Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 58 (всего у книги 62 страниц)
Ыкса киэһэ, халлаан хараҥарбытын кэннэ, Васька Барсуков Покровскай сэлиэнньэтигэр киирэр. Ата улаханнык илистибит. Илистиминэ даҕаны, суукканы эрэ кыайбат кэм устатыгар кини бэрт ыраах сири тохтоло суох айаннаата. Уһун синньигэс уулусса устун баран иһэр. Хараҥаран, Дьөгүөрэп эппит таҥараларын дьиэлэрэ көстүбэттэр. Ата хас ыал олбуорун аайы киирэ сатаан мунньаҥныыр. Ол курдук иһэн Васька Барсуков биир аттаах киһи утары иһэрин көрсөр.
– Доҕоор, тохтоо эрэ! Дулҕа оҕонньор дьиэтэ мантан төһө ырааҕый?
– һэ, Дулҕа дьиэтин билбэт бу хантан сылдьар киһигиний? – көрсүбүт киһи сэмэлиирдии тыллаһар.
Васька Барсуков сыарҕатыттан түһэр.
– Мин ыраахтан сылдьабын, урут бу диэки үктэммэтэх киһибин. Ол иһин ити ыйыта сатыыбын, – дии-дии сыарҕаҕа олорор киһиэхэ тиийэр.
Анараа киһи эмиэ сыарҕатыттан турар.
– Хайа, Бааскаҕын дуу?
– Мин…
– Бу хантан көһүннүҥ? – Сүөдэркэ Дьаакыбылап өрө көтө түһэр.
– Хантан диэн?.. Сорук-суол ханна барыай. Хата, эйигин көрүстүм, – Васька Барсуков улаханнык үөрэр.
– Чэ, барыах! – диэт, Сүөдэркэ Дьаакыбылап атын эргитэ тардар.
Кириэппэс курдук бөҕө олбуордаах дьиэ аттыгар кэлэн тохтууллар. Сүөдэркэ атын сыарҕатыттан түһэр уонна Васька Барсуковка сибигинэйэн:
– Дулҕа оҕонньор бу олорор… һэ-һэ, кырдьык, аатыгар сөптөөх киһи, барыта бары дулҕа курдук бөҕө.
Барсуков туран олбуор калиткатын аанын анньыалаан көрөр да, тимир курдук, иһиттэн олуурдаах дуу, хатааһыннаах дуу быһыылаах.
– Кыайан аһыаҥ суоҕа, күүскэ соҕус тоҥсуй!
Васька Барсуков калитканы күүскэ тоҥсуйар. Ким эрэ дьиэттэн тахсар. Олбуор айаҕар кэлэр. Аспакка туран, көхсүн этитэн баран, кыыһырбыт куолаһынан:
– Ким эмиэ олбуор аанын тоҥсуйарый? – диэн көбдьөөрөр.
– Оҕонньоор, мин биир доҕорбун көрсөн, төннөн кэллим! – диир Сүөдэркэ Дьаакыбылап.
– Ээ, дьэ, кэлэн-баран тиэстэриҥ барамматах баҕайыгын, – дии-дии, олбуор аанын олуур маһын ылар тыаһа иһиллэр. Аан аһыллар. Васька Барсуков көрдөҕүнэ, лэкэчэк курдук сонос соҕус бас сыгынньах киһи сылдьар.
Ыалдьыттар аттарын олбуор иһигэр киллэрэллэр, хараҥа хаһаа аттыгар аҕалан баайталыыллар. Олбуор аанын аһан биэрбит киһини батыһан дьиэҕэ киирэллэр. Дьиэлээхтэр киэһээ аһылыктарын аһыы иликтэрэ. Сүөдэйбит улахан оһоххо икки обургу соҕус иһиккэ эт буһан үрүҥ күүгэнинэн ыһыахтанар.
– Бу доҕорум диир киһиҥ хантан сылдьар киһиний? – били батыһыннаран киирбит, дулҕа сиэлин курдук баттахтаах, абына-табына үүммүт хара бытыктаах сааһыра барбыт киһи ыйытар.
– Ыраахтан сылдьабын, Аанньаах куоратын анараа өттүттэн, инньэ Нохтуйскай диэн сэлиэнньэттэн, – диир Васька Барсуков.
– Ыраахтан да сылдьар киһи эбиккин!.. – итинтэн ураты дьиэлээх киһи тугу да саҥарбат. Кэргэттэрэ да кинилэри кытта кэпсэппэттэр. Дэҥ кэриэтэ харахтарын кырыытынан кылап гына көрөн эрэ аһараллар. Бу ыал икки хороччу улааппыт уолаттардаах эбиттэр. Уолаттар оскуолаҕа үөрэнэр быһыылаахтара, таҥара холоругун сэргэ мас долбуурга кинигэлэр уонна тэтэрээттэр дьаарыстана ууруллубуттар.
Дьиэлээх дьахтар улахан тимир тэриэлкэҕэ кырбас эттэри хоторон таһааран остуолга туруорар. Дьиэлээх киһи хап-сабар остуолугар кэлэр, этэрбэһин оһуттан быһаҕын ылар.
– Хоноһолор, чэйиҥ, остуолга кэлиҥ, аһыаҕыҥ!
Дьаакыбылаптаах Барсуков остуолга кэлэн олороллор. Атын кэргэттэрэ уоттарын аттыгар тураллар. Дьиэлээх киһи күөстэн хоторуллубутунан кырбас эттэри туппахтаан көрүтэлиир уонна Сүөдэркэҕэ, Васькаҕа биирдии кырбаһы уурталаан биэрэр.
– Ноколо-ор, тоҕо тураҕытый? Кэлиҥити-ий! – оҕонньор уолаттарын ыҥыртыыр.
Онтон дьахтар улахан тимир миискэҕэ эт миинин кутан бычалытан аҕалар.
Ортолуу аһыы олорон дьиэлээх киһи Васька Барсуков диэки көрө-көрө:
– Бу диэки билсэр дьонноох буолан кэлэ сылдьар буолаҕын дуу, хайдах дуу?
– Суох, урут манна сылдьыбатах сирим. Бу эйиэхэ даҕаны аараттан, эйигин билэр Дьармагыан Дьөгүөрэп кырдьаҕас ыйааҕынан киирдим.
– Э-э, ол киһиэхэ сырыттыҥ дуо? Хайдах олорор буолар эбитий?
– Кэминэн олорор быһыылаах.
– Э-ээх. Дьэ оччоҕо ол ыйдара-ыйдара туох соруктаах буолан манна кэллиҥ?
– Оччо улахан сорук диэн суох. Бу хоту дьаамнар диэки тиийэ сылдьыахтаахпын.
– Э-ээх, хата, миэхэ наадалаах буолан кэллэҕэ дуу диэн өйдөөтүм ээ бастаан, – дьиэлээх киһи, улахан соҕус уҥуох субатын быһаҕынан кыһыйан ылан сии-сии, дьэ ирэн-хорон кэпсэтиэх курдук буолан барар.
– Аара кыһыллар ханна кэлбиттэрин биллиэҥ?
– Мин кинилэри бүгүн күнүс куоттум быһыылаах, быһалыыр суолунан кэлэн.
– Улахан арыы суолунан дуо?
– Онон…
– Э-ээх, хайыай… чугаһаабыттар, – дии-дии, Дулҕа тиниктэһэ олорбут уҥуоҕун остуолга уурар. – Сүөдэркэ, дьоҥҥор биллэрдэххинэ табыллар буолбут дии.
Туох да саҥата суох бары ах бараллар. Дулҕа, тимир миискэттэн миин иһэн сыпсырыйан баран, уоһун туора-маары соттон кэбиһэр.
– Чэйиҥ, ити хоско киирэн ону-маны кэпсэтэ түһүөҕүҥ, – ыалдьыттарын Дулҕа киһитэ суох хоско ыҥыртаан киллэртиир. – Дьэ, оччоҕо хайыыгыт? Эн бу эмиэ этэрээт киһитэҕин дуу? – Дулҕа Васька Барсуковтан дьиҥин билээри ыйытар.
– Оннук. Бу сибээскэ, маннааҕы үрүҥнэргэ кэлэн иһэбин.
– Мин, – диир Сүөдэркэ Дьаакыбылап, – кыһылларга көстөрүм табыллыбат. Ол этэрээти кытта Баладьыымарап диэн миэхэ өстүйэр уол исиһэр буолуохтаах. Кини миигин көрдөр эрэ – өлөрөр.
– Миигин көрөллөрө эмиэ табыллыбат, – диир Васька Барсуков. – Биһиги дэриэбинэттэн Керемясов ревком ол кыһылларга холбоһон иһэр буолуохтаах.
Дулҕа ол-бу диэки көрбөхтүүр.
– Дьэ, табыллыбатах баҕайы доҕор… Арай, биһиги бу курдук сүбэлэстэхпитинэ: эһиги, манна кыһыллар кэлэллэрин көһүппэккэ эрэ, биирдэскит Төхтүр дьаамыгар, оттон биирдэскит Хахсык ыалларыгар хорҕойон олордун? Мин кыһыллар хаһан мантан туралларын киһи ыытан эһиэхэ биллэриэм. Онтон анарааҥҥытын ол маннааҕы тойоҥҥутугар эһиги биллэриэ этигит буоллаҕа дии.
– Ити, арааһа, сөп буолара буолуо, – диир Сүөдэркэ Дьаакыбылап. Васька Барсуков тугу да саҥарбат. Бу диэки сири-дойдуну кини олох билбэт. Онон тугу да этэр кыаҕа суох.
– Туох-ханнык иннинэ салайааччыларын, чөмчөкөлөрүн бултаһаллара сөп. Атыттара диэн баһа-көһө суох тугу даҕаны гыныахтара, ханна даҕаны барыахтара суоҕа. Эһиги ити курдук тойоҥҥутугар этиҥ.
Дулҕаны таһыттан көрөргө итинник эрэ санаалаах буолуо диэбэт киһитэ. Ол гынан баран, кини, кырдьык да, аатын аанньа, суол ортотугар олорор дулҕа курдук киһи, улахан иҥнигэн буолар таҥнарааччы.
– Кыһыллартан куттаммаккын дуо, эйигин тыыппаттар дуо? – Васька Барсуков ыйытар.
– Кыһыллар миигин тоҕо тыыттахтарай. Улахан көстөр баайым суох. Төрүт-уус да киһи буолбатахпын. Үгүс сылларга буостаҕа үлэлээбитим, билигин кэппэрэтиип лааппытын ыскылаатын тутабын, – дии-дии, Дулҕа ытыһын нэлэҥнэтэр.
– Оччоҕо тоҕо ити курдук кыһыллары абааһы көрөҕүнүй?
– Чэ, оннук сөбүлээбэт былааһым дьонноро. Кырдьыга, кинилэр кэлэннэр олохпун тупсарыахтара дии санаабаппын. Тупсарыахтааҕар биһигинньиктэри кэнникинэн туоратан да бардахтарына көҥүллэрэ. Киһини барытын ити мин курдук санааҥ диэбэппин. Мин кими сөбүлүүрүм-сөбүлээбэтим бэйэм дьыалам буоллаҕа дии. Бэйи, хата, мин эһиэхэ биллэрэ ыытар киһибин киллэрэн билиһиннэриим.
Өр буолбат, Дулҕа ханнык эрэ эргэ суппуун сонноох, тыс этэрбэстээх, куобах тириитэ бэргэһэлээх, муннун уонна икки имин кыһын иһэлиппитэ тириилэрэ хаҕыланан түспүт, салгын харааччы сиэбит сирэйдээх киһитин батыһыннаран киллэрэр.
– Хайаҕыт Төхтүр дьаамыгар көһүтүөҕэй? – Дулҕа ыйытар.
– Васька… Бу киһи көһүтүө, – Сүөдэркэ Дьаакыбылап бэйэтиттэн халбарытына охсор.
– Көрөн кэбис, бу киһиэхэ бараҥҥын этиэҥ, – Дулҕа киллэрбит киһитигэр Васька Барсукову ыйар.
– Мин ол Төхтүргүтүгэр кими даҕаны билбэппин ээ, – Васька Барсуков, тугу эмэ сөбүлээбэтэҕинэ туттар үгэһинэн, сотору-сотору чыпчылыҥнаан ылар.
– Сүөдэркэ-э, иһит эрэ, бу доҕоргун Бараанаптарга тохтотоор, билэр инигин Бараанаптары?
– Э-э, билэрим буолуо, били Хахсык суолун тамаҕар олорор ыалы этэҕин буолбат дуо?
– Ээ, ол ыал. Эн билэр инигин? – Дулҕа киллэрбит киһититтэн ыйытар аны.
– Билэбин.
– Чэ, сөп, эрэйгин умнуллуо суоҕа, – Дулҕа киллэрбит киһитин таһаарар. Хос иһигэр Васька Барсуков Сүөдэркэлиин иккиэйэҕин хаалаллар.
– Дьэ, буккуллан-тэккиллэн күннэр дии? – диир Васька Барсуков.
– Сэрии аата сэрии буоллаҕа дии, буккуллумуна. Били маҥнай манна, Саха сиригэр, кыһыллар кэлэллэригэр – дьэ онно баара чахчы буккуллуу диэн. Көр эрэ, маҥнай борохуот күһүҥҥү бириистэҥҥэ, Высокай мыыс үөһээ өттүгэр тиксэрэ буолуо диэн, миигин онно ыыппыттара. Онтон көрбүппүт – кыһыллар иһэр борохуоттара, өрүс үөс сүнньүн тутуһан, алын ааһа турбута. Бондалетов тойон: «Кэлиҥ бары, Гольминкаҕа тоһуйабыт!» – диэн, дьону барытын аны аллара, куорат алын өттүгэр сүүрдэр. Күһүҥҥү бириистэҥҥэ миигин аҕыйах киһилээх эрэ хаалларар. Дьэ, доҕоор, онтукабыт баара кыһыллар биһигини албыннаабыт этилэр. Аллара, киһитэ суох кураанах борохуоттары ыыппыттар, оттон бэйэлэрэ дьоннорун барыларын күһүҥҥү бириистэн үөһээ өттүгэр түһэртээбиттэр. Мин, аҕыйах киһинэн тугу гыныахпыный, куотарбар эрэ…
Дулҕа киирэн кэлэр. Ытыһын имэринэ-имэринэ:
– Чэ, ити эрэл киһи. Ханна халбаҥнаатаҕай, кини биһикки биир быаҕа бааллан олоробут.
– Ол «биир быаҕа бааллыбыккыт» диэн тугуй? – Васька Барсуков, урут итинник этиини истэ илик буолан, өйдөөмүнэ, ыйытар.
– Э-э, ити маннааҕы кэппэрэтиип ыскылаатын таһаҕасчыта. Онон мин илиибин-атахпын кэтэһэр киһи буоллаҕа эбээт.
Ким эрэ калитка аанын тоҥсуйар. «Ким кэллэҕэй?» – диэбиттии, Дулҕа хоһун иһигэр олорор Васькаттан уонна Сүөдэркэттэн ыйытардыы көрөн кэбиһэн баран:
– Эмиэ хайалара кэлэн тоҥсуйар баҕайыный? – дии-дии тахсар.
Дьиэлээх уолаттар, ийэлэрэ даҕаны сыппыттар быһыылаах, саҥа-иҥэ иһиллибэт. Олорбохтуу түһэн баран, Васька Барсуков этэр:
– Кыһыллары арай бу сырыыга кыайаа инилэр. Биһиги диэки, дьиҥэр, туох да кыайыы тахсыбата.
– Манна даҕаны оннук. Ханнык эмэ быстах этэрээти кыдыйарга дьорҕооттор, оттон Дьокуускай куораты ылар кыахтара суох, – диир Сүөдэркэ сибигинэйэн.
– Быһыыта, мөлтөһүөр дьоҥҥо эн биһикки кыттыстыбыт дуу, хайдах дуу? – Барсуков доҕоруттан ыйытар.
– Мөлтөхтөр-күүстээхтэр диэн, аны кэлэн талар кыахпыт суох… Бассабыыктарга, кыһылларга олорон биэриэхтээҕэр, охсуспута буола сылдьан умса түспүт быдан ордук! Оннук буолбат дуо?
Ити курдук отур-ботур кэпсэтэ олордохторуна, хос иһигэр Дулҕа киирэр.
– Туох киһитэ кэлэ сырытта? – диир Сүөдэркэ.
– Маннааҕы, бэйэ киһитэ… Билигин үгүс истэр кулгаахтаах, көрөр харахтаах эрэ буоллахха, киһи табыллар үйэтэ кэлэн турар. Кыһыллар бу түүн Бэстээх дьаамыгар хоно сыталлар үһү. Оттон инники дьонноро, көрөөччүлэрэ-истээччилэрэ, Кыыл Бастаахха тиийэ кэлэн сылдьаллар диир ол киһи.
– Оччоҕо сарсын күнүс манна кэлэр буоллахтара дии? – Сүөдэркэ куттаммыт курдук көрөр-истэр.
– Кэлэн-кэлэн. Бу ыккардын өр гыныахтара дуо, – Дулҕа үөһэ тыынар. – Чэ, эһиги сынньаныҥ. Сарсыарда эрдэ туруортуом… Аттаргытын аһаттым, онно кыһанымаҥ, – дии-дии, Дулҕа хоноһолоругар бу хоско утуйар таҥастарын киллэртээн биэрэр.
Сүөдэркэ Дьаакыбылап бу түүн аанньа утуйбат. Кини саныыр санаата барыта бу соҕурууттан иһэр кыһыллары ханнык хапчаан сиргэ тоһуур оҥорор ордугун була сатааһыҥҥа саймаарар. «Бокуруоскайтан инньэ Төхтүргэ диэри киэҥ киллэм хонуу. Бэрт үгүс кырдаллар, элгээннэр, үрэхтэр, аппалар бааллар да, онно тоһуйан ытыалаатахтарына, кыһыллар хайа баҕарар диэки куотар кыахтаахтар. Онон ити киллэм хочо тоһуур оҥорорго табыгаһа суох… Бэйи эрэ, били Табаҕа дьаамыттан Төхтүргэ кэлэргэ Табаҕа хайатын аннынан барар суол кыараҕас, уһун синньигэс элгээн мууһунан барар этэ эбээт. Өрүс диэки өттө хойуу иирэнэн саба үүммүт этэ, тыа диэки өттө – туруору хайа. Бэйи, тоһуур оҥорторор буоллаҕына, итини тойоҥҥо эттэххэ табыллыыһы дуу?!» – дии саныы сытан нухарыйан барар…
– Хоноһолор, туруҥ! Айан дьоно барар-кэлэр кэмҥит буолла, – дии-дии, Дулҕа киирэр.
Сүөдэркэ Дьаакыбылап төһө даҕаны утуйуон баҕардар, быстыа дуо, турарыгар тиийэр, дьааһыйа-дьааһыйа оронугар олорор.
– Халлааммыт төһөлөстө эрэ буолла?
– Эрдэтин эрдэ буолан баран, мантан барар даҕаны сиргит чугаһа суох.
Васька Барсуков Сүөдэркэлиин турбуттара – хайыы-сахха Дулҕа чаанньыгар чэй өрөн бэлэмнээбит этэ. Аттара иккиэн көлүллэн тураллара.
Чэйдии олордохторуна Дулҕа:
– Истэҕит дуо, бэркэ диэн кичэйэн тойоҥҥутугар этиҥ: аан бастаан чөмчөкөлөрүн тутуу былдьастыннар. Туохха баҕарар баһылыга буоллаҕа дии туллар тутаах диэн, – диир.
– Ээ, дьэ, төһө табылларынан этэ сатыахпыт этэ, – дии-дии, Сүөдэркэ Дьаакыбылап чэйин омурдумахтыыр.
– Халлаан сырдыа эрдэ ини? – Васька, халлаан сырдыырыттан куттаммыт курдук, ыйытар.
– Эрдэ-эрдэ, Уулаах Аан диэки тиийэргит эргин сырдыыра буолуо.
IIIХотугу Иккис этэрээт уонна Каландаришвили штаба Иркутскайтан турбуттара икки ыйа туолуута Булгунньахтаах дьаамыгар тиийэн кэлэллэр. Мантан Дьокуускай сүүс түөрт уон биэрэстэ кэриҥэ.
– Табаарыстар, манна өрүүбүт, аттарбытын сынньатан ааһабыт! – Нестор Александрович дьаһал биэрэр. – Табаарыс Асатиани, сарсын биир эскадрону урут куоракка ыыт, биһиги иннибитинэ эрдэ дьон тиийэрэ наада.
– Истэбин, табаарыс командующай!
– Хайаларын эскадронун ыытар сөп буолуо дии саныыгыный? – Каландаришвили этэрээт начальнигыттан ыйытар.
– Строд эскадронун. Суолу билэр киһи кини бардын.
– Сөп буолуо. Стродка биллэрэн кэбис, дьонун эрдэттэн бэлэмнээтин… Даа, итини эскадрон комиссара тэрийэр эбээһинэһэ.
– Табаарыс командующай, Строд эскадронун комиссара ыалдьыбыт, кыайан ыҥыыр атынан айанныа суоҕа, – Асатиани дакылааттыыр.
– Бэйи эрэ, Строд партията суох этэ дуу? – Каландаришвили, саҥа өйдөөбүт курдук, ыйытар.
– Партията суох. Баҕар, киириэ эбитэ буолуо ээ, кинини кытта дьоһуннаан кэпсэппит даҕаны суох.
– Суох, мин Иван Яковлевиһы кытта кэпсэппитим, – диир Хотугу Иккис этэрээт военкома Киселев.
– Ну-ну? – Каландаришвили комиссар туох диирин истээри сэргиир. – Кини 1917 сыллаахха 81-с полкаҕа сулууспалыы сылдьан Керенскэй былааһын кэмигэр, большевиктар ыҥырыыларын истиминэ, немецтэри кытта сэриилэһэ сылдьыбыт. Онно Бириэмэннэй правительствоттан төрдүс Георгиевскай кириэһинэн наҕараадаламмыт уонна прапорщик чыынын ылбыт. Дьэ ол кэнниттэн, Октябрьскай революция буолбутугар, «офицер хайдах кыһыллар диэки буолуохпунуй?» диэн, кыһыл гвардияҕа сулууспалыыртан аккаастана сылдьыбыт. Онон 1917 сыллааҕы ахсынньы ыйга армияттан уурайан, төрөөбүт куоратыгар Люциҥҥа төннүбүт. Онтон немецтэр Латвияны ылалларыгар, 1918 сыллааҕы кулун тутар ыйга, советскай Россияҕа куоппут… Онтон ыла биһиэхэ сылдьар.
– Ол кэмҥэ кини эрэ мумматаҕа. Оннук буолбат дуо, табаарыс военком? – Каландаришвили ыйытар.
– Оннук. Мин Иван Яковлевичка эппитим: эн бу кэмҥэ Советскай былааска, Кыһыл Армияҕа ис дууһаҕыттан бэриниилээххин көрдөрдүҥ, партияҕа киирэр кыахтааххын диэн.
– Дьэ, онно?
– Онно кини бу курдук эппитэ: «Политикаҕа тугу даҕаны билбэт буоламмын, былыргы былаас иннигэр немецтэри кытта сэриилэһэргэ түөрт Георгиевскай кириэһинэн наҕараадаламмытым. Билигин бу таптыыр Советскай былааһым иннигэр охсуһууга түөрт Кыһыл Знамя орденынан наҕараадаланыах тустаахпын. Оччоҕо партияҕа этиэм: «Ылыҥ миигин диэн», – диэбитэ.
– Чахчы бойобуой командир! – диир Каландаришвили, Строд туһунан комиссарын кэпсээнин истэн баран. – Сөп-сөп, кинини ыыт! Комиссарын оннугар били саҥа уол – Владимиров барыстын. Кини маннааҕы дьону билэр буолуохтаах.
Строд эскадрона Булгунньахтаахтан сарсыарда күн саҥа кылайа тахсыыта аттанар. Инники разведчиктар бараллар. Разведчиктар кэннилэриттэн – эскадрон иннигэр Иван Яковлевич Строд уонна комиссар солбуйааччыта Сэмэнчик иһэллэр.
«Суол аһаҕас, туох даҕаны мэһэй суох!» – диэнтэн ураты разведчиктартан атын биллэрии кэлбэт. Күн ортото ааһыыта Строд эскадрона Покровскайга киирэр. Манна тохтуу түһэллэр. Разведчиктарын солбуйаллар.
Иван Яковлевич Покровскайтан куораты кытта телефонунан кэпсэтээри гыммыта – почтаҕа:
– Телефон да, телеграф да үлэлээбэт буолбуттара хас да хонно. Куорат икки Төхтүр дьаамын икки ардыларыгар телеграф остоолболорун кэрдитэлээбиттэр, линиялары быһыталаабыттар үһү, – дииллэр.
«Оннук буоллаҕына, бандьыыттар хайаан даҕаны ханна эрэ тоһуур оҥоруохтара», – дии санаан, Иван Яковлевич разведчиктарын күүһүрдэн биэрэр.
Ити курдук бэрт сэрэҕинэн айаннаан, Уулаах Аан дьаамыгар кэлэллэр. Манна эскадрон хонор. Уулаах дьаамын тула охраналары туруортууллар.
Иван Яковлевич манна, Сэмэнчиккэ тылбаастатан, олохтоох дьону кытта кэпсэтэр.
– Бандьыыттар бу диэки биллибиттэрэ дуо?
– Икки хонуктааҕыта отучча киһи кэлэн ааспыттара.
– Хайа диэки ааспыттарай?
– Төрдүс Малдьаҕар нэһилиэгиттэн киирэн, Өктөм диэки ааспыттара.
– Оттон билигин ханна баар сурахтара иһиллэрий?
– Сотору-сотору Төхтүр уонна хахсыктар диэки көстөллөр дэһэллэр, – диир Трапезников оҕонньор.
Сарсыарда эрдэ туран кыһыллар Төхтүр дьаамын диэки бараллар. Иван Яковлевич разведкатын өссө күүһүрдэр. Эскадрон балачча барбахтаабытын кэннэ, Төхтүр дьаамыттан:
– Төхтүргэ бандьыыттар суохтар, суол аһаҕас! – диэн биллэрии кэлэр.
Строд Төхтүр дьаамыгар дьонун өр тохтоппот. Чэйдээн бүтээт, разведканы солбуйан, Табаҕа диэки бараллар. Ытык хайа аннынан синньигэс элгээн устун баран истэхтэринэ, разведкаттан:
– Табаҕаҕа диэри суол аһаҕас, Табаҕа сэлиэнньэтигэр даҕаны бандьыыттар суохтар, – диэн биллэрэллэр.
Ити биллэрии кэнниттэн эскадрон сулбуччу соҕус айаннаан Табаҕа дьаамыгар кэлэр. Мантан куорат отучча эрэ биэрэстэ. Байыастар куоракка тиийэ охсон сынньаныахтарын олус баҕараллар, түргэнник баран иһэргэ дьулуһаллар. Ол эрээри Табаҕаттан даҕаны эмиэ разведка ыытан суолларын чинчийэн көрө-көрө айанныыллар.
Эскадрон Баҕарах ыалыгар кэлиитэ:
– Куоракка диэри мэһэй суох, суол аһаҕас! – диэн үөрүүлээх биллэрии кэлэр разведкаттан.
Ити курдук күн киириитэ Иркутскайтан Хотугу Иккис этэрээттэн биир эскадрон – Иван Яковлевич Строд командирдаах эскадрон – куоракка киирэр.
Кыһыл эскадрона кэлбитин истэн, куорат олохтоохторо бары тахсаллар.
Били 1919 сыллаахха Иван Яковлевич Строд манна кэлэ сырыттаҕына көрбүт дьоннор:
– Көрүҥ эрэ, Строд кэлбит!
– Строд!.. – дэһэр саҥалар иһиллэллэр.
Куорат ортотугар, былыргы кириэппэс башнятын аттыгар, митинг буолар. Митиҥҥэ олохтоох партийнай уонна советскай тэрилтэлэр ааттарыттан Платон Слепцов, кэлбит кыһыл эскадрону эҕэрдэлээн, тыл этэр:
– Табаарыстар, кыһыл эскадрон командирдара, полит-үлэһиттэрэ, байыастар! Биһиги норуоппут күчүмэҕэй күннэригэр көмөлөһө кэлбиккитин саха норуотун аатыттан эҕэрдэлиибин, махтал-баһыыба биллэрэбин!..
Мустубут дьон ити эҕэрдэни дорҕоонноох «ураа» хаһыынан көрсөллөр.
– Табаарыстар, сарсын-өйүүн манна Иркутскайтан кэлэр Хотугу Иккис этэрээт байыастарын уонна кинилэри кытта иһэр Саха сиринээҕи сэбилэниилээх күүс кылаабынай командующайын Нестор Александрович Каландаришвилины үөрүүнэн көрсүөхпүт!..
* * *
Төхтүр дьаама. Быйыл бу дьаамы Хахсык киһитэ Николай Барашков тутан олорор. Кини аҕата нэһилиэгэр кинээстээн сылдьыбыт баай киһи этэ. Оттон ол баай суос-соҕотох уола Николай аҕатын баппатах киһи буолан биэрбитэ. Уон аҕыһыттан ыла арыгыны, хаартыны батыспыта. Аҕата уолун мөҥөн даҕаны, таһыйан даҕаны көрбүтэ, үтүө тылынан ааттаһан эмиэ көрбүтэ – суох, Николай арыгылыыр, хаартылыыр адьынатын бырахпатаҕа. Ол курдук сылдьан, отуччатыгар чугаһаан баран, хантан эрэ биир дьахтары булан ойох ылан, аҕатын дьиэтигэр аҕалбыта. Оҕонньор уоллаах кийиитин арааран, туспа дьиэҕэ таһаарбыта. Аҕата оҕонньор өлбүтүн кэннэ Николай Барашков, уонча аттанан, Төхтүр дьаамын тутар идэлэммитэ. Онто даҕаны, маннааҕы баайдар былдьаһаннар, сорох дьыл киниэхэ тиксибэт этэ. Быйыл дьаамҥа олорбутун Николай Барашков кэмсинэр. Аҕыйах хонуктааҕыта бандьыыттар кэлэннэр аттарын күүстэринэн миинэн өрүс уҥуор – Хаптаҕайга таһаара сылдьыбыттара. Маннык бутуур кэм буолуон билбитэ буоллар, быйыл олох да дьаамы кэпсэтиэ суох этэ, ол былдьаһар баайдар олоруо этилэр.
Строд эскадрона чэйдээн ааһарын аҕай кытта Төхтүр дьаамыгар биир аттаах киһи кэлэн олбуор иһигэр киирэр.
«Хайалара кэллэҕэй? Ама, биир атынан иһэр дьаам буолуо дуо?» – диэн, Барашков таайа сатыы олордоҕуна, Сүөдэркэ Дьаакыбылап киирэн кэлэр.
– Бу киһи эбит дуу, мин, дьаам буоллаҕа дуу диэн, таайа сатыы олоробун ээ.
– Сырыы элбэх буолбат дуо, өссө да сырыы кэтэһэҕин дуу? Хайа, туох сонуннанныҥ? Кыһыллар сылдьан аастылар дуу?
– Кыһыллар. Киирэн чэйдээн аастылар. Хата, барахсаттар аттарбын ылбатылар, бэйэлэрин көлөлөрүнэн иһэллэр эбит.
– Кэннилэриттэн иһээччилэрэ хаһан манна ааһыахтара дэһэллэрий?
– Суох, мин оннук кэпсэтиини истибэтим. Кэннилэриттэн эмиэ иһэллэр үһү дуо?
– Иһэллэр, буолан баран элбэх дьон. Сырыы кэтэһэ сатыыгын, дьэ эйиэхэ сөп соҕус таһаҕас буолар дьон иһэр курдуктар.
– Дьэ, үлүгэр эбит! Дьиҥэр, мин буоста эрэ дьаамын көтөҕөр кэпсэтиилээхпин ээ. Хантараакпытыгар даҕаны ол курдук сурулла сылдьар.
– Мин ити эйиэхэ билсэрдии эрэ этэбин, сэрэппэтэҕэ диэйэҕиний? – Сүөдэркэ Дьаакыбылап тахсардыы аан диэки барар.
– Бэйи эрэ, аҕыйах хонуктааҕыта Бокуруоскай диэки ааспыт диэбиттэрэ ээ, ол онтон иһэҕин дуо?
– Онтон. Антах ааһыах санаалааҕым да, ол кыһыллар иһэр сурахтарыттан сэрэхэдийэн, төнүннүм.
– Бу курдук туохха тиэтэйэн иһэҕиний? Чэйдээн тахсыаххын?
– Бэйи эрэ, ол ааспыт кыһыллар бары кырылас нууччалар дуу?
– Нууччалар. Талбыт курдук, эдэр баҕайылар.
– Арай биир саха уоллаахтар, – дьиэлээх дьахтар хос быһааран биэрэр.
– Кырдьык даҕаны, били Лэгиэнтэй атыыһыкка таһаҕас таһа сылдьыбыт Сүөдэр уола, көр, улахан киһи буолбут, ол дьону кытта ааһыста.
Сүөдэркэ Дьаакыбылап: «Истиэхпин иһиттим, билиэхпин биллим», – диэбиттии, тахсан барар. Тахсаат Хахсык ыалларын диэки айанныыр. Ол эрээри кини, Хахсыкка тохтообокко, быһа Хаптаҕайга тахсар…
– Тойон Коробейников, кыһыллартан сүүс киһи бүгүн куоракка ааста. Атыттара Бокуруоскай анараа өттүгэр кэлбиттэр, Булгунньахтаах дьаамыттан бүгүн тураллар үһү. Ол дьону кытта маннааҕы кыһыллар сэриилэрин салайыахтаах кылаабынайдара Каландаришвили иһэр үһү.
– Быраат Яковлев, сорудаҕы үчүгэйдик толорбуккун, – дии-дии кэлэн, Коробейников Сүөдэркэ саннын таптайар.
Сүөдэркэ Дьаакыбылап тойонун хайҕааһыныттан атаҕа сири билбэт буола үөрэр. Хайыы-сахха улахан солоҕо тиксибит курдук сананар.
– Чэ, быраат Яковлев, эн сибилигин төнүн. Баҕар, кыһыллар ааһан хаалыахтара, күнүстэри-түүннэри кэтиэххэ наада!
– Онно бэйэм киһибин хаалларбытым, кини кэтэһэр, – дии-дии, Сүөдэркэ мичээрдээн кэбиһэр.
Коробейников, итини истээт, сирэйэ кубулуйа түһэр. Кини Сүөдэркэ сирэйин тобулу көрөр.
– «Бэйэм киһибин хааллардым» диигин дуу?.. Ол туох киһиний? Киһи эрэнэр киһитэ дуо?
– Толстоухов тойон Өлүөхүмэттэн манна биһиэхэ ыыппыт киһитэ. Кини ол соҕурууттан иһэр кыһыллар иннилэригэр түһэн, биһиэхэ биллэрэ кэлэн иһэрин көрсөн хааллардым. Эрэл киһи!
– Оннук буоллаҕына, үчүгэй. Чэ, маны иһэн кэбис, – дии-дии, Коробейников ыстакаан аҥаарын курдук самогону Сүөдэркэҕэ кутан биэрэр.
– Баһыыба, тойон Коробейников. Эрэн, биһиги ол иһэр кыһыллары сүгүн аһарыахпыт суоҕа. Мин тоһуйарга табыгастаах сири кытта бэлиэтии көрөн киирдим.
– Да? Быраат Яковлев, дьэ оннук үчүгэй сири булбут буоллаххына, улахан абыралы оҥороҕун. Үтүөҥ, кырдьык, умнуллубат киһи буоларгар тиийэҕин.
– һэ-һэ, булан бөҕө буоллаҕа дии. Мин билигин даҕаны көрдөрөр кыахтаахпын.
Коробейников иккис хос аанын сэгэтэн туран:
– Быраат Филиппов, киир эрэ! – Нелькантан ыла штаб начальнига оҥосто сылдьар киһитин ыҥырар.
Филиппов киирэр. Кини, элбэхтик арыгылыырыттан эбитэ дуу, бу күннэргэ аанньа утуйбакка сылдьарыттан эбитэ дуу, сирэйэ, этэрбэс уллуҥун курдук, биир малыһаар буола дарбайа иһэн хаалбыт этэ.
– Истэбин, туох баарый? – Филиппов Коробейников ыҥырбытын сөбүлээбэтэхтии көрөн турар.
– Иркутскайтан иһэр кыһыллары тоһуйар сири бу быраат Яковлев көрдөрүөх буолар. Атта ылан, көрөн кэлиэх эрэ.
– Сөп, билигин барыахпыт, – Филиппов дьааһыйа-дьааһыйа хоһугар төттөрү киирэр.
* * *
Ытык хайа соҕуруу өттүнэн кыракый үрэх киирэр. Ол үрэҕи олохтоохтор «Кыыллатар үрэҕэ» диэн ааттыыллар. Бу үрэҕинэн Өктөм киэҥ хочото бүтэр.
Кыыллатар үрэҕэ, Ытык хайа аннынан уһун синньигэс элгээн буолан, инньэ Табаҕа чугаһынан хайа тумсугар өрүс сүнньэ кэлэн охсуллар сиригэр тиийэн түһэр. Бу элгээн өрүс диэки өттө хойуу иирэнэн бүөлүү үүммүт буолан, киэҥ арыы ходуһата көстүбэт этэ. Сүөдэркэ Дьаакыбылап тойотторун манна аҕалар.
– Айан суола бу ааһар. Оттон ити талахтарга сыттахпытына, манна киирбит дьону тирээн туран ытыалаабаппыт дуо? – дии-дии, Сүөдэркэ көрөр-истэр.
– Да-а, кырдьык, мантан ордук табыгастаах сир баар буолуон сатаммат! – Коробейников хайгыыр. – Өскөтө куотаары даҕаны гыннахтарына, барар сирдэрэ суох. Хаҥас өттүлэрэ – туруору хайа, уҥа өттүлэрэ – ити элгээн сыыра… Дьэ, бэрт табыгастаах сир эбит!
– Анараа өттүттэн киһи кэлэр кыахтаах буолуо дуо? – дии-дии Филиппов олоотуур.
– Билигин онно тахсан көрүөхпүт, – Сүөдэркэ, булбут сирин хайҕатан, сүөм үрдүү түһэр.
– Кэбис, бу хаары алдьатар сатаммат. Элгээн хаара чөлүнэн бүтүн туруохтаах, – диир Коробейников.
– Э-э, суох, тоҕо манан бардахпытый… От тиэйэр суолларынан эргийэн тиийиэхпит буоллаҕа дии, – диир Сүөдэр.
– Чэ эрэ, көрдөр!
Эмиэ сыарҕаларыгар олорон, инньэ хахсыктар аттыларынан эргийэн, бу элгээҥҥэ аны арыы ходуһатынан, суола суох сиринэн кэлэллэр.
– Да-а, кырдьык, үчүгэй сир эбит! – тойоттор хайгыыллар.
– Быраат Яковлев, – диир Коробейников, – чэ, билигин бар, кыһыллары көһүт… Оттон тойон Филиппов биһикки манна дьоннорбутун аҕалан, тоһуйар сирбитин эрдэтинэ бэлэмниэхпит.
Коробейников Филипповтыын Хаптаҕайга туорууллар. Сонно тута чугас эргин баар быстах этэрээттэрин манна мунньаллар. Элбэх көлөнү бэлэмнэтэллэр.
Бандьыыттартан саллааттарын өттө, тоҕо манна кинилэри мунньалларын, туохха бу курдук бэлэмнэнэллэрин билбэт буолан, таайа сатыыллар.
– Ама, мантан куоракка кимэн киирээри мустахтара буолуо дуо?
– Суох, соҕурууттан кыһыллар халыҥ этэрээттэрэ иһэр үһү, ону көрсөн сэриилэһээри мунньаллара буолуо! – диэн тойоннооччулар эмиэ элбэхтэрэ. Киэһэ, халлаан хараҥарыыта, Коробейников дьоннорун илдьэ өрүһү туоруур. Арыыга от күрүөтүн аттыгар аттарын хааллараллар. Сатыы тоҥуу хаары кэһэн, Ытык хайа анныгар тиийэллэр. Манна Филиппов сыарҕалаах атынан туора күрдьэхтэри, тимир лаппаакылары тиэйэн аҕалбыт этэ.
– Биирдии-биирдии кэлэн, күрдьэхтэ, лаппаакыта ылыҥ! – Филиппов бирикээстиир.
Саатын таһынан, ким тимир лаппаакыны, ким туора күрдьэҕи тутар.
Коробейников дьонун элгээн үрдүгэр аҕалан, талах быыһыгар хаар хастаран, тоһуурга олорор сирдэрин оҥорторор.
Бандьыыттар ити курдук түүнү быһа үлэлээн, тиритэн-хорутан, сарсыарданан сыарҕалаах аттара хаалбыт күрүөлээх отугар кэлэллэр.
– Ханна сылдьыбыккытын, тугу оҥорбуккутун олорор ыалларгытыгар букатын кэпсээмэҥ! – Коробейников дьонун сэрэтэр.
– Сөп-сөп, эмиэ тоҕо кэпсээтэхпитий?
– Чэйиҥ, билигин төннүөҕүҥ. Бүгүн күнүс утуйуҥ, сынньаныҥ.
– Түүнүн манна кэлэбит дуо? – ким эрэ ыйытар.
– Табылыннаҕына, баҕар, кэлэр буолуохпут.
Коробейников инники ат сыарҕатыгар олорор. Куучар саллаат ат самыытын талах кымньыынан быһа биэрэр. Өрүс мууһугар киириилэрэ халлаан сырдаан барар. Уҥуор Хаптаҕай ыалларын буруолара көстөллөр.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.