Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 30 (всего у книги 62 страниц)
Маайа оҕотунаан күннэтэ аайы: «Аҕабытын бүгүн хаайыыттан таһаарыахтара», – диэн көһүтэ сатыыллар. Күнтэн күн ааһар да, аҕаларын босхолоон быстыбаттар. Ол ахсын: «Чэ, сарсын, өйүүн таһаараа инилэр», – дии саныыллар. Көһүттэххэ, сааскы күн уһунун эриэхсит!
Маайа, хайдах да тулуйарын ааһан, оҕотун батыһыннаран, эмиэ Коршунов инженергэ барар: кэргэммин көрсүһэрбэр көмөлөһөөрөй диэн. Табаарыстыба кылаабынай хонтуоратын аттыгар саалаах саллааттар тураллар. Кинилэр кими да хонтуораҕа киллэрбэттэр. Маайалаах кэлбиттэригэр:
– Кимиэхэ кэллигит? – диэн ааны бүөлүү тураллар.
– Коршунов инженери көрсөр наадалаахпын.
– Коршунов инженер суох.
– Ханна барбытай?
– Билбэппит.
Маайа хайыан да булбат. Аан өстүөкүлэтинэн дьиэ иһин көрбүтэ: Стеша муоста сууйа сылдьар эбит.
– Миэхэ ити муоста сууйар дьахтары ыҥыр эрэ.
Биир саллаат ааны сэгэтэн:
– Ээй, эйигин манна ыҥыттараллар! – диэн Стешаҕа хаһыытыыр.
Стеша тахсар. Кини, Маайа оҕотунаан кэлэн туралларын көрөөт, ойон кэлэн кууһа түһэр.
– А-а, Маайа!.. Билигин да манна баар эбиккин дуу?
– Баарбын.
– Федор ханнаный?.. Тугу гынарый?
– Сүөдэри хаайбыттара. Хаайыыга олорор.
– Уой да, ол тугу оҥорон хаайылынна?
– Букатын билбэппин. Биир түүн били Алмазов Трошканы уонна кинини ылбыттара.
– Ой да, бэйэҕит иккиэйэҕин эрэ олороҕут дуу?
Маайа манна Коршунов инженери көрсөр баҕалаах кэлбитин Стешаҕа кэпсиир.
– Көһүт… Ол эрээри хойутуу кэлэрэ буолуо, Андреевскай бириискэҕэ барбыта, – дии-дии Стеша хонтуора иһигэр киирэр.
Маайа оҕотунаан аан аттыттан тэйиччи соҕус олороллор. Күн киэһэрэр. Салгын тымныйар. Маайа аччыгыттан, кэтэһэ сатыырыттан хайдах эрэ тоҥмут курдук буолар. Ол олордохторуна Стеша хонтуора иһиттэн тахсар. Харабыл саллааттары кытта оонньоһон күлэр. Онтон, Маайа олорорун көрөн, киниэхэ кэлэр.
– Билигин даҕаны олорор эбиккин дуу?.. Сотору кэлэр үһү, Липаевскайтан төлөпүөннээбит.
Маайа туох эрэ бэйэлээҕи истибит курдук, Стешаҕа баһыыбалыыр, махтанар. Кырдьыга, кини бараары аҕай олорбута. Билигин Коршунову көрсө илигинэ, аны мантан барбат.
Кырдьык, сотору соҕус Липаевскайдыыр суолунан сыарҕалаах ат иһэрэ көстөр. Маайа, атахтара көһүйэн, бэрт эрэйинэн турар. Сыарҕалаах ат кылаабынай хонтуора ааныгар тохтуур. Сыарҕаттан Коршунов инженер түһэр. Маайа кини аттыгар тиийэр:
– Үтүө санаалаах тойон, мин эйигиттэн эмиэ көрдөһө кэллим.
Коршунов: «Эн кимҥиний?» – диэбиттии көрөр.
– Тугу көрдөһөҕүнүй? – диэн тоҥуй баҕайытык ыйытар. Быһыыта, кини киҥэ-наара холлон кэлбит.
– Үтүө санаалаах тойонуом, били үнүрүүн биэрбит суруккунан көрсүһэ барбыппын: «Нууччалыы кэпсэппэккит», – диэн үчүгэйдик көрүһүннэрбэтэхтэрэ. Саатар, «көрүһүннэриҥ» диэн сурукта аҕал…
Коршунов истибэтэх курдук турар.
– Баһаалыста, көрүһүннэриҥ диэн сурукта аҕал, – Маайа ытамньыйа-ытамньыйа ааттаһар.
– Көрсөн тугу кэпсэтээри гынаҕыный?
– Тугу кэпсэтиэхпиний?.. Өр олоруох курдук буоллаҕына, мин оҕобунаан төрөөбүт дойдубутугар төннүө этибит… Манна тугу аһаан олоруохпутуй, – диэн Маайа ис санаатын этэн биэрэр.
– Даа, хаайыылааҕы сууттаныан иннинэ кими да кытта көрүһүннэрэр сатаммат… Ол эрээри, эйигин аһыммычча, мин хаайыы тойонун кытта дуу, полицмейстеры кытта дуу кэпсэтиэм. Миэхэ манна сарсыарда уон чааска кэлээр.
Маайа бу түүн утуйбат. Саныыр санаата, кэтэһэр кэтэһиитэ сарсыҥҥы уон чаас. Сааскы түүн үөһэ даҕаны кылгаһын иһин, Маайа санаатыгар олус уһуур. Кини халлаан сырдыыта бэрт кыратык нухарыйан ылар. Ол нухарыйарыгар биир дьикти түүлү көрөр. Түһээтэҕинэ: Лена өрүс кытыла, ыыс-быдаан туман. Туман ортотуттан Сэмэнчик тахсан кэлэр. Оҕото киниэхэ икки илиитин даллаппытынан чугаһаан истэҕинэ, хантан эрэ хап-хара күтүр улахан көтөр кэлэн Сэмэнчиги харбаары гынар. Маайа оҕотун хаххалыы түһэр. Дьэ доҕоор, туох даҕаны тохтобула суох өрүс кытылын эмпэрэтин устун кулахачыйан түспэт дуо! Маайа бу түүлүттэн куттанан уһуктар. «Оҕом Сэмэнчик баар дуо?» – дии санаан, оронугар олоро түһэр. Сэмэнчик утуйа сытар. «Оҕом баар эбит!» – диэн уоскуйан, Маайа эмиэ сытар да, уута көтөн хаалар.
Дьиэлэрин баҕанатыгар ыйанан турар ньаалбаан чаһылара, «тилир-талыр» биэтэҥнээн, биир сиргэ турар курдук. Маайа аҕыс чаас буола илигинэ туран оһоҕун оттор, чэй оргутар. Ити түбүгүрэр кэмигэр чаһыта арыый сыыдамсыйбыт курдук: сотору аҕыс буолар, онтон аҕыс аҥаары көрдөрө охсор. Сэмэнчик туран суунуор, таҥныар диэри тоҕус чаас чугаһыыр.
Бэрт тиэтэлинэн чэй иһэллэр. Таҥналлар. Тоҕус чаас саҥа туоларын кытта Табаарыстыба кылаабынай хонтуоратыгар бараллар.
Сэттэ саастаах оҕо диэтэххэ, Сэмэнчик олус кыра этэ. Кини кими баппыта эбитэ буолла. Бириискэҕэ бараллаата саастаах уолаттар бары киниттэн уҥуохтарынан улахаттар. Ону таһынан, Сэмэнчик олус сэмэй, көрсүө буолан, дьиэтин таһыттан ырааппат этэ. Ол эрээри били Бодойбоҕо олоро сылдьан, манна даҕаны нуучча оҕолорун кытта бодоруһар, оонньуур буолан, бэркэ нууччалыы билэр. Оттон дьиэлэригэр хаһан да нууччалыы кэпсэппэттэр, мэлдьи сахалыы саҥараллар.
* * *
Хонтуораҕа киирэн, Маайа уһун көрүдүөр устун Коршунов үлэлиир хоһун аанын көрдүүр. Сотору соҕус «Окружной инженер Витимского горного округа К.Н.Коршунов» диэн сурук баарын көрөр, аргыый ааны тоҥсуйар.
– Баһаалыста, киир, – Коршунов мичээрдии көрсөр. – Эн тускунан Александр Гавриловичка кэпсээбитим. Кини эмиэ эйиэхэ көмөлөһүөн баҕарар. Билигин киниэхэ киириэх.
Маайа махтана саныыр: бу үтүө санаалаах тойон кини туһугар кыһанара-мүһэнэрэ олус.
Көрүдүөр устун аҕыйах ааны ааһан, Теппан кабинетыгар киирэллэр. Маайа кабинекка күөх сукуна сабыылаах улахан остуол кэннигэр кырдьа барбыт киһи олорорун чаҕыйа көрөр. Ол киһи тоҥкуруун, тымныы баҕайытык Маайаны одуулаһар.
– Александр Гаврилович, бэҕэһээ мин кэпсээбитим… Үлэ, көмө көрдүү киирдэ, – диир Коршунов.
– Баһаалыста, олор… Миэхэ тойон Коршунов кэпсээбитэ, эн кэргэҥҥин бунтаардар, кутуруктарыгар сөрөөн, хаайыыга киллэртэрбиттэр.
– Мин Сүөдэрим туох да буруйа суох… Баһаалыста, кинини босхолооҥ! – диэн Маайа көрдөһөр.
– Мин хаайыллыбыт киһини босхолуур кыаҕым суох. Кини дьыалата полиция дьаһалыгар сылдьар… Өскөтө үчүгэйдик кэпсэттэххэ, көрүһүннэрэр эрэ кыахтаахпын.
– Баһаалыста, саатар, көрүһүннэриҥ…
– Эйигин манна үлэҕэ ылабыт… Ыйга отут солкуобай хамнастаныаҥ… Үлэҥ диэн, мин уонна тойон Коршунов кабинеттарбытын үлэ кэнниттэн сууйуоҥ уонна… күнүс биһиэхэ итии чэйи кутан киллэрэр буолуоҥ.
– Үөрүүбүн кытта… Эһиэхэ, үтүө санаалаах тойотторбор, хайдах махтаныахпын булбакка олоробун.
Теппан Коршунов инженергэ хараҕынан имнэнэн кэбиһэр уонна мичээрдии-мичээрдии ыйытар:
– Аатыҥ ким диэний?
– Маайа… Маарыйа Быладьыымараба.
– Мария диэн кэрэ аат… Сөп-сөп… – Теппан кыракый лоскуй кумааҕыга тугу эрэ суруйар. – Мэ, маны полицейскай учаастакка илдьэн биэр. Эйигин кэргэҥҥин кытта көрүһүннэриэхтэрэ.
Маайа ол кумааҕыны, туох эрэ улахан сыаналаах кумааҕы курдук, тутан турар.
– Чэ, бар. Үлэ чааһа бүтүүтэ кэлээр.
Маайа, бэркэ махтанан, баһыыбалаан, тойоттор хосторуттан тахсар. Сүүрэр-хаамар икки ардынан көрүдүөрүнэн таһырдьа ойон тахсар. Оҕото Сэмэнчик көһүтэн лэкэллэн олорор эбит.
– Чэ, тоойуом, аҕабытын көрсө барыах!
Маайа, полицейскай учаастакка тиийэн, кумааҕытын модьу баҕайы көрүҥнээх туора барбыт хара бытыктаах харабылга биэрэр. Харабыл, кумааҕыны ылан эргим-ургум тутан көрбөхтөөн баран, этэр:
– Барышня, тойон полицмейстер кэлиэр диэри манна көһүтэргэр тиийэҕин.
Өр соҕус көһүппүттэрин кэннэ полицмейстер кэлэр. Маайа кумааҕытын ылан көрөр.
– Федор Владимиров эйиэхэ туоххунуй?
– Кэргэним.
– Олус куһаҕан дьыала. Огдооботуйууһуккун.
Маайа сүрэҕэ күүскэ мөхсөн ылар. Ити аата, кини Сүөдэрин өлөрөөрү гынар быһыыта буоллаҕа!..
– Кэргэним тыыннаах, хайдах мин огдооботуйарбын эттэххиний?
– Барышня, хаайыллар да, өлөр да син биир. Эн, маннык бэйэлээх эдэркээн дьахтар, ол хаһан хаайыыттан тахсар киһини кэтэһэн олоруоҥ дуо? – Оленников хаҥас хараҕынан имнэнэн кэбиспитигэр уҥа бытыга өрө күөрэс гынар.
– Үчүгэйдик көрдөс, оччоҕо эрэ эргин кытта көрүһүннэриэм… Ха-ха-ха!
Маайа ыксыыр. Кини тулуйумуна, ойон турар, оҕотун илиититтэн харбыыр.
– Көрсүһүннэрбэккит?.. Мин сип-сибилигин тойон Коршуновка баран этэбин, эн суруккар сыыҥтыахтарын да баҕарбаттар…
– Кэбис, барышня… Стражник!.. Бу барышняны кэргэнин кытта көрүһүннэр! – полицмейстер, тута уларыйа охсон, харабылга турар саллаакка бирикээстиир.
Маайаны кыракый хоско киллэрэллэр. Бу Маайа үнүр сылдьыбыт хоһо этэ. Утаа соҕус буолан баран, сыап кылыргыыр, дьиэ муостатыгар соһуллар тыаһа иһиллэр. Аан аһыллар. Эрэһээҥки анараа өттүгэр Сүөдэр киирэн кэлэр. Маайа таптыыр доҕорун кууһуон, сыллыан-ууруон эрэһээҥки быыс мэһэйдиир. Сүөдэр бытыгын хорумматах, баттаҕа уһаабыт, тараамматах. Улаханнык ырбыт, хараҕа кылдьыыланан хаалбыкка дылы.
– Сүөдэр, бу биһиги кэллибит, – Маайа оҕотун өрө көтөҕөн көрдөрөр. Сүөдэр хараҕын уутун кыаммат. Уоһа ымайар да, хараҕа ытыыр.
Маайа көрсүбүтэ эмискэччититтэн дуу, тимир эрэһээҥки мэһэйдиириттэн дуу, долгуйан, тугу да кэпсэтиэн булбат. Сүөдэр да кэргэммин, оҕобун эрэ көрсүөм дии санаабатах буолан, эмиэ бөтө бэрдэрэн турар. Өр соҕус саҥата суох утарыта көрсөн турбахтыыллар.
– Хайдах бу эйигин көрсүһүннэрдилэр? – диэн кэмниэ-кэнэҕэс Сүөдэр саҥа аллайар.
– Константин Николаевич тойон үтүө санаатыгар махтан. Кини сурук бэрдэттэрэн киллэрдэ…
– Маайа, истэҕин дуо? Кини миигин… биһигини хаайтарбыта… Кини – таҥнарааччы!
– Көрсүһэр кэмҥит бүттэ!.. Таҕыс! – диэн харабыл саллаат дэлби барар.
Сүөдэр турар. Кини тугу эрэ этиэн баҕарар быһыылаах. Саллаат кинини эрэһээҥкиттэн киэр үтүрүйэр. Тахсан иһэн, Сүөдэр хаһыытыыр:
– Мин тугу эппиппин үлэһиттэргэ тириэрт!..
Маайа санаата хараарчы иирэн хаалар. Кини бачча үлүгэр үтүөнү оҥорторбут киһитэ, Константин Николаевич, мин эрбин хаайтарбыта буолуо, таҥнарааччы буолуо диэн итэҕэйбэт. Ол эрээри итини туора киһи эппэтэ ээ, кини таптыыр кэргэнэ, доҕоро, сэгэрэ, Сүөдэрэ эттэ…
Маайа киэһэ үлэ бүтүүтэ хонтуораҕа кэлэр. Стешаттан тимир ыаҕас, муоста сууйар өрбөх ылан, Константин Николаевич кабинетын сууйа киирэр. Коршунов өссө үлэтиттэн бара илик эбит.
– Аа, Мария, кэргэҥҥин кытта көрүстүҥ дуо?
– Көрсөн… – Маайа хараҕын уута таммалыыр.
– Ытаама… Сотору кэргэҥҥин босхолуохтара…
– Сотору босхолоору хандалы кэтэппиттэр үһү дуо?
– Кэргэниҥ хаайыыттан тахсара бэйэҕиттэн эмиэ тутулуктаах…
Итини истээт, Маайа сүрэҕэр ыттарар. «Миигиттэн туох тутулуктааҕын туойарый?» – дии саныыр.
– Тойон инженер, кэргэним босхолонорун иннигэр мин тугу оҥоруох тустаахпыный?
– Ээ, Мария, Мария! Эн билээхтээбэккин, тоҕо эн кэргэҥҥин хаайыыга уган биэрбиттэрин.
– Суох, билбэппин.
– Миигин бырастыы гын. Дьахтар политикаҕа кыттара табыгаһа суох. Ол эрээри эн кырдьыгы билиэх тустааххын. Эн кэргэҥҥин забастовканы тэрийээччилэр, бэйэлэрин булларымаары, уган биэрдилэр. Эн эриҥ, үөрэҕэ суох киһи, хайдах маннык улахан забастовканы баһылаан-көһүлээн тэрийиэй… Эн кэргэҥҥин уган биэрбит политиктары биһиэхэ ааттыырыҥ буоллар, кэргэниҥ хаайыыттан босхолонуо даҕаны этэ.
Сүөдэр: «Коршунов таҥнарааччы!» – диэбитэ Маайа кулгааҕар эмиэ субу иһиллэ түһэр. Ама маннык бэйэлээх тойон итинник сидьиҥ суолунан дьарыктанара буолуо дуо?!. «Эн кэргэҥҥин уган биэрбит политиктары биһиэхэ ааттыырыҥ буоллар…» Маайа бэйэтин санаатыттан бэйэтэ куттанан дьигис гынар. «Бу тойон рабочайдар мунньахтарыгар норуоту алдьархайтан көмүскэһээччи кини эрэ баарын курдук кэпсэнэрэ… Ити туох диэн эттэҕэй?.. Ким забастовканы салайара киниэхэ тоҕо нааданый?.. Таҥнарааччы!.. Чахчы таҥнарааччы!..»
Маайа санаатын сэрэйбит курдук, Коршунов бэркэ наллаан, намыын-намыыннык саҥаран барар:
– Ити эйигин аһыммычча эрэ этэбин… Ыраахтааҕы илиитэ уһун, суута-сокуона күүстээх, забастовканы тэрийээччилэри син биир булуо. Оттон… Забастовканы дьиҥнээх салайааччылар-политиктар көстүбэтэхтэринэ, эн киһигин забастовканы тэрийээччи быһыытынан сууттуохтара уонна… төннүбэт сирин булларыахтарын да сөп. Мин ити эйиэхэ ол иһин этэбин… Эйигин да, кэргэҥҥин да аһыммычча… Ону бэйэҥ бил.
– Тойон… Кимнээх забастовканы тэрийэллэрин билэрим буоллар, этиэ этим… Билбэппин ээ!..
– Олор… Уоскуй!.. Мин эйигин билэҕин диэбэппин ээ, бил диибин… Төһөнөн сотору билэҕин да, кэргэниҥ соччо түргэнник хаайыыттан тахсыа.
Маайа Сүөдэрэ дьиҥ чахчыны эппитин дьэ итэҕэйдэ. Бу кини аттыгар ымайыаҕынан ымайан, солко таҥас курдук сымнаан, сидьиҥ да киһи турар эбит!
– Тойон, мин ыарыйдым… Дьиэбэр барыыһыкпын…
– Бар-бар! Сынньан, уоскуй… Мин эппиппин өйдөө, кэргэниҥ босхолоноро эн бэйэҥ илииҥ иһигэр баар.
Маайа бу кэннэ хонтуора аанын аһан киирбэтэҕэ.
VБүгүн икки сиргэ мунньах буолар. Рабочайдар Народнай дьиэҕэ мунньахтыыллар. Онно Иван Волошин уонна Петр Баташев рабочайдары кытта инники өттүгэр хайдах буолалларын, забастовканы хайдах төрдүгэр тиэрдэллэрин туһунан сүбэлэһэллэр.
Оттон кылаабынай резиденция хонтуоратыгар Александр Гаврилович Теппан «Лена Голдфилдс Корпорация» салайар үлэһиттэрин барыларын хомуйтарар уонна кинилэргэ рабочайдары кытта Народнай дьиэҕэ буолбут кэпсэтии туһунан иһитиннэрэр.
– «Забастовка салалтата» диэн биһиги үнүрүүн ханнык эрэ кыра салайааччылары хаайбыппыт эбит. Дьиҥнээх салайааччылар көҥүлгэ хаалбыттар. Полициябыт тугу эмэ буларыттан, биһиэхэ көмөлөһөрүттэн ааста. Онон бириискэлэргэ бэрээдэги олохтуур, забастовканы ууратар дьаһалы ылар соругу мин бүгүҥҥү күнтэн ыла, тойон ротмистр, эйиэхэ сүктэрэбин, – диэн баран Теппан Трещенков ротмистр диэки тоҥхос гынар.
– Саллааттар… Сэбилэниилээх күүс… – дэһэр саҥалар иһиллэллэр. Курдюков исправник соһуйан, мэктиэтигэр, сирэйэ уһаабыкка дылы буолар. Коршунов, Курдюкову көрө-көрө, сэтэрээбит курдук мичээрдиир.
– Тойоттор, туохтан эһиги соһуйдугут? – диэбитинэн Коршунов ойон турар. – Полиция баччааҥҥа диэри бэрээдэги кыайан олохтообото. Онон мин Александр Гаврилович дьаһалын саамай сөптөөҕүнэн ааҕабын.
– Олохтоох полиция да күүһүнэн бэрээдэги… – диэн иһэн, Оленников полицмейстер тохтуур. – Бэрээдэги диигит… Бу забастовка буолуоҕуттан биир даҕаны бириискэҕэ бэрээдэги кэһии, охсуһуу, өлөрсүү, айдаан, оннооҕор итириктээһин даҕаны суох. Полиция ханнык бэрээдэги олохтуохтааҕын сатаан санаабаппын. «Забастовканы тохтоппотугут», – дииргит буолуо…
– Даа, даа! Забастовканы тохтотор дьаһалы кыайан ылбатыгыт, – Теппан быһа түһэн этэр.
– Ол полиция эбээһинэһэ буолбатах. Забастовканы тохтотуу – эһиги соруккут, – дии-дии Оленников олоро түһэр, тойоттортон киэр хайыһар.
– Эһиги баччааҥҥа диэри туох да дьаһалы ылбакка олордугут буолбат дуо? – дии-дии Теппан сапсыйан кэбиһэр. – Забастовканы эйэнэн, көрдөһүүнэн тохтотор кыахпыт ааста. Саа эрэ күүһүнэн рабочайдары өйдөтөр кэм кэллэ… Мин санаабар, бастакытынан, рабочайдары олорор бараахтарыттан таһаартыахха; иккиһинэн, салайааччыларын булуталаан хаайталыахха наада, – итинтэн салгыы Теппан ротмистр Трещенков ханнык кытаанах дьаһалы ылыахтааҕын барытын ааҕар. Кини тыла-өһө кытааппыт.
Бу түүн воинскай хамаанда Народнай дьиэни хаһаарыма оҥостор. Дьиэ ааныгар ыстыыктаах саалаах саллааты харабылга туруораллар.
Сарсыарда, рабочайдар саҥа туруулара, аттаах дьон хас бараах аайы биллэриини тарҕаталлар:
«Кулун тутар ахсыс күнүттэн «Лена Голдфилдс Корпорация» «үлэҕэ тахсыҥ» диэн рабочайдары кытта кэпсэтииттэн аккаастанар.
Бүгүн, кулун тутар ахсыс күнүгэр, сарсыардаттан үлэҕэ тахсыбатах рабочайдары дуогабардарын кэспиттэринэн ааҕар. Онон үлэҕэ ылыллалларыгар түһэрсиллибит дуогабар күүһүн сүтэрэр».
Табаарыстыба салалтата итинник кытаанах миэрэни ылыа диэн ким даҕаны көһүппэтэх буолан, рабочайдар улаханнык соһуйаллар. Бэрт тиэтэлинэн стачком мунньаҕа буолар. Ол мунньахха «хас бириискэ аайы рабочайдар миитиннэрин ыҥырарга, Народнай дьиэҕэ бириискэлэр аайыттан представителлэр мунньахтарын тэрийэргэ», – диэн уураах ылыныллар. Ити күн күнүһүгэр буоллаҕына Надеждинскай бириискэттэн: «Народнай дьиэҕэ саллааттар олороллор, онно кими даҕаны чугаһаппаттар», – диэн биллэрэллэр.
Сотору буолаат Табаарыстыба салалтата икки биллэриини тарҕатар:
«Лена Голдфилдс Корпорация» болдьообут кэмигэр рабочайдар үлэҕэ тахсыбатылар. Онон бүгүҥҥү күнтэн ыла үлэҕэ тахсыбатах рабочайдар үлэттэн ууратыллыбытынан ааҕыллаллар. Кинилэр үс хонук иһинэн ахсааннарын ылаллара модьуйуллар».
«Хайдах буолабыт?.. Тугу гынабыт?..» – диэн рабочайдар мунаахсыйаллар. Итини быһаарса ол киэһэ рабочайдар талбыт представителлэрэ Александровскай бириискэҕэ мусталлар. Кинилэр: «Забастовканы тохтоппокко, Табаарыстыба рабочайдары үлэттэн уураппытын сыыһанан ааҕарга. Хас биирдии рабочай үлэҕэ киирэригэр түһэрсибит контрага суолтатын сүтэрбэтэҕинэн ааҕарга», – диэн уурааҕы ылыналлар.
Хас бириискэ аайы рабочайдар миитиннэрэ буолуталыыллар. Ол миитин кыттыылаахтара: «Биһиги, рабочайдар, Табаарыстыба ылыммыт дьаһалларын билиммэппит. Биһиги туруорбут модьуйуубутун ылыммат буоллахтарына, контракка этиллэрин курдук, барыбытын тимир суолга тиэртиннэр. Хас биирдии рабочай забастовка буолбут күнүттэн тимир суолга тиийиэҕэр диэри хамнаһа төлөнүөх тустаах», – диэн уурааҕы ылыналлар. Бу уураахтарын Теппаҥҥа туттараллар.
Бу күнтэн ыла икки өттүттэн ылы-чып бараллар. «Лена Голдфилдс Корпорация» салалтата уонна рабочайдар бэйэ-бэйэлэрин быһаарыыларын кэтэһэллэр.
Хас киэһэ аайы кылаабынай резиденция хонтуоратыгар тойоттор мустан сүбэлэһэллэр. Ол сүбэлэһиилэрин түмүгэр кулун тутар ый онус күнүттэн ыла рабочайдарга Заборнай киниискэлэринэн Табаарыстыба лааппытыттан ас биэриини боболлор.
Стачком, итини сэрэйбит курдук, забастовка хара саҕаланыаҕыттан «Забастовка фондата» диэн харчы муспута. Табаарыстыба аһы биэрбэт буолбутугар, хас бириискэ аайы харчы хомуйаннар, харчыта суохтары «Забастовка фондатыттан» салҕааннар, Бодойбоҕо дьону ыытан ас ыллартараллар.
Тойоттор дьону аччыктааһынынан күһэйэн үлэҕэ таһаараары гыммыттара эмиэ табыллыбат. Рабочайдар биир ньыгыл санаалара ордук күүһүрэр, бөҕөргүүр.
Теппан ыксыыр. Кини тойоттору мунньан олорон этэр:
– Тойоттор, бу кырыыстаах забастовканы хайа да ньымабытынан кыайан ууратымаары гынныбыт. Онон саллааттар күүстэригэр эрэ тирэнэр кэммит кэллэ. Рабочайдары олорор бараахтарыттан саа-сэп күүһүнэн үүрэбит диэн куттуохха!..
– Кырдьык даҕаны, саамай сөп! – диэн Оленников куолулуур. – Ас биэрбэтэхпит да иһин, харчыларыгар хантан баҕарар булаллар. Оттон олорор дьиэтэ суох табыллыахтара суоҕа.
– Рабочайдары олорор бараахтарыттан «үлэлээбэттэрин быһыытынан көһөртүүр» туһунан судьуйанан уураахта таһаартарыахха, – диир Курдюков исправник. Рабочайдары көһөртөөһүнү киниэхэ соруйаллара биллэн турар. Ол иһин кини суут уурааҕа тахсарын эрдэттэн хааччына сатыыр.
– Сөпкө этэр!
– Уурааҕынан!
Сарсыҥҥытыгар Хитун судьуйа үс бириискэ бараахтарын ыстаарысталарын ыҥыртаран ылар. Сонно тута «Лена Голдфилдс Корпорация» киллэрбит дьыалатын көрөр уонна уураах таһаарар: «Лена Голдфилдс Корпорация» уураппыт рабочайдара Корпорация бас билэр бараахтарыгар олороллорун сыыһанан ааҕан туран, суут уураахтыыр: үлэлээбэт дьону Корпорация дьиэлэриттэн сүүрбэ түөрт чаас иһигэр таһаартыырга».
Суут уурааҕын толоруу Курдюков исправникка сүктэриллэр. Теппан Курдюковка көмө байыаннай хамаандаттан саллааттары бэрдэрэр.
Исправник саллааттары илдьэ суут уурааҕын толоро Надеждинскай бириискэ сэттис нүөмэрдээх барааҕар кэлэр. Курдюков бараах ыстаарыстатын Мефодий оҕонньору ыҥыртарар.
«Исправник, саллааттар тоҕо кэллэхтэрэй?» – диэн бараах иһигэр баар рабочайдар бука бары тахсаллар. Дьон мустубутун көрөн, Маайа эмиэ тиийэн кэлэр.
Иван Волошин дьон кэннигэр ойуччу соҕус турар. Маайа, туох буолбутун ыйыталаһаары, киниэхэ тиийэр. Волошин, кинини көрөөт, этэр:
– Табаарыс Владимирова, сип-сибилигин ити бараахтарга тэбин. Суут уурааҕынан биһигини барыбытын бараахтартан таһырдьа үүртэлииллэр… Бараҥҥын этэ оҕус! Кытаат!
Маайа, иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, тэбинэр, бараахтар ааннарын аһа-аһа, хаһыытаан ааһар:
– Эһигини барааххытыттан таһырдьа үүртэлээри ыспыраанньык уонна саллааттар сэттис бараах аттыгар кэлэн тураллар!
Рабочайдар, аһыы олорбут астарын ситэ аһаабакка, сырсан тахсаллар. Саллааттары төгүрүйэн турар дьон эбиллэн, хаҥаан бараллар.
– Суут уурааҕа сокуоннайа суох!.. Биһигини күн бүгүн тимир суолга тиэртиннэр, кинилэр сытыйбыт бараахтарын илдьэ барыахпыт суоҕа! – дэһэр саҥалар айманаллар.
– Ким сокуоҥҥа бас бэриммэт – ыраахтааҕыны утарар!
– Ыраахтааҕынан куттаама! Табаарыстыба үлэҕэ ыларыгар илии баттаабыт контрагын толорботун суут тоҕо көрбөтүй?
– Ыраахтааҕылыын, исправниктыын бука бары баайдар, батталлаахтар диэки тураллар!
– Биһигини тимир суолга тиэртиннэр!
– Ру-жья, на ру-ку! – Санжаренко офицер хамаандалаан хаһыытыыр.
Саллааттар сааларын ыстыыктара рабочайдар түөстэригэр тирэнэллэр.
– Тарҕаһыҥ!.. «Дьону бараахтартан таһаартаа!» – диэн миэхэ бирикээс биэрдилэр. Ону мин толоруох тустаахпын! – диэн хаһыытыыр Курдюков.
– Тыыннаахпытына тахсыахпыт суоҕа! Тимир суолга тиэрдэр буоллахтарына эрэ тахсыахпыт!
– Саллааттары тоҕо аҕаллыгыт? Ытыалаары дуо?
Субу хаан тохтор үлүгэрэ күһэйбитин исправник өйдүүр. Санжаренко кини ыйыытын көһүтэн турар. Курдюков манна кэлбитэ өр буолла, бу рабочайдар ортолоругар олорон кырыйда. Суох, кини: «Саа күүһүнэн дьону бараахтартан үүртэлээн таһаартааҥ!» – диэн бирикээстиир кыаҕа суох.
– Кими даҕаны олорор барааҕыттан күүс өттүнэн таһаарыллыбат!.. Истэҕит дуо?.. Тарҕаһыҥ!
Сип-сибилигин аҕай ыстыык иннигэр дьэбидиһэн турбут рабочайдар хааннара арыый сырдыыр.
Санжаренко исправник тойон адьас атыннык дьаһайбытын көрөн хамаандалыыр:
– Ру-жья, на пле-чо!
Саллааттар сааларын сүгэллэр уонна биир тэҥҥэ үктээн бараллар.
– Дьэ ити сөп! Үчүгэй! – рабочайдар ортолоруттан үөрбүт, астыммыт саҥалар иһиллэллэр.
Рабочайдар бу түбэлтэттэн – исправник саллааттардаах кэлэн баран, кинилэр биир ньыгыл кэккэлэриттэн, халбаҥнаабат кытаанах быһаарыныылаахтарыттан чаҕыйан төннүбүтүттэн эр ылбыттара. Аны саллааттартан соччо куттаммат буолбуттара. Ол эрээри саллаат үксүгэр, бэйэтэ баҕарбатар да, бирикээһи толорорго тиийэрин кинилэр өйдүүллэрэ.
Маайа эргиллэн кэлбитэ: дьон тарҕаһан эрэллэрэ.
– Саллааттар барбыттар дуу?
– Баран… Баһыыба, табаарыс Владимирова.
Ити курдук Маайа аан бастаан забастовка салалтатын сорудаҕын толорор. Кини алдьархай тахсыбатаҕыттан рабочайдар кыайыылаах хаалбыттарыттан үөрэ саныы турдаҕына, ханнык эрэ оҕонньор тиийэн кэлэр.
– А-аа, эн эбиккин дуу? – дии-дии, оҕонньор Маайаны сиэҕиттэн тардыалыыр.
– Дедушка, хайдах олороҕунуй?
– Мин олоҕум диэн, сотору соҕус туйахпын өрө тэбэр инибин… Кэргэниҥ ханнаный?
– Хаайбыттара… – Маайа хараҕын уутун кыаммат.
– Ол тугу оҥорбутугар хаайдылар? – Илья оҕонньор сибигинэйэн ыйытар.
– Забастовкаҕа кыттыылааххын диэн.
Оҕонньор саҥата суох турбахтыыр. Сааскы салгынтан, тураах атаҕын курдук, хараарбыт илиитинэн Маайа сонун сиэҕин имэрийбэхтиир:
– Хараҕыҥ уутун көрдөрүмэ… Манна киһи хараҕын уута тохторуттан үөрэллэр… Хаайан, баттаан-үктээн да эрэллэр… Хаһан үтэһэлэрэ туолар… – диир оҕонньор сибигинэйэн уонна бэйэтэ, хараҕын уутун кыаммакка, ытамньыйан ылар.
– Дедушка-а, миигин ытаама диэн баран, аны бэйэҥ ытаан бараахтаатыҥ дуу?
– Суох, ытаабаппын… ити саас кэлэн, салгынтан… хараҕым уута бэйэтэ тахсар… – оҕонньор хараҕыттан ып-ыраас таммахтар мөлбөрүһэн, иилистэн хаалбыт бытыгар түһэллэр.
Илья оҕонньор эрэй бөҕөнү көрбүт-билбит буолан, сүрэҕэ олус аһынымтыа, санаата олус ыраас этэ.
Дьон тарҕаһан бүтэн эрдэхтэринэ, Коршунов биир офицеры кытта сэргэстэһэ хаамсан кэлэллэр. Офицер тойон бороҥ түүлээх бараан оҕотун тириитэ бэргэһэлээх, кытарымтыйан көстөр бытыктаах, дьөлө көрбүт кыараҕас харахтаах, сиэрэй сукуна синиэллээх, биилин быакаччы тардыбыт саппыйаан курдаах, нотуруускалыы түспүт быалаах хара хаалаах саабылалаах.
Аҕыйах киһи баара, Коршунову көрөн, утары бараллар. Маайа ыраах соҕустан кинилэр тугу кэпсэтэллэрин иһиллиир.
– Мин кинилэрдээҕэр буолуохтары өйдөтөр этим, бу суоластары «үс» диэх бэтэрээ өттүгэр өйдөтүөм! – диэн офицер саҥата тоҕо барар.
– …Быыбарынайдары… Мин хонтуорабар!.. – диир Коршунов уонна офицердыын кылаабынай резиденция дьиэтин диэки бараллар.
Сарсыарда Волошин Андреевскай бириискэҕэ быыбарынайдары хомуйда. Онно быыбарынайдар бэйэлэрин истэриттэн Коршунову кытта кэпсэтэргэ дьону анаатылар. Ол дьону кытта Иван Волошин эмиэ быыбарынай ааттанан барсар буолла.
Киэһэ алта чаас саҕана забастовкалаабыт рабочайдар ааттарыттан үс быыбарынай хонтуораҕа тиийэллэр. Коршунов үөрбүт-көппүт курдук, хоһуттан ойон тахсан кинилэри көрсөр.
– Баһаалыста, манна таҥаскытын сыгынньахтаныҥ… Ол эрээри эһигини эрдэ соҕус кэлиэхтэрэ диэн көһүппүтүм… Ол эрээри хойутаабыккыт да үчүгэй. Мантан билигин аҕай «Лена Голдфилдс» тойотторо тарҕастылар… Син биир көһүтэн олоруо этигит… Чэ, билигин манна киириҥ! – Коршунов киэҥ хос аанын аһар. – Олоруҥ!
Быыбарынайдар киирэн олороллор. Киэһээҥҥи күн арҕаа түннүгүнэн тыгар, хос иһэ сырдаабыкка дылы буолар.
– Бырастыы гыныҥ, чэйдэтиэ этим да, чэй бэлэмниир оҕонньорум кырдьаҕаһа бэрт… Биир дьахтары ылаары кэпсэппитим да, кэлбэтэ. Аны үлэһит көстөрө күчүмэҕэй буолла быһыылаах… Хайа уонна эһигини чэйинэн күндүлээбиппин иһиттэхтэринэ, доҕотторгут, баҕар, ол-бу дии сылдьыахтара. Онон чэйэ суох кураанахтыы кэпсэтэр дьон буоллубут, бырастыы гыныҥ! Дьэ билигин дьыала туһунан кэпсэтиэҕиҥ… Бэйэ, ол иннинэ мин эһиэхэ Петербурга тоҕо бара сылдьыбыппын иһитиннэриим. Биһиги бүгүҥҥү кэпсэтиибитин эһиги ханна да атын сиргэ кэпсии сылдьымаҥ. Мин манна кэлээт көрбүтүм, өйдөөбүтүм – «Лена Голдфилдс» салайааччылара киин сиртэн, сууттаах-сокуоннаах сиртэн, ыраахпыт диэн, манна муҥур ыраахтааҕы курдук санаммыттарын, рабочайдары сиэрэ суох баттыылларын-атаҕастыылларын, рабочайдар олохторун усулуобуйатын тупсарарга кыһаллыбаттарын. Кинилэр барыска эрэ үлүһүйэллэр. Мин ону кэлээт утарсан көрбүтүм да, миигин кытта аахсыахтарын, тылбын истиэхтэрин да баҕарбатахтара. Мин, соҕотох буоламмын, тугу да кыайан ситиспэтэҕим…
Итинтэн салгыы рабочайдар олохторун тупсарарга элбэҕи оҥорбутун, ону ситиһээри эрэйи көрбүтүн туһунан Коршунов өссө да үгүһү дойҕохтуур.
– Забастовка буолаары тыҥаан турарын мин күһүҥҥүттэн өйдөөбүтүм. Кырдьыга, биһиги нууччабыт рабочайдара тулуурдаахтарын сөҕөбүн. Атын омук рабочайдара забастовкалаабыттара ырааппыт буолуо этэ. Онон, манна туох да туһа тахсыа суоҕун билэн, Петербурга тиийэн, сенакка уонна горнай департамеҥҥа сиһилии кэпсээтим… Миигин инженер диэн рабочайдар партиялара чугаһаппат. Партияҕа баарым буоллар, рабочайдар охсуһууларыгар өссө ордук көмөлөһүөм этэ. Оннооҕор бу эһиги миигиттэн кистиигит… Биллэн турар, эһигиттэн хайаҕыт эмэ рабочайдар партияларыгар баара чахчы… Мин, баҕар, Петербурга өр буолуо этим… Ол гынан баран, манна забастовка буолбут үһү диэн сураҕы истээт, төттөрү түспүтүм. Кэлэн истэхпинэ өйбөр бэрт үгүс санаалар киирэллэрэ: арыт абарбыт рабочайдар бириискэ салалтатын кыдыйдахтара дии саныырым, арыт рабочайдары үлэлээбэккит диэн аһаппакка хоргутуохтара, дьону бараахтарыттан кыс хаар ортото таһырдьа быраҕыахтара диэн эмиэ куттанарым… Мин бу кэпсиирбин итэҕэйбэккит буолуо. Көрүҥ бу бааллар, мин мантан ыыппыт телеграммаларым куоппуйалара. Балары эһигиттэн ураты кимиэхэ да көрдөрө иликпин.
Иван Волошинтан ураты быыбарынайдар Коршунов этэрин барытын итэҕэйэн олорор этилэр. Хайдах да итэҕэйбэт буолуохтарай – урут ким да кинилэри кытта бу курдук истиҥник, аһаҕастык кэпсэппэт этэ.
– Мин эһиги кыһалҕаҕытын урут да билэрим. Бэйэҕит да өйдүүргүт буолуо сүгэ өнчөҕө нагаайканан быһа охсуллубатын. Син ол кэриэтэ, урут мин тугу да кыайан ситиспэтэ-ҕим. Билигин эһигини кытта холбоһон охсуһуохпут. Табаарыстыбаҕа да сокуон суруллар диэн өйдөтүөхпүт… Биллэн турар, биһиги государствобыт сокуона рабочайдарга соччо абырала да суоҕун иһин, сокуон аата сокуон, саатар сокуонунан туох көрүллэрин кэстэриллиэ суоҕа… Сенакка уонна горнай департамеҥҥа миэхэ: «Сокуон быһыытынан көр, дьону үлэҕэ таһаарары ситис», – диэн эппиттэрэ. Онон мин эһигиттэн маннык көрдөһүүлээхпин. Эһиги модьуйуугутун толотторорго мин күүспүн барытын ууруом, оттон эһиги рабочайдары үлэҕэ таһаартааҥ. Үлэлии сылдьан охсуһаргыт быдан кыайыылаах буолуо… Мин үлэҕэ сарсын тахсыҥ диэбэппин. Пасха бырааһынньыга буолуо, ол кэнниттэн үлэҕэ турунуҥ!.. Мин күн сарсын бириискэлэри кэрийиэм, рабочайдары кытта кэпсэтиэм, үлэҕэ тахсалларыгар сүбэлиэм, көрдөһүөм.
* * *
Маайа, сарсыарда туран оҕотун Сэмэнчиги аһатан баран, бириискэ сонунун истээри тахсар. Бараах аттыгар хас да дьахтар кэпсэтэ турар. Маайа бу дьахталлары билэттиир. Кинилэр манна үлэлиир рабочайдар кэргэттэрэ, холостуойдар бараахтарын көрөөччү, астарын астааччы «маамкалар» этилэр.
– Туох буоллугут? – Маайа бу дьахталлартан ыйытар.
– «Сип-сибилигин үлэҕэ тахсыҥ!» диэн Табаарыстыба бирикээһэ кэллэ.
– Ол кимнээхтэри үлэҕэ тахсыҥ дииллэрий?
– Биһигини… Аны дьахталлары үлэҕэ таһаарар үһүлэр. Үлэҕэ тахсыбатахпытына, күн сарсыҥҥыттан ыла дьиэлэриттэн таһырдьа үүртэлииллэр үһү.
Бу дьахталларга аны атын бараахха олорор дьахталлар холбоһоллор. Ким тугу саҥарарын, тугу этэрин киһи өйдөөн-дьүүллээн истибэт аймалҕана буолар:
– Бабоньки, үлэлээбэппит!
– Тахсыбаппыт!
– Оҕобутун ханна гынабытый!
– Мин ыалдьабын, үлэлиир кыаҕым суох…
Бу айдааны истэ сатаан баран, Маайа хаһыытыыр:
– Тохтооҥ!.. Истиҥ!
Дьахталлар ах бараллар, Маайаны одуулаһаллар. Маайа урут хаһан да бачча үгүс киһи ортотугар саҥара илик буолан, улаханнык долгуйар, икки имин хаана тэтэрэ кэйэр.
– Эр дьоннор тугу модьуйалларын суруйан туттарбыттара. Биһиги да модьуйуу суруйан киллэрэрбит тоҕо сатамматый?
– Сатаныа этэ да, бабоньки, киммит суруйуой?.. Биһиги үөрэхпит суох.
– Эһиги этиҥ, мин суруйуом! – диир Маайа.
– Тыый, эн үөрэхтээх эбиккин дуо?
– Сөпкө этэр!
– Модьуйуута суруйуоҕуҥ!
– Суруй!
Сонно тута бараахха киирэллэр. Хантан эрэ ыраас кумааҕы, уруучука, чэрэниилэ булан аҕалаллар.
– Кимиэхэ суруйабытый?.. Туох диэн суруйабытый?
– Коршунов инженери үчүгэй киһи дииллэр, киниэхэ суруйуохха, – дэһэр саҥалар иһиллэллэр.
Маайа бу киһи туһунан бэйэтэ туспа санаалаах да, дьахталлар кини аатыгар суруй диэн соруйар буолтарын кэннэ, хайыай, суруйарыгар тиийэр. Ол суруктара маннык ис хоһоонноох буолар:
Үҥсүү:
«1. Биһиги эрдэрбит, аҕаларбыт, уолаттарбыт хамнастарын аахсалларыгар Табаарыстыба салалтата кинилэри албынныыра, ас ылалларыгар ыйааһыҥҥа балыйара, киһи аһаабат куһаҕан аһын, этин ыарахан сыанаҕа биэрэрэ, үлэлэрин туталларыгар мээрэйин балыйара. Сууккаҕа 12 чаас үлэлэтэллэрэ. Онтон сылтаан бу забастовка буолбута. Билигин биһигини, дьахталлары, кыс хаар ортото таһырдьа үүрэринэн куттаан, үлэҕэ тахсарга модьуйаллар.
2. Ону таһынан, урут Табаарыстыба тойотторо биһигини, дьахталлары, кинилэргэ көссүү буоларга күһэйэллэрэ. Билигин да ону эргитээри гыналлар.
3. Бу туруорар усулуобуйаларын толорбот буоллахпытына, биһигини олорор дьиэлэрбититтэн таһырдьа үүрэбит диэн куттууллар.
4. Биһиэхэ дьахтар кыайбат ыарахан үлэтин толорорго модьуйаллар. Киһи ыалдьарын кытта аахсыбаттар, истиэхтэрин да баҕарбаттар…»
Бу суругу суруйалларыгар, атаҕастаналларын-баттаналларын өйдөөн, ытаһан, үөхсэн да ыллылар, мөккүһэн, этиһэн да көрө сырыттылар.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.