Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 50

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 50 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Каратаев ыраахха диэри суол устун субуһан сытар дьоннорун:

– Бука бары, мин сытар сирбин кытта тэҥнэһэ, биир линияҕа кэлиҥ! – диэн бирикээстиир.

Бааһырбатах уонна халымырдык бааһырбыт өттүлэрэ бары иннилэрин диэки сыыллаллар, адьас кэнникилэр өкчөччү туттубутунан сырсаллар. Кыһыл этэрээт хамсыырын кытта, бандьыыттар сааларын тыаһа эмиэ хойдор, эмиэ хас да киһи табыллар.

Окуопа хастан сытар бандьыыттар төһөлөрүн билбэккэ эрэ атаакалыыр букатын табыллыбат.

Күн киэһэрэн барар. Халыҥ былыт халлааны өссө эбии хараҥардар. Хаар эмиэ хойдор.

– Бука бары өрүскэ киириҥ! – Каратаев команда биэрэр. Сыаптаан сытар дьон ити команданы бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэллэр, утуу-субуу туран сыыр аннын диэки сырсаллар.

Өрүскэ киирэн командир дьоннорун ааҕынан көрөр. Этэрээтин үстэн биирин кэриҥэ хаалбыт. «Хайдах буолабыт?..» – диэн санаа кини өйүттэн тахсыбат. Билигин Нелькаҥҥа утары барар табыллыбат буолла. Оттон бачча ыраах сиртэн Дьокуускайга сатыы киирэр эмиэ кыаллыбат дьыала, бааһырбыт дьонноро сатыы хаамар кыахтара суох буолуо. Этэрээт ол дьонун ханна хааллартыай?

– Табаарыстар, билигин Петропавловскайга төнүннэхпитинэ табыллар.

– Табаарыс командир, Галибаров атыыһыкка сылдьарбыт табыллыбата буолаарай?! – диир Сэмэнчик.

– Тоҕо?.. Галибаровтан көлөтө ылан, куораттыаҕыҥ! – дэһэр саҥалар хойдоллор.

– Аргыыйыҥ! – командир дьонун тохтотор. – Галибаровка сылдьарбыт, кырдьык, кутталлаах буолуо. Биһигини бандьыыттар хайаан да сонордуохтара. Көлө ыллахпытына – айан суолунан барарбытыгар тиийэбит. Оччоҕо биһигини ханна даҕаны гыныахтара суоҕа… Чэ, билигин өрүһү туоруоҕуҥ. Уҥуор тиийэн хайдах, ханан барарбытын быһаарсыахпыт.

Маайа өрүс мууһунан Алдаҥҥа киирэллэр. Хаар түһэ турар буолан, туох да көстүбэт. Киһи суола тута сабыллан иһэр. Кыһыллар Петропавловскай хоту өттүнээҕи Боруу үрэх тамаҕын булаллар. Бааһырбыт дьонтон сэттэ киһи мантан антах барсар кыахтара суоҕа. Ол дьоннорун хааллараары, Каратаев Сэмэнчиктиин ревкомҥа киирэллэр.

– Хайа, Нельканнаатылар диэбит дьонноро бу сылдьар эбиккит дуу? – Петропавловскай ревкома Иван Субурутов соһуйа көрсөр.

– Уҥуор, От үрэх сыырыгар, бандьыыттар тоһуурдарыгар түбэстибит…

– Бандьыыттар да-а?.. Бэйи, ол хантан кэлбит бандьыыттарбытый? Төһө элбэхтэр быһыылааҕый?..

– Элбэхтэр быһыылаах, этэрээппит үстэн биирин кэриҥин сүтэрдибит… Манна бааһырбыт дьоннорбутуттан сэттэ киһини хаалларарбытыгар тиийдибит. Ол дьону ханна эмэ хорҕот. Барсар кыахтара суох.

– Дьэ, үлүгэр доҕор!.. – дии-дии, Субурутов кэтэҕин тарбанар. – Балыыһаҕа сытыарар табыллыбата буолуо… Оччо чугаһаабыт бандьыыттар манна бүгүн-сарсын кэлэллэрэ биллэр… Оттон көлөнөн куоракка ыытар сатаммата буолуо дуо?

– Суох, сорохторо тулуйуохтара суоҕа. Уонна эккирэтэн ситиэхтэрэ буоллаҕа дии.

– Хайыахпытый, мин дьиэбэр киллэртээҥ. Хайдах эмэ гынан саһыартыы сатаан көрүөхпүт… Оттон эһиги бэйэҕит хайдах буолар дьоҥҥутуй?

– Сиһинэн быһан Аммаҕа түһэн көрүөхпүт. Хата, эн бэйэҥ хайыыгыный! – Каратаев ыйытар.

– Дьэ, хайыахпын да билбэккэ турабын. Оччо кэлбит бандьыыттар манна син биир тиийэн кэлэллэр. Оччоҕо бу мин курдуктар тыыннаах ордорбут биллибэт… Оттон мин эһигини кытта барыстахпына?

– Оттон бэйэҥ дьоҥҥун уонна бу дьоммутун хайыыгын?

– Оҕону-дьахтары тыыппаттар ини, кинилэр да дьон буоллахтара дии. Оттон бу дьону мин дьахтарым хайдах эмэ гынан саһыара сатыа…

Аҕалара саалаах дьону кытта барсаары тэринэрин көрөн, Субурутов оҕолоро ытаһан бараллар. Кыһыллар, оҕолору аһыммыттарын иһин, хайыахтарай, ону-маны толкуйдуур бокуой да суох.

Бааһырбыт дьоннорун манна хааллартаан баран, кыһыл этэрээт бэрт тиэтэлинэн Субурутов Иваны сирдьиттэнэн айаҥҥа турар. Кинилэр ханан барбыттарын ким да көрбөт. Түүнү быһа түспүт хаар суолларын сабан кэбиһэр.

VI

Кыһыллар хайаан да Нелькаҥҥа көҥү көтөн бара сатыырга дьулуһуохтара диэн, Коробейников бу түүнү быһа дьонун окуопаларыттан таһаарбакка кэтэтэр. Хам-түм, кыһыллары куттаатахпыт буолан, ытыалаан батырҕаталлар. Оттон От үрэх хотоолугар тоһуурга олорор Канин уонна Толстоухов этэрээттэрэ, Кыһыл сыырга саалар эстэллэрин истэ-истэ, кыһыллар билиҥҥэ диэри ытыалаһаллар диэн, ханна да хамсаабакка көһүтэллэр.

Халлаан суһуктуйа сырдыыр. Коробейников этэрээтин дьоно, кыһыллар ханна баалларын көрө сатыыллар да, биир кэм туналы маҥан хаар эрэ көстөр.

– Сутакин! – Коробейников адъютант курдук илдьэ сылдьар киһитин ыҥырар.

– Истэбин!

– Икки киһитэ ылан, бэрт сэрэҕинэн, кыһыллар баалларын-суохтарын чинчийэн көр!

Сотору соҕус үс киһи окуопаттан тахсан үөс диэки сыыллаллар. Өр соҕус сыылбахтаан баран, маҥнай төбөлөрүн өндөтөн, олоотоон көрөллөр. Онтон тобуктаан тураллар. Хантан даҕаны саа эстибэт. Сутакин турар, кэрийэ сылдьан тугу эрэ тэбиэлиир. Онтон дьону илдьэ төннөн кэлэр.

– Биир даҕаны киһи суох. Өлбүттэр эрэ сыталлар.

Коробейников окуопаттан тахсар. Кини кэнниттэн тоһуурга сыппыт дьон бары тураллар. Бэҕэһээ кыһыллар сыппыт сирдэрин чинчийэллэр. Өлбүт красноармеецтартан сааларын, ботуруоннаах суумкаларын былдьаһыгынан ылаллар. Сорохтор өлбүт дьон таҥастарын устар дьаабытыгар түһэллэр. Итинник «баай-мал» үллэстиитин үлүскэнигэр буолан ким да кыһыллар хаһан мантан барбыттарын, ханна барбыттарын чинчийэн, суоллаан көрбөт.

Өрүс кытылыгар уот оттон кутаалыыллар. Окуопаҕа сытан тоҥмут дьон уокка сыраналлар.

Ити курдук өгдөрөҥнөһө сырыттахтарына, күн тахсыбытын кэннэ, Канин уонна Толстоухов, тоҕо баччааҥҥа диэри туох да биллибэтий диэн, икки киһини ыыппыттара кэлэллэр.

– Бэҕэһээ биһиги манна дьэ хабыр ытыалаһыыга түбэстибит, доҕоттор! – Коробейников дьоно киһиргэнэ тоһуйаллар.

Сорохтор, өлө сытар дьону ыйан көрдөрө-көрдөрө, онтукаларынан өҥнөллөр.

Коробейников Канины уонна Толстоуховы кэллиннэр диэн ыҥыртарар. От үрэххэ тоһуйбут этэрээт кэлиэр диэри Коробейников саллааттара биир кэм кутааларыгар сыранан тахсаллар.

Канин уонна Толстоухов кэлэн Коробейниковтан төһө киһини кыһыллартан өлөрбүттэрин ыйыталлар.

– Сутакин! – Коробейников ыҥырар.

– Кыһыллартан хас киһи өлүгэ манна хаалбытый?

– Түөрт уон үс өлүгү буллубут!

«Истиҥ, биһиги хайдах курдук кыайыыны ситиспиппитий!» – диэбиттии туттар Коробейников.

– Мин этэрээппиттэн биир даҕаны киһи бааһырбата даҕаны! – дии-дии, дьонун диэки көрөр.

– Тойон Галибаров хастар диэн биллэрбитэй? – Канин ыйытар.

– Сүүс сүүрбэччэ буолуохтаахтар этэ.

– Сэттэ уонтан тахсалара барбыттар дии оччоҕо.

Коробейников улаханнык кыһыйа истэр:

– Икки өттүттэн сэриилэһиигэ хаһан даҕаны биир этэрээт атынын имири эһэн кэбиспитэ диэн суоҕа. Үгүстэрэ бааһырбыттара буолуохтаах. Онон кыһыллар этэрээттэрэ аны суох диэн өйдүөххэ сөп.

– Да-а, – диир Толстоухов. – Тобохторун эккирэтиэххэ, ситэн ылан барыларын даҕаны кырган кэбиһиэххэ баара.

– Кырдьык даҕаны, хайа диэки куоппуттара биллэр дуо? – дии-дии, Канин олоотоомохтоон ылар.

– Суох, биллибэт. Суолларын хаар сабан кэбиспит.

– Ол аата бэҕэһээ киэһэ мантан эрдэ барбыт эбит буоллахтара дии? – Толстоухов Коробейниковы эмиэ таарыйардыы ыйытар.

– Сип-сибилигин билиллиэ!.. Сутакин!

– Истэбин!

– Кыһыллар хайа диэки мантан куоппуттарын үчүгэйдик чинчийэн көрүҥ эрэ!

– Истэбин!

Сутакин икки киһини ылан кыһыллар хайа диэки барбыттарын чинчийэ барар. Өр соҕус хаары оймоон, суол омооннорун сирийэн көрөллөр.

– Өрүс уҥуор төннүбүттэр быһыылаах, – Сутакин кэлэн дакылааттыыр.

– Эккирэтиэххэ! – диир Толстоухов. – Ханна даҕаны ырааппатахтара буолуо.

Коробейников сөбүлэспэт. Өрүһү туоруон куттанар: баҕар, уҥуор тоһуйан сыталлара буолуо.

– Куттаныахха сатаммат, харса суох киирэн иһиэххэ! – диир Канин.

– Хайдах эһиги өйдөөбөккүтүй биһиги саллааттарбыт кимнээхтэрин? – дии-дии, Коробейников быыппастар. – Ханна эмэ хотторуохпут, үгүс сүтүктэниэхпит да, ити ойуур кыыллара ойуурдарыгар түһэн хаалбыттарын эрэ көрүөххүт. Кинилэри ол кэнниттэн тугу да манньалаан сэриигэ иккиһин киллэриэххит суоҕа. Ону куруутун өйдүү сылдьыахха наада!

Каниннаах Толстоухов итини утарсар кыахтара суоҕа. Кырдьыга даҕаны оннук. Бу дьону эрэниэххэ сатаммат. Ити билигин кыайдахпыт-хоттохпут буолан санаалара көтөҕүллэн өрүкүспүттэрин аайы…

Сутакины кытта суолу чинчийэ барбыт дьонтон биирдэстэрэ:

– Сыыр анныгар биир кыһыл өлө сытар! – диэбитинэн сабыс-саҥа бинтиэпкэ тутуурдаах аҕылаан-мэҥилээн тиийэн кэлэр.

– Кэбис, Айаайаҕа төннүөҕүҥ. Онно тиийэн быһаарсыахпыт, – диир Коробейников.

* * *

Айаайаҕа кэлэн өрөөн сытан Коробейников офицердарын кытта Алданы туоруур, Петропавловскайы ылар былаанын оҥостор.

Коробейников этэрээтин дьоно олохтоохторго кыһыллары Кыһыл сыырга хайдах тоһуйан ытыалаабыттарын кэпсээн чабыланаллар.

– Биһиги тоһуйа сытабыт… Көрбүппүт, доҕоор, өрүс диэкиттэн, үөр хаас курдук субуһан, дьэ, кыһыллар бөҕө иһэллэр эбит ээ. Тойоммут Коробейников: «Мин хамаанда биэриэхпэр диэри ытымаҥ», – диэн сэрэппитэ. Кыһыллар саалара кылбаҥнаан, уһуктаах бэргэһэлэрэ хороҥноон, адьас бу тиийэн кэлэллэр…

– Ээ, кэнникилэрэ ыраахтар этэ… Үөр сүөһү курдук, бэйэ-бэйэлэрин батыһан, субуруһан иһэллэрэ… – солуута суох ньалыгыраабыт саҥа иһиллэр.

– Эс, мэһэйдээмэ! – кэпсээни истээччилэр иккис киһини буойаллар.

– Дьэ, саалаах дьон утары кэлэн иһэллэрин курдук дьулаан суол суох буолар эбит! Бука бары нууччалар быһыылааҕа, бары биир халыыпка куппут курдук таҥастаахтар. Оннооҕор биир киһи курдук хардыылыыллар. Дьэ, кырдьык, дьулаан дьоннор!

– Э-э, соччо туох даҕаны дьулаана суоҕа, – эмиэ били киһи саҥата иһиллэр.

– Кырдьык, туох да киһи дьулайыаҕа суоҕа, – дии-дии, аны иккис киһи туран кэлэр.

– Тыыраахы, бэйи, мэһэйдээмэ!

– Туо-таа?.. – Тыыраахы диэн ааттаабыт киһилэрэ өһүргэммит курдук көрөр-истэр. Кырдьык, кини саҥата-иҥэтэ, киирэн-тахсан тэлээскэйдэнэрэ хайдах эрэ балыксыт тыыраахыны санатара.

– Сэриилэрэ диэн олус дьулаан буолара буолуо дии саныырым, онтум, хата, эһэҕэ киирэрдээҕэр да дьулаана суох буолар эбит…

– Тыа кырдьаҕаһыгар киирэр арыт дьулаан да буолар буоллаҕа…

Бандьыыттар Айаайаҕа кэлэн тохтообуттарын үһүс күнүгэр «Алдан уҥуоргу сэлиэнньэлэри босхолуу барар үһүбүт» диэн сурах иһиллэр. Ити сураҕы үгүс саллааттар уолуйа истэллэр. Били кэпсэнэн чабыланаллара ханна да суох буолан хаалар.

Повстанческай армияны үс аҥыы этэрээккэ араартыыллар.

Толстоухов капитан салайар этэрээтэ Троицкай үөһээ өттүнэн Алданы Хатырҕан ыалын утарытынан туоруохтаах. Хатырҕантан Чараҥҥа киириэхтээх. Коробейников салайар этэрээтэ, Троицкайы ылан баран, быһа Петропавловскайга тахсыахтаах. Канин капитан этэрээтэ Маайа тамаҕынан уҥуоргу Уус Маайа сэлиэнньэтин тахсан ылыахтаах уонна Чараҥҥа тиийиэхтээх. Ити былаанын Коробейников «оччугуй стратегическай былаан» диэн ааттыыр.

Канин уонна Толстоухов этэрээттэрэ Алдан өрүһүн күнүс 12 чааска туоруохтаахтара. Кинилэр туораабыттарын көрө сытан, Коробейников этэрээтэ Петропавловскайга тахсыахтааҕа.

Коробейников этэрээтин саллааттара, икки сүүс биэс уон киһи, Троицкай сэлиэнньэтин олбуордарыгар, кытылга умса быраҕыллыбыт оҥочолор кэннилэригэр сытан, Канин уонна Толстоухов дьоно өрүһү туоруулларын кэтииллэр.

«Дьэ, билигин туох буолар?» – диэн, бука бары саҥата суох күүтэн сыталлар. Хантан да саа эстэр тыаһа иһиллибэт.

– Арааһа, уҥуор кыһыллар суох буоллахтара дуу?.. – диир ону көрөн Нөмүйүкээн киһитэ доҕоругар.

– Оннук эрэ буоллар…

– Туруҥ, уҥуор тахсабыт! – диэн Коробейников командата саллааттан саллаакка бэриллэр.

Саллааттар, бэйэ-бэйэлэрин батысыһан, кыдьымаҕы хаххаланан, Алданы туорууллар. Петропавловскай сэлиэнньэтиттэн даҕаны туох да биллибэт. Өрүс сыырын өрө дабайан өкөчөөктөһөн тахсаллар. Сэлиэнньэ ыала, куттанан, дьиэлэриттэн быкпаттар. Ити икки ардыгар Канин уонна Толстоухов дьоно Чараҥ ыалыгар чугаһаан эрэллэрэ көстөр. Ити аата кинилэри эмиэ ким да утарсыбатах.

Коробейников офицеры арай Галибаров атыыһыт олбуорун ааныгар айхаллаан көрсөр.

– Дьэ, хаһан кэлэллэр диэн, көһүтэн да биэрдибит, – Юсуп Галибаров Коробейниковы кытта илии тутуһар. – Баһаалыста, киир!

– Хайа, кыһыллар ханна барбыттарын билэҕин?

– Дьэ, кырдьыга, билбэккэ олоробун. Арай манна хас даҕаны бааһырбыт кыһылы биир киһи кистээн сытыарарын билэбин.

– Ол хас киһи сытар үһүнүй? – Ким кистээн сытыарарый?

– Тойон офицер, тиэтэйимэ, ханна даҕаны куотуохтара суоҕа, – Галибаров киэн туттубуттуу мичээрдиир.

– Сутакин! Бэрт түргэнник уонча киһилээх кэл!

– Тойон Галибаров, кыһыллар ханна баалларын ыйан кулу!

– Мокуйа үрэҕин үрдүгэр олорор Сокорутов, бэйэтэ маннааҕы ревком чилиэнэ, кыбыылаах отугар саһыаран сытыартыыр үһү.

Коробейников Сутакинныын сүүрбэччэ киһилээх бараннар Сокорутов кыбыылаах отуттан сэттэ бааһырбыт красноармееһы булан ылаллар. Ол булбут дьоннорун барыларын уонна саһыарбыт дьиэлээх киһини кэргэннэри баҕастары уулуссаҕа таһааран ытыалаан кэбиһэллэр.

– Тойон Галибаров, махтанабын! Улахан көмөнү оҥордуҥ! – Коробейников сибилигин аҕай дьону ытыалаабыт илиитин Галибаров атыыһыкка уунар.

Бу киэһэ Галибаров атыыһыт дьиэтигэр офицердар мусталлар. Большевиктартан босхолуур повстанческай армия маҥнайгы кыайыытын иһин диэн, Галибаров атыыһыт ас-үөл таттарар, арыгылааһын буолар.

Арыгылыы олорон Галибаров атыыһыт турар, үрүүмкэлээх арыгытын өрө көтөҕөр:

– Тойоттор, мин эһиги кыайаргытыгар санаабынан эрэ көмөлөспөппүн, күн сарсын уон киһини эһиэхэ холбуур кыахтаахпын. Сэриилэһэр сааларын, миинэр көлөлөрүн барытын мин тэрийэн, булан биэрэбин! – диирин кытта, офицердар «ура-а!» хаһыытаһаллар.

– Тойон Галибаров!.. Бырастыы гын, аҕаҕынан ааттанаргын билбэппин… – диир Коробейников.

– Юсуп Гайнулович.

– Юсуп Гайнулович, эн көмөҕөр биһиги олус махтанабыт! Эн дьиҥнээх патриоккун!

«Патриот» Галибаров, итиннэ эппиэттээн, туран офицердары кэрийэ көрө-көрө, уҥа-хаҥас тоҥхоҥнуур.

– Юсуп Гайнулович, бырастыы гынаргар көрдөһөбүн, биһиги өссө биир көрдөһүүлээхпит… – ол эрээри Коробейников туох көрдөһөрдөөҕүн тута эппэт, тохтуур.

– Үрдүк сололоох, баһаалыста, этиҥ, туохха кыһалларгытын. Мин төһө табылларынан көмөлөһүөм.

– Юсуп Гайнулович, бу биһиги, этэрээт салайааччылара ааттаах дьон буолан бараммыт, миинэр ата суохпут. Бэйэҥ билэҕин, Нелькаҥҥа таба көлөттөн ураты киһи тугу даҕаны булбат. Мантан антах – Дьокуускай диэки сатыы барарбыт сүрэ бэрт…

– Өйдөөтүм, үрдүк сололоох, эһиэхэ көлө наадатын! Эһиэхэ көмөлөһөр туһугар суоҕу даҕаны баар гынар кыахтаахпын. Хас акка наадыйаҕытый?

– Биһиэхэ?.. Биир уонча ыҥыырдаах ат сөп буолуо этэ, – биэрэр дуу, биэрбэт дуу диэбиттии, Коробейников саарыы-саарыы этэр.

– һа, уонча ат?.. Күн сарсын булан биэрэбин.

Галибаров атыыһыт сүүстэн тахса аттааҕа. Онтон уон аты биэрэрэ киниэхэ улахан буолбатах.

– Чэ, үчүгэй! Улахан баһыыба!

– Тойоттор, арыгыта иһэн иһиҥ! – дии-дии, Галибаров арыгы кутуталыыр.

Коробейников холуочуйбута лаппа биллэн барар. Кини бу күндүлэтэ олорон дьиэлээх тойонугар үтүөнү оҥоруон, күндүтүгэр хардарыан баҕарар, ойон турар:

– Юсуп Гайнулович, ким большевиктар кэмнэригэр эйигин атаҕастаабытай, туох куһаҕаны оҥорбутай?

– Ханна барыахтарай… бааллар…

– Этэн кулу ааттарын, ханна баалларын!..

– һэ-һэ! – Галибаров күлэр. – Бастаан большевиктар былаастарын суох гыныҥ!

Маҥнай ити курдук туттуммута буолбахтаан баран, Галибаров Петропавловскайга олорор, ревкомҥа чилиэнинэн үлэлээбит хас да киһи аатын ааттаталаан, ханан олороллорун ыйан биэрэр.

– Сутакин! – Коробейников адъютанын ыҥырар.

– Истэбин!

– Уон киһитэ ылан, бу ааттара ыйылла сылдьар большевиктары тутуталаан аҕалтааҥ!

– Истэбин! – адъютант испииһэктээх кумааҕытын туппутунан тахсан истэҕинэ, Галибаров тохтотор:

– Мин ити дьон ханна олороллорун көрдөрөн биэрэр киһитэ эһиэхэ биэриим.

– Чэ, бэрт эбит! – дии-дии, Сутакин үөрэр-көтөр.

Сотору соҕус буолан баран Сутакин киирэн Коробейниковка дакылааттыыр:

– Испииһэккэ ыйыллыбыт бассабыыктартан Субуруутап Уйбааны эрэ булбатыбыт… Кини оннугар манна ойоҕун аҕаллыбыт!

– Ой, маладьыастар! Чэйиҥ, бырааттар, тахсан большевиктары кытта кэпсэтэн, сэргэхсийэн киириэҕиҥ! – дии-дии, Коробейников аан диэки барар. Аһыы олорбут офицердар бары тураллар. Сорохтор атахтарыгар нэһиилэ уйуттан турар буола итирбиттэр.

Галибаров тиэргэнин ортотугар түөрт эр киһини кытта Субурутов Иван кэргэнэ турар. Коробейников түбэспиччэ биир киһини бэстилиэтин уоһунан түөскэ анньан баран, бөтө-бөтө ыйытар:

– Кыһылгын дуо?.. Большевиккын дуо?

– Суох, мин кыһыл да буолбатахпын, бассабыыктарга даҕаны сыһыаным суох…

– Кини маннааҕы ревкомҥа чилиэн, – Коробейников кулгааҕар Галибаров сибигинэйэр.

– Э-э, эн ревком этиҥ дуо?

– Ревком диэн… Оттон… талбыттара…

– Талбыт большевиктаргар барыаҕыҥ, – дии-дии Коробейников сапсыйан кэбиһэр. Онтон бу дьон ортолоругар дьахтар турарын көрөр: – Бырастыы гыныҥ, манна мадемуазель турар эбит буолбат дуо?.. Тоҕо?.. – бөтөн лыгырҕатар.

– Ити, маннааҕы ревком баһылыгын кэргэнэ, – Галибаров эмиэ сибис гынар.

– А-а, большевик ойоҕо!.. Үчүгэй!.. Эриҥ ханнаный?.. – Суох!.. – Ханна барбытай?.. Тоҕо эйигин манна хаалларбытай?.. Барыларын ытыалаан кэбиһиҥ!

– Баһаалыста, мин тиэргэммиттэн атын сиргэ ытыалаатыннар. Хааннара тохтуо уонна ол-бу кэпсээн да тарҕаныа…

– Сутакин!..

– Истэбин!

– Мантан атын сиргэ, ханна эрэ илдьэн дьакыйталаан кэбиһиҥ, – Коробейников дьиэҕэ киирэр. Илиитин үрүүмкэлээх арыгыга ууммутунан остуолга кэлэр:

– Юсуп Гайнулович, аҕыйах да буоллар, большевиктартан син көҕүрэттибит! – Коробейников үрүүмкэтин охсуһуннарар. Таһырдьа, дьиэ кэннин диэки дьону ытыалыыр сааларын тыаһа иһиллэр.

– Оо, аллаах! Бырастыы гын!.. – дии-дии, Галибаров уоһун иһигэр ботугуруур.

VII

Саҥа үүммүт ахсынньы ый тахсан арҕаа саҕах үрдүнэн иэмэх ытарҕа буолан ыйанар. Халлаан тымныйар. Сараапап сиэбиттэн харчы таһааран ыйга көөчүктүүр. Былыргы дьон итэҕэллэринэн, саҥа үүммүт ыйга харчы көөчүктээтэххэ, ол ый устата харчыҥ эбиллэ туруохтаах үһү. Кузьма Петрович харчытын сиэбигэр төттөрү уктан кэбиһэр. «Аны кэлэн хантан харчы киириэн…» – диэн ботугуруу-ботугуруу, дьиэтигэр киирэр. Таҥаһын устарын аҕай кытта, олбуорун аана аһыллар тыаһа иһиллэр, сыаптаах ыта үрэн маргыйар.

Олбуорга сыарҕалаах аттаах киһи киирэр. Боруота аанын сабар уонна атын көнтөһүттэн сиэтэн, собуоһуна иһигэр киллэрэр.

«Ханна туох баарын барытын билэр, урут манна сылдьар киһи кэлбит буоллаҕа дуу?..» – Кузьма Петрович таайа сатыыр.

Кэлбит киһи, атын баайан, собуоһунаттан тахсар, бэргэһэтин кырыатын үтүлүгүнэн туора-маары соттор, олбуор иһин көрөр-истэр, атаҕын тэбэнэр. Таҥаһыттан-сабыттан, туттарыттан-хаптарыттан көрдөххө, саха быһыылаах.

«Чэ, бэйи, дьиэҕэ киирдэҕинэ көрүллүө», – диэн, түннүгүттэн Сараапап тэйэр.

Хара саһыл тыһа бэргэһэлээх киһи чэпчэки соҕустук үктэнитэлээн дьиэҕэ киирэр. Бэргэһэтин устар уонна, таҥара күлүгэр иккитэ-үстэ кириэс охсунан далбаатанаат, дьэ дьиэлээх тойоҥҥо эргиллэр.

– Дорообо, тойон Сараапап!

– А-а, Федор Егорович! – диэбитинэн Сараапап илиитин ууммутунан утары туран кэлэр. – Хантан көһүннүҥ? Баһаалыста, сыгынньахтан! Бу хайа диэки хаамтардыҥ? Кэпсэлиҥ?

– Кэпсээтэххэ, син кэпсээн баар, – дии-дии, Сылластыгас Сүөдэркэ саардын сүөрүнэр, сонун устар. Кини ыраах айантан улаханнык сылайбыт, тоҥмут-хаппыт көрүҥнээҕэ.

– Ыалдьыт кэллэ, чэйдэ бэлэмнээ! – диир атыыһыт кэргэнигэр. – Федор Егорович, манна киир, сонуҥҥун-нуобаскын кэпсээ! – дьиэлээх тойон ыалдьытыгар устуул аҕалан биэрэр.

Сүөдэркэ киирбит хоһун иһин эргиччи көрүтэлиир. Уҥа муннукка курунньугура харааран эрэр Ньукуола таҥара күлүгэ көстөр. Ону кытта сэргэстэһэ истиэнэҕэ Николай II мэтириэтэ ыйаммыт.

– Кузьма Петрович, ити ыраахтааҕы мэтириэтин ылан да кэбиһиэ эбиккин.

– Үөрэнэн хаалбыппын ээ. Итиннэ туох да суох буоллаҕына, истиэнэм иччитэхсийэн хаалыа буоллаҕа дии. Чэ, хата, Федор Егорович, ыраах сиртэн кэлбит киһи, кэпсээ, тугунан үөрдэҕин?

– Били эппитим курдук, ханнык эмэ да буоллар, син сонун баар, – ким эмэ истэн турара буолаарай диэбиттии, Сүөдэркэ тула көрбөхтөн ылар. – Төһө даҕаны ити бассабыыктар кыайдыбыт диэн киһиргэммиттэрин иһин, сүгүн-дьүгээр олорон биэримээри гынабыт.

– Дьэ-дьэ!..

– Дьыала маннык. Ааспыт кыһын – олунньу ыйга Дьокуускай куоракка бассабыыктартан былааһы былдьаан ыларга саагыбар тэриммиппит, ону чыкаалар билэннэр, салайааччы эпписиэрдэрбитин хаайталаан кэбиспиттэрэ. Онтон, сайыныгар тиийэн, аптаныамыйа тэринэллэрин соҕурууттан сөбүлүүр курдук сурах кэлбитигэр, үөрдэхтэрэ буолан, ол хаайбыт эпписиэрдэрин таһаартаан кэбиспиттэрэ. Биһиги, ону туһанан, босхоломмут дьоммутун илин күрэппиппит.

– Илин?.. Тоҕо илин күрэтэҕитий? – атыыһыт соһуйа истэр.

– Бэйи тохтоо. Итинтиҥ бэйэтэ биир туспа ис хоһоонноох!

– Дьэ-дьэ…

– Сотору улахан тыас тахсаары турар!.. Кузьма Петрович, биир тылынан эттэххэ, дьыала үчүгэй буолаары турар!

– Бэйи, туох үчүгэйэ буолаары турарын кэпсиигиний?.. Мин билигин да тугун быһааран өйдөөбөккө олоробун, – Сараапап Сүөдэркэҕэ ыкса сыҕарыйар.

– Хапсыын Кусунарыап атыыһыт Колчак былааһын кэмигэр Саҥхаайтан түүлээххэ атыыласпыт табаара Охуоскай муораҕа Айаан буордугар кэлэн сытарын бассабыыктар билэннэр, ону ылан сиэри, быйыл сайын Ньылхаҥҥа тастарбыттара. Ол табаары, малы Дьокуускайга аҕалтара икки борохуоту ыыппыттара. Биһиги, ону билэммит, били ол эпписиэрдэрбитин Ньылхаҥҥа таһаарбыппыт, кинилэри мин бэйэм тиэрдибитим. Таһаҕаһы тиэйэн бүтэ иликтэринэ тиийбиппит…

– Так-так…

– Ол таһаҕас тиэйиитигэр сылдьар аҕыйах хомуйууһу дьаһайан кэбиһэн баран, табаары ылбыппыт уонна сэрии дьонун хомунан, армия тэриммиппит. Билигин онно, илин, саха норуотун бастаах-көстөөх дьоно мустаннар, бырабыыталыстыба бассабыыктары сөбүлээбэт дьоннору барыларын түмэр уонна дьоппуоннары кытта сибээстэһэр, эмиэрикэ атыыһыттарын кытта сэрии аҕалтарарга кэпсэтэр. Дьэ онон, сотору маннааҕы бассабыыктар былаастарын… – диэн баран, Сүөдэркэ уҥа илиитин таһынан киэр садьыйан кэбиһэр.

– Дьэ, чахчы үчүгэй сонуннаах кэлбиккин, Федор Егорович! Сытан биэрэр сатаммат. Биһиги манна хас киэһэ аайы мустан кэпсэтэр эрэ кэпсэтиибит дьэ ити боппуруос буолла.

– Чэ, билигин бассабыыктар күннэрэ-чаастара ааҕыллан турар диэххэ сөп…

– Федор Егорович, өскөтө, таҥара көмөтүнэн, маннааҕы большевиктары суох гынныннар, оччоҕо ол дьоммут туох былааһа диэни тэрийиэхтэрэй?

– Туох былааһа?.. Оттон саҥа тэриллибит бырабыыталыстыба «Саха уобалаһын бириэмэннэй бырабыыталыстыбата» диэн ааттанар. Кинини Куликовскай тойон салайар. Онон былыргы, били ыраахтааҕы былааһын саҕанааҕы олох чөлүгэр түһэрэ буолуо, – Сүөдэркэ бэйэтэ хайдах сэрэйэринэн кэпсиир.

– Хайа, Федор Егорович, оннук буоллаҕына, бу ыраахтааҕыбыт портрета оннугар турара да сөп эбит буолбат дуо? – Сараапап, мичээрдии-мичээрдии, Николай II мэтириэтин диэки көрүтэлиир.

Сүөдэркэ тугу да саҥарбат. Кини ыраахтааҕы уһуллубут сураҕын истэн, дьиҥэр, олус үөрбүттээҕэ. Ыраахтааҕы былааһын кэмигэр бэйэтин баттаммытынан ааҕынара. Оннооҕор били Маайа кини аҕатын кытта үҥсэн кыайбытыгар, Сүөдэркэ ыраахтааҕыны буруйдуура.

– Федор Егорович, оннук сэриини тэрийэр төһө элбэх офицеры илин күрэппиккитий?

– Коробейников тойону кытта сэттэ эпписиэр, ол иннигэр: биирдэ биэс киһи, онтон үс тойон… Чэ, барыта уонтан тахса, сүүрбэччэҕэ чугаһыыр ахсааннаах дьон барбыта.

– Табылыннар, үчүгэй буолуо эбит.

– Үчүгэйин үчүгэй буолан баран, биһиги бары көмөлөстөхпүтүнэ эрэ кыайыы тахсыаҕа, – дии-дии, Сүөдэркэ туран төттөрү-таары хаамыталыыр.

Оттон иһигэр атыыһыт: «Э-э, дьэ, быстах дьаабы быһыылаах», – дии саныыр. Ол эрээри билигин, уонча да киһи саа тутан большевиктары утары барара буоллар, төһө кыаҕа тиийэринэн көмөлөһөр санаалааҕа.

– Төһө күүһүм тиийэринэн… Эдэр соҕуһум эбитэ буоллар, саа даҕаны тутуо этим… Федор Егорович, чэ, биир суолу ыйытаары гынабын, син ини?

– Бэйэ икки ардыгар туох кистэлэҥэ кэлиэй, ыйытан буолумуна.

– Баҕар, ол офицердар Саха уобалаһын үрдүнэн большевиктары суох гынныннар даҕаны. Оттон бүтүн киэҥ Россия үрдүнэн тэнийэн олорор большевиктар бу соҕотох биһиги эрэ уобаласпыт туораабытын кэлэн саба баттаан кэбиһиэхтэрэ суоҕа дуо?

Били саагыбар тэринэллэригэр ити туһунан бэрт үгүстүк кэпсэтэр этилэр. Ону Сүөдэркэ истэрэ. Онно өйдөөхтөрбүт дэнээччилэрэ куолулууллара: «Өскөтө Саха уобалаһын үрдүнэн большевиктары суох гыннахпытына – Японияны уонна Американы кытта сибээстэһиэхпит. Кыһыллар сэриилээн киирээри гыннахтарына – ити икки омуктан көмөлтө көрдөһүөхпүт. Биллэн турар, ханнык эрэ Саха сирин иннигэр большевиктар Японияны уонна Американы кытта сэриилэһиэхтэрэ суоҕа… Оттон Америкаҕа уонна Японияҕа Саха сирин күндү түүлээҕэ, кыһыл көмүһэ улахан суолталаах буолуоҕа», – диэн.

Сүөдэркэ Сараапапка итинник кэпсиир.

– Да-а, син сөпкө быһаараргыт буолуо… Ол гынан баран, Саха уобалаһын кыраныыссатын ханан быһар буолаҕытый? – Сараапап «Аны Маача дэриэбинэтэ Саха уобалаһын кыраныыссатын иһигэр киириэ суоҕа» диэн, дьиксинэр санаатын ыйытар.

– Биһиги Витим өрүстэн илин өттүн барытын – көмүстээх Бодойбону кытта – быһа тарыйан ылар былааннаахпыт.

– Дьэ, оччоҕо үчүгэй! Бодойбо көмүһэ Американы уонна Японияны ымсыырдыбыта ыраатта. Федор Егорович, хата, эн биһикки кыттыһаммыт бириискэ аһыахпыт, – Сараапап Сүөдэркэ саннын таптайар.

Дьиэлээх хотун ааны өҥөйөн туран:

– Тахсан чэйдээҥ, – диэн ыҥырар.

– Федор Егорович, баһаалыста, тахсан аһыах.

Аһыыр хоско тахсаллар. Остуол муҥунан халбаһыы, эмис эт тардыллыбыт, тууччах балык өрөһөтүн сыата кырбаммыт.

– Чэ, күндү ыалдьыты көрсүбүт үөрүүгэ… – дии-дии, Сараапап биир иһит арыгыны аҕалан туруорар.

Сүөдэркэ хараҕын арыгылаах бытыылкаттан араарбат. Сотору-сотору кураанах силин ыйыстан дьүккүс гыммахтыыр.

– Били сахалар киэҥ иһит кэһиэхтээх дииллэригэр дылы, Кузьма Петрович, билигин да арыгылаах сытар эбиккин дуу?!

– Ити биир эрэ иһит баара… Баҕар, биир эмэ үөрүүлээх күҥҥэ амсайыллыа диэн ордоруллубута. Хата, били Михаил Николаевиһы уонна Прохор Ивановиһы ыҥырымына… Настя, тахсаҥҥын Юшмины уонна Петухову ыҥыртаан киллэрбэккин ээ!

Настя, тугу да саҥарбакка, тахсар.

– Чэ, Федор Егорович, биирдии үрүүмкэтэ иһэн баран, аһыы олоруох! – Сараапап арыгы кутуталыыр.

Сүөдэркэ мааҕын сарсыарда Ииннээх дьаамыгар аһаабытыттан ыла аһыы илигэ, онон биир да үрүүмкэ арыгыта төбөтүн оройун көрбүтүнэн тахсар.

Сотору соҕус буолан баран Юшмин уонна Петухов киирэллэр. Бу дьон Сылластыгас Сүөдэркэни уруккуттан билэр этилэр. Ыалдьыты кытта дорооболоһоллор.

– Хайа, ыраах сиртэн кэлбит киһи туох кэрэ сонуннааххыный? – Юшмин ыйытар.

– Дьэ, көһүтэр күммүт тахсан эрэр үһү, – дьиэлээх тойон тайтара этэр. – Кэлиҥ остуолга, биһигини кытта чэйдэһиҥ, – Сараапап ыалдьыттарыгар арыгы кутуталыыр.

Аһыы олорон дьиэ эргиннээҕиттэн уратыны тугу да кэпсэппэттэр. Онтон, чэйдээн бүтээттэрин кытта, Кузьма Петрович ыалдьыттарын хоһугар ыҥыртыыр.

– Дьэ, Федор Егорович бэрт үчүгэй сэһэннээх кэлэн олорор диэххэ сөп.

– Баһаалыста, истэн үөрүөҕү, туох оннук үчүгэй сонунун аҕаллыҥ, кэпсээ, – Юшмин көрдөһөр.

Сүөдэркэ дьоһумсуйан олорон, илин Нелькаҥҥа Коробейников армия тэринэрин, Куликовскай баһылыктаах правительство тэриллэрин, олорго илиҥҥи улуустар баайдара, үөрэхтээхтэрэ көмөлөһөллөрүн кэпсиир.

– Биһиги тугу кыайарбытын оҥордубут, – дии-дии, Сүөдэркэ олорор устуулугар тиэрэ түһэр. – Билигин үксэ бу эһигиттэн тутулуктаах. Ол саҥа тэриллэр аармыйаҕа сэрии сэбэ, таҥас-сап үгүс наада буолара буолуо. Ону барытын кыһыл көмүскэ, күндү түүлээххэ Эмиэрикэ уонна Дьоппуон атыыһыттара атыылыах, көмөлөһүөх буолаллар.

Юшмин таҥара муннугун диэки көрөр, кириэстэнэр.

Петухов ойон турар, улахан тойоҥҥо чиэс биэрэн эрэрдии, Сылластыгас Сүөдэркэ иннигэр чиккэс гынар:

– Тойон Яковлев, миигин сибилигин да саата тут диэтэххитинэ, тутабын-с!

Сараапап устуулга тиэрэ түһэн олорон, урукку кэмнээҕитин курдук, дьоһумсуйа туттар:

– Тойон Яковлев, суруйан кэбис, мин көмөм: алта муунта кыһыл көмүс, биэс тыһыынча тииҥ тириитэ! – оттон «эн тугу биэрэҕин?» диэбиттии, ити кэнниттэн Юшмины көрөн кэбиһэр.

– Мин бэйэм чааһым туох баарбын барытын да биэрэрбин кэрэйиэм суоҕа! Кыһыл көмүс төһө көстөрүнэн… уонна, бэйи эрэ, былыргы империал харчыны ыларгыт дуу? – Юшмин, эмээхсинэ уонча манньыат уурумньулааҕын өйдөөн, ыйытар.

– Ылымына. Кыһыл көмүс барахсан, манньыат эрэ кутулунна диэн, сыанатын сүтэриэ баара дуо!

Петухов үрээнньик биэрэрэ диэн туох да суоҕа. Киниттэн соччо эрэйбэт да этилэр.

Бу түүн бэрт хойукка диэри олороллор, Советскай былааһы утары охсуһар повстанческай этэрээттэр командирдара кимнээхтэрин сыымайдыыллар. Онтон Сүөдэркэ хас улуус, волость аайы восстание тэрийэргэ дьон бэлэмнэнэрин иһитиннэрэр.

– Тойон Яковлев, мин, көмүһүнэн, түүлээҕинэн көмөлөһөрө суох киһи, – диир Петухов, – Токо тоҥустарыгар тахсан дьонно хомуйуум, булчуттар сааларын ылан манна киллэриим. Бырааттарга, ол, баҕар, көмөлөөх буолуо.

– Ама дуу! – дии-дии Сүөдэркэ өрүкүйэр. – Тойон Толстоухов сотору манна тиийэн кэлэрэ буолуо. Кини эн үтүөҕүн-өҥөҕүн хаһан даҕаны умнуо суоҕа.

– Өйдөөтүм, тойон Яковлев!

– Манна бассабыыктартан кимнээх-кимнээх баалларый? – Сүөдэркэ ыйытар.

– Бассабыыктар диэн… Били манна олорор Владимирова уола баара мантан баран турар… – дии-дии, Петухов кэтэҕин тарбанар.

– Бэйи эрэ, ревкомнарыгар билигин кимнээхтэрий? – Юшмин ыйытар.

– Михаил Николаевич, олохтон букатын хаалбыккын буолбат дуо? – диир Сараапап. – Билигин «ревком» диэн суох ээ. Били комиссар уол кэлин «совет» диэни талларбыта дии.

– Советынан Иван Усовы оҥорон тураллар.

– Чэ, бэйи, ити буоллун, – Сүөдэркэ дьонун тохтотор. – Комиссар уоллаах дьахтар билигин манна олорор дуу?

– Олорор-олорор, хата ханна даҕаны барыах быһыыта суох, – урут, үрээнньиктиир эрдэҕинэ, сэлиэнньэҕэ ким кэлэрин-барарын барытын кэтии-маныы сылдьар үгэһинэн Петухов билигин даҕаны кимнээх ханна баалларын, ханна олороллорун, тугунан тыыналларын барытын бэлиэтии көрө сылдьара.

– Баар диигит?.. Олорор диигит?.. – Сүөдэркэ дьааһыйар. – Хата, уум кэллэ, утуйуохпун баҕардым…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации