Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 48

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 48 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
Иккис баһа
I

Уһук хоту сиргэ саас кэлэр, хаар хараарар. Хайа сирэйигэр күөх от бытыгырыыр. Сотору бырдах түһэр, тигээйи тиллэр. Табалаахтар табаларын чэлгиэн хайаҕа таһаараллар, бырдахтан куоттараллар.

Хотугу олохтоохтор чыыстайга тахсар кэмнэригэр, былыр-былыргыттан олохсуйбут үгэс быһыытынан, манна атыыһыттар кэлээччилэр. Булчуттар уһун кыһын устата бултаммыт түүлээхтэрин табаарга, чэйгэ, табахха, арыгыга атастаһаллара. Оттон быйыл сайын биир да атыыһыт ааттаах чыыстайга биллибэтэ. Тардар табаҕынан, иһэр чэйинэн, таҥнар таҥаһынан дьон улаханнык тутайан бардылар. Атыыһыттар кэлээйэллэр диэн кэтэһэ сатаан кэбистилэр. Онтон, айаҕалыы сатаан, бэйэлэрин баайдарыгар кэлэн хамса табах көрдөһөн, кутуу чэй эрэйэн ытыстарын тоһуйаллар:

– Хамса табах – биир тииҥ!

Быстыахтара дуо, биир хамса табахха тииҥ тириитин биэрэллэр.

– Атыыһыттары туох ааттаах хомуйан барда буолла?

– Аны атыыһыттар манна кэлиэхтэрэ диэн эрэҥкэдийимэҥ даҕаны.

– Бэй, ол тоҕо?

– Сыакаардар, өрөбөлүүссүйэ буолбут дэһэллэр эбээт!

– Ол «өрөбөлүүссүйэ» диэн туохпутуй?

– Ороспуойдар… Ороспуойдар былааһы былдьаан эрэллэр үһү, ол аата үһү «өрөбөлүүссүйэ» диэн, – баайдар дьадаҥы булчуттарга Советскай былааһы итинник «өйдөппүттэрэ». – Хата сэрэниҥ, сотору манна кэлэллэрэ буолуо!

– Э-э, кэлэн даҕаны биһигиттэн туохпутун былдьыыллар үһү.

– Ы-ыы, акаары, ити биир турку табаҕын былдьаттаххына – билиэҥ.

– Дьэ, кыһалҕа да буолар эбит!..

* * *

Саха сиригэр 1921 сыллааҕы сайын өрүс баһыттан оҥочо да таһаҕас кэлбэт. Хотугулардааҕар буолуох, куораттар да олохтоохторо күннэтэ наадыйар табаардара улам кырыымчыгыран барар.

Ол иһин Саха уобалаһын салайааччылара соҕуруу эргиэн киин тэрилтэлэригэр телеграмма ыыталлар. Онуоха маннык ис хоһоонноох эппиэт кэлэр:

«Илин Охотскай муораҕа, Айаан пордугар, 30 000 буут табаар сытар. Совнарком дьаһалынан ол табаар Саха уобалаһын эргиэнин тэрилтэтигэр – «Холбоско» бэриллэр. Табаары бэрт сотору таһар дьаһалла ылыҥ».

Таһаҕаһы хайдах аҕалтарар туһунан дьүүллэһии, сүбэлэһии буолар. Ол кэнниттэн уобалас Советын уурааҕа тахсар: «Үс хонук иһинэн «Холбос» Айааҥҥа баар таһаҕаһы тутар уонна онтон дьаһайан Нелькаҥҥа тастарар представители ыытыахтаах», – диэн.

Ити дьаһалы толорон, «Холбос» салайааччылара быйыл сайын хаайыыттан тахсан баран кинилэргэ үлэҕэ киирбит, Соловьев «Областной советын» саҕана эргиэни салайа сылдьыбыт Куликовскай эсери представителинэн аныыллар. Куликовскайы оччо эрэлэ суох киһи диэн, уобаластааҕы партийнай тэрилтэ таһаҕас таһыытыгар көмөлөһүннэрэ уон коммуниһы эбии ыытарга быһаарар.

Куликовскай Айааҥҥа барарыттан хомойбот. Кини илин, Охотскай куоракка, Бочкарев уонна Сентяпов үрүҥ этэрээттэрэ баар сурахтаахтар, табыллыах буоллаҕына, ол дьоҥҥо халбарыйан бэриллиэ диэн санаалаах. Айанныан икки хонук иннинэ военкомакка үлэлии сылдьар Коробейников уонна Толстоухов офицердары көрсөн ханна барарын, туох санаалааҕын биллэрэр.

– Табыллыах буоллаҕына, биллэрээр, оччоҕо биһиги да быһаарыныа этибит, – дэһэллэр офицердар.

Куликовскай военкоматтан иһэн аара уулуссаҕа аны Сылластыгас Сүөдэркэни көрсө түһэр. Кинилэр уруккуттан билсэр этилэр.

– А-а, Сүөдэркэ! Бу хантан көһүннүҥ?

– Тыаттан киирэ сылдьабын.

– Тугу гынаҕыный?

– Оччо манныгы үлэлиибин диир үлэм суох. Хайа, эйигин хаайбыттар диэн истибитим ээ, хата, таһаарбыттар эбит дуу?

– Таһааран.

– Ханна бааргыный, тугу гынаҕыный?

– «Холбоско» үлэлиибин. Аны икки хонугунан илин Айааҥҥа киирээри сылдьабын.

– Айааҥҥа да-а? Урут мин ол сиргэ сылдьар этим ээ, – дии-дии, Сүөдэркэ, онно хайдах сылдьыбытын өйдөөн, ымайар.

– Оо, дьэ, табыллыа эбит ээ: хата, Сүөдэркэ, миигин кытта онно барсыаҥ буолаарай? Манна үлэтэ суох сылдьар курдук этэҕин буолбат дуо? Миэхэ сирдьит киһи наада.

– «э, үөрүүнү кытта буоллаҕа дии! Барсымына.

– Чэ, оччоҕо сарсын «Холбоско» кэл.

* * *

Суһал соҕустук айаннаан, Куликовскайдаах Алдан өрүһүн үрдүгэр турар Петропавловскай сэлиэнньэтигэр тиийэн кэлэллэр. Бу Саха уобалаһын үрдүнэн киэҥник биллэр Галибаров атыыһыт олоҕо.

Өрдөөҕүтэ Амма слободатыгар олорон, элбэх сылгыны уоран сиэбитэ тутуллан, түбэһэ сылдьан баран, Галибаров кэлин бу Петропавловскайга кэлэн олохсуйбута. Бастаан кэллэҕин утаата кини ханнык эмэ аҕыйах чэйдээх, табахтаах уонна арыгылаах Лаамаҕа эргинэ тахсыталыыра. Бэйэтэ сахалыы бэркэ билэрэ. Ураһаҕа киирдэр эрэ биир иһит арыгы тутуурдаах киирэр үгэстээҕэ: «Кэлиҥ, атасчааттарбын күндүлүүбүн!» – диэн буолара. Күндүлэппит дьон Галибаровы ханна да олордуохтарын булбаттара. «Биһиги даҕаны киһи күндүтүн аҥаардастыы аһаабат дьоммут», – дэһэ-дэһэ, кылааннаах түүлээхтэрин бастыҥын буор босхо биэрэллэрэ. Ардыгар Галибаров биир иһит арыгынан күндүлээбитигэр дьааһыгынан арыгы турар сыанатыгар тэҥнээх түүлээҕи бэлэхтэтэрэ. Итинтэн сиэттэрэн, аҕыйах сыл иһигэр аатын билбэт буола байбыта. Билигин кини саҕа элбэх сылгылаах, кини саҕа үс лааппы муҥунан табаардаах атыыһыт чугаһынан суох. Кини өссө байыан, аатырыан – бу революция буолан, Советскай былаас олоҕуран, арыый туттунар буолан эрэр.

Куликовскай, дьонун тохтотор сир булан баран, Сүөдэркэнэн сирдэтэн, Галибаров атыыһыкка тиийэр. Бу атыыһыты кини сураҕын эрэ истэрэ, сирэй билсибэт.

– Бу хайа диэки баран иһэр дьонноргутуй? – диир Галибаров.

– Айааҥҥа киирэн иһэбит.

– Айааҥҥа да-а?.. Айаан диэн дьыл баччатыгар киһи соччо сылдьыбат сирэ буолар этэ. Туох улахан кыһалҕалаах буолан ол сир суолун тобуллаххытый?

– Онно таһаҕас баар, ону тастарар соруктаахпыт.

– Э-э, били Кушнарев атыыһыт Китайтан аҕалтаран баран ылларбакка сытыарар табаарын кэпсээн эрдэххит дии?

– Оннук ини, билбэппин, – дии-дии, Куликовскай дьиэлээх атыыһыт сирэйин-хараҕын одуулаһар.

Галибаров – биэс уончатыгар чугаһаабыт, сонос соҕус көрүҥнээх, хап-хара баттахтаах, кыараҕас харахтаах, дьирбии курдук бытыктаах татаар. Олорор дьиэтин олбуорун иһигэр түүлээх тутар, мэндиэмэннээх үс ыскылааттаах.

– Бу курдук олорор эбиккин дии, тойон Галибаров?.. – диир Куликовскай, туох эмэ кэпсэтии тахсаарай дии саныы-саныы.

– Эн ким диэн этигиний?

– Мин Куликовскай диэммин.

– Эһэ-э, истэр этим… Куликовскай буоллаххына, эн да миигин истэр буолуохтааххын.

– Истэн-истэн, – Куликовскай төбөтүн кэҕиҥнэтэр.

– Кушнарев атыыһыт табаарын тастара киирэн иһэҕит?.. Онно бэрт наадалаах табаар баар буолуохтаах. Бу эргин дьон чэйинэн, табаҕынан, таҥаһынан даҕаны бэркэ тутайан, ыксаан олороллор. Ол кэллэр, абыранаахтыа этилэр. Уонна, сатаан туттар киһи, төлөбүрэ да остуойулаах буолуо этэ… – Галибаров хайдах эрэ таайтарардыы тыл быктарар.

– Большевиктар агитациялара кэлэ илик буоллаҕына… – Куликовскай, кэтэһэн олорбут киһи быһыытынан, тута иилэ хабан ылар. Мантан салгыы кинилэр кэпсэтиилэрэ аһаҕастык барар.

– Маннааҕы дьон революцияттан олус куттаналлар. Ону сатаан туһаммыт киһи уонна кинилэр аска-таҥаска кыһаллан олороллорунан олуйан, киһи тугу эмэни оҥоруо эбитэ буолуо эбээт.

– Дьэ ити аата санаабыт сөп түбэсиһэ сыһар эбит. Дьокуускайга хас да урукку офицердар бааллар, табыллыах буоллаҕына, кэлиэх курдук хаалбыттара.

– Кыах баарынан көмөлөһөн көрүөххэ сөп этэ.

– Оннугун оннук буолан баран, бэйи эрэ, хантан сэби-сэбиргэли булуоххунуй?..

– О-о, ол диэн… – Галибаров сапсыйан кэбиһэр. – Маннааҕы олохтоохтор – булчуттар, оттон хас булчут бэйэтэ пулевой саалаах.

– Кырдьык даҕаны, хата, бу идея буолаарай!

Галибаров урут киһи ыытан бу дьоҥҥо уучах табалары тоһуйтарар. Онон мантан антах Куликовскайдаах аны табанан айанныыллар.

II

Охотскай муораҕа Айаан порда аһыллыаҕыттан Дьокуускай атыыһыттара, Китайтан, Японияттан уонна Америкаттан атыылаһар табаардарын манан аҕалан курдары тастарар суоллананнар, Маайа өрүһүгэр түһэр кыракый үрүйэ төрдүгэр ыскылаат туттарбыттара. Ол иннигэр манна биир да дьиэ суоҕа. Ыскылааттары көрөр, харабыллыыр дьону аҕалбыттара, ол дьон олорор дьиэлэрин туттарбыттара. Киһитэ-сүөһүтэ суох үрэх баһыгар Нелькан сэлиэнньэтэ ити курдук төрүттэммитэ.

Ыскылаат харабылыгар кэпсэтэн кэлбит сир-дойду бырадьаагалара манна өр олорбот этилэр. Аҕыйах киһилээх-сүөһүлээх сиргэ тэһийбэттэрэ-тулуйбаттара, биир-икки сыл буола-буола баран иһэллэрэ. Арай Прохор Филиппов хара кэлиэҕиттэн ханна да хамсаабат. Кини манна кэлиэҕиттэн эмиэ эргинэн, аатын билбэт буола байбыта, лааппы аспыта. Маҥнай сулумах киһи Каковин уонна Басов атыыһыттар ыскылааттарын харабыллыы кэлбитэ. Кэллэҕин сыл арыгынан албыннаан, хаартынан сүүйэн, бэрт үгүс түүлээҕи мунньуммута. Ол түүлээҕи Кушнарев атыыһыкка атыылаан, үгүс табаары ылбыта. Бэйэтэ лааппы аспыта. Икки сыл атыыһыттаан, улаханнык байан-тайан баран, Уус-Маайа сэлиэнньэтигэр киирэн бааһынай кыыһын кэргэн ылан тахсыбыта.

Прохор Филиппов биэс уонуттан эрэ тахсыбыт бэрт сытыы-хотуу киһи. Нуучча эрээри – оҕо эрдэҕиттэн сахалар ортолоругар үөскээбитэ эбитэ дуу, хойут ити курдук үөрэммитэ эбитэ дуу – сахалыы бэркэ билэрэ. Онон олох «бэйэ киһитэ» буола сылдьар.

* * *

Кырдьык, Айааҥҥа бэрт үгүс табаар кэлэн сытара. Куликовскай били Дьокуускайтан турарыгар, сатаныах буоллаҕына, Бочкарев уонна Сентяпов этэрээттэригэр халбарыйан бэриллиэ диэн былаана уларыйан: «Аны Бочкарев, Сентяпов дьоно кэлэннэр былдьыы сылдьыахтара, табаары түргэнник Нелькаҥҥа тастара охсубут киһи», – диэн, тутуу былдьаһар быһылааныгар киирэр. Дьонун түүн да утуппат, күнүс да олорпот, тиэтэл муҥунан тыаҕа тарҕатар, олохтоох дьонтон таба эттэһиннэрэр. Аан бастаан биэс уон табаны чэйинэн, табаҕынан ындыылаан таһаараллар. Куликовскай бэйэтэ Сылластыгас Сүөдэркэлиин уонна куораттан кинилэри кытта тахсыспыт биэс коммуниһы кытта Нелькаҥҥа төннөр. Биэс киһилэрэ таһаҕас атаара хаалаллар.

Куликовскайдаах сиргэ үстэ хонон, төрдүс күннэригэр Нелькаҥҥа кэлэллэр. Аҕалбыт таһаҕастарын кураанах ыскылаакка хаалыыллар. Табаар уурбут ыскылааттарын коммунистар сменанан харабыллыыллар. Куликовскай Сүөдэркэлиин эмиэ Филипповтарыгар тохтууллар.

– Туох табаар баар эбитий?

– Чэй, табах, саа сэбэ… Биир тылынан эттэххэ, биһиэхэ улахан наадалаах табаар сытар эбит.

– Хайдах мантан Дьокуускайга таһыаххытый?

– Мин эйиэхэ үнүр да эппитим буолбат дуо хайдах «тастарары». Быһатын эттэххэ, бу таһаҕас Дьокуускайга буулдьа буолан киириэҕэ… Эн, тойон Филиппов, бу киһиттэн дьиксинимэ, бу бэйэ киһитэ, – дии-дии, Куликовскай Сүөдэркэтин саннын таптайар.

Филиппов дьэ аһыллар.

– Олус үчүгэй!.. Биһиги да манна олус таах олорбоппут, ону-маны мунньуммута, тэриммитэ буолабыт.

– Чэ, оннук буоллаҕына, табыллыбыппыт. Бу Федор Егорович сарсыарда Дьокуускайдыа. Аара Галибаров атыыһыкка таарыйыа, кини эмиэ көмөлөһөр санаалааҕа… Байаҕантай улууһугар Оросиҥҥа уонна Афанасьевка биллэрэн ааһыаҕа. Оттон Дьокуускайга хас даҕаны урукку офицердар бааллар, ол дьону манна күрэтэлээн аҕалыа. Оччоҕо син ханнык эмэ күүс мустуоҕа.

– Сөпкө этэҕин. Оттон ити атыттаргыт туох дьонноруй? – Филиппов Куликовскайдааҕы кытта тахсыспыт коммунистары ыйытар.

– Ээ, ити коммунистар.

– Кинилэри ханна гыныаххытый?

– Ханна ыытар суол көстүө… Билигин, тугу да аахсыбакка туран, бастаан Айаантан таһаҕаһы аҕалтара охсуохха наада.

– Ээ, онно баҕас биһиги да көмөлөһүөхпүтүн сөп. Икки сүүччэ ындыы таба сөп буолуо? – Филиппов ыйытар.

– Билигин биһиги биэс уонча табалаахпыт… Чэ, икки сүүс син сөп буола сыһыа.

Сарсыарда, күн илиҥҥи мыраан кэтэҕиттэн кылайа тахсыыта, Сылластыгас Сүөдэркэ уучах табанан Дьокуускайдыыр.

Куликовскай, Прохор Филиппов көмөтүнэн икки сүүс табаны эттэһэн, Айааҥҥа киирэр. Ити курдук, суол төһө да эрэйдээҕин иһин, Айаан таһаҕаһын барытын күһүөрү сайын Нелькаҥҥа таһан бүтэрэллэр.

Балаҕан ыйын ортотун диэки Нелькан сэлиэнньэтин анныгар икки кыракый борохуот кэлэн тиксэллэр.

– «Холбос» таһаҕаһын тиэйэ таҕыстыбыт, – дэһэллэр борохуоттар капитаннара.

Куликовскай ыксыыр, тугу да гыныан булбат. Кини Дьокуускайтан Коробейниковтаах кэлиэхтэрин иннинэ бу борохуоттары кэлиэхтэрэ эрэ дии санаабатаҕа.

– Дьэ, тугу гынабыт? Дьокуускайтан офицердар баччааҥҥа диэри тахсыбатылар. Борохуоттар буоллаҕына ити кэллилэр, – Куликовскай сүбэ ыйытар.

– Да-а… – дии-дии Филиппов кэтэҕин имэринэр. Арай, төһө кыалларынан, таһаҕас тиэйиитин туттахха эрэ табыллара дуу?! Баҕар, онуоха диэри ол дьон биллээйэллэр?

– Хайдах тутуоххунуй?

– Чэ, итини мин ылынабын…

– Ылынан тугу гыныаххыный?

– Мин олохтоох дьоҥҥо этиэм: «Бу чэйи, табаҕы, табаары, манна тугу даҕаны хаалларбакка, – барытын Дьокуускайга тиэйэн илдьээри гыналлар», – диэн. Көрөөр, оччоҕо биир даҕаны киһи таһаҕас тиэйиитигэр кыттыа суоҕа.

Кырдьык, сарсыҥҥытыгар дьону хомуйан, борохуокка таһаҕас тиэйиитигэр үлэлээҥ диэн этэ сатаан кэбиһэллэр. Дьонноро тура-тура:

– Суох, биһиги ити табааргытын тиэйбэппит! – дэһэ-дэһэ, тарҕаһан бараллар.

– Тохтооҥ, бу ханна бардыгыт? – Куликовскай дьону таһаҕас тиэйиитигэр модьуйбута буола сатыыр.

Онон түүн аайы табаардаах ыскылааттары харабыллаан утуйбатах уон эрэ коммунист таһаҕас тиэйэн муҥнаналлар.

Ити курдук икки хонук ааһар. Куликовскай борохуоттар аттыларыгар таһаҕаһы тиэйэллэрин көрбүтэ-истибитэ буола сырыттаҕына, Филиппов улаханнык тиэтэйэн киирэр.

– Кэллилэр!.. Уончалар, – диэн сибигинэйэр.

– А-а! – Куликовскай хараҕа уоттана түһэр. – Куораттан дьоннор тахсыбыттар үһү… Баҕар, таһаҕас тиэйсэ тахсыбыт дьон буолаайаллар, мин тахсан ол дьону билсэн киириим. Эһиги үлэлээбиккит курдук үлэлии туруҥ, – Куликовскай тыа диэки харбыалаһар.

Үөрбүт-көппүт, ымайыаҕынан ымайбыт Сылластыгас Сүөдэркэ Куликовскайы утары көрсөр:

– Дьэ, кэллибит!

– Тоҕо бачча өр тардылынныгыт?

– Мин тугу билиэмий…

Куликовскай дьиэҕэ киирэр. Манна уонча киһи кэлэн олороллор. Улаханнык сылайбыт көрүҥнээхтэр.

– Кэллибит, дьэ тугунан үөрдэҕит? – дии-дии, Коробейников илиитин уунар.

– Маннык. Бу дойду дьоно революцияны сураҕын хоту абааһы көрөллөр, онно эбии чэйгэ, табахха, таҥаска олус наадыйан олороллор. Итинниктэри туһанан, манна тугу эмэ тэриннэххэ табыллыах курдук. Эһигини ол иһин манна сүбэлэһээри ыҥыртарбытым.

– Саллааттара суох тугу тэриниэхпитий? – дэһэллэр сорох офицердар. – Бэйэбит эрэ аҕыйахпыт бэрт.

– Маннааҕы дьон курдук бэргэн ытааччылар суохтар, ол дьонтон ордук саллааттары хантан даҕаны булуоххут суоҕа, – кэпсэтиигэ аны дьиэлээх тойон Филиппов холбоһор.

– Да-аа… – диир Коробейников туох да быһаарыыта суох.

– Били эйигин кытта манна тахсыспыт коммунистар ханналарый? – Толстоухов ыйытар.

– Бааллар. Таһаҕас таһа сылдьаллар.

– «Соболь» борохуот кэллэ дуо?

– Кэлэн. Икки борохуот кэлэн тураллар.

– «Соболь» борохуотунан биһиэннэрэ кэлбит буолуохтаахтар, – мичээрдии-мичээрдии, Коробейников Куликовскайдаах Филиппов сирэйдэрин «хайдах курдук сатабыллаах киһибиний?» диэбиттии көрүтэлиир.

– Хата, бу үчүгэй сонун! – дии-дии, Филиппов, үөрүүтүгэр, ытыһын имэриммэхтиир. – Олус үчүгэй!

– Чэйиҥ, киириэҕиҥ. Уталыппакка, бүтүөх «үлэни» бүтэрэн кэбиһиэххэ наада. – Коробейников бэстилиэтин иитиитин көрүнэр.

– Бастаан сүбэлэһиэҕиҥ, тойоттор, – Куликовскай офицердары кэриччи көрөр. – Бу курдук гыныаҕыҥ. Борохуокка киирэн мин: «Дьокуускайтан биһиэхэ көмөҕө дьон тахсыбыт», – диэҕим. Мустубуттарын кэннэ, төгүрүйэн баран: «Тутулуннугут!» – диэххэ. Онтон хайыыбыт?

– Хайыырбыт биллэр, ханна кинилэри кытта сосуһа сылдьыахпытый… – Коробейников, команда биэрэрдии, илиитинэн аан диэки тарыйа охсон кэбиһэр.

– Чэ сөп…

* * *

Күһүҥҥү уу чуумпу күн. Маайа өрүһүн икки кытылын иирэтэ саһыл уорҕатын курдук кытарымтыйа мөлбөйөн турар. Ыраах Дьогдьуур хайатын тэллэҕэр үүнэр бэстэр эрэ көҕөрөн көстөллөр. Маннык ичигэс, чуумпу күн дьыл баччатыгар дэҥ кэриэтэ буолааччы. Таһаҕас куруустааччылар курданалларыгар диэри сыгынньахтанан сылдьаллар. Уонтан эрэ тахса киһи 30 000 буут таһаҕаһы кытылга турар ыскылааттан борохуокка киллэрэн кыстыыллара манан ахан үлэ буолбатах.

Куликовскай уонча киһини батыһыннаран кытылга киирэр. Офицердар бары граждансай таҥаһы таҥна сылдьаллара.

– Куораттан таһаҕас тиэйиитигэр көмөлөһүннэрэ бу дьон ыыппыттар. Бука бары манна кэлиҥ! – Куликовскай үлэлии сылдьар дьону «Соболь» борохуот палубатыгар ыҥыртыыр.

– Чэйиҥ, киириэҕиҥ! Хата, куораппыт сонунун истиэхпит, – дэһэ-дэһэ, өлө сылайбыт, сыыс-буор буолбут дьон борохуот үөһэ ытталлар, күн уота сылыппыт палубатыгар олороллор. Сорохтор табах ууруналлар.

Куликовскай, дьоннорун ааҕан көрөн баран, Коробейниковка эргиллэр:

– Биһиги манан бүтэбит.

Офицердар бука бары сиэптэригэр укта сылдьар бэстилиэттэрин чыыбыһын сөмүйэлэринэн бигээн көрө тураллара, «Соболь» борохуот командатын састаабыгар мотуруоһунан кэпсэтэн кубулунан кэлбит офицердар эмиэ бары кэлэллэр.

Коробейников, уон коммуниһы ааҕан көрөн баран:

– Оонньуу бүттэ! – диэт, бэстилиэтин сулбу ойутан таһаарар, үөһэ ытан хабылыннарар.

– Бу тугуй?! – дэспитинэн, куруусчуттар ойон тураллар. Икки киһи ууга ыстанар. Офицердар ол дьону үөһэттэн палубаны кыйа сүүрэ сылдьан ытыалыыллар. Аҕыс киһини илиилэрин кэдэрги кэлгийэллэр.

– Бандьыыттар, бу биһигинньиктэри эрэ сиэххит, Советскай былааһы син биир суулларыаххыт суоҕа! – кэлгиллибит дьонтон хайалара эрэ, сирэйгэ тыаһатар курдук, этэн чаҕылыннарар.

– Лахсыйа турбатыннар, ытыалаан кэбиһиҥ! – Коробейников дьонугар бирикээстиир.

Коммунистары, ытыалыы-ытыалыы, ууга быраҕаттыыллар. Сорохтор, өргө диэри уу үрдүгэр устан, сүүрүк хоту бараллар. Сорохтор сонно тута тимирэн хаалаллар.

– Тойоттор, манна өтөрүнэн кыһыллар кэлэр кутталлара суох! – Коробейников дьонун уоскутар.

Бу киэһэ үрүҥ офицердар Куликовскайдааҕы кытта өргө диэри арыгылыыллар, айдаараллар. Итирэн баран кэпсэтэр кэпсэтиилэрэ барыта бэйэни арбаныы, киһиргэнии. Сарсыныгар сүбэ мунньах диэн оҥороллор.

– Боҕуу буола сылдьыбыт коммунистартан босхолоннубут. 30 000 буут таһаҕас билигин биһиги илиибитигэр киирдэ. Дьэ, тойоттор, тугу гынабыт? – Коробейников дьонуттан ыйытар.

– Сэриилэһиэхпит…

– Сэриилэһиэхпит?! Кыһыллары утары сэриилэһэргэ улахан армия наада. Ону хантан ылан сэриилэһэбит?

– Төһө саллаат нааданый? – Филиппов ыйытар.

– Саатар, биэс-алта сүүс саллаат баара буоллар… – Коробейников итинтэн элбэҕи этиэн тыла тахсыбат. Нелькан курдук үрэх баһа, киһитэ-сүөһүтэ суох сиргэ биэс сүүс даҕаны саалаах киһини булар кытаанах.

– Биэс-алта сүүс диэн элбэҕэ бэрт, – диир Филиппов. – Оччо эр киһи да манна суох. Бэркэ муҥутаан икки-үс киһини булуохха сөп. Онно даҕаны ити чэй, табах, табаар мэҥиэ буоллаҕына…

– Тойоттор, эһиги саллааттара суох буолуохпут диэн куттанымаҥ, – дии-дии Куликовскай турар. – Аараттан төһө баҕарар киһини булуохха сөп!

– Сөп, дьон баҕар көһүннүн. Оттон ол дьон сэриилэһэр сэптэрин хантан булабытый! – дэһэллэр сорох офицердар.

– Владивостокка киһитэ ыытыахха, Меркуловтан саллааттарда, саата, ботуруонна көрдөтүөххэ!

– Меркулов бэйэтэ ыксаан олорор. Биир даҕаны саллааты биэриэ суоҕа, – дэһэр саҥалар иһиллэллэр.

– Оттон японнарга ыыттахха?.. Хата макакалар сэрии сэбин атыылыа этилэр, – диир Канин капитан.

– Аргыыйыҥ! Бу курдук быһаарыаҕыҥ. Тойон Куликовскай күн сарсын Айаанынан Владивостокка бардын. Тиийэн Меркуловы кытта кэпсэтэр. Туох даҕаны тахсыа суох буоллаҕына, Японияҕа барар. Онно сэрии сэбин, ботуруону, гранатаны атыылыылларыгар контракт түһэрсэн кэлэр, – атын сиртэн күүс хомунуу боппуруоһун Коробейников итинник түмүктээн кэбиһэр. – Иккис боппуруос. Тойон Куликовскай ол сырыыттан эргийэн кэлиэр диэри тойон Филиппов уонна Прокопьев буоланнар олохтоохтортон саллаат хомуйаллар.

– Ити сөп буолуо.

– Итини ким даҕаны утарсыбат?.. Сөп. Аны үһүс боппуруос. Бу тэрийэр армиябытын туох армия диэн ааттыыбытый?

– «Армия христово братьев» диэххэ…

– Суох, табыгаһа суох…

– «Саха повстанческай босхолуур армията» диэтэххэ?..

Өр соҕус ким да саҥарбат. Бары тэрийэр армияларыгар аат булар толкуйугар олороллор.

– «Саха повстанческай босхолуур армията» диэн сөп буолуо, – диир Куликовскай.

– Чэ, оннук буоллаҕына, бу курдук ааттыаҕыҥ: «Саха повстанческай, большевиктартан босхолуур армията» диэн.

– Арааһа, ити сөп быһыылаах!

Коробейников турар. Баттаҕын өрө анньынар.

– Ити ааты сөбүлээтибит. Аны манныгы быһаарыаҕыҥ. Бэйэбит икки ардыбытыгар, саллааттар икки ардыларыгар хайдах ыҥырсабытый? Нуучча армиятыгар офицердары алын чыыннар «Ваше благородие!» диэн ааттыыллара. Оттон биһиги хайдах ааттаһабытый?

Эмиэ ах бараллар. Былыргылыы ааттаһаллара табыллыа суох. Атыннык хайдах ыҥырсалларый? Туох эрэ диэн ааты буллахтарына табыллар.

Канин капитан турар. Бу Саха сиригэр төрөөбүт бааһынай уола. 1914 сыллааҕы сайын мобилизацияҕа түбэһэн армияҕа барбыта. Арҕаа фроҥҥа охсуһа сылдьан хорсунун көрдөрбүтүн иһин прапорщиктар оскуолаларыгар үөрэттэрэ ыыппыттара. Ону бүтэрэн баран, прапорщик аатын ыларын кытта, революция буолбута. Онтон төрөөбүт сиригэр кэлэн иһэн Колчак армиятыгар киирэн сулууспалаабыта. Онно капитан чыыныгар сылдьыбыта. Советскай былааска туохтан өстүйэрин, тоҕо сөбүлээбэтин бэйэтэ да билбэт. Кини саныыра: «Офицер ааттаах буоллуҥ да, революцияны утары охсуһуох, сэриилэһиэх тустааххын!» – диэн.

– Мин бу курдук ааттыахха диибин: офицердары – «тойон офицер» диэн, оттон саллааттары – «быраат».

– Бэрт сөп!

1921 сыллааҕы балаҕан ыйыгар илин тыа үрэҕин баһыгар уонтан эрэ тахса офицердар мустаннар Советскай былааһы утары охсуһар туһунан ити курдук сүбэлэһэллэр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации