Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 57 (всего у книги 62 страниц)
Ыкса киэһэ бэрт сэрэҕинэн Сүөдэркэ, патрультан саһан, Ньукуола таҥаратын дьиэтин кылабыыһатын кэннинэн бэс чагдаҕа тахсар. Онтон Маҥанныыр. Маҥаҥҥа олох түүн тиийэр, биир да уоттаах ыал баара көстүбэт. Дэриэбинэ уһугар турар биир дьиэ аанын тиийэн тоҥсуйар.
– Кимий? – диэн дьиэ иһиттэн эр киһи саҥата ыйытар.
– Ааҥҥын ас!.. Айан киһитэбин, – диир Сүөдэр.
Дьиэлээх киһи аанын аһан биэрэр. Сүөдэркэ дьиэҕэ киирэр, бэргэһэтин, сонун устар.
– Хантан сылдьар киһигиний? – дьиэлээх киһи лаампатын умата туран ыйытар.
– Куораттан.
– Хайа, куорат диэки үрүҥнэр биллибэттэр дуо? – дии-дии, дьиэлээх киһи чаанньыгар уу кутар.
– Суох. Бу диэки?..
– Бу даҕаны диэки биллэ иликтэр. Бэҕэһээ Киллэмтэн ыалбыт киһи тахсыбыта. Ол киһи кэпсииринэн, Үөдэй диэки кэлбит курдук үһүлэр.
Бу ыалга Сүөдэркэ чэйдиир. Түүн үөһэ лаппа ааһан эрэр быһыылааҕа. Ол да буоллар, манна хоммокко, Сүөдэркэ мантан аны Киллэмниир. Ыал туруута Лэгиэнтэй атыыһыттаахха кэлэн киирэр.
– Э-э, Сүөдэркэ эбиккин дуу, – диир Лэгиэнтэй атыыһыт, дорооболоһо туран. – Хайа, бу, бачча эрдэ буола-буола, хантан кэллиҥ.
– Куораттан.
– Куораттан даа? Оттон куорат суола сабыллыбыт диэбиттэрэ дии. Аһаҕас эбит дуу?
– Суох, сабыылаах быһыылаах. Кими даҕаны киллэрбэттэр-таһаарбаттар.
– Оттон эн хайдах таҕыстыҥ?
– Мин диэн… Мин диэн онон-манан быыралаан сылдьар киһи буоллаҕым эбээт, – Сүөдэркэ киһиргэнэ соҕус кэпсиир.
Эмискэ аан аһыллар. Сарсыардааҥҥы дьыбар тымныы туманын кытта хас да киһи көтүөккэлэһэ түһэллэр. Сорохторо саалаахтар. Сүөдэркэ Лэгиэнтэй атыыһыттыын ах баран олороллор. Туох дьон киирбиттэрин билээри, одуулаһаллар.
– Манна ким олороруй? – нууччалыы хааннаах биир киһи ыйытар.
– Мин олоробун, – диир Лэгиэнтэй атыыһыт.
– Бу дьиэни штаб оҥостобут. Манна тойон Коробейников штаба буолуо. Төһө элбэх кэргэннээххиний?
– Эмээхсимминээн иккиэбит…
– Хосторгун көрдөртөө эрэ.
Лэгиэнтэй дьиэтин көрдөрөр.
– Бу хоско эмээхсиҥҥинээн олоруҥ. Атын хосторгун ылабыт. Дьиэҥ тымныы эбит… Бу хантан сылдьар киһиний?
– Тойон Филиппов, умнан кэбиспиккин дуу? – диир Сүөдэркэ, бу киирбит дьонтон Нелькан атыыһыта Филипповы билэн.
– Э-э, Федорка Яковлев эбиккин дуу. Оттон Өлүөхүмэ уокуругар Толстоуховы кытта барсыбытыҥ буолбат дуо? Хайдах манна кэллиҥ?
– Тойон Коробейниковка сурук аҕаллым.
– Кимтэн?
– Тойон Толстоухов ыыппыта.
– Васька, тахсан командующайга эт! – Филиппов Прокопьев үрээнньиги соруйар.
Өр-өтөр буолбат, Коробейников киирэн кэлэр. Кини бэйэтин улаханнык туттардыы көрөр-истэр.
– Тойон командующай, бу быраат Яковлев Толстоуховтан сурук аҕалбыт! – диэн дакылааттыыр Филиппов уонна Сүөдэркэ диэки ыйан кэбиһэр.
– А-а, быраат Яковлев! – дии-дии, Коробейников илиитин уунар.
Сүөдэркэ Дьаакыбылап суругу ылан биэрэр. Коробейников, суругу арыйбакка туран:
– Быраат Яковлев, чэ эрэ кэпсээ, тугу кыайдыгыт-хоттугут? – диэн ыйытар.
– Кыайыыбыт диэн… Тойон Толстоухов тугу гыммыппытын, ханна тиийбиппитин суруйбута буолуо…
– Даа, чэ ааҕыахпыт. Хайдах кэллиҥ?
– Куоракка диэри дьаамынан кэлбитим. Онтон куораттан манна сатыы таҕыстым.
– Куоракка сырыттыҥ?
– Сылдьан.
– Биһиги туспутунан куоракка туох иһиллэрий? Дьон туох дэһэрий? – Коробейников, Сүөдэркэ куоратынан кэлбитин истэн, бэркэ сэргэҕэлээн ыйыталаһар.
– Соччо тугу даҕаны истибэтим. Уонна куоракка өр да буолбатым ээ. Хата, биһиги куораты хаһан ылыах курдукпутуй? – Сүөдэркэ аны Коробейников тойонтон бэйэтэ төттөрү хатыллан ыйыталаһан барар.
– Куораты өр гыныахпыт суоҕа, аҕыйах хонугунан ылыахпыт.
– Оччоҕо миэхэ, хата, туох эмэ үлэтэ, дуоһунаста тэбэн биэрээр эрэ!
– Ээ, ол туһугар санаарҕаама. Быраат Яковлев, туох тойон солотун ылыаххын баҕараҕыный? – Коробейников дьонугар хараҕынан имнэнэн кэбиһэр.
– Мин?.. Урукку үөрүйэхпинэн, милиисийэҕэ да сөп соҕус дуоһунаска үлэлиэхпин сөп. Дьиҥэр, оннук үлэҕэ киириллэрэ буоллар, бассабыыктары баҕас «чып» дэтиллиэ суох этэ, – Сүөдэркэ киһиргээн алаар-малаар көрбөхтүүр.
– Чэ, кытаат, быраат Яковлев, үчүгэйдик сулууспалаа, милиция тойоно да буолар оннук ыраах дьыала буолбатах, – Коробейников Сүөдэркэ саннын таптайар.
– Тойон Коробейников, мин эһигини кытта манна да сылдьарым син ини?
– Баһаалыста. Оннук буоллаҕына, өссө биһиэхэ илиҥҥи улуустартан холбоспут сахаларга тойонунан аныыбын эйигин.
– Истэбин, тойон Коробейников! – Сүөдэркэ Коробейников иннигэр чиккэс гынар.
– Тойон Филиппов, бу быраат Яковлев били илиҥҥи улуустартан биһиэхэ холбоспут дьоҥҥо командир буоллун. Киниэхэ ол дьону хомуйан биэр!
Сүөдэркэ Дьаакыбылап атаҕа сири билбэт буола үөрэр. Кини хаһан даҕаны эпписиэр солотугар тиксиэм эрэ диэбэккэ сырыттаҕына, ити тойонунан анаатылар.
«Хайдах курдук миигин үрдүктүк сыаналыылларый!» – диэбиттии, улаханнык дуоһуйбут быһыынан аттыгар турар Лэгиэнтэй атыыһыт диэки көрүтэлиир.
– Тойоттор, бу мин бэркэ диэн билсэр, улаханнык ытыктыыр киһим Лэгиэнтэй… атыыһыт, билсэн кэбиһиҥ! – дии-дии Коробейниковтаах иннилэригэр Сүөдэркэ хаптаҥныыр.
– Да-да, тойон Коробейников, биһиги штабпытын бу дьиэҕэ олохтуубут, – диир Филиппов.
– Дьиэлээх хаһаайын, утарсыбат инигин? – Коробейников мичээрдии-мичээрдии ыйытар.
Лэгиэнтэй атыыһыт: «Эмээхсиним ыарыһах, кырдьаҕастарбыт. Ханна эрэ атын сиргэ олохсуйдаргыт үчүгэй буолуо этэ», – диэри аҕай гынан эрдэҕинэ, Сүөдэркэ Дьаакыбылап быһа түһэр:
– Лэгиэнтэй атыыһыт үөрүүнү кытта эһигини ылынар буоллаҕа дии!
Куорат балаһыанньата улам кытаатан барар. Соҕурууттан иһэр кыһыл этэрээт ханна билигин тиийэн кэлбитэ биллибэт. Оттон бандьыыттар куоракка бүгүн-сарсын кимэн киирэллэрэ чахчы буолла.
Туох баар сэбилэниилээх күүһү барытын куорат оборонатыгар таһаараллар. Оборонаҕа сытар дьон окуопаларыттан түүн да, күнүс да арахпаттар. Кырдьыга, куһаҕан таҥастаах уолаттар олус тоҥоллоро. Бэрдэ буоллаҕына, тураннар тустан хачымахтаһаллар, анньыалаһаллар, бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэллэр. Оччоҕо эмиэ ирбиккэ дылы буолаллар.
Ньукуола таҥаратын дьиэтэ куораттан ойуччу, кырдал үрдүгэр турар. Таҥара дьиэтин кылабыыһатын ис өттүнэн окуопа хасталлар. Бандьыыттар киириэхтэрэ диэн сэрэнэн, куорат тыа эҥээринээҕи ыаллар эмиэ, олбуордарын хаххаланан баррикада, окуопа оҥостоллор.
* * *
Түүн, ыал утуйбутун кэннэ, Коробейников дьоно Бүлүү уонна Маҥан аартыктарынан куоракка киирэрдии бараллар. Лена хочотугар киириэхтэригэр диэри, мыраан үрдүгэр туох да мэһэйи көрсүбэттэр. Онтон эр ылан, бандьыыттар, илин түсүһэ-түсүһэ, куорат диэки дьулуһаллар.
Куоракка киириэхтэрэ үс-түөрт биэрэстэ сир хаалбытын кэннэ Маҥан суолунан киирэн иһэр бандьыыттары кыһыллар постара ытыалыыр. Бандьыыттар, саа тыаһын истээт, хаптайаллар. Кыһыллар ытыалаабыттарын тойонноругар Коробейниковка биллэрэ киһи ыыталлар. Коробейников тойон кэлиэр диэри ким да хамсаабат.
– Кыһыллар ытыалаатылар! – диэн, Маҥан суолунан киирэн иһэр бөлөҕү хамаандалыыр офицер Коробейниковка дакылааттыыр.
– Төһө элбэхтэрий? Ханан баалларый?
– Итиннэ, ол көстөр бэстэртэн ытыалаатылар! – дэһэллэр саллааттар.
– Чэ эрэ, бу эн, ол маска тиий! – биир саллаакка Коробейников бирикээстиир.
– Куттанабын… Соҕотоҕун хайдах барыахпыный?! – саллаат кыккыраччы аккаастанан кэбиһэр.
Атын кэм эбитэ буоллар, Коробейников бу саллааты, бирикээһи толорбото диэн, ытан кэбиһиэ этэ. Оттон билигин кини дьонуттан олус куттанар. Баҕар, кинини бэйэтин утары да турдахтарына боруога суох дьон.
– Тоҕо куттанаҕытый, миигин батыһыҥ! – дии-дии, Коробейников бэйэтэ инники киирэн барар.
Коробейников уонча хаамыы барыар диэри, «сибилигин ытыалыахтара» диэн, тыыммакка да кэтииллэр, ким да сытар сириттэн турбат. Онтон, ытыалаабаттарын көрөннөр, туран тойоннорун батыһаллар. Били кыһыллар ытыалаабыт бэстэригэр тиийбиттэрэ – ким да суоҕа, хайыы-сахха баран хаалбыт этилэр.
– Ханна баар кыһыллары эппиккитий?
– Чахчы бааллара, ытыалаабыттара!
– Ытыалыылларын кытта, төгүрүйэ көтөн ылыа этигит буоллаҕа дии!
Халлаан илин өттө саҥа сырдаан, ол-бу көстөр буолан эрдэҕинэ, Коробейников дьоно Бүлүү уонна Маҥан суолларынан Ньукуола таҥаратын дьиэтин утарытынааҕы бэс чагда саҕатыгар тахсаллар.
Чугас соҕус таҥара дьиэтин кылабыыһатын олбуора харааран турара. Ол анараа өттүгэр куорат дьиэлэрэ, бөрөттөн куттанан чуоҕуспут таба үөрүн курдук, бачымахтанан көстөллөрө.
Куорат чугас көстүбүтүттэн бандьыыттар, киирэ охсоору, харса суох иннилэрин диэки дьулуспуттарын:
– Тохтооҥ! – диэн Коробейников тохтотор. – Биир чөмөх кииримэҥ, тарҕанан, сыаптаан киириҥ!
Бүлүү суолунан киирээччилэр эмиэ бэс тыа куорат диэки саҕатыгар тахсаллар. Мантан куорат биэрэстэ кэриҥэ сиргэ турар быһыылааҕа. Куорат ыалын оһохторун буруота өрүкүйэн тахсара үчүгэйдик көстөрө.
– Чэйиҥ, сыыдам соҕустук киирэн иһиэҕиҥ! – дии-дии, Сүөдэркэ дьонун иннилэригэр киирэр.
Эмискэ таҥара дьиэтин кылабыыһатын соҕуруу муннугуттан туох да быыстала суох, тибиирэн эрэр курдук, саа эстэр тыаһа мэҥийэр. Буулдьалар Сүөдэркэлээҕи үрдүлэринэн, аттыларынан куһуйан ааһаллар. Ону кытта тэҥҥэ аны били кылабыыһаны утары киирэн иһэр дьону ытыалыыллар. Ол дьонтон хас да киһи охтор. Сорохторо туох да бокуойа суох ойуур диэки төттөрү ыстаналлар.
Ону көрөөт, Сүөдэркэ дьоно эмиэ ойуур диэки сырсан сахсарыһаллар.
Ити курдук, бандьыыттар куоракка бастакы кимэн киириилэрэ табыллыбат. Коробейников санаата улаханнык түһэр.
Күн саҥа кытара тахсан эрдэҕинэ, Коробейников ойуур иһигэр мустубут дьонугар:
– Маҥаҥҥа төннөбүт! – диэн бирикээстиир.
Маҥаҥҥа төннөн тахсан иһэн Коробейников тойон: «Бу дьоммунан кимэн киирэн тугу даҕаны ситиһиэм суох. Тоһуурга эрэ сатаан сэриилэһиэхтэрин сөп быһыылаах», – диэн түмүккэ кэлэр.
Бандьыыттар Маҥаҥҥа тахсан өр буолбаттар. Коробейников дьонун хоту-соҕуруу араартаан ыыталыыр. Ол дьонноро Хоту Марханы, Тэмийэ ыалларын, онтон Владимировканы ылаллар. Куораты тула өттүттэн төгүрүйэн кэбиһэллэр.
– Мин кыһыллары билигин хоргутан өлөртүөм! – дии-дии, Коробейников дьонугар чабыланар.
Дьоно итини итэҕэйэллэр. Куоракка олорор дьон аһыылларыгар ас наада буолуоҕа, оһохторугар оттоллоругар мас эмиэ наада буолуоҕа. Онон куоракка өр хаайтаран сатаан олоруохтара суоҕа, баҕарбаталлар да, бэйэлэрэ тахсан биэрэн, бэринэр күннэрэ кэлиэҕэ дии саныыллара.
Куораты тула манабыл этэрээттэри хааллартаан баран, Коробейников штабын өрүс уҥуор Хаптаҕайга таһааран олохтуур. Манна олорон, соҕурууттан иһэр кыһыллары хайдах кыргар туһунан толкуйдуур.
Биир киэһэ Сүөдэркэ Дьаакыбылабы Коробейников бэйэтигэр ыҥыртаран ылар.
– Быраат Яковлев, кэл, манна олор. Иһиэҥ дуо? – Коробейников Сүөдэркэҕэ самогон кутан биэрэр.
Сүөдэркэ ыстакаан аҥаарын кэриҥэ самогонканы биирдэ түһэрэн кэбиһэр.
– Быраат Яковлев, мин эйигин кытта биир суолу сүбэлэһээри ыҥырдым. Эн өйгүнэн даҕаны, үгүс сири билэргинэн, сылдьыбыккынан уонна бу биһиги дьыалабытыгар бэриниилээххинэн даҕаны манна эйиэхэ тэҥнээх суоҕун билэбин, – дии-дии, Коробейников туран төттөрү-таары хаамыталыыр.
– Баһаалыста. Тугу билэрбинэн-сатыырбынан…
– Эн, быраат Яковлев, туох дии саныыгыный, ити туохтан сахалар биһиэхэ аанньа холбоспотторо буолуой?
– һэ-һэ, өйдөөбөттөрө, акаарылара буоллаҕа дии.
– Да-да, быраат Яковлев, эн биһиги идеябытыгар чахчы бэриниилээх киһигин. Сахалар бары эн курдуктара буоллар, биһиги большевиктары кыайбыппыт ырааппыт буолуо этэ.
– Мин, кырдьыгын эттэххэ, ытык киһи ыччата, төрүт киһи төрүөҕэ буоллаҕым дии! Аҕам – улуус кулубата этэ… – Үчүгэй төрүттээхпин биллэҕинэ, тойон Коробейников, баҕар, улахан дуоһунаска аныаҕа диэн, Сүөдэркэ баай төрүттээҕинэн өҥнөр.
– Быраат Яковлев, ити биһиэхэ кыттыспыт сахалар, саа тыаһын иһиттэллэр эрэ, үргүбүт сүөһү курдук, куотар аатыгар бараллар, ити туохтан буолуой? – Коробейников, Сүөдэркэни чорботон хайҕаары, кэпсэтиитин туой атыттары сирэрдии хайыһыннара сатыыр.
– Ээ, баҕайылар хоргустара бэрт!
– Быраат Яковлев, эн хоргуһа суоххун билэбин, – дии-дии, Коробейников Сүөдэркэ саннын таптайар.
Сүөдэркэ итинтэн мэктиэтигэр өгдөҥнөөн ылар.
– Быраат Яковлев, мин эйиэхэ хоргуһа, куттаһа суоххун билэн, биир сорудаҕы биэрээри гынабын.
– һэ-һэ, ол туох сорудаҕы биэрээри гынаҕын?
– Утарыта көрсөн сэриилэһэртэн ураты, сэриигэ өссө атын үгүс ньымалар баар буолаллар. Мин эйигин биир суолга ыытаары гынабын… – Коробейников быһа-бааччы эппэт.
– Тойон Коробейников, туохха ыытаары гынаҕыный? Мин сибилигин даҕаны барарга бэлэммин.
– Быраат Яковлев, эн биһиэхэ сылдьыбатах, кыттыбатах киһи буолан, соҕурууттан иһэр кыһыллары суолга кэтэһиэҥ этэ.
Сүөдэркэ сибилигин аҕай киһиргэнэ олорбута ханна да суох буола түһэр. Көхсүн эрэ этитэн кэбиһэр, табахсыта суох бэйэтэ табахтаабыта буолар.
– Эн, быраат Яковлев, куттаныма! Кинилэр эйигин билиэхтэрэ суоҕа. Хас суолга көрсүбүт дьоннорун син өлөрөн испэттэрэ буолуо, – Коробейников Сүөдэркэни уоскутар.
– Барарбыттан, уопсайынан, куттаммаппын буолан баран, онно миигин билэр уол исиһэр ээ. Тыллаан биэриэ буоллаҕа дии, – Сүөдэркэ хайдах эмэ гынан ити сорудахтан куотунуон баҕарар.
Кинини Коробейников ханна да халбаҥнаппат.
– Эн кинилэр ортолоругар кииримэ, көстүмэ. Биһиэхэ ханна, хаһан кэлэллэрэ эрэ биллэрэ наада. Ама, ону билбэт киһи буоллаҥый? – тойоно эмиэ киһиргэтэн биэрэр.
– Э-э, ону баҕас билиминэ. Соҕуруу дьаамнары бэйэм биэс тарбаҕым курдук ааҕа билитэлиибин.
– Эйигин ыраат диэбэппин. Манна чугас эргин сылдьыаҕыҥ. Кыһыллар кэлбиттэрин биһиэхэ биллэриэҥ.
– Ону баҕас…
– Буоллаҕа ити дии, – дии-дии, Коробейников Сүөдэркэҕэ өссө самогон кутан биэрэр. – Чэ, иһэн кэбис!
Таһырдьа хараҥа түүн саба бүрүүкээн турара. Маннык хараҥаҕа ардай аһыылаахтар, дэгиэ тыҥырахтаахтар кэлэр-барар, тиҥсирийэр кэмнэрэ. Эмиэ ити курдук, Коробейников офицер, кыһыллары кытары утары киирсэн сэриилэһэр кыаҕа суох буолан, уоран, суолга тоһуйан кыргаары, бу киһиргэтэн бөтөс оҥосто сылдьар киһитин, Сүөдэркэ Дьаакыбылабы, соҕурууттан иһэр кыһыллары биллэрэ ыытар.
Төрдүс баһа
IКаландаришвили этэрээтэ Нохтуйскайтан Өлүөхүмэҕэ киириэр диэри бандьыыттар ханна да бааллара биллибэт. Сэмэнчик дьаам аайы олохтоох дьонтон бандьыыттар ханна бааллара иһиллэрий диэн сураһан тахсар да, ким да бандьыыттар маннык сиргэ бааллар үһү диэн билбэт. Арай Үҥкүр дьаамыгар биир оҕонньор:
– Тукаам, ол баҕайылары ханна эрэ Токо диэки биллибит курдук кэпсииллэр дии. Сураҕын иһиттэххэ, онно олорор тоҥустар сордоохтор табаларын талыыллар, сииллэр дэһэллэр. Төһөтө кырдьыгын, төһөтө сымыйатын ким билиэ баарай? – диир.
Нестор Александрович бу оҕонньору ыҥыртаран ылан бэрт өр кэпсэтэр. Ол эрээри оҕонньор Сэмэнчиккэ кэпсээбититтэн ураты тугу да билбэт этэ.
Өлүөхүмэ куоратыгар киирэн кыһыллар тохтууллар, аттарын сынньаталлар, бэйэлэрэ да сынньана түһэллэр. Өлүөхүмэҕэ кэлбиттэрин Дьокуускайга биллэртэрэ Нестор Александрович штабын начальнигын Бухваловы почтаҕа ыытар.
Бухвалов Өлүөхүмэ почтатыгар тиийэн партия Дьокуускайдааҕы губкомугар «Иркутскайтан иһэр Хотугу Иккис этэрээт уонна Саха сиринээҕи сэбилэниилээх күүс кылаабынай командующайа Каландаришвили штаба туох да саахала суох Өлүөхүмэҕэ кэллэ», – диэн телеграмма охсор.
Нестор Александрович тохтообут дьиэтин аана сабыллыбат. Үгүс киһи кинини көрө киирэллэрэ, оттон сорохтор наадаларын кэпсэтэ кэлэллэр.
Каландаришвили Өлүөхүмэ олохтоохторун кытта кэпсэтэригэр үксүн:
– Бу куорат хаһан олохтоммутай?.. Лена өрүс устун айаннаан иһэн көрдөхпүнэ, хас дьаам таһын аайы бурдук бааһынатын көрөбүн, төһө өр буолла манна бурдугу ыһар буолбуттара?.. Бурдук манна хайдах үүнэрий?.. Бу турбут сэрии туһунан, олохтоох дьон, туох дии саныыгытый? Туохтан дьон Советскай былааһы утары саа туттулар?.. Баҕар, маннааҕы олохтоох үлэһиттэр Советскай былаас ыытар политикатын токуруталлара, дьон санаатын тэйитэллэрэ буолаарай? – диэн ыйыталаһан тахсар.
Киэһэ Нестор Александрович штабын начальнигар Бухваловка:
– Василий Иванович, почтаҕа телефоннаа эрэ. Якутскай губкомун секретарын миэхэ холбоотун, – диир.
– Истэбин, табаарыс командующай! – Бухвалов телефон тутааҕын ылар, бэрт өр эрийэн куугунатар. – Алло! Миэхэ почта начальнигын!.. Почта начальнига? Командующай штабын начальнига Бухвалов саҥарабын. Ээ, биллиҥ дуо? Дьокуускайы ыҥыран, губком секретарын холбот эрэ, командующай кэпсэтээри гынар. Сөп… сөп! – Бухвалов туруупкатын микрофонун саба тутан олорон: «Билигин холбуоҕа», – диир. Өр туох да биллибэт.
– Василий Иванович, ыл эрэ, санатан биэр, киһибит умнан кэбистэ дуу, утуйан хаалла дуу? – дии-дии Каландаришвили мичээрдиир.
Бухвалов телефону эрийэн куугунатар.
– Алло!.. Алло-о!.. Бу кимий?.. Куораты кытта сибээс быстыбыт даа?..
Хос иһигэр баар дьон бары соһуйаллар. Бухваловка почта начальнига тугу эрэ кэпсиир быһыылааҕа. Василий Иванович сотору-сотору:
– Да, да… – диир.
Бухвалов телефонун туруупкатын уурар. Кини Каландарашвилига кэпсэтиитин түмүгүн дакылааттыыр:
– Табаарыс командующай, Өлүөхүмэ икки Дьокуускай икки ардыларынааҕы телеграф линиятын сибилигин аҕай быспыттар. Почта начальнига этэринэн, Өлүөхүмэттэн үһүс дьаамҥа баар аппарат үлэлээбэт курдук.
– Туохтан быстыбыта буолуо диирий?
– Бу кэмҥэ провод туран эрэн быстыбат, онон соруйан быһыы да буолуон сөп диир.
– Сибилигин манна табаарыс Асатианины ыҥыртар. Суһал дьаһаллары ыллахпытына табыллыыһы, – дии-дии, Нестор Александрович хос иһигэр төттөрү-таары хаамыталыыр, иһигэр тугу эрэ быһаарар быһыылааҕа.
Сотору соҕус Хотугу Иккис этэрээт командира Асатиани киирэр. «Кэллим!» – диэн дакылааттаары гыммытын Каландаришвили тохтотор.
– Куоракка киирэр суоллар аайы харабылларда туруортаа. Бандьыыттар мантан чугас сылдьаллар быһыылаах, баҕар, манна саба түһүүнү оҥоруохтара, дьону сэрэтиэххэ!
– Истэбин, табаарыс командующай!
Бу түүн Өлүөхүмэ куоратын уулуссаларыгар, куоракка киирэр суоллар төрдүлэригэр постары туруортууллар.
Сарсыарда Каландаришвили почта начальнигын ыҥыртаран ылар.
– Мантан төһө ыраах сиринэн линия быстыбыта биллэр дуо?
– Мантан алта уон биэрэстэлээх сиргэ – Балаҕаннаах дьаамыгар аппарат турар. Ол аппарат эппиэттээбэт. Онон Балаҕаннаах дьаамын бэтэрээ өттүнэн быстыбыт буолуохтаах.
– Провод бэйэтэ туран эрэн быстыан сөп дуо?
– Кыһыҥҥы улахан тымныыга быстааччы. Оттон билигин халлаан сылыйан эрдэҕэ дии, провод быстар тымныыта суох, онон бэйэтэ быстыа суоҕун сөп этэ. Арай мас охтон быһа түһүөн сөп.
– Монтерда ыыппаккын дуо? Баҕар, кырдьык, мас даҕаны охтон быһыан сөп эбээт.
– Сөп, арай инньэ гынарбар тиийэбин, – почта начальнига итинэн линия бэрэбиэркэлэтэ монтер ыытар буолан тахсар.
Өлүөхүмэттэн тахсыбыт монтер Солянка икки Харыйалаах дьаамнарын икки ардыларыгар бандьыыттар Балаҕаннаахха кэлбиттэрин, онно тоһуур оҥостоллорун биллэрэ Өлүөхүмэҕэ киирэн иһэр булчуту көрсөр. Телеграф линиятын ол бандьыыттар быспыттар. Монтердаах булчут иккиэн Өлүөхүмэҕэ киирэллэр.
Балаҕаннаах дьаамыттан киирбит киһини Каландаришвили ыҥыртаран ылар.
– Бэҕэһээ күнүс өрүс уҥуортан бандьыыттар биһиги дьааммытыгар кэлбиттэрэ, дьаам дьиэтин аттынан телеграф остоолболорун кэрдэн, боробулуохатын быһыта сынньан кэбистилэр, – диэн кэпсиир бу киһи Нестор Александровичка. – Дьаам суола өрүс сыырын аннынан кэлэр. Онно эһигини тоһуйаары ыаллар балбаахтарын тастаран, хаарынан хайыҥнатан бэлэмнэннилэр. Ону сэрэтэ кэллим бу мин.
– Баһыыба, табаарыс! Эн Кыһыл Армияҕа, Советскай былааска көмөҕүн хаһан даҕаны умнуохпут суоҕа! – Каландаришвили истиҥник махтанар. – Ол эһиги дьаамҥытыгар кэлбит бандьыыттар төһө үгүстэрий?
– Балтараа сүүччэ киһи баар быһыылаах.
– Табаарыс Бухвалов, бу табаарыһы үчүгэйдик аһаттыннар, аччыктаабыта буолуо!
Өлүөхүмэҕэ кэллэхтэрин төрдүс күнүгэр сарсыарда Каландаришвили дьонугар:
– Бүгүн күнүс 11 чааска мантан аттанабыт, – диир. – Табаарыс Асатиани, эрэллээх дьонтон разведката ыыт!
– Истэбин, табаарыс командующай!
Асатиани сонно дьоно олорор дьиэлэригэр кэлэн:
– Табаарыс Строд, бүгүн мантан 11 чааска барар буоллубут. Эн эскадронуҥ разведкаҕа ананар. Сибилигин Солянка дьаамыгар дозордарда ыыт! – диэн бирикээс биэрэр.
Эскадрон командира Иван Яковлевич Строд 28 саастаах, сытыы сирэйдээх-харахтаах киһи. Кини 1918 сыллаахтан Кыһыл Армия кэккэтигэр сулууспалыыр. Каландаришвили уонна Сергей Лазо салалталарынан бэрт үгүс операцияларга, ытыалаһыыларга сылдьыбыта, хорсунун, сатабыллааҕын көрдөрбүтэ.
Колчак сэриитэ Сибиири сабардаабытыттан тэскилээн, Центросибирь салалтата Свободнай куораттан Саха сиринэн, хотунан эргийэн Советскай Россияҕа түһээри барарыгар, Строд ол дьону кытта кэлсибитэ. Центросибирь салайааччыларын Захаренко офицер сойуолаһан, Өлүөхүмэ уокуругун сиригэр ситэн кэлэн ытыалаабыта. Стродтаах алта буолан тутуллубуттара, Өлүөхүмэ куоратын хаайыытыгар олорбуттара. 1919 сыл ахсынньы 17 күнүгэр коммунист Захаров салалтатынан рабочайдар, саллааттар уонна Өлүөхүмэ аттынааҕы дэриэбинэлэр дьадаҥы бааһынайдара Колчак чиновниктарын, тойотторун хаайталаабыттара, Строду уонна кини доҕотторун хаайыыттан босхолообуттара.
Дьокуускайга тэриллибит военштаб ыйыытынан 1920 сыллааҕы тохсунньуга Строд Өлүөхүмэттэн этэрээт тэринэн Сунтаарга Советскай былааһы олохтуу барбыта. Олунньу саҥатыгар Өлүөхүмэнэн эргийэн Дьокуускайга киирбитэ. Онтон сотору Иркутскайдаабыта. Онон кини бу маннааҕы айан суолун, өрө-таҥнары сылдьыбыт киһи быһыытынан, үчүгэйдик билэр буолуохтаах. Ол иһин Асатиани Строд эскадронун разведкаҕа анаабыта.
Харыйалаах дьаамыгар тиийэн Каландаришвили штаба уонна Хотугу Иккис этэрээт дьоно разведка Балаҕаннаах дьаамыттан бандьыыттар баалларын-суохтарын биллэрэрин көһүтэн тохтууллар.
«Балаҕаннаах дьаамыгар бандьыыттар суохтар, барбыттара өр буолбут», – диэн разведкаҕа барбыт эскадрон командирыттан биллэрии кэлэр.
Каландаришвили штаба уонна этэрээт дьоно Балаҕаннаах дьаамыгар ыкса киэһэ тиийэллэр. Кыһыл этэрээт дьонун көрсөөрү маннааҕы олохтоох нуучча бааһынайдара уонна сахалар мусталлар. Эмиэ түүнү быһа сэһэргэһии, кэпсэтии буолар. Каландаришвили маннааҕы олохтоох нуучча бааһынайдарыттан, кинилэр сахалыы бэрт үчүгэйдик кэпсэтэллэрин истэн:
– Эһиги хантан бу курдук үчүгэйдик сахалыы кэпсэтэргэ үөрэммиккитий? – диэн ыйытар.
– Биһиги өбүгэлэрбит нууччалара үһү. Оттон бэйэбит саха ортотугар үөскээбит дьоммут. Сорохторбут, хата, нууччалыы аанньа билбэттэр.
Үгүс сахалар нууччалыы билбэт этилэр. Кинилэр тугу ыйыталларын бааһынайдарынан тылбаастатан, Каландаришвили ити дьону эмиэ кэпсэтиигэ тардан ылар.
– Бу туох үлүгэрэ кэллэ? Киһи киһини өлөрөрө диэн туох аатай? – саха оҕонньоро Каландаришвилиттан ыйытар.
– Биһиги киһини өлөрүөхпүтүн, сэриилэһиэхпитин букатын баҕарбаппыт. Өскөтө ити үрүҥ бандьыыттар манна турбатахтара буоллар, биһиги тоҕо манна кэлиэ этибитий? Бу да сэриилэһэ иһэр курдук буолларбыт, сэриини уураттарбыт, киһи киһини өлөрөрүн тохтотторбут диэн кэлэн иһэбит.
Каландаришвили дьону кытта кэпсэтэрин Сэмэнчик өрүү болҕойон иһиллиирэ. Биирдэ, Сэмэнчик оннук истэн турарын көрөн, Нестор Александрович мичээрдии-мичээрдии:
– Семенчик, баһаалыста, эт эрэ бу дьоҥҥо, сааһыҥ хаскыный?
– Мин сааһым? – Сэмэнчик дьиктиргээбит курдук ыйытар.
– Да-да, эн сааһыҥ?..
– Уон аҕыһым…
– Истэҕит дуо? Уон аҕыстаах киһи – оҕо! Уон аҕыстаах киһи үөрүүлээх олоҕунан олоруохтаах. Ол оннугар бу эдэр киһи аҕыйах хонуктааҕыта ийэтин бандьыыттар өлөрбүттэрин булан көмпүтэ. Билигин бу биһигини кытта эмиэ сэрии киһитэ буола сылдьар. Итиннэ ким буруйдааҕый? Биллэн турар, бандьыыттар…
* * *
Умнас биир дьаамыттан кыһыллар барбыттара үс чаас курдук ааһыыта, Дьөгүөрэп Дьармагыаҥҥа ыраахтан иһэр суол киһитэ кэлэн тохтуур.
Таһырдьаттан киирбит киһи бэргэһэтин, саардын көхөҕө ыйаан баран, лаампатын умата турар дьиэлээх кырдьаҕаска кэлэн илии биэрэн дорооболоһор.
– Бу хайа диэкиттэн иһэр киһигиний? – дьиэлээх оҕонньор, илиитин биэрэ-биэрэ, төргөспүтүнэн барар.
– Аанньаах диэкиттэн. Дьиэлээхтэр кэпсэлгит?
– Оччо кэрэ-сонун кэпсээн баара биллибэт.
– Эн Гермоген диэн кырдьаҕас буоллаҕыҥ дии? – ыалдьыт киһи ыйытар.
– Бай, миигин билэр киһи эбиккин дуу? – Дьармагыан ыалдьытын дьиктиргээбит курдук көрүтэлиир. Ыалдьыта эдэр баҕайы киһи. Кинилэр уолларыттан эрэ аҕа саастаах быһыылааҕа. – Бэйи эрэ, мин оҕобун кытта куоракка бииргэ үөрэнэ сылдьыбытыҥ дуо?
– Суох, мин куоракка үөрэммэтэх киһибин. Онно үөрэнэр оҕолооххун дуо?
– Ээ, биир уоллаахпын үөрэттэрэбин. Өйдөөхтөр, үөрэхтээхтэр этэллэриттэн өйдөөтөххө, аны үөрэхтээх эрэ киһи үчүгэйдик олорор үйэтэ кэлэн иһэр дэһэллэр буолбат дуо? Бэйи эрэ, оччоҕуна ол миигин хантан билэҕиний?
– Төрүт-хаан дьон сураҕа ырааҕынан иһиллэр буоллаҕа эбээт, – дии-дии ыалдьыт мичээрдиир.
Ыалдьытын тылыттан Дьармагыан бэркэ эгди буола түһэр. Кырдьыга даҕаны, кини нэһилиэгин үрдүнэн киэҥник биллэр төрүт-удьуор киһи. Эһэтэ Холоруктуур Дьөгүөрэп бу эргин систээн олорбут киһи этэ.
– Аанньаах диэкиттэн иһэбин диигин дуу? Ол түбэ диэки туох кэпсээн, сонун-сурах баар буоларый? – дьиэлээх киһи, ыалдьыта кинини билэриттэн үөрэн, ирэн-хорон барар. – Эһиги диэки, хайа, үрүҥнэр биллэллэр дуо?
– Бааллар быһыылаах, – ыалдьыт соччо быһаарыыта суох эппиэттиир.
– Эмээхсиэн, тур эрэ, ыалдьыт кэллэ, чэйдэ өр!
Сааһыра барбыт дьахтар түгэх хостон тахсар.
– Манна бэйэбититтэн ураты туораттан сылдьар киһи суох. Онон тугу билэргин, тугу истибиккин, ол дьон тустарынан кэпсии түс эрэ, туох дьонуй, майгылара-сигилилэрэ хайдаҕый? – дии-дии, дьиэлээх оҕонньор ыалдьытын сирэйин-хараҕын кэтэспиттии көрүтэлиир. – Бэйэҥ бу ханна төрөөбүт ыччаккыный?
– Мин Нохтуйскай диэн сэлиэнньэҕэ төрөөбүтүм. Аҕам Барсуков оҕонньор…
– И-ии, ол даҕаны иһин, төрүт киһи төрүөҕэ кэм ыраахтан көстөр буоллаҕа эбээт! Барсуков оҕонньору билиминэ. Билэбин! Дьокуускайга киирэригэр-тахсарыгар куруутун миэхэ хонон-өрөөн ааһар буолаахтыыра. Кини биһикки былыргыны аттаран, ону-маны түөһэн, түүнү быһа кэпсэтэн, сэһэргэһэн тахсарбыт. Хайа, ол оҕонньор, аҕаҥ, хайдах-туох олороруй?
– Оттон олорор. Кырдьан барда. Үлэни, сырыыны кыайбат буолан эрэр.
– Ээ-эх, буолаахтаамына. Миигиннээҕэр кини саастаах киһи. Дьэ бу ханна баран иһэҕиний, туох соруктаах бу диэки кэлэ сылдьар буолаҕыный?
– Манан кыһыллар ааспыттара төһө өр буолла?
– Ити эн киириэҥ үс чаас иннинэ аастылар. – Дьармагыан кыһыллар тойоннорун кытта халы-мааргы кэпсэппитин эмиэ санаан кэлэр.
Чэйдии олордохторуна Дьармагыан Каландаришвилиттан:
– Үтүө тойон, эн ханна төрөөбүт киһигиний? – диэн ыйыппыта.
– Ыраах, Кавказ хайатыгар, Кутаиси куоракка.
– Дьэ, ол оччо ыраах сиргэ төрөөбүт киһи, манна тугу гына кэлэн иһэр буолаҕыный?
– Саха норуотугар көмөлөһө, сэриини, хаан тохтуутун уурата.
– Бу мин эмиэ сахабын диэн олорор киһибин. Ол гынан баран туохха да көмөлөһүннэрэрдээхпин өйдөөбөккө олоробун.
Итини истэн, Каландаришвили хаана уларыйа түһэр. Өр соҕус дьиэлээх киһини көрбөхтүүр:
– Эн баай быһыылааххын ээ?..
– Билиҥҥитэ ыалтан умналаан аһаабаппын.
– Бырастыы гын, дьиэлээх тойон, кырдьык, биһиги эйиэхэ көмөлөһө иһэр буолбатахпыт. Саха үлэһит норуотугар көмөлөһө иһэбит.
Итинник кэпсэтии кэнниттэн Дьармагыан кыһыллар хоммокко ааспыттарыгар үөрүүлээх хаалбыта.
– Бэйи эрэ, ол кыһыллар ааспыттарын тоҕо сурастыҥ? – Дьармагыан симик соҕустук ыйытар.
– Мин кинилэри батыһан иһэбин. Кырдьыга, иннилэригэр түһэр соруктаах этим. Атым ыран хаалла, уонна бу диэки суолу да үчүгэйдик билбэппин.
– Бэйи эрэ, ол иннилэригэр түһэҥҥин тугу гыныахтааххыный? – дьиэлээх оҕонньор сибигинэйэр былаастаан ыйытар.
– Дьокуускай чугаһыгар Коробейников диэн үрүҥ тойонун этэрээтэ баар буолуохтаах…
– Сураҕа, Дьокуускайы төгүрүйэн тураллар.
– Мин ол Коробейниковка кыһыллар иһэллэрин биллэриэх тустаах этим. Тойоммут Толстоухов оннук сорудаҕы биэрэн бу миигин ыытан иһэр.
– Оннук буоллаҕына, тугу харыстаныллыай! Сибилигин эттээх аты көлүйэн биэрэбин…
Ат көлүллэн бүтүүтэ сылабаар оргуйар, күөс буһар. Ыалдьыттарыгар чэй куталлар, эт хоторон аҕалаллар.
Васька Барсуков тиэтэл соҕустук аһаан бүтэр. Туран таҥаһын таҥныбытынан барар. Дьиэлээх киһи эмиэ таҥнар.
Халлаан тымныйбыт. Дьиэ тула хара тыа барыаран көстөр. Олбуор ортотугар сэргэҕэ бааллан турар сур ат тоҥ чигдини табыйбахтыыр. Оттон Васька Барсуков көлүнэн кэлбит ата, төбөтүн санньыччы түһэрэн, кырыа-дьаҥха буолан акыллан тураахтыыр.
– Бу соноҕоһу илдьэ бар. Атаҕынан оччо куһаҕана суох буолуоҕа. Маҥнай айан суолунан Эбэни усталыы батан барбахтыаҥ. Онтон уҥа өттүгэр улахан арыы тумул кэлиэҕэ. Суолуҥ икки аҥыы арахсыа. Эн арыыга тахсар уҥа суолу тутус. Ол суолуҥ арыыга олорор ыаллар дьиэлэрин аттыларынан тус хоту түһэн иһиэҕэ. Соноҕоскун соччо харыстаама, түргэн соҕустук айаннаар. Ол суолуҥ, аллараа икки дьаамы быһа түһэн, антах, Бокуруоскай чугаһынан тиийэн айан суолугар холбоһуоҕа.
– Бокуруоскай мантан төһө буолуой?
– Ээ, быдан дойду буоллаҕа дии. Онно сарсын түүн тиийэриҥ буолуо. Аара арыы ыалларыгар сылдьан аккын хабыалатаар, чэйдээт да ааһыаҥ буоллаҕа дии.
– Бокуруоскайдара диэҥҥэ мин өссө урут сылдьыбатах сирим ээ.
– Оччоҕо Бокуруоскайга тиийэн икки таҥара дьиэтэ сэргэстэһэ туралларын көрүөҥ. Ол таҥара дьиэлэрин ааһыаҥ. Ол ааспытыҥ кэннэ өрүс үрдүгэр улахан олбуордаах ыал олороллоро буолуо. Ол ыалга киирээр. Онно Дулҕа оҕонньор диэн олорор. Дьөҕүөрэп Дьармагыан ыйан ыытта диэр. Ол эмиэ бэйэтэ биир түбэ кырдьаҕаһа. Чэ, кытаат! Кыһалҕа тирээбитин кэннэ, сылдьыаххынан сырыт. Атыҥ эрэбил соҕус буолуоҕа.
Кырдьык, Дьармагыан соноҕоһо соччо киһиэхэ соруттарбат көлө буолан биэрдэ. Сотору соҕус, Барсуков уҥа диэки барыаран көстөр арыы тумсун туһугар тиийэрин кытта, суола икки аҥыы арахсар. Васька атын ол суолунан салайа тутар, хаҥас харыйа дьуолкалар өрүс кытылын батыһа сырса тураллар. Ат, тыбыыра-тыбыыра, арыт суол кытыытыттан хаары хабан ылан көхсүн кэҥэтинэ-кэҥэтинэ, бэрт сулбутук айаннаан кудулутан иһэр.
Туруору соҕус сыыры тахсар. Арыы иирэтин үрдүнэн халлаан илин өттө сырдаан барар. Элгээн күөллэрдээх, киэҥ ходуһалардаах, дьураа-дьураа иирэ талахтардаах киэҥ арыы быһыылаах. Халлаан лаппа сырдыыта ыаллаах сиргэ тиийэр. Биир ыалга киирэр. Атыгар от көрдөөн ылан хабыалатар. Чэйдиир.
Соҕурууттан Дьокуускайга киирэр дьон үгүстэрэ манан ааһаллар. Бу суол өрүс кытылын тутуһар дьаам суолунааҕар быдан курдат суол. Онон Васька Барсуков манан кэлбитин ким да уорбалыы көрбөт. Чаас кэриҥэ тохтуу түһэн баран, эмиэ ааһар.
Күнүс халлаан лаппа сылыйар. Суол кытыытыгар тохтубут от сыыһыттан хаар быһыта сиэһэр буолан эрэр. Дьэргэлгэн түһэр, өрүс сааскы халаанын курдук, сүүрүгүрэн эрэрдии долгуйар. Ханна эрэ ыраах турар илим тоһоҕото суон остоолбо саҕа буолан көстөр. Күн уотун сырдыгыттан Васька Барсуков хараҕа саатар.
Күн ортото ааһыыта суол аттыгар олорор ыалга киирэн атын уоскутар. Ыал тэлгэһэтигэр сыыс-буор чигдини быһыта сиэн, хаар бөһүйбүт. Сорох сирдэргэ чалбах тахсаары уу кылайан көстүтэлиир буолуталаабыт. Тыйыс тыыннаах кыһын ааһаары гынан эрэрэ чахчы биллэр буолбут. Ол эрээри киэһэ-сарсыарда билигин даҕаны хабыр дьыбардар түһэллэрэ уурайа илик.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.