Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 24 (всего у книги 62 страниц)
Итирик киһи айаннаан иһэн Сүөдэргэ кэпсиир:
– Мин тоҕо арыгыны иһэбиний?.. Кыһалҕаттан, дууһам тулуйумуна иһэбин… Ойохпун Евстигней түөкүн иирдэр… Мин соҕотохпун. Төгүрүччү баттыыллар. Билигин шахта аайы тимир куруускалары ыйаатылар. Ким самородканы булбут ол куруускаҕа түһэриэхтээх. Маҥнайгы муунтатыгар солуотунньугун аайы 4 солкуобайы төлүүллэр, оттон иккис муунтатыгар биирдии эрэ солкуобайы. Биһигини акаарылар дии саныыллар быһыылаах. Суох, биһиги бука бары акаары буолбатахпыт. Куруускаларыгар биир муунтаттан ордугу укпаппыт. Онтон атынын бу испиир гынан иһэбит…
Хоонньун иһиттэн биир иһит испиири таһаарар. Бүөтүн төлө охсор уонна Сүөдэргэ уунар.
– Мэ, төһө кыайаргынан ис!
Сүөдэр арыгыны испэтэҕэ бэрт өр буолла. Иһиттээх испиири көрөөт, иһиэн баҕаран кэлэр. Бытыылканы ылан, тыыммакка эрэ, иккитэ-үстэ омурдар. Испиир, кутаа уотунан салаан, ип-итиинэн нүөлүйэр, куртаҕар тиийэр, тыынын хаайыах курдук буолар.
Сүөдэр бытыылкалаах испиири аргыһыгар төттөрү уунар. Киһитэ, төбөтүн хантаччы быраҕан, иһэн кыллыгыратар.
– «у-у-у! – диэн өрө уһуутаан кэбиһэр. Үтүлүгүн көхсүнэн уоһун туора соттор.
Сүөдэр испит испиирэ төбөтүгэр тахсар, эт-этэ барыта итийэн барар.
– Мэ, маны иһэн кэбис! – дии-дии итирик киһи Сүөдэргэ бытыылкатын эмиэ биэрэр.
Сүөдэр эмиэ биир тыынынан иһит чиэппэрин кэриҥин түһэрэр. Бу сырыыга испиирэ хайдах эрэ ньулуунсуйбут курдук буолар. Киһитигэр тобоҕун төннөрөөрү гыммытын, анарааҥҥыта ылбат:
– Иһэн кэбис… Бүөтэ суох, син биир аара тохтон хаалыа!
Сүөдэр, испиирин тобоҕолоон баран, бытыылкатын туора элитэн кэбиһэр. Кини мантан инньэ киһитин кытта хайдах айаннаабыттарын букатын билбэт.
Киэһэ, халлаан хараҥарбытын кэннэ, Сүөдэр мас киллэрэн сүөкүүр сиригэр табалара кэлэн тохтууллар. Онуоха кыһаллыбакка, Сүөдэр аргыһынаан ыллыы-ыллыы куустуһан баран туркуларын үрдүгэр олордохторуна үрээнньик Васька Тюменцев тиийэн кэлэр уонна иккиэннэрин учаастакка илдьэр. Бу түүн Сүөдэрдээх иккиэн учаастак хаайыытыгар хонон тураллар. Сүөдэр сарсыарда уһуктан биирдэ өйдөнөр. Төбөтө, ыаҕастаах уу курдук, дьалкыҥнас буолбут, бэлэһэ хам хатан хаалбыт. Суолтан булбут доҕоро эмиэ улаханнык буорайбыт. Кини өр соҕус хоонньун хасыһан баран:
– Биир иһит баарын ылбыттар… Суох, – диир уонна куһаҕан баҕайытык көрүтэлиир. Кини өссө да улахан холуочук быһыылаах.
Утаакы соҕус буолан баран хаайыы аана аһыллар. Саабылалаах икки казак Сүөдэрдээҕи становой хоһугар илдьэллэр. Онно полицмейстер олорор эбит.
– Тоҕо түбэстиҥ? – Сүөдэртэн ыйытар.
– Билбэппин.
Полицмейстер Сүөдэри баһыттан атаҕар диэри, мээрэйдээн эрэр курдук, көрбөхтүүр.
– Уряднигы ыҥырыҥ!
Сотору Васька Тюменцев киирэн кэлэр. Сүөдэр кинини урут хаһан эрэ көрбүт курдук. Васька Тюменцев кып-кыһыл сирэйдээх, кугас бытыктаах, сонос соҕус сааһыран эрэр киһи. Кини, «тугу гынабын?» диэбиттии, полицмейстеры көрөн турар. Айаҥҥа бараары көлүллүбүт ат, тиэтэйэн, биир кэм атахтарын уларыта, тэпсэҥнии, чөрөҥнүү турарын курдук туттар, хамсанар.
– Бу киһи тоҕо хаайыллыбытын билбэт, тойон урядник, эн киниэхэ өйдөтөн биэр эрэ! – полицмейстер Сүөдэри хараҕынан ыйар.
– Итирик этэ, үрдүк сололоох! – Васька Тюменцев чиккэс гынан чиэс биэрэр.
– А-а, хантан испиири булан испиккиний?
Сүөдэр туох да диэн хоруйдуон булбат: киһитин уган биэриэн кэрэйэр.
– Тоҕо саҥарбаккыный? – күргүйдүү былаастаан полицмейстер ыйытар.
Сүөдэр көхсө кыарыыр. Доҕоро кини аттыгар тэпсэҥнии турар. «Этимэ!» – диэн көрдөһөрө өтө көстөр. Сүөдэр эппэт буолара эмиэ да табыллыбакка дылы. Сирэйэ, чоххо баттаабыт курдук, кытаран хаалар. Кини урут маннык суолга түбэһэн көрө илик. Арай били Дьаакыбылап кулуба уолун Сылластыгас Сүөдэркэни сирэйин кымньыынан быһа охсубутугар ыҥырбыттарыгар маннык ыгылыйбыттааҕа.
– Мин Чумаркой сиһиттэн мас киллэрэн испитим… – Сүөдэр кэпсээн барбытыгар, аргыһа киэр хайыһар. Табаарыһа куттаммытын көрөн, ах баран, атаҕын тумсун одуулаһан, төҥкөйөн турбахтыыр.
– Нуу, ол киирэн истэххинэ?
Сүөдэр саҥата айаҕын иһиттэн кыайан тахсыбат, күөмэйэ хатан, бүөлэнэн хаалар.
– Ол киирэн иһэн, бу киһини сиппитим… Кини миигиттэн көрдөспүтэ: «Сыарҕаҕар олордон, Надеждинскай бириискэҕэ киллэр», – диэн…
– Ити хайа сиргэ этэй? Онно кини итирик этэ дуо? – полицмейстер иилэ хабан ылар.
– Ити Надеждинскай уонна Васильевскай икки ардыларыгар этэ… Суох, кини итиригэ суоҕа… Букатын өлүөр этэ…
Аргыс киһитэ, «тугу-тугу лахсыйан бардыҥ?» диэбиттии, Сүөдэр диэки көрө охсон аһарар.
– Итиригэ суох этэ диигин?.. Баҕар, буоллун даҕаны. Нуу, ол киирэн иһэн, хантан испиири булан испиккитий?
Сүөдэр урут хаһан да сымыйалаан көрбөтөх да буоллар, кырдьык-хордьук курдук кэпсээн барар:
– Ол киирэн истэхпитинэ, Таас Тумурах анныгар табаларым, туохтан эрэ сиргэнэн, суолтан туора ойбуттара… Бу киһим туркуттан төкүнүйэн хаалбыта. Кэннибиттэн: «Тохтоо!» – диэн хаһыытаабыта. Мин табаларбын тохтоппутум. Аргыһым сиппитэ. Үөрбүт этэ. Миэхэ бытыылка тутуурдаах илиитин ууммута: «Көр эрэ, бу суолтан испиир сытарын буллум!» – диэбитэ…
– Олор! – диир полицмейстер Сүөдэргэ уонна кини аргыһын доппуруостаан барар. – Көр эрэ мин диэки… Учаастакка тоҕо түбэстиҥ?
– Итиригим иһин буолуо, тойон полицмейстер…
– Хантан испиири ылбыккыный?.. Ха-ха! Акаарыга кэпсээр! Ким итэҕэйиэн ити курдук кэпсиигиний? Суолга ким эйиэхэ испиир бэлэмнээн тоһуйбутай?.. Хас иһит испиири «булбуккунуй?»
Сүөдэр аргыһа туох да диэн хоруйдуон булумуна ыксыыр, сонун оноотун алын бүүрүгүн эрийэр-мускуйар, тэпсэҥниир мээнэ буолан хаалар.
– Биир иһити, – диэн сибигинэйэр.
Полицмейстер ойон турар, ытыһынан остуолу сырбатан хабылыннарар.
– Бэҕэһээ киэһэ эйигин туталларыгар, дьэгдьийэн, биир иһит испиири эмиэ булбуттар этэ. Ону хантан ылбыккыный?
Сүөдэр аргыс киһитэ ыгылыйан эппэт кэлэҕэй буолан хаалар:
– Д-д-а, – диир, тугу эрэ өйдөөбүт курдук, – даа, т-т-ойон по-полицмейстер, м-м-ин суолтан икки иһит испиир сытарын булбутум. Б-б-и-и-рдэһин т-т-абаарыспыттан кистээбитим. Киниэхэ эппэтэҕим…
Полицмейстер, тугу да саҥарбакка, өр соҕус кинини супту көрөн турбахтыыр. Сүөдэр санаатыгар полицмейстер тойон кини доҕорун хайдах буруйдуурун быһаара сатыы турарга дылы, ол туран полицмейстер эмискэ хаһыытаан тоҕо барар:
– Эн уорбутуҥ буоллар, көмүһү кистээбитиҥ буоллар, киһини өлөрбүтүҥ буоллар, мин эйигин, кыһалҕаттан оҥордоҕо диэн, баҕар, бырастыы да гыныа этим. Эн буоллаҕына, бииргэ айаннаан иһэн булбут булуугун доҕоргуттан кистээбиккин – мин ону хайдах да бырастыы гынар кыаҕым суох! Эн бииргэ сылдьар доҕоргун атаҕастаабыккын! Куһаҕан киһигин! Уон хонукка – каталажкаҕа!
– Ылыҥ! – диир үрээнньик Тюменцев аан аттыгар турар икки казакка.
Сүөдэр аргыһын тутан бараллар. Ол киһи, тахсан иһэн, Сүөдэр диэки махтаммыттыы көрүтэлээн ылар.
Полицмейстер, манна Сүөдэр олорорун умнан кэбиспит курдук, үрээнньиктэн ыйытар:
– Аны ким баарый?
– Көмүһү уоран тутуллубут киһи баар, тойон полицмейстер!
– Киллэр.
Сотору соҕус аан аһыллар. Биир киһини хос иһигэр киллэрэллэр. Полицмейстер кинини, мээрэйдээн эрэр курдук, баһыттан атаҕар диэри көрбөхтөөн баран, били үгэһинэн ыйытар:
– Учаастакка тоҕо түбэстиҥ?
– Муунта көмүһү кистээбитим иһин.
– Көмүһү уордаҕыҥ дии?
– Бырастыы гын, тойонум! Биһиги бириискэбитигэр ас куһаҕан. Мин Бодойбоҕо киирэн артыалга ас атыылаһаары кыһалҕаттан кистээбитим. Мин уорбатаҕым. Бэйэм булбут көмүһүм, ону туттарбатах эрэ буруйдаахпын. Көрдөһөбүн, үрдүк сололоох, урут хаһан да уорбатах киһибин. Миигин бырастыы гын!
Полицмейстер ойон турар, сирэйэ-хараҕа дьэбин уоста түһэр:
– Испиири уоран атыылаабытыҥ да буоллар, киһини өлөрбүтүҥ да буоллар, кыһалҕаттан оҥордоҕо диэн, баҕар, бырастыы да гыныа этим. Суох, көмүһү уорбуккун хайдах да бырастыы гынар кыаҕым суох. Уон хонукка – каталажкаҕа!
– Ылыҥ! – эрэ диэн кэбиһэр Тюменцев аан аттыгар турар казактарыгар.
– Ким баарый? – дии-дии полицмейстер, сылайбыт курдук, сэниэтэ суохтук олоппоско олорор.
– Сэттис нүөмэрдээх бараахха охсуһууга киһини өлөрбүт киһи баар.
– Киллэриҥ!
Сотору эмиэ аан аһыллар. Хандалыта кылырҕаан, модьу-таҕа көрүҥнээх киһи киирэр. Хараҕын үрүҥэр кып-кыһыл хаан турбут, сирэйэ күөх баламах буола үлтү кырбаммыт, чэчэгэйинэн уонна сэҥийэтинэн хас да баастааҕа хап-хара хаанынан саба хаппыт.
– Учаастакка тоҕо түбэстиҥ? – полицмейстер, суруллубуту ааҕан эрэр курдук, ыйытар.
– Ротьканы өлөрбүтүм иһин, – хандалылаах киһи аат эрэ харата саҥарар. – Өлөрүөм эрэ дии санаабакка сылдьан, алҕаска өлөрдүм. Киэһэ аһаан баран, таһырдьа тахсан, Ротькалыын туста оонньообуппут. Ротька мөлтөх эрээри, бэрт хапсаҕай, сымса этэ. Кини алҕаһатан, миигин атахпыттан ылан сирэйбинэн чигдигэ умса бырахпыта. Онтон кыһыйан, мин ойон тураат, Ротьканы синньигэс биилиттэн ылан өрө көтөҕөн таһааран баран, төбөтүнэн туруору чигдигэ түһэрбитим. Киһим сонно тута барбыта. Тойонуом, миигин бырастыы гын!.. Адьас алҕаска өлөрбүтүм… Онно көрөн турбут дьонтон да ыйытыҥ!
– Уорбутуҥ буоллар, көмүһү кистээбитиҥ буоллар, испиири кистээн таспытыҥ буоллар, кыһалҕаттан оҥордоҕо диэн, бырастыы гыныа да этим, – диэн полицмейстер бардьыгыныыр. – Суох, киһини, бэйэҥ доҕоргун, өлөрбүккүн бырастыы гынар кыаҕым суох. Каталажкаҕа! Исправник тойон бэйэтэ быһаарыа!..
Сүөдэр кыайан тулуйан олорбот. Кини мэлдьи биир эрэ дойҕоҕу истэр: «Учаастакка тоҕо түбэстиҥ?.. Мин барытын бырастыы гыныах этим…» Ол гынан баран полицмейстер тойон бырастыы гыммытын кини көрбөтө.
Сүөдэр, манна баарын биллэрээри, хандалылаах киһини хостон таһааралларын кытта туран этэр:
– Тойон полицмейстер, манна төһө өр олоробунуй?
Полицмейстер кини диэки эргиллэ түһэр уонна сабыс-саҥа көрбүттүү ыйытар:
– Учаастакка тоҕо түбэстиҥ?
Сүөдэр туох да диэн булбат. Полицмейстер тойон кинини саҥа доппуруостаан эрэбин дии саныыр быһыылаах.
– Миигиттэн итини урут ыйыппытыҥ дии!
– Фу-ты, чорт, букатын буккуллан хааллым. Эн манна өссө да турар эбиккин дуу? Дьиэҕэр тоҕо барбатаххыный? Суох, мин эйигин билигин бырастыы гыныам суоҕа… – полицмейстер тойон Тюменцев үрээнньик диэки көрбөхтүүр. – Тойон урядник, бу инородеһы учаастактан киэр үүр. Кини аны учаастакка хаһан да түбэспэт буоллун. Ону үчүгэйдик өйдөтөн ыыт!
– Өйдөөтүм, үрдүк сололоох!
Васька Тюменцев Сүөдэри сонун саҕатыттан харбаан ылан, хос иһиттэн таһаарар. Уһун-синньигэс көрүдүөр устун тас аан аттыгар илдьэн баран, ыйытар:
– Харчылааххын дуо?
– Ону тоҕо ыйытаҕыный?
– Биир солкуобайда, бүтүн тиистээх барыаххын баҕарар буоллаххына!
– Харчым суох… Мин хантан ылбыт…
Тюменцев, атаҕынан тэбэн, ааны тэлэччи аһар. Сүөдэр тугун-ханныгын өйдүөн икки ардыгар сыҥааҕын тыаһа «лас» гынар. Икки балтата, таас курдук, айаҕын иһигэр хачыгыр гына түһэр. Айаҕын иһэ туус амтаннанар. Кини аантан биирдэ тэлгэһэ ортотугар баран түһэр. Өндөйөн көрүөн бэтэрээ өттүгэр аан сабыллан «лап» гынар. Сүөдэр үнтүрүйбүт тиистэрин хаанын кытта сиргэ силлиир. Айаҕын саба туттубутунан полицейскай учаастак олбуорун иһиттэн тахсан барар. Кини бу ханна баран иһэрин бэйэтэ да билбэт. Ол истэҕинэ: «Табаларым ханналарый?» – диэн санаа өйүгэр көтөн түһэр. Төбөтүн, сыҥааҕын ыарыыта барыта сүтэн хаалар. «Тойонум аах табаларын сүтэрдэҕим… Дьэ, алдьархай!» – диэн өлө куттанар.
Сүөдэр маһын туттарар, сүөкүүр сиригэр тиийэр. Туркулара мастыын тураллар, табалара суохтар. «Табаларбын уорбуттар!» – диэн ыксыыр. Кини, туркуларыттан мастарын сүөкүү туран, санаата табаларыттан арахпат: «Ама уорбуттар үһүө… Ким эмит ыыталаан кэбиспитэ буолаарай?» Бириискэни тоҥуу хаарынан эргийэн, табаларын суолун хайан көрөргө быһаарынар. Бириискэ таһыгар чөллөй хаардаах сиргэ тиийэн, тоҥууну оймоон иһэн, сылайбытын, аччыгын, төбөтө, үлтү охсуллубут тиистэрэ ыалдьарын дьэ үчүгэйдик өйдүүр. Ол да буоллар, тохтообокко, охтон түһэ-түһэ, иннин хоту баран иһэр.
Күн ортото чугаһаабыт быһыылаах. Сүөдэр бириискэ уулуссатынан баран иһэр. Кини Гачинскайга барар суол төрдүгэр икки саха ыала балаҕан туттан олороллорун көрбүттээҕэ. «Бэйи эрэ, ол саха дьоно мин табаларбын билэллэрэ, көрбүттэрэ буолаарай?» – дии санаан, кини ол ыаллар диэки барар.
Бодайбинка үрэҕи туоруур күрбэ чугаһыгар саҥа Табаарыстыба управлениетын дьиэтэ тутулла турар. Уонтан тахса киһи үөһэ дьиэ хоруобуйатын саайа сылдьаллар. Эмискэ ол дьон, сүгэлэрин, эрбиилэрин быраҕаттыы-быраҕаттыы, биир сиргэ мусталлар. Шахта диэки ыйа-ыйа, тугу эрэ одуулаһаллар.
Сүөдэр иһиттэҕинэ, ыраах дьон саҥата аймалаһар. Сотору соҕус баһыттан-атаҕар диэри бадараан буолбут таҥастаах эдэр уол буута быстарынан сүүрэн мэҥийэн кэлэн, Табаарыстыба тойотторо олорор дьиэлэригэр ааһар. Уолу тилэх баттаспытынан уонча рабочайдар, сырсан кэлэн, хонтуора иһигэр киирэн хаалаллар. Сүөдэр дьиктиргээн, тохтоон, одуулаһан турар. Сотору буолаат, шахтаттан икки сүүсчэкэ рабочай кэлэн Табаарыстыба хонтуоратын ааныгар тоҕуоруйар. Бу дьон барыларын таҥаһа уу, бадараан буолбут.
Сүөдэр, туох буолбутун билээри, мунньустубут дьоҥҥо чугаһыыр. Хонтуора иһиттэн, бэдэр истээх сонун кэтэ-кэтэ, Петр Владимирович Грюнвальд уонна хас да атын инженердэр тахсаллар. Грюнвальд мунньустубут дьоҥҥо тугу эрэ хаһыытыыр, илиитинэн сапсыйар. Дьон хайдах кэлбиттэрэй да, ол курдук биирдэ тоҕо анньан, шахталарыгар төттөрү сырсаллар. Олбуор иһиттэн икки тройка тахсан дьиэ иннигэр тохтуур. Инженердэр сүрдээҕин тиэтэйбит быһыынан тройкаларга олороллор, тугу эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ, эмиэ шахтаҕа тэптэрэллэр. Сүөдэр тугу да үчүгэйдик өйдөөбөккө, истибэккэ хаалар. Дьону батыһан шахтаҕа барыан, бэйэтин кыһалҕата эмиэ баар. Кини сахалар олорор балаҕаннарыгар тиийэн киирэр. Дьиэ иһигэр соҕотох эмээхсин күөс күөстээн букунайа сылдьар эбит. Эмээхсин, саха киһитэ киирбитин көрөн, улаханнык сэргии түһэр:
– Хантан сылдьар киһигиний?.. Бу дойду буорун булбутуҥ төһө өр буолла?
Эмээхсин ыйытарыгар барытыгар хоруйдаан баран, аны Сүөдэр бэйэтэ ыйыталаһан барар:
– Дьонноруҥ туохха үлэлииллэрий?.. Хас кэргэҥҥитий?
– Көмүскэ үлэлииллэр. Мин оҕонньорум икки оҕотунаан шахтаҕа, көмүс хостооһунугар, сылдьаллар…
Ити курдук кэпсэтэ олордохторуна, таһырдьаттан биир саха оҕонньоро сүөдэкис гына түһэр. Кини таҥаһа килэччи муус буолан хаалбыт. Оҕонньор, Сүөдэр диэки атыҥыраабыттыы көрө-көрө, шахтаҕа кэтэр таҥаһын устан, уотугар куурда уурталыыр. Кини ол тухары Сүөдэри кытта, киһи эрэ киирэн олороҕун диэн, биир да тылы кэпсэппэт. Таҥаһын куурда уурталаан баран, оһоҕун суоһугар көхсүн ититэн акыллан туран, кимиэхэ да туһулаабакка, уоһун иһигэр аргыый этэр:
– Дьэ буолан иһиэхпит…
– Эмиэ туох алдьархайа таҕыста? – эмээхсин дьиксиммит куолаһынан ыйытар.
– Бүгүн урукку Фризер шахтатыгар отут икки киһи буорга баттатан өллүлэр.
– Оо, үлүгэр эбит! – эмээхсин үөһэ тыынар.
– Ол хайдах? – Сүөдэр, соһуйан, ыйыппытын кулгааҕа эрэ истэн хаалар.
– Хайдах буолуой, саахта буора былдьаатаҕа дии.
Эмээхсин, оҕонньор диэки дьиксиммиттии көрүтэлээн баран, ыйытар:
– Оҕолор тоҕо аһылыктарыгар кэлбэтилэр?
– Оҕолор ол буорга былдьаппыт дьону хостоһо хааллылар.
Итинник үлүгэр алдьархай тахсыбытын кэннэ, Сүөдэр бу оҕонньортон сүтэрбит табаларын ыйыталаһара хайдах эрэ табыгаһа суохха дылы.
– Дьэ буоллаҕа… Ол дьон хайдах былдьаппыт муҥнаахтар буоллулар?
– Саахта үөһээ буора сиҥнибэтин диэн баҕана туруоруллар.
Ол мастары крепежнай остуолба диэн ааттыыллар…
Сүөдэр крепежнай маһы билбэт бэйэлээх буолуо дуо! Кини бу икки сыл устата ол маһы көтөҕөн, сүгэн, тиэйэн аҕай биэрээхтээтэ. Сүөдэр крепежнай мас диэн тугу аатыылларын билэрин көрдөрөн төбөтүн төҥкөҥнөтөр. Оҕонньор кини диэки кылап гына көрөн ылар:
– Биһиги тойотторбут киһини киһиэхэ холооботтор, ыт курдук көрөллөр. Кинилэр киһи тыынын туохха да уурбаттар. Ол иһин быраҕыллыбыт саахталартан эргэ баҕаналары хомуйтаран саҥа саахталарга туруортараллар. Ол эргэ баҕанаҕа биэстии харчыны эрэ ороскуотураллар. Оттон саҥа баҕанаҕа балтараалыы солкуобайы төлүүллэр. Табаарыстыба итинтэн бэрт үгүс барыһы киллэрэр. Үлэһиттэр эрэйдээхтэр ол биэс харчы туһугар Фризер былыргы саахтатыттан эргэ баҕана хомуйа сылдьан былдьаттахтара ол… Табаарыстыба тойотторо туох ааттаахха харахтара туолуох бэйэтэ эбитэ буолла, биһиги даҕаны көмүс бөҕөнү хостуурга дылы гынабыт эбээт. Кинилэргэ куруутун аҕыйах, элбэхтэн элбэх наада, босхо наада. «Баай хараҕын иинин буора эрэ толорор» диэн бэрт да сөпкө этэллэр эбит… Эчи, кинилэр обургулар харахтара туолбатын эриэхсит! Саатар, үлэһиттэри үчүгэйдик аһатар баҕас буоллахтара дуу?! Астарын сыанатын көрүөҥ! Аҥаардас айаҕыҥ эрэ иһин күнү быһа ууга-бадарааҥҥа сылдьан, тааһы-буору кытта тиниктэһэн тахсаҕын.
Дьиэлээх дьахтар остуолга ас бэлэмниир. Сүөдэри «аһас» диэн ыҥыраллар, дьиэлээх оҕонньор аһыы олорон Сүөдэр кимин-тугун, манна тугу үлэлиирин ыйыталаһар, кини табаларын сүтэрэн, ыксаан сылдьар сураҕын истэн, мичээрдии-мичээрдии, этэр:
– Кэм буолан иһиэхпит. Ол да буоллар олус айманыма. Баҕар, туох эмэ көстүө.
Сүөдэр табаларын сүтэрэн ыксаан сылдьарын кэпсээбитигэр бу оҕонньор тоҕо мичээрдээбитин дьиктиргии саныыр. Онтон тоҕо мичээрдиир бэйэтэй?
– Эмээхсиэн, тахсаҥҥын Бүөтүр уолу ыҥыран киллэрбэккин ээ! – диэн, аһаан бүтээри олорон, оҕонньор кэргэнин соруйар. Эмээхсин тахсан барар. Балаҕан иһэ уу чуумпу буолар. Оҕонньор тэриэлкэлээх миини тобоҕун иһэн бордурҕатара эрэ иһиллэр.
Сотору буолаат, хороччу улаатан эрэр саха уола киирэн кэлэр.
– Тоҕо ыҥыттардыҥ, оҕонньоор?
– Бэҕэһээ киэһэ били табалары ханна таһааран ыыппыккытый? – диэн оҕонньор хардары ыйытар.
– Чочумах чагдатыгар ыыталаабыппыт.
Оҕонньор Сүөдэргэ хайыһар:
– Табаларыҥ онно бааллар. Аны ити курдук итириктээбэт буол… Биһиги, бэҕэһээ киэһэ, хата, түбэһэ кэлэммит, туркуларыгар көлүллүбүттэринэн сытар табалары аһынан, ити уолаттарынан ыыттарбыппыт. «Бу табалаах дьон итирэн хаалбыттарын учаастакка илдьэ бардылар», – диэн дьон кэпсээбиттэрэ.
– Дьэ, улаханнык махтанабын, – диир Сүөдэр. Кини атаҕа сири билбэт буола үөрэр.
Сүөдэр, Чочумах чагдатыгар тахсан, табаларын тутуталаан киллэртиир уонна, киэһэрбитин кэрэйбэккэ, Чумаркой сиһигэр, мас киллэрэр сиригэр, төннөр. Мас кэрдэр дьон Надеждинскай бириискэҕэ дьон шахтаҕа баттатан өлбүттэрин истибэккэ олорор эбиттэр. Сүөдэр тиийэн ону кэпсиир.
Бу күннэргэ Трошка үлэтигэр тахсыбат. Кини үлэтин доҕотторо толороллор. Кинилэр Трошка куруутун үлэҕэ сылдьарын курдук көрдөрөллөр. Оттон Трошка ыраах-чугас баар бириискэлэри барыларын кэрийэр. Хас бараах аайы тохтоон, хонон, дьону кытта кэпсэтэн, сэһэргэһэн ааһар. Кини туохтан маннык алдьархай тахсыбытын дьоҥҥо быһааран биэрэр, маннык балаһыанньаҕа утары бырачыастыырга кинилэри ыҥырар. Батталы утарсар, көҥүл иһин охсуһар санаалаахтар кинини тула түмсэллэр. Ол дьону кытта кини туспа кэпсэтэр, кинилэри үлэһиттэр охсуһууларын салайарга үөрэтэр.
Трошка бу сырыытын түмүгэр хас да бириискэ үлэһиттэрэ Лена көмүһүн хостотор Табаарыстыба аатыгар маннык ис хоһоонноох суругу киллэрэллэр:
«Биһиги, Лена көмүһүн хосточчулар, манна акционернай Табаарыстыба тэриллиэҕиттэн ыла олохпут, аһылыкпыт олус мөлтөөтө, дьүдьэйдэ. Онон быйылгы ыам ыйын маҥнайгы күнүгэр диэри биһиги олохпутун, аһылыкпытын, хамнаспытын, үлэлиир усулуобуйабытын тупсарбат буоллаххытына, үлэни тохтотобут уонна биһигини төрөөбүт сирбитигэр диэри Табаарыстыба суотугар тириэрдэн биэрэри модьуйабыт».
Бу сурук Бодойбоҕо баар Табаарыстыба управлениетыгар бэриллэр уонна Петербурга, Лена көмүһүн хостооччу Табаарыстыба кылаабынай правлениетыгар Иннокентий Николаевич Белозеров аатыгар аадырыстанан ыытыллар.
VIIСүөдэркэ Дьаакыбылап үс сыл устата хаартынан-арыгынан иирэн баран, отут сааһын туолуутугар дьэ арыый өйдөнөн, ийэтин Огдооччуйа эмээхсини кытта иккиэйэҕин олороллор. Кини, ийэтин сүбэтинэн, Сэрбэкэ атыыһыттан үп-ас ылан, ыраах тоҥус сиригэр эргинэ тахсар. Лаама суолунан, Өймөкөөнүнэн сылдьан, булчуттары арыгынан өйдөрүн сүүйэн, арыт хаартылаан, арыт боруоста албыннаан, үгүс түүлээҕи хомуйар. «Эргинэн» булбут түүлээҕин аҥаарын кэриҥин ас ылан тахсыбыт атыыһытыгар, Сэрбэкэҕэ, туттарар. Аҥаарын атын атыыһыттарга ыарахан сыанаҕа атыылыыр. Ити курдук кини улаханнык байар.
«Бодойбоҕо ас сыаната олус ыарахан үһү» диэн сураҕы истэн, Сүөдэркэ быйыл сир тоҥуоҕуттан ыла бэрт үгүс арыыны, эти, балыгы атыылаһар. Кини онтукатын илдьэ Бодойбоҕо киирэр санаалаах. Тайҕаҕа айанныан аҕыйах хонук иннинэ Сүөдэркэ, куоракка киирэн иһэн, аара Киллэмҥэ Лэгиэнтэй атыыһыкка хонор. Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэркэ Дьаакыбылап Лаамаҕа тахсан эбэҥкилэри итирдэн, баһаам үгүс түүлээҕи буор босхо хомуйан киирбитин билэр этэ.
Киэһээ аһылык кэнниттэн Лэгиэнтэй атыыһыт хоноһотун кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэр. Кини бу киһи аҕата оҕонньору бэрт үчүгэйдик билэрэ. Ол оҕонньор Сүөдэркэни куоракка үөрэттэрэ киллэрэ сылдьан кинилэргэ тохтоон, чэйдээн ааһар буолара. Кэлин били сылгыһыт Сүөдэр уол Дьаакыбылаптаахтан күрээн кэлэн кинилэргэ олоро сылдьыаҕыттан ыла кинилэр хайдах эрэ өстөспүт курдук буолбуттара.
– Билигин ханна барар-кэлэр, эргинэр санаалааххыный? – диэн Лэгиэнтэй Сүөдэркэттэн ыйытар.
– Биэс-алта сыарҕа таһаҕастаах Тайҕаҕа барар санаалаахпын. Сураҕын иһиттэххэ, онно эт, арыы, балык үчүгэй сыаналаах үһү.
Лэгиэнтэй атыыһыт, Тайҕаҕа ас сыаната ыараханын истэн, кутуйаҕы көрбүт куоска курдук, хараҕа уоттана түһэр. Оо, кини арыый эдэрэ эбитэ буоллун даа, Тайҕаҕа киирэн төһө эрэ эргинэр этэ!
– Абаккалаах, эн сааскын саастаммыт киһи баар ини. Мин таһаҕаспын муҥутаан Маачаҕа эрэ киллэттэрэбин. Онно Сараапап уонна Салаайап хара түөкүттэр бастыҥ суорт эти буутун балтараалыы эрэ солкуобайга туталлар.
Сүөдэркэ мичээрдээн уоһа сылластар. Кини эдэр, кини сырыыны кыайар. Кини бэйэтэ Тайҕаҕа киирэн эти, арыыны, балыгы атыылыа. Барыс бөҕөнү ытыһан ылар ини! Кини кырдьан бүтэн эрэр Лэгиэнтэй атыыһыты сэнээбиттии көрүтэлиир.
– Ээ, ол Маача Сараапаба уонна Салаайаба диэн киһини тыыннаахтыы да ыйысталларын кэрэйбэт сүүлүк бэттэрэ буоллахтара дии. Мин кинилэри байытыам дуо, бэйэм байарбын сиримээри олоробун.
– Оо, абаккалаах да баҕайы эбит! Эдэрим буоллар! – диэмэхтиир Лэгиэнтэй атыыһыт.
Эдэрдээх кырдьаҕас атыыһыттар бу түүн, утуйбакка, ону-маны кэпсэтэн тахсаллар. Сарсыарда, халлаан саҥа суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, Сүөдэркэ этэр:
– Били биһигини ыал устун ыыппыт Сылгыһыт Сүөдэр баҕайы Тайҕаҕа сылдьар дэһэн эрэллэрэ. Көрсөрүм буоллар, мин кинини кэһэтиэх, баарбын биллэриэх этим.
Аҕыйах хонон баран Сүөдэркэ уон сыарҕа таһаҕастаах, биир ат көрөөччү киһилээх Тайҕалыыр. Кинилэр баралларын Лэгиэнтэй атыыһыт дьиэтин күүлэтигэр тахсан көрөн хаалар.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.