Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 31

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 31 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Сурукпутун киминэн туттарабытый? – диэн Маайа, суруйан бүтэрэн баран, дьахталлартан ыйытар.

– Бабоньки, кими быыбарынай оҥоробутуй? – диэн элбэх саҥалаах эдэр соҕус дьахтар чаҕаарыйар.

– Владимирова Мария буоллун! – Стешка хаһыытыыр.

Дьахталлар, Маайа ити курдук ааттанарын урут истибэтэх буоланнар, өйдөөбөккө ыйыталлар:

– Стеша!.. Кими этэҕиний?

– Ханна баарый?

Стешка онуоха Маайаны ыйан кэбиһэр:

– Бу турар дии… Суруккутун суруттаран баран билбэккит дуу?

Дьахталлар ах бараллар. Кинилэр Маайаны, сабыс-саҥа көрөн эрэр курдук, одуулаһаллар. Дьахталлар үгэстэринэн аан бастаан сирэйин-хараҕын көрөллөр, онтон таҥаһын… Баана сылдьар былаата, кэтэ сылдьар ырбаахыта, соно, атаҕын таҥаһа хайдаҕын, тас көрүҥэ төһө тупсаҕайын – барытын сыаналыы көрөллөр.

– Кини кимин, тугун билэн быыбарынай талабытый? – диэн биир аҕамсыйбыт дьахтар ыйытар.

Маайа, хайдах эрэ кыбыстан, сирэйэ итийэ түһэр.

– Кини кэргэнэ Трошкалааҕы кытта бииргэ хааллыбыта, – диир Стеша.

– Быыбарынай буоллун!..

– Талабыт! – дэһэ түһэллэр дьахталлар. Трошканы кытта забастовканы салайааччылары хаайбыттарын кинилэр билэллэр. Ити курдук айдаара, аймана турдахтарына, бараах аана аһыллар. Коршунов инженер киирэн кэлэр. Дьахталлар, куттаммыт курдук, кэннилэринэн тэйэллэр. Бэйэ-бэйэлэрин күлүктэригэр түһэллэр. Арай били аҕамсыйбыт дьахтар өттүк баттанар уонна Коршуновка утары хааман барар. Дьахталлар бары кинини батыһаллар. Маайаны инники үтүрүйэн киллэрэллэр.

– Дорообо, тойон инженер! – аҕамсыйбыт дьахтар тоҥхос гынар.

– Дорооболоруҥ! – Коршунов хайдах эрэ куттаммыт курдук дорооболоһор.

– Маайа, суруккун биэр! – Стешка Маайаны окумалыттан кымаахтыыр.

– Тойон инженер, эйиэхэ сурук бэлэмнээн турабыт, – диир аҕамсыйбыт дьахтар.

Маайа саҥата суох суругу Коршуновка туттарар. Коршунов пенснетин кэтэр, дьахталлар үҥсүү суруктарын ааҕар. Хараҕын уутун соттор:

– Миигин бырастыы гыныҥ… Ийэбин санаан, ити хараҕым уутун кыаммаппын.

Дьахталлар, олоппоһу була охсон аҕалан, инженери олордоллор. Кини тула мусталлар.

– Биһиги, аристократтар, дьахталлары «олох сибэккилэрэ» диэн ааттыыбыт. Мин санаабар, ити кыра. Эһиги, дьахталлар, киһи аймах тыынын төрүттэрэ буолаҕыт… Мин, кыахтааҕым эбитэ буоллар, дьахталлары букатын үлэлэтиэ суох этим! Эһиги киһи аймаҕы тэнитэр эбээһинэстээххит. Онтон ордук үтүө, кэрэ суол туох баарый… Үлэ – эр дьон ирээттэрэ… Эһиги бу суруккутун ааҕа туран, мин бэрт үгүһү өйдөөтүм. Биһиги билигин олорор олохпут итэҕэһэ элбэх.

Дьахталлар Константин Николаевич тугу этэрин барытын олус болҕойон истэллэр. Кинилэр тустарынан урут ким да ити курдук үчүгэйдик эппэт, саҥарбат этэ. «Куурусса көтөр буолбатах, дьахтар киһи буолбатах» диэн өс хоһооно дэлэҕэ үөскүө дуо! Ыар үлэ, эртэн кырбаныы, оҕо төрөтүү – кинилэр аналлара ити этэ.

– Эн манна тугу гынаҕыный? – диэн Коршунов Маайаны таба көрөн ыйытар.

– Мин… Мин көннөрү киирбитим…

– Мария Владимирова – биһиги быыбарынайбыт! – диир Стешка.

– Аа, оннук эбит дии, – эрэ диир Коршунов. Кини ити этиитин үгүстэр хайҕабыл курдук истибиттэрэ да, дьиҥинэн, адьас атын ис хоһооннооҕо. – Суруккутун туттум. Күүһүм кыайарынан көмөлөһө сатыам!

– Баһаалыста, тойон инженер!

– Баһыыба!

Коршунов иккистээн Маайа сирэйин көрөр уонна хайдах эрэ хаана хойдорго дылы буолан ылар. Кини түргэн соҕустук бараах иһиттэн тахсан барар.

VI

Күн уота сылыйдар сылыйан иһэр. Хайа сирэйин сабан турбут хаар ууллан, кыракый сүүрээн буолан, чыккыраан түһэр. Ол сүүрээттэр холбоһон, модун күүстээх мотуок буолан, хайа аппаларынан халдьыгыраччы куталларын курдук, забастовка күннэтэ аайы улам күүһүрэн иһэр. Билигин ханнык да албыннааһын забастовканы тохтотор, ууратар кыаҕа суоҕа. Ону рабочайдар да, кинилэри утары турааччы «Лена Голдфилдс Корпорация» да салалтата үчүгэйдик өйдүүллэр.

Күннэтэ аайы сэмээр рабочайдар олохторун дьүдьэтэн, бууну оҥорторор баҕаттан тойоттор кистэлэҥ дьаһаллары ылыналлар. Бу күннэргэ рабочайдары дьүүкээрэн өлбүт сүөһү собулҕатынан аһаталлар. Рабочайдар полицейскай учаастактарга киирэн ол эти көрдөрөллөр да, ким да кинилэр үҥсүүлэригэр кыһаммат.

Рабочайдар, тулуйа сатаан баран, быыбарынайдарын Иркутскайдааҕы судебнай уокурук прокурорун солбуйааччытыгар Преображенскай тойоҥҥо ыыталлар. Прокурор солбуйааччыта быыбарынайдар ааҥҥа бэрт өр көһүппүттэрин кэннэ тахсар.

Надеждинскай бириискэ быыбарынайа Вязовой бэргэһэтин устар, ытыктабыллаахтык тоҥхойон дорооболоһор.

– Бу хас да бириискэттэн быыбарынайдар кэллибит. Табаарыстыба дуогабары кэспитин бэйэҕит билэҕит. Ол дуогабар быһыытынан, Табаарыстыба дуогабары кэстэҕинэ, рабочайдар ылыахтаах харчыларын биэриэхтээх уонна тимир суолга диэри тиэрдиэхтээх. Ону хайатын да оҥорбокко олорон, биһигини аны киһи айаҕар укпат көнньүнэн өлбүт сүөһү-сылгы этинэн аһатан эрэллэр… Аҕалыҥ эрэ, тойон прокурор бэйэтэ да көрдүн.

Быыбарынайдартан биирдэстэрэ иһиккэ уган аҕалбыт этин прокурорга көрдөрөр.

Преображенскай тугу да саҥарбат. Кини, эттээҕэр буолуох, быыбарынайдары бэйэлэрин да көрбөт курдук.

– Тойон прокурор, биһиги полицияттан боротокуолла оҥоруҥ диэн көрдөһө сатаан кэбистибит да, буолбаттар. Билигин эйигиттэн көрдөһөбүт. Дуогабарбыт быһыытынан, биһиэхэ хамнаспытын ааҕан биэрдиннэр уонна тимир суолга диэри тиэртиннэр.

– Быыбарынайдар диэни мин билиммэппин, коллективнай үҥсүүнү туппаппын.

Эмискэ аан аһыллар. Ааҥҥа Трещенков көстөр. Кини быыбарынайдар тугу дииллэрин, онуоха прокурор туох диэн хардарарын иһиллээн турбут быһыылаах.

– Маннык суоластары кытта тугун кэпсэтэҕиний! – Трещенков прокурору халбарыччы анньар. – Киэр буолуҥ! – диэн хаһыытаан дэлби ыстанар уонна маатырылаан кубарытар. – Хас бу курдук муһуннаххыт аайы сэбилэниилээх күүһүнэн үүртэлиэм!

Ол түүн полиция бары бириискэлэр быыбарынайдарын хомуйан хаайталаан кэбиһэр. Салалтата суох хаалбыт рабочайдар Коршунов инженергэ бараллар. Онуоха кини маннык сүбэлиир:

– Эһиги хас биирдиигит: «Мин бэйэм өйдөөх санаабынан забастовкаҕа кыттыбытым», – диэн сурукта суруйуҥ уонна Преображенскай прокурорга туттарыҥ. Ол суруккутугар: «Хаайыллыбыт табаарыстарбытын босхолооҥ», – диэн көрдөһүҥ.

Иван Волошин бу кэмҥэ Бодойбоҕо киирэ сылдьыбыт буолан, быыбарынайдары хаайалларыгар түбэспэт. Бу күннэргэ полиция хаайаары көрдүү сылдьар сураҕын истэн, Баташов Бодойбоҕо киирэн саһар. Кини: «Коршунов туох эрэ куһаҕаны оҥороору дьону прокурор хонтуоратыгар ыҥырдаҕа», – диэн, рабочайдары сэрэтэ сатыыр да, ким да кини тылын истибэт.

Рабочайдар Маайаны ыҥыран киллэрэллэр.

– Эн суруйар үһүгүн… Баһаалыста, мин сурукпун.

– Миэнин эмиэ…

– Миэнин…

– Миэнин…

Маайа, оҥостон олорон, бу дьон суруктарын суруйар. Сатаан суруйар рабочайдар бу күн улахан түбүккэ түһэллэр.

Үгүс сурук суруллан бүппүтүн кэннэ, Коршунов бараахха кэлэр, хас да рабочай суругун ылан көрөр.

– Сөбүн сөп буолан баран, ситэтэ суох быһыылаах, – диир кини.

– Тугу суруйбатахпытый? Бэҕэһээ эн эппиккин барытын киллэрдибит дии… – дэһэр саҥалар иһиллэллэр.

– Хаайыллыбыт дьонноргут туһунан тугу да эппэтэххит.

– Кырдьык даҕаны… Биһиги быыбарынайдарбыт… Ол да иннинэ хаайыллыбыт дьоннорбут туох да буруйдара суох…

– Хаайар буоллахтарына, биһигини барыбытын хаайдыннар!

– Барин, сүбэлээ, биһиги бу суруктарбытын биир киһинэн ыытабыт дуу, бэйэбит туттарарбыт ордук буолуо дуу?

Коршунов саҥата суох турбахтыыр, пенснетин уста-уста кэппэхтиир.

– Мин санаабар, бу курдук гынар ордук буолуо… Аны үс хонон баран баскыһыанньа… Табаарыстыба салалтата көрөн итэҕэйиэн, бука бары суруккутун илдьэ кылаабынай хонтуораҕа кэлиҥ. Суруктаргытын остуолга өрөһөлүү ууран биэриҥ. Теппан тойон бэйэтэ көрөн итэҕэйдин!

– Оттон барин били биһиги модьуйуубутун туох диэн быһаарарый?

– Аһылык суох!

– Тоҕо расчет биэрэн ыыталаабаттарый?

– Мантан тимир суолга илдьэн биэрдиннэр!

– Сураҕын иһиттэххэ, атын сиртэн, омук сириттэн тиийэ, рабочайдары наймылаһар үһүлэр… Ити кырдьык дуо? – дэһэр саҥалар хойдоллор. Суруктан сылтаан үлэһиттэр миитиннэрэ буолан барар.

– Братцы, тохтооҥ! – Коршунов олоппос үрдүгэр ойон тахсар.

Дьон айдаана ах барар. Коршунов көлөһүн аллыбыт сирэйин соттор, пенснетин ылан кэтэр.

– Братцы, мин санаабар, эһиги туох да үгүс кэпсэтиитэ суох суруккутун ситэриҥ. Онно барыта лоп-бааччы этиллэ сылдьар: «Дуогабары кэстилэр, рабочайдарга, расчет оҥорон, харчыларын биэриэхтээхтэр уонна тимир суолга диэри тиэрдэн кэбиһиэхтээхтэр».

– Сөпкө этэр!

– Баскыһыанньаҕа диэри ыраах!

– Хоргутан өлөрөөрү гыннылар!

– Көрбөккүт дуо, инженербит эмиэ кинилэри кытта биир куомун быһыылаах!

– Кэбис, Константин Николаевич оннук буолбатах…

– Истиҥ! Аргыыйыҥ!

Коршунов дьон сирэйин кэрийэ көрүтэлиир. Антах, муннук чугаһыгар, рабочайдар Маайаҕа сурук суруйтара тураллар. Кини, ону көрөн, иҥиэттэн кэбиһэр.

– Онон баскыһыанньа күн мустан барарга болдьостубут! – диир Коршунов.

– Барин, оттон баскыһыанньа күн тойоттор суох буолуохтара буолбат дуо? – диир биир рабочай. – Биһигини хонтуораҕа ким да киллэриэ суоҕа эбээт!

– Мин бэйэм хонтуораҕа баар буолуом… Теппан тойон эһиги суруккутун хайаан да тутарын модьуйуом!

– Баһыыба, барин!

– Көр, Табаарыстыба тойотторо биһигини кытта бу эн курдук кэпсэтэллэрэ буоллар, туох эмиэ забастовката күөдьүйүө этэй!

– Барин, төһөҕө онно баар буолуоххутуй?

– Уон икки чаас саҕана тиийиҥ! Мин онно хайаан да баар буолуом… Эһиги кэлэргитин көһүтүөм!

– Үчүгэй!.. Баһыыба!

Сүүһүнэн киһи киниэхэ баһыыбалаан илиилэрин ууналлар. Коршунов илии тутуһуталыыр.

– Манна суох табаарыстаргытыгар барыларыгар этиҥ: кинилэр эмиэ кэллиннэр. Төһө элбэх буолаҕыт да, эһиги дьыалаҕыт соччонон кыайыылаах буолуо.

– Бука бары кэлиэхпит!

Коршунов үлэһиттэр бараахтарыттан тахсар.

Рабочайдар суруксуттарын тула мусталлар. Киһи барыта ким хайа иннинэ суруйтара охсон ылаары үтүрүһэр. Суруксуттар илиилэрэ куҥ буола сылайан хаалла. Ол да буоллар суруйалларын кубулуппаттар. Күн киэһэрэр, бараах иһигэр борук-сорук буолар.

Маайа, күнү быһа суруйан, олус сылайда, аччыктаата, мэктиэтигэр мэйиитэ эргийэргэ, кулгааҕа куугунуурга дылы.

– Тохтооҥ… Мин дьиэбэр тахсан, оҕобун аһатан, бэйэм да аһыы түһэн киириим.

Маайа аһаан, оҕотун аһатан киирбитэ остуолга чүмэчи булан умаппыттар. Суруйтарыан баҕалаах киһи өссө элбээбиккэ дылы буолбут. Кинилэр бу киэһэни быһа суруйаллар.

Ыкса киэһэ, утуйаары олордохторуна, Андреевскай бириискэттэн үлэһиттэр представителлэрэ кэлэллэр.

– Дорооболоруҥ, табаарыстар!

– Дорооболоруҥ, забастовщиктар! – дэһэллэр дьиэлээх дьон. Андреевскай бириискэ рабочайдара бүтүн Тайҕа үрдүнэн аан бастаан забастовкалаабыттара. Онон кинилэргэ «забастовщиктар» диэн аат иҥэн хаалбыт.

– Биһиги дьоннорбут тиийдилэр дуо?

– Сылдьыбыттара. Кинилэр иннилэринэ Коршунов инженер кэлэн: «Сурукта суруйуҥ, атын бириискэ дьоно бары суруйаллар», – диэбитэ. Баскыһыанньа күн төһөҕө барарбытын болдьоһо кэллибит. Пророк-Ильинскэйгэ биһиги сарсыарда уон чааска кэлиэх буоллубут. Константиновскай уонна Александровскай бириискэлэр рабочайдара ол иннинэ биһиэхэ кэлэн холбоһуохтара. Успенскай, Гачинскай уонна Федосьевскай бириискэлэр дьонноро биһиэхэ утары кэлиэхтэрэ. Онон биһиги бука бары уон икки чаас буолуута Сапун хайа анныгар, күрбэ таһыгар, холбоһуох тустаахпыт. Рабочайдар биир санаалаахпытын, модьуйуубутун толорторорго дьулуурбутун тойоттор көрдүннэр. Кинилэр быыбарынайдары хаайан, забастовканы тохтотуохпут дии саныыллар быһыылаах. Сымыйа! Забастовканы тохтотуохтара суоҕа!

Александровскай бириискэ представителэ этиитин дьон бэркэ биһирии истэр. Кырдьык даҕаны, норуот биир санаанан туруммутун хайдах тохтотуохтарай?! Биир киһи диэн айылҕаҕа хааппыла уу холобурдаах. Аата-ахсаана суох үгүс хааппыла уулар холбоһоннор, сааскы халаан уута буолаллар. Халаан уутун төһөлөөх да халыҥ муус, хайдахтаах да таас хапчаан кыайан тохтоппот. Кини бары мэһэйи тоҕо көтөн, үнтү кумалаан ааһар! Норуот эмиэ күүһүн түмнэҕинэ, санаатын холбоотоҕуна, ама тугу тулутуой? Итини забастовкалаабыт рабочайдар бигэтик өйдөөн эрэллэр.

* * *

Александр Гаврилович Теппан бу күннэргэ тугу да гыныан булбакка ыксаан олорор. Араастаан албастанан көрдүлэр да, барыта сатаммата. Кини бу күннэргэ аан аһылыннаҕын, киһи атаҕын тыаһын иһиттэҕин ахсын куттанан дьик гынар буолла. Иитиилээх бэстилиэти куруутун сиэбигэр укта сылдьар. Полицияҕа эрэммэккэ, кылаабынай резиденция дьиэтин тас уонна ис өттүттэн саллааттарынан манаттарар.

Киэһэлик, халлаан хараҥарыыта, Александр Гаврилович аанын ким эрэ тоҥсуйар. Теппан ыстаанын сиэбиттэн бэстилиэтин сулбу тардан таһаарар, «Аны рабочайдар миигин өлөрө кэллилэр дуу! Харабыллар ханналарый?..» – диэн куттас санаа өйүгэр кылам гынар. Өй булан, телефон туруупкатын сулбу таһыйан ылар.

– Алло!.. Миэхэ караульнайы! Караульнай дуо?.. Хонтуораҕа билигин кимнээх киирдилэр? Ким да киирэ илик даа?.. Харабыллар тураллар дуо?.. Тураллар да-а?.. Ким диэтиҥ?.. Константин Николаевич? Хаһан?.. Билигин да-а! – Теппан туруупканы уурар, көлөһүнүн соттор, хаалтыһын холкутатан аллара түһэрэр. Бэстилиэтин сиэбигэр кистиир. Ааҥҥа кэлэн, аспакка эрэ, ыйытар:

– Кимҥиний?

– Мин, Александр Гаврилович, Коршуновпун!

– Ах-да, Константин Николаевич! – Теппан аанын аһан биэрэр.

– Александр Гаврилович, истибитиҥ дуо, рабочайдар манна кэлэргэ тэринэллэрин?

– Суох!.. Тоҕо манна кэлээри гыналларый?

– Ааттаһа-көрдөһө кэлбэттэр, биһигини өлөртүү, байыаннай хамаандаҕа саба түһэн сааларын былдьаары!

Остуолга кэлэн, телефонун эрийэр.

– Алло!.. Миэхэ байыаннай хамаанданы!.. Да-да-а!.. Тойон ротмистр Трещенковы… Үтүө киэһэ, тойон ротмистр! Бэрт тиэтэл дьыала баар. Миэхэ сип-сибилигин киирэ сырыт эрэ!.. Сөп!

Трещенков ротмистр шпоратын тыаһа кылырҕаан киирэн кэлэр. Кини, дьоһумсуйа туттан, уҥа илиитин икки тарбаҕынан бэргэһэтин кокардатыгар даҕайан дорооболоһор уонна остуол аттыгар турар кириэһилэҕэ тиэрэ түһэр.

– Тойон ротмистр, забастовщиктар бу кэлэр баскыһыанньаҕа үс-түөрт тыһыынча киһи буолан Табаарыстыба кылаабынай хонтуоратын үрэйэргэ тэринэллэр үһү… Ону хайдах гынан быыһыыр, тохтотор туһунан сүбэлэһээри ыҥырбыппыт, – диир Теппан.

Ротмистр Трещенков хараҕа уоттана түһэр.

– Тойон ротмистр, төһө кырдьыга-сымыйата биллибэт, забастовщиктар байыаннай хамаандаҕа саба түһээри оҥостор үһүлэр, – диэн Коршунов эбэн этэр.

– Мин кинилэри ытыалаан кэбиһиэм! – Трещенков, сип-сибилигин саллааттарыгар хамаанда биэриэх курдук, ойон турар.

Хос иһигэр уу чуумпу буола түһэр.

– Кырдьыга, кинилэр биһигини өлөртүөхтэрин иннинэ кытаанах дьаһалы ыллахпытына сатанар, – диир Теппан аа-дьуо. – Онон мин Корпорация аатыттан көрдөһөбүн… Баскыһыанньаҕа эн эрэ саллааттарыҥ биһигини өрүһүйэр кыахтаахтар…

– Хааны тохтоххо эрэ өйдөнүөхтэрэ, – диэн Коршунов тыл кыбытар.

– Даа, – ротмистр төттөрү-таары хаамыталыыр. – Иркутскайдааҕы жандармскай корпус начаалынньыгар биллэриэххэ…

– Биллэрэн да диэн… Баскыһыанньа күн кэлэллэр. Ол туһунан туох да саарбаҕалааһын суох.

– Кэлиэхтэрэ – буулдьанан көрсүөм! – диэн баран, Трещенков остуолу сырбатар.

Трещенков таһырдьа тахсыбыта, халлаан өссө тымныйбыкка дылы буолбут. Хараҥа халлаан сулус харахтара дьиримниир.

– Түөрт тыһыынча киһи! – Трещенков бэйэтин санаатыттан бэйэтэ куттанан дьигис гынан ылар. Тула өттүн көрүнэр. Тэйиччи бараахтар харааран көстөллөр. Онно рабочайдар олороллор. Ол рабочайдары кини саллааттара ытыалыахтара. Трещенков саа тыаһыттан куттаммат. Кини кыра эрдэҕиттэн саа тыаһын таптыы үөрэммитэ. Арай өскөтө кинини ытыалыыр саалар тыастара буоллун? Кини ити санаатыттан этэ салаһан кэлэр. Тоҕо эрэ сүүрүү-хаамыы былаастаан байыаннай хамаанда олорор олбуоругар киирэр. Онно киирээт, холкутуйар. «Бэйи, бууннуу сылдьыбыттарын көрдөрүөм!» – диэн абатыйбыттыы ботугуруур.

* * *

Маайа сарсыарда, уһуктан баран, оҕотун уһугуннарымаары турбакка сытар. Кини бэҕэһээ киэһэ хойукка диэри дьон суругун суруйсубута. Аркадий Романович сыылынай суруйарга-ааҕарга үөрэппитэ туһалаата.

Ол сыттаҕына таһырдьа киһи атаҕын тыаһа чалбах мууһун тоҕута үктээн бачырҕатан кэлэр. Аан аттыгар тохтуур. «Эмиэ суруйтараары ыҥыра кэллэхтэрэ дуу?» диэн, Маайа тиэтэйэ соҕус туран, таҥнан барар.

Ааны тоҥсуйан кибиргэтэллэр. Тардыалыыллар.

«Ама, Сүөдэрбин хаайыыттан таһаарбыттара кэлбитэ буолуо дуо?» – Маайа сүрэҕэ эмискэ тэбиэлээн ылыталыыр. Ырбаахытын кэтэ-кэтэ, ааҥҥа сүүрэн кэлэр.

– Ким тоҥсуйарый?

– Мария Владимирова манна олорор дуо? – Маайа урут хаһан да истибэтэх саҥата нууччалыы ыйытар.

«Туох үлүгэрэ буолан, миигин көрдүү сырыттахтарай? – диэн Маайа дьиксинэр. – Сүөдэр туох эмэ алдьархайга түбэстэ дуу?» Ити санаатыттан хараҕа хараҥарарга дылы буолар.

Аан аһыллыбытыгар үрээнньик көтөн түһэр.

– Мария Владимирова эн дуо?

– Мин… – Маайа нэһиилэ саҥа таһаарар.

Үрээнньик кыбына сылдьар паапкатын арыйар, тарбаҕын салаан илитэ-илитэ, хас да илиис кумааҕыны арыйбахтыыр.

– «Лена Голдфилдс Корпорация» биэрбит ыйыытыгар олоҕуран, мировой судьуйа быһаарыытынан рабочайдар ортолоругар агитационнай үлэни ыытарын иһин Владимирова Мария бириискэлэргэ олорорун боборго…

– Туох да-а?

– Мировой судьуйа быһаарыытынан, Владимирова Мария бириискэлэргэ олорорун боборго уонна үс хонук иһинэн олорор сириттэн көһөрөргө… Т-э-э-к, иһиттиҥ?

– Ол ханна көһөбүнүй?

Үрээнньик ытыһын нэлэс гыннарар.

– Үс хонук иһинэн – көһүөхтээххин… Тэ-э-экс, өйдөөтүҥ дуо? Манна илиитэ баттаа!.. Тэ-э-к, таҥаскын-бөххүн хомунаргар икки хонук бэриллэр… Тэ-э-эк, онтон баскыһыанньа буолар… Оптуорунньукка кэлэн көрүөм. Олорор буолуоҥ, күүспүтүнэн көһөрүөхпүт.

– Ханна барабыный?.. Манна кими да билбэппин…

– Табаарыстыба бас билбэт сирэ – Бодойбо куората эрэ… Онно көстөххүнэ сөп буолуо… Тэ-э-кс, – үрээнньик, паапкатын кыбынан, тахсан барар.

Маайа, дөйбүт курдук, оронугар кэлэн олорор. Тоҕо кинини үүрэллэрий? Тоҕо? «Рабочайдар ортолоругар агитационнай үлэни ыытарыҥ иһин», – диэтэ дии үрээнньик. Ол аата тугуй? Сүөдэр сөпкө да эппит эбит Коршунов таҥнарааччы диэн. Кини бу күннэргэ Маайаны икки төгүл рабочайдар ортолоругар сылдьарын көрбүтэ. Ол түмүгэ бу буолла – көһөрөллөр.

Сэмэнчик уһуктар. Маайа оҕотугар кэлэн умса түһэр…

VII

Муус устар 4 күнэ, баскыһыанньа. Сапун хайа кэтэҕиттэн ып-ыраас, сып-сырдык сааскы күн күндээрэн тахсар. Рабочайдар үчүгэй, ичигэс күн буолбутуттан олус үөрэллэр. Биир нэдиэлэнэн Пасха бырааһынньыга буолуохтаах. Бүгүн дьон бары ыраас таҥастарын таҥныбыттар. Сорохтор бытыктарын хоруналлар. Эдэрдэр сиэптэригэр укта сылдьар сиэркилэ таастарыгар көрүнэллэр, баттахтарын оҥостоллор. Кылаабынай хонтуораҕа тиийэн көрдүү турбат курдук, кумааҕыларын чугас укталлар. Күн эрдэ, болдьоспут кэмнэрэ билигин да ыраах. Соччо тиэтэйбэттэр. Бу Андреевскай бириискэҕэ сотору Константиновскай уонна Александровскай бириискэ рабочайдара кэлиэхтээхтэр. Эдэр уолаттар, бараахтарын үрдүгэр тахсан, кинилэри кэтэһэллэр. Манна Завалин Пашката уол эмиэ баар. Пашка аҕатын кытта шахтаҕа үлэлээбитэ үһүс сыла буолла. Кини эмиэ суруктаах, онтун илдьэн тойотторго туттараары сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьар.

– Иһэллэр!.. Иһэллэр! – дии-дии Пашка бараах иһигэр көтөн түһэр.

– Төһө элбэхтэрий?

– Хара баһаам киһи… Суол устун ыраахха диэри субуруһан көстөллөр!

Андреевскай бириискэ дьоно доҕотторун көрсө таһырдьа тахсаллар. Бодайбинка үрэх хотоолун устун бэрт үгүс киһи – Константиновскай, кинилэр кэннилэриттэн Александровскай бириискэ рабочайдара – тиийэн кэлэллэр.

Бодойбо көмүстээх тайҕатыгар Иван Волошин көстөр буолбута икки ыйа туола илик. Кини хантан кэлбитин, төрдө-ууһа ханна баарын кимиэхэ да кэпсээбэт этэ. Бэйэтэ арыгы испэт, хаарты оонньообот, сүрдээх көрсүө, сэмэй киһи. Хайа даҕаны инженертэн итэҕэһэ суох билиилээх, сатабыллаах техник. Хамнаһын ааҕыстар эрэ, Бодойбо куоратыгар киирэр үгэстээх. Куоракка тоҕо киирэрин доҕотторо ыйыттахтарына, быһа бааччы этэр: «Дойдубар иитимньим элбэх, харчы ыыттахпына табыллар», – диэн.

Аҕыйах хонуктааҕыта биир киһи дойдутугар хаалбыт дьонугар харчы ыытаары Волошины кытта бииргэ Бодойбо куоратыгар киирсэ сылдьыбыттаах. Ол киһи кэпсээнинэн, Волошин харчытын үксүн Швейцарияҕа ким эрэ аатыгар ыыппыт үһү.

– Дьонуҥ омук сиригэр олороллор дуо? – диэн ыйыппытыгар, кини соччо быһаарыыта суох:

– Омук даҕаны сирэ син сир буоллаҕа дии, олорумуна, – эрэ диэн кэбиспит.

Билигин забастовка буолуоҕуттан ыла дьон үлэтэ, харчыта суох тутайбытыгар, аны кини аатыгар омук сирдэриттэн харчы переводтара кэлитэлиир буоллулар. Ону Волошин соҕотоҕун бэйэтэ эрэ туттубат, ылар харчытын барытын забастовка кыттыылаахтарын уопсай хаассаларыгар угар. Ол хаасса харчынан тутайбыт дьону салгыыр.

Үс бириискэ дьоно биир сиргэ түмсэллэр. Ханна туох буолбутун кэпсэтэллэр, сэһэргэһэллэр. Аҕыйах хонуктааҕыта үгүс шахталарга уу киирэн куттаабыт. Табаарыстыба тойотторо ыксаан тыаҕа мас кэрдээччилэри кытта кэпсэтэ сылдьыбыттар. Мас кэрдээччи сахалар забастовка тэриллиэҕиттэн ыла үлэлээбэккэ олороллор үһү. Ол дьону: «Киирэн үлэлээҥ, элбэх харчыны төлүөхпүт», – диэн албыннаһа сатаабыттар. Ону буолумматахтар. Киирбэтэхтэр. Уу киирэр кутталлаах шахталарын рабочайдар бэйэлэрэ санааларынан тахсан бүөлэтэлээбиттэр. Ону көрөн, Табаарыстыба тойотторо забастовка бүттэҕэ диэн бэркэ үөрбүттэрэ сымыйа үөрүү буолбут.

Иван Волошин кыстана сытар мас үрдүгэр тахсар, бэргэһэтин устар. Хагдарыйбыт бэттиэмэ өҥнөөх баттаҕын сааскы тыал имэрийэн ааһар.

– Табаарыстар, биһиги доҕотторбутун, стачком чилиэннэрин уонна үгүс быыбарынайдарбытын хаайбыттара ыраатта. Биһиги ити бүгүн «Сознательнай запискаҕытын» туттара бараргытын төһө даҕаны сөбүлээбэтэрбит, норуот быһаарыытын утары турар кыахпыт суох. Ол эрээри туохтааҕар да ордук провокацияттан куттаныаҕыҥ. Билигин биһиги кылаастыы өстөөхтөрбүтүн – баайдары, тойоттору кытта сирэй көрсө баран эрэбит. Ким эмит итирэн, ордук-хоһу саҥарсара букатын суох буолуохтаах. Онон арыгы испит киһи баар буоллаҕына, дьиэтигэр хааллын.

Волошин баттаҕын сааскы мэник тыал үрэйэн ааһар. Ону кини кэҕис гынан өрө илгэн көннөрөр.

– Итини таһынан, көрдөһөбүн: биир да киһи полицейскайдар, үрээнньиктэр, стражниктар, саллааттар саҥаларыгар, үөхсүүлэригэр хардарбаккытыгар. Өскөтө кинилэр үтүрүйэр, анньыалыыр да буоллахтарына, биһиги провокацияҕа киирэн биэриэ суохтаахпыт, кинилэрдээҕэр үрдүктүк турарбытын, ордукпутун көрдөрүөхтээхпит…

Волошин тыл этэрин дьон чуумпуран туран истэр. Кини сэрэтэрэ барыта улахан суолталаах: тойоттору сирэй сирэйгэ көрсө бараллар.

– Саллааттар аны биһигини ытыалаайаллар? – диэн ким эрэ ыйытар.

– Норуоту ыраахтааҕы ытыалаппыта элбэх. Онон, баҕар, бүгүн биһигини буулдьанан даҕаны көрүстэхтэринэ боруога суох. Жандармскай ротмистр Трещенков хара кэлиэҕиттэн дьону ытыалыырынан куттуур. Онон, куттанааччылар, эрдэтинэ дьиэҕитигэр хаалыҥ…

– Куттаммаппыт, барабыт!

– Өскөтө биһигини ытыалыыр, өлөртүүр даҕаны күннээх буоллахтарына, Россия пролетариата кинилэртэн ыйытыа, хоруйдатыа…

– Кырдьык оннук! Чэйиҥ барыаҕыҥ!

Бу кылгас кэпсэтии кэнниттэн мунньустубут дьон бука бары Пророк-Ильинскэй диэки бараллар. Кинилэр суоллара Бодайбинка үрэҕи кыйар. Кинилэр бириискэҕэ саҥа чугаһаан эрдэхтэринэ, Пророк-Ильинскэй үлэһиттэрэ тоҕо анньан суолга тахсаллар, кинилэри кытта холбоһоллор. Манна эмиэ миитин оҥороллор, онно Волошин эмиэ дьону сэрэтэр, өйдөтөр.

Күн ортото икки чаас ааһар. Болдьохтоох кэмнэрэ чугаһыыр. Кинилэр Сапун хайа анныгар, Надеждинскай бириискэҕэ Бодайбинканы туоруур күрбэ аттыгар, икки суол холбоһуутугар көрсүһүөхтээхтэр.

– Чэйиҥ барыаҕыҥ! Анарааттан кэлэр дьоннорбутун кытта болдьоспут кэммит чугаһаата, – диэн Волошин хамаанда биэрэр.

Хаардаах, чалбахтаах, бадарааннаах суол устун тыһыынчаттан тахса киһи Надеждинскай бириискэ диэки тоҕуоруйан барар. Туох эрэ көргө-нарга баран иһэрдии, рабочайдар оонньуулара, күлүүлэрэ элбээбит. Ким эрэ Бодойбо көмүсчүттэрин таптыыр ырыаларын ыллыыр. Ону рабочайдар бука бары иилэ хабан ылласпытынан бараллар:

 
И не слышно звонких песен на реке,
И не видать его в царевом кабаке.
И не кончил этой песенки гусляр,
И не идет уж он на людный базар!
 

Рабочайдар бары биир куолаһынан ыллаан ньиргитэллэрин ой дуораана Бодайбинка үрэх толоонун устун кый бырах илдьэ барар.

* * *

Надеждинскай бириискэ таҥаратын дьиэтигэр бүгүн сулууспа буолбата. Маҥнай утаа «баачыка ыалдьыбыт» диэн сурах тарҕанна. Таҥараҕа үҥэ кэлбиттэр, тугун-ханныгын билээри, баачыка дьиэтигэр тиийэллэр. Хата, аҕабыыттара муус өлүөр сылдьар эбит. Бүгүн сулууспа тоҕо буолбата диэн ыйыталлар. Онуоха аҕабыыт:

– Үрдүкү баһылыктар дьаһаллара итинник… Киэһэ кэлээриҥ, сулуусуба буолуоҕа, – диэн хардарар.

Сулууспа буолбатаҕа маннык этэ. Ротмистр Трещенков хара сарсыардаттан икки саллааты, таҥара дьиэтин колокуонньатыгар таһааран, бириискэлэртэн кэлэр суоллары кэтэппитэ. Бэйэтэ таҥара дьиэтин аҕыраадатын иһигэр турбута. Кини сотору-сотору хантайан туран саллааттарыттан:

– Көстөллөр дуо? – диэн хаһыытаан ыйытар.

– Суох! – дэһэллэр үөһэттэн.

Байыаннай хамаанда олорор дьиэтигэр синиэллэрин кэппит, ботуруоннаах суумкаларын курдуу бааммыт саллааттар сааларын туппутунан сылдьаллар, сорохторо сыталлар, сорохторо олороллор.

– Бүгүн баскыһыанньа буолбат дуо?

– Баскыһыанньа, онуоха туох баарый?

– Биһигини бу ханна илдьээри кэтэһиннэрэллэрий? Ама баскыһыанньа күн ытарга үөрэтээри гыналлара буолуо дуо?

– Ханна илдьэллэрин, тугу оҥоттороллорун тойоттор бэйэлэрэ билэллэр.

– Бүгүн сынньаныах да баар эбит… Сырдык баскыһыанньа нэдиэлэҕэ биирдэ эрэ кэлэр эбээт, – диир сааһыра барбыт саллаат.

– Иркутскайтан туруохпутуттан куруутун сынньалаҥҥа сылдьар буолбаппыт дуо?!

Саллааттар бүгүн эрдэ тураннар, бөлүүн үгүстэрэ түүҥҥү харабылга, патрульга сылдьаннар, уруккуларын курдук бэһиэлэйдэрэ суох, күлбэттэр-оонньооботтор. Олоро сатаан, биир саллаат ыллыыр.

 
Где друзья минувших лет,
Где гусари коренные?
Деды, помню вас и я,
Испивающих ковшами
И сидящих вкруг огня
С красно-сизыми косами.
 

Күн ортото ааһар. Ротмистр Трещенков чаһытын ылан көрөр. «Сымыйалаабыттар! Ким даҕаны суох!» – дии саныыр. Хаһаарыматтан икки саллааты ыҥыртаран ылан, холокуонньаҕа олорор харабылларын уларытар. Саллааттар күнүскү аһылыктарын аһыылларыгар хамаанда бэрдэрэр.

Күнүскү икки аҥаар чаас ааһар. Трещенков үөһэ манабылга баар саллааттарыгар: «Түһүҥ!» – диэн хамаанда биэрээри аҕай турдаҕына, саллаат саҥата чаҥкыныыр:

– Иһэллэр!

Ротмистр этэ тымныынан салаһан ылар. Ити аата бүгүн дьон хаанын тоҕор күнэ үүммүт эбит буоллаҕа.

– Төһөлөрүй?

– Сааскы кыдьымах мууһун курдук үгүстэр!

– Хайа диэкиттэн иһэллэрий?

– Пророк-Ильинскэй суолунан…

– Иһэллэр! – диэн аны Федосьевскай бириискэттэн кэлэр суолу маныыр саллаат хаһыытыыр.

– Төһөлөрүй?

– Хара баһаам… Арааһа, тыһыынчаттан ордуктар… Элбэхтэр!

– Түһүҥ! – Трещенков хамаанда биэрэр. Кини куттаммыта таһыттан өтө көстөр: сирэйэ чоххо баттаабыт курдук кытарар, уҥуох уҥуохтара салҕаластыыллар.

Ротмистр хаһаарымаҕа сүүрэн тиийэн, ааны тэлэйэ баттыыр:

– Тахсан стройдааҥ!

Саллааттар, таһырдьа сырсан тахсан, стройдууллар. Ханна баралларын, тоҕо стройдуулларын бэйэлэрэ да билбэттэр.

– Мин кэннибиттэн марш! – Трещенков саллааттары Бодайбинка үрэҕин күргэтин диэки сүүрэр икки хаамар икки ардынан илдьэ барар. Күргэ утарыта суол буомугар кэлэн саллааттарын тохтотор, суолу быһа кэккэлэччи туруортуур.

– Сааҕытын ииттиҥ! – диэн хамаанда биэрэр. Саллааттар бинтиэпкэлэрин иитэн хачыгыраталлар.

Саллааттар иннилэригэр бөкчөгөр күргэ, үрэх уҥуор сыгынньах таас хайа. Кинилэр тоҕо сааларын ииттинэллэрин бэйэлэрэ даҕаны билбэттэр. Ротмистр, баҕар, ити хайаҕа сыал ыттараары гынара буолуо дуо? Эриэн-быраан буола харааран эрэр чалбахтаах суолтан ураты кинилэр иннилэригэр туох даҕаны көстүбэт. Өр-өтөр буолбат, илинтэн уонна арҕааттан бэрт үгүс киһи ырыата дуораһыйан иһиллэр. Кимнээх ыллыылларын, кимнээх иһэллэрин саллааттар көрбөттөр, уҥа өттүлэрин кыстаммыт мас мэһэйдиир, хаҥас өттүлэрин үрэх тоҕойун томторугар турар ыскылаат хаххалыыр.

Тюменцев үрээнньик хамандыырдаах түөрт уон стражниктар, ыскылаат хаххатыгар хорҕойон, полицмейстер Оленников хамаанда биэрэрин кэтэһэн, аттарын мииммитинэн тураллар.

Рабочайдар кэпсэтэн ньамалаһаллара чугаһаан барар. Бу кэмҥэ Теппан уонна Коршунов кэлэллэр.

Саллааттар суолу быһыттыы тураллар. Таастан чочуллубут курдуктар, хамсаабаттар. Арай сааскы курас тыал кинилэр синиэллэрин эҥээрин тиэрэ арыйтаан, оонньоон ааһар.

– Тойон ротмистр, бэлэмҥит? – Теппан ыйытар.

– Так точно, бэлэммит! – Трещенков илиитин хортууһун куондуругар тиэрдэр. Кини илиитэ салҕалас, ону кистии сатыыр.

– Тойон ротмистр! – диэн Теппан ыҥырар.

– Истэбин.

– Били үлэспиппит курдук… Тойон Коршунов рабочайдарга барар. Кинилэри күргэ уҥуор көрсөр… Тохтото, өйдөтө сатыаҕа… Өскөтө рабочайдар, ону истибэккэ, иннилэрин диэки дьулуһар буоллахтарына, кини күргэ уҥа өттүгэр тахсан биэриэҕэ… Ону сэрэнээриҥ, – диир Теппан.

– Билэбин… Тойон Коршунов, биһиги бастаан үөһэ ытыахпыт. Эн, саа тыаһын истээт, суол ханаабатыгар түһээр.

– Сөп, – диир Коршунов. Аргыый аҕай күргэни туоруур. Сапун хайа анныгар, саллааттар турар сирдэриттэн баара-суоҕа икки сүүстэн эрэ тахса саһааннаах сиргэ, тиийэн тохтуур.

Коршунов икки суол холбоһуутугар тахсан көрбүтэ: уҥа өттүттэн – Липаевскайтан кэлэр суолунан, хаҥас өттүттэн – Федосьевскайтан кэлэр суолунан бэрт үгүс киһи, сааскы өрүс халаанын курдук, халҕаһалыы анньан иһэллэр.

Коршунов көһүтэн турарын көрөн, рабочайдар олус үөрэллэр. Сорохтор киниэхэ утары сырсан кэлэллэр.

– Биһиги үтүө тойоммут!..

Рабочайдар, чугаһаан баран, суолларын туора саллааттар туралларын көрөллөр.

– Үтүө тойоммут, көр эрэ, ити саллааттар тоҕо туралларый?

– Суолбутун туора турбуттар дии!

Коршунов тугу даҕаны саҥарбат, пенснетин устар икки кэтэр икки мээнэ буолар.

Дьон Коршунову кытта кэпсэтэ турдахтарына, Иван Волошин саллааттары одуулаһар. «Бүгүн, баскыһыанньа күн, саллааттар үөрэнэ тахсыахтарын сатаммат… Тоҕо таҕыстылар?.. Тоҕо суолу туора турдулар?» – дии саныыр кини.

– Чэйиҥ, барыаҕыҥ!

– Тоҕо турабытый? – дэһэр саҥалар иһиллэллэр.

– Тойон Коршунов, суолбутун туора саллааттар тураллар дии… Мэһэйдэһэ сылдьыахтара, киһитэ ыытан ыйытыахха, төһө өр итиннэ туруохтарай? – диир Иван Волошин.

– Дьон иһэрин көрдөхтөрүнэ, туораан биэриэхтэрэ! – диир Коршунов уонна пенснетин устан сотор.

– Э-э, үөрэнэ тахса сылдьаллар ини, – диэн урут армияҕа саллаатынан сылдьыбыт рабочай быһаарар.

– Ээ, тугун куттаннаххытый? Мэһэйдэһиэх курдук буоллахтарына, үтүө тойоммут Константин Николаевич кэпсэтиэ буоллаҕа дии, – диэн Мефодий оҕонньор дьону уоскутар.

Волошин хараҕын Коршуновтан араарбат. Коршунов сирэйэ-хараҕа, туттара-хаптара уларыйбыт, улаханнык куттанара өтө көстөр.

«Бэйи, киниттэн чугас сырыттахха, кинини харахтан араарбатахха сатаныыһы!» – дии саныыр Волошин. – Ама ити саллааттарынан биһигини ытыалатаары гыналлара буолуо дуо? Оччоҕо Коршунов тойон тоҕо манна, биһиэхэ утары кэлиэй?»

Коршунов, кырыытынан сыҕарыйан, суол уҥа кытыытыгар тахсар. Волошин кинини батыһар. Кэнники иһэр дьон саҥалара аймалаһар:


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации