Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 46 (всего у книги 62 страниц)
Сэмэнчик Маачаҕа төннөр. Кытылтан дьиэтигэр тахсан истэҕинэ Настя көрсөр. Кыыс, икки имин хаана тэтэрэн, таҥна сылдьар таҥастыын, көрөр харахтыын, быһыылыын-тутуулуун Сэмэнчик таптыыр хараҕар өссө ордук кэрэтийэн көстөр. Уол сүрэҕин хаана сирэйигэр ип-итиинэн саба ыһар. Кыыс аттыгар кэлэн тохтуур уонна, холкутуйа сатыы-сатыы, аргыый аҕай:
– Дорообо, Настя! – диир.
Настя, килбигийбит курдук, сири умса көрөн туран, аат эрэ харата хардарар:
– Дорообо.
Сэмэнчик кыыһын кытта туох диэн кэпсэтиэн булбат. Өскөтө бу кыыс оннугар кини иннигэр сүүһүнэн киһи мунньахха турара буоллар, хата толлубакка тыл эппитинэн барыа этэ. «Бүгүн куйаас да күн!» диэн кэпсэтиитин саҕалыан – ити кэпсэтии буолбатах. Тугу да өйдөөҕү булумуна, саҥата суох туруохтааҕар:
– Настя, бу ханна бардыҥ? – диэн ыйытар.
– Таах… дьиэҕэ олоруохтааҕар… – кыыс, турбахтыы түһээт, дьиэтин диэки төннөрдүү хаамар.
Сэмэнчик да итинтэн ордук тугу да булан сатаан кэпсэппэт. Иккиэн аргыстаһан, саҥата суох, дэриэбинэҕэ тахсаллар. Кыыс дьиэтин аттыгар кэлэн ыскаамыйаҕа олорор. Сэмэнчик тохтоон турбахтаан баран:
– Эн аттыгар олоруохха син дуо? – диир.
Настя түргэн бэйэлээхтик Сэмэнчик диэки көрө охсон ылар, үөһэ тыынар:
– Баай атыыһыт кыыһын аттыгар олороруҥ бобуута суох буоллаҕына, олордоҕуҥ дии.
Сэмэнчик тугу да саҥарбат, саарыыр. «Кырдьык даҕаны, баайын былдьаппыт атыыһыт кыыһа миигин сөбүлээбэтэ биллэн турар», – дии саныыр. Ол эрээри кыыс киниэхэ олус кэрэ, олус үчүгэй. Сэмэнчик итинник саараан турдаҕына, Настя хаста да «тоҕо олорбоккунуй?» диэбиттии көрүтэлиир.
«Олоруум!» диэн, Сэмэнчик иһигэр быһаарынар. Кыыс аттыгар сэргэстэһэ олорор. Эмиэ хайдах, туохтан кэпсэтиитин саҕалыан булбат. «Хайдах олороҕутуй?» диэҕин – тыла тахсыбат. «Мин эйигин таптыыбын» диэҕин – эмиэ олус баламата, сүөргүтэ бэрт.
Настя уора-көстө Сэмэнчик хас хамсааһынын одуулаһар, тугу эрэ көһүппүт, эрэйбит курдук олорор.
Сэмэнчик саҥата суох Настя илиитигэр илиитин уурар. Кыыс илиитин киэр ылбат. «Тугуй?» диэбиттии, көрөн эрэ кэбиһэр. Онтон эр ылан, Сэмэнчик кыыс илиитин ытыһыгар бобо тутар. Кыыс эмиэ тугу да саҥарбат, хардары уол илиитин бобо туппахтыыр. Ити курдук, утаа соҕус илиилэринэн «кэпсэтэллэр». Саҥата суох кэпсэтии, таптал кэпсэтиитэ.
Кыыстаах уол сотору-сотору үөһэ тыыналлар, сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр, мичээрдэһэллэр.
Күн киирэн барар. «Ийэм миигин көһүтээхтиирэ буолуо», – дии саныыр Сэмэнчик. Ол да буоллар бу ыскаамыйаҕа кини хам сыстыбыт курдук, өйө төһө да «тур!» диэбитин иһин, сүрэҕэ бу кыыстан араҕыан букатын баҕарбат. Ити курдук, өйүн икки сүрэҕин икки мөккүөрүгэр ылларан, өр соҕус олорон баран:
– Настя, чэ мин дьиэбэр барыым! – диир.
Кыыс тугу да саҥарбат. Сылаас бэйэлээхтик көрөн эрэ кэбиһэр. Сэмэнчик туран да баран кыыс илиититтэн илиитин хайдах да кыайан араарбат.
– Настя, бу киэһэ оонньууга кэлиэҥ дуо?
Настя тугу да хардарбат. Ол эрээри хараҕа: «Кэлиэм!» – диэн эрэннэрэр курдук. Атаҕа сири билбэт буола үөрэн, Сэмэнчик түргэн-түргэнник хардыылаан, дьиэтин диэки элэстэнэр.
* * *
Кыыһа комиссар уоллуун сэргэстэһэ хааман иһэллэрин, онтон олбуор айаҕар кэлэн олорбуттарын көрөн, Сараапап өттүгэр имнэнэр, «мин мэҥиэбин ити курдук амсайан истэргин» дии саныы-саныы, түннүгэр кэлэн өр кэтээн турар. Ити икки ардыгар күн киирэн барар, уоллаах кыыс тугу да кэпсэтэллэрэ иһиллибэт. Онтон уол туран барар, кыыс эмиэ, дьиэтигэр киирээри, калиткатын олуурун тыаһатан эрдэҕинэ, өрүс диэкиттэн биир киһи иһэр.
– Кузьма Петрович дьиэтигэр баар дуо?
Көрөн турбахтаан баран, Настя:
– Баара буолуо, – диир.
Сараапап кэлбит киһини түннүгүнэн одуулаһар. Өйдөөн көрбүтэ – уҥуоргу Барсуков баай уола Васька эбит. «һии, тугун дьиктитэй?.. Барсуков миэхэ үктэммэт буолбута быданнаата ээ. Туох буолан өҥөйдөхтөрөй?!» – дии саныыр.
Сотору соҕус хос аанын тоҥсуйаллар.
– Киириҥ!
Туохтан эрэ куоппут курдук туттан, Барсуков уола Васька хос иһигэр көтөн түһэр.
– Дорообо, Кузьма Петрович, аҕам эйиэхэ бокулуон ыытар.
– Оонньоон эппэт буоллаххына, баһыыба… Туох суһал соруктаах буолан ол аҕаҥ оҕонньор ыытта?
Васька Барсуков, туохтан саҕалаан кэпсэтиэн булбакка, саараан турбахтаан баран:
– Бүгүн биһиги сэлиэнньэҕэ мунньах буолла, – диир.
– Истибитим.
– Аҕам биһиккини иккиэммитин куоласпытын быһан кэбистилэр. Ону таһынан, туох баар малбытын, баайбытын барытын тутан ыллылар…
– Миэнин даҕаны ордорботохторо.
– Аҕам этэр: «Урукку кыра өһү-сааһы аахсыбатын, үөрэхтээх киһи ону-маны билэн олордоҕо буолуо, хайдах-туох быһаарынан олороруй, сатанар буоллаҕына, сирэй-харах көрсөн кэпсэтиэххэ баар этэ», – диир.
Сараапап атыыһыт итини иһигэр сөбүлүү истэр.
– Өйдөөх тыл бэлиэ! Олор, ыалдьыт буол!
Васька Барсуков олорор. Сараапап туран ыскаабыттан арыгы ылар, икки үрүүмкэни туруорар.
– Суох, Кузьма Петрович, бу киэһэ туоруохтаахпын, арыгы иһэрим табыллыбата буолуо.
– Биирдии-иккилии үрүүмкэттэн туох даҕаны буолуоҥ суоҕа маннык бэйэлээх эр бэрдэ, – кутуталаан бычалытар. – Өй-санаа түмсэрин туһугар!
Биирдии үрүүмкэни иһэллэр.
– Аҕаҥ доруобуйата хайдаҕый?
– Оҕонньор баччааҥҥа диэри тумуулаан даҕаны көрбөккө сылдьыбыта, ону баара бу «табаарыстарбыт» айгыратаары гыннылар. Бүгүн лааппыбытын уонна сүүстэн тахса буут эти симмит булуустаах ампаарбытын тутан ыллылар.
– Хайыай, кырдьаҕас киһи санаарҕаамына. Ол тугу сүбэлэһиэххэ диир буоларый?
– Эн туох дииргин истээри-билээри миигин ыытта.
– Мин туох диэм баарай! Киһи оччо уһуну-киэҥи санаабат, тууйуллар-тумнастар үйэтэ да кэллэ быһыылаах. Ол эрээри, бэрт кистэлэҥинэн иһиттэххэ, урукку былаас офицердара уонна үрдүк сололоох чиновниктара, холбоһон, восстание оҥороору тэринэллэр үһү диэн баар. Онон бу «табаарыстар» даҕаны былаастара оччо уһаабат ини диэн испэр эрэнэ саныыбын.
– Мин аҕам үнүрүүн Аанньаахха киирэ сылдьан оннооҕу билсэр дьонуттан саха баайдара, атыыһыттара уонна үөрэхтээхтэрэ бу былааһы утары охсуһарга түмсэллэр үһү диэн сураҕы истибит этэ.
– Ити эмиэ киһини үөрдэр кэпсээн эбит! – Сараапап арыгы кутуталыыр. Иһэллэр.
– Туох-ханнык буоларын көһүтэбит дуу, хайдах дуу? – Сараапап өссө туох санаалааҕын Васька ситэ истиэн баҕарар.
– Быар куустан олорор табыллыбата буолуо. Туох-ханнык буолбута иһиллиэр диэри бэйэ диэки санаалаахтары хомуйа, холбуу сылдьыахха баара. Кырдьаҕас киһи, эн аҕаҥ, дьонун билэн эрдэҕэ дии. Көмөлөһүөхтэрэ этэ дии саныыр дьонун эрдэттэн бэлэмнии сырыттар… Хайаан даҕаны долгуннаах күннэр буолаллара буолуо.
Чугас соҕус сахалыы үҥкүү саҥата түннүк аһаҕас форточкатынан дьиэрэйэн киирэр.
Сараапап ойон туран түннүгүн форточкатын тааһа дэлби бара сыһыар диэри саба охсор.
– Ити үөрүү-көтүү, көр-нар буолан эрэрин истибэккин дуо?
– Истэн-истэн…
– Үөрүмүнэлэр, кинилэр былаастара кэлэн турдаҕа дии, – Сараапап кэпсэтэ олорор эдэр киһититтэн хараҕын араарбат, кини хас хамсаныытын барытын чинчийэ, бэлиэтии көрөр.
– Былаастаахпыт буолаахтаан…
– Былаас диэн күүстээх, билинэрбитигэр тиийэн эрдэхпит дии, – диир, уол туох диирин истээри, Сараапап.
– Бу үйэҕэ кинилэр былаастарын билиммэккэ сылдьан туруу сири булбут киһи…
«Көр, бу эрэл соҕус ыччат быһыылаах ээ», – Сараапап иһигэр үөрэ саныыр.
– Хайа, аны биирдии үрүүмкэни испэппит дуо? – дии-дии, дьиэлээх тойон өссө арыгы кутар.
– Чэ, Кузьма Петрович, баһыыба, мин барыым. Эн эппиккин барытын аҕабар тиэрдиэм, – Васька Барсуков турар, дьиэлээх тойоҥҥо илиитин уунар.
– Ну, с богом! – Сараапап алгыы хаалар.
* * *
Сарсыарда Маачаттан Сэмэнчик барыахтааҕа. Кини өрүс умнаһынааҕы сэлиэнньэлэргэ, дьаамнарга ревкомнары олохтуохтааҕа уонна от ыйын ортотун диэки Аанньаах куоратыгар аһыллар уокурук үлэлээн иитиллээччилэрин маҥнайгы съезтэрин тэрийэн ыытыахтааҕа.
Түүнүн үргүлдьү үҥкүүлээбитэ. Ийэтэ кинини кэтэһэрин ончу умнан кэбиспитэ. Күн ойуута дьэ үҥкүүлээн бүппүттэрэ. Настяны кытта Сэмэнчик Сараапаптаах олбуордарын ааныгар тиийэ кэлсэр. Кини кыыс илиитин ыыппакка тутан турар.
– Настя, мин сибилигин чэйдээт мантан барабын.
Соһуйбут курдук, Настя хараҕа кэҥээн ылар.
– Барыма ээ, бэйэҥ бэйэҕэр тойон буолбаккын дуо? – диирин кытта Сэмэнчик ах барар, эмиэ да абара саныыр, эмиэ да, кырдьык, тохтуу түспүт киһи дуу диэх курдук санаа кииртэлээн тахсар. Кини мантан барарын, баҕар, биир-икки хонукка уһатыан сөп. Онтон ордук уһаттаҕына, үлэтигэр охсуулаах буолуон сөп. Ол сатаммат! «Хайаан даҕаны субу бүгүн бардахпына табыллар», – диэн быһаарынар. «Бэйи, ол эрээри… – Чэ, кэбис».
– Настя, аны уонча хонугунан манна кэлиэм… Кэтэһиэҥ дуо?
Кыыс хараҕын быһа симэр, уол түөһүгэр иэдэһинэн сыста түһэр. Сэмэнчик эт-этэ барыта итийэн кэлэр, «Настя миигин таптыыр!» – диэн санаатыттан мэйиитэ эргийэр, сүһүөхтэрэ ууллар. Кыыһы кууһан ылар, сирэйин кыыс сирэйигэр даҕайан туран: «Мин эйигин таптыыбын!«– диэҕин төһө да баҕардар, тыла тахсымына:
– Настя, тоҕо тугу даҕаны саҥарбаккын? – диэн сибигинэйэр.
Настя кини ыйытыытыгар хоруйдуурун оннугар сып-сылаас, нап-нарын уоһун уол уоһугар даҕайар… Тугу барытын умнан, балайда өр тураллар. Ити курдук арахсыбакка төһө баҕарар туруо этилэр, турумуна. Онтон… Онтон эмискэ дэриэбинэ анныгар борохуот кэлэн үөгүлээн хайа барар.
– Настя, мин барар борохуотум ити кэллэ!..
– Тоҕо бараҕыный… Барыма!.. – кыыс Сэмэнчик илиитин ыгыта туппахтыыр.
Сэмэнчик бардаҕына табыллар. Арай барбатаҕына… Суох, суох, хайаан да барыахтаах. Ол эрээри Настя илиитэ кинини магниттаах курдук бэйэтигэр эпсэри тардан ыла турар. Кыыс илиитин тутан туран Сэмэнчик ааттаһан дуу, көрдөһөн дуу эрэрдии ыйытар:
– Настя, миигин атаара борохуокка киириэҥ дуо?
– Хаһан?..
– Билигин дьиэбэр баран чэйдээтим да, кытылга киириэм.
– Сөп, киириэм.
Ити икки судургу тылтан Сэмэнчик көтүөр кыната эрэ суох буолар. Дьиэтигэр тэбинэн кэлэр. Ийэтэ хайы-сахха турбут, оһоҕор уот оттубут, чаанньыгын оргуппут. Кини киирбитин Маайа «ханна сырыттыҥ, тоҕо хойутаатыҥ?» диэбиттии көрөр. Ол эрээри тугу да ыйыппат. Сэмэнчик бэрт тиэтэлинэн мүлүк-халык сирэйин суунар, соттор.
– Ийээ, бардым, борохуот кэлэн көһүтэн турар.
– Чэй бэлэм. Билигин кутан биэриэм, – дии-дии, Маайа хараҕын кырыытынан оҕотун көрүтэлээн ылар.
Сэмэнчик бэрт тиэтэлинэн кумааҕытын, дьыалатын суумкатыгар бүк-тах тутуталыы-тутуталыы симэр. Тугу эрэ ис хоһооно иһиллибэт гына ыллаан киҥинэйэр. «Оҕом суолга аччыктыа», – дии санаан, Маайа лэппиэскэ тоһута тутан кумааҕыга суулуур. Ылтаһын куруускаҕа арыы угар.
– Тоойуом, бу бараҥҥын төһө өр буолуоххунуй?
– Төһө кыалларынан түргэнник кэлэ сатыам этэ, – Сэмэнчик чэйин сыпсырыйбахтыыр. Ол олорон сотору-сотору түннүгүнэн таһырдьаны одуулаһар. «Оҕом тугу кэтиир буоллаҕай?», – дии саныыр да, Маайа ыйыппат.
Уол аһаан бүтэр, барардыы тэринэр. Маайа эмиэ таҥаһын үрдүгэр түһэр. Ону көрөн, Сэмэнчик соһуйбут курдук ыйытар.
– Ийэ-э, бу ханна бараары гынныҥ?
– Биэрэккэ киирсээри.
– Ийэ-э, дьиэҕэр хаал… Мин кыра оҕо буолбатахпын, бэйэм даҕаны киириэм ээ.
– Эн миэхэ хаһан даҕаны кыра курдук буолуоҕуҥ… Саатар, бараргын көрөн хаалыым!
Сэмэнчик ийэтин аһына саныыр: «Чэ, кииристин даҕаны». Дьиэлэриттэн тахсаллар. Дэриэбинэ уулуссатын устун кытылга киирэн иһэн Маайа били бэрт өрдөөҕүтэ Сүөдэрдиин манна маҥнай кэлбиттэрин өйдүүр. Маача дэриэбинэтин кытыла бу билиҥҥитин курдук ситэн-хотон, көҕөрөн-наҕаран ахан турара. Онно Сэмэнчик ийэтин илиититтэн түспэт кыра киһи этэ. Ол бэйэтэ улаатан, билигин былаас сорудаҕын толорор киһи буолан бу истэҕэ. Оттон Сэмэнчик бэйэтэ эмиэ атыны саныы иһэрэ. Кини Сараапаптаах дьиэлэрин аттынан ааһан иһэн, ону-маны көрбүтэ буола-буола, түннүктэн хараҕын араарбат. Настя ханна да баара көстүбэт. Сэмэнчик тохтуур.
– Ийэ-э, эн киирэ тур, мин сибилигин ситиэм.
– Оттон тиэтэйэр этиҥ дии, эмиэ тоҕо тохтоотуҥ? – ол туран Маайа биир түннүгүнэн атыыһыттаах кыыстарын сирэйэ көстөн иһэн мэлис гынан хаалбытын көрөн аһарар уонна Сэмэнчик кинини тоҕо урут ыыта сатыырын дьэ сэрэйэр. «Чэ, бэйи, мин даҕаны оҕобун маннык түбэлтэтигэр кэлэн олуһа турдамый, кэбис, мэһэйдээмиим», – дии санаан, өрүс диэки хаама турар.
VIIIКырдьык, Сэмэнчик Маачаҕа уонча хонугунан эргиллэн кэлэр. Өрүс умнаһыгар, Маачаттан Мухтуйаҕа тиийэ, ревкомнары олохтоото, үгүс баайдары куоластарын быстарда, сорох атыыһыттар лааппыларын норуот туһатыгар, государствоҕа ылларда.
Маачаҕа да кэлэн Сэмэнчик өр буолар кыаҕа суох: икки-үс хоноот, Аанньаахха ааһыахтаах. Кини кэлбит борохуотунан үөһээ умнас дэриэбинэлэриттэн, дьаамнарыттан уокурук съеһигэр талыллыбыт делегаттар баран иһэллэр. Кинилэр, иллэҥ буоланнар, киэһэ аайы дэриэбинэ ыччатын оонньуутугар кытталлар. Аны Нохтуйскайтан эмиэ хас киэһэ аайы оҥочонон уолаттар, кыргыттар кэлэннэр үҥкүүлэһэр, хороводтаһар буоллулар. Оттон урут Маача икки Нохтуйскай икки ардыгар сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмэ маннык сылдьыһаллара. Икки баай өстөспүттэрин кэннэ түмсэн оонньооботтор.
Икки-үс хонук диэн өр буолуо дуо, Сэмэнчик бииргэ иһэр дьонунуун бараары тэринэллэр. Маайа оҕото барар буолбутуттан санааргыыр, хайдах-туох сылдьар диэн, куттана саныыр.
– Тоойуом, бэркэ диэн сэрэнэн сырыт!
Сэмэнчик дьиктиргээбит курдук ийэтин сирэйин көрөн кэбиһэр. Онтон мичээрдии-мичээрдии:
– Ийэ-э, куттаныма! – диир.
– Сэгэриэм, эйиэхэ баайдар үтүөнү санаабаттара биллэр. Дэлэ абара сылдьаллар үһүө. Быыс-тоҕоос буллахтарына, тугу баҕарар оҥоруохтарын сөп.
– Тугу даҕаны гыныахтара суоҕа.
Кырдьыга, Сэмэнчик итини төһө да холкутук эттэр, киниэхэ доҕотторо бу күннэргэ сэрэппиттэрэ: «Сэмэнчик, бэркэ диэн сэрэн, баайдар эйигин олус абааһы көрөллөр», – диэн. Үүт-үкчү ол курдук ити ийэтэ эмиэ эттэ. Кини бэйэтэ да ону билэр, өйдүүр.
Маайа, саҥата суох олорбохтоон баран, үөһэ тыынар уонна көрдөһөр икки сүбэлиир икки ардынан эмиэ салҕаан барар:
– Тоойуом, Сэмэнчик, миигиттэн бука диэн өһүргэнимэ… Мин көрдөхпүнэ, эн ити атыыһыттаах кыыстарын кытта доҕордоһон эрэр быһыылааххын…
Сэмэнчик сирэйэ итийэ түһэр. Сааппыт курдук, аллара көрөн кэбиһэр.
– Уон аҕыскар бардыҥ, кырдьык, ону-маны саныыр сааһыҥ буолан эрдэҕэ дии. Ол гынан баран…
Сэмэнчик бэркэ кыбыстар.
– Ийэ-ээ!
– Тоойуом, эн кыыһы таптыы көрбүккүттэн саатыма. Итинтэн киһи сааппат куолута.
Сэмэнчик, итини истэн, хайдах эрэ уоскуйбут курдук буолар.
– Тоойуом, эн манныгы өйдөө: Настя – баай атыыһыт кыыһа. Баҕар, эдэрдэр бэйэҕит сөбүлэһиҥ даҕаны, ол эрээри Кузьма Петрович эйигин сөбүлүүрэ биллибэт. Ону өйдөө…
Таһырдьа киһи атаҕын тыаһа иһиллэр. Маайалаах Сэмэнчик аан диэки көрө түһэллэр. Алеша Серкин көтөн түһэр, бэркэ тиэтэйбит көрүҥнээх.
– һу-у, хата баттаһа кэлбиппин…
– Хайа, оннук ааттаах туохха ыксаан кэллиҥ?
– Мин… Мин эйигин кытта барсабын…
– Ханна?.. Туох буоллуҥ? – Сэмэнчик соһуйар.
– Миигин манна сүгүн олордуохтара суох. Үс хонуктааҕыта аҕам ревкомҥа киирэн сынньыбатаҕа эрэ, хата Иван Усов баар буолан быыһаабыта. Оттон бу сарсыарда, оонньуу кэнниттэн, эдьиийим аахха тиийбитим – убайым көһүтэн олорор эбит. Кини миэхэ эттэ: «Өлүөххүн баҕарбат буоллаххына, дьиэҕэр төнүн… Сотору бассабыыктары барыларын имири сотуохтара», – диир. Куттанабын… Тугу эрэ тэринэллэр быһыылаах.
– Оттон ол миигин кытта Аанньахха киирсэн тугу гыныаххыный?
– Тугу баҕарар үлэлиэм, саатар, хара үлэ баҕас көстөр ини.
– Чэ сөп, барыс даҕаны.
Өрүскэ киирэллэр. Кыракый борохуот үрүҥ паарынан уһуутуу олорор. Сэмэнчиги кытта барсар делегаттар кытылга үмүөрүһэн тураллар. Сэмэнчик тиийэрин кытта, бары борокуокка киирэллэр.
Хайа ийэ сүрэҕэ оҕотун туһугар ыалдьыбата баарай, Маайа оҕото баран эрэриттэн эмиэ сонньуйар. Хайдах сылдьаахтыыр, эмиэ соҕотоҕун хаалаахтаатаҕым дии саныыр. Ити санаатыттан өссө ордук хараастар, былаатын уһугунан хараҕын уутун соттор.
– Тоойуом, төһөнөн көһүтэбиний?
– Сотору кэлиэм, ийээ!
– Мамаша, хата, оҕоҕор сарсыҥҥыттан кэһиигин мунньа сырыт, – диир биир эдэр мотуруос.
Сэмэнчик өссө кими эрэ кэтэһэр, көрдүүр курдук көрөр-истэр.
Борохуот хатан бэйэлээхтик часкыйар уонна, аргыый аҕай эрдинэн, үөс диэки тэйэр. Маайа оҕотугар былаатынан далбаатыыр. Сэмэнчик хортууһун өрүтэ ууналаан киниэхэ хардарар. Борохуот үөскэ киирдэр киирэн барар. Күүстээх көлөһө эрдиилэринэн өрүс уутун көҥүтэ сынньан, аа-дьуо эргийэн, сырылаччы тыына-тыына, устан сундулуйар. Маайа өргө диэри кытылга борохуоту батыһа көрөн турар. Уоһун иһигэр ботугуруур:
– Эбэм барахсан! Оҕобун аһыныгас хараххынан көр, сылаас илиигинэн бүөбэйдээ, этэҥҥэ илдьэ сырыт! – уонна үөһэ тыынан баран дьиэтигэр тахсаары эргиллэр. Көрбүтэ – кытыл үрдүгэр Настя киирэн Сэмэнчик барбыт борохуотун одуулаһа турара. «Ол да иһин, оҕом кинини кэтэспит эбит ээ», – дии саныы-саныы, Маайа дэриэбинэҕэ тахсар.
* * *
Сэмэнчик Маачаттан бардаҕын киэһэ Сараапап атыыһыт дьиэтигэр маннааҕы уонна Нохтуйскай сэлиэнньэтин баайдара, атыыһыттара мусталлар, Сергий аҕабыыт кытта кэлбит.
Атыыһыт улахан саалатын ортотугар остуол уйарынан ас тардыллыбыт, арыгы туруоруллубут. Кузьма Петрович кэргэниниин ыалдьыттарын күндүлүүллэр.
– Баһаалыста, үтүө ыалдьыттарбыт, аһаан иһиҥ! Сотору аһыыр даҕаны аспыт суох буолара буолуо… Саҥа былаас тойотторо – аччык-кулут кумалааттар тугу сатаан тэрийэн олоҕу көннөрбүттэр үһүө! Биһиги бэлэммитин сиэн-аһаан, ыһан-тоҕон бүтэриэхтэрэ да, онон эстэр инибит, – Сараапап уоһун-тииһин соттор.
– Яко, благоразумное глаголе! – Сергий аҕабыыт Кузьма Петрович этиитин сөбүлүүр.
– Бэрт сөпкө этэҕин, Кузьма Петрович! – Аны Юшмин дьоһуннаах ахан сыаналааччы буолар. – Хайа, өстүбэс даҕаны, туох эмит биллэр дуо Прохор Ивановичтан?
– Икки хонуктааҕыта сурук туттум.
Остуол тула олорор дьон, ыстыылларын кытта тохтотон, чуумпура түһэллэр. Кинилэр бары Петухов үрээнньик Дьокуускайга киирбитин билэр этилэр. Көһүтүүлээх «офицерскай восстание» туһунан истиэхтэрин олус баҕараллара.
– Тойоттор, балаһыанньа олус куһаҕан. Петухов биллэрэринэн, туох эрэ буолбут…
– О, господи! – дии-дии Сергий аҕабыыт кириэс охсунар.
– Восстание тэрийэр офицердары үгүстэрин хаайталаабыттар…
– Туох алдьархайай!
– Дьэ үлүгэр да буолар эбит!
– Тойоттор, мин ол иһин эһигини ыҥыртаатым. Манна уҥуоргу Барсуков кырдьаҕастан уратыгыт бары бааргыт, ол кырдьаҕас кыайан манна туоруур кыаҕа суох буолан кэлбэтэҕэ буолуо. Биһиги манна сүбэлэстэхпитинэ табыллар. Комиссар уол бүгүн Аанньаахха киирдэ. Онно бу күннэргэ ханнык эрэ съезтэрэ буолуохтаах үһү.
– Мин прихожаннарым кэпсииллэринэн, – диир Сергий аҕабыыт, – сахалар автономия ылаары көрдөһөллөр үһү…
– Ол туохпут аатай? – дэһэллэр Нохтуйскайтан сылдьар баайдар.
– Ол аата сахалар бэйэлэрэ туспа государство буолаары гыналлар, – Юшмин быһааран биэрэр.
– Бэрт эбит буолбат дуо?.. Бассабыыктар баһылаабыт Арассыыйаларыттан биһиги арахсар буоллахпыт дии, оннук буоллаҕына? – Нохтуйскай кинээһэ Дороппуун көбдьөөрөр.
– Оттон биһигини бэйэҕитигэр кыттыһыннараҕыт дуу? – Сараапап, аттыгар олорор киһиэхэ имнэнэн кэбиһэн баран, Дороппуун кинээстэн ыйытар.
– Кырдьыга, нууччалары саха былааһыгар кыттыһыннарыа суох баара буолан баран, эн, Кууһума Бөтүрүөбүс, биһиги киһибит, син саха кэриэтэ киһи буоллаҕыҥ дии!
– Хайа, эһиги, сахалар, нууччата суох туспа сатаан олоруоххут дуо ол? – аны Юшмин тыл кыбытар.
– Тоҕо олоруо суохтаахпытый? – Дороппуун мөккүһэн барар.
– Ханнык сайдыыгытынан олороору гынаҕытый? Биир арсыын чараас таҥаһы оҥорор фабрикаҕыт суох, биир хотууру уһааран таһаарар заводкут эмиэ суох. Ама, бу билиҥҥи кэмҥэ торбос тириитинэн таҥнан сылдьаары автономияланыаххыт дуу? – Юшмин өссө кыһыылааҕын таһаарар.
– Суох, эһиги, нууччалар, бассабыыктаргытын кытта бииргэ олоруохпутунааҕар, торбос даҕаны тириитинэн таҥнан олорбуппут ордук!
– Господа, тойоттор, тохтооҥ! – дии-дии, Сараапап ойон турар. – Маннык күчүмэҕэй күннэр кэлэн турдахтарына бу эһиги туоххут мөккүөрэй? Сахалар, большевиктар баһылаабыт Россияларыттан арахтахтарына да, өлүөхтэрэ суоҕа. Биһиги Бодойбо, Чаара, Жуя көмүстээх кумахтарын Россияҕа, большевиктарга биэриэхпит суоҕа. Хайа Саха сирин түүлээҕэ? Ити барыта Саха автономиятын баайа буолуо. Көмүскэ, түүлээххэ хайа баҕарар омук атыыһыттара табаар бастыҥын, таҥас үтүөтүн биэриэхтэрэ. Итини барытын сатыахха, кэпсэтиитин эрэ табыахха наада. Ол эрээри манныгы умнуохха сатаммат: маннааҕы большевиктар аата эрэ автономияны тэрийэр санаалаахтар. Кинилэр кыһыл Россияттан арахсар, туспа государство буолар санаалара букатын суох.
– Оччоҕо биһиэхэ оннук былаас букатын даҕаны наадата суох! – Дороппуун кинээс сапсыйан кэбиһэр.
– Яко, итиннэ тугу эрэ буллахха табыллар, – Сергий аҕабыыт сөмүйэтин чочоҥнотор.
– Аргыый буолуҥ, баачыка этээри гынар! – Сараапап атыыһыт дьонун чуумпурдар.
Сергий аҕабыыт бытыгын имэринэр, уоһун соттор:
– Таҥара библията даҕаны ыйарынан, норуот даҕаны билэринэн, маннык кэмнэр сир үрдүгэр урут да буолуталаан сылдьыбыттара. Онно, яко, норуоту биир санааҕа түмэр улахан кыайыылаах буолара… Большевиктары, таҥараны билиммэттэри – еретиктэри утары норуоту туруоруохха!.. Онно ити этэр автономияҕыт бэрт туһалаах буолуон сөп эбит. Норуокка этиэххэ: «Биһиги автономияны тэрийиэҕиҥ, токмо ол автономияҕа большевиктар суох буолуохтаахтар!» – диэн.
– Баачыка бэрт сөбүн этэр!
– Большевиктар итини тоҕо сөбүлүөхтэрэй! – Юшмин эмиэ айдаарар. – Итиннэ норуоту арай большевиктары утары туруорары ситистэххэ эрэ кыаллар дьыала.
– Сөпкө этэҕит, иккиэн сөпкө этэҕит, өйдөөх этиилэр! – Сараапап иилэ хабан ылар. – Эн, баачыка, сэлиэнньэлэри, дэриэбинэлэри кэрийэ сылдьан норуокка, быһаччы сахаларга, ити санааҕын тириэрт. Оттон бу биһиги, урут атыыһыт, кинээс буола сылдьыбыт дьон, бэйэбит диэки буолар дьону, чэ, сирэйинэн эттэххэ, кыһыллары утары охсуһар дьону хомуйуоҕуҥ!
* * *
Аанньаах куората. Хас олбуор аанын аайы кыһыл былаах тэлимниир. Бүгүн манна Өлүөхүмэ уокуругун үлэлээн иитиллээччилэрин маҥнайгы съеһэ аһыллаары турар. Киһи муста түспүт сиригэр эрэ барытыгар кэпсэтэр кэпсэтии, дьүүллэһэр дьүүллэһии үксүн ити съезд туһунан буолар. Съезкэ кэлбит дьон мунньах аһыллыан быдан инниттэн автономия тэриллиитин боппуруоһун сыымайдаспытынан бараллар. Быйыл саас Дьокуускайга уобаластааҕы партийнай мунньахха тахсыбыт мөккүөрү манна, Өлүөхүмэҕэ, хайыы-үйэҕэ истибит этилэр.
– Максим Аммосов этиитэ сөп, автономияны хайаан даҕаны субу күннэргэ тэрийэри модьуйар наада!
Оттон сорохтор итиннэ киириммэттэр:
– Суох, Аммосов этиитэ сыыһа быһыылаах. Хата, Васильев этиитэ сөп. Кырдьыга даҕаны, биһиги хаһан туспа государстволанан сатаан олоруохпутун баран… Туспа бардахпытына, хайа табаарбытын эҥин хантан ылабыт? Былыргы өбүгэлэрбит курдук тирии таҥаһынан сылдьабыт дуу? Сүрэ бэрт буолаарай!.. Автономия билигин эрдэ. Кэнники, баҕар, наада буолуо, олох бэйэтэ ону көрдөрөн иһиэҕэ.
Съезд аһыллар. Манна съеһи ыыта Дьокуускайтан Исидор Барахов кэлбит. Кини «Саха автономиятын тэрийэр наадатын туһунан» дакылаатын съезд кыттыылаахтара бэркэ болҕойон истэллэр. Дакылаатчыт уобаластааҕы партийнай мунньахха тахсыбыт мөккүөрү делегаттартан кистээбэт. Ол кэпсээн баран, автономияны утарсар дьон этиилэрэ сыыһатын дакаастыыр:
– Табаарыстар, эһиги бэйэҕит тойонноон көрүҥ. Ким да Саха автономиятын Советскай былаастан араараары гыммат, биһиги Саха автономията Россия Федерациятын иһинэн тэриллэригэр көрдөһөбүт. Ол аата, урукку өттүгэр ыраахтааҕы колонията, хаайыы дойдута буолан олорбут Сахабыт сирэ Россияҕа атын бары омуктары кытта биир тэҥ бырааптанарын көрдөһөбүт. Биллэн турар, биһиги, сахалар, үс сүүсчэ сыл устата бииргэ олорбут государствобытыттан арахсар, бэйэбит туспа государство буолар кыахпыт хайа да өттүнэн суох. Өскөтө, этэллэрин курдук, арахсарбыт эбитэ буоллар, сонно тута атын адьырҕа омуктар, баай государстволар хааннаах сабарайдарыгар, халыҥ хабалаларыгар киириэ этибит, эмиэ колония дойдута буолуо этибит. Биһиги, ону өйдөөн туран, Россияны, Россия бары норуоттарын кытта бииргэ олорор, Советскай былааһы бөҕөргөтөр, социализм тутуутун ыытар Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республикатын тэрийэргэ көрдөһөбүт… Биһиги көрдөһүүбүт – саха норуотун көрдөһүүтэ – Россия Коммунистическай партиятын национальнай политикатыгар утарбат, онон итини Владимир Ильич Ленин өйүөҕэ диэн эрэнэбит!
Дакылаатчыт, ытыс таһыныыта бүтэрин күүтэ таарыйа, ачыкытын устан соттор. Кини итинтэн салгыы Өлүөхүмэ уокуругун үлэлээн иитиллээччилэрин Советскай автономияны тэрийэргэ санааларын холбуулларыгар ыҥырар. Түмүгэр быйыл күһүн Дьокуускай куоракка ревкомнар съезтэрин ыҥырарга уобаластааҕы партийнай тэрилтэ уураах ылыммытын, онно эмиэ бу автономияны тэрийэр туһунан боппуруос туруохтааҕын иһитиннэрэр.
Дакылаат кэнниттэн кэпсэтиигэ киирэллэр. Трибунаҕа тахсыбыт киһи үксэ Саха автономиятын тэрийэри сөптөөҕүнэн ааҕар. Ол эрээри нуучча дэриэбинэлэрин, сэлиэнньэлэрин олохтоохторо хас да киһи мунаах соҕустук кэпсэтэллэр. Сорохтор туран ыйыталлар:
– Бэйэм чааһым Саха автономиятын тэрийэри утарсыбаппын буолан баран, ол автономияҕа биһиги, нууччалар, киирэр кыахтаахпыт дуу, эбэтэр үйэ-саас тухары олорбут Ленабыт биэрэгиттэн көһөн биэрэбит дуу?..
Делегаттар күлсэн ньиргиһэ түһэллэр. Дакылаатчыт ойон турар.
– Табаарыстар, итинтэн күлсүөххэ сатаммат! Ити бэрт сөптөөх ыйытыы. Табаарыстар, Саха автономиятын Россия Федерациятын иһинэн, ол аата, нуучча государствотын иһинэн тэриллиэхтээх. Онон манна сахатынан-нууччатынан араара барыахха сатаммат. Лена өрүс умнаһыгар даҕаны, атын да сиргэ олорор нууччалар ханна да көһөрүллүбэттэр… Биһиги бары бииргэ олоруохпут, Советскай былааһы бөҕөргөтүөхпүт, социализмы тутуохпут! – Барахов ити этиитин делегаттар эмиэ ытыс таһыныытынан көрсөллөр.
Иккис күннээҕи мунньахха съезд делегаттара Өлүөхүмэ уокуругуттан уобаластааҕы ревкомнар съезтэригэр үс киһини делегатынан ыытарга талаллар. Ол үс киһиттэн биирдэстэрэ – Семен Федорович Владимиров.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.