Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 23 (всего у книги 62 страниц)
Сүөдэрдээх Тайҕаҕа олохсуйбуттара хас да ый буолар. Сүөдэр уон турку табанан Байбал Тиэхэнэп тыаҕа кэртэрэр маһын шахталарга таһар. Маайа Сэмэнчигинээн Сараапап атыыһыт Федосьевскай бириискэтээҕи лааппытын бирикээсчигэр, оҕолорун көрөн, астарын астаан олорор. Кинилэр биир кыракый хостоохтор. Сүөдэр, киэһэ аайы кэлэн, дьонунаан бииргэ хонор. Ону Маайа тойоно аах саҥарбаттар.
– Хата, үчүгэй ыалга түбэһэн, быйыл киһилии кыстаан эрэбит, – диэн Маайа үөрүүтэ сүрдээх.
– Уйбаан Уоһукабыска махтанабын. Кини булларан абыраата. Көр, биир дойдулаах киһилээх эмиэ даҕаны үчүгэй ээ, – диир Сүөдэр.
– Сүөдээр, били Липаевскайдааҕы Ылдьаа оҕонньорго таарыйбаккын ээ. Барахсан кыһалҕалаах кэммитигэр, оронугар утутан, килиэптээх чэйин иһэрдэн, бэркэ абыраабыта, – диир Маайа.
– Туох да кэһиитэ суох киирэрим табыллыа суоҕа.
– Тоҕо туох даҕаны тутуура суох киириэххиний! Иһит аҥаара арыгыта ыл, мин, тойонум аах астарын тобоҕуттан хомуйан, кэһиибин ыытыам… Сөп дуо?
– Сөп-сөп! – Сүөдэр Маайа аһыныгас, дьон үтүөтүгэр махтанар майгылааҕыттан олус үөрэр. «Бэйэм даҕаны урут тоҕо итини санаабатахпыный? – диэн бэйэтин сэмэлэнэ саныыр. – Өйүүн Липаевскайга мас киллэрэрдээхпин, хата таарыйа оҕонньорго сылдьыам».
Сүөдэрдээх утуйаары аҕай олордохторуна Маайа хотуна Василиса Васильевна киирэр. Кини улаханнык үөрбүт-көппүт көрүҥнээх, сирэйдиин-харахтыын сырдаабыт курдук.
– Маайа, биһиги Бодойбо куоратыгар киирэбит… Биһигини кытта онно киирсиэҥ дуо?
– Василиса Васильевна, хас хоно киирэҕитий? – диэн Маайа хардары ыйытар.
– Хас хоно диэн буолбатах – букатын!.. Дмитрий Константиновиһы тойоно Бодойботооҕу лааппытыгар дэбиэринэй киһинэн анаабыт. Бу бириискэҕэ холоотоххо, Бодойбо – куорат!.. Куоракка олорор үчүгэй буолбат дуо?
– Букатын… – Маайа кэргэнин Сүөдэр диэки көрөр. ах баран хаалар. Суох, кини кэргэнин манна соҕотохтуу хаалларыан баҕарбат. Төһө даҕаны эрэйдэннэллэр, кинилэр бииргэ олороллоро тус-туспа сылдьалларынааҕар быдан ордук, – Василиса Васильевна, мин эһигини кытта кыайан киирбэтим буолуо.
– Ол тоҕо?.. Кыыспыт эйигин таптыыр… Эн кэргэниҥ биһигини кытта киирсэрин утарбат инигин? – диэн аны хотуннара Сүөдэртэн ыйытар.
Сүөдэр тугу даҕаны саҥарбат, туох да диэн быһа-хото этиэҕин булбат. Дьоно эрэйи көрбөккө олороллоро эмиэ да үчүгэй, арахсаллара эмиэ да куһаҕан.
– Маайа, биһиги биэс-алта хонугунан көһөбүт, онуоха диэри быһаарынаар, сөп дуо?
– Василиса Васильевна, сөп…
Хотуннара тахсан барар. Хос иһигэр уу чуумпу. Ханна эрэ ыт үрэн маргыйара, хайа аппаларыгар аһыы сылдьар табалар хоболорун тыаһа кылыргыыра иһиллэр.
– Дьэ, хайдах буолабыт? – диэн Маайа кэргэниттэн ыйытар.
– Үчүгэйдик олоробут диэн үөрбүппүт ити баар… Эстэн таҕыста… Хайыахпытый, атын сиртэн үлэ көрдөһөн көрүөҥ буоллаҕа дии.
Бу күнтэн ыла Маайа бириискэ ыалын кэрийэр да, үлэ көстүбэт. Кини биир күн хотунуттан көҥүллэтэн Липаевскай бириискэҕэ киирэр. Бириискэҕэ киирээт, били бөһүөлэктэн тэйиччи турар баанньык дьиэҕэ барар. Чугаһаан иһэн көрбүтэ: оһох үөлэһиттэн бур-бур буруо тахсар. «Ылдьаа оҕонньор баар эбит», – диэн Маайа үөрэ саныыр. Сүөдэр, мас киллэрэн туттаран баран, манна кэлиэхтээх.
Ылдьаа оҕонньор оттуллубут оһоххо иттэ олорор эбит. Кини, атыҥыраабыттыы, Маайаны одуулаһар.
– Ылдьаа оҕонньор, дорообо!
Ылдьаа оҕонньор тугу даҕаны саҥарбат. Маайа диэки көрөн эрэ кэбиһэр.
– Бу мин дии, билбэккин дуу, били кыракый уоллаах Маайабын дии…
– Манна, мин ыыспабар, бэрт үгүс киһи сылдьааччы… Быстыбыттар хонооччулар…
– Биһиги эмиэ быста сылдьан хоммуппут… Дойдубутуттан, Саха сириттэн, саҥа кэллэхпит утаата.
– Дьэ, өйдөөтүм, өйдөөтүм… Кыра уоллаах этигит… Чэйдэ өрүөххэ, – Илья оҕонньор хоруорбут алтан чаанньыгын уу кутан, оһоххо уурар.
– Хайдах олороҕунуй? Доруобуйаҥ хайдаҕый?
– Ничаво-о, тыыннаахпын… Төрөөбүт буорбун сотору буларым буолуо… Ничаво-о!
Маайа кэһиитин, иһит аҥаара арыгыны, бэрэскини, халаачыгы остуолга уурар.
– Дедушка Илья, бу мин кэһиим… Сотору Сүөдэр кэлиэҕэ.
Илья оҕонньор арыгыны көрөн үөрэр, туттара сыыдамсыйар.
– Хайа, эһиги үлэ буллугут дуо?
– Булбуппут да, мин үлэлиир дьонум Бодойбоҕо көһөллөр. Эмиэ үлэтэ суох хаалабын.
– Үчүгэй ыал этэ дуо?
– Атаҕастаабаттар этэ… Кэргэним Федосьевскай бириискэ аттыгар олорор Тиэхэнэпкэ үлэлиир… Мин кинини соҕотохтуу хаалларыахпын баҕарбаппын.
– Сөп, сөп! Үчүгэй дьахтар эбиккин… Мин кэргэним куһаҕан дьахтар этэ… Кини биһиги дэриэбинэбит таҥаратын дьиэтин дьяконыгар иирэн… Ол дьяконы, ойоҕум хоонньуттан тутан, абаккарбытым омунугар, дууһатын таһаарбытым… Ол иһин хаайыыга укпуттара, онтон тэбиллэн, бу сырыттаҕым…
Илья оҕонньор, ааспыты санаан, төбөтүн умса туттан саҥата суох олорбохтуур. Маайа кинини улаханнык аһына саныыр.
– Дедушка Илья, баанньык чааныгар уу баар дуо?
– Көрүөххэ, баарын-суоҕун билбэппин, бөлүүн дьон сууммуттара.
Маайа, баанньык иһигэр киирэн, чааннаах ууну көрөр: уу баар эбит.
– Дедушка Илья, таҥаскын сууйан биэриим.
«Тугу-тугу саҥараҕыный?» – диэбиттии, Илья оҕонньор Маайа диэки көрөр.
– Туох-туох диигиний?
– Таҥаскын аҕал, сууйан биэриим.
– Суох, мин таҥаһым кирэ бэрт… Мин бэйэм даҕаны сууйааччым суох, – Илья сапсыйан кэбиһэр.
– Дедушка, кыбыстыма… Биһигини хонор сирэ, сиир килиэбэ суох сырыттахпытына бэркэ абыраабытыҥ, ол махталын, саатар, таҥаскын сууйан биэриим.
– Бэрт үгүс быстыбыт-ойдубут мин килиэппин сиэбитэ, ороммор утуйбута да, ким даҕаны бу эн курдук эппэтэҕэ… Чэ, эн этэриҥ да курдук буоллун, – дии-дии оҕонньор кирдээх таҥаһын устан Маайаҕа быраҕаттаан биэрэр.
Маайа, баанньыкка киирэн, оҕонньор таҥаһын сууйар, оһох аттыгар куурда ыйыыр.
– Дедушка Илья, билигин баанньыкка киирэн суун.
Оҕонньор, эмиэ кэтэмэҕэйдээн баран, баанньыкка суунар, ыраас таҥаһы таҥнар. Кини ол курдук суунан, ыраас таҥаһы таҥнан, чэпчээн үөрэ-көтө олордоҕуна Сүөдэр киирэр:
– Чэйиҥ, аһыахха! – Илья чаанньыгын оһоҕуттан таһаарар.
– Илья кырдьаҕас, хайдах олордуҥ?
– Ничаво-о, үчүгэй… Кэргэниҥ үтүө киһи эбит.
Сүөдэр арыгыны Илья оҕонньорго кутан биэрэр. Оҕонньор арыгытын туппутунан Маайаҕа кэлэр. Хараҕыттан уу-хаар баспыт.
– Тукаам, баһыыба!.. Миигин бырастыы гын, мин дьахталлары барыгытын куһаҕаттар дии саныырым… Эн дьолуҥ, эн доруобуйаҥ туһугар!
Илья оҕонньор холуочуйар. Кини, Сүөдэри кууһан олорон, бэйэтин кыһалҕалаах олоҕун кэпсээн биэрэр уонна этэр:
– Эн Маайаны хаһан даҕаны атаҕастаабат буол!.. Кини киһи буолбатах. Тыыннаах аанньал!.. Кини көмүстээҕэр күндү киһи, үтүө санаалаах киһи… Кэһииҥ тобоҕун кут, мин аанньалым туһугар иһэбин!
* * *
Маайа чугастааҕы бириискэлэргэ үлэ кыайан булбат, онон били урукку ыалын кытта Бодойбоҕо киирэргэ быһаарынар.
Сүөдэр таҥаһын сууйан, абырахтаан баран, Маайа оҕотунаан Бодойбоҕо көһөр. Кини үлэлиир ыала Бодойбоҕо Гаумановскай уулуссаҕа олохсуйаллар. Маайалаахха эмиэ кыра хоһу аныыллар. Билиҥҥи дьиэлэрэ били Федосьевскай бириискэҕэ олорбут дьиэлэринээҕэр быдан киэҥ, үчүгэй дьиэ.
Кыһын устата Сүөдэр соло буолан биирдэ да дьонугар киирэ сылдьыбат. Кини кыһыны быһа аҕыс турку табанан Энгэлдьимэ сиһиттэн Федосьевскай бириискэҕэ мас таһар… Тойоно Байбал Дайыылабыс үчүгэйдик үлэлиирин, арыгыһыта, хаартыһыта суоҕун иһин Сүөдэри сөбүлүүр. Онон кинини ханна да ыыппат.
Бу сылдьан Сүөдэр арай биирдэ били Андреевскай бириискэҕэ хоонньоһон хоммут хара бытыктаах киһитин, Трошканы, суолга көрсө түһэр. Трошка, кинини көрөөт, уруккуттан билсэр киһи быһыытынан үөрэр, ыйыталаһар:
– Ханна үлэлиигиний?
Сүөдэр мас таһыытыгар үлэлиирин эппитигэр, киһитэ хайдах эрэ сөбүлээбэтэх курдук буолар.
– Шахтаҕа үлэлиириҥ ордук буолуо этэ.
– Тоҕо?
– Биһиги, рабочайдар, олохпутун, быһыыбытын-майгыбытын кытта билсиэ этиҥ, – Трошка мичээрдиир.
Саха сиринээҕэр быдан эрдэ, муус устар саҥатын диэки, хаар хараарар, суол алдьанар, мас таһыыта уурайар. Сүөдэр тойонуттан көҥүллэтэн, табаларын сайыҥҥы бостууктарга – эбэҥкилэргэ туттаран баран, кэргэнигэр Бодойбоҕо киирэр. Кини тимир суолунан аан бастаан айанныыр.
Сүөдэр айаннаан иһэн түннүк аттыттан арахпат, элэгэлдьиһэн хаалар мастары, хайалары, таастары одуулаһар. Вагон иһигэр дьон лыык курдук симиллибиттэр. Ол дьон кэпсэтэллэригэр «акция», «паай», «кыттыгас» диэн тыллары үгүстүк тутталлар. «Ити тугу кэпсэтэр баҕайыларый» диэн дьиктиргээн Сүөдэр дьон кэпсэтэллэрин иһиллиир. Ол олорон өйдөөбүтэ: Тайҕа көмүстээх бириискэлэрин барытын ханнык эрэ «промышленнай хампаанньа» ылар буолбут. Россия ыраахтааҕыта бэйэтэ ол «промышленнай хампаанньаҕа» кыттыгас буолар үһү. Бу «хампаанньа» ким баҕалааҕы барытын кыттыһарга ыҥыртыыр дэһэллэр. Оннооҕор рабочайдары «кыттыгас буолуҥ» диэн ыҥыртыыр үһү. Биирдии «акция» биэс уоннуу сүүс сыаналаах үһү. Акцияны атыыласпыт киһи Бодойбо көмүстээх Тайҕатыттан киирэр барыстан түҥэттиһэр үһү. Барыта уон биир мөлүйүөн суумалаах акция тахсыбыт. Үгүс дьон «хампаанньа» барыһыттан тииһиниэхпит диэн үөрэр курдук кэпсэтэллэр. Ол дьон диэки сөбүлээбэтэхтии көрөн кэбиһэн баран, биир кырдьаҕас рабочай оҕонньор үгэргээн этэр:
– Мантан инньэ ыраахтааҕыбытын кытта бииргэ арыгы исиһэр буолуохпут, хата үчүгэй.
– Хайдах?.. Ыраахтааҕыны кытта дуо?.. – биир эдэр киһи дьиктиргээн ыйытар.
– Мин, эн, бу киһи, биһиги бары акцияны атыылаһабыт. Ыраахтааҕы эмиэ ылар. Биһиги бары биир «хампаанньа» акциятын ылабыт. Оччоҕо бары кыттыгас буолумуна, туох буолуохпутуй? – оҕонньор кини тугу этэрин истээри үмүөрүспүт дьон диэки үөннээхтик мичээрдээн кэбиһэр. – Дьэ уонна бииргэ арыгылаамына ханна барыахпытый?!. Сыл түмүгэр барыспытын түҥэттэбит. Ол курдук этэллэр дии. Барыһы түҥэттибит үөрүүгэ банкеты, арыгылааһыны тэрийэр үгэстээхтэр. Оннук буолбат дуо?.. Оннук! Дьэ, ыраахтааҕы биэс мөлүйүөҥҥэ акцияны атыыласпыт буоллун, кини барыһа дуу, ол эн биһикки биирдии мөһөөкпүтүгэр, иккилии акциябытыгар кэлэр барыс дуу? Биллэн турар, ыраахтааҕы Тайҕаттан киирбит көмүс барыһын төбө тыырбыт аҥаарын кэриҥин ылыа. Оттон эн биһиги тугу ылыахпытый?.. Биирдэ эрэ иһэр арыгы атыытын. Ол аата, ыраахтааҕыбытын кытта бииргэ арыгылаабыппытыгар тахсар буолбат дуо?!
– Кырдьык, биһигини, «кыттыгас» ааттаан, көлүнээри оҥостоллор, – дэһэр саҥалар иһиллэллэр.
Бодойбо куоратыгар тиийиэхтэригэр диэри дьон наар акция, кыттыгас туһунан мөккүһэллэр, кэпсэтэллэр. Сүөдэр ол кэпсэтииттэн өйдөөн хаалбыта диэн маннык: рабочай баайы кытта хаһан даҕаны эйэлэспэт өлөр өстөөх эбит. Баай аҥаардастыы баттыырга, көлөһүннүүргэ, баайын хаҥатынарга, барыстанарга дьулуһар, оттон рабочай ол батталтан босхолонор иһин охсуһа сатыыр эбит. Кини урут «баай үлэһиккэ үлэ биэрэн абырыыр» дии саныыра. Ол букатын сыыһа эбит, баай, көлөһүннээн сиэри, үлэһиккэ үлэ биэрэр эбит.
Сүөдэр Бодойбоҕо ыкса киэһэ тиийэн кэргэнин булар. Сэмэнчик хайыы-сахха утуйан хаалбыт. Кэргэнин көрөн, Маайа олус үөрэр. Ас астаан, чэй кута охсор. Кини көрдөҕүнэ, Сүөдэр улаханнык ырбыт, дьүдьэйбит. Сирэйин салгын сиэн хап-хара буолбут. Арай ып-ыраас чаҕылыйбыт сытыы харахтара эрэ уруккуларын курдуктар. Оо, Маайа бу уһун кыһын устата ити харахтары төһө аҕынна этэй!
Маайа, оронун оҥорон баран, оронун анныттан дьааһыгын соһон таһаарар уонна, мичээрдии-мичээрдии, маҥан таҥас суулааҕы Сүөдэргэ уунар:
– Сүөдэ-эр, бу эйиэхэ таҥас ылбытым. Көр эрэ, сөп буолсу дуо?
Сүөдэр сууну арыйан көрөр: бэртээхэй диэн хара сукуна көстүүм эбит. Кини, киһи төрөөн, бэйэтэ бас билэн, төрүөҕүттэн ыла хаһан да маннык мааны таҥаһы таҥна илигэ. Кини үөрэн, долгуйан хайыан да билбэт.
– Хаһан мин кэтиэхпиний?
– Сарсыарда кэтиэҥ! Мин хотуммуттан, Василиса Васильевнаттан, көҥүллэтиэм. Оҕобутун илдьэ дьаарбайыахпыт, күүлэйдиэхпит, – диир Маайа үөрэ-көтө.
* * *
Сарсыарда Сүөдэр саҥа көстүүмүн кэтэр. Маайа тойонун аахха киирэн көҥүллэтэн тахсар. Сүөдэрдээх аһаат, дьаарбайа тахсаллар. Ол баран иһэн көрдөхтөрүнэ, дьон Витим өрүс диэки сырсаллар. Аллараттан, Мамакан үрэх төрдүн диэкиттэн, хойуу хара буруо өрүкүйэн көстөр.
– Борохуот иһэр! Борохуот иһэр! – диэн дьон саҥата аймалаһар.
Бу быйыл саас аан бастааҥҥы борохуот этэ. Манна, Бодойбоҕо, күһүҥҥүттэн ыла уһун кыһын устата сылдьыһыы, кэлии-барыы уурайар. Ыйга иккитэ дьаам почтаны аҕалар. Ону кытта тиэтэллээх сорудах баар буоллаҕына, курьер эбэтэр ханнык эмэ департамент чиновнига кэлэн барааччы. Онон сааскы бастакы борохуоту дьон олус күүтэллэрэ, ол борохуотунан үлэ көрдөһө кэлэр дьоннор истэригэр: «Биир дэриэбинэлээҕим, ыалым кэлэн иһэрэ буолаарай? Төрөөбүт дэриэбинэм туһунан тугу эмэни истээйэбиний?» – диэн эрэх-турах саныыллара.
Сүөдэрдээх Маайа оҕолорун көтөхпүтүнэн, дьону батыһан, борохуоту көрө бараллар. Кытылга киһи тобус-толору. Аллара ыраах борохуот турбата көстөр. Витим өрүс сааскы тотун үгэнэ. Өрүс сүүрүгэ мас сыыһын, сыгынахтары, бүтүн тииттэри түргэн бэйэлээхтик көтүтэн аһара турар. Үп-үрүҥ күүгэттэр кылыһа усталлар.
Дьон ханнык борохуот иһэрин таайа сатыыллар:
– «Святой Иннокентий» иһэр!
– Ээ, суох, «Князь Михаил» буолбат дуо, биитэр «Генерал Синельников» дуу?
– Шмотин атыыһыт борохуота Киренскэйгэ кыстаабыта дии, хата ол иһэр быһыылаах!
Мамакан үрэх тоҕойун ааһан, Витим өрүс сааскы халаанын уутун өрө өксөйөн, куба маҥан борохуот Бодойбо куорат анныгар чугаһыыр уонна уһун кыһын устата чоҥкуйан турбут хайалары уһугуннарыахха айылаах хатан баҕайытык үөгүлээн бытарытар. Бу кырдьык «Генерал Синельников» эбит. Борохуоту көрсө исправник Курдюков киирэр. Борохуоттан бэрт мааны таҥастаах хас да киһи утары тахсаллар. Сүөдэрдээх Маайа ол дьон таҥастара маанытын сөҕө саныыллар.
«Тайҕа туох баар бириискэлэрэ барыта аны саҥа тэриллэр «Ленское золотопромышленное товарищество» бас билиитигэр киирэр үһү. Ол товарищество хаппытаалын аҥаарын омук баайдара ылбыттар үһү. Бу борохуотунан Тайҕа бириискэлэрин көрө, тута улахан тойоттор, инженердэр кээлтэр үһү», – диэн кэпсээн ити күн Бодойбо куоратын тилийэ көтөр.
Сүөдэрдээххэ Тайҕаны ким да бас билэрэ син биир, онон кинилэр бу кэпсээни улаханнык сэҥээрбэттэр:
Турбахтыы түһэн баран, Сүөдэр Маайаҕа сибигинэйэр:
– Чэ, Маайа, барыах.
– Сүөдэ-эр, ханна барабытый?
– Манна Черняк лааппыта баар диэбитиҥ ээ, онно киирэн тахсыах.
Кыһыл кирпииччэттэн тутуллубут улахан лааппы дьиэҕэ тиийэллэр. Лааппыга киирэн Сүөдэр, Маайаҕа туоҕу эмэ атыылаһан бэлэх биэрээри, долбуурдары кэрийэн көрөр.
– Маайа, ыл, бу сону кэтэн көр эрэ! – Сүөдэр бирикээсчиктэн дьахтар хаарыс сонун көрдөөн ылан кэргэнигэр биэрэр.
– Кэбис, ханнык харчыбытынан ылаары…
– Куттаныма, сөп түбэстэр эрэ ылыахпыт.
Маайа сону кэтэр. Сон киниэхэ анаан тигиллибит курдуга, сөрү-сөп. Хас хамсаатаҕын аайы солко курдук тыаһа суугунас.
Маайа, сону устаары, тимэхтэрин төлөрүтэр. Сүөдэр, ону көрөн, икки илиитинэн сон эҥээрин саба тутар:
– Устума, кэтэ сырыт! – уонна бирикээсчиккэ сон атыытын төлүүр.
Оо, Маайа үөрдэҕин эриэхсит! Кини махтаммыт, уйадыйбыт хараҕынан эрин диэки көрөн кэбиһэр.
Кэргэнин үөрдүбүтүттэн Сүөдэр бэйэтэ эмиэ олус үөрэр. Кини чугас соҕус «Самородок» диэн ресторан баарын көрөн этэр:
– Маайа, итиннэ киирэн үчүгэйдик аһаан тахсыах!
– Чэ!.. Биирдэ көрүлээтэхпит дии, – Маайа хараҕа үөрүүнэн чаҕылыйар.
Сүөдэр тиийэн ааны аспытыгар иһирдьэттэн түөскэ анньан кэбиһэллэр:
– Киэр буолуҥ! Бүгүн эһигинньиктэр манна киирбэттэр!
* * *
Витим өрүс кытылыгар турар «Самородок» рестораҥҥа музыка ньиргийэр, бакааллар лыҥкыныыллар, бытыылкалар бүөлэрэ төлүтэ ыстанан баһыргыыллар. Манна Бодойбо чиновниктара, баайдара, урут бириискэни бас билэн олорбут тойоттор мустан, саҥа «Товарищество» инженердэрин, тойотторун күндүлүүллэр.
Манна баар улахан үөрүү-көтүү, манна баар кыра чиновниктар үрдүк сололоох тойоттор иннилэригэр, үөл талах курдук, имиллэҥнииллэрэ диэн. Манна баар саҥа кэлбит инженердэри кытта билсиһэ сатааһын, үчүгэй хамнастаах үлэҕэ тиксээри ньылаҥнааһын, хаптаҥнааһын! Оттон ресторан үрдүк олбуорун тас өттүгэр рабочайдар, бөлөх-бөлөх мустан туран, кэпсэтэллэр:
– Бэйэбит баайдарбыт Тайҕаны барытын омук баайдарыгар атыылаабыттар.
– Тайҕаны эрэ буолбатах, эн биһиккини, манна үлэлиир дьону барытын атыылаабыттар.
– Ээх, кырыыс да буолар эбит! Биһиги хас сыл аайы төһөлөөх элбэх көмүһү хостуубутуй? Онуоха туолбакка-топпокко, аны сүөһү курдук атыылаан кэбистэхтэрэ!
– Хаһан нуучча киһитэ өйүн-төйүн булан, хараҥаны-сырдыгы, батталы-көҥүлү өйдүүр буолар, – диир арай Сүөдэр ханна эрэ истибит бэркэ билэр саҥата.
Кини ол саҥа диэки хайыһа түспүтэ: арай Трошка турар эбит. Кинилэр өрдөөҕүттэн билсэр дьон быһыытынан илии тутуһан дорооболоһоллор. Сүөдэр Трошканы дьиэтигэр ыҥыран илдьэр. Маайа чэй өрөр, Сүөдэр иһит арыгыны атыылаһан аҕалар.
Трошка Сүөдэрдээх ас бэлэмнээн түбүгүрэллэрин, мичээрдии-мичээрдии, көрөн олорор. Кини маҥнайгы үрүүмкэ арыгыны туох да ааттаһыннарыыта суох иһэр. Онтон, Сүөдэр иккистээн кутаары гыммытыгар, үрүүмкэтин ытыһынан саба баттыыр:
– Суох, мин мантан ордук испэппин.
– Тоҕо?
– Э-ээ! – диэн Трошка үөһэ тыынан кэбиһэр. – Биһиги, рабочайдар, бу аһыы ууга өйбүтүн сүүттэрэбит. Арыгы биһиэхэ куһаҕантан атыны тугу да биэрбэт. Ол иһин мин бэйэм да испэппин, эйигин да иһимэ диибин!
Трошка арыгы испэтин Сүөдэр иһигэр хайгыы да, дьиибэргии да саныыр: кини манна көрсүбүт дьоно бары да кутуллубут арыгыттан аккаастамматтар этэ. Сүөдэрдээх Трошка, Маайа астаабыт аһын хайгыы-хайгыы, бу киэһэ хойукка диэри олорон сэһэргэһэллэр. Ол тухары Трошка Сүөдэри, кини тылын-өһүн, бэркэ иҥэн-тоҥон истэр, көрөр.
* * *
Борохуотунан кэлбит тойоттор аҕыйах хонон баран аналлаах поеһынан бириискэлэргэ тахсаллар. Кинилэр, ыкса күһүҥҥэ диэри сылдьан, шахталары барыларын чинчийэн көрөн баран, Бодойбо куоратыгар төннөллөр.
Үлэһиттэр уруккуларын курдук үлэлии сылдьаллар. Тойоттор, инженердэр кэлиилэрин сонуна ааһан, дьон кэнникинэн кинилэри букатын аахайбат буолан барар. Көмүс сууйуутун төлөбүрэ уруккутунааҕар үстүү харчы намтыыр, рабочайдары ыстарааптааһын элбиир, улаатар. Бириискэлэргэ чааһынай лааппылар бары сабыллаллар. «Товарищество» бэйэтэ лааппылары аһыталыыр. Онон ас, таҥас сыаната быдан үрдүүр. Рабочай атын атыылаһар сирэ суох, онон аһы-эти, таҥаһы, төһө да ыарахан буоллар, атыылаһарыгар тиийэр.
Мас бэдэрээтэ эмиэ саҥа «Товарищество» бас билиитигэр киирэр. Байбал Дайыылабыс суруксутунаан Уйбаан Уоһукабыстыын мас бэдэрээтин кэпсэтэ Надеждинскайга киирэллэр. Манна хайыы-үйэ Иван Александрович Бутылкин, мас киллэрэн, 36 хостоох, икки мэндиэмэннээх саҥа «Товарищество» бырабылыанньатын дьиэтин туттаран эрэр. Оттон Моисей Иосифович Капустин Гачинскайга кылаабынай резиденция дьиэтин туттарарга бэдэрээт ылбыт. Тиэхэнэп, өлгөм харчылаах бэдэрээттэри куоттартаан кэбиһэн, киҥэ-наара улаханнык алдьанар.
– Дьиккэр, эн үөрэхтээхпин, өйдөөхпүн диэн сымыйанан чабыланаҕын, – диир Тиэхэнэп суруксутугар Уйбаан Уоһукабыска. – Ити Бытыылка түөкүҥҥэ уонна Хаппыыстын дьэбириэйгэ харчылаах үлэлэри барытын былдьаппыппыт буолбат дуо?
– Байбал Дайыылабыс, олус кыыһырыма. Кинилэр дьиэ тутуутугар сырыттыннар… Саҥа дьиэ тутуллар бэдэрээтэ куруутун баар буолбат… Оттон уокка оттор мас, крепежнай мас мэлдьи наада буолуоҕа. Хата, саҥа кэлбит баһылыктартан ону кэпсэтэн, барытын олордон тахсыах. Билигин биһигиттэн ураты ким да мас бэдэрээтин ылбат. Төһө диибит да, ылыныахтара, ылыммакка ханна барыахтарай!
– Сөпкө да эттэҕиҥ буолуо, – оҕонньор арыый намырыы быһыытыйар. – Оччоҕо кэпсэтэ охсуохха: эмиэ атын дьоҥҥо былдьатан кэбиһиэхпит.
* * *
Үлэһиттэр ортолоругар «Товарищество» акциятын атыылыыллар. Ону тарҕатан, уонунан агеннар дьону тула көтөллөр, акция атыылаһар барыстааҕын дакаастыы сатыыллар. Үгүс дьон, кыра уурумньу көмүстээхтэрин атыылаан харчы оҥорон, акцияны атыылаһаллар. Сотору соҕус кинилэр арсыын холобурдаах уһун күөх өҥнөөх «акция» кумааҕытын туппутунан, аһыыр ас атыылаһар харчыта суох хаалаллар, акцияларын аны сыанатын аҥаарыгар дьоҥҥо сыҥалыы сатыыр буолаллар. Иккис сылыгар «барыс түҥэттиэхпит» диэн күүппүт дьон биирдии мөһөөк акция баһыгар биэстии харчы «барыс» диэн ылаллар. Үһүс сылыгар «Товарищество» барыс түҥэттэрин оннугар «бачча мөлүйүөн ороскуоттаах буоллубут» диэн суорҕан саҕа биллэриини бэчээттээн тарҕатар.
Бу кэмҥэ Илин Китай сиригэр Россия Японияны кытта сэриилэһэр сураҕа иһиллэр. Саас Витим өрүс мууһа ыраастанарын кытта Бодойбоҕо Иркутскайдааҕы байыаннай уокуруктан офицердар кэлэннэр үгүс эдэр нууччалары саллаакка тутан илдьэ бараллар.
Сотору буолаат, сир аннынан, бэрт кистэлэҥинэн «ыраахтааҕы рабочайдары ытыалаабыт үһү» диэн сурах иһиллэр. Почта сылдьыбат буолан хаалар. Онон Бодойбо атын сирдэри кытта сибээһэ быстар. Чааһынай дьонтон телеграмманы да ылбат буолаллар. Ол да буоллар Киин Россияҕа революционнай охсуһуулар тустарынан сурах син биир тиийэн кэлэр. Соҕурууҥҥу революционнай хамсааһыны өйөөн, манна аҕыйах бириискэ рабочайдара забастовкалыыллар, ону атын шахталарга, бириискэлэргэ истиминэ хаалаллар.
Бу кэмҥэ Сүөдэрдээх Маайа олохторугар ханнык даҕаны уларыйыы тахсыбат: Сүөдэр Федосьевскай бириискэҕэ олорон Тиэхэнэп баай бэдэрээтин маһын тиэйэр, Маайа оҕотунаан Сэмэнчиктиин Бодойбоҕо урукку ыалыгар Моисеевтаахха дьиэ үлэһитинэн олорор. Саас сыарҕа суола алдьаныыта Сүөдэр Бодойбо куоратыгар кэргэттэрин кытта сайылаан тахсар.
Арай биирдэ, 1907 сыллааҕы саас, Бодойбоҕо нууччалыы билбэт омук инженерэ кэлбит үһү диэн кэпсээн тарҕанар. Ону Сүөдэр, лааппыттан иһэн, аара дьон кэпсэтэллэриттэн истэр.
– Дьэ, дьикти сонун, – диир тимир суол чиновнигын таҥаһа таҥастаах нуучча киһитэ, – Лена көмүһүн аны англичаннарга атыылаабыттар.
– Ону эн хантан биллиҥ? – диэн почтовай чиновник дьиктиргээн ыйытар.
– Тыый, истэ иликкин дуо, мистер Ролькер диэн английскай инженер кэлэн, бириискэлэри, шахталары кэрийэ сылдьарын? Лена бириискэлэрин барытын атыылаһаары көрө кэлбит үһү.
– Биһиги ыраахтааҕыбыт маннык баай көмүстээх сири атыылаабатах баҕайыта ини, – диэн чиновник итэҕэйбэт.
Сайын ааһар. Күһүҥҥү тиһэх борохуотунан омук инженерэ мистер Ролькер соҕуруу барар.
Кыһыҥҥы Ньукуолун аҕыйах хонук ааһыыта Сүөдэр, Надеждинскай бириискэҕэ мас киллэрэн баран, рабочайдар бараахтарыгар чэйдии киирэр. Бараахха олорор дьон олус аймаммыттар, айдаарбыттар. Кинилэр ортолоругар Трошка эмиэ баар эбит.
– Туох буоллугут? Тоҕо бу айдааралларый? – диэн Сүөдэр билсэрдии Трошкаттан ыйытар.
– Биһигини англичаннарга атыылаабыттар… Истэ иликкин дуо?.. Саҥа акция тахсар үһү. Ол туһунан бу «Русские ведомости» диэн хаһыакка бэчээттэммит. Били ааспыт сайын манна кэлэн тиҥсирийэн барбыт мистер Ролькер инженер Лондоҥҥа тиийэн дакылааттаабыт дакылаатын манна бэчээттээбиттэр. Иһит эрэ, кини бу курдук эппит: «Ленатааҕы бириискэлэр көмүстэрин саппааһа олус баай, арай Аляска эрэ көмүһүн саппааһыгар баһыйтарар. Ленатааҕы бириискэлэртэн сыллата аайы 17 мөлүйүөн барыһы ылыахха сөп».
– Ол баайы, биһиги бэйэбит туһаммакка, тоҕо омукка атыылыыбытый?
– Бэрт сөпкө этэҕин. Биһиги эмиэ ити курдук саныыбыт, – дии-дии Трошка Сүөдэр саннын таптайар. – Төһө элбэх саха мас кэрдиитигэр үлэлиирий?
– Элбэхтэр… Соҕотох мин мас тиэйэр учаастакпар сүүстэн тахса киһи үлэлиир. Капустин мас кэрдээччилэрэ биир оччо буолуохтара. Оттон Бутылкин мас кэрдээччилэрэ оннооҕор үгүстэр.
– Бэйи эрэ, – Трошка Сүөдэри, хонноҕун анныттан ылан, бараах муннугар илдьэр. – Эн ол мас кэрдээччи бэйэҥ дьоҥҥор Лена көмүстээх бириискэлэрин омукка атыылаабыттарын туһунан кэпсээбэккин ээ?
– Тоҕо кэпсиэм суоҕай, кэпсиэм буоллаҕа дии.
– Чэ, сөп… Маны мас кэрдээччилэргэ таһааран көрдөр, – Трошка бүк тутуллан сууламмыт күөхтүҥү өҥнөөх кумааҕыны хоонньуттан ылан биэрэр.
– Бу тугуй? – Сүөдэр соһуйар.
– Бу саҥа тэриллэр акционернай корпорация докумуона… Көр эрэ, бу нууччалыы тылынан «Русская горнопромышленная корпорация» диэн сурулла сылдьар. Ол алын өттүгэр английскай тылынан «Lena-Goldfields Limited» диэн суруллубут. Аны биһигини англичаннар бас билэр буолбуттар. Итини үлэһиттэргэ өйдөтүөххэ наада.
– Сөп, кэпсиэм, – Сүөдэр кумааҕыны хоонньугар уктар. – Трошка, төһө харчыга маннааҕы бириискэлэри атыылаабыттара буолуой?
– Төһөҕө атыылаабыттара кистэлэҥ, ону ханна даҕаны быктарбаттар. Маннааҕы Белозеров тойон Петербурга кылаабынай резиденинэн ананан барар, кини баһылыгынан английскай лорд Гаррис буолар үһү.
* * *
Лена өрүс көмүстээх тайҕатын бириискэлэрэ бары саҥа тэриллибит «Лена Голдфилдс» акционернай обществоҕа киирбиттэрэ. Арай Ротьков-Рожнев Бодайбинка үрүйэ өлгөм көмүстээх сирин таба тайанан тутуллубут бириискэтэ эрэ туспа ордон хаалбыта. Ротьков-Рожнев бэйэтэ Петербурга олорор. Кини бириискэтин Иннокентий Илларионович Гральман инженер дьаһайар. Акционернай общество бириискэлэриттэн үүрүллүбүт атыыһыттар манна лааппы аһан эргинэллэр. Ротьков-Рожнев бириискэтигэр Тайҕа урукку расценката уларыйа илик. Онон акционернай общество расценкатын сөбүлээбэтэх, кинилэр лааппыларын аһын-таҥаһын ыарырҕаппыт барыта бу бириискэҕэ кэлэр. Ол акционернай общество дьаһалын олус мэһэйдиир.
«Лена Голдфилдс» акционернай обществоҕа кылаабынай инженеринэн үлэлии кэлбит Петр Владимирович Грюнвальд уонна бу Ротьков-Рожнев бириискэтин салайааччы Гральман урут бииргэ үөрэнэн, Петербурдааҕы горнай институту бүтэрбиттэрэ. Ол кэнниттэн Грюнвальд Англияҕа баран, Оксфордскай университекка хайа инженердэрин курсун истибитэ.
Биирдэ Грюнвальд Гральманы кытта кэпсэтэ кэлэр.
Иннокентий Илларионович былыр бииргэ үөрэммит доҕорун үөрэ-көтө көрсүһэр, дьиэтигэр ыҥыран илдьэн ыалдьыттыыр, күндүлүүр.
– Иннокентий Илларионович, – диир Грюнвальд аһаан бүтэллэрин саҕана. – Бу бириискэ биһиги акционернай обществобыт дьаһалыгар олус мэһэйдэһэр… Биһиги үлэбитин атахтыыр.
Гральман саҥата суох иһиллээн олорор. «Ол да иһин, бастаан эппитин курдук, былыр бииргэ үөрэммитин кэриэстээн эрэ кэлбэтэҕэ чахчы», – дии саныыр.
– Хомойуох иһин, мин онуоха тугунан да көмөлөһөр кыаҕым суох, – диир Гральман, ыалдьыта үҥсэргиирин истимэхтээн баран.
– Кыахтааххын, доҕоччуок, кыахтааххын! – Грюнвальд, чааскытын халбарыччы анньаат, Гральмаҥҥа эргиллэ түһэр. – Иннокентий Илларионович, эн бириискэни биһиэхэ атыылаан кэбис, – диир.
Гральман соһуйар. Кини итини эрэ истиэм диэн күүппэтэҕэ. Кини Грюнвальд бэркэ муҥутаан: «Биһиги бириискэлэрбит үлэһиттэрэ манна кэлэн үлэҕэ көрдөстөхтөрүнэ – үлэҕэ ылыма», – диэн көрдөһүө дии санаабыта. Онтуката букатын атын буолан таҕыста.
– Мин бириискэни атыылыыр быраабым суох. Эһиги ити туһунан мин тойоммун кытта кэпсэтиҥ.
– Биһиги кылаабынай резидеммит Иннокентий Николаевич Белозеров Петербурга тойон Ротьков-Рожневы кытта хаста да кэпсэппит да, туох да быһаарыы тахсыбатах.
– Петр Владимирович, хайыыр да кыаҕым суох.
– Кэбис, инньэ диэмэ, – диир Грюнвальд. – Иннокентий Илларионович, эн биһиэхэ бэрт үтүөнү оҥорор кыахтааххын.
– Холобура?
– Иннокентий Илларионович, эн суруй тойоҥҥор: «Бириискэ көмүһэ бүтэн эрэр. Билигин үлэһиттэр айахтарыгар да кыайан харчыны өлөрбөт буоллулар. Манна тэриллибит «Лена Голдфилдс» акционернай обществоны кытта кыайан конкуренцияласпат кутталга киирдибит. «Лена Голдфилдс» биһиги бириискэбитин, билбэт буолан, атыылаһарга тыл көтөхтө, балтараа мөлүйүөнү кыһыл көмүһүнэн ууран биэрэр. Мин ити сыанаҕа бириискэни атыылыыр баҕалаахпын, ону туох диэн быһаараргын биллэр», – диэн. Эн тойонуҥ «көмүһэ бүппүт» бириискэ иһин балтараа мөлүйүөнү ылартан аккаастаныа суоҕа.
– Петр Владимирович, итинтэн эрэ миигин босхолоо! Мин тойоммор сымыйалыахпын баҕарбаппын. Биһиги бириискэбит биир сыл иһигэр балтараа мөлүйүөнү биэрэр.
– Иннокентий Илларионович, эн биһигиттэн уон сыллааҕы хамнаскын биирдэ олордон ылыаҥ. Ол үчүгэй буолбат дуо?..
Петр Владимирович Грюнвальды көһүтэн, олбуор иһигэр тройка турар. Фаэтон инники олоҕор куучар, хаххан курдук, эҥкэллэн олорор. Кини тэһийиминэ, тугу эрэ көхсүн иһигэр киҥинэйэн ыллыыр. Бу куучар, түөһүн саба түспүт хара бытыктаах, таарбаҕан бэргэһэлээх нуучча киһитэ, тойоно бүтүн бириискэ, сүүһүнэн, тыһыынчанан киһи дьылҕатын туһунан кэпсэтэр кэмигэр тугу саныы олорорун ким билиэй?! Баҕар, кини саныыра буолуо, хайдах дьол-соргу көрдөөн, киэҥ Сибиир кэтит иэнин тэлэн, манна, Тайҕаҕа, кэлбитин. Баҕар, саныыра буолуо, төрөөбүт дэриэбинэтин, маҥнайгы тапталын туһунан. Баҕар, саныыра буолуо, Ийэ дойдутун – тапталлаах Россиятын инники кэскилин, нуучча үлэһит норуотун иҥсэлээх баайдар, тойоттор кулут оҥостон көлүнэллэрин, көлөһүннүүллэрин туһунан. Ким билиэй кини тугу санаан көхсүн иһигэр ыллаан киҥинэйэ олорорун?!
Тойоно манна олус өр буолла. Куучар тэһийбэт. Салгын да тымныйда, халлаан да хараҥарда. Сотору-сотору дьиэ диэки көрүтэлиир. Дьиэ түннүктэринэн лаампа уота сандаарар.
Куучар, тэһийбэккэ, ыллаан киҥинэйэн барар. Кини куолаһа улам улаатан, дуораһыйар:
Тройка мчится,
Тройка скачет,
Вьется пыль
Из-под копыт…
Кини ырыатын маҥнай чугастааҕы дьиэлэр, онтон бириискэ икки өттүнэн өҥөйө үүнэн турар, былыкка тиийэ үллэн тахсыбыт үрдүк хайалар үтүктэн, ыллаһан бараллар…
* * *
«Лена Голдфилдс» акционернай обществоны быһатытан «Табаарыстыба» диэн ааттыыр буолбуттара. Өрдөөҕүтэ хаалларыллыбыт шахталары, карьердары барыларын Табаарыстыба үлэҕэ киллэртиир. Онон Байбал Тиэхэнэп быйыл ордук улахан бэдэрээти кэпсэтэр. Үс сүүстэн тахса киһинэн мас кэртэрэр, мас тиэйиитигэр аҕыс сүүсчэкэ табаны туруорар.
Мас кэрдээччилэр бириискэ чугастарынааҕы ойуур маһын, өрт уотун курдук, ньимси сотоллор. Билигин Таптыга уонна Чумаркой систэрин маһын кэртэрэллэр. Ол маһы Иннокентьевскай, Федосьевскай, Надеждинскай уонна Андреевскай бириискэлэргэ киллэрэллэр.
Сүөдэр быйыл кыһын Чумаркой сиһиттэн Федосьевскайга крепежнай маһын киллэрэр. Арай биирдэ сааһыары соҕус, Сүөдэр Чумаркой сиһиттэн аҕыс туркунан мас тиэйэн киирэн иһэн, биир киһини ситэн ылар.
– Аа, атас! Миигин Надеждинскайга киллэр эрэ, – диэн сиппит киһитэ көрдөһөр.
Сүөдэр өйдөөн көрбүтэ: киһитэ өлөр итирик эбит. «Итирик киһи аны балыыҥкалыы сылдьыа», – дии санаан, Сүөдэр ааһаары гынар.
– Тохто-о! – диэн били киһи таба аалыгар иилистэ түһэр.
– Табаларым маспын арыычча тардан иһэллэр. Ылар кыаҕым суох, баалаама, – диэн Сүөдэр көрдөһөн көрөр.
– Атас, хаалларыма!.. Мин манньалыам!.. Испиир иһиэххин баҕараҕын дуо? – итирик киһи көрдөһөр.
Испиир бириискэлэргэ атыыламмат. Арай ардыгар харса суох дьон Маачаттан уонна Ньүүйэттэн кистээн таһааран ыар сыанаҕа атыылыыллар. Бу киһи хантан булан испитин ким билиэй! Итинник сырыттаххына стражниктар туттахтарына, туох диэн эппиэттэнэн куотуоххунуй, хаайылыннаҕыҥ ол!
– Хантан ылбыт испииргиний?
– Кыра баар… Мин ону хантан ылбытым эйиэхэ наадата суох… Санников диэн саха киһитэ атастаахпын… Кини тугу баҕарар булар… Курюков исправник да хараҕын уутун ылан кулу диэтэххэ, булан биэриэ этэ. Санников – маладьыас! Кини стражниктартан куттаммат, стражниктар киниттэн куттаналлар… – диэн кэпсээн дойҕохтуу-дойҕохтуу, итирик киһи Сүөдэри кытта сэргэстэһэ турку үрдүгэр олорор.
Сүөдэр, бу киһини аһына санаан, «түс» диэбэт. Кини ити Санников туһунан урут да истэр этэ. Ханнык эрэ Бүлүү киһитэ Тайҕаҕа кэлэн, ороспуой буола сылдьар диэн дьон кэпсииллэрэ. Кинини сахалар «Эһэ харах» диэн ааттыыллара. Кини хараҕа, эһэ хараҕын курдук, күөхтүҥү, уоттаах үһү. Ол киһи харса суоҕунан, сымсатынан, кытыгыраһынан аатырар. Киниттэн, кырдьык, үрээнньиктэр, стражниктар куттаналлар.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.