бокуойа суох олоппоско олорор Настяны илиититтэн харбаан ылар.

– Кимнээх?.. Кимнээх өлөрөөрү гыналларый?.. – дии-дии, Маайа тардыалыыр.

– Сэмэнчик ханна баарый?.. Түргэнник сэрэтиэххэ!..

Маайа итини истээт, дьэ өй ылбыт курдук, Настя илиитин ыһыкта охсон кэбиһэр, онтон, көхөҕө ыйанан турар саал былаатын сулбу тардан ылан төбөтүгэр бүрүннэри быраҕаат, аан диэки ыстанар.

Маайа тахсаат Усовтаах дьиэлэрин диэки ыстанар. Түргэнник сүүрүөн баҕарар да, атахтара нэһиилэ атыллатар курдуктар. Кини кэнниттэн Настя батыһан иһэрин көрбөт. Усовтаах дьиэлэрин түннүктэрэ уоттаах. Ааны кэлэн тардыалыыр. Аан хатыылаах. Маайа төһө күүһэ баарынан тоҥсуйар. Ким эрэ атаҕын тыаһа аан аттыгар кэлэн:

– Кимҥиний? – диэн ыйытар. Ыксаабыта, ыгылыйбыта бэрдиттэн, Маайа ким дьиэ иһиттэн ыйыппытын билбэт.

– Мин!.. Мин… Маайабын!

Аан аһыллар. Аан аттыгар Иван Усов турар. Кини Маайаны Настя батыһан киирбитин дьиктиргии көрөр.

– Сэмэнчик? – оҕото ороҥҥо олорорун Маайа таба көрбөт.

– Ийэ-э, бу баарбын. Туох буоллуҥ? – Сэмэнчик ийэтигэр утары туран кэлэр.

– Куот!.. Сип-сибилигин куот!..

– Тоҕо?.. Ханна куотарбын этэҕиний?

– Эйигин өлөрөөрү бэлэмнэнэллэр үһү… Куот!..

– Кимнээх?.. – Сэмэнчик улаханнык соһуйар.

– Эһигини иккиэҥҥитин! – диир Настя.

– Ону кимтэн иһиттиҥ?.. Хантан биллиҥ?.. – Сэмэнчик кэлэн Настяттан ыйытар.

– Бэҕэһээ түүн биһиги дьиэбитигэр мустан кэпсэппиттэрэ… Билигин эмиэ кэпсэтэллэр…

«Хайдах гынабытый?» – дэспиттии, Сэмэнчик Иван Усовтыын сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр.

– Настя, бэҕэһээ киэһэ истэн баран, ону билигин эрэ кэлэн этэҕин дуо? – Сэмэнчик сэмэлээбиттии ыйытар.

– Эһиэхэ күнүс кэлэ сылдьыбытым… Суоҕуҥ…

– Кырдьык, тоойуом, Настя күнүс кэлэн эйигин ыйыта сылдьыбыта, – диир Маайа. – Турумаҥ, түргэнник бара охсуҥ!..

III

Сылластыгас Сүөдэркэ икки киһилээх түүн икки чаас ааһыыта Маайа дьиэтигэр кэлэр. Аан аттыгар, өскөтө Сэмэнчик куотан таҕыстаҕына тутаар диэн, биир киһини хаалларар, бэйэтэ дьиэ аанын тардыалыыр. Аан хатааһыннаах эбит. Саа луоһунан тоҥсуйар.

– Ким тоҥсуйарый? – иһиттэн Маайа саҥата иһиллэр.

– Ыалдьыттар кэллибит, ааҥҥын аһа оҕус? – дии-дии, Сүөдэркэ тоҥсуйбутун кубулуппат.

– Кимнээхтэргитий? – Маайа иккистээн ыйытар.

– Ыалдьыттарбыт диибин, ааҥҥын ас!

– Ыалдьыттар күнүс сылдьааччылар, утуйа сытабын, сарсын кэлээриҥ!

– Ааҥҥын ас!.. Эбэтэр алдьатан киириэхпит!

Хайыай, сүгүннүөхтэрэ суох диэн, Маайа аанын аһан биэрэр. Сылластыгас Сүөдэркэ саалаах киһилиин иккиэ буолан дьиэҕэ көтөн түһэллэр. Остуолга турар лаампаны уматаллар. Онтон Сүөдэркэ дьиэ иһин биир гына тиҥсирийэр. Кыыһырбыта, уоҕурбута диэн сүр.

– Уолуҥ ханнаный?! – диэн күргүйдээн дэлби барар.

– Аргыый хаһыытаарый, мин дьүлэй буолбатахпын ээ. Ол тоҕо мин оҕобор бу курдук наадыйдыгыт?

Сүөдэркэ ойон кэлэн Маайаны илиититтэн харбаан ылар, дьиэ ортотун диэки садьыйар:

– Хамыһаар уолгун ханна кистээтиҥ?

– Суох. Барбыта.

– Ханна барбытай?..

– Мин оҕом барбыта өр буолла, төһө да ыгылыннаргын, ситиэҥ суоҕа!

– «Мин оҕом» диэбит буола-буола… Ыамайгын хайаан да булуохпут! – Сүөдэркэ саатын туппутунан тула холоруктуур.

– Дьоллоох эрэ киһи «мин оҕом» диэн тылы туттар. Оттон эн курдуктар «мин оҕом» дииргит да суох ини. Мин оҕом сүүрэр атахтаах, көтөр кынаттаах барар сиригэр бардаҕа дии…

Ким эрэ сүүрэн битигирээн ааҥҥа кэлэр. Дьиэҕэ турааччылар аан диэки эргиллэ түһэллэр. Аан аһылла биэрэрин кытта Петухов үрээнньик саа тутуурдаах аҕылаан-мэҥилээн киирэр:

– Тойон Яковлев, У-у-сов суох… Күрээбит!

Сүөдэркэ Дьаакыбылап тугу да гыныан булбат.

– Эрдэ… Эрдэ дьакыйтаан кэбиһиэх баара… Утуйалларын кэтэспиппит ити баар! Хайдах биллилэр? Ким кинилэргэ эттэ?

– Хайаан киһи барыта эн курдук куһаҕан санаалаах буолуоҕай, үчүгэй санаалаахтар да баар буоллахтара дии, – Маайа, оҕото куоппутуттан үөрэн, холкутук хоруйдаһар.

– Э-э!.. Ити аата, ким сэрэппитин эн билэр буоллаҕыҥ дии?.. Чэ, таҥын, биһигини кытта барсаҕын!

– Ол ханна илдьэҕиний?

– Уолгун биһиэхэ бэйэҥ булан биэриэҥ! Эбэтэр бэйэҥ дууһаҕынан толуйуоҥ! Чэ, турума, түргэнник!

– Өлөрүөх буоллаххына, куттаабакка даҕаны өлөрдөҕүҥ дии! – Маайа абаккаран утарсар.

– Ылыҥ!.. Таһаарыҥ! – Сүөдэркэ хамаандалыыр.

Петухов Маайаны окумалыттан ылан таһырдьа дьөгдьөрүтэр.

– Быраат Петухов, эн бу дьахтары Сараапап дьиэтигэр илдьэ бар. Биһиги куоппут бассабыыктары көрдүөхпүт, – Сүөдэркэ биир киһилээх дэриэбинэ уулуссатын устун сүүрэн күлүкүччүйэр.

Сылластыгас Сүөдэркэ бу түүн Маача ыалларын, биири да ордорбокко, үлтү түүрэйдиир, күрүөнү-хаһааны барытын сүргэйэр. Хантан даҕаны куоппут дьону булбат. Ол сырыттаҕына Нохтуйскайтан Васька Барсуков тиийэн кэлэр.

– Дьаакыбылап ханнаный? – диэн, Сараапаптаах дьиэлэригэр киирээт, ыйытар.

– Маннааҕы бассабыыктары куоттаран, олорун көрдүү сылдьар, – диир Петухов үрээнньик.

Васька Барсуков, тугу да эппэккэ, таһырдьа элэс гынан хаалар. Кини, ыттар үрэллэриттэн, дьон кэпсэтэриттэн сыаллаан, дэриэбинэ илин кэтэҕинээҕи биир дьиэҕэ тиийэр.

– Дьаакыбылап манна баар дуо? – Васька, ыал олбуорун иһигэр дьоннор барыгылдьыһалларын көрөн, ыйытар.

– Баарбын!

– Маннааҕы дьонуҥ Нохтуйскайынан куоппуттар!

– Ханна?.. Хаһан?..

– Бэҕэһээ киэһэ. Бадаҕа, аҕыс-тоҕус чаас саҕана.

– Хайа диэки куоппуттара биллэр дуо?

– Биллибэт. Совекка баар көлөлөртөн икки сыарҕалаах аты ылан барбыттар.

– Хайа диэки барбыттарый диибин ээ?!.. – Сүөдэркэ кэлэн Васька Барсукову уолугуттан эрэ ылбат, дьон куоппутугар кини буруйдааҕын курдук ыххайар.

– Хайа диэки куоппуттара биллибэт диибин ээ!

– Дьонунан эккирэттэриэххэ баара, оттон эһиги?..

– Эккирэтэ сырыттыбыт. Мин Точильнайга тиийэн төнүннүм. Сорохтор Никольскай дьаамыгар бара сырыттылар. Ким даҕаны кинилэри көрбөтөх. Мээнэ ханна бара туруохпутуй. Онон төнүннүбүт.

– Хас буолан куоппуттара биллэр дуо?

– Үһүөлэр үһү: хамыһаар, Усов уонна Кэрэмэс.

Ыаллар муччахаларын, үгэхтэрин сүргэйбиттэриттэн дэлби бөх-сыыс буолан, бандьыыттар Сараапап дьиэтигэр киирэллэр. Сылластыгас үллэ кыыһырбыт.

– Дьэ, абаккалаах да куоттарыы буолла!

Васька Барсуков Сараапап атыыһыкка уонна аҕатыгар кырдьаҕас Барсуковка Сэмэнчиктээх хаһан куоппуттарын кэпсиир. Ону истэн, Барсуков:

– Куһаҕаннык сыыһа туттуу тахсыбыт, – диир.

– Хаартыбытын аһан кэбистибит… Кыһыллар кэллэхтэринэ, дьэ хайдах буолабыт? – атыыһыт үөһэ тыынар.

– Ким кинилэри сэрэппитэ буолла? – дии-дии, Васька Барсуков кэтэҕин тарбанар. – Киэһээҥҥэ диэри Кэрэмэс дьиэтигэр баара эбээт.

– Сэрэппит киһини билэрим буоллар… – дии-дии, Сүөдэркэ хабырынан кычыгыратар.

– Кырдьык, кимтэн эрэ истэн куоталлар, – кырдьаҕас Барсуков эмиэ хосуһан быһаарсар.

– Сибилигин мин билиэм!.. Хайаан даҕаны кини билиэхтээх, – дии-дии Сүөдэркэ тохтуур. – Маайаны… Хамыһаар уол ийэтин киллэриҥ!

Петухов тахсан Маайаны дьон мустан олорор хоһугар киллэрэр. Маайа икки илиитин быар куустан турар. Сүөдэркэ Дьаакыбылап тула хааман баран, Маайа иннигэр кэлэн тохтуур.

– Куоппуттара билиннэ. Билигин биһиги билиэхпитин баҕарабыт ким кинилэри сэрэппитин.

Маайа, сылайбыт курдук, көрөн эрэ кэбиһэр. Саҥарбат. Ону көрөн, Сүөдэркэ хаана өссө алдьанар.

– Этиэххин баҕарбат буоллаххына, атыннык кэпсэтиллиэ. Ким кинилэри сэрэттэ?

– Кимтэн истибиттэрин эппэтэхтэрэ. Бэйэлэрэ истэр кулгаахтаахтар, көрөр харахтаахтар.

Сүөдэркэ Дьаакыбылап туох да диэҕин булумуна турдаҕына, аны кырдьаҕас Барсуков түөһүллэн турар:

– Хоп курдук сирэйдээх-харахтаах дьахтар эбиккин ээ, киһи ыйытыгар тоҕо сүгүн эппэккиний? Кимтэн иһиттилэр диэн ыйытар буолбат дуо?

– Өскөтө ким кэлэн сэрэппитин билэрим да эбитэ буоллар, эһиэхэ син биир этиэ суох этим. Барсуков оҕонньор, бачча кырдьыаххар диэри үтүөҕэ куһаҕанынан хардарбаты билбэт бэйэҥ дуу?

– Итинник буоллаҕына, биһиги атыннык кэпсэтиэхпит! – Сүөдэркэ тула холоруктуур.

Итини барытын Настя истэ сытар. Сүөдэркэ кыыһыран бардьыгыныырын истэ-истэ, үөрэр. «Сэмэнчик ийэтэ мин баран биллэрбиппин этэр дуу, суох дуу?» – диэн кэтэһэр. Маайаны доппуруостуур хосторугар туох тыас-уус тахсарын барытын иһиллиир.

Сүөдэркэ Дьаакыбылап Маайаны хайдах эрэйдиирин көрүмээри, хос иһигэр баар дьон тиэтэйэ-саарайа таҥнан бараллар. Сүөдэркэ ону көрөн:

– Сарсын-өйүүн манна кыһыллар кэлиэхтэрэ… Онон, субу барарбыт буолуо, көлөлөрдө бэлэмнээҥ, – диэн дьаһал биэрэр.

Дьон тарҕаһаллар. Сылластыгас ааны хатыыр.

– Чэ, үчүгэй, билигин иккиэйэҕин хааллыбыт, – ыскааптан иһит аҥаара арыгыны ойутан таһаарар. – Кэл, Маайа, олор. Миигин кытта арыгыта иһис.

Маайа хамсаабат. Кырдьыга, кини бу күтүр сирэйэ-хараҕа уларыйбытыттан, көрөрүттэн-истэриттэн бэркэ дьиксинэн турара.

– Маайа, кэл диибин дии, тоҕо тураҕыный? – кэлэн Сүөдэркэ Маайаны окумалыттан ылан остуол диэки сосуһар.

– Сибилигин аҕай өлөрүөх буола турбутуҥ дии, тоҕо арыгылата сатаатыҥ? Өлөрүөх буоллаххына, онон-манан кубулуммакка, өлөр!..

Сүөдэркэ, Маайа диэки көрөн ыла-ыла, арыгытын соҕотоҕун хантатан кэбиһэр. Биллэ холуочуйар, тыла булдьуйталаан ылар.

– Маайа, билигин ик-к-иттэн биирин тал: э-эбэтэр уолгар ким эппитин этэн биэрэҕин, э-эбэтэр, ону эппэт буоллаххына, сибилигин манна ытан кэбиһиэм.

– Хайа ийэ оҕотун быыһаттаран баран, махтанарын оннугар тыллаан биэриэн ыйытаҕыный? Суох, ким кэлэн эппитин миигиттэн истиэҥ суоҕа!

– һа-һа-һа! – Сүөдэркэ күлэн алларастыыр. – Эппиккэ дылы буолар инигин. Чэ, кэнники да эттэххинэ син. Билигин сынньан, манна утуй. Сарсыарда барыаҕыҥ… минньигэстик утуйан туруохпут. Тоҕо баччааҥҥа диэри кэргэннэммэккэ сылдьара буолуо дии саныыгыный?.. Эйигин таптыырбыттан!.. Миэхэ атын ханнык да бэйэлээх кыыс наадата суох…

Эмискэ аан аһылла түһэр. Настя киирэн кэлэр. Сирэйэ кубарыйан хаалбыт. Ааҥҥа утаа соҕус саҥата суох турбахтаан баран, Сүөдэркэҕэ супту хааман кэлэр, сирэйигэр силлиир:

– Мин бараммын эппитим… Тоҕо туох да буруйа суох киһини ити курдук сордуугунуй?.. – Сүөдэркэ төһө даҕаны сааммытын иһин, «миигин өлөрүө суоҕа» диэн Настя эрэнэр, онон киниттэн букатын куттаммат.

Сүөдэркэ Дьаакыбылап уолуйан хаалар, туох да диэҕин булбат. Кини хараҕа Настя уонна Маайа сирэйдэрин икки ардыларыгар сүүрэкэлиир. Кэмниэ-кэлин дьэ өй булан, хос иккис аанын арыйа баттыыр, быһаҕаһыгар диэри өҥөйөн туран:

– Кузьма Петрович!.. Истэҕин дуо, Кузьма Петрович, тур!.. Манна киир!

Утуйар хостон атыыһыт кыыһырбыт саҥата иһиллэр:

– Туох буоллуҥ, тоҕо сүгүн утуппаккыный?

– Киир диибин ээ!.. Кыыһыҥ!.. – дии-дии Сүөдэркэ айдаарар.

«Кыыһым туох буоллаҕай?» диэн, Кузьма Петрович соһуйа истэр, таҥна охсон Сүөдэркэ олорор хоһугар киирэр.

Настя уонна Маайа хос ортотугар тураллар. Сүөдэркэ Дьаакыбылап улахан холуочук, бэстилиэтин өрө быраҕа-быраҕа хабан ыла турар.

– Настя, эн тоҕо манна киирдиҥ? – диир Кузьма Петрович киирээт.

– Истэн абыран, маннааҕы кыһылларга кыыһыҥ баран тыллаан биэрбит!.. Маннааҕы бассабыыктар киниттэн истэн куоппуттар!.. Дьэ, Кузьма Петрович, хайдах быһаарсабытый?.. – Сүөдэркэ Сараапап атыыһыт диэки көрүтэлиир.

– Ама!.. Сымыйа ини… Туох үлүгэрэй! Настя, ити кырдьык дуо?

Аҕатыттан Настя куттаммат. Кини тугу таптыырын барытын толортороро, ылыннарара. Аҕата кинини хаһан да мөхпөт, саҥарбат буолара. Арай, бу кэнникинэн кыыһырар, күөмэйин сонотор буолан эрэр. Ол эрээри Настя, аҕатыгар атаахтыы үөрэнэн хаалбыт соҕотох оҕо буолан, билигин да киниттэн куттаммат.

– Кырдьык… Эппитим…

– Настя-а!!! – ыскаапка турар курустаал үрүүмкэлэр лыҥкыныы түһүөхтэригэр диэри Сараапап дэлби барар. Хараҕа өһөх хаанынан туола түһэр. Муустаах ууну испит сылгы курдук, биир кэм тип-титирэс буолар. – Настя, тугу оҥордуҥ?! – Кузьма Петрович, истиэнэ аттыгар турар устуулу нэһиилэ булан, сирэйин саба туттубутунан олоро түһэр.

Сүөдэркэ Дьаакыбылап, «саатта!» диэбиттии, уоһун сыллатан мичээрдиир курдук туттар. Кини билигин даҕаны иитиилээх бэстилиэтинэн оонньуу турар.

Аҕата ыксаабытын көрөн, Настя дьэ куттанар. Ханна да барыан-кэлиэн булбатах курдук буолар.

Сараапап сирэйин саба туттан олорбохтоон баран, куһаҕан баҕайытык кыыһын диэки көрө-көрө:

– Кинилэр биһиги өстөөхтөрбүт эбээт… Биһиги кинилэри мантан суох гымматахпытына, кинилэр биһигини суох гыныахтара. Тоҕо, ким эт диэбитин баран эппитиҥ буолуой?..

Маайа, итини истэн, бу кыыска олус махтана саныыр. Өскөтө кини кэлэн эппэтэҕэ буоллар, Сэмэнчиги бу обургулар, кырдьык, өлөрүөхтэр эбит…

Настя тугу да саҥарбат. Эмискэ сирэйэ кытаран кэлэр. Хараҕыттан уу-хаар баһар. Аҕатыгар баран саба түһүөх курдук гына-гына, туттунар.

– Настя, истэҕин дуо, ким эйигин баран эт диэбитин барбыккыный?

– Ким даҕаны эт диэбэтэҕэ… Бэйэм баран…

– Тоҕо?

– Кинини мин таптыыбын… Оттон эһиги буоллаҕына кинини өлөрөөрү оҥостоҕут! – Настя хараҕын уутун соттор.

Сараапап икки кулгааҕын саба туттубутунан эмиэ бүк түһэр. Эҥил баһа биир кэм титирэстии олорор. Сүөдэркэ Дьаакыбылап, бу турар кыыс дьиэлээх атыыһыт соҕотох тапталлаах кыыһа буолбатаҕа буоллар, бэстилиэтин иитиитин барытын даҕаны кини төбөтүгэр кураанахтаабыта ырааппыт буолуо этэ. Ол эрээри, холуочук буолан, ити Настя «кинини таптыыбын» диэн кими эппитин билигин да үчүгэйдик өйдөөбөккө турар.

Атыыһыт өр соҕус бүк түһэн олорбохтоон баран, кыыһын диэки уоттаах чолбон курдугунан көрө-көрө, ойон турар. Туох да саҥата суох икки сымыһаҕын быһа ытырбытынан супту хааман кэлээт:

– Таптыырдаах баҕастаах… Таптыырыҥ бу баар! – Настя сирэйин иккитэ-үстэ ытыһынан таһырҕатар.

Настя, уолуйан хаалан, тугу да саҥарбат, сирэйэ кубарыс гына түһэр, уоһа ип-ибигирэс буолар. Атыыһыт, кыыһа ааттаспатыттан абаккаран, аны баттаҕар түһэр. Хаста даҕаны баттаҕыттан илгиэлээн баран, кыыһын киэр садьыйан кэбиһэр.

– Умнаһыт большевигы таптаабыт буоллаххына, аны кинилэри кытта сырыт! – диэт, хос халҕанын хайа быраҕан тахсан барар.

Настя ытаабат. Аны бэстилиэтинэн оонньуу турар Сүөдэркэ диэки көрө-көрө, кэннинэн тэйэр. Маайа кыыһы кууһан ылар. Кыыс уу-хаар баспыт хараҕынан Маайа сирэйин көрөр, онтон, кэлэн саба түһээт, кууһан туран ытаан барар. Хараҕын уута, иэдэһинэн сүүрэн мөлбөрүйэн түһэн, Маайа сиэҕэр таммалыыр.

– Настя, ытаама… кинилэр дьон буолбатахтар – кыыллар…

Сүөдэркэ Дьаакыбылап тэтимнээх баҕайытык үктэнитэлээн Маайалаах Настяҕа кэлэр. Куустуһан туралларын утаа соҕус одууласпахтаан баран, Настяны араара тардар:

– Мэһэйдээмэ!.. Киэр буол!

– Өлөрүөх буолбутуҥ дии, тоҕо өлөрбөккүнүй? – Настя, ытыы-ытыы, Сүөдэркэ илиитин төлө охсор.

– Бар хоскор! – дии-дии, Сүөдэркэ кыыһы аан диэки үтүрүйэр. Настя тахсан барарын кытта, Сүөдэркэ Маайаҕа ыга хааман кэлэр.

– Маайа, истэҕин дуо, мин эйигин таптыыбын… Миэхэ кэргэн буол. Оччоҕо урукку эргин Сүөдэри да, уолгун да тыытыам суоҕа…

– Мин урукку да, хойукку да эрим суох, соҕотох эрдээхпин.

– Ол эриҥ дьэ ханнаный?

– Ханна эрэ сырыттаҕа дии.

– Ханнатын, хата, мин билэбин.

– Сымыйаҥ!.. Мин эйигин хаһан даҕаны итэҕэйиэм суоҕа. – Ол эрээри Маайа иһигэр: «Ама, бу дэриэтинньик кырдьыгы этэрэ буолуо дуо?! Билэр даҕаны буоллаҕына көҥүлэ», – дии саныыр.

– Баҕар, итэҕэйимэ… Мин кыһалҕам онно кыра!.. «а-һа-һа! Киниэхэ дылы киһи Дьокуускай куоракка милиисийэлии сылдьара… Баҕар, атын даҕаны киһини көрбүтүм буолуо. Ол эрээри биһиги бөлөнөхпүтүгэр иитиллэн улааппыт Сылгыһыт Сүөдэри билбэт эбит буоллахпына… Киллэмҥэ олорор Лэгиэнтэй атыыһыт эмиэ билбэтэҕэ буолуо дуо?.. Киниэхэ дылы киһи ол ыалтан эйигин, уолун Сэмэнчиги сураһа тахса сылдьыбыт этэ дии.

Маайа, итини истээт, эмиэ да итэҕэйиэх, эмиэ да итэҕэйиэ суох курдук буолан барар.

– Бэйи… тохтоо… Тоҕо эн мин кыһалҕабынан оонньуу оҥостоҕунуй? Чахчы кырдьыгы кэпсиигин дуу, миигин элэк оҥостоҕун дуу? Сымыйаҥ буолуо. Кини курдук миигин таптыыр киһи суоҕа, тыыннааҕа буоллар, хайаан да булуо этэ.

– Таптыыра буоллар, булуо этэ буоллаҕа дии. Таптаабат буолан, баччааҥҥа диэри булбакка сырыттаҕа дии… Хата, эн биһикки холбоһуох!

– Оннооҕор эдэрбэр эйиэхэ тахсыбатаҕым, аны кэлэн тахсар үһүбүөн.

– Оччоҕо мин эйигин… Сибилигин… – дии-дии, Сүөдэркэ эмиэ бэстилиэтинэн оонньоон барар.

– Өлөрөргүнэн куттаама! Мин билигин өлөрбүттэн куттаммакка турабын. Оҕом эһигиттэн этэҥҥэ куотта, кырдьыгы кэпсиир буоллаххына, кэргэним эмиэ тыыннаах эбит. Өлөр… Миигин иэстэһэр дьоннордоохпун дии саныы-саныы өлүөм. Оттон бу эн сордоох өллөххүнэ, бырадьаагы сылдьар ыт өлбүтүн курдук, ким даҕаны ааккын да ааттыа, сураххын да сураһыа суоҕа.

– Саҥарыма!.. – хос иһигэр тыына тумнастаары гыммыт курдук, Сүөдэркэ сүүрэн тиийэн түннүк сабыытын арыйа тардар. Таһырдьа хайыы-сахха халлаан сырдаабыт.

– Маайа, ама, эйиэхэ күн сырдыга баҕата суох дуо?.. Тоҕо өлөргүн утуйар курдук саныыгыный?.. Мин эйигин таптыыбын диэбэппин дуо?.. Мин эйиэхэ кулут буолуом… Сөбүлэс! – дии-дии, Сүөдэркэ кэлэн Маайа иннигэр сөһүргэстии түһэр.

– Өлөрүөх буоллаххына, онон-манан киирбэккэ өлөр, эбэтэр дьиэбэр ыыт. Эрэйдээмэ!

– Итинник эбит буоллаҕына… Эбэтэр – миэхэ эргэ тахсаҕын, эбэтэр – сибилигин ытан кэбиһэбин! Чэ, үгүс майаачыта суох иккиттэн биирдэрин тал!

– Өлөрүөх буоллаххына, куттаабаккаҕын да өлөр диибин буолбат дуо?

– Чэ, Маайа, толкуйдан. Дьиэҕэр бар. Бу киэһэ тиийиэм. Онно кэпсэтиэхпит.

– Суох, биһиги кэпсэтэрбит туох даҕаны суох! Кэлэ даҕаны сорунаайаҕын!

– һэ, мин эн кэргэниҥ ханна сылдьыбытын, тугу гыммытын барытын билэбин. Саатар, ону истиэххин баҕарбаккын дуо?

Маайа эрэйдээх, кырдьык даҕаны, кэргэнин сураҕын истиэн баҕарбата диэн кэлиэ дуо.

– Тугу кэпсээри гынаҕыный? Билигин даҕаны кэпсээ ээ!

– Тиэтэйимэ. Дьиэҕэр таҕыс. Киэһэ тиийиэм. Хата, чэйдэ өрөн тоһуйаар, – Сүөдэркэ күлэн алларастыыр.

Маайа эрэйдээх, абаккарбытын иһин, тугу гынаахтыа баарай, саараан турбахтыыр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации