Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 44 (всего у книги 62 страниц)
Аны сааһын тухары Юшмин ыстаарыстаҕа куучарынан сылдьыбыт доҕолоҥ Кузя, хортууһун устан мускуйа-мускуйа:
– Мин этэрим син дуо? – диэбитинэн туран кэлэр.
– Эт-эт, – диир Иван Усов.
– Этэрим даҕаны диэн… туох улахан кэлиэй. Чэ, бу ааспыт кэмнэр усталарыгар – былаас уларыйар-тэлэрийэр кэмнэрин этэбин ити – киһи аймах икки өстөөхтүү өттүгэ арахсыбытын көрөбүт. Урукку былаас уурайбытын кэннэ үлэһит норуот былааһы ылбыта. Ол саҥа былаас баайдарга, урукку тойотторго туох даҕаны куһаҕаны көрдөрбөтөҕө. Ол үрдүнэн, Колчак тойон былааһа, баайдар баһылыыр-көһүлүүр былаастара турбутугар, маннааҕы биһиги дьоннорбутун ити аппаҕа киллэрэн ытыалаппыттара буолбат дуо? Онтон ыла мин баайдарга өлөр өстөөхтөрө буолан сылдьабын… Биһиги былааспытыгар кинилэр куоластаналлара букатын сатаммат!.. Мин этиим итинэн бүтэр, – диэт Кузя хортууһун кэтэн кэбиһэр.
– Дьэ киһи!..
– Кузяҥ дьэ эттэ ээ!.. – дэһэр саҥалар иһиллэн ааһаллар.
– Табаарыстар, Сараапап атыыһыты, Юшмин ыстаарыстаны уонна Петухов үрээнньиги ревком талыллыытыгар куоластарын быһыахха диэччилэр, илиигитин уунуҥ!
Уонча эрэ киһи илиитэ көстөр. Бу курдук куоластаттахха табыллыа суох дии санаан, Сэмэнчик аны ким утарсарын куоластатар.
«Утарсабын» диэн биир да киһи илиитин ууммат.
– Табаарыстар, Маача дэриэбинэтин олохтоохторун уопсай мунньаҕын быһаарыытынан, Сараапап атыыһыт, Юшмин ыстаарыста уонна Петухов үрээнньик куоластара быһылынна! – диэн түмүктүүр Сэмэнчик. – Ыҥырыҥ, кэллиннэр!
Кузя уон аҕыстаах-тоҕустаах уолун соруйар:
– Атыыһыттаахха баран эт, кэллиннэр! Итинтэн ордугу тугу да саҥараайаҥын!
Күн уота сиэн, кубарыйан хаалбыт хара сукуна хортуустаах, эргэ суппуун сонноох атах сыгынньах уол Сараапап атыыһыттаахха барар.
Сотору Сараапап, Юшмин уонна Петухов соруйан дьоһумсуйа туттан иһэллэрэ көстөр. Мунньах дьонун үгүстэрэ кинилэри куттаммыт курдук көрөллөр-истэллэр.
Баайдар түһүлгэ кэтэҕэр «дьэ, тугу этээри биһигини ыҥыттардыгыт?» диэбиттии туттан тураллар.
Оҕото ити тойотторго туох диирин көһүтэн, Маайа сирэйэ буспут дьэдьэн курдук тэтэрэн турар.
Сэмэнчик, кэлбит тойоттор диэки көрөн кэбиһэн баран, кытааппыт тимир-тамыр курдук куолаһынан кинилэргэ мунньах быһаарыытын иһитиннэрэр.
– Маача дэриэбинэтин олохтоохторун уопсай мунньаҕын уурааҕынан, Сараапап атыыһыт, Юшмин ыстаарыста уонна Петухов үрээнньик, куоласкыт быһыллар…
«Ити кырдьык дуо? Эһиги көмүскэспэтигит дуо?» – диэбиттии, Сараапап мунньахха мустубут үлэһиттэрин-хамначчыттарын көрүтэлиир. Оттон Юмшин ыстаарыста: «Эһиги баҕас мин куоласпын быспыт буола-буолаҕыт!» – диэн, дьону барыларын сэнээбит курдук туттан турар. Петухов үрээнньик, куолаһа быһыллыбытын истэн, мэктиэтигэр куччаабыкка дылы буола түһэр. Ити курдук саҥата суох үһүөн хамсаабакка тураллар.
– Онон билигин мунньахтан баран биэриэх тустааххыт, – диир Сэмэнчик түмүктүүрдүү.
IVЫскаабыттан Сараапап биир иһит арыгыны ылар. Табыйан эрэрдии күүскэ-күүскэ дьалкытан баран, остуолга аҕалан туруорар.
– Куоласпытын быспыттарын иһин, куолайбытын баҕас быспатылар ини – арыгыта иһиэҕиҥ!
Юшмин кириэһилэ устуулга саҥата суох тиэрэ түһэн олорор. Оттон Петухов үрээнньик, кураанах силин быһа ыйыстан дьүккүк гынан кэбиһэн баран, кэпсэтиигэ кыттыбыта буолар:
– Төһө өр барар былаас турбута буолуой?
Сараапап иһит ыскаабыттан кырыылаах үрүүмкэлэри ылан туруортуур.
– Михаил Николаевич, эн өр баһылык буолан олорбут киһи буоллаҕыҥ дии, туох дии саныыгыный? – Сараапап Юшминтан ыйытар.
– Айбыт айыы таҥара бэйэтэ билэр. Ол эрээри, уһун үйэлэниэ эрэ дии санаабаппын. Итинник оҕочоостор салайар былаастара даҕаны диэхтээн, син ити салайааччыларын сиэринэн ини. Оттон эһиги туох диэн тойоннуугутуй?
Сараапап мичээрдии-мичээрдии ыйытар:
– Прохор Иванович, байыаннай ааттаах киһи буоллаҕыҥ дии, эн туох диэн быһаараҕыный?
– Мин, билэрим буоллар, ыйытыа суох этим… Ол эрээри Михаил Николаевич этиитин кытта сөбүлэһиэххэ сөп-с.
Сараапап үрүүмкэлэргэ арыгы кутуталаан бычалытар. Дьоннорун иннигэр туруортуур. Үрүүмкэтин көтөҕүөх курдук гынан иһэн:
– Да-а, балаһыанньа кытаанах, – диир. – Истэр тухары Советтар былаастара турда. Кырдьыга, бу былааһы киһилии киһи сөбүлээбэт былааһа. Онон өр үйэлээх былаас буолуо диэххэ сатаммат. Ол эрээри мас төһө даҕаны түөрэккэйин иһин, охторугар күүстээх тыал көмөлөһөр үгэстээх. Бу турбут былааһы суулларарга биһиги өттүбүтүттэн көмө баар буолара буоллар… Өскөтө оннук ханнык эмэ көмөлөһүөх түгэн тоҕоостоҕуна, эһиги туораан биэрбэт инигит?
– Суох-суох! Туох диэн эттэххиний! – диир Юшмин. Петухов үрээнньик ымайар, үрүүмкэлээх арыгытын тутан олорон:
– Мин таҥара иннигэр присяга биэрбитим-с, төһө кыаҕым баарынан-с…
– Чэйиҥ, арыгыта иһиэҕиҥ! – диэт, Сараапап үрүүмкэтин биирдэ хантатан кэбиһэр.
Петухов, иһиттим дуу, истибэтим дуу диэбиттии, эмиэ биирдэ түһэрэр. Оттон Юшмин аргыый аҕайдык «сып» гына амсайан көрөр.
– А-а, сокууска туруорбатах эбиппин дуу… Василиса!.. А, Василиса!
Сараапап кэргэнэ өҥөйөн көрөр.
– Туох буолан хаһыытаатыҥ?
– Василиса, сокууската!.. Куоласпытын быспыттарын «сууйа» олоробут!
– Ол хайдах?.. – Сараапап кэргэнэ урут хаһан да истибэтэҕин истэн соһуйар.
– Дьэ, комиссар оҕо кэлбит, куоласпытынааҕар буолуох куолайбытын даҕаны быһара буолуо!
Василиса бу Сараапап атыыһыкка кэргэн буолуоҕуттан ыла куруутун истэрэ: «Дьахтар өйүн дьыалата буолбатах!» – диэн тылы. Онон «куоласпытын быстылар» диэн тугу кэпсииллэрин оччо-бачча өйдөөбөтөр да, тугу да хардары ыйыталаспакка, ас аҕала барар.
Василиса ас аҕалыар диэри иккис үрүүмкэлэрин көтөҕөллөр. Сокууската суох испиттэрэ – арыгылара төбөлөрүгэр тахсан барар, саҥалара-иҥэлэрэ элбиир.
– Тойоттор, бу былаас өр буоллаҕына, биһиги бүтэбит-с! – дии-дии, Петухов илиитин күөрэҥнэтэр.
– Суох, кириэс баарына, туораан биэриэхпит суоҕа, Кузьма Петрович! – дии-дии, Юшмин остуолга быардыы түһэн олорон андаҕайар.
Василиса ас киллэрэр.
Сараапап кэргэнин таҕыс диирдии көрөн кэбиһэр. Аан сабыллыбытын кэннэ, үһүс үрүүмкэтин толорор.
– Маннык сибики баар… – диир. – Якутскайга урукку былаас кэмигэр үлэлээбит офицердар мустаннар уонна саха баайдара, бастаах-көстөөх өттүлэрэ буоланнар бу былааһы утарсан заговор тэринэллэр үһү… Итини ким даҕаны билиэ, истиэ суохтаах. Мин эһиэхэ эрэ этэбин. Ким даҕаны билиэ суохтаах. Ол дьон тугу эмэни оҥорор дьон буолуохтара дии саныыбын. Онон биһиги туох-ханнык буолуор диэри тыҥырахпытын кистээн, хайдах эрэ албыннаһан, ньылбыйан сылдьыахтаахпыт. Оттон, кэмэ кэллэҕинэ, үчүгэй аҕайдык киирсиэхпитин сөп. Өйдөөтүгүт дуо?
– Өйдө-өн-с! – диир Петухов.
Юшмин таҥара күлүгэр кириэс охсунан далбаатанар. Онтон кытаран хаалбыт сирэйин тоһуйан олорон:
– Тойоттор, Кузьма Петрович, – диир, – ньылбыйан олоруоҕуҥ диигин буолан баран, ол сылдьан бэлэмнэниэххэ буоллаҕа дии.
Ити курдук саагыбар тэринэр туһунан сүбэлэһэн, сипсиһэн бараллар.
Киэбирбит курдук, Сараапап атыыһыт чинэс гынан, устуулугар тиэрэ түһэр.
– Мин биир санаалаахпын. Ол санаам табыллара буоллар…
– Кузьма Петрович, – Юшмин тыл кыбытан биэрэр, – баһаалыста, биһигиттэн кистээмэ, бу кэмҥэ бары санаабытын түмнэхпитинэ эрэ дьон буолар кэммит кэллэ буолбат дуо?
– Михаил Николаевич сөпкө этэр-с!
– Ити манна кэлбит комиссар уоллара – оҕочоос, кинини өйүн сүүйэр соччо уустуга суох буолуо…
Сараапап бэйэтин былаанын итинник саҕалаан кэпсээн истэҕинэ, таһырдьа калитка аана аһыллар тыаһа иһиллэр. Сыаптаах ыт үрэн маргыйар. Дьиэлээх тойон тура эккириир, түннүгүнэн көрөр: Сэмэнчик, кинини батыһан Иван Усов, ол кэнниттэн Доҕолоҥ Кузя буолан киирэн эрэллэр эбит.
– һа, комиссар тойон икки киһилээх кэллэ. Тугу көрдөөн кэллэхтэрэй?! – Сараапап тиэтэлинэн остуолтан арыгы тобохтоох бытыылканы уонна астаах иһити ылан ыскаапка кистиир. – Эһиги бу хоско киириҥ!
Атыыһыт, туох да буолбатаҕын курдук туттан, остуолун аттыгар кэлэн олорор. Ааны тоҥсуйалларын истэн:
– Киириҥ, киириҥ! – диир. – А-а, Семен Федорович, баһаалыста, күндү ыалдьыт буол!.. Иван Петрович, Кузя, киириҥ!
Сэмэнчик киирэн дьиэ иһин эргиччи көрүтэлиир. Иван Усов уонна Кузя туох да саҥата суох тураллар.
Атыыһыт бу хоһун, куорат баайдарыныы, «гостинай» диэн ааттыыра. Хос ортотугар төгүрүк остуол, ону тула хас да кириэһилэ устуул, муннукка иһиттээх ыскаап тураллара. Куорат баайдарын гостинайдарыгар төһө да тиийбэтэр, манна, Маача курдук дэриэбинэҕэ, бу хос олус кэрэ, баай курдук көстөрө. Дьиэлээх тойон бу хоһугар сылдьар ыалдьыты-хоноһону приемнуура.
– Баһаалыста, олоруҥ! – диэт, дьиэлээх тойон ойон турар. – Василиса-а!
– Суох-суох!.. Биһиги дьыалаҕа кэллибит! – диир Сэмэнчик.
– Семен Федорович, эн курдук ыалдьыт – биһиэхэ күндү!.. Дьыала ханна даҕаны куотуо суоҕа!
Аан аһыллар, дьиэлээх хотун өҥөс гынан көрөр.
– Күндү ыалдьыты маанылыырга үчүгэй закуската… Настя утахха тымныы кыбааста киллэрдин.
– Кыбааһы бэйэм даҕаны…
– Суох-суох, Настя киллэрдин, мин тугу этэрбин иһит!
Хотун, төбөтүн кыҥнас гыннаран, сирэйин түрдэһиннэрэн баран, аргыый аҕай ааны сабар.
Иван Усов сиэбиттэн бүк тутуллубут кумааҕыны ылан Сараапапка уунар.
– Кузьма Петрович, баһаалыста, маны аах!
Сараапап хап-сабар кумааҕыны ылан тэниччи тутан ааҕар. Усов аахтара биэрбит кумааҕыта ревком уурааҕа. Уураах быһаарыытынан: «Сараапап атыыһыт икки лааппыта уонна ыскылаатыгар баар табаара, таҥаһа, чэйэ, табаҕа, аһа – барыта норуот туһатыгар – государствоҕа национализацияланар», – диэн этиллибит.
Сараапап хараҕа хараҥара түһэр. Бачча тухары кини муспут, бас билэн «миэнэ» диэн олорбут баайа, лааппылара – барыта ити лоскуй кумааҕы быһаарыытынан мэлийэр. Тыына хаайтарар, эт этэ барыта дырылыы-дырылыы итийэн ылар. Оо, ити баайы мунньар баҕатыгар, киһи кэмэлдьитин сүтэрэн, Салаайап ороспуойдуун доҕордоһон, төһөлөөх көмүсчүт тыынын быстылар, хаанын тохтулар этэй?! Ону Молбо уонна Түтүкээн үрэхтэрин көмүстээх кумахтара эрэ билэн тураахтаатахтара. Байар баҕатыгар биир харчытыгар тиийэ харамсыйан, үөрэҕэ суох дьону ыйааһын хараҕынан сүүйэн, албыннаан, сирэйэ-хараҕа суох ылара…
Аан аһыллар. Икки имин хаана ымыы түөһүн курдук тэтэрэн, кыбаастаах бытыылкалары уонна хас да курустаал таас бакааллары подноска туруоран баран, Настя кыыс киирэр. Кини хос иһигэр кимнээх баалларын таба көрбөт.
Баайыттан барытыттан илии сотторугар тиийэн ыксаабыт Сараапап кыыһа да киирбитин өйдөөн көрбөт. Настя, аҕата туох диирин көһүппэхтээн баран:
– Тятя, кыбаас киллэрдим, – диир.
– Кыбаас?! Кыбаас… Кыбаастыын үөдэнниин киэр буол!!! – бэлэһэ хайдыаҕынан хаһыытаан дэлби барар.
Настя соһуйан тиэрэ кэлэн эрэ түспэт. Подноһуттан курустаал бакаал муостаҕа кыырайар. Кыыһы Сэмэнчик аһына көрөр. Иван Усов тулуйан турбат, тэпсэҥниир:
– Чэ, тахсан лааппыларгын, ыскылааккын туттар!
– Ол лааппылары миэхэ эһиги туттарбыккыт дуо?.. Суох!.. Мин бу илиибинэн, бэйэм булбут үппүнэн-аспынан тэриммитим. Мин баайбын, мин малбын былдьыыр туох бырааптааххытый? – аны Сараапап атыыһыт кинилэр үрдүлэригэр түһэр.
Доҕолоҥ Кузя, кэннинэн тэйэн, ааҥҥа тиийэр. Иван Усов Сараапап атыыһыт остуолга бырахпыт уурааҕын хомуйар. Сэмэнчик туора киһи курдук көрөн турар.
– Советскай былааска баскын бэриммэт буоллаххына, лааппыларгын, ыскылааккын бэчээттээн кэбиһиэхпит! – Иван Усов кэлбит соругун хайаан да толорон барар санаатын кытаанахтык этэр.
– Бэчээттиэхтээҕэр хайааҥ даҕаны… Бэйэм малбын эйиэхэ былдьатыам кэриэтэ – уоттуом!.. – Сараапап иирбит курдук тэлэкэччийэр.
– Уоттаан көрөөр эрэ!.. Өйдөө, лааппыларыҥ, ыскылааттаах малларыҥ барыта билигин эйиэнэ буолбатах, норуот, государство бас билиитэ!.. Уоттаатаххына, революцияны, саҥа былааһы утарсааччы быһыытынан, ытыллыаҥ! – Иван Усов, олус абаран-сатаран, өссө ордук дьорҕойон турар.
Ытылларыттан куттаммыт курдук, атыыһыт остуолун аттыгар кэлэн олоро түһэр, сирэйин сабыта туттуммахтаан ылар.
– Түүн утуйбакка, күнүс олорбокко муспут баайбын-малбын барытын ылаллар… Мин илии соттон хаалабын… Бу туох үлүгэрэй, бу туох быһыытай?! Хайа даҕаны үйэҕэ итинник баарын истибэт этим… Итинник сокуон диэн ханна даҕаны суоҕа… Эһиги быстах дьаһалгыт буолуо!.. Мин… Мин үҥсүөм!
– Тойон Сараапап, лааппыларгын, ыскылааккын биһиэхэ үчүгэйинэн туттараҕын дуу, биитэр биһиги уураах быһыытынан бэйэбит ылабыт дуу? – Иван Усов бокуойа суох хардары кимэн барар.
– Суох, мин биэрбэппин!.. Үҥсүөм!
– Үҥүс, комиссар бу турар! – Иван Усов Сэмэнчик диэки ыйар.
Сараапап Сэмэнчик диэки хааннааҕынан көрөн кэбиһэр. Тугу эрэ куһаҕаны, кыһыылааҕы саҥараары гынан баран, туттунар курдук буолар.
– Олохтоох былаас дьаһалын толорбот буоллаҕына, уураах быһыытынан, лааппылары уонна ыскылааттары бэчээттээн кэбиһиҥ! – диир Сэмэнчик.
– Чэйиҥ, тахсан бэчээттиэҕиҥ! – дии-дии, бастаан Иван Усов дьиэттэн тахсар.
Кинилэр тахсан баралларын кытта, саһан олорбут хосторуттан Юшмин уонна Петухов быгаллар. Остуолугар бүк түһэн баран, Сараапап тугу да көрбөт-истибэт буолан олорор. Юшмин кини аттыгар кэлэр:
– Кузьма Петрович?
Сараапап, соһуйбут курдук, дьигис гынан ылар уонна кытаран хаалбыт хараҕынан, тугу да өйдөөбөтөх курдук, өрө көрөн таһаарар.
– Кузьма Петрович, бүгүн эн лааппыларгын, ыскылааттаах баайгын былдьыыллар, оттон сарсын? – диир Петухов.
Юшмин тугу да саҥарбат, үөһэ тыынар.
Сараапап саҥата суох олорбохтоон баран, ойон турар, хоһун иһин мээрэйдээн эрэр курдук, төттөрү-таары хаамыталыыр, дьонун аттыгар кэлэн тохтуур:
– Суох… Суох, кинилэр күүстэринэн киирэр буолбуттарын кэннэ биһиги да тииһи-тыҥыраҕы көрдөрдөхпүтүнэ сатаныыһы. Хайдах аҥаардастыы үлтү тэбистэриэхпитий! Күүһү түмүнүөххэ наада… Оо, Дьокуускайга тэриллэр офицердар заговордара табыллара буоллар…
– Да-а, мин саа тутан сэриилэһэр кыахпын ааспыт киһибин буолан баран… Кэбис, кырдьык, хам-бааччы олорон биэрэрбит табыллыа суох, – диир Юшмин.
– Мин саа тутарга сибилигин даҕаны бэлэммин-с! – Петухов эмиэ өрө кэдэрийэ түһэр.
– Чэ, үчүгэй. Ити аата ис санаабытын билистибит, – Сараапап кыыла турар, хараҕа уоттанар. – Көһүтэ түһүөҕүҥ, туох эмэ билиннэр эрэ… Онуоха диэри, ити комиссардар истибэттэринэн-билбэттэринэн, биһиги диэки буолуох айылаах дьону хомуйа тардан ылар курдук… Өйдөөтүгүт дуо?
Юшмин бытыгын имэринэр. Кини Сараапап эппитин бэркэ сөбүлүүр. Ол гынан баран бу Маача дэриэбинэтигэр даҕаны, уҥуор Нохтуйскайга даҕаны Советтары абааһы көрөр дьон диэн, дьиҥэр, бэрт аҕыйах буолуохтаахтар. Итинник санааттан саарбахтаан:
– Кузьма Петрович, – диир, – биллэн турар, биһиги манна үһүөбүт уонна бу дэриэбинэттэн икки-үс киһи көстүө. Уҥуоргу даҕаны сэлиэнньэттэн Барсуковтаахтан ураты эмиэ биир оччо киһи сөбүлэһиэ…
– Таҥаһынан, аһынан мэҥиэлиэххэ буоллаҕа дии. Оччоҕо ити комиссардар тирэнэр дьадаҥыларын даҕаны кинилэри утары туруоруохха сөп буолбат дуо?
– Онно табаар, чэй, табах, таҥас наада эбээт.
– «Киэҥ иһит кэһиэхтээх» диэн сахалар өстөрүн хоһооно баар буолбат дуо? Төһө кыалларынан мин биэриэм уонна Барсуков кырдьаҕаһы кытта кэпсэтэн, сүбэлэһэн көрүөххэ сөп. Кини даҕаны, миигин өлөрүҥ диэн, олорон биэриэ суоҕа.
– Оннук буоллаҕына-с, биһиги үгүс киһини-с булуохпутун сөп, – Петухов, саҥата суох хаалыахтааҕар диэбит курдук, эмиэ тылбай-өспөй буолар.
– Чэйиҥ тарҕаһыаҕыҥ, таҥара көмөлөстүн! – дии-дии, Сараапап кириэс охсунар.
Ити курдук, Маача дэриэбинэтин баай атыыһыта Сараапап салалтатынан Советскай былааһы утарсар дьон куомуннара тэриллэр буолла.
Сарсыарда Сараапап лааппыта аһыллыбат. Ол-бу күннээҕи наадаларын атыылаһа кэлбит дьон лааппы аттыгар мусталлар. Ханнык эрэ мара таҥаһы таҥнан Петухов үрээнньик кэлэр. Кини уруккутун курдук дьону үрдүнэн көрбөт, ыраахтан ымайар:
– Лааппы сабыылаах дуу?
– Кузьма Петрович бүгүн лааппытын аспат күнэ дуу? – дэһэр саҥалар онтон-мантан иһиллэллэр.
– Э-э, истэ иликкит дуо? Атыыһыт лааппытын бэҕэһээ ревком кэлэн бэчээттээн барбыта дии, – Петухов ким-хайа иннинэ быһааран биэрээччи буолар.
– Биһиги тугу аһыыбытый?
– Чэйэ, саахара, бурдуга суох хайдах олоробутуй?
– Лааппыта суох дьэ табыллыбаппыт!
– Ревкомҥа барыахха, уураахтарын көтүрдүннэр… эбэтэр лааппыны астыннар.
– Көтүрээри саппыттар үһүө.
Ити курдук аймана турдахтарына, Иван Усов уонна Доҕолоҥ Кузя ылтаһын тимиргэ кыраасканан суруллубут «Маача дэриэбинэтин Народнай лааппыта» диэн вывеска тутуурдаах тиийэн кэлэллэр. Лааппы аанын үрдүнэн ыйанан турбут «Сараапап уонна Салаайап кыттыгастар лааппылара» диэн вывесканы устан ылаллар, саҥа вывесканы ыйыыллар.
– Иван, бүгүн лааппы аһыллар дуо?
– Суох. Бүгүн лааппы аһыллыбат. Атыылааччы табаар тутуо уонна учуот ыытыллыа.
Дьон тугу да саҥарбаттар. Маҥнай дьахталлар, онтон эр дьон биирдиилээн-иккилиилээн уку-суку тарҕаһан бараллар.
Петухов үрээнньик Серкин Сэмэни кытта бииргэ барсар.
– Семен, бэҕэһээ Сараапап лааппытын, астаах, табаардаах ампаардарын, ыскылааттарын барытын бэчээттээн барбыттара. Өйдөөтүҥ дуо?.. Маҥнай Кузьма Петрович малын-салын былдьыахтара, онтон эн биһикки курдуктар бөхпүтүн-сахпытын сахсыйыахтара, тугу сөбүлүү көрбүттэрин барытын былдьаан ылыахтара.
– Ама, оннук үһүө?!
– Кириэс баарына, кырдьыгы кэпсиибин. Итэҕэйбэт буоллаххына, чэ, Кузьма Петровичка киириэх, киниттэн иһит.
– Чэ эрэ, киириэх даҕаны.
Кэлэннэр, Сараапап дьиэтин аанын тоҥсуйаллар. Дьиэлээх тойон бэйэтэ аанын аһар. Кини соҕотох биир түүн иһигэр улаханнык уларыйбыт, хайдах эрэ кырдьыбыт курдук көрүҥнэммит. Серкини «бу киһи тоҕо кэллэ?» диэбиттии көрбөхтүүр.
Семен Серкин – икки сиппит уоллаах, сүүрбэччэ сүөһүлээх бэйэтин кыанар бааһынай. Кини төрүттэрэ былыр манна «дьаам сүүрдэ» соҕуруу дойдуттан кэлбиттэр. Семен өйдүүрүнэн, эһэтэ, эбэтэ, аҕата уонна ийэтэ, төһө да нууччаларын иһин, сахалыы бэрт үчүгэйдик билэр этилэр. Кини бэйэтэ эмиэ нууччалыы кэпсэтэринээҕэр сахалыы саҥарарын ордорор. Былыргы да былааска, Колчак да кэмигэр кинини оччо тыыппатахтара. Арай Колчак кэмигэр икки уолун иккиэннэрин сэриигэ саллаатынан тутан бараары гыммыттарыгар, Юшмин ыстаарыстаҕа биир байтаһын ынаҕы бэрик биэрэн, уолаттарын сэриигэ ыыттарбатаҕа. Кини бу Сараапап атыыһыты кытта урукку өттүгэр улахан илэ да, өһө да суох олорбута. Атыыһыт даҕаны кинини тыыппат этэ. Арай хас сылын аайы атыыга чорботор ынахтарын, отун уонна бурдугун бу атыыһыкка туттарара.
– Кузьма Петрович, бу Семен итэҕэйбэт бэҕэһээ ревкомнар кэлэннэр эн баайгын, лааппыларгын барытын былдьаан ылбыттарын, – диир Петухов.
– Тоҕо итэҕэйбэккиний? Кырдьык, барыбын барытын былдьаан ыллылар. Сотору эһиги курдуктар даҕаны сүөһүлэргитин үүрэн ылаллар ини, – дии-дии, Сараапап үөһэ тыынар.
Серкин хараҕа хараҥара түһэр. Биир да ынаҕы дьыл кыстатар төһө эрэйдээҕин кини бэркэ билэр киһи. Сайын аайы сарсыарда күн тахсыаҕыттан киэһэ күн киириэр диэри от охсуохтаах, от мунньуохтаах, от кэбиһиэхтээх. Ити курдук хара күһүҥҥэ, хаар түһүөр, муус тоҥуор диэри муҥу көрөн сүөһүтүн кыстатар отун булунуохтаах. Оннук муҥу көрөн иитэр-аһатар сүөһүтүн туора дьон, ииппэтэх да, аһаппатах да дьон, кэлэннэр буор-босхо былдьаан барыах тустаахтар үһү.
– Туох аатай, күүстэринэн кэлэн былдьаан бараллара диэн!
– Былаас кинилэр илиилэригэр, хайыахпытый! – Сараапап эмиэ үөһэ тыынар.
– Мин оннук былааһы былаас да диэн билиммэтэхпинэ… – диэмэхтиир Серкин.
– Э-э, ол диэн кыра, оннооҕор ити этэр коммуналарын тэрийдэхтэринэ, ойохторбутун, оҕолорбутун барыларын биир сиргэ холбуохтара диэн буолар, – Сараапап Серкини өссө ордук дьулатар.
– Оччоҕо киһи миэрэтин сүтэрэр эбиппит буолбаат?
– Бу былаас уһаатаҕына, сүтэриэхпит даҕаны.
– Дьэ оттон үөрэхтээхтэрбит, баһылыктарбыт буоллаххыт дии, туох сүбэни тыырынан олороҕутуй? Сүбэлээҥитиий, биһигинньиктэр хайдах буолар дьоммутуй?
– Биллэн турар, эбэтэр иитэр сүөһүгүн барытын өлөртөөн, сиэтэлээн кэбис, эбэтэр олорон биэримэ.
Серкин кэтэҕин тарбанар. Күнүһүн олорбокко, түүнүн утуйбакка иитэр-аһатар сүөһүлэрин кырган кэбиһэрэ иэдээнэ бэрт курдук. Оттон былааһы утары туруоҕун – эмиэ да куттала бэрт.
Серкин саарыырын көрөн, аны Петухов үрээнньик тыл кыбытар:
– Биһиги утарсар санаалаахпыт. Ол гынан баран биирдии-биирдии утарсан тугу даҕаны гыныахпыт суоҕа, бары холбоһон, бииргэ турдарбыт…
«Тугу-тугу саҥараҕыный?» – диэбиттии, Серкин Петухов сирэйин-хараҕын көрбөхтүүр. Саҥата суох олорбохтуур. Ол эрээри ити тугу этэллэрин ыйыталастаҕына сатаныыһы:
– Бэйи эрэ, эһиги былааһы хайдах утарсар туһунан холбоһуоҕуҥ диигитий?
Петухов тугу эрэ этээри гыммытын Сараапап хараҕынан имнэнэн тохтотор. Уонна бэйэтэ Серкиҥҥэ кэлэн икки илиитин санныгар уурар:
– Семен, өйдөө, «утарсабыт» дии-дии олордохпутуна, биһигини өр гыныахтара суоҕа, кус оҕотун курдук тутуталаан ылыахтара. Онон тугу гыныахпытын, хайдах буолуохпутун мустан сүбэлэһэн көрүө этибит.
VСарсыҥҥытыгар лааппы аана тэлэччи аһыллар. Ону көрөн, Маача олохтоохторо, үгүстэрэ соччо атыылаһар наадалара суоҕун да иһин, лааппыга киирэллэр.
Манна урут Сараапап лааппыта эрдэҕинэ туох атыыланара барыта баар. Арай уларыйбыта диэн – прилавокка Сараапап атыыһыт бирикээсчиктэрин оннугар Доҕолоҥ Кузя турара. Кини арсыынай табаары атыылыыр. Оттон ас атыыланар өттүгэр Иван Усов кэргэнэ Христина турара. Панаев Юхим кимнээх атыылыылларын чарапчылана-чарапчылана одуулаһар.
– Хайа, Кузя, атыыһыт буолбуккун дуу?
– Атыыһыттаа диэтилэр дии, хайыамый, үлэлиирбэр тиийэбин.
– Ээ-эх! – диэн көбдьөөрөн баран, Юхим аны Христинаны көрөр: – «э, иккиэн кыттыгас буолан атыыһыттыыгыт дуу?
– Иккиэбит.
– Э-эх, үчүгэй… Оттон эргиэҥҥитин хайдах түҥэттэр буолаҕытый?
– Суох, оҕонньор, биһиги эргиэни бас билбэппит, норуот бас билэр. Онон, тугу атыылаабыппытын барытын учуоттаан, төһөнү киллэрбиппитин лааппы салалтатыгар туттарабыт.
– Дьэ, бу чахчы саҥа былаас! – дэһэр саҥалар онтон-мантан иһиллэллэр.
– Үчүгэйин үчүгэй эбит буолан баран, киһи миигинньигэ урут Сараапап даҕаны атыыһыттыырыгар туһамматаҕа, билигин бу саҥа былаас лааппытыттан даҕаны туһанар кыаҕа суох буоллаҕа дии. Онон биһиэхэ син биир курдук буолан тахсар, – диир Юхим.
– Панаев кырдьаҕас, кэл эрэ манна! – Доҕолоҥ Кузя ыҥыран ылар. Юхим оҕонньор:
– Кырдьаҕас, түөс буолан хаалбыт оҕонньору мөҕөөрү ыҥырдыҥ дуу, хайдах дуу? – дии-дии, куттаммыт курдук көрөр-истэр.
– Суох, эмиэ тоҕо мөхтөмүй. Хата, туохха улаханнык наадыйаргын эт!
– Наадыйаргын эт да-а? – Юхим соһуйар.
– Эт, манныгы ыллым диэн сурук эрэ биэриэҥ.
– Ээ-эх… Сурук диигин дуу?.. Бу кырдьаҕаһыҥ биир буукуба хараҕын билбэт сордоох ээ, ол киһи эйиэхэ хайдах суруйан биэриэй?
– Суругу билэр дьонтон көрдөс.
– Көрдөс да-а?.. Суох, мин умнаһыт буолбатахпын, тоҕо көрдөһүөхпүнүй? – Панаев оҕонньор, Кузя эппитин өйдөөмүнэ, утары харсаахтаһан турар.
– Табаары, аһы кыаммат дьоҥҥо босхо биэрэбит. Ону ылбыккар сурукта, бэлиэтэ хааллар диибин.
– Э-эх, оннук эбит дуу!.. Чэйиҥ эрэ, ким суруксут киһи баарый, ылыҥ, суруйан кулуҥ эрэ, – Юхим, дьэ өйдөнөн, дьонтон көрдөһөр.
Сергин оччугуй уола Алеша саҥата суох Юхим оҕонньорго кэлэр:
– Мин суруйуом.
– Э-эх, эн хайаларын оҕотоҕунуй?
– Э-э, бу түөһээкиҥ букатын иннин-кэннин билбэт буолан эрэр эбит буолбат дуо? – дэһэ-дэһэ лааппы иһигэр турар бааһынайдар күлсэллэр. – Серкин Семен оччугуй уола дии!
– Э-эх, Серкин оҕотоҕун дуо?
– Кини оҕотобун.
– Э-эх, чэ эрэ, суруйан кулу!
Алеша уол суруйан биэрэр. Юхим оҕонньорго Кузя биир ырбаахы, биир халтаҥ сон, биир ыстаан таҥаһын буор босхо быһан биэрэр.
– Кыамматы-харамматы көрүөх, көмөлөһүөх былаас кэлбит!
– Биир харчыта суох былдьаан ылбыттарын тугун харыстыахтарай. Бэйэлэрин киэнэ эбитэ буоллар, соччо ыһыахтара-тоҕуохтара суоҕа эбитэ буолуо ээ, – дэһээччилэр эмиэ бааллара.
Ол-бу диэки көрбөхтөөт, Кузяҕа аны Серкин тиийэр. Сирэйэ кытаран хаалан баран, ытыһын тоһуйар:
– Мин эмиэ быстыбыт киһибин, Юхимҥа биэрбитиҥ курдук, миэхэ эмиэ биэрдэргин…
Доҕолоҥ Кузя бу Серкин Семен курдук отучча сүөһүлээх киһиэхэ босхо биэрдэҕинэ, атыттар эмиэ ылыахтарын баҕарыахтара. Ким босхо аһы-таҥаһы сирбитэ баарай!
– Семен, эйиэхэ, босхо буолуохтааҕар, иэс даҕаны биэрбэппин, – Кузя киэр хайыһар.
– Истэҕит дуо?.. Ити баар кинилэр дьону барытын тэҥниибит дииллэрин кырдьыга. Сөбүлээбит киһилэригэр туох даҕаны харчыта суох кутан биэрэллэр, оттон сороххо: «Бу манныгы…» – диэн баран, илиитин ыырааҕынан тойон эрбэҕин көрдөрөн кэбиһэр, – да биэрбэттэр.
Лааппы иһигэр дьон саҥата хойдор. Сорохтор Серкин этиитин сөбүлүүллэр, оттон дьадаҥытын, кыратын-кыамматын өттө кинини сүөргүлүүр, сэмэлиир тыллары быктартыыллар.
– Серкин Семен, эн оччо быста иликкин, таҥнар таҥаскын, аһыыр аскын атыылаһан даҕаны булунар кыахтааххын ээ!
– Мин баайбын эһиги аахпыккыт дуо? – Серкин утарылаһан көрөр.
– Баҕар, ааҕыахпыт даҕаны.
– Ити уонча сүөһүлээхпин, онно хараххытын аалларан эрдэххит дии!
– Уонча эрэ буолбатах ини…
– Урут баайдар баттыыллара диигит, билигин дьадаҥылар баттыыр кэмнэрэ кэлбит эбит буолбат дуо?! Уонна батталы утарсабыт, көҥүлү биэрэбит дэһэ-дэһэ, сыбыс-сымыйаны айдаараллар.
– Баайдар батталлара ааста, ол көҥүл буолумуна тугуй?
Серкин, бэйэтин оччугуй уола Алеша эппитин истэн, бардьыгыныы түһэр:
– Эн баҕас чыыбырҕаабакка тур!
Аҕалыы-уоллуу ииссээри гыммыттарыттан кыбыстыбыт курдук, атын дьон ах баран хаалаллар. Сорохтор, көмүс тобохтоохторун, арыыларын, түүлээхтэрин киллэрэн туттараары, дьиэлэригэр тахсыталыыллар.
Серкин лааппы иһигэр уһуннук мөккүспэт, уолун окумалыттан харбаан ылаат, туох да бокуойа суох таһырдьа соһон таһаарар.
– Дьэ, аны биирдэ чып диэн көр эрэ! – дии-дии, Серкин сутуругунан уолу сирэйин сыҕайар.
– Миигин кырбыыр быраабыҥ суох… Мин… кырбаатаххына үҥсүөм!
– Ээ! Үҥсүөм буола-буола, кимиэхэ үҥсээри гынаҕыный?
– Ревкомҥа үҥсүөм… Комиссарга үҥсүөм!..
– Чэ, баран үҥүс! – Серкин уолун хаста даҕаны охсор. Алеша маҥнай кэннинэн тэйэр, онтон эргиллэ түһээт, куотар.
Серкин уолун Алешаны кырбыыр кэмигэр көрөн турбут дьон эмиэ икки аҥыы хайдаллар. Сорохтор:
– Семен сөпкө гынар, оҕо төрөппүт аҕатын утарсара диэн туох аата буоларый! – дэһэллэр.
– Алеша бэйэтэ уон аҕыстаах-тоҕустаах киһи. Итиччэ киһини сутуругунан сууттуур табыллыбат!
– Үйэ уларыйара диэн итинник буолар, сэгэрдээр! – оҕонньоттор бэйэлэрэ туспа түмүктүүллэр.
Табаар атыыласпыт, ас ылбыт дьон лааппыттан үөрэн-көтөн тахсаллар.
– Дьэ, бу чахчы саҥа былаас!
– Урут Сараапап атыыһыттан баччаны киһи ылбат буолара.
– Дьэ, кырдьык, аны Сараапап атыыһыт атаҕар үҥтэрбэт былаас буоллар, туох этэ!
Бу күн Маача олохтоохторун кыра-кыаммат, дьадаҥы дьонноругар улахан бырааһынньык курдук буолла. Атыылаһар наадалара да суох дьон «Народнай лааппы» диэн саҥа вывескалаах дьиэ аттыттан арахпаттар. Киэһэ, лааппы сабыллыбытын кэннэ даҕаны, дьиэлэригэр тарҕаспаттар. Эдэр ыччат эмиэ хороводтаан, үҥкүүлээн барар. Онно Серкин уола Алеша аны туран сахалыы үҥкүү тылын этээччи буолар.
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Оһуокайдыыр оһуокай!
Эҥсилгэннээх сүүрүктээх,
Эмпэркэйдиир биэрэктээх,
Элиэнэлиир эбэбит
Эдэр, чэгиэн ыччата!
Саҥа кэлбит былааспыт
Саргыларын туһугар,
Саха, нуучча дэспэккэ,
Санаабытын холбуоҕуҥ!
Чэйиҥ эрэ, оҕолоор!
Чэйиҥ эрэ, эдэрдээр!
Кыайыылаахтык кыттыһыҥ,
Хотуулаахтык холбоһуҥ!..
Алеша үҥкүүтүн Сэмэнчик бэркэ сөбүлүү истибит. Кини иһигэр: «Бэртээхэй уол сылдьар ээ. Итинник ыччаттары тардыбыт киһи, көмөлөөх дьон буолуо этилэр», – дии саныыр. Ол эрээри сарсыарда күн тахсыар диэри ыччат оонньуутугар сырытта да, Сэмэнчик туох эрэ сүтүктээх, кими эрэ кэтэһэр курдук… Бу түүн Настя үҥкүүгэ, хороводка көстүбэтэ. «Аҕата ыыппатаҕа буолуо», – диэн тойоннуур иһигэр Сэмэнчик. Ол курдук саныы-саныы, дьиэтин диэки баран эрдэҕинэ, Алеша Серкин ситэн кэлэр. Сэргэстэһэ хааман иһэн Сэмэнчиктэн ону-маны ыйыталаһар. Онтон:
– «Баайдар батталлара ааста, ол көҥүл буолбакка тугуй?» – диэбиппин сөбүлээминэ, аҕам кырбаата. Аны киниэхэ олорбоппун! – диир.
– Аҕаҥ саҥа былааһы сөбүлээбэт дуо?
– Кини Сараапап атыыһыт туох диирин иһиллиир быһыылаах.
– Оттон убайыҥ ону хайдах көрөрүй?
– Убайым аҕатынаан биир хабахха тыыналлар. Иккиэн байыахтарын, элбэх үлэһиттээх буолуохтарын эрэ баҕараллар.
– Эн үөрэнниҥ этэ буолбат дуо?
– Аанньаахха түөрт кылаастаах маҥнайгы сүһүөх оскуоланы бүтэрбитим.
– Оччоҕо ревкомҥа суруксутунан киир. Хамнаскын аһынан-таҥаһынан аахсыаҥ.
– Оттон Варламов суруксут?
– Ол киһибит ревкомҥа тугу кэпсэтэрбитин барытын Юшмин ыстаарыстаҕа кэпсии сылдьар эбит. Онон кинини ууратабыт.
– Оннук буоллаҕына, үөрүүнү кытта буоллаҕа дии!
– Оттон ханна олоруоххунуй, аҕабыттан арахсабын диигин дии?
– Манна тастыҥ эдьиийим баар, онно барыам.
Нөҥүө киэһэтигэр кинилэр эмиэ ыччат хороводугар, үҥкүүтүгэр бииргэ сырыттылар.
Алеша Серкин, төһө да тас көрүҥүнэн нууччатын иһин, сахалыы олус үчүгэйдик билэр. Ол эрээри урут үҥкүү тылын эппэт этэ. Ити бэҕэһээ киэһэ аан бастаан эттэ. Уолаттар, кыргыттар Алеша үҥкүүтүн олус сөбүлээбиттэр. Билигин кинини сүгүн хаамтарбаттар, батыһа сылдьан биир кэм: «Алеша, үҥкүү тылына эт!» – диэн хаайаллар.
Алеша бу түүнү быһа үҥкүүлээн чоргуйан таҕыста. Ону аҕалаах убайа дьиэлэрин таһыттан истэн туран: «Чэ, чоргуйан эрдин, үҥкүүнэн топпот ини, аччыктаатаҕына кэлиэҕэ», – дэһэллэр.
Бу да киэһэ Сэмэнчик кэтэһэр киһитэ эмиэ суоҕа. Ол эрээри, кэлээ ини дии санаан, мантан барбат. Кылгас соҕустук үҥкүүлэһэ түһэн баран, түһүлгэттэн тахсан ойдом турар. Бу туран өйдөөн көрбүтэ – тэйиччи соҕуһунан Настя ааһан эрэрэ.
«Көрсөн кэпсэтиэххэ. Сарсын мантан барабын. Бүгүн көрсүбэтэхпинэ, баҕар, өтөрүнэн көрсүөм суоҕа?» – дии санаан, Сэмэнчик уку-суку Настяны ситэрдии барар. Кыыс да хаамыытын бытаардар.
– Настя, тоҕо оонньууга кэлбэккиний? – «дорообо» диирин оннугар, Сэмэнчик быһаччы ыйытар.
Настя тугу да саҥарбат.
– Настя, эйигин бу икки киэһэ кэтэһэ сатаан кэбистим… Мин сарсын мантан барабын ээ, – дии-дии, Сэмэнчик сирэйэ кытарар.
– Сарсын? – Настя соһуйбут дуу, итэҕэйбэтэх дуу курдук ыйытар.
– Сарсын.
– Өр буола бараҕын дуо?
– Өр буоларым буолуо.
– Мин дьонум баайдарын былдьаан баран, аны атыттар баайдарын ыла барар буоллаҕыҥ дии?
– Советскай былаас дьаһала оннук.
– Үчүгэй дьаһаллаах былаастаах эбиккит!
– Баайдар дьону көлөһүннээн байалларын суох гынар иһин биһиги аҕаларбыт охсуспуттара. Ол охсуһууларын түмүгэ – бу революция! Кинини, күн тахсарын хамсыыр харамай барыта көһүтэрин курдук, көһүппүттэрэ.
– Мин аҕам ким даҕаны баайын былдьаан-талаан байбатаҕа. Бэйэтин көлөһүнүнэн байбыта.
– Настя, эн аҕаҥ хайдах байбытын маннааҕы дьон бары билэллэр… Кини суос-соҕотоҕун икки лааппыны, хас да ампаар муҥунан аһы-таҥаһы бас билэн олоруохтаах, оттон сүүһүнэн киһи таҥнар таҥаһа, аһыыр аһа суох сылдьыахтаах. Октябрьскай революция итинник тэҥэ суох быһыыны суох гынар иһин буолбута! – Сэмэнчик бу кыыска төһө да чугастыы буолуон, истиҥник кэпсэтиэн баҕардар, кэпсэтии ити курдук кылааһынан арахсыы мөккүөрүнэн салаллан хаалар. Кинилэр Сараапаптаах дьиэлэригэр диэри итинник тоҥуйдук кэпсэтэн кэлэллэр. Онтон кыыс, быраһаайдаспакка да, дьиэтигэр киирэн хаалар.
Бу түүн Сэмэнчик аанньа утуйбат. Кини санаатыттан Настя арахпат. Кырдьыга, киниттэн ордук кыыһы кытта урут Сэмэнчик ыкса чугасаһан да көрбүтэ суоҕа.
Оо, эдэр саас! Эн син биир сааскы саҥа тыллан эрэр сибэкки кэриэтэҕин! Сибэкки саҥа тыллаат күн диэки хайыһарын курдук, таптыыгын аан бастаан көрөөт. Сэмэнчик ити эдэр саас ыарыытыгар ылларар. Сараапап атыыһыт кыыһын таптыыр. Кини таптыыр санаатыгар, бу кыыстан ордук кэрэ кыыс аан дойду үрдүгэр суох курдук.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.