Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 36

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 36 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Маайа таҥныбытын кэннэ, Хаим ойоҕунаан киирэннэр кини таҥаһын хайҕааһын бөҕө буолаллар.

– Сарра, көр эрэ! Хайдах курдук үчүгэйдик олороруй… саннын, түөһүн!..

– Этимэ даҕаны, Хаим, эн бортунуой буолбутуҥ отут сыл буолла. Ол тухары маннык үчүгэйдик тигэ иликкин. Миигин кэргэн ыларгар миэхэ тикпит таҥаскынааҕар, бэл оннооҕор ордук гына тикпиккин!

Маайа бу таҥаһын таҥныбытынан общественнай мунньах дьиэтигэр тиийэр.

– Бу маны атыыһыт эйиэхэ биэрээриҥ диэбитэ, – били Маайаны булбут дьахтар киниэхэ улахан баҕайы күндү таастаах кыһыл көмүс бөҕөҕү туттаран кэбиһэр.

– Суох, мин ылбаппын, – Маайа киэр анньар.

– Акаарытыйыма, хата кэтэн көр!

– Суох, ылбаппын, – Маайа саараан турар.

– Атыыһыт эйиэхэ биэрээриҥ диэбитэ диибин буолбат дуо? Хайдах ылбаккын?!

– Ол атыыһыт миигин хантан билэрий? – Маайа тоҕо эрэ сүрэххэ ыттарар.

– Да… суох. Эйигин кини билбэт. Мин киниэхэ эн тускунан кэпсээбитим. Ылаҥҥын кэтэн кэбис.

Дьахтар аны кыһыл көмүс медальону ылан Маайа моонньугар иилэр. Төбөтүгэр үчүгэй баҕайы сибэккилэрдээх венок кэтэрдэр.

– Чэ, билигин бэйэҕин көрүн эрэ! – диир Маайаны сиэркилэ иннигэр туруоран баран.

– Таҥара эйигин кырасыабай да гына айбыт, – диир дьахтар. – Билигин мантыктаргын барытын хааллар, аны икки хонон баран киэһэлик манна кэлээр!

Маайа бэйэтин таҥаһын таҥнан дьиэтигэр барар. «Туох дьиибэ атыыһытай? Кини миэхэ тоҕо итиччэ үлүгэри бэрдэрэрий? Үчүгэйгэ буллулар дуу, куһаҕаҥҥа буллулар дуу? Куһаҕан сибикини биллэрбин эрэ, сонно тахсан барыам!..» – дии саныы иһэр суолу быһа.

Анаммыт кэм тиийэн кэлэр. Маайа аһыан аһа суох, таҥныан таҥаһа суох буолан, барарыгар тиийэр.

– Эн «дьоллоох сулус» анныгар төрөөбүт дьахтаргын, – дии хаалар дьиэлээх дьахтар.

– Кэбис, саҥарыма! Мин, дьоло суох буоламмын, маннык эрэйгэ сылдьабын, – Маайа ытамньыйар.

– Кэргэниҥ эргийбэт киһи… Кинини өлбүтүн курдук санаа уонна эргэ таҕыс. Эн курдук эдэр, үчүгэй дьахтары ким баҕарар үөрүүнэн ылыа.

Маайа общественнай мунньах дьиэтигэр кэлэн киирбитигэр, кинини били дьахтара хайыы-үйэ көһүтэн олорор эбит.

Бүгүҥҥү банкекка ас таһааччы дьахталларга туспа хос бэлэмнээбиттэр, Маайа онно киирбитэ, киниттэн ураты биэс дьахтар баар. Кинилэртэн биир дьэбириэй кыыһа уһулуччу кырасыабай эбит.

Бары таҥастарын таҥналлар, сиэркилэҕэ көрүнэллэр, кырааскаланаллар.

– Кыргыттар, билигин бүгүҥҥү банкеты тэрийээччи атыыһыт эһигини көрүтэлиэн баҕарар, – диир били тэрийээччи дьахтар уонна, кинилэри батыһыннаран иккис мэндиэмэҥҥэ тахсан, биир хос аанын тоҥсуйар.

– Кимий? – иһиттэн киһи саҥата ыйытар.

– Кельнерша!.. Кыргыттары көрдөрө аҕалтаатым!

– Киириҥ!

Баай атыыһыт диэтэххэ, мара соҕус таҥастаах түөрт уонча саастаах киһи, сүөһүнү атыылаһан эрэр курдук, кинилэри тула хаама сылдьан көрүтэлиир. Онтон Маайа аттыгар кэлэн:

– Эн сахаҕын дуо? – диэн сахалыы ыйытар.

Маайа атыыһыт сахалыы билэриттэн хайдах эрэ үөрэ саныыр.

– Сахабын.

– Үчүгэй! Мин эмиэ сахабын диэххэ сөп.

– Хайдах?

– Мин Маҥан дэриэбинэтигэр төрөөбүтүм. Саха оҕолорун кытта бииргэ улааппытым, – диир атыыһыт, онтон кельнерша дьахтар диэки көрөн баран, нууччалыы этэр: – Баһаалыста, остуолу тэрийэ турдуннар. Умнума, биэс уон алта киһи ыҥырыллыбыта.

– Билэбин! Кыргыттар, чэ барыаҕыҥ!

Киэһэ уон чаас ааһыыта банкет саҕаланар. Манна Бодойбо бастыҥ баайдара, атыыһыттар дэбиэринэй дьонноро бары мунньусталлар. Кинилэр ортолоругар Сылластыгас эмиэ баара. Бу баалы тэрийээччи Маачатааҕы Салаайап атыыһыт этэ. Дьон остуолга олорбуттарын кэннэ бакааллаах арыгыны өрө уунан туран этэр:

– Тойоттор, мин элбэҕи этэргэ үөрүйэҕим суох! Миигин бырастыы гыныҥ! Бу бакаалы кыһыл көмүс иһин иһэбин!

– Браво! Браво! – дэһэ-дэһэ дьон ытыстарын таһыналлар.

– Кыһыл көмүс туохтан да ордук күүстээх, кыһыл көмүс ким да суобаһынааҕар ордук! Кыһыл көмүс иһин киһи тугу баҕарар оҥоруон сөп! Онон кыһыл көмүс иһин! – атыыһыт бакаалын, дьон диэки күөрэҥнэтэн баран, хантас гыннаран кэбиһэр.

– Кыһыл көмүс иһин! – бакааллар тыастара лыҥкынаһа түһэллэр. Сотору соҕус саҥа-иҥэ хойдон барар. Алта дьахтар аһы таһалларыгар атахтара ыалдьар. Итирэн хаалбыт дьон Маайа ас аҕалбыт бодунуоһугар биэстиилээх, уоннуулаах кумааҕы харчылары уурталыыллар. Маайа, харчыны ханна да гыныан булбакка, бодунуоһун туппутунан кельнершаҕа барар.

– Бу харчыны ханна гынабыный?

– Аҕал манна! – диир кельнерша уонна харчытын барытын хомуйан ылар. – Аны акаары буолбат буол!

Аһаан бүтэн баран, хаартылаан айдааран бараллар. Ас таспыт дьахталлар иһити хомуйа сырыттахтарына Сылластыгас киирэн кэлэр.

– Маайа, кэл эрэ манна!

– Бокуойум суох!

– Биир эрэ тылы этиэм.

Маайа, сэрэнэ-сэрэнэ, кини аттыгар чугаһыыр.

– Эйигин манна ким ыҥырбытыгар кэллиҥ?

– Ити биһигини дьаһайар дьахтар.

– Миэхэ эргэ тахсаҕын дуу, суох дуу?

– Суох! – Маайа иһитин хомуйбутунан барар.

Сылластыгас киниэхэ чугаһаан кэлэр.

– Хойут хоргута сылдьаайаҕыный? Үчүгэйдик толкуйдаан, сыаналаан көр.

– Киһи үлэлиирин мэһэйдээмэ!

– Мин эн ханна олороргун билэбин. Эйигин сүгүн олордуом суоҕа! Өйдөө, мин билигин баайбын, эйигин күүспүнэн даҕаны дойдубар илдьэ барыам!

Маайа, Сылластыгаһы кытта аахсыан кэрэйэн, киниэхэ тугу да хоруйдаабакка дьалты баран биэрэр.

– Мин тулаайах дьахтарбын, миэхэ ханнык эмэ үлэ сыыһа булан биэриэҥ буолаарай? – диир кини аһыыр хос ааныгар Салаайабы көрсөн.

– Хайдах тулаайаххыный?

Сүөдэри хаайбыттарын, кини туһунан туох сурах баарын барытын Маайа кэпсээн биэрэр. Аны киһитэ Сүөдэри билэр буолан тахсар.

– Манна, Бодойбо иһигэр, үлэ көрдөһөҕүн дуо?

– Суох, атын сиргэ!

– Мин билигин ити Сараапап атыыһыты кытта кэпсэтиэм. Оҕо көрөөччү дьахтарга наадыйар этилэр.

Балайда буолан баран, Маайа ас, арыгы таһа сырыттаҕына, Салаайап Сараапап атыыһыттыын кинини ыҥыран ылаллар.

– Үлэҕэ наадыйаҕын дуо? – диир Сараапап.

– Үлэҕэ наадыйабын, – Маайа Сараапабы урут көрбүтүн дьэ өйдүүр.

– Сөп, аны икки хонон баран биһиги Маачаҕа киирэбит. Биһигини кытта барсаар, – атыыһыт кыһыл көмүс быалаах чаһытын ылан көрөр.

«Сылластыгас эккирэтэриттэн баҕас быыһанаа инибин», – дии саныыр Маайа.

* * *

Сууттаммыта биир сыла туолуута Сүөдэри Нерчинскэй куорат аттынааҕы Петровскай заводка ыытабыт диэн биллэрэллэр. Иркутскай пересыльнай түрмэтигэр кинини кытта арыт Александровскай централтан хаайыылаахтары аҕалан олордоллоро. Хас саҥа кэлбит киһиттэн Сүөдэр доҕотторун туһунан туоһулаһар буолара. Кинилэр кэпсээннэринэн, Быков үлэлии сылдьар үһү, оттон Зеленов, куотабын диэн тутуллан баран, соҕотохтуу олордуллар камераҕа сытар үһү. Трошка туһунан биир да билэр киһи түбэспэтэҕэ.

Үс хонук устата тимир суолунан тиэйэннэр аҕыс уонча хаайыылааҕы Нерчинскэйгэ тиэрдэллэр.

Нерчинскэйдээҕи Петровскай завод аҕыс биэрэстэ усталаах наһаа киэҥ сири сабардаан сытар. Кини олбуорун иһигэр үрүҥ көмүс былааһыктаах сибиниэс уулларыллар тааһын хостуур шахталар бааллар. Манна уһаарыллар көмүстэн мэтээл, манньыат кутуллар. Заводка аҕыс сүүсчэкэ киһи үлэлиир. Кинилэр бары өлүөхтэригэр диэри хаайыыга ууруллубут дьон этилэр. Манна ыар үлэни, куһаҕан айаҕы тулуйбакка, күннэтэ аайы уонунан киһи өлөрө.

Сүөдэргэ руданы уулларар оһоххо уматык тастараллар. Кинини сарсыарда үс чааска туруоран, илиитин хандалытыгар чох тиэйэр тачканы холбуу хатыыллар, киэһэ аҕыс чааска ол тачкатын араараллар. Хайдах да куотар кыах суоҕун Сүөдэр кэлээт өйдүүр.

Сүөдэр бастаан утаа сылайарын-элэйэрин кэрэйбэккэ үлэлии сатыыр. Ол үрдүнэн үрүҥ көмүс уонна сибиниэс уһаарыллар оһоҕор үлэлээччилэри көрөөччү Мордобеев кинини охсубатах күнэ диэн суоҕа.

Сүөдэр олорор камератын дьонун кытта улам кэргэниһэн, билсэн барар. Манна үрдүк үөрэхтээҕиттэн үөрэҕэ суоҕар тиийэ, сүүһүгэр чугаһаабыт оҕонньотторуттан саҥа хоройо улаатан эрэр уолаттарыгар тиийэ араас дьон бары бааллара.

Төрдүс баһа
I

Сүөдэр аттыгар сытааччы оҕонньор биир сарсыарда үлэтигэр кыайан турбат буола ыалдьар. Кини Сүөдэри уһугуннаран баран этэр:

– Мин бу хаайыыттан тахсыбат киһи буоллум… Онон бу көҥүлгэ тахсыам диэн муспут суухарабын эйиэхэ биэрэбин…

– Кэбис! Туох диэн эттэххиний, ыарыыҥ ааһыа, үтүөрүөҥ буоллаҕа дии.

– Суох, мин үтүөрбэт буоллум. Баҕар, эйиэхэ наада буолар күннээх буолуо, – оҕонньор хараҕын уутун соттор.

Оҕонньорго Сүөдэр бэйэтин кистэлэҥ санаатын кэпсиирэ. Онон кини суухаратын тоҕо «эйиэхэ наада буолар күннээх буолуо» диэбитин Сүөдэр өйдүүр. Хайдах эмэ гынан хаайыыттан куотар санаа Сүөдэртэн мэлдьи арахсыбат этэ. Бу оҕонньор чугастааҕы суол-иис, ханнык үрүйэ хайа үрэххэ түһэрин, Витим өрүс баһын хайдах булуохха сөбүн туһунан кэпсиир буолара.

Сүөдэр, баһыыбалаан баран, оҕонньор муспут уонча муунта суухаратын ылан сыттыгын анныгар уктан кэбиһэр. Кини киэһэ үлэтиттэн кэлбитэ оҕонньор оннугар букатын атын, урут көрбөтөх киһитэ сытара. Дьонтон туоһулаһан истибитэ, сарсыарда кини кэнниттэн оҕонньору күүстэринэн үлэлэтэ таһаарбыттар. Оҕонньор онно охтон хаалбытын хаатырга баланыыссатыгар илпиттэр.

Иккис күнүгэр оҕонньор өлбүт сураҕа иһиллэр. Сүөдэр эмиэ доҕоро суох суос-соҕотох хаалар.

Биирдэ Сүөдэр куолутунан үлэлии сылдьан, үрүҥ көмүһү уулларар оһох ааныгар ыһыы-хаһыы, абытай-айыкка бөҕө буолбутун истэр. Кини, «туох буоллаҕай?» дии санаан, чоҕо суох кураанах тачкатын соспутунан ол айдааҥҥа тиийэр. Мордобеев надзиратель оһох иһигэр умайар чоҕу булкуйааччы кырдьа барбыт киһини, охторон баран, охсоро икки тэбэрэ икки тэҥ буола турара. Охто сытар киһи айаҕыттан хап-хара хаан сүүрэр. Сүөдэр хайдах да кыайан тулуйбат, ойон кэлэн Мордобеевы түҥнэри тэбэн кэбиһэр.

– Ах, дикарь, эн тойоҥҥун кытта ити курдук кэпсэтэр эбиккин дии! – Мордобеев ыстанан турар.

– Тоҕо киһини ити айылаах кырбыыгыный?! Хаайыылаах даҕаны киһи буолбат дуо?!

– Ыт сирэйи көр эрэ, эн эмиэ киһигиэн? – Мордобеев били кырбаабыт киһитэ оһоҕу булкуйа турбут тимир күлүүкэтэ оһох иһигэр сытарын харбаан ылар. Сүөдэр куотар быһыынан, харытыгар хам хатана сылдьар тачкатын соспутунан, сүүрэн көрөр да, муннукка тиийэн хаайтаран хаалар. Мордобеев кинини ситэ баттаан ылан, кып-кыһыл кыым сырдьыгыныы тохто сылдьар күлүүкэтинэн сирэйгэ анньар. Сүөдэр хаҥас хараҕыттан уот ыһылла түһэргэ дылы гынар уонна уҥан түһэр. Кини түрмэ баланыыссатыгар киирэн баран биирдэ өйдөнөр. Баһын аҥаара, сирэйин хаҥас өттө бүтүннүү суох курдуга, муннуттан кэриэрбит эт сыта арахпат. Сылгыһыт былыр, кыракый уол сылдьан, Дьаакыбылап кулубалаах идэһэ сүөһүнү өлөрдөхтөрүнэ, оһоҕос быыһын сыатын уоран киллэрэн кыһыл чоххо салыннаҕына, маннык сыт тахсара. Икки хараҕын көстүбэт гына, төбөтүн бүтүннүү ыга кэлгийэн кээспиттэрэ ип-итии баҕайы чугууну бүрүннэри кэтэппит курдук. Илиитинэн төбөтүн туттан көрөөрү гыммыта, хандалыта ыыппат.

Хас хонук устата бу курдук буолан сыппытын Сүөдэр бэйэтэ да билбэт. Арай, биирдэ иһиттэҕинэ, дьон саҥата кэпсэтэр этэ: «…Баччааҥҥа диэри өлө илик эбит дуу? Даа, тыыннаах… Аһатыҥ!..»

«Мин таспар ханнык эрэ сордоох өлөөрү сытара буолла?» – дии саныыр Сүөдэр.

Эмиэ аан аһыллар, кини таһыгар киһи атаҕын тыаһа кэлэн тохтуур.

– Эй, истэҕин дуо? – ким эрэ оргууй аҕай Сүөдэри ойоҕоско анньыалыыр.

– Тугуй? – Сүөдэр сирэйин хаҥас өттө бүтүннүү уотунан умайа түспүтүттэн ситэ саҥарбакка тохтоон хаалар.

– Айаххын ат, аһата кэллим! – диир киһи саҥата.

Кырдьыга, Сүөдэр аһыан букатын баҕарбат.

Тыбыс-тымныы ньуосканан айаҕын атытан сойон хаалбыт ууну иһэрдэллэр. Икки-үс ньуоска убаҕаһы иһэн баран, Сүөдэр аччыгын дьэ билэр.

Мантан ыла кинини аһатар буолан бараллар. Күннэтэ аайы бэрэбээскилииллэр, тугунан эрэ сирэйин уҥунуохтууллар. Сирэйэ сүүлэ иһэн хаалбытыттан «харахпын иккиэннэрин сиэбит буоллахтара», – дии саныыр.

Биирдэ кини туһунан маннык кэпсэтиини истэр:

– Манна сыттаҕына өлөр киһи… Кинини куорат баланыыссатыгар ыытыахха наада.

– Көҥүллүөхтэрэ дуо?

– Икки хараҕынан көрбөт буолбут киһи ханна куотуо диэн көҥүллүөхтэрэ суоҕай? Мин санаабар, көҥүллүөхтэрэ…

– Тит Павлович, суруй: «Хаҥас иэдэһин уҥуоҕар тиийэ быһа оҕустарбыт… Хаҥас хараҕа… мин санаабар, малыйбыт быһыылаах.

– Уҥа хараҕа?

– Уҥа хараҕа… сирэйэ итиччэ испитин кэннэ… Кинини манна ким бүөбэйдиэй?.. Икки хараҕыттан малыйбыт диэн суруйан кэбис.

– Да, надзирателлэр олус да куһаҕаннык быһыыланар буолан эрэллэр.

– Ити барыта Мордобеев үлэтэ.

– Кинини тоҕо надзирателиттэн устан кэбиспэттэрий? Ааҕан көр эрэ, биһиги баланыыссабытыгар сытааччылартан үгүстэрэ Мордобеев илиитигэр түбэспит дьоннор. Төһө киһи өллө! Хайдах баччааҥҥа диэри хаайыылаахтар кинини өлөрөн кэбиспэттэрин сөҕөбүн.

Сүөдэр таһыгар кэпсэппит дьон атахтарын тыаһа тахсан барар. Кини эмиэ оргуйан эрэр күөс тыаһын курдук, сыыгыныыр чуумпу ортотугар соҕотох хаалар. Ити дьон кини туһунан кэпсэттилэр быһыылаах. «Сирэйбин кытарбыт күлүүкэнэн сиэбит эбит буоллаҕа! Ама, кырдьык, икки харахпыттан мэлийбитим буолуо дуо?!. Ити аата, кэргэммин Маайаны, оҕобун Сэмэнчиги көрбөккө өлөр сорум кэлбит эбит буоллаҕа! Оо, абаккам да баар эбит! Тоҕо урут куотан хаалбатаҕым буолуой?» Сүөдэр ытаан барар, санаатыгар хараҕын уута тохторго дылы гынар.

Кини бу курдук хас да хонукка хаайыылаахтар баланыыссаларыгар сытта быһыылаах. Арай биир күн элбэх баҕайы киһи кини сытар хоһун иһигэр киирдилэр. Ким эрэ кэлэн кинини агдатыттан өрө тардан олорто уонна төбөтүн баайыытын өһүллэ. Дьон саҥата сөҕөллөр: «Сүрүкэтин баҕаһын», «Оо, алдьархайдаах суол!» Онтон баһын эмиэ уһун баҕайы өрбөҕүнэн кэлгийэн кэбиһэллэр, сыттыгар сытыараллар.

– Эһиги бэйэҕит көрдүгүт, кини манна сытарыттан туох да туһа суох.

– Да, манна сыттаҕына, иэдэйииһи… куорат баланыыссатыгар ылар буоллахтарына, онно ыытыахха.

– Харабыллыыр киһилээх ыытабыт дуу, хайдах дуу? – ким эрэ ыйытар саҥата иһиллэр.

– Суох. Кинини испииһэктэн букатын сотон кэбиһиҥ… Син биир өлөр буолбут киһи. Өлбөтөҕүнэ даҕаны, икки хараҕа суох буолан баран, манна, заводка, тугу туһалыай?

– Сөп!

Сотору кимнээх эрэ киирэннэр, өлбүт ат боккуобун устан ылар курдук, кини хандалыларын устан тахсаллар. Онтон бэйэтин соһон таһааран сыарҕаҕа быраҕан, ханна эрэ илдьэ бараллар.

«Сотору өллөрбүн» эрэ дии саныыр буолар Сүөдэр кэнники күннэргэ.

Куорат баланыыссатыгар Сылгыһыты аһынааччылар күнүн аайы элбээн иһэллэр. Сүөдэр кинилэри саҥаларынан эрэ билитэлиир.

Сүөдэри Екатерина Ивановна диэн дьахтар кимтэн да ордук аһынара, адьас кыра оҕо курдук биэбэйдиирэ. Бу дьахтар барахсан илиитэ сымнаҕаһын эриэхсит. Кини иккилии хоно-хоно кэлэр. Кини кэлэрин Сүөдэр, чыычаах күн тахсарын көһүтэрин курдук, күүтэр. Екатерина Ивановна хас кэллэҕин аайы киниэхэ туох эмэ минньигэс ас сыыһа кэһиилээх буолар. Сүөдэргэ аһылыгын аҕаллахтарына:

– Дьэ эрэ, мин маладьыаһым, аһылыкпытын аһаан көрүөх! – диир уонна, кыһыл оҕо курдук, кинини кууһан олорон аһылыгын айаҕар уган биэрэр.

Сүөдэр сирэйин искэнэ улам тардан барар. Биирдэ Екатерина Ивановна кэлэн бэрэбээскитин өһүлэр. Онуоха уҥа хараҕар сырдык биллэ түһэр.

– Уҥа харахпар сырдык көстөргө дылы дии! – диир Сүөдэр үөрэн.

– Уҥа хараҕыҥ бүтүн. Сотору көрөр буолуо! Эн, сирэйиҥ искэнэ улахана бэрт буолан, көрбөт этиҥ!

Екатерина Ивановна бүгүн Сүөдэр төбөтүн аҥаарын эрэ бэрэбээскилиир, уҥа өттүн аһаҕас хаалларар.

Сүөдэр оргууй аҕай уҥа хараҕын атытан көрө сатыыр. Сирэйин хаҥас өттө хас чыпчылыйдаҕын аайы тырыта барар курдук ыалдьар. Тугу да көрбөт. Кини сарсыарда уһуктан хараҕын атытаат, үөрэн сүрэҕэ битигирии түһэр: хараҕа көрөр эбит! Кини аны үтүөрдэрбин эрэ диэн баҕаланар.

Бүгүн Екатерина Ивановна үлэтигэр кэлэр күнэ. Баланыысса көрүдүөрүгэр киһи атаҕын тыаһа иһилиннэр эрэ, «сип-сибилигин аан аһыллыа, кини киириэ» дии саныыр Сүөдэр. Кини Екатерина Ивановнаны баччааҥҥа диэри көрө илик, намыын куолаһын, сымнаҕас илиитин эрэ билэр.

Урут, Сүөдэр көрбөт эрдэҕинэ, Екатерина Ивановна эрдэ баҕайы кэлэргэ дылыта, бүгүн тоҕо эрэ хойутаан хаалла. Сүөдэр ити курдук Екатерина Ивановнаны күүтэ сатыы олордоҕуна, аан аһыллар, эдэр баҕайы кыысчаан оргууй аҕай киирэн кэлэр. Сүөдэр, «Екатерина Ивановна буолбатах, атын эбит» диэн, хайдах эрэ хомойо санаан, хараҕын быһа симэн кэбиһэр.

– Хайа, бүгүн хайдахпытый? – диир кыыс саҥата.

Ити саҥа адьас Екатерина Ивановна саҥатын курдук. Ол иһин Сүөдэр эмискэ хараҕын көрө түһээт:

– Екатерина Ивановна ханнаный? – диэн ыйыппытын кулгааҕа эрэ истэн хаалар.

– Көрдөө, билигин көрөр буолбут киһи, кинини булуоҥ! – дии-дии кыыс күлэр.

Сүөдэр өс киирбэх ол-бу диэки көрөр да, Екатерина Ивановна баар быһыыта биллибэт.

– Хараххын сим, – диир кыыс, эмиэ мичээрдии-мичээрдии.

Сүөдэр саҥата суох хараҕын быһа симэр.

– Билигин айаххын ат! – диир үүт-үкчү Екатерина Ивановна саҥата.

– Екатерина Ивановна ханнаный? – Сүөдэр хараҕын көрөн кэлэр.

– Бу баарбын! – диир били кыыһа күлэ-күлэ.

– Эн дуо Екатерина Ивановна диэн?

– Мин!.. Атын буолуо дии санаабытыҥ дуо?

Сүөдэр бүтүн икки ый тухары ыарыылатан, бүөбэйдэтэн баран, Екатерина Ивановнаны билбэтэҕиттэн кыбыстар.

Сүөдэр Екатерина Ивановнаны тоҕо эрэ маннык эдэр буолуо дии санаабат этэ.

Сүөдэргэ сарсыардааҥҥы аһылыгын аҕалаллар.

– Дьэ эрэ, мин маладьыаһым, аһылыкпытын аһаан көрүөх эрэ! – диир Екатерина Ивановна уонна туумба үрдүгэр сытар ньуосканы ылар.

– Кэбис, Екатерина Ивановна, мин бэйэм!

Екатерина Ивановна кини аһыырын көрөн олорор, чэй кутан аҕалан биэрэр.

Күн-дьыл улам-улам сыҕарыйан, ааһан иһэр. Сайын кэлэр. Сүөдэр баланыысса иһигэр бэйэтэ сылдьар буолар. Сирэйин бааһа билигин да оһо илик. Ол эрээри Екатерина Ивановна хас бэрэбээскилииригэр: «Үчүгэй, улахан чэр буолан көстө сылдьыа суох», – диэн үөрдэр. Ону таһынан, кини хаҥас хараҕынан ханнык эмэ сырдык биллэрэ.

Биирдэ Сүөдэр таһырдьа тахсан олордоҕуна, Екатерина Ивановна тиийэн кэлэр. Кини олус ыксаабыт, ыгылыйбыт быһыылааҕа.

– Екатерина Ивановна, бу туох буоллуҥ? – диир Сүөдэр ону көрөн.

– Сүөдэр, эн ханна эмэ барар кыахтааххын дуо? – анарааҥҥыта хардары ыйытар.

– Ону тоҕо ыйыттыҥ?

– Сип-сибилигин Нерчинскэй заводтан эйигин сураһа сырыттылар быһыылаах.

– Туох диэн?.. – Сүөдэр бөтө түһэр. «Эмиэ хандалы, эмиэ тимир тачка, эмиэ кырбааһын… Суох, онно төннүөм кэриэтэ өлбүтүм ордук. Куотуохха, хайаан да куотуохха. Заводка төннүөх кэриэтэ сиргэ хоргуйан өлбүт ордук!»

– Чуолкайын билбэтим. Биһиги Абрам Исааковичпыт телефонунан кэпсэппитин иһиттим. «Аҥаар хараҕа бүтүн, аны уонча хонугунан баланыыссаттан таһаарар кыахтаахпын», – диэтэ кини. Манна эйигиттэн атын аҥаар хараҕа суох киһи суох. Кинилэр, быһыыта, «бүгүн кэлиэхпит, харабыл туруоруохпут» дэстилэр быһыылаах… Мин ону доктор «соҕотохтуу сытыарар туспа хоһум суох» диэбититтэн өйдөөтүм.

– Екатерина Ивановна, мин эйиэхэ олус махтанабын… Ханна барабын, сүбэлээ! Хайаан да, кырдьык, куоттахпына сатанар…

– Эн сип-сибилигин мантан бар. Субу суол эйигин Нерчи үрэх үрдүгэр турар биир кыракый дьиэҕэ тиэрдиэ. Онно «Екатерина Ивановнаттан кэллим» диэр. Чэ, сотору кэлиэхтэрэ, бара оҕус!

– Онтон ханна барыахпыный?

– Ханна бараргын билигин санаама. Ол эрэ дьиэҕэ тиий!..

Сүөдэр баланыысса халаатынан, хайдах олоророй да ол курдук, уулуссаҕа тахсар. Екатерина Ивановна эппитин курдук, сотору үрэх үрдүгэр баар кыракый дьиэҕэ тиийэр.

Иһирдьэ биир кырдьа барбыт дьахтар иистэнэ олорор эбит. Сылгыһыт киирбитигэр атыҥыраабыт курдук көрүтэлиир:

– Дорооболоруҥ! – диир Сүөдэр.

– Дорообо! – дьиэлээх дьахтар иистэнэ олорор массыынатын хомуйар.

– Миигин манна Екатерина Ивановна ыытта.

Дьахтар Сүөдэри чуулаан курдук кыракый хоско киллэрэр. Хос иһэ хабыс-хараҥа, түннүк-үөлэс суох. Дьахтар аанын сабар, онуоха иин иһин курдук буолар. Сүөдэр санаатыгар манна наһаа өр олорор. Ким эрэ дьиэҕэ киирэр. «Хайалара эрэ кэллэ? Аны миигин көрдүү сылдьаллара буолаарай?» – дии санаан, Сүөдэр, хамсаабакка олорон, иһиллиир.

– Мин биир киһини ыыппытым. Ол киһи кэлбитэ дуо? – Екатерина Ивановна саҥата иһиллэр. – Хаатырга тойотторо кэлэннэр өр тутан кэбистилэр.

Итини истээт, Сүөдэр сүрэҕэ күүскэ тэбиэлиир.

– Хаһан эрэ, Катя, кинилэр оннуларыгар бэйэҥ түбэһиэҥ ээ!

– Мин түбэстэхпинэ, атыттар, мин ити дьону аһынарым, кинилэргэ төһө күүһүм кыайарынан көмөлөһөрүм курдук, миигин эмиэ аһыныахтара, миэхэ эмиэ көмөлөһүөхтэрэ буоллаҕа дии… Маама, кыыһырыма!

– Суох-суох, кыыһырбаппын.

Екатерина Ивановна ийэтин уураан ылла.

– Мин үтүөкэн дууһалаах ийэкэм!

Атах тыаһа Сүөдэр олорор чуулаанын ааныгар кэлэр. Аан аһыллар. Екатерина Ивановна киирэр.

– Чэ эрэ, мин маладьыаһым, барарга уолдьаста!

Сүөдэр чуулаан иһиттэн тахсар. Остуолга ас бэлэмнэммит. Кинини остуолга ыҥыран аһаталлар. «Дьиэлээх хотун миигин сөбүлээбэт», – дии санаан, Сүөдэр аат эрэ харата аһыыр.

– Барар сириҥ ыраах, үчүгэйдик тото аһаа! – Екатерина Ивановна, оҕону аһаа диэн сыҥалыыр курдук, Сүөдэри сыҥалыыр.

Аһаан бүтэн эрдэхтэринэ ким эрэ дьиэ аанын үс төгүл тоҥсуйар. Екатерина Ивановна хап-сабар туран, ким кэлбитин ыйыппакка эрэ, ааны аһан биэрэр. Аан аһыллар, дьиэҕэ саллаат киирэр. Сүөдэр, саллаат таҥастаах киһини көрөн, «дьэ түбэстэҕим» дии санаат, сирэйбин көрдөрбөтөрбүн ханнык диэбит курдук, умса туттар.

Таһырдьаттан киирбит саллаат, супту хааман кэлэн, куттанан бэйэтэ даҕаны нэһиилэ олорор Сүөдэри эҥил баһыттан харбаан ылар:

– Дьэ, миэхэ түбэстиҥ ээ! – диир.

Сүөдэр, «синэ биир, хаатырга үлэтигэр барыах кэриэтэ өлбүт быдан ордук» дии санаан, саллааты быарга анньаары сутуругун ыга туттар. Кини өйүгэр чыпчылыйыы түгэнигэр кэргэнэ Маайа, оҕото Сэмэнчик элэс гына көстөн ааһаллар: «эрэйдээхтэрим, тыыннааххыт эбитэ дуу, тыыннаах буоллаххытына, төһө эрэ сору-муҥу көрөн эрэргит буолла?»

– Тоҕо саҥарбаккыный? – диэн саллаат хатылаан ыйытар.

Бэйи эрэ, кини бу куолаһы хаһан, ханна истибитэй… Суох, суох, бу кини урут бэрт үгүстүк истибит куолаһа. Кимий?

* * *

Маайа, банкет кэнниттэн хаалан, ас тобоҕун хомуйар, иһити сууйсар, сааланы сиппийэр. Түннүк тааһа көҕөрө суһуктуйуута дьахталлар иһити-хомуоһу сууйан, дьиэни ыраастаан бүтэллэр. Били Маайаны манна кэпсэтэн аҕалбыт хотун бу түүн үлэлээбит дьахталларга дьиэлэригэр бараары хомуммуттарыгар этэр:

– Таҥныбыт таҥаскытын устан, манна аҕалыҥ. Аныгыскы банкекка үлэлии кэллэххитинэ, бүгүн таҥныбыт таҥаскытын булан таҥныаххыт.

«Аны бу дьиэҕэ чугаһаабатах ордук» дии санаан Маайа, хамнаһын аахсан, оҕобор кэһии диэн кыра ас тобоҕун, кэмпиэти суулаан хоонньугар уктан тахсар.

Маайа олорор дьиэтин калиткатын аспыта, Сылластыгас Сүөдэркэ барыаран турар эбит. Маайа куттанар даҕаны, соһуйар даҕаны, калитка аанын «лап» гына саба охсор уонна киэр сүүрэр. Сүөдэркэ, кинини ситэ баттаан ылан, илиититтэн харбыыр:

– Маайа, тохтуу түс!.. Иһит миигин! Маайа, иһит миигин… Мин эйигин сарыысса курдук тутуом… Оҕоҕун бэйэм оҕом курдук көрүөм…

Маайа төһө да кыыһырбытын, абарбытын иһин утарылаһар күүһэ-сэниэтэ суох. Сүөдэркэ, онон туһанан, уураары уоһун чорбоҥнотор, кууһаары илиилэрин сарбаҥнатар. Айаҕыттан арыгы, табаах сыта аҥылыйар.

– Бэйи, тохтоо эрэ!.. Билигин мин Харатаайап кулуба кыыһа буолбатахпын ээ. Аҕам миигиттэн аккаастанан турар. Мин туох баайдаахпар ымсыыран бу курдук батыһаҕыный?

– Миэхэ эн баайыҥ наадата суох… Мин эйигин таптыыбын. Мин билигин баайбын, үбүм-харчым хара баһаам, көр, бу баар! – Сүөдэркэ сиэбиттэн уоннуулааҕы, биэстиилээҕи, «кэтэрииҥкэни» таһааран Маайа иннигэр тэлимнэтэр. – Мэ, балары барыларын ыл!

Маайа, төһө даҕаны харчыга кыһалыннар, Сылластыгас Сүөдэркэ биэрэр харчытын ылбат.

– Киэр гын! Хара көлөһүҥҥүнэн булбатах харчыҥ буолуо.

– «э! Мин акаарыбын үһү дуо! Харчыны киһи көлөһүнүнэн булбат, сатабылынан булар. Сатаатахха, оннооҕор тар араҕас арыы буолуон сөп…

Маайа бу дьылларга дьон арыы диэн атыыласпыттара аҥаара аһыы тар буолуталаабытын истэн турардаах. Ол аата, бу маннык түөкүттэр дьон хара көлөһүнүн албыннаан сиир эбит буоллахтара!

Сүөдэркэ Маайаны кууһан ылар. Маайа Сүөдэркэ илиитин киэр садьыйар, туора ойор.

– Тохтоо-о!.. Маайа, эн хас уураатаҕыҥ аайы уоннуулааҕы биэрэбин! – дии-дии Сылластыгас харчытын тэлимнэтэр.

– Киэр гын!.. Харчыгынан киэбиримэ!

– Харчыттан ордук күүстээх туох да суох! Мин элбэх харчылаахпын, мин тугу баҕарар атыылаһыахпын сөп: кырасыабай дьахтар уурааһынын, кини тапталын…

Маайа икки хараҕын үүтэ көстүбэт буола кыыһырар, Сылластыгаһы сирэйгэ тыаһаппытын бэйэтэ даҕаны билиминэ хаалар уонна, эргиллэ түһээт, дьиэтин диэки сүүрэр: «Ити аата, миигин эмиэ атыылаһаары кэлбит эбит буоллаҕа!» Кини бу түүн банкекка баран ас таһа сылдьыбытын туох эрэ куһаҕаны оҥорбут курдук сананар, кэмсинэр. Дьиэтигэр киирэн иһэн, били хоонньугар уктан аҕалбыт суулаах кэһиитин ылар.

– Кэбис, итинник сиртэн аҕалбыт аспынан оҕобун Сэмэнчиги аһаппаппын! – диэт онтукатын, сиргэммит курдук, киэр илгэр.

* * *

Сүөдэр өйдөөн көрбүтэ: Екатерина Ивановна аанын хатыы турара. «Миигин соруйан туттараары манна аҕалбыт эбит буоллахтара», – диэн кини абаккара саныыр.

– Миигин билимээри гынаҕын дуу? – диэн саллаат Сүөдэр кэннигэр туран ыйытар. – Хайа, доҕоргун бэлиэр умнан кэбиспиккин дуу? Алмазовы-Гудзинскайы…

Сүөдэр, ити ааты истээт, эмискэ ойон турар уонна саллаат сирэйин батары көрөр. Ол курдук, батары көрбүтүнэн таалан турбахтаат, туох да бокуойа суох саллааты кууһа түһэр:

– Трошка!

Сүөдэр бырааттааҕа да буоллар, кинини бу курдук үөрэн көрсөрө биллибэт. Кини ол курдук улаханнык, өтөрүнэн үөрбэтэҕин үөрдэ.

– Трошка… Трофим!.. – Сүөдэр, долгуйбута бэрт буолан, итинтэн атын тугу даҕаны булан эппэт.

Кинилэр ити курдук өр соҕус куустуһан турбахтаан баран, илии-илиилэрин ыбылыта тутуспутунан олороллор. Алмазов ол олорон этэр:

– Екатерина Ивановна, бу киһиэхэ таҥас аҕалан таһырдьа, чуулаан аттыгар, хаалларбытым… Киллэрэн биэрбэккин ээ, – онтон эмиэ Сүөдэргэ эргиллэ түһэр. – Дьэ, Федор, бу сыллар усталара хайдах сырыттыҥ?

Сүөдэр доҕоругар хаатырга үлэтин эрэйиттэн ураты тугу кэпсиэ баарай?!

– Эйигин өлөрдөхтөрө диэн куттана саныы сылдьыбытым, – диир кини. – Мордобеев миигин сиэбэтэ эрэ…

– Итини истибитим, билэбин.

Екатерина Ивановна таҥаһы киллэрэр уонна били хараҥа чуулаан аанын аһар:

– Федор, манна киирэн таҥаскын уларыт.

Сүөдэр, чуулааҥҥа киирэн, Трошка аҕалбыт таҥаһын көрөр: эргэ соҕус ыстаан, ырбаахы, саппыкы, хортуус-бэргэһэ, халтаҥ сон бааллар. Кини тиэтэйэ-саарайа ону барытын кэтэн дьиэҕэ тахсар.

– Көр эрэ, киһи билбэт киһитэ буола түстэ буолбат дуо? – диир Трофим Алмазов үөрбүт куолаһынан.

– Даа, ол гынан баран бу бэрэбээскитэ баар, – диир Екатерина Ивановна.

– Екатерина Ивановна, эн эрэ кини бэрэбээскитин уларытар кыахтааххын… Мин ити чааһыгар тугу даҕаны билбэт киһибин, – Трошка икки ытыһын нэлэтэр.

Екатерина Ивановна, турбахтаан баран, кыракый дьааһыгы аһар. Бэрт өр хасыһар. Ханнык эрэ эмтээх иһити ылар.

– Федор, кэлэн манна олор эрэ, – диир.

Сүөдэр Екатерина Ивановна ыйбыт олоппоһугар олорор. Фельдшер кыыс нарын, сымнаҕас тарбахтарынан Сүөдэр хараҕын бэрэбээскитин өһүлэр, хараҕын аттынааҕы ситэ оһо илик бааһын эминэн сотор уонна силимнээх кыракый таҥаһынан саба баттыыр. Ол таһынан хара өрбөҕүнэн саба баайар.

– Дьэ, билигин бэрт буолла, – диэн Трофим Алмазов туораттан туран хайгыыр.

– Бэрдин соччо бэрдэ суох буолан баран, итинтэн ордук хайыыр да кыах суох. Федор, суунаргар бу хара эрэ өрбөҕүн устар буолаар… Бааскын саба силимнээбиппин хастаайаҕын, – диэн өйдөтөр.

Баланыысса таҥаһын устан, төбөтүн хам тута сылдьар бэрэбээскитин өһүлтэрэн, Сүөдэр чэпчиир, санаата көтөҕүллэр.

Били Трофим Алмазов киириэн иннинэ аһыах буолбут астарын дьэ аһыыллар. Ол аһыы олорон Алмазов доҕоругар Сүөдэргэ этэр:

– Федор, миигин бука диэн бырастыы гын… Эн миигиттэн сылтааҥҥын…

– Трофим, Трошка… Итини эрэ ахтыма… Син хаайыах буолан хаайдахтара дии, – диэн Сүөдэр доҕорун, куруутун итинтэн санааргыы сылдьарын иһин, аралдьыта сатыыр.

– Суох… Мин өлүөхпэр диэри эн иннигэр аньыылаахпын…

– Мин эйиэхэ өлүөхпэр диэри махтана сылдьыам… Эн миигин бу абыраан эрэҕин, – диир Сүөдэр.

– Оттон мин төһө сатыырбынан, кыайарбынан эн иннигэр оҥорбут буруйбун боруостуу сатыам… Ол иннигэр мин хаайыыттан куоппутум… Эйигин босхолуур санааттан манна кэлбитим… Эн баланыыссаҕа сытаргын бу Екатерина Ивановнаттан истибитим… Билигин эйигин Витим өрүскэ тиэрдэн биэриэхтээхпин… Эйигин билигин ким даҕаны күрүөйэх киһи диэ суоҕа… Чэ, барыах! – Трошка Сүөдэри тиэтэтэр.

– Эйиэхэ, аһыныгас сүрэхтээххэ… Миэхэ күн-ый буолбукка… Мин эн үтүөҕүн махтал тылбыттан ордук тугунан даҕаны төлүүр кыаҕым суох… – Сүөдэр кыыс илиитин тутар.

– Трофим… Кини көрдөһүүтүнэн… Мин тугу кыайарбынан көмөлөһө сатаатым…

Сүөдэр, дьиэлээхтэри кытта быраһаайдаһан, доҕорун Трошканы батыһан тахсар.

Күн киэһэрбит. Куорат уулуссатыгар киһи-сүөһү аҕыйаабыт. Салгын сөрүүдүйбүт. Куорат быстар уһугар турар биир кыракый дьиэҕэ кэлэн, Трошка ааны тоҥсуйар. Кимнээх кэлбиттэрин ыйыппакка даҕаны ааны аһаллар. Дьиэ иһигэр киирэллэр. Төһө киһи баара, кинилэр сыталлара да, тураллара да көстүбэт – хараҥа.

– Мин эһиги аргыскытын аҕаллым! – диир Трошка. Кини бу дьиэ дьонун бэркэ билэр быһыылаах.

– Үчүгэй… кыратык сынньана түһэн баран, барыахпыт, – диир эдэр соҕус киһи саҥата.

Трошка Сүөдэри, илиититтэн сиэтэн дэллэритэн аҕалан, ороҥҥо олордор. Ороҥҥо утуйар таҥас оҥоһуллан сытар быһыылаах.

– Федор, чэ манна иккиэн утуйуох, – диир.

Сыталлар. Сүөдэр хайдах бүгүн баланыыссаттан күрээбитин, Екатерина Ивановналаахха кэлэн саһан олорбутун, Трошканы билбэккэ куттаммытын, билигин бу урут букатын билбэт ыалыгар кэлэн доҕорунаан Трошкалыын хоонньоһо сыталларын санаан утуйбат. Сүөдэр устунан таптыыр кэргэнин Маайаны, оҕотун Сэмэнчиги санаан кэлэр: «Ханна эрэ бааллара буолла?.. Хайдах мин кинилэри булабыный?»

Түүн үөһэ саҥа ааһыыта бадахтаах икки эдэр киһи тураллар. Бэрт тиэтэлинэн чэй өрөллөр. Сүөдэрдээх Трошка эмиэ тураллар. Сууналлар. Чэйдииллэр. Бу икки эдэр киһи хайы-сахха тэриммит бэлэм маллаахтарын сүгэллэр, Сүөдэргэ эмиэ сүгэһэр сүктэрэллэр.

Сүөдэр: «Бу ханна барар дьон буоллахтарай?» – дии саныы турдаҕына, икки киһиттэн аҕа саастааҕа Сүөдэргэ эргэ соҕус бэрдээҥки сааны туттарар, ботуруоннаах батарантааһы уунар.

– Мэ, маны курданан кэбис…

Дьиэттэн тахсаллар. Трофим Алмазов, доҕорун Сүөдэри атаара, эмиэ батыһан тахсар. Халлаан сырдыы илик. Сулустаах хараҥа түүн саба бүрүйэн турар.

Ханнык эрэ ыллык суолунан куораттан тахсаллар, ыраас хонуунан икки биэрэстэ кэриҥэ айаннаан бараннар, ойуурга киирэллэр. Тохтууллар.

– Федор, эн дойдугун, Бодойбону, бул. Эн бу дьону кытта балачча ыраахха диэри аргыстаһыаҥ. Кинилэрдиин баран иһэн билсиһиэҥ. Бодойбоҕо миигин билэр дьону көрүстэххинэ кэпсээр: «Трошка тыыннаах, сэриигэ барда», – диэн. Бэрт сотору революция буолуо… Оччоҕо баайдары эһэн, Бодойбо бириискэлэригэр бэйэбит баһылык буолуохпут. Миигин көһүтээр, тиийиэм… Хайаан даҕаны тиийиэм!

Халлаан сырдыыта Трошканы кытта быраһаайдаһан, Сүөдэр икки аргыһынаан ыллык суолунан бараллар.

Күн үөһэ ойбутун кэннэ сылайан тохтууллар, сүгэһэрдэрин түһэрэллэр, муохтаах, отон уктаах кырыска тиэрэ түһэн сыталлар. Ол сытан Сүөдэр:

– Эһиги бу ханна баран иһэр дьонноргутуй? – диэн ыйытар.

– Биһиги Витим өрүскэ бултуу баран иһэбит, – диир биирдэстэрэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации