Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 28

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 28 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
XII

Забастовка тохтообот. Табаарыстыба салалтата «рабочайдарга аны аһы биэримэҥ!» диэн бобон кэбиһэр. Онон рабочайдар, төһө эмэ ылардаах сылдьан, аһы булан аһаабат кыһалҕаланаллар. Бодойбоҕо киирэн ас атыылаһан тахсыахтарын саатар харчыларын биэрбэттэр.

Бу күннэргэ хас бараах аайы айдааннаах, ыһыылаах-хаһыылаах мунньахтар буолуталыыллар. Ол мунньахтары стачком чилиэннэрэ салайан ыыталлар. Биллэн турар, полиция агеннара рабочайдар хас мунньахтарын аайы сылдьаллара, стачком салалтатын билэ-көрө сатыыллара. Стачком салалтата, ону сэрэйэн, бэйэлэрин чилиэннэригэр: «Мунньахха сылдьар, кыттар буоллаххытына, бэйэҕитин биллэримэҥ, дьонтон чорбойор курдук саҥарымаҥ, кэпсэтии сыыһа бараары гыннаҕына эрэ көннөрөн биэриҥ», – диэн сүбэлиирэ.

Бүгүн Андреевскай бириискэ рабочайдара мустан, Табаарыстыба салалтатыгар сурук суруйан, Иван Быковынан ыыттылар. Кини эргиллэн кэлэрин көһүтэн, тойоттор туох быһаарыыны биэрбиттэрин истээри, ким да бараахтан тарҕаспата. Бэрт өр көһүппүттэрин кэннэ, «туохха түбэстэҕэй?» диэн дьиксинэн эрдэхтэринэ, Быковтара дьэ кэллэ.

– Хайа, туттардыҥ дуо? – дии-дии кинини төгүрүйдүлэр.

– Биэрэн.

– Кимиэхэ биэрдиҥ?

– Кэпсээтин… Мэһэйдээмэҥ!

– Чэ, барытын сиһилии кэпсээ, – диир Трошка.

– Теппан тойон киһи бэрдэ буолан олорор, – диэн Иван Быков кэпсээнин саҕалыыр. – Мин хонтуораларыгар тиийдим. Кылаабынайдарын хоһо ханна баарын билбэппин. Ити ааны көрөбүн, бу ааны маныыбын. Онтон арай саппыйаан бүрүөһүннээх ааҥҥа тиийэн, суругун көрбүтүм: «Кылаабынай резидент солбуйааччыта А.Г.Теппан» диэн сурук дьэргэйэн турар. Мин киирээри ааҥҥа кэл. Аан аттыгар турар харабыл миигин киллэрбэт. «Мин сурук аҕаллым, киллэриҥ!» – диибин. Ол айдаара турдахпына, аан аһылынна, Теппан тойон бэйэтэ тахсан кэллэ. «Манна туох айдаанай?» – диэн ыйытар. «Бу киһи сурук аҕаллым, киллэриҥ диэн көрдөһөр», – диэтилэр харабыллар. «Тоҕо мэһэйдэһэҕитий?.. Киирдин ээ», – дии-дии Теппан миигин хоһун иһигэр ыҥыран киллэрдэ. Кини хоһугар бириискэ тойотторо бука бары мустубуттар… Исправник Курдюков уонна полицмейстер Оленников эмиэ бааллар. Сүбэлэһэ олорбуттар быһыылаах. «Суругуҥ ханнаный?» – диир Теппан. Мин сурукпун киниэхэ туттарабын. Кини сурукпун хайдах эрэ сиргэммит курдук эргитэ туппахтаан баран: «Баһаалыста, олор», – диэн миигиттэн көрдөһөр. Илиитэ салҕалыы-салҕалыы, биһиги сурукпутун арыйар, ааҕар. Атыттар, ууну омурдубут курдук, саҥата суох сөҥөн олороллор. Дьэ, тойон туох диэн быһаарарын көһүтэн олордум. Теппан суругу ааҕан баран, Курдюков исправникка биэрдэ, ол курдук хос иһигэр баар тойоттор бука бары биһиги сурукпутун утуу-субуу аахтылар. Дьэ ол кэнниттэн Теппан тойон миэхэ: «Суруккутун аахтыбыт. Аны билигин биһиги тылбытын истиҥ: хайа күн үлэҕэ тахсаҕыт да, ол күнтэн ыла биһиги лааппыларбыт Заборнай киниискэҕитинэн эһиэхэ аһы, таҥаһы дэлэйдик биэриэ… Үлэлээбэккэ олорор дьону аһатар санаабыт да суох, аспыт да суох. Үлэлээтэххитинэ – аһыыгыт, үлэлээбэтэххитинэ – суох! Ити иккиттэн биирдэстэрин талыҥ!» – диэтэ. Онуоха мин тойотторго малтаччы эттим: «Аччык киһи үлэлээбэт – ити биирэ. Иккиһинэн, биһиги модьуйуубут туоллаҕына эрэ үлэҕэ тахсарга быһаарынан турабыт». Исправник тойон мин сирэйбин өһүөннээх баҕайытык көрөр уонна миигиттэн: «Эн стачком чилиэнэ буолуоҥ?» – диэн ыйытар. Мин абаккаран: «Хас рабочай барыта – стачком чилиэнэ… Барыбытын хаайталаары гынаҕыт дуо?» – диэн хардары ыйытабын. Онуоха, киһи эрэ буоллар, тугу да саҥарбата. Теппан түмүгэр эттэ: «Үлэҕэ тахсыбаккыт улахан хомолтолоох суол… Эһиги бу суруккутугар туох дьаһал ылылларын сарсын биллэриэхпит». Ол кэнниттэн мин тахсан бардым.

* * *

Рабочайдар суруктарын Быков аҕалан туттаран баран тахсарын кытта, Александр Гаврилович Теппан мустан олорор тойоттортон ыйытар:

– Дьэ, эһиги өйдөөх быһаарыыгыт диэн тугуй?

Онуоха ким да муннунан да, айаҕынан даҕаны тыыммат.

– Тойоттор, бу курдук олоруохпут дуу? – Теппан иккистээн ыйытар.

– Дьону хоргутар табыллыбата буолуо… Аһы бэрдэриэххэ, – диир инженер Андрей Николаевич симик баҕайытык. – Сорох этиилэрин ылыныахха баар этэ…

– Тойон Кручинскай, бу модьуйуулартан тугун толоттороору гынаҕыный? – Теппан дьэбидис гына түстэ. – Ас бэрдэрэр буоллахпытына, ол күөх сүрэхтэр, иккистээн Нуой мотуога кэлиэр диэри үлэлээбэккэ эрэ, бэлэми аһыы олоруохтара. Оччоҕо биһиги корпорациябыт ороскуота төһөнөн охсон тахсыай?

– Муустаах ууну тобукка диэри кэһэн туран 12 чаас устата үлэлиир олус ыарахан…

– Тойон Кручинскай, итинэн тугу этээри гынаҕыный?.. Шахталары саптараары гынаҕын дуо? – дии-дии Теппан күрдьүөтээбит оҕус курдук көрөр.

– Аҕыс да чаас буолбатар, итинник шахталарга үлэлиир дьону саатар уон чааска үлэлэтиэххэ, – диэн Кручинскай арыый дьорҕоот соҕустук этэр.

Хос иһигэр мустан олорор дьонтон ким да бу икки киһи мөккүөрүгэр кыттыспат. Ууну омурдубут курдук олороллор.

– Эн, Андрей Николаевич, горнай надзоргун, холобура, ханнык шахталарга 10 чаастаах үлэ күнүн олохтуохха дии саныыгыный? – диэн Теппан элэктээбиттии ыйытар.

– Аллараа бириискэлэр шахталара барылара уулаахтар, арай Үөһээ Тайҕа шахталарыттан эрэ кураанаҕы булуохха сөп, – диир Кручинскай.

– Суох, тойон Кручинскай, биһиги корпорациябыт ити этиини ылыныан сатаммат. Бүгүн 10 чаастаах үлэ күнүн биэрдэххэ, сарсыныгар аны 8 эрэ чаастаах үлэ күнүн олохтуурга тиийиллиэ. Суох, суох! Мин итини ылыммаппын. Эһиги, тойоттор, туох диигитий? – Теппан хос иһин эргиччи көрөр.

Исправник тойон, бу кэпсэтиигэ туох да сыһыана суох курдук туттан, икки ытыһынан кумааҕыны төкүнүҥнэтэ олорор. Трещенков ротмистр, аксельбанын хорҕолдьун уһуктарынан оонньуу-оонньуу, сотору-сотору Теппан диэки кылап гына көрөн кэбиһэр. «Миэхэ соруй, мин рабочайдары начаас үлэҕэ таһаартыам», – диэбиттии туттар. Оленников полицмейстер куттаммыт курдук, кириччи туттан олорор.

– Иннокентий Николаевичка биллэриэххэ, кини туох быһаарыыны биэрэр, – диир Оленников иһиллэр-иһиллибэттик.

– Мин Иннокентий Николаевичка биллэрбитим. Киниттэн маннык депешаны туттум, – Теппан сиэбиттэн телеграмманы оруур, пенснетин кэтэр, ааҕар: «Рабочайдары иирдээччилэри хаайталааҥ, кыһыл көмүс хостооһунун күүһүрдүҥ». Ити курдук дьэ, эһиги ити туһунан туох дии саныыгытый?

– Александр Гаврилович, тойоттор! – диэн исправник аргыый аҕай саҥаран барар. – Миэхэ кэнники күннэргэ бэрт үгүс киһи үҥсэр буолла. Ол дьон аһаабатахтара хас да хоммут. Сотору Пасха буолаары турар. Мин куттаан эппэппин, өскөтө бу күннэргэ ас биэрбэтэххитинэ, кинилэр лааппылары үнтүрүтэн да туран, Пасхаҕа аһы ылыахтара…

– Саллааттар бааллар, – Теппан утары олорор Трещенков ротмистр диэки көрөр.

– Мин хаан тохторун утарсабын… Хааны да тохпут иһин, балтараа сүүс саллаатынан, сүүс казагынан хайдах да 250 биэрэстэ сиринэн тайаан сытар бириискэлэри барыларын саба тутар кыахпыт суох буолуо. Онон саатар бу сырдык Пасха күннэригэр рабочайдарга аста биэриэххэ…

Теппан сирэйдиин-харахтыын дьэбидийэн кэлэр.

– Тойон исправник, мин ол үлэлээбэт рабочайдарга сэттэ хонукка аһыыр астарын бэрдэриим даҕаны. Онон биһиги тугу ситиһэбитий? Ол аата, биһиги забастовканы тохтоторбут, ууратарбыт оннугар, кинилэри, ас биэрэн, өссө ордук кыахтыыбыт…

Трещенко ротмистр Теппан этэрин кытта сөбүлэһэн төбөтүн тоҥхоҥнотор.

– Эт эрэ, тойон исправник, – Теппан куолаһа кытаатан барар, – эн үлэттэн аккаастанар рабочайдартан бараахтары хаһан босхолуугунуй? Мин кинилэр оннуларыгар атын рабочайдары үлэҕэ ылыахпын олордор сирим суох… Корпорация куруутун аҥаардас ороскуоту эрэ көрө олоруон сатаммат. Тойон Белозеров телеграмматын ити ааҕан иһитиннэрдим…

– Мин санаабар, тойон Белозеров бэрт сөпкө эппит. Бууну тэрийээччилэри тутуталаан хаайыахха, – диэт, Трещенков ротмистр сүргүллэн турар. – Салайааччыларын тутуталаан хаайдахха, атыттара куттанан сарсын үлэҕэ бэйэлэрэ көрдөһүөхтэрэ!

– Оо, салайааччылара биллэллэрэ буоллар, – диир исправник.

Ким эрэ аргыый аҕай ааны тоҥсуйар. Бары, куттаммыт курдук, аан диэки көрөллөр. Сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Ааны иккистээн тоҥсуйаллар.

– Киир! – диир Теппан күөмэйин сонотон.

Корпорация чиновнига телеграмма тутан киирэр:

– Тойон исправникка, Иркутскай генерал-губернаторыттан.

Исправник телеграмманы ылан саҥата суох ааҕар уонна чиновник ааны сабарын кытта саҥаран барар:

– Тойоттор, Иркутскай генерал-губернатора бу курдук суруйар:

«Иккистээн модьуйабын: забастовка бүтүөр диэри хас күннэтэ аайы хайдах балаһыанньалааххытын миэхэ телеграмманан биллэрэргэр. Бүгүн Коршунов ааста. Рабочайдарга мин ааппыттан этиҥ: үлэлэригэр таҕыстыннар. Көрдөһүүлэрин үксэ ылыныллыаҕа диэн мин кинилэри эрэннэрэбин. Биһиги быһаарыыбытын Коршунов билэр».

Бары телеграмма ис хоһоонун бэркэ дьиибэргииллэр. «Тоҕо кини Коршуновунан быһаарыытын ыытта?.. Коршунов диэн кимий? Инженер дуу, политик дуу, кистэлэҥ полиция агена дуу? Аны «Рабочайдар модьуурдарын барытын булгуччу ылыныҥ!» диэн ыйааҕы илдьэ иһэрэ буолаарай?» – диэн дьиксинэ саныыллар.

– Тойоттор, мин Коршунов инженери бэркэ билэбин, кини политиктар санаалара санаалаах, өйдөрө өйдөөх киһи, – полицмейстер Оленников көбдьөөрө түстэ. – Онон ити телеграмманы бу курдук өйдүөххэ: «Коршунов ааста – сэрэниҥ!» – диэн.

– Э-эх, абааһы, Петербург курдук куорат рестораннарыгар арыгылыы олорумуна, эмиэ тоҕо манна мэҥийэн истэҕэй?.. Хайаан да рабочайдар диэки тылбай-өспөй буолара буолуоҕа, – дии-дии Теппан сутуругунан остуолу сырбатта.

Теппан ыгылыйа быһыытыйбытыттан эр ылан, Курдюков айаҕа аһыллар:

– Кырдьыга, забастовка төрүттэммитэ норуоттан буолбатах, эһигиттэн бэйэҕититтэн… Миэхэ рабочайдаргытын тугунан аһатаргытын аҕалан биэрбиттэрэ билиҥҥэ диэри сытар. Эһигини эрэ убаастыырым быһыытынан, ону соҕуруу ыыппатаҕым… Сыттын… Ыкка быраҕан бэриллиэ, – дии-дии күлэн ымаҥныыр.

– Көмүс… Көмүһү сууйтарыахха. Корпорация биир кыттыгаһа – Россия императора!.. – Теппан ойон турар.

Ааны тоҥсуйаллар. «Ким кэллэҕэй?» – диэн эмиэ бары дьиксинэ түһэллэр.

– Кимҥиний? – Теппан аан нөҥүө ыйытар.

– Мин… Александр Гаврилович, депеша аҕаллым, – диир чиновник саҥата.

– Киир-киир… – Теппан телеграмманы ылаары уунар.

– Бырастыы гын, Александр Гаврилович, депеша тойон ротмистрга аадырыстаммыт.

Трещенков ротмистр телеграмманы ылан ааҕар.

– Тойоттор, полиция департаменын директора тойон Белецкэй телеграммата, – диир Трещенков. – «Бириискэлэргэ забастовканы салайар стачечнай комитеты тутан хаайыҥ уонна сууттаталааҥ!». Иһиттигит дуо, тойоттор?

Бары өрө тыына түһэллэр.

– Тойоттор, стачечнай комитеттарга кимнээх баалларын ким билэрий? – диэн Трещенков ыйытар.

– Тойон исправник, Федор Иванович билэрэ буолуо, – диир Теппан.

– Мин хантан билиэхпиний, полицмейстер тойон Оленников билэр эбээһинэстээх, – Курдюков бэйэтиттэн халбарытынар.

Полицмейстер Оленников «билбэппин» диэн баһын быһа илгистэр. Ону көрөн, Теппан кыыһыран өрөһөлөнөн турар:

– Тойоттор, тугуй бу: исправник билбэт, полицмейстер билбэт. Биһиги билиэх тустаахпыт дуо?.. Эһигини биллиннэр диэн ыраахтааҕы манна тойон оҥортообута!.. Истэҕит дуо? Эһиги туох иһин хамнас ылаҕытый? Эһигини үүртэлээн кэбиһиэххэ сөп!

Курдюков уонна Оленников, туох да диэн утарсыбакка, саҥата суох сыкыһан тураллар.

– Тойон ротмистр, забастовканы суох гынар бары дьаһал эн сэбилэниилээх күүскэр бэриллэр! – Теппан төбөтүн тоҥхотор.

– Истэбин! – ротмистр Трещенков шпоратын тыаһа кылыр гынар, лаахтаах саппыкытын тиҥилэхтэрин охсуһуннаран лачырҕатар.

Иккис баһа
I

Ротмистр Трещенков салалтатынан полицейскай агеннар күнүстэри-түүннэри бара-кэлэ сатыыллар да, стачечнай комитет чилиэннэрин кыайан булбаттар. Кинилэр, айаҕалыы сатаан, рабочайдар таҥастарын таҥнан, бириискэлэри, бараахтары кэрийэн көрдөөрү гыммыттарын, рабочайдар билэннэр кырбаталыы сыһан үүртэлииллэр.

Полицейскай учаастакка күннэтэ ахсын сүбэ мунньах буолар. Рабочайдар түүн таһырдьа сылдьалларын бобуу күүһүрэр. Киэһэ күн киириэҕиттэн сарсыарда халлаан сырдыар диэри бириискэлэртэн тахсар суоллар төрдүлэригэр манабыл туруортууллар. Ол да дьаһаллар улахан туһаны аҕалбаттар.

Ханнык бириискэҕэ туох буолбута атын бириискэлэргэ күнүнэн тута биллибит буолар. «Хантан, хайдах истэллэрий, билэллэрий?» – диэн полицейскайдар улаханнык мунаахсыйаллар.

– Рабочайдар бириискэлэр икки ардыларыгар быыстала суох сылдьыһа тураллар. Эһиги тоҕо тугу даҕаны көрбөккүт, кими даҕаны туппаккыт? – диэн ротмистр Трещенков казактары, үрээнньиктэри мөҥүтэлиир, түүрэйдэтэлиир да, туһа кэлбэт.

«Стачком чилиэннэрин булан хаайталаатахха эрэ забастовка уурайыа», – диэн санаа «Лена Голдфилдс Корпорация» салалтатыгар даҕаны, жандарм-полиция үлэһиттэригэр даҕаны бигэтик олохсуйар.

Теппан били забастовканы хайаан да ууратар дьаһалы ыл диэн Трещенков ротмистры соруйуоҕуттан тоҕус хонук ааһар. Трещенков стачком биир да чилиэнин булан хаайбата. Забастовка уурайбата. «Хайдах гыныахха? Тугу гыныахха?» – диэн ыгылыйан, Александр Гаврилович хоһун иһигэр төттөрү-таары хаамыталыы сырыттаҕына, Трещенков ротмистр киирэр.

– Аа-а, тойон ротмистр, баһаалыста!.. Мин эйигин көрсүөхпүн баҕарбытым ыраатта. Хайа, стачкомнары булан хаайталаатыҥ дуо?

– Суох, тойон кылаабынай инженер… Кими да була иликпит… Маннааҕы полицейскайдар диэн хааһына эрэ аһын аһыырга, үбүн хоруурга сөптөөх дьоннор. Сатаан көрдөөбөттөр, булбаттар.

Эмискэ аан аһыллар. Константин Николаевич Коршунов тулуубун кэппитинэн киирэн кэлэр. Теппан кинини көрөн үөрбэт, хата сөбүлээбэтэх курдук буолар.

– Тойон ромистр! – диэбитинэн Коршунов Трещенковка супту хааман тиийэн илиитин уунар. – Иркутскайга миэхэ эн тускунан кэпсээбиттэрэ. Манна кэлбитиҥ үчүгэй.

Трещенков тугу да өйдөөбөтөхтүү көрүтэлиир. Кини Коршунову кытта урут хаһан да көрсүһэ илик. Онон ким киирбитин билбэккэ турар.

– Мин бу уокурук горнай инженерэбин… Сип-сибилигин Петербуртан Иркутскайынан таарыйан кэллим.

– Аа-а, тойон Коршунов! – дии-дии Трещенков илиитин биэрэр. Дорооболоһоллор.

Коршунов Теппаҥҥа эргиллэр. Теппан, кинини букатын аахайбатах курдук, кумааҕылары бэрийэ олорор.

– Александр Гаврилович, забастовка билигин даҕаны уурайа илик дуу?..

– Тойон Коршунов, бүгүн забастовка тохтуу илик, оттон сарсын, эн кэлбиккинэн сибээстээн, бастаанньа буолара буолуо.

Коршунов, сирэйгэ сырбаттарбыт курдук, чугурус гынар. Хаһан даҕаны истиэм эрэ дии санаабатаҕын иһиттэ быһыылаах, хаана уларыйа түстэ. Саҥата суох турбахтаан баран, улаханнык өһүргэммиттии туттан, аан диэки хааман иһэн, эмискэ эргиллэ биэрдэ:

– Тойон кылаабынай инженер, өйдөө, миигинэ суох рабочайдар забастовкаларын кыайан тохтотуоххут суоҕа! – уонна, ааны тыастаахтык сабан, тахсан барар.

«Ити туох диэбит тылай? Итини хайдах өйдүөххэ сөбүй? Коршунов тоҕо ити курдук дьорҕооттук туттар буолан кэллэ?» – диэн саныы-саныы, Теппан ааны өр соҕус супту көрөн олордо.

* * *

Забастовкалаан үлэлээбэккэ олорор рабочайдар сорохторо шахта уутугар саба сытыйан көтүллүбүт саппыкыларын абырахтаналлар, сорохтор маһынан дуобат оҥостон оонньууллар. Арай ол курдук олордохторуна Константин Николаевич Коршунов киирэн кэлэр. Кинини көрөөт, үгүс рабочайдар үөрэ түһэллэр:

– Аа, Константин Николаевич, баһаалыста!.. Өр даҕаны сырыттыҥ… Көһүтэ сатаан кэбистибит… Атаҕастаммыппытын-баттаммыппытын этэр итэҕэллээх киһибит эн бааргын!

Кырдьаҕас рабочай Мефодий оҕонньор, Коршунов иннигэр дьоһуннаахтык олорон, үҥсэргиир быһыынан кэпсээн барар:

– Дьэ, үтүө санаалаах тойоммут, биһигини манна хоргутан өлөртөөрү гыннылар. Лааппыттан ас биэрбэттэр. Заборнай киниискэбитигэр суруллубут харчыбытын эмиэ биэрбэттэр. Онон сылбархай уунан аһаан олоробут. Ыксаан Теппан тойоҥҥо киһи ыыттахпытына, умнаһыттарга дук гынар курдук, бэрт кыра аһы быраҕан биэрэллэр.

– Мин ыраатан сырыттым. Петербурга тиийэн төнүннүм, – диэн Коршунов, сып-сылааһынан мичээрдии-мичээрдии, ыраахтан эргитэн кэпсээн барар. – Ол сылдьан сири-дойдуну көрдүм… Биһиги манна куһаҕаннык олоробут дэһэбит, Сибиир сорох уезтарыгар дьон эһигиннээҕэр ордук куһаҕаннык олороллор. Антах, Урал хайатын анараа өттүгэр, да олорооччулар – ой-ой, быстыбыт дьадаҥылар… Эһиги: «Мантан ыытыҥ!» – диэн модьуйаҕыт. Мин санаабар, эһиги сыыһа бараары гынаҕыт. Мантан бараҥҥыт да арыынан чалларыйар сири булуоххут суоҕа…

– Маннык атаҕастабылга олоруохтааҕар барбыт ордук!

– Эбэтэр биһиги модьуурбутун толордуннар! Аҕыс чаастаах үлэ күнүн олохтоотуннар, Заборнай киниискэбитигэр суруллар харчыбытын ый аайы ырааһынан ууран биэрэр буоллуннар. Лааппыларыгар аһы, таҥаһы харчытыгар атыылаатыннар, оҕолоох, ойохтоох рабочайдарга туспа бараахта тутан биэрдиннэр. Рабочайдар мусталларын, мунньахтыылларын боппотуннар. Биһиэхэ бэчээти көҥүллээтиннэр, – диэн Алмазов рабочайдар модьуурдарын ааҕан субурутан биэрэр.

Ити модьуйуу анныгар манна олорор рабочайдар бары илии баттаабыттара. Онон Алмазов этиитин ким даҕаны утарсыбат. Хата ол оннугар манна хайдах атаҕастаналларын-баттаналларын эбии кэпсииллэр:

– Биһигини кыс хаар ортото таһырдьа быраҕыталаары гыналлар.

– Суох, биһиги саас борохуот сылдьыар диэри мантан тахсыахпыт суоҕа!

– Кыра оҕолоох дьон элбэхтэр, оҕолору таһырдьа үүрэр хантан ылбыт сокуоннарай?

– Саас буоллун, сайын буоллун, кэпсэтиибит быһыытынан тимир суолга тиэрдэн биэрдиннэр!

– Оттон ити этиигитин барытын стачком Табаарыстыба салалтатын иннигэр туруоруо этэ буоллаҕа дии, – диэн Коршунов сүбэһит буолар.

– Биһиги стачкоммут туруорбат диэтэҕиҥ дуу, төһө баҕарар туруорар. Ону Табаарыстыба салалтата истиэн даҕаны, билиэн даҕаны баҕарбат… Стачкому өйдөөх дьон салайаллар, итини өйдөөбөттөр диэтэххит дуу? – дэһэллэр рабочайдар.

– Мин стачком мунньаҕар сылдьан кэпсэтэр баҕалаахпын… Кырдьык, дьону хоргуталлара, аһы атыылаабаттара – сыыһа. Онтон да атыны кэпсэтиэххэ, сүбэлэһиэххэ баара, – диир Коршунов.

– Ким билэр, хаһан мунньахтыыллара буолла, – дэһэр саҥалар иһиллэллэр.

Мефодий оҕонньор Алмазов диэки көрбөхтөөт:

– Трошка, хаһан мунньахтыыгыный? – диэн ыйытар. – Истибэтиҥ дуо, тойон инженер эһиэхэ көмөлөһүөх буолар дии!

– Э-ээ, табаарыс Алмазов, баһаалыста, мунньахтыыр буоллаххытына, миигин ыҥыраар… Баҕар, тугунан эмэнэн көмөлөөх буолуом.

Бу күннэргэ стачком мунньаҕа сотору-сотору буолуталыыр. Трофим Алмазов бэрт өр муучу буолар. Стачком мунньаҕар Коршунов инженер сылдьарын иһигэр адьас сөбүлээбэт. Киэһэлик соҕус, сылдьыһыы бобулла илигинэ, Алмазов доҕоругар Иван Волошиҥҥа сүбэлэтэ Пророк-Ильинскэйгэ барар. Хата кини Волошин баарыгар түбэһэр.

– Трофим, тоҕо кэллиҥ? Туох буолла?

– Суох, улахан туох даҕаны буолбата, ол эрээри биир моһуокка түбэһэн, сүбэлэтэ кэллим, – диир Трофим уонна дьоно кини стачком чилиэнэ буоларын Коршунов инженергэ этэн биэрбиттэрин, ол инженер стачком мунньаҕар сылдьыан баҕарарын сиһилии кэпсиир. – Мин кинини тоҕо эрэ итэҕэйбэппин… Баҕар, стачкомҥа кимнээх баалларын билээри биһиги мунньахпытыгар сылдьа сатыыра буолуо. Хайа, тугу сүбэлиигин?

Иван Волошин саҥата суох истэн олорор.

– Даа, моһуоктаах суол эбит. Коршунов инженер хайата даҕаны буолуон сөп: стачкомҥа кимнээх баалларын билээри сылдьа сатыан эмиэ сөп, көмөлөһөөрү да гынар буолуон эмиэ сөп… Мин сарсын Петр Николаевиһы көрсүөм. Кини сүбэтин истиэхпит… Быһаарыыбытын сарсын эйиэхэ биллэриэхпит.

Трофим Алмазов дьиэтигэр төннөр.

– Трошка, хайа, стачкоммут мунньаҕын хаһан ыҥырар буоллугут? – диэн Мефодий оҕонньор көбдьөөрөр.

– Мин тоҕо эрэ Коршунову эрэммэппин ээ, – диир Трошка.

– Эн эрэн-эрэнимэ – биһиги эрэнэбит, – дии-дии Мефодий сүргүллэн турар. – Кини стачкомҥа хайаан да улахан туһалаах буолуо. Сырытыннарыҥ.

Трошка тугу даҕаны хардарбат.

Хонон тураллар. Халлаан сырдаан, кэлии-барыы аһыллар. Өр-өтөр буолбат, дэһээтинньик атын туйаҕын тыаһа ааннарыгар табыгыраан кэлэр.

– Э-э! Тыыннаах ким эмит баар дуо? – диэн Евстигней, кымньыытын угунан ааны тоҥсуйа-тоҥсуйа, хаһыытыыр.

– Баарбыт… Тоҕо наадыйдыҥ? – рабочайдар аанынан быгаллар.

– Заборнай киниискэлэригэр ылардаахтар, икки хонукка аһыыр астарын ылалларын көҥүллээтилэр… Аһыаххытын баҕарар буоллаххытына, баран лааппыттан ылан, дэлбэрийэ охсуҥ! – диэт, Евстигней атын самыытын быһа биэрэр.

– Көр эрэ, Константин Николаевичпыт кэллэ да, биһиэхэ үтүөнү оҥорбутунан барда буолбат дуо! – Мефодий кырдьаҕас үөрэн саҥа аллайар.

Кырдьык, Коршунов бэҕэһээ, рабочайдар бараахтарыгар сылдьан сэһэргэһэн баран, Теппаҥҥа киирэн остуолу тоҥсуйбута:

– Сип-сибилин рабочайдарга ас биэрэргэ дьаһайбатаххына, соҕуруу биллэрэбин!

– Сөп-сөп, забастовканы иитэн ис!.. Мин күн сарсын эн тускунан тойон Белозеровка телеграммалыам, – диэн бардьыгынаабытынан Теппан ойон турбута.

Коршунов киниттэн куттамматаҕа. Куттаныахтааҕар Теппаны бэйэтин сааммыта:

– Забастовканы мин ииппэппин, эн иитэҕин… Көрүөхпүт, хайабыт суут иннигэр турарын!

– Мин?.. Забастовканы иитэбин? – Теппан, итинник баламат этииттэн соһуйан, туох да диэн булбатаҕа.

– Да-а, өһүргэн-өһүргэнимэ, эн иитэҕин! Рабочайдарга ас биэрбэккин, онон кыһарыйан үлэҕэ таһаарыам дии саныыгын. Суох, эн кинилэри билбэккин. Өһөстөллөр эрэ, бас бэриниэхтэрин кэриэтэ өлүөхтэрэ… Оннооҕор өсөһөр сүөһүнү аһынан мэҥиэлээн ханна баҕарар илдьэр куолута. Рабочайдар сүөһүттэн уратылара бэрт кыра.

Теппан кыыһырбыта арыый ааспыта. Кини сотору-сотору хараҕын симириҥнэтэн чыпчылыйбахтаабыта, Коршунову субу сабыс-саҥа көрбүттүү одууласпыта.

– Тойон Коршунов… Э-э, Константин Николаевич, эн кимҥиний?.. Эн туоххун-ханныккын мин өйдөөбөппүн… Эмиэ даҕаны рабочайдар иннилэригэр охсуһарга дылыгын, эмиэ даҕаны кинилэри дьоҥҥо холообоккун… Мин итини сатаан өйдөөбөппүн.

– Александр Гаврилович, мантан антах өйдөөн иһиэҕиҥ… Ким туга-ханныга биллэр кэмэ кэлэн эрэр, – дии-дии Коршунов элэктээбиттии ымайбыта.

* * *

Күнүс Надеждинскай бириискэҕэ Иван Волошин кэлэр. Кини туттар инструмена алдьаммытын ыскылаакка уларыттара кэлбит. Ол сылдьан, кини ким да билбэтинэн Алмазовы кытта көрсүһэр. Комитет быһаарыытын кэпсиир:

– Партийнай комитет Коршунову эрэммэт. Кини провокатор даҕаны буолуон сөп. Онон биһиги бу курдук быһаардыбыт: эн уонна Андреевскай бириискэттэн Иван Быков, Пророк-Ильинскэйтэн Федор Зеленов буолаҥҥыт, стачком мунньаҕа оҥоробут диэн, ханна эрэ манна мустуҥ. Онно Коршунову ыҥырыҥ. Өскөтө кини провокатор буоллаҕына – эһигини хаайталыыллар. Оттон провокатор буолбатах буоллаҕына – эһигини тыытыахтара суоҕа.

«Ити аата эмиэ хаайылларым кэлбит», – диэн Алмазов иһигэр дьиксинэ саныыр. Волошин доҕорун ис санаатын сирэйиттэн-хараҕыттан өйдүү охсор:

– Хаайылларгыттан куттанар буоллаххына, комитет атын киһини булуо… Хайдаҕын да иһин, Коршунову билиэххэ.

Алмазов аккаастанар санаата суох. Партия тугу соруйарын барытын толоруох буолан андаҕайан турар.

– Суох, суох, мин куттаммаппын… Быков уонна Зеленов билэллэр дуо?

– Билэн, эн ыйыыгын көһүтэллэр. Ханна, хаһан мустаргытын эн бэйэҥ быһаараҕын. Биһиги куруутун мустар, көрсүһэр сирбитин биллэрэр сатаммат. Онон эһиги, стачком үс чилиэнэ, боппуруоһу барытын быһаарар кыахтаах курдук туттан мунньахтааҥ. Эһигини тутан хаайдахтарына даҕаны стачком сүрүн салалтата ордон хаалар.

Бириискэ бөһүөлэгин кытыылата соҕус ситэ тутуллубатах дьиэ баарын Алмазов өйдөөн, дьоннорун киэһэ сэттэ чааска онно мустарга болдьуур.

Киэһэлик соҕус Коршунов Алмазовтаах бараахтарыгар киирэр. Бу кэмҥэ Трошкаҕа Сүөдэр киирэн сээкэйи кэпсэтэ олорор этэ.

– Стачком буолар дуо? – диэн Коршунов Алмазовтан сибигинэйэн ыйытар.

– Киэһэ сэттэ чааска, ол саҥа тутуллар дьиэҕэ.

– Сөп, – Коршунов илиитин Алмазовка уунар. Кини, тахсан иһэн, Сүөдэргэ эмиэ илиитин биэрэр.

– Алмазов, бу эн табаарыһыҥ дуу?

– Табаарыһым, – диир Трошка.

– Ким диэҥҥиний, сэгээр, – Коршунов Сүөдэргэ эйэҕэстик мичээрдиир. – Билсиһэн кэбиһиэх.

– Сүөдэр Быладьыымараппын, – диир Сүөдэр аргыый: «Бу инженер тойон миигин кытта тоҕо билсиһэ сатаатаҕай?» – дии саныы-саныы.

* * *

Коршунов бу киэһэ стачком мунньаҕа буоларын кимиэхэ даҕаны иһитиннэрбэт, тугу даҕаны билбэтэх курдук сылдьар. Арай полицмейстери көрсөн:

– Патруль киэһэ хастан тахсарый? – диэн ыйытар.

– А-а, аҕыс ааһыыта… Тоҕус чаас чугаһа, – диэн Оленников иннэ-кэннэ биллибэттик этэр.

– Баһыыба.

– Патруль хаһан тахсарын тоҕо ыйыттыҥ? – диэн аны Оленников доппуруостуур курдук ыйытар.

– Мин киэһэ биир сиргэ сылдьардаахпын… Онно хойутаан хаалан патрульга түбэһиэм диэн, – Коршунов мичээрдиир.

– Түбэһэргиттэн тоҕо куттаннаххыный? Эйигин туттахтарына, мин босхолуом буоллаҕа дии.

– Да-а, Александр Гаврилович мин тутуллубут сурахпын иһиттэҕинэ, төһө эрэ үөрэр этэ, – дии-дии Коршунов күлэр.

Киэһэ, болдьоспут кэмнэрин быдан иннинэ, Алмазов доҕотторунуун Иван Быковтыын, Федор Зеленовтыын бараах таһыгар көрсүһэллэр. Сүбэлэһэллэр.

– Өскөтө Коршунов: «Стачкомҥа үһүөйэххит эрэ дуо?» – диэн ыйыттаҕына, «Стачком элбэх киһилээх буолбат», – диэхпит диир Алмазов доҕотторугар.

– Мин кинини провокатор эрэ буолуо дии санаабаппын, – Быков доҕотторун сирэйдэрин одуулаһар. – Биһигини, баҕар, ханнык эмэ түбэлтэҕэ түбэһиннэрэн хаайыахтара даҕаны… Биһигини үһүөммүтүн онто суох бэлиэҕэ ыла сылдьаллара чахчы. Кини провокаторын үчүгэйдик билэргэ өссө тугу эрэ оҥорбут киһи.

– Иван сөпкө эттэҕиҥ буолуо, – диир Зеленов. – Коршунов хара кэлиэҕиттэн биһиги, рабочайдар, ортобутугар сылдьар… Туох даҕаны мэлдьэҕэ суох үгүс үтүөнү оҥордо да диэххэ сөп.

– Өскөтө манныгы оҥордоххо, – диир Алмазов, турбахтаан баран. – Манна мин доҕорум биир саха киһитэ баар… Эһиги даҕаны билэргит буолуо, тыаттан мас тиэйэр…

– Чэ буоллун… Ол киһини хайдах гынаары гынаҕыный? – диэн Быков соһуйбут курдук ыйытар.

– Мааҕын кини миэхэ кэлэн олорорун Коршунов көрбүтэ. Төрдүспүт кыайан кэлбэтэ диэххэ. Ким да аатын этимиэххэ. Көннөрү күүтэр курдук туттуохха, өскөтө биһигини кытта ол киһини хаайар күннээх буоллахтарына, Коршунов чахчы провокатора биллиэ.

– Кырдьык, ол киһини эмиэ хаайдахтарына, Коршунов провокатора саарбаҕа суох буолар, – диир Зеленов. – Ол эрээри үөрэҕэ суох саха киһитэ стачком чилиэнэ буолуо диэн Коршунов ама итэҕэйиэ дуо?

– Чахчы провокатор буоллаҕына, инньэ диэн тыллыырын да кэрэйиэ суоҕа, – диир Алмазов.

– Да-а, – диэн баран Быков баһын быһа илгистэр. – Биһиги забастовкабытыгар туох даҕаны кыттыгаһа суох киһини сөрүүрбүт сатамньыта суох буолаарай? – диэн Быков аны Алмазовтан ыйытар.

– Ол саха киһитин, хаайбыттарын да иһин, өр тутуохтара суоҕа… Кини үөрэҕэ суох, ыраахтан быстан сылдьар киһи… Забастовканы салайара буолуо диэн ама ким кинини буруйдуоҕай?.. Буруйдаабаттар, – диир Алмазов.

– Кырдьык даҕаны, оннук, – диир Зеленов.

– Чэ, баҕар, буоллун… Өскөтө ол киһини хаайар күннээх буоллахтарына, биһиги бары: «Букатын көрбөтөх, билбэтэх киһибит», – диэхпит. Оччоҕо, сыыһа хаайбыттарын өйдөөтөхтөрүнэ, тута таһаарыахтара, – диэн Быков түмүктүүр.

Ити икки ардыгар болдьохтоох сэттэ чаастара бу тиийэн кэлэр. Алмазовтаах биирдии-биирдии үлэхтээх сирдэригэр бараллар. Кинилэр биир хоско киирэн саҥа олороллорун кытта киһи атаҕын тыаһа иһиллэр. Быков өҥөс гынаат:

– Кини, – диэн доҕотторугар сибигинэйэр.

– Биһиги манна баарбыт, – диэбитинэн Алмазов хос иһиттэн быгар.

Коршунов атаҕын тумсунан үктэнэн хоско киирэр. Кимнээх манна баалларын кэрийэ көрбөхтүүр.

– Хайа, манан бүтэҕит дуо? – диэн мыыммыттыы ыйытар.

– Төрдүспүт кэлиэхтээҕэ да, кэлбэтэ дии, – диир Алмазов.

– Көһүтэ түһүөҕүҥ, – Коршунов чаһытын көрөр.

– Көһүтэ даҕаны түһүөҕүҥ, – дии-дии, Алмазов доҕотторугар имнэнэн кэбиһэр.

Олороллор. Ким даҕаны саҥарбат. Биэс мүнүүтэ ааһар, уон мүнүүтэ… Коршунов тулуйбат-тэһийбэт:

– Ким диэний, мин баран ыҥыран аҕалыым.

– Дьиэтигэр суох буолуо. Тыаттан киирэ илигэ буолуо, – диир Алмазов.

Эмиэ саҥата суох олорбохтууллар.

– Да-а, төрдүспүт кэлбэтэ, – диир Алмазов.

– Ол кимий? – Коршунов ыйытар, онтон, ким да этэр санаата суоҕун көрөн, мичээрдээбитэ буолар. – Эппэтэргит да, мин билэбин.

– Тыаттан киирбитэ буоллар, кэлиэ этэ, чэйиҥ, мунньахтаабытынан барыаҕыҥ, – диир Зеленов.

– Тойон инженер, чэйиҥ, мунньахтыаҕыҥ, – диэн баран, Алмазов тугу дьүүллэһиэхтээхтэрин быһаарар. – Бүгүн биһиги манныгы сүбэлэһэр санаалаахпыт. Табаарыстыба рабочайдар модьуурдарын толорботоҕуттан забастовка уһаата. Онон заборнай киниискэлэринэн аахсан ылаллара суох рабочайдарга Табаарыстыба забастовка бүтүөр диэри аһылыгы биэрэрин ситиһэри. Ити маҥнайгыта. Иккиһинэн, бириискэлэргэ жандармскай режими уураттарарга, рабочайдар мунньахтыылларын, түмсэллэрин боболлорун тохтотторорго…

– Да-а, мин көмөм бэрт кыра буолсу, – диир Коршунов. – Эһиги туруорар модьуурдаргыт ас, таҥас, үп эрэ өттүнэн эбитэ буоллар, мин кыратык көмөлөөх буолуохпун да сөп этэ. Оттон эһиги бу туруорар модьуурдаргыт политическай ис хоһоонноохтор… Суох, мин итинник модьуйуулары Табаарыстыба салалтатын иннигэр туруорар кыаҕым суох… Өскөтө туруорбутум даҕаны иһин, ылыныллыбата биллэн турар.

Ити курдук кэпсэтэн баран, эмиэ бары биирдии-биирдии тарҕаһаллар.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации