Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 26

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 26 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
IX

Икки аҥыы олороллоро ахтылҕана, эрэйэ бэрдиттэн Сүөдэр Маайаны уонна Сэмэнчиги, үлэлиир сиригэр Надеждинскай бириискэҕэ таһааран, биир ыал саҥа дьиэ туттуохтарын иннинэ быстахха оҥостубут үүтээннэрин куортамнаһан олордор. Кини, уруккутун курдук, Тиэхэнэп баайга мас таһар. Билигин тыаттан хас киирдэҕин аайы дьиэтигэр аһыыр, дьиэтигэр хонор.

Сүөдэр кыайара-хоторо бэрдинэн харчыны син өлөрөр. Билигин Маайа кэргэнин күннэтэ аайы көрөр, күнү быһа оҕотун кытта бииргэ сылдьар, онон санаатыгар киниттэн ордук дьоллоох дьахтар бу орто дойдуга суох курдук. Сүөдэр киэһэ үлэтиттэн кэлиитэ Маайа ас астаан тоһуйар. Сүөдэр таһырдьаттан тоҥон, сылайан киирдэҕинэ, туран сонун устар, таҥастарын куурда ыйаталыыр. Остуолга кэлэн олордоҕуна, аһын аҕалан тардан кэбиһэр. Киниэхэ эт киэнэ сыалааҕын, ас киэнин амтаннааҕын биэрэр.

Кинилэр ити курдук бэрт үчүгэйдик сылтан ордук олороллор. Маайа маҥнай утаа бу дойдуга кэлбитин кэмсинэр, ытыыр бэйэтэ билигин үөрэ-көтө сылдьар. Бу курдук олордохторуна биир киэһэ, Сүөдэр үлэтиттэн кэлиэн быдан иннинэ, Сэмэнчик Бодойбо үрэҕин сыырыгар салаасканан оонньуу сырыттаҕына, үүтээн аана аһыллар, мааны баҕайы таҥастаах киһи киирэн кэлэр.

Маайа: «Хаһан эрэ көрбүт киһибэр дылы буолан», – дии саныы-саныы, киирэн иһэр киһини одуулаһар. Онтон бу ким киирбитин биллэ да, илиитэ салҕалыы, тыына кылгыы түһэр: били Сылластыгас Сүөдэркэ киирэн турар эбит!

– Хайа, Маайа, манна олорор эбиккин дуу?

Маайа туох да диэн булбат. Кэпсэппэккэ эрэ холдьоҕон таһаарара табыллыа суох. Хайдаҕын да иһин билэр киһитэ буоллаҕа дии. Кини манна төрөөбүт сириттэн кэлэр сахалары олус күндүтүк көрөр буолара. Кинилэри кытта кэпсэттэҕинэ, төрөөбүт сирин бэйэтэ баран көрөн кэлбит курдук, санаата чэпчиирэ, ахтылҕана арыый мөлтүүрэ.

Сүөдэркэ солко куһаатын сүөрэн, сонун устан үллэрэҥниир. Кини, таҥаһын ыйыы-ыйыы, дьиэ иһин кэрийэ көрөр, туохтан эрэ мичээрдээн уоһа сылластар.

– Сүөдэриҥ ханнаный?

– Үлэтигэр сырыттаҕа дии.

Маайа өйдөөн көрбүтэ: Сүөдэркэ орто соҕус холуочук эбит. Кини бу киһини сыгынньахтаныан иннинэ үүрэн таһаарбатаҕын улаханнык кэмсинэ саныыр.

– Харатаайап кулуба мааны кыыһа, Маайа, хамначчыты батыһан, төһө дьоллоохтук сылдьаҕын? – Сүөдэркэ ымаҥныыр.

– Сору көрө олордоҕум дии санаабаппын.

– Аһыыр ас бастыҥа, иһэр арыгы хатана эһиэхэ баара буолуо, оччо дьоллоохтук олорор ыал, миигин, биир дойдулааххытын, үчүгэйдик аһатан-сиэтэн, арыгылатан таһаар!

– Ыалтан килиэп умналаабаппыт. Билиҥҥитэ айахпытын ииттэбит, – диир Маайа.

– Онон Сылгыһыт Сүөдэри батыспыккын, дьонуҥ баайыттан барбыккын кэмсиммэт буоллаҕыҥ дии?

– Суох!

Сүөдэркэ, итини истэн, сүүһүгэр бытыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн ытыһын көхсүнэн соттор. Кини тугунан эрэ киһиргэниэн, бу дьахтар кинини ордугургуу саныан, кинини сөҕүөн, хайгыан баҕаран кэлэр:

– Чэ, оччоҕо олоруҥ бэйэҕит!.. Мин билигин кыһаммаппын. Мин билигин атыыһыт буолан эрэбин. Аны санаан көрдөхпүнэ, мин аҕам бокуонньук далай акаары эбит. Үйэтин-сааһын, олоҕун барытын хотон сааҕар биэрбит. Мин кини суолун батыһыам суоҕа! Дьокуускайга Дьаакыбылап атыыһыт олус байбыт-тайбыт үһү диэн сотору истиэҕиҥ! Манньыаттаах уолун, баҕар, табылыннаҕына, Хапсыын да Кушнареву барыларын иннилэригэр түһүөм. Көрөөр да, истээр да!

Сылластыгас, байа охсоругар тиэтэйбит курдук, ойон турар, тиэтэлинэн таҥнан тахсан барар. Маайа улаханнык үөрэ саныы хаалар.

Сотору Сэмэнчик, баһыттан-атаҕар диэри хаар буолан, хаатыҥкатын дэлби сытытан, үтүлүгүн алдьатан киирэр. Кини сыгынньахтанаатын кытта аны Сүөдэр үлэтиттэн кэлэр. Кинилэр күн устата тугу истибиттэрин, көрбүттэрин киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы олорон сэһэргэһэр үгэстээхтэр.

– Сүөдээр, саҥардыытааҕыта биир ыалдьыт киирэн таҕыста, – диир Маайа.

– Кимий? Трошка кэлэ сырытта дуо?

– Суох, Трошка буолбатах, Сылластыгас…

– Дьаакыбылап уола дуо?

– Кини.

– Ол күтүр өстөөх хантан күөрэйдэҕэй?

– Ким билэр. Манньыаттаах уолунааҕар, Хапсыын Кушнаревтааҕар ордук баай атыыһыт буолуом диэн айдаара сылдьар дии.

– Итирик буолуо?

– Холуочук.

– Сиэхсит киһиргээн эрдэҕин. Кини баҕас хантан ол курдук түргэнник байа охсубут үһү.

* * *

Икки хонон баран, баскыһыанньа күн, Сүөдэр лааппыга баран иһэн көрбүтэ: Сүөдэркэ Дьаакыбылап биир дьахтардаах, куучар киһилээх торуойка атынан уулусса устун тэптэрэн иһэр. Сыарҕатын Дьааҥы хара эһэтин тириитинэн бүрүйбүт, хара саһыл тыһа бэргэһэлээх, хара таба тыһа күрүмүлээх, дыраап сонноох, арсыынтан ордук кэтит иэннээх солко куһааттаах – киэргэнии бөҕөнү киэргэммит. Кини улахан итирик быһыылаах, бу көтүтэн иһэн, дьахтарыгар нууччалыы-сахалыы булкуйан тугу эрэ кэпсиир.

Сүөдэркэ кырдьык да бэркэ диэн байан-тайан сылдьар кэмэ. Кини куһаҕан эккэ, балыкка, аҕыйах буут арыылааҕар Табаарыстыба коммерческай хонтуоратыттан бэрт үгүс харчыны аахсан ылла. Ону таһынан кини аатыгар Дьокуускайдааҕы бааҥҥа сүүрбэ тыһыынчалаах кредити аһыах буоллулар. Сүөдэркэ, Бодойбо куоратыгар аҕыйах күн күүлэйдээн баран, бэрт тиэтэлинэн дойдутугар төннөр. Тиийээт, дьиэтигэр биир даҕаны күнү өрөөбөккө, үргүлдьү ааһан, Бороҕонунан, Байаҕантайынан, Амманан, Илиҥҥи уонна Арҕааҥҥы Хаҥаластарынан эргийэр. Кыаммат дьон чэй, табах, таҥас булунаары муспут, аһаабакка-сиэбэккэ ууруммут эттэрин, арыыларын, балыктарын – барытын буор босхону эрэ үрдүнэн хомуйан ылар. Онтун сүүрбэ көлөҕө тиэйэн, иккистээн Бодойболуур. Бу киирэн эмиэ үчүгэйдик эргинэр.

Сүөдэркэ Бодойботтон саас төннөр. Кини аараттан, өрүс умнаһыттан, уонча сыарҕа оту тиэйэн кэлэр. Отторо тиийбэккэ, сутаан, ыксаан олорор ыал сүөһүлэрин босхону эрэ үрдүнэн атыылаһар. Ол сүөһүлэрин күһүн эт тоҥор буоларын кытта сүүстэрин сырбаттарар.

Бу 1911–1912 сыллардааҕы саҥа түспүт хаарынан Сүөдэркэ Дьаакыбылап сүүстэн тахса көлөнөн Тайҕаҕа эт, арыы, балык киллэрэн туттарар. Кини киллэрбит этэ Тайҕа хас да уон бириискэлэригэр барыларыгар тарҕанан атыыланар. Кырдьык, Сүөдэркэ Дьаакыбылап аатын билбэт буола байар.

Бу кэмҥэ киһи төбөтүн саҕа тоҥмут хааны туппутунан үлэһиттэр лааппыга киирэллэрэ элбээн барар:

– Бу тугу атыылыыгытый?

– Бэҕэһээ мантан маҥнайгы суортаах эт диэн ылбытым, минэ эрэ барар, көтөх баҕайы эт эбит.

– Көтөх буоллун даҕаны, бу көрдөрөн туран албынныыллара баар. Биир кэлин атаҕы эттии олордохпуна, бу хаан тахсан кэллэ.

Лааппылар атыылааччылара маҥнай утаа: «Эт хаана суох буолуо дуо?» – диэн саба саҥарыах курдук буолан иһэн, кэнникинэн хам бараллар. Ордук чобуорхайар рабочайдары үрээнньиктэр тутан хаайталыыллар.

Рабочайдар эмиэ үҥсүү сурук суруйаллар. Ол суруктар үгүстэрэ Витим уокуругун хайатын инженеригэр Коршуновка аадырыстаналлар. Рабочайдар «үтүө санаалаах» тойонноругар лааппыга атыыланар сытыйбыт эт, аҕырбыт арыы, уотурба булкаастаах килиэп туһунан кэпсииллэр, астарын, олохторун тупсарарга көмөлөһөрүгэр көрдөһөллөр.

Константин Николаевич өр рабочайдар харахтарыгар көстүбэт. Резиденцияҕа даҕаны суох ааттанар. Ханна барбыта, тугу гынара биллибэт. Рабочайдар кэлэн ыйыттахтарына:

– Суох… Барбыта, – эрэ диэн кэбиһэллэр.

– Ханна барбытай?

– Тойон окружной инженер биһиэхэ ханна барарын дакылааттаабат… Уокуруга даҕаны киэҥ.

Рабочайдар киэһэ аайы бараахтарыгар мустан олорон ыар олохторун, баттаналларын-атаҕастаналларын туһунан кэпсэтэн бараллар. Кинилэр абалара-саталара күн-түүн күүһүрэн, тыллара-өстөрө сытыырхайар.

Россия социал-демократическай рабочай партиятын киин тэрилтэлэригэр партия маннааҕы чилиэннэрэ Трофим Алмазов, Федор Зеленов уонна Иван Быков Лена бириискэлэригэр үөскээбит балаһыанньа туһунан биллэрэллэр. Сотору соҕус икки киһи үлэҕэ кэлэр. Биирдэстэрэ Иван Волошин, иккиһэ Петр Баташов. Баташов слесарь идэлээх. Кини киин механическай мастерскойга үлэҕэ киирэр. Электрик Иван Волошин электростанцияҕа технигинэн ананар. Бу Россия социал-демократическай рабочай партията анаан ыыппыт дьонноругар Трошка Алмазов бу дойду балаһыанньатын, рабочайдар олохторун кэпсиир, билиһиннэрэр.

Сотору буолаат, РСДРП рабочайдар ортолоругар сабыдыала улаатар. Надеждинскай бириискэҕэ Трошка Алмазов, Андреевскайга – Иван Быков, Пророк-Ильинскэйгэ – Федор Зеленов ананан революционнай үлэни ыыталлар. Соҕурууттан кэлбит икки киһи онуоха-маныаха диэри дьон ортотугар көстөллөрө, биллэллэрэ табыгаһа суоҕунан ааҕыллар, бакаа биллибэккэ-көстүбэккэ сылдьан салайыахтаахтар – партия олохтоох комитета ити курдук быһаарар.

Биллэрин курдук, бу 1905–1907 сыллардааҕы улахан революционнай хамсааһыны саба баттаабыт кытаанах реакция сабардаан турар кэмэ этэ. Ханна эмэ рабочайдар хамсааһыннарын кыыма күөдьүйүөх сибикитэ билиннэр эрэ, ыраахтааҕы государственнай аппараатын бары күүһэ ол кыымы саба охсоро. Ол эрээри реакция төһө даҕаны өрөгөйдөөтөр, Россия пролетариата саҥа революционнай охсуһууга бэлэмнэнэрэ, дойду бүтүннүүтэ кураанах саҕаһаҕа маарынныыра. Россияҕа революционнай охсуһуу уотун уматар кыымынан, баҕар, бу ыраах Ленатааҕы хамсааһын буолуон сөптөөҕө.

Бодойбо рабочайдара билигин олохторун тупсарар туһунан араас экономическай модьуурдары туруораллар. Оттон сарсын ити экономическай модьуурдара уларыйыан, политическай охсуһууга кубулуйуон сөп. Событиелар сайдыылара билиҥҥитэ оннук сүрүннээх. Албын-түөкэй Коршунов инженер да, аҕыйах меньшевиктэр бааллара да рабочайдар ортолоругар улахан сабыдыалы киллэрэр, рабочайдар хамсааһыннарын атын суолунан ыытар кыахтара суоҕа.

* * *

Биир киэһэ, Сүөдэр үлэтиттэн кэлэн аһаан бүтэ илигинэ, Трошка киирэр. Кини Маайаны кытта илии тутуһан дорооболоһор, Сэмэнчиги саннын таптайар.

– О-о, улааппыккын… Маладьыас! Сотору оскуолаҕа үөрэнэ киириэҥ, – диир кини уонна Сүөдэргэ хайыһар: – Мин эйигин кытта кэпсэтэрдээх киирдим.

Сүөдэр эттээх тэриэлкэтин халбарыччы анньар.

– Кэпсээ, истэбин, – диир.

Маайа Трошкаҕа ас аҕалан туруорар, чэй кутар.

Аһаан бүтэллэр. Сүөдэр доҕоро туох наадалаах кэлбитин истээри кэтэһэн көрөр да, Трошка тугу да саҥарбат. Сүөдэр, көһүппэхтээн баран, эмиэ этэр:

– Истэбин, чэ, кэпсээ!

Трошка, мичээрдии-мичээрдии, аргыый сибигинэйэр:

– Федор, таҥын, миигин кытта барыс.

Сүөдэр, хап-сабар туран, таҥнан барар.

Маайа, ону көрөн, дьиктиргээн ыйытар:

– Сүөдээр, бу ханна барыстыҥ?

– Трошка ханна эрэ ыҥырар дии… Сотору кэлиэм.

Маайа тугу даҕаны саҥарбат. Кини Трошканы үчүгэйдик билэр. Трошка арыгыһыта, хаартыһыта суох, бэрт көнө киһи, онон куһаҕан суолга ыҥыран илпэтэҕэ чахчы. Сүөдэр, Трошканы батыһан, балаҕаннарын иһиттэн тахсар.

Таһырдьа хараҥа түүн бүрүүкээн турар. Үөһэ сулустар чаҕылыҥнаһаллар, аллара бараахтар түннүктэрэ онон-манан кылахачыһаллар.

– Федор, рабочайдар мунньахтарыгар тоҕо биирдэ даҕаны сылдьыбаккыный? – Трошка сэргэстэһэ хааман иһэн ыйытар.

– Ол мин да сылдьаммын, кинилэр олохторугар тугу уларытыахпыный?

– Дьон өйүн-санаатын кытта билсиэҥ этэ буоллаҕа дии… Баҕар, хойут бэйэҥ дьонуҥ ортотугар үлэни ыытар киһи буолуоҥ.

– Э-э, суох, миигиттэн бэлиитик тахсара саарбах, – Сүөдэр күлэр. – Бу миигин ханна илдьэ иһэҕиний?

– Манна бүгүн рабочайдар мунньахтара буолар. Ону иһитиннэрээри.

Трошка сэттис бараахха киирэр. Бараах иһигэр чугастааҕы рабочайдар үксүлэрэ мустубуттар.

– Трофим кэллэ!..

– Трошка!.. Тоҕо ыҥыртаабыккыный?.. Кэпсээ! – дэһэр саҥалар хойдоллор.

Трошка көхсүн этитэр, нуучча рабочайдарын кытта сэргэстэһэ олорор Сүөдэри көрөн мичээрдиир.

– Табаарыстар! Эһиги истибиккит буолуо, Коршунов инженер күн бэҕэһээ Петербурга барбытын. Витим горнай уокуругун инженерэ Константин Николаевич тоҕо Петербурга барбыта буолуо дии саныыгытый? – Трошка дьонтон ыйытар.

Биир сааһыра барбыт киһи, кэтэҕин тарбаммахтаан баран, тула көрө-көрө, этэр:

– Тойон инженер барарыгар миэхэ тугу даҕаны эппэтэҕэ буолан баран, кини биһиги үҥсүүлэрбитин күн ыраахтааҕыга тус бэйэтинэн киллэрэн туттараары бардаҕа диэн сабаҕалыыбын.

– Ол аата, олохпутугар уларыйыыны, чэпчэтиини эһиги ыраахтааҕы киллэриэ диэн эрэнэҕит дуу? – диэн Трошка эмиэ ыйытар.

– Ыраахтааҕы эрэммит дьонун хааннаах баскыһыанньаҕа дыбарыаһын аттыгар ыттаран турар, – диэн дьон ортотуттан чобуо саҥа иһиллэр.

– Мин, таҥара баарына, ыраахтааҕыбын эрэнэбин, – диэбитинэн били сааһыра барбыт киһи ойон турар. – Министрдэр, тойоттор дьон хайдах олорорун, дьон кыһалҕатын киниттэн кистииллэр. Онон ыраахтааҕы тугу даҕаны билбэккэ олорор. Билэрэ буоллар, ама, биһигини, бэйэтин подданнайдарын, бу курдук олордуо этэ дуо?! Үтүө санаалаах тойоммут Коршунов ону өйдөөн, ыраахтааҕыга бэйэтигэр сирэй кэпсии бардаҕа дии. Кини бэрт үгүс үтүөнү ситиһэн кэлиэҕэ… Мин кинини эрэнэбин!

– Сыыһа саныыр, сымыйаны итэҕэйэр эбиккин. Ыраахтааҕы бэйэтэ манна кыттыгас, ыраахтааҕы бэйэтэ биир улахан капиталист. Коршунов ыраахтааҕыттан үгүс уларыйыылары, көмөлтөнү көтөҕөн кэлиэ дии санааччылар сыыһаҕыт. Ыраахтааҕы хаһан даҕаны үлэһит норуокка үтүөнү оҥорбута диэн суох. Биһиги, үлэһиттэр, бэйэбит эрэ күүспүтүгэр эрэниэх тустаахпыт. Күүспүтүн төһө холбуубут, санаабытын төһө сомоҕолуубут да, кыайыыбыт соччо улахан буолуо. Ону өйдөөҥ, табаарыстар!

– Биһиги төһө эмэ өр мөккүһэ, көрдөһө, модьуйа сатаан кэбиспиппит да, туох да туһа тахсыбатаҕа, оттон ити үтүө санаалаах Константин Николаевич туруоруста да бэрт түргэнник ситистэ, – диир куруутун Коршунов оҥорбут үтүөтүгэр махтанар оҕонньор. – Биһиги күүспүт диэхтээн!..

– Мефодич, сыыһаҕын, – дэһэр саҥалар иһиллэллэр. – Коршунов даҕаны кэлэн биһигини өрө тардыбыта холоон. Табаарыстыба маҥнай дуйдаабыт дуйун суох гыммыта ыраатта.

– Биһигини толуоннара сиэтэ… Расчеппутун харчынан биэрэллэрэ буоллар, ханнык баҕарар атыыһыт лааппытыттан тугу таптыыргын, сөбүлүүргүн көрөн ылыаҥ этэ.

– Толуону суох гынныннар! – дэһэр саҥалар хойдоллор.

Сүөдэр дьон кэпсэтэрин истэн олорон бэрт үгүһү өйдөөтө, нуучча рабочайдара туох санаалаахтарын, тугу модьуйалларын биллэ.

Мунньах кэнниттэн Трошка Сүөдэр аттыгар кэлэн олордо, илиитин кини санныгар уурда.

– Эн дьоҥҥун, сахалары, эмиэ атаҕастыыллар. Ону билэҕин дуо?

Сүөдэр саҥарбат. Кини тугунан даҕаны атаҕастанарын соччо быһааран билбэт. Тиэхэнэп тойон кэпсэтиилээх харчытын киниэхэ лоп-бааччы төлүүргэ дылы.

– Атаҕастыылларын билбэппин, – диир Сүөдэр.

– Тихонов баайга төһө мас кэрдээччи үлэлиирий?

– Үс сүүстэн тахса киһи.

– Хас биирдии мас кэрдээччиттэн уоннуу харчыны барыһырдаҕына, биир күн 30 солкуобайынан байар.

– Кырдьык даҕаны, үнүрүүн мас кэрдээччилэр Тиэхэнэп хас биирдии крепежнай бэрэбинэттэн 50 харчыны барыстанар диэн эрэллэрэ, – Сүөдэр мас кэрдээччилэр туох диэн сэһэргэспиттэрин кэпсиир.

– Буоллаҕа ол дии… Итини бары мас кэрдээччилэргэ үчүгэйдик өйдөтүөххэ, кэпсиэххэ наада. Кинилэри билиҥҥи быһыыны-майгыны кытта билиһиннэриэххэ наада. Оччоҕо харахтара аһыллыа, ким кинилэри көлөһүннээн сиирин билиэхтэрэ.

– Мин тугу даҕаны сатаан кэпсээбэппин, – Сүөдэр сапсыйан кэбиһэр.

– Итиннэ киһи сатаабата туох баарый? Эн мас кэрдээччилэргэ, ити билигин кэпсээбитиҥ курдук, Тихонов кинилэр көлөһүннэринэн байарын эрэ өйдөт. Ити кэннэ манна рабочайдар забастовкалаатахтарына, ону кинилэргэ кэпсээр.

Сүөдэр дьиэтигэр кэлбитэ Маайа утуйбакка олорор.

– Ханна сырыттыҥ? Өр даҕаны буоллуҥ ээ!

– Рабочайдар кэпсэтэллэрин истэн олордум.

– Тугу кэпсэтэллэрий?

– Толуону утарсаллар. Табаарыстыба лааппытын аһа-таҥаһа куһаҕанын сөбүлээбэттэр. «Үлэлиир үлэбит ыарахан, онуоха эбии хамнаспытын саатар харчынан төлөөбөттөр» диэн айдаараллар.

Сэмэнчик утуйбут. Муннун тыаһа бууһурҕас. Ийэтэ оҕотун суорҕанын көннөрөн биэрэр.

– Трошка ол мунньахха эйигин тоҕо ыҥыран илтэ?

– Иһиттин диэн ыҥырдаҕа дии…

– Сүөдэр, мин куттанабын… Эн кинилэри кытта куодарыһыма. Аны ол-бу буоллаҕына, эйигин хаайан кэбиһиэхтэрэ. Оччоҕо мин оҕобунаан ханна барабытый? Туох буолабытый? Ону өйдөө! – Маайа, ытамньыйа-ытамньыйа, Сүөдэртэн көрдөһөр.

– Ама миигин тугу оҥорбуппар хаайдахтарай?.. Куттаныма, миигин тыытыахтара суоҕа… Мин бэлиитик буолбатахпын, – Сүөдэр этэрбэһин устар, кээнчэлэрин куурда ыйаталыыр.

Сыталлар. Сүөдэр сытаат муннун тыаһа хаһыҥыраабытынан барар. Маайа уута кэлбэт, ону-маны саныы сытар.

«Тугу оҥорбуппар хаайдахтарай?» диэхтиир да, хаайа соруннахтарына, тоҕо хаайалларын булуохтара. Ким эмэ кэлэн, түннүгүнэн кэтээн турара буолаарай диэбиттии, Маайа түннүктэри одуулаһар. Кинилэр дьиэлэрин иһинээҕэр таһырдьа сырдык. Араамалар мастара хара кириэс буолан көстөллөр. Маайа хайдах эрэ куттана, дьиксинэ санаан барар. Кини ол курдук сарсыарда халлаан сырдыар диэри утуйбакка сытар.

X

Коршунов түүннэри-күнүстэри айаннаан Иркутскайга тиийэр. Тиийээт, биир да күн тохтоон сынньаммакка эрэ, тимир суолунан Петербурга ааһа турар. Кини ааспытын кэннэ Иркутскай жандармскай управлениетыгар Петербуртан тиэтэллээх телеграмма кэлэр: «Жандармскай корпустан биир рота саллааты бэрт түргэнник Бодойбоҕо ыытыҥ».

Бодойбоҕо туох үлүгэрдээх айдаана таҕыстаҕай диэн Иркутскай губернскай жандармскай управлениетыгар дьиибэргииллэр. Управление начаалынньыга – жандармскай корпус генерала Петербуртан кэлбит телеграмманы туппутунан Иркутскай генерал-губернаторыгар тиийэр.

– Тойон генерал-губернатор, эн Бодойбоҕо туох буолтун билэриҥ буолаарай? – диэн ыйытар генерал.

– Батенька, бу туох буолан кэллиҥ! Бодойбоҕо туох буолуохтаах үһүнүй? – диэн ону генерал-губернатор соһуйа истэр.

Жандармскай генерал эппиэттиирин оннугар саҥата суох Петербуртан кэлбит телеграмманы уунар.

Генерал-губернатор телеграмманы аат эрэ харата ылар. Аа-дьуо арыйан ааҕар. Бастакы строкалары ааҕаат, хараҕын муҥунан көрөр. Князев, оҕус хараҕын курдук, күлтэгир харахтаах, Александр III ыраахтааҕыны маарынныыр бакенбардаах, төгүрүк сирэйдээх сааһыра барбыт киһи. Кини манна Илиҥҥи Сибиир генерал-губернаторынан Александр III ыраахтааҕы тыыннааҕар ананан кэлбитэ, билигин кини нэһилиэнньигэр Николай II ыраахтааҕыга сулууспалыыр.

– Тугуй бу?.. Суох, суох! Биир да саллааты ыытары мин сөбүлээбэппин, – диир кини телеграмманы ааҕан баран.

– Тойон генерал-губернатор, телеграммаҕа ыраахтааҕы жандармскай шебэ илии баттаабыт дии.

– Билигин Бодойбоҕо кими да ыытыма. Мин Петербуртан ыйытыам, – диир генерал-губернатор.

Князев сонно тута Петербурга ыйытык телеграмма ыытар. Бэрт сотору харда кэлэр. Ол хардаҕа бу курдук этиллибит: «Кистэлэҥ полиция агенын биллэриитинэн, Лена көмүһүн үлэһиттэрэ бастаанньа оҥорорго бэлэмнэнэллэр. Онон Бодойбоҕо жандармскай корпустан биир рота саллааты бэрт түргэнник ыыта охсоргутугар модьуйуллар. Толороргут булгуччулаах».

Иркутскай үрдүк сололоох тойотторо ыксал бөҕөнөн Бодойбоҕо рота саллааты ыыталлар. Ол ротаны жандармскай ротмистр Трещенков хамаандалаан барар.

Трещенков ротмистр, түүннэри-күнүстэри тохтобула суох айаннаан, суолга хас да аты өлөрөн, Бодойбоҕо 1912 сыллааҕы олунньу ый саҥатыгар тиийэр. Саллааттар Бодойбоҕо, түүн ким да көрбөтүгэр кэлэн, полицейскай учаастакка тохтууллар. Сарсыныгар Надеждинскай бириискэҕэ кылаабынай хонтуора чугаһыгар баар сулууспалаахтар олорор дьиэлэрин босхолууллар, хаһаарыма оҥороллор. Аҕыйах хонон баран эмиэ түүн ким да билбэтинэн аналлаах поеһынан Трещенков ротатын онно таһаараллар.

Трещенков Иркутскайтан турарыгар жандармскай управление начаалынньыга эппитэ:

– Лена көмүсчүттэрэ бастаанньа тэрийээри бэлэмнэнэллэр эбит. Эһиги тиийиэххит иннинэ бастаанньа саҕаламмыт буоллаҕына, ботуруону харыстаамаҥ, барыларын да кырган туран, бэрээдэги олохтооҥ! Ыраахтааҕы сорудаҕа оннук!

Трещенков Бодойбоҕо кэлэн ыйыталаспыта, бастаанньа туһунан ким да тугу да билбэт, бастаанньа бэлэмнэнэр да сибикитэ көстүбэт. Ол да буоллар Трещенков хас уулуссаҕа көрсөр киһитин уорбалыы көрөр. Кини санаатыгар, бу дойду дьоно бары бастаанньа оҥороору сылдьар курдуктар.

Саллааттар кэлбиттэрин, төһө да кистээтэллэр, үгүс киһи истэр, билэр. Сотору ити сурах Тайҕа көмүсчүттэригэр барыларыгар тарҕанар.

* * *

Чумаркой үрэх тыата. Манна – көмүс бириискэлэриттэн алта көстөөх сиргэ – хас да бэдэрээччит үлэһиттэр мас кэрдэллэр: Тиэхэнэп баай масчыттара, Бутылкин үлэһиттэрэ, Капустин артыала.

Мас кэрдээччилэр үгүстэрэ Бүлүү үс улууһун, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Бороҕон, Байаҕантай, икки Хаҥалас улуустарын дьонноро. Бу бэҕэһээҥҥи булчуттар, балыксыттар, аҕыйах сүөһүлээх дьадаҥылар Тайҕа кыһыл көмүһүнэн аллыбыт сураҕын истэн кэлбиттэрэ. Үгүстэрэ үлэлээбиттэрэ уонча сыла буолла да, дойдуларыгар төннөн тахсан: «Булуум бу баар!» – диэн өҥнөр харчыны кыайан өлөрбөккө сылдьаллар. Бу дьон манна, Бодойбоҕо, кэлиэхтэрин иннинэ нууччалары, сурахтарын истэ-истэ, куттанар этилэр. Билигин кинилэр нуучча рабочайдарын кытта ыкса билистилэр, доҕордостулар. Кинилэр быччыҥын күүһүн атыылаан айахтарын ииттинэр рабочай дьоннор доҕордоһууларыгар, хардарыта көмөлөсүһүүлэригэр үөрэннилэр. Онон бу саха дьонноро манна бастаан кэлбиттэринээҕэр өйдүүн-санаалыын да, майгылыын-сигилилиин да улаханнык уларыйдылар.

Мас кэрдээччилэр хатырыга сулламматах бэрэбинэлэринэн тутуллубут уһун бараахтарга олороллор. Хас маннык бараах аайы үстүү оһох оттуллар. Үлэһиттэр күҥҥэ үстэ аһыыллар. Кинилэр чэйдэрин өрөр, астарын күөстүүр, таҥастарын абырахтыыр үс дьахтар баар. Үлэһиттэр сарсыарда сүөһү буотарага үөрэлээх хааһыны сииллэр. Күнүскү аһылыктарыгар эмиэ хааһы биитэр бурдук сэлиэйдээх миин. Киэһэ эмиэ буотарак булкаастаах ньэчимиэн бурдуктан оҥоһуллубут хааһы уонна чэй. Тойонноро бу аһылык иһин үлэһиттэриттэн хамнастарын сарбыйар. Өскөтө кини биирдии крепежнай остуолбаҕа сүүс сүүрбэлии харчыны аахсар буоллаҕына, үлэһиттэригэр сүүрбэлии эрэ харчыны төлүүр. Ол да сүүрбэ харчытыттан аҥаарын аһылыктарыгар тутар. Онон үлэһиттэр уоннуу эрэ харчыны илиилэригэр ылаллар. Ким эмэ ону утарсан саҥараары гыннаҕына, тойонноро Тиэхэнэп, кып-кыһылынан көрүтэлии-көрүтэлии, бардьыгынаан кэбиһэр:

– Бэһиэччиктэр өйдөрө өйдөммүккүт. Аны бэрт дьон бууннаан турар инигит?.. Аһыыр аскыт, оһохторгут оттуута, күөскүт өрүллүүтэ, таҥаскыт абырахтааһына – бэрт дьон киэнэ буор босхо буолуохтаах ини?

– Чэ, туох да диэтэргин, сүүс сүүрбэ харчылаах маска уон эрэ харчыны төлүүрүҥ олус аҕыйах буолбат дуо? – дэһэллэр чобуо тыллаахтар.

– «ы!.. Көр эрэ, бу чыыбырҕаан эрдэххин. Эн санааҕар, мас кэрдиитэ эрэ үһү дуо? Хайа, онтукаҥ бачча ыраах сиргэ тиэйиллиитэ, онно үлэлиир дьон хамнастара хантан төлөнөрө буолуо дии саныыгыный?

Үлэһиттэр хас киэһэ аайы бараахтарыгар киирэн, хаар, кырыа буолан хаалбыт таҥастарын сыгынньахтанаат, остуол аттыгар олороллор. Күнү быһа үлэлээн өлө сылайбыт дьон ол тухары тугу да саҥарбаттар, кэпсэппэттэр. Дьахталлар астарын аҕалан ууран биэрдэхтэринэ эмиэ саҥата суох аһыыллар. Миискэ түгэҕин ньуосканан кыһыйан аһаан бүтүүлэрэ, дьэ сэниэ киллэрэн, айахтара босхолонон кэпсэтэллэр. Табахсыт өттүлэрэ хамсаларын буруотун бусхаталлар.

Кырдьа барбыт дьон, айакалыы-айакалыы, ороннорун булаллар. Эдэрдэр дуобаттыыллар, хаартылыыллар. Арыт ким эмэ, тэһийэ сатаан, остуоруйалаабыта, олоҥхолообута буолар. Остуоруйаны, олоҥхону төрөөбүт дойдуларыттан, дьонноруттан быстан-ойдон сылдьар дьон олус сэргээн истэллэр. Чумаркой тыатыгар олоҥхотунан-остуоруйатынан Ырыа Былатыан аатырар. Кини олоҥхотун истээри оннооҕор атын артыал дьоно төһө эмэ ыраахтан кэлэллэр.

Ырыа Былатыан биир киэһэ «Күөх дьаҕыл аттаах Күн Дьирибинэ бухатыыр» диэн олоҥхотун саҥа кэпсээн эрдэҕинэ Сүөдэр киирэр.

– Хайа, бачча хойут мас тиэйэ таҕыстыҥ дуо? – диэн Сүөдэртэн биир оҕонньор ыйытар.

– Мас тиэйэ буолумуна.

– Аны Тиэхэнэп обургу, байар баҕатыгар, түүннэри үлэлэтэр буолбут дуу? – уһун ньолбуһах кубархай сирэйдээх, нууччалыы үрдүк муруннаах Уобай Ньукуус тыл кыбытар.

– Сарсыарда эрдэ мас киллэрээри хоно таҕыстым.

– Хата элбэх киһилээх-сүөһүлээх сиргэ сылдьар киһиттэн сонуну истиэхпит, – диэн Ырыа Былатыан үөрэр.

Дьахталлар Сүөдэргэ чэй кутан биэрэллэр.

– Бириискэ тиҥинээн-таҥынаан төһө бэркэ олорор? – диэн Уобай Ньукуус, Сүөдэр аһаан бүтэригэр тиийбэккэ, ыйытар.

– Айдаан элбэх быһыылаах.

– Туох туһунан айдаарар буолалларый?

– Оробуочайдар толуону сөбүлээбэттэр, ыраас харчынан аахсыахтарын баҕараллар. Табаарыстыба лааппытын этэ киһи сиэбэт аһа, сутаан өлбүт сүөһү собулҕатын тууһаабыттар, хап-хара буор курдук. Арыылара күөх түүнүк үүммүт, аҕыран хаалбыт ас. Толуоҥҥа биэрэр табаардара эмиэ уоттуйан, сытыйан хаалбыт өрбөх буолар. Кэргэннээхтэр бараахтарыгар эмиэ аҥаардас дьону симнилэр. Дьон ону эмиэ сөбүлээбэт.

Мас кэрдээччилэр Сүөдэр кэпсиирин истэн чөрөһөн олороллор. Кинилэр күн тура-тура мас кэрдэртэн ураты тугу даҕаны билбэттэр. Онон ол-бу сонуну истиэхтэрин-билиэхтэрин олус баҕарааччылар.

Ким эрэ ыараханнык үөһэ тыынар. Оһох уота умуллан, бараах иһэ имик-самык буолар.

– Биһиги убайдарбыт, нуучча оробуочайдара, туох диир буолалларый? – оһох аттыттан ким эрэ ыйытар.

– «Толуону» суох гынар иннигэр мөккүһэллэр быһыылаах. Онно-манна тиийэ үҥсэ сылдьыбыттар да, тугу даҕаны ситиспэтэхтэр үһү.

– Биһиги убайдарбыт судургу соҕус майгыннаах буолаллара эбээт, бууннаан турбаттар дуо? – диир Уобай Ньукуус.

– Оробуочайдар хас киэһэ аайы куруутун мөккүһэн, олохторун дьүүллэһэн тахсаллар быһыылаах. Дьон саҥата-иҥэтэ олус. – Сүөдэр бириискэ рабочайдарын мөккүөрдэрин, санааларын туһунан Трошкаттан тугу истибитин-билбитин барытын сиһилии кэпсиир.

– Буолумуна, нууччалар, биһиги бааллара, судургу дьон. Сөбүлээбэтилэр да, утары турунан кэбиһиэхтэрин сөп. Арай биһиги баарбыт сүөһү курдук дьон, тойоммут Тиэхэнэп төһөнү дук гынар да, онно үөрэбит.

Бараах иһигэр олорор дьон баттаммыттарын-үктэммиттэрин ааҕан, ырытан бараллар. Мөккүһэллэр.

– Бэйи эрэ, Ньукуус, биһиги кимиэхэ үлэлиибитий? – диэн били Сүөдэри аан бастаан ыйыта тоһуйбут оҕонньор көбдьүөрэ түһэр.

Уобай Ньукуус «бу оҕонньор туох буолла?» диэбиттии көрүтэлиир. Суох, оҕонньор иирбит да, итирбит да көрүҥэ суох, кини туох диирин көһүтэн, абына-табына бытыктаах сирэйин ньолотон олорор.

– Бу оҕонньор түөһэйбиккин дуу? Тиэхэнэп баайга үлэлииргин баччааҥҥа диэри билбэккэ сылдьаҕын дуо? – Э-эх, ол Тиэхэнэппит саха дуу, нуучча дуу?

Уобай Ньукуус: «Бу оҕонньор миигин күлүү-элэк оҥостор дуу!» – диэн кыыһыра санаан тугу да саҥарбат.

– Саха, – диэн ким эрэ хардаран хап гыннарар.

– Э-эх, ол сахаҥ биһиги, саха үлэһиттэрин, көлөһүммүтүн сүүрдээн сиир буолбат дуо? Нуучча баайдара эмиэ нуучча үлэһиттэрин хааннарын супту уулаан байаллар. Уонна тоҕо биһиги ити, Ньукуус этэрин курдук, «биһиги сахалар», «эһиги нууччалар» дэһэ олоруохпутун сөбүй? Суох, саха да, нуучча да үлэһиттэрэ бары биир сорго-муҥҥа сылдьар дьоммут буолбат дуо? Ол нууччалар барахсаттар бэрт сөпкө этэллэр, биһиги бары омук дьоно – үлэһиттэрэ бииргэ түмүстэхпитинэ эрэ тугу эмэни ситиһиэхпит, – диэн оҕонньор Сүөдэр кэпсээнин сөбүлээбитин биллэрэр.

Бараах иһэ им-дьим. Манна олорор дьон бары даҕаны оҕонньор этиитин сөбүлүү иһиттилэр быһыылаах.

– Били манна кэлэ сылдьыбыт нуучча Трошка төһө үөрэхтээҕэ буолуой? – диэн биир эдэр киһи Сүөдэртэн ыйытар.

– Үлэһит киһи, үөрэҕэ кыра буолуо.

– Кэбис, нуучча оҕото барахсан, кумааҕы хараҕын көрөр буола үөрэннэ да, сайдан иһэр буоллаҕа дии, – диир Чэмэй.

Сүөдэр бу киэһэттэн ыла мас кэрдээччилэргэ сырыттаҕын ахсын бириискэлэр сонуннарын тоҕо-хоро кэпсиир.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации