Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 41 (всего у книги 62 страниц)
Саха сиригэр Советскай былаас саҥа олоҕуран эрдэҕинэ, Арҕаа Сибиир тимир суолугар Чехословацкай корпус бууннаан өрө турар. Сотору революцияны утары күүстэр Колчак адмиралы бэйэлэрин баһылыктарынан оҥороллор. Сотору буолаат, полковник Красильников биир полк саллааттаах Качугу, Верхоленскайы уонна Жигаловоны ылар.
Маачаҕа Сараапап атыыһыт, Петухов үрээнньик, атыттар даҕаны көмөлөрүнэн, Гордеев поручик, урукку казактары, Керенскэй саҕанааҕы милиция буола сылдьыбыт дьону хомуйан, Советскай былааһы суулларар.
От ыйын 8 күнүгэр Дьокуускай куорат ревкомун дьиэтигэр куорат олохтоохторун ыҥыран, кыһыллар мунньах тэрийэллэр. Гудзинскай дьиэ иккис мэндиэмэнин түннүгэр туран тыл этэр:
– Табаарыстар, кыһыл гвардеецтар, куорат пролетарскайдара! Октябрьскай пролетарскай революция кыайыыта Сибирь үрдүнэн улахан кутталга киирдэ. Россия киин куораттарыттан куоппут баайдар, ыраахтааҕы армиятын генераллара, адмираллара, офицердара – бука бары мунньустаннар, Сибиринэн илин ыытыллыбыт Чехословацкай корпуһу Советскай былааһы утары туруоран, Иркутскай уонна да атын куораттары ылыталаабыттар. Лена өрүс умнаһыгар үрүҥнэр баар буолбуттар. Онон манна даҕаны Советскай былааска улахан куттал үөскээтэ. Мин итини норуоттан кистээбэппин. Биһиги саҥа тэриллэн испиппит, үлэһит норуот олоҕо тупсарыгар бэрт элбэх дьаһаллары оҥоруохтаах этибит. Ону ити контрреволюция мэһэйдииригэр тиийдэ. Ол эрээри, өйдөөн кэбиһиҥ, баайдар, баттыгастаахтар хаһан даҕаны үлэһит норуоту кыайан самнарыахтара суоҕа… Биһигини барыбытын охсуһууга, кыайыыга сирдиир улуу Ленин тэрийбит большевик партията…
Миитиҥҥэ мунньустубут дьон үгүстэрэ Гудзинскай этэрээтин бириистэҥҥэ диэри батыһан киирэллэр. Куоракка Гудзинскай оннугар Лисневскэй хаалар.
Сэмэнчиги Гудзинскай «кыра, эдэр» диэн, Дьокуускайга хаалларар. Сэмэнчик «Известия СРД» диэн хаһыакка наборщигынан үлэлии, үөрэнэ киирэр.
Бу хаһыат күн аайы тахсар. Сэмэнчик онон түүннэри-күнүстэри типографияттан арахсыбат. Наборнай сыах муннугар синиэлин тэлгэнэн кыратык утуйан ыла-ыла, наар үлэлээн тахсар. Хаһыат Советскай былаас туох программалааҕын, кини туох иһин баайдары утары охсуһарын кэпсиир.
Аҕыйах хонугунан Саха уобалаһа Колчак былааһын бас билиитигэр киириэхтээх диэн Иркутскайтан телеграмма кэлэр. Лисневскэй дьонун тобоҕун илдьэ «Соболь» борохуотунан Гудзинскайга көмөлөһө Ленаны өрө өксөйөр. Ол кэнниттэн сотору «Мухтуйа, Маача икки ардыгар улахан хаан тохтуулаах сэрии буолбут үһү» диэн сурах тарҕанар. Керенскэй былааһын кэмигэр милиция буола сылдьыбыт дьону мунньан, куорат баайдара субу-субу сүбэлэһэр буолан бараллар.
Атырдьах ыйын 6 күнүгэр Гордеев поручик 500-чэкэ киһилээх үс борохуотунан кэлэн куораты ылар. Керенскэй былааһын саҕана милицияҕа үлэлии сылдьыбыт дьон, баайдар, атыыһыттар, Советскай былааска үлэлии сылдьыбыт дьону дэлби хобулаан, тыллаан биэрэн, ирдээн туран хаайыыга уктараллар. Биир күн Гордеев дьоно типографияҕа кэлэн үлэһиттэри бука барыларын мунньаллар. Кинилэри кытта Медницкэй кэлсэр. Кини илиитигэр туох эрэ испииһэги тута сылдьар. Хайдах эрэ куттаммыт, титирэстээн саҥарар буолбут.
– Брусенин, – диир испииһэгин көрөн туран.
– Мин, – диир Брусенин.
– Таҕыс манна! – конвой тойоно хамаандалыыр.
Брусенин хайдах да буолуон булбат. Доҕотторо бары, кинини биэримээри, тулалыы туран кэбиһэллэр.
– Ах, та-ак… ити курдук буоллаҕына, ну-ка, ребята, – диэн конвой тойоно унтер-офицер хамаанда биэрэр. Хас да саллаат кэлэннэр Брусенины, дьонуттан былдьаан ылан, атын хоско таһаараллар.
– Ити кэннэ? – унтер-офицер ыйытар.
– Жилин…
– Жилин, таҕыс!
Ким да саҥарбат, бары илиилэриттэн тутуһан баран тураллар.
– Кимий, Жилин диэн! – офицер бардьыгыныыр.
– Жилин большевик бу турар! – Медницкэй ыйар.
Жилини эмиэ соһон таһаараллар.
– Дроздова, Кузнецов… Лошкарев… Чистяков… Сизых, – Медницкэй ааҕыталаан барар.
Ити дьону барыларын тутан илдьэ бараллар. Уонча киһини кытта Медницкэй хаалар.
– Билигин хаһыат таһаарааччынан уонна типография тойонунан мин буоллум… – диир кини.
– Ити, биһиги табаарыстарбытын ханна илтилэр? – ким эрэ ыйытар саҥата иһиллэр.
– Эн кинилэри батыһаары гынныҥ дуо?.. Мин сип-сибилигин кинилэр барбыт сирдэригэр ыытыам! Мантан антах эһиги ревком үлэһиттэрэ буолбатаххыт… Эһиги саҥа былаас, Омскайга тэриллибит Колчак правительствотын үлэһиттэрэҕит. Биһиги «Үлэ куолаһа» диэн саҥа хаһыаты таһаарыахпыт. Ревком таһаара сылдьыбыт «Известия СРД» хаһыатын заголовоктарын, ойууларын барытын суох гынаргытыгар сорудахтыыбын. Бу киэһэ 5 чааска эһиги бука бары үлэлиир сиргитигэр баар буолуохтааххыт… – Ити ниттэн Медницкэй тахсан барар.
Сэмэнчик Гудзинскай этэрээтин кытта кэлсибитин маннааҕы Колчак былааһын тойотторуттан ким даҕаны билбэт этэ. Кинини, оҕо курдук көрөннөр, тыыппаттар, оттон типография үлэһиттэрэ кини кыһыл этэрээтигэр сылдьыбытын биллэллэр да, эппэттэр.
Киэһэ Сэмэнчик наборнай сыахха кэлэн хаассатын бэрээдэктии турдаҕына, Медницкэй киирэн кэлэр.
– Уолчаан, кэл эрэ манна! Маны тал!.. Бу сарсыҥҥы хаһыакка! – Медницкэй Сэмэнчиккэ уһун синньигэс кумааҕыны туттаран кэбиһэр.
Сэмэнчик хаассатыгар баран ааҕан көрөр. Онно суруллубут этэ:
Оружием на солнце сверкая,
И зубы оскаля, как волк,
Площадную брань извергая,
Проходил красной гвардии полк.
Сэмэнчик, эриэн үөнү туппут курдук, сиргэнэн, тутан турар кумааҕытын ыһыктан кэбиһэр уонна атаҕынан тэпсэр. Онтон кини, тугу да саҥарбакка эрэ, сыах иһиттэн тахсан барар. Ити нөҥүө күнүгэр типографияҕа кэлбэт, ханна да барбыта биллибэккэ сүтэн хаалар.
* * *
Маайа Сэмэнчик барыаҕыттан ыла тулаайахсыйан олорор. Онуоха эбии тойоно Сараапаптаах киниэхэ олус куһаҕаннык сыһыаннаһаллар, киһи баар диэн кэпсэппэттэр, дьиэлэрин да хомуйтарбаттар, хантан эрэ Лукерья диэн тыла суох дьахтары булан үлэлэтэллэр. Онон Маайа ынах ыыр, сүөһүлэрин көрөр.
Киһи киһини кыта кэпсэппэт буолан хааларын курдук ыарахан, куһаҕан суол суох буолар эбит. Маайа тугу да соруйалларын билбэт, үлэлээбэккэ таах олоруон сүрэҕэ эмиэ батарбат. Хотуна арыт собус-соруйан, кинини иһиттин диэн, дьоҥҥо кэпсиир:
– Дьиэҕэ эриэн үөнү иитэн-аһатан олорору билбэттэн ордук куһаҕан суох буолар эбит… Биһиги хааннаах хара көлөһүммүтүнэн муспут малбытын, аспытын барытын бассабыыктарга ыйан биэрдилэр…
– Эн бэйэҥ буруйдааххын, онтон-мантан сылдьар илэчиискэлэри тоҕо муспуккунуй?! Кинилэр акаарыны, эйигин, өссө кэһэтэн иһиэхтэрэ, – диэн эрин сэмэлээбитэ буолан ньаллыргыыра биир туспа.
Гордеев поручик этэрээтэ кэлэн Маача Советын ыһар. Совет председателин дэриэбинэ ортотугар таһааран ытан кэбиһэллэр.
Ити түүн Маайа ыксаабытын, куттаммытын эриэхсит! Кини санаатыгар, Сэмэнчиги таһааран ытан эрэргэ дылылара. Кэргэнин Сүөдэри, оҕотун Сэмэнчиги ахтарыттан, аһыйарыттан Маайа олус дьүдьэйдэ, буорайда. Кини, мэктиэтигэр, күн аайы сирэйин хаана сүтэн, кубарыйан, икки чанчыктарын аһа туртайан иһэргэ дылы. Маайа уһуктан кэлбитэ ынахтарын ыыр кэмэ буолбут. Туран таһырдьа тахсар. Дэриэбинэ иһэ эймэҥнэс саллааттар. Кинилэр бука бары өрүс диэки киирэллэр. Сотору соҕус борохуот үөгүлүүр хаһыыта иһиллэр. Маайа сүрэҕэ тулутумуна, саллааттар ханна баралларын көрөөрү, ынахтарын ыабакка эрэ биэрэккэ киирэр. Тобус-толору саллааттары тиэйбит борохуот, ойоҕоһунан бытаан соҕустук үөскэ киирэн баран, хоту диэки эрдинэн тиҥийэ турар.
«Сиэхситтэр оҕобун ситэн сии бардылар», – Маайа иһигэр ботугуруур. Кини билигин, көтөр кынаттааҕа буоллар, кинилэр иннилэригэр түһэн, оҕотун Сэмэнчиги быыһыы барыа эбит.
Маайа, хотонугар кэлэн ынахтарын саҥа ыан иһэн, аллара диэки борохуоттар хаһыытаһалларын истэр. Онтон сотору соҕус саалар тыастара, хайдах эрэ уу анныттан дьөлүтэ көтөн тахсан эрэр курдук, истиэнэ бүтэй «буль-буль-буль» гынан иһиллэллэр.
«Дьэ ити, аллараттан манна кэлэн истэҕинэ, оҕобун көрсөн сиэтэхтэрэ», – дии санаан, Маайа бокуойа суох ытаан барар.
– Бассабыык уоллаах дьахтар, тоҕо сэриилэспэккэ олороҕунуй? Истэҕин дуо? Эн «табаарыстаргын» дьакыйан эрэр тыастарын? – Сараапап ойоҕо кэлэн сатаарыйа турарыттан Маайа биирдэ өйдөнөн кэлэр.
– Эн бэйэҥ эмиэ оҕолооххун, ол кэннэ тоҕо мин сүрэхпин ааларгын уураппаккын… Мин оҕом миэхэ эмиэ, төрөппүт сүрэххэ, күндү, аһыылаах, – Маайа хотунун кытта саҥарсан киирэн барар.
– Үөнү мин аһыйыам суох, кини өлөрүн бэйэтэ көрдөөн «табаарыстары» кытта барсыбыта… Мин оҕом итинник буолара буоллар, мин моҥнон өлүө этим…
– Өлүөҥ суоҕа: эн оҕоҥ, мин оҕом курдук, сорго-муҥҥа үөскээбэтэҕэ…
– Этиһиик буолбуккун дуу? Топпуккун уйбакка, аны миигин утары бардыргыыр буолбуккун дии? «Бассабыык» уолламмыт дьахтар хайыаххыный! Ол эрээри мин эйиэхэ үлтү үөхтэриэхпин баҕарбаппын. Мантан бара тур. Уолуҥ баайдар үптэрин-малларын былдьаан-талаан ылан иитиэ-аһатыа, – Маайаны холдьоҕон баран, Сараапап ойоҕо ааны хайа быраҕан тахсар.
Маайа, ити күн утуйар таҥаһын сүкпүтүнэн Сараапап атыыһыттаах олбуордарыттан тахсан, оргууй аҕай дэриэбинэ соҕуруу уһугун диэки хаама турар.
* * *
Сүөдэрдээх, Бүлүү куоратыгар тиийэн Советскай былааһы олохтоон баран, Сунтаарга ааһаллар.
– Өлүөхүмэ куоратын Колчак армиятын дьоно ылбыттар. Маачаҕа кыһыллары кыргыбыттар. Аны Дьокуускайга иһэллэр үһү, – диэн олохтоох почта хонтуоратын телеграфиһа Бекренев Сунтаарга кэлбиттэригэр кэпсии тоһуйар.
«Диктатор» борохуот, биир да чааска тохтообокко, ити сураҕы истэн, төннөр. Бүлүү куоратыгар эмиэ өр буолбакка эрэ кыһыллар Дьокуускайдыыллар.
Сүөдэрдээх Бүлүү өрүһүн төрдүгэр тиийиэхтэрэ аҕыйах көс хаалыыта аллараттан утары икки борохуот кэлэн иһэрэ көстөр. Кыһыллар сүбэлэһэллэр:
«Биһиги кинилэргэ тоҕо утары баран биэрэбит? Кытылга тиксэн, манна тоһуйан ытыалаһыаҕыҥ! Өскөтө дьыала куһаҕан буоллаҕына, ойуур киэҥ, биһиги тыаҕа куотан биэриэхпит!» – диир Сүөдэр.
«Билбэт сирбитигэр хоргуйан өлүөхпүт», – диэн атыттара буолбаттар. Ити курдук мөккүһэ-мөккүһэ устан истэхтэринэ, сотору утары иһэр борохуоттар субу чугаһаан тиийэн кэлэллэр.
Кинилэр иккиэн үрүҥ былаахтаах иһэллэрин көрөн, кыһыллар командирдара ытыалаһарга бэлэмнэнэргэ команда биэрэр. Бастакы борохуот тумсуттан биир киһи кинилэргэ, тугу эрэ хаһыытыы-хаһыытыы, маҥан таҥаһынан далбаатыыр.
– «Ытыалаамаҥ» диир быһыылаахтар, – диэн биһиэннэриттэн ким эрэ сэрэйэн этэр. Утары иһээччи борохуоттар, Бүлүү өрүһүн сүүрүгүн өксөйөр буоланнар, бытаан этилэр. Кыһыллар борохуоттара төһө да бытааннык эрдиннэр, таҥнары түһэн иһэр буолан, түргэн соҕустук устар. Сылгыһыт Сүөдэр, бинтиэпкэтин сомуогун туруоран баран, палуба үрдүгэр бэлэмнэнэн сытар. «Диктатор» тумсугар икки «максим» пулемет уостарыгар иккилии сүүс биэс уоннуу ботуруоннаах лиэнтэлэри «туора уобан» тураллар. Уоттаах охсуһуу хас сөкүүндэ аайы чугаһаан иһэрин дьон саҥата-иҥэтэ суох барбыттара туоһулуур. Үрүҥнэр бастакы борохуоттара эмиэ эбии бытаарар. Кини кэнниттэн иһээччи иккис борохуот, эмискэ түргэн баҕайытык эрдинэн, «Диктаторы» үөс диэки өттүнэн күөйэ киирэн, ойоҕоһунан туора турунан кэбиһэр. Киниттэн ким эрэ капитан туруупкатын ылан улаханнык хаһыытыыр:
– Хаан тохтубатын иһин Бүтүн Сибиирдээҕи адмирал Колчак правительствотын аатыттан бэринэргитигэр этэбин.
– Революционнай кыһыл гвардия бэриниэн кэриэтэ өлүө! – диэн Сүөдэрдээх командирдара утары хаһыытаан дуораһытар уонна: – Үрүҥнэр борохуоттарын ытыалааҥ! – диэн бэйэтин дьонугар команда биэрэр. Инньэ гынарын кытта, икки «максимка» уонна сүүс сүүрбэ бинтиэпкэ ытыалаан тиҥийэллэр.
Үрүҥнэр борохуоттара аҕыс «максимканан» уонна алта сүүстэн тахса бинтиэпкэнэн утары уот аһаллар, суос-соҕотохто икки өттүттэн тыас-уус, хаһыы-ыһыы, аймалҕан бөҕө буолар.
– А-ай!.. Табаарыстар, өллүм!
– Ы-ы-ы, сволочи!.. – дэһэр хаһыылар, ынчыктааһыннар онтон-мантан иһиллитэлээн бараллар. Сүөдэр аттыгар сытааччы эдэркээн баҕайы Ньүүйэ бааһынайын уола Сеня Торгуев бинтиэпкэтин ыһыктан кэбиспитэ палуба сабыыта ылтаһыҥҥа «талыр» гына түһэр.
Үрүҥнэр борохуоттара «Диктаторы» ыганнар, икки ардыларыгар киллэрээри оҥостоллор. Сүөдэрдээх икки «максим» пулеметтарыттан биирдэстэрэ үлэлээбэт буолар. «Ким кыахтаах, биэрэккэ тахсан куотуҥ!» – диэн команда иһиллэр. Сүөдэр борохуоттан ууга ыстанар.
Кини, ууга түһээт, кытыыны былдьаһар. Чугас соҕус ууга туора охтон тимирэ сытар сүүнэ улахан сылбахтаах тиити булан, ол кэтэҕэр саһар. «Диктаторы» үрүҥнэр борохуоттара икки ардыларыгар уктан өрүс ортотугар киллэрэн бараллар. Хас даҕаны кыһыл байыастар өлүктэрэ, борохуоттар эҕирийэр күүстэриттэн ууга кыайан тимирбэккэ, доҕотторун сайыспыт курдук батыһан, үөс диэки устан күөрэҥнэһэллэр.
Борокуоттар сотору соҕус өрүс тоҕойун күлүгэр киирэн көстүбэт буолаллар. Сүөдэр, биэрэккэ тахсаат, тыаҕа ыстанар…
* * *
Сэмэнчик типографияттан тахсан, ийэтэ «Киллэмҥэ сүрэхтээбит дьонуҥ олороллор» диэбитин өйдөөн, куорат уулуссатынан хоту диэки барар. Биир саха оҕонньоро саадьаҕай оҕуһу туора миинэн иһэрин уулуссаҕа көрсөн, ыйытар:
– Киллэм дэриэбинэтин мин хайдах бардахпына булуохпунуй?
– Эн бу хайа диэки оҕоҕунуй, Киллэм дэриэбинэтин билбэт?
– Мин үөһээ өрүс умнаһыттан кэлбитим.
– Оччоҕо ол Киллэмҥэ хайа ыалы сураһаҕын?
– Онно билсэр дьоннорбут Лэгиэнтэй атыыһыттаах диэн бааллар.
– Лэгиэнтэй атыыһыттааҕы билэбин… Эн бу суол устун баран ис. Мантан алта-сэттэ биэрэстэ кэриҥэ сири барбытыҥ кэннэ, Марха диэн аттакылар олорор дэриэбинэлэрэ кэлиэҕэ. Ону хабыллар-хаба ортотунан тус хоту түһэн ис. Көстөн ордук сири бараҥҥын Арыы Тиит сайылыга диэҥҥэ тиийиэҕиҥ. Кини суолуҥ уҥа өттүгэр хаалыаҕа. Онтон сотору Киллэмиҥ дэриэбинэтэ бу нэлэс гына түһүө, – оҕонньор, оҕуһун быһа кымньыылаан, ааһа турар.
Сэмэнчик ити ыйыыны соччо үчүгэйдик өйдөөбөтөр даҕаны, туруо баара дуо, сирэйин хоту баран иһэр. Куорат таһыгар тахсан барбахтаан иһэн, ол курдук, ыраах соҕус дэриэбинэ баарын көрөр. «Мархалара» диэн ити буоллаҕа дии саныыр. Онтон, оҕонньор эппитинэн, Марханы ааһан уһун ньолбуһах элгээн күөлү батыһа баран иһэр. Түүнү быһа айаннаан, Киллэм дэриэбинэтигэр тиийэр. Дьонтон ыйдаран, Лэгиэнтэй атыыһыттаах ааннарын тоҥсуйар. Биир, кэтит малтаҕар сирэйдээх, кыараҕас харахтаах эдэр соҕус дьахтар ааны аһан биэрэр.
– Лэгиэнтэй атыыһыт манна олорор дуо?
– Манна олорор! – дьахтар, «киир» диэбиттии, халбарыйан биэрэр. Сэмэнчик иһирдьэ ааһар, дьиэлээхтэр утуйа сытар быһыылаахтар.
Ааны аһан биэрбит дьахтар Сэмэнчик сирэйин-хараҕын одууласпахтыыр:
– Бу хайа диэкиттэн кэллиҥ?
– Бу эргинтэн сылдьабын, – диир Сэмэнчик.
– Оҕонньору билигин уһугуннарабын дуу, турарын көһүтэҕин дуу?
– Көһүтүөм! Соччо тиэтэйбэппин…
– Оччоҕо мин оронно оҥорон биэриим, – дьахтар, таҥас киллэрэн, кэтит, улахан лааппыга Сэмэнчиккэ орон оҥорон биэрэр. Уол, сылайбыта бэрт буолан, сытаат утуйан хаалар.
Сарсыарда кинини били бөлүүҥҥү дьахтара кэлэн уһугуннарар:
– Уһугун, дьиэлээх тойон турда!
* * *
Биир киэһэ Лэгиэнтэй атыыһыттаах аһаары олордохторуна, бэстилиэттээх, саабылалаах, килэбэчигэс саппыйаан курдаах Сылластыгас көтөн түһэр.
– Мин курдук хоноһону хоннорор ыалларгыт дуо? – диир кини дорооболоһорун оннугар.
– Хайа, бу Сүөдэркэ, тойон буолбуккун дуу? – Лэгиэнтэй атыыһыт, хоноһото холуочугун көрөн, ымайа-ымайа, хардары ыйытар.
– Мин курдуктар тойон буолбатахтарына, ким тойон буолуой?!
– Туох тойоно буоллуҥ?
– Мин Намтан куоракка көһөн киирдим. Билигин мин уобаластааҕы милиция боломуочунай тойонобун…
– Кэпсээ эрэ, олох-садьык хайдах буолан эрэрий?
– Олох олус бэрт. Билигин саҥа харчы таҕыста. Атыыһыттар тугунан баҕарар эргинэллэрэ көҥүллэннэ.
– Хайа, сэрии сураҕа хайдаҕый?
– һэ-э, бассабыыктар баранан тураллар. Бүтүн Сибиир үрдэ барыта биһиги былааспыт буолан турар… Биһиги аҕа баһылыкпыт Халчаак ыраахтааҕы эрэ буолара хаалла. Билигин, сураҕын иһиттэххэ, бассабыыктары бүтүн Арассыыйа иэнин былаанын тухары кыдыйан бүтэрэн эрэллэр үһү.
– Бассабыыктар даҕаны, син, киһи эрэ буоллаллар, хотторор күннээх эбиттэр дии… Чэ, үчүгэй! Киирэн аһыаҕыҥ! – атыыһыт улаханнык көтөҕүллэн, Сылластыгас Сүөдэркэни уонна Сэмэнчиги аһыыр хоско ыҥыртаан киллэрэр.
Остуолга Лэгиэнтэй атыыһыт Сылластыгастыын сэргэстэһэн олороллор. Сэмэнчик дьиэлээх хотуну, Харытыананы, кытта сэргэ олорор.
Сэмэнчик бу айылаах киэбирэр, бөтүөхтүүр киһини урут ханна эрэ көрбүт курдук саныыр да чуолкайдык өйдөөбөт. Ол эрээри кини Колчак милициятын киһитэ буоларыттан олус дьиксинэ саныыр, хараҕын Лэгиэнтэй атыыһыттан араарбат. Өскөтө кини туох эмэ диэн бу киһиэхэ Сэмэнчик туһунан этэр күннээх буоллаҕына, уол таһырдьа ойон, куотар санаалаах.
– Хайа, били, куоракка кэлэн киэбирбит кыһылларбыт? – Лэгиэнтэй саҥардыы аһаан иһэн ыйытар.
– Кинилэр тобоҕолонон тураллар. Соҕуруу куоппуттарын биһиэннэрэ Маачаҕа көрсөн барыларын тутан ылбыттар. Кинилэр хамандыырдарын ытыалаһыыга өлөрбүттэр. Үс сүүсчэ киһини антах, Уркуускайга, атаарбыттар. Бүлүүгэ барбыт бассабыыктары Үс Бүлүү төрдүн үөһээ өттүгэр тоһуйан, тутуталаан аҕалан, Дьокуускай түрмэтин толору симэн олоробут.
– Таҥара көмөтүнэн аны сэрии, айдаан уурайдар үчүгэй этэ. Биһигинньиктэр кутталбытыттан да сыччахпыт буолла.
– Кинилэртэн баҕас киһи куттана сырыттаҕай!
– Кэбис, доҕор, били эн куораттан күрээн иһэргин билиҥҥэ диэри умнубаппын ээ…
Сылластыгас киһиргээри гыммыта сатамматаҕыттан, хайдах эрэ кирик-хорук соҕус буола түһэн баран, кэпсэтиини уларытаары:
– Били дьонум аахтан күрээн кэлэн, эһиэхэ олоро сылдьыбыт Сылгыһыт түөкүн уола кыһыллары кытта Дьокуускайга кэлсибит сураҕын иһиттим.
Сэмэнчик эт-этэ барыта тымныйа түһэр.
– Ону кимтэн иһиттиҥ? – Лэгиэнтэй атыыһыт, Сэмэнчик диэки көрө-көрө, Сылластыгастан ыйытар.
– Маачаттан Сараапап атыыһыт суруйбут. Ол ыамай, сааһынан төһө да кыратын иһин, бэрт элбэх алдьархайы оҥорбут түөкүн эбит.
– Туох алдьархайын оҥорбут?
– Сараапап атыыһыт малын-баайын барытын кыһылларга тыллаан биэрбит үһү.
– Буоллаҕа… – Лэгиэнтэй атыыһыт, «ити барыта кырдьык дуо?» диэбиттии, Сэмэнчик диэки хараҕын кырыытынан көрүтэлээн кэбиһэр.
– Ол түөкүнү көрөрүм эбитэ буоллар, хабарҕатын… сыгынньах илиибинэн хайа тутан өлөрүө этим! – Сылластыгас Сүөдэркэ, Сэмэнчик хабарҕатыгар түһээри гыммыттыы, икки илиитин сарбаҥнатар, тииһин хабырынан кычыгыратар. – Мин, кинини көрдөөн, Дьокуускай түрмэтигэр олорор биэс сүүсчэкэ бассабыыктары барыларын кэрийдим, булбатым. Чиччик, кини баҕас, мин да илиибиттэн үөстэммэтэр, уҥуоҕа сахсайда ини…
Сэмэнчик аһаан бүтүөхтэригэр диэри иннэ-бүргэс үрдүгэр олорор. Аны Лэгиэнтэй атыыһыт «ол уолуҥ – бу олорор» диэн Сылластыгаска этэн биэриэ диэн ыксыыр. Аһаан бүтэллэр. Лэгиэнтэй атыыһыт Сылластыгас Сүөдэркэҕэ Сэмэнчик утуйар хоһугар орон оҥотторор. Сэмэнчик биир туспа санаа бөҕөҕө түһэр.
– Ити хоноһону мин ороммор сытыар. Мин күүлэҕэ тахсан утуйуом: манна итиитэ бэрт, түүн аайы утуйбакка сордонобун, – диэн орон оҥоро киирбит хамначчыт кыыска этэн баран, уол тэллэҕин хомунан таһырдьа тахсар. Ол тахсан күүлэ муннугар таҥаһын быраҕаат, Намныыр суол устун атах мээнэ бара турар…
VСүөдэр сылайыы бөҕөнү сылайан, сыккырыыр тыына эрэ хаалан, биир киэҥ баҕайы күөлү булар. Ол күөлү эргийэ баран иһэн, быыкаа үүтээн оҕото баарыгар киирэр. Манна били Кыдама оҕонньор бөдөҥ баҕайы собону сии олорор эбит. Оҕонньор соботун өлүн мас ньуосканан баһан сиэн сыпсырыйа-сыпсырыйа:
– Бу хантан сылдьар киһигиний? – диэн ыйытар. Кини сирэйдиин-харахтыын уларыйан хаалбыт Сүөдэри букатын билбэт быһыылаах.
– Айахпын батыһа сылдьар киһибин.
Кыдама тиритэн-хорутан ньалҕарыйбыт сирэйин ытыһын таһынан туора соттон кэбиһэр, Сүөдэр бинтиэпкэтин, батарантааһын көрүтэлиир.
Сотору дьиэлээх эмээхсин икки ыаҕаска уу баһан кэлэр, Сүөдэри одуулаһа-одуулаһа:
– Били оҕом булдуттан кэлэн олордоҕо диэбитим, атын киһи кэлэн олорор эбит буолбат дуо?
– Эмээхсин, дорообо! – диир Сүөдэр.
– Бу хайа диэки оҕо этиҥ? Билимээри гынным ээ…
– Бу хайа ааттаах сирий?
– «Куччугуй эбэ» диэн.
– Оттон, мин көрдөхпүнэ, бэрт улахан сиргэ дылы.
– Улахан эбэҥ мантан балтараа көс кэриҥэ буолуо. Ол, кырдьык, улахан сир. Устатынан көрдөххө, анараа кытыла күөх торҕо курдук күдэриктийэн эрэ көстөр, – диир оҕонньор.
Эмээхсин үүтээнин үгэҕиттэн үөлүллүбүт бөдөҥ соболору аҕалан остуолга уурар.
– Суол киһитэ аччыктаабытыҥ буолуо. Кэлэн балыкта амсай.
– Аччыктааһын ханна барыай…
– Бээрэ, тукаам, эн бу хайа диэкиттэн иһэҕин? – эмээхсин Сылгыһыкка туос тордуйаҕа чэй кутан биэрэр.
– Бүлүүттэн иһэбин.
– Айа, ырааппытын баҕаһын, – эмээхсин соһуйар, – ол Бүлүүгүттэн хайа диэки баран иһэр быһыыгыный?
– Ким билэр, ханна тиийэн тохтуубун.
Кыдама, илдьирийэн хаалбыт халтаҥ сонун кэтэн, үүтээн иһиттэн тахсан барар.
– Эмээхсин, эйигиттэн тугу кистиэмий? – Сүөдэр сэһэнин салгыыр. – Мин кыһыл этэрээтин киһитэбин… Колчак сэриитэ хотон, күрээн сылдьар киһибин.
– Үнүрүүн мин оҕом Бөҕө Иэдэстээх ыалыгар бара сылдьан Дьокуускайы кыһыллар кэлэн ылбыттар, саҥа, туох эрэ сах былааһа турбут үһү диэн эрэрэ эбээт. Ол саҥа былаас киһитэ буоллаҕыҥ дии?
– Оннук.
Кыдама биир собо илимин киллэрэн абырахтаары дьиэ өһүөтүгэр ыйыыр.
– Оҕонньоор, ыалдьыппыт дьикти сэһэннээх киһи кэлэн олорор… били үнүрүүн Миитэрэй уол кэпсиир саҥа былааһын киһитэ үһү, – эмээхсин, Сүөдэр манна суоҕун курдук, кэпсээн барар.
– Ол эн ханнык саҥа былаас киһитэҕиний, сэгээр. Үнүрүүн биһиги уолбут кэпсээбитэ да, тугун да өйдөөбөтөхпүт, – оҕонньор Сүөдэр аттыгар кэлэн сэргэстэһэ олорунан кэбиһэр.
Сүөдэр ити киэһэни быһа Советскай былаас туһунан кэпсиир.
– Ол Элиэдьин, ити эн этэриҥ курдук, кыайан-хотон таҕыстаҕына, эмиэ ыраахтааҕы буолуо дуу, хайдаҕый? – Кыдама балайда өйдөөбүт киһи курдук туттан олорон ыйытар.
– Ыраахтааҕы диэн баттыгастаах олох саамай үрдүкү тойоно буолар. Онон Сэбиэскэй былаас кыайдаҕына ыраахтааҕы диэн суох буолуо.
– Оччоҕо ол Элиэдьини биһиги туох диэн ааттыахпытый? Мин мантан мунааран олоробун…
– Туох диэхпиний, кинини бэйэбит сирдьиппит, салайааччыбыт диэхпит буоллаҕа дии.
– Оттон дьэ ити билигин үрүҥнэр кыайдылар диэтиҥ дии? Кинилэр тойонноро, баһылыктара туох диэн ааттаныай?
– Кинилэр үлэһит норуоту букатын кыайыахтара суоҕа, син биир кыайтарыахтара… Оттон, холобура, кыайаллара эбитэ буоллар, биир эмит бастыҥ баайы тойон оҥоруохтара. Ол кыра-хара дьоҥҥо, ыраахтааҕытааҕар ордук баттыгастаах тойон буолуо.
Сарсыарда «Улахан эбэттэн кэллибит» диэн Кыдама оҕонньор уолаттара үс турбут киһи кэлэллэр. Кинилэр онно балыктыыр этилэр. Ол балыктарын урут Лэгиэнтэй атыыһыт киһитэ тахсан атыылаһара үһү. Билигин балыктарын ким да ылбат буолан хаалбыт. Онон кыдамалар таҥнар таҥастара, иһэр чэйдэрэ, тардар табахтара суох буолан быстаран, иэдэйэн олороллор.
Сүөдэр Кыдамалааҕы кытта балыктаһан, бултаһан, туох-ханнык буоларын көһүтэн, ити Лүксүгүн күөлүгэр кыстаан хаалар.
* * *
Маайа, оҕото барсыбыт кыһыл этэрээтэ хотторбут сураҕын истэн, санааргыы бөҕөнү санаарҕаан сылдьар. Кини билигин биир бааһынай оҕонньоругар хамнаска кэпсэтэн үлэлиир.
Маайа бу ыалга мас мастыыр, от тиэйэр, сүөһүлэрин көрөр. Оҕонньор кыһын устата дьиэтигэр аҕыйахтык көстөн ааһар, кини Сараапап атыыһыт бириискэлэригэр таһаҕас таһыытыгар сылдьар.
Маайа ханна сылдьарын былаһыгар санаата эрэ оҕото Сэмэнчик этэ. Оннооҕор биирдэ, тыаҕа мас тиэйэ турдаҕына, ханна эрэ оҕотун саҥата «маама!» дииргэ дылы гыммыта. Маайа, сыарҕаҕа ууран испит хардаҕаһын сиргэ мүччү тутан кэбиһэн баран, иһиллии сатаабыта да, туох да биллибэт этэ…
Биирдэ аллараттан иһэр борохуот кэлэн тохтообута. Күһүҥҥү сиппэрэҥ ардах түһэ турара. От-мас барыта, ытаабыт-соҥообут курдук, ньип-ньиччэҕэй этэ. Маайа бадарааннаах суол устун мүлтү-халты тэбинэн биэрэккэ киирэр. Кытылга киниттэн ураты биир да киһи суох. Борохуот, икки кыракый баржаны соһон Сараапап ыскылаатын анныгар кэлэн тохтоон, хайдах эрэ «ычча, ычча-ш-ш!» диир курдук, үп-үрүҥ паарынан өрүтэ тыыммахтыы турар. «Ама, бу борохуотунан оҕом эмиэ кэлбэтэҕэ буолуо дуо?» – дии саныыр кини. Биир эдэркээн баҕайы нуучча уола борохуоттан түһэн, киниэхэ чуо-бааччы тиийэн кэлэр:
– Сараапап атыыһыттаах дьиэлэрин миэхэ ыйан биэриэҥ буолаарай?
– Кинилэргэ туох наадалааххыный?
– Билэриҥ буолаарай, Сараапап атыыһыттаахха Мария Владимирова диэн үлэһит дьахтар олорор дуо?
Маайа сүрэҕэ мөхсө, тыына кылгыы түһэр:
– Маайа Быладьыымараба диэн мин турабын.
– Кырдьык дуо? – уол бэйэтэ даҕаны улаханнык соһуйа түһэр.
– Кырдьык. Туох наадалааххын?
– Эн уоллааххын дуо?
– Баар этэ… Сэмэнчик диэн…
– Семен миигиттэн көрдөспүтэ…
– Оҕом тыыннаах дуо? Ханна баарый?
– Кини Якутскайга олорор. Типографияҕа үлэлиир.
– Сэгэриэм, мин олорор ыалбар барыах. Эн миэхэ кэпсээ, кини хайдах сылдьарый, тугу гынарый?
– Суох, мин… Эһиэхэ барбаппын… Миигин Семен көрдөспүтэ: «Маачаҕа Сараапап атыыһыттаах диэн ыалга мин ийэм олорор, киниэхэ мин тыыннаах сылдьарбын иһитиннэр», – диэн. Мин итинтэн ордук кэпсиирим туох да суох.
– Кинини хаһан көрсүбүккүнүй? Өлүөр, этэҥҥэ сылдьар дуо?
– Өлүөр, үчүгэйдик сылдьар… Мин кинини сүүрбэччэ хонуктааҕыта көрсүбүтүм.
– Туох эмит бэлиэни миэхэ ыытта дуо?
– Суох, тугу да ыыппата. Чэ, тиэтэйэбин, миигин сүтүктүү сылдьыахтара! – уол борохуот диэки сүүрэр.
Маайа, санаатыгар, оҕотун Сэмэнчиги сип-сибилигин илэ бэйэтин көрбүт, кэпсэппит курдук буолан, наһаа үөрэр, чэпчиир, хараҕа сырдыы, көхсө кэҥии түһэр…
* * *
Сэмэнчик түүнү быһа айаннаан, сарсыарданан сиһи быһан, сырыынньа соҕус аартыгынан мырааны таҥнары түһэн кэлэр. Ол курдук мас таҥара дьиэтин кириэһэ килбэйэн көстөр, суол уҥа өттүгэр устата биллибэт үтүө хочо нэлэһийэн сытар.
Сэмэнчик ханнык эрэ от үрүйэни туоруур күрбэ сыыһа баарыгар тиийэн кэлэр. Күрбэ аннынан ып-ыраас уу кыллыгырыы сытарыгар түһэн сирэйин суунар, икки ытыһынан сомсон ылан утаҕын ханнарар.
Аллара тулата хоп-хойуу хомуһунан бүөлүү үүммүт уһун синньигэс элгээн хараара сытар. Онно биир тыылаах оҕонньор туу уга сылдьарын көрөн, уол кини тахсар биэрэгэр тиийэн олорунан кэбиһэр. Сотору уһун ньолбуһах сирэйдээх, кытаран көстөр бытыктаах, маҥхайан эрэр баттахтаах оҕонньор киһи эрдинэн кылбаарытан кэлэр. Кини тымтайдаах балыгын туппутунан биэрэккэ тахсан тобугун үөһэ өттүгэр диэри тиэринэн кэбиспит даба баккытын сотолорун түһэринэ-түһэринэ:
– Дьэ, доҕоор, бу хайаларын оҕото кэлэн олороҕунуй? – диэн ыйытар.
– Маннааҕыбын, – диир Сэмэнчик, – эн ким диэн оҕонньоргунуй?
– Дьэ, доҕоор, хайаларын ыччата буолаҕын?
Сэмэнчик туох да диэн тута-хаба хоруйдуон булбат. «Сылгыһыт Сүөдэр уолабын» диэҕин, баҕар, бу оҕонньоро Сылластыгаска этэн биэриэ. Ол иһин атын дьону сураһан барар:
– Оҕонньоор, эн Толлор Ньукулай эбэтэр Чөмөөт Сэмэн, эбэтэр Бороҥнуур Охонооһой ханна олороллорун билэриҥ буолаарай?
– Дьэ, доҕоор, «Толлордоро» диэн мин буолабын, ол миэхэ туох соруктаах буолан кэлбит оҕоҕунуй?
Сэмэнчик бу дьон туһунан ийэтэ Маайа кэпсиирин истэрэ. Онон бэҕэһээ киэһэ Сылластыгас «хабарҕатын хайа тутан өлөрүөм» диэбититтэн куттанан, кини атын ханна да барар сирэ суох буолан, ити үс киһиттэн биирдэстэрин эмэтин булаайабын диэн манна кэлбитэ.
– Туох да соругум суох буолан баран, мин төрөппүттэрим кэпсииллэрин истэр этим…
– Дьэ, ол төрөппүттэриҥ кимнээх диэн этилэр?
– Сылгыһыт Сүөдэр диэн баара…
– Дьэ, доҕоор, ол киһи ыччата бачча улахан киһи буолбуккун дуу?.. Аҕаҥ-ийэҥ ханналарый?
Сэмэнчик бу оҕонньорго аҕатын хаайыыга илдьэ барбыттарын, ийэтэ Маачаҕа олорорун кэпсээн биэрэр.
Толлор Ньукулай сиэбиттэн туос холтуунун ылан, тыгыалаан «топ-топ» гыннаран баран, табах сыҥсыйар.
– Дьэ, доҕоор, ол барахсаттар оҕолоро олороргун билбэтэхпин дии. Өйдөөн көрдөххө, аҕаҕын улаханнык маарынныыр эбиккин.
– Оҕонньоор, мин Дьокуускайга кыһыл этэрээтин кытта кэлбитим. Тойотторгут биллэхтэринэ, миигин, бука, моһуоктуохтара, хаайа эҥиннии сылдьыахтара. Онон мин туспунан кимиэхэ да кэпсээмэ.
– Дьэ, доҕоор, мин тугум кыһалҕатыгар кэпсии сылдьыамый… Онон ол эн дьонуҥ, кыһыллар, хайаһан туралларый?
– Манна, Саха сиригэр, Колчак былааһа кыайда… Оттон соҕуруу сэрии бара турар… Сотору кыһыллар кыайыахтара, оччоҕо эмиэ Советскай былаас буолуо.
– Дьэ, доҕоор, биһиэхэ тахсыах! – Толлор тымтайдаах балыгын сүгэн, эрдиитин тутан, инники киирэн суол устун бакыҥныыр.
Толлордоох дьиэлэрэ ыаллартан ойдом, кырдал үрдүгэр соҕотоҕун турара. Сэмэнчик, тото балык сиэт, сылайбыта бэрт буолан, утуктаан барар.
– Дьэ, доҕоор, утуйуоххун баҕарар буоллаххына, таһырдьа хоспоххо тахсан утуй, онно арыый сөрүүн буолуо.
Толлор Ньукулай Сэмэнчиги ампаар иннигэр туруору маһынан оҥоһуллубут хоспох иһигэр киллэрэн утутар. Уол киэһэлик уһуктан иһиллии сыттаҕына, арай таһырдьа дьон кэпсэтэллэр:
– Сылгыһыт бэйэтэ өлбүтэ-тыыннааҕа биллибэт үһү, – диир Толлор саҥата.
– Оттон уола улахан киһи буолбут дуу? – хайдах эрэ чобугураабыт саҥалаах киһи ыйытар.
– Улахан, бэртээхэй киһи буолбут.
– Тоҕо манна кэлээхтээбит быһыылааҕый? – аны хайдах эрэ сөҥ баҕайы куолас иһиллэр.
– Быһыыта, билиҥҥи былаас тойотторуттан саһа сылдьар быһыылаах.
– Били маннааҕы Сылластыгас тойон, саалана-саалана, бэркэ өрө көрөн эрэр, – диир чобугураабыт киһи саҥата.
– Кырдьык, аны киниэхэ түбэһэн алдьархай буолуо, – диир сөҥ саҥалаах киһи.
– Дьэ, доҕоттоор, онон хайыыбытый? Биһиги Огдооччуйа эмээхсин албынын итэҕэйэн, Сүөдэрдээх дьиэлэрин уоттаабатахпыт буоллар, кинилэр, баҕар, манна күн бүгүнүгэр диэри киһилии олоруох этилэр…
– Күһүҥҥүгэ диэри ойуурга саһыарыаҕыҥ. Онтон нам-нум буоллаҕына, дьиэбитигэр олордуохпут, – диир чобугураабыт саҥа.
– Дьэ, доҕоор, тураргар уолдьаста быһыылаах, киирэн аһыаҕыҥ! – Толлор, хоспох аанын өҥөйөн туран, Сэмэнчиги дьиэҕэ ыҥырар.
Сэмэнчик дьиэҕэ киирэр. Манна икки билбэт оҕонньотторо бааллар. Биирдэстэрэ – тараҕай төбөлөөх кыра киһи; иккиһэ – адьас хаар маҥан баттахтаах, аҥхайбыт уҥуохтаах улахан киһи. Кыра киһи, били чобугурас саҥалаах – Чөмөөт Сэмэн, оттон улахана – Бороҥнуур Охонооһой этэ.
Дьиэлээх эмээхсин балык хоторон остуолга аҕалар.
– Дьэ, доҕоор, били эн сураспыт дьонуҥ бу кэлэн олороллор. Биһиги эйигин саһыарарга сүбэлэстибит. Үөһэ, Тэҥкэ күөлэ диэн, мин балыктыыр сирдээхпин, онно отууланар үүтээним баар. Биһиги эйигин онно олордор гына быһаарыстыбыт. Ол хайдах буолуо дии саныыгын?
– Миэхэ киһитэ-сүөһүтэ суох эрэ сир буоллун.
– Онно мээнэ киһи сылдьыбат сирэ, – дэһэллэр оҕонньоттор.
Сэмэнчиги ити түүн оҕустаах сыарҕанан Тэҥкэ күөлүгэр таһаараллар. Киниэхэ тэллэхтээх суорҕан, аһыыр ас, туттар иһит, ону таһынан биир туурка саа биэрэллэр. Кини онно күһүнү быһа хаар түһүөр диэри олорор. Бэйэтэ балыктаан, саатынан кустаан, куобахтаан сиир, онон аралдьыйар.
Кыһынын Сэмэнчик маҥнай Толлордооххо, онтон Чөмөөт Сэмэннээххэ, тиһэҕэр Бороҥнуур Охонооһойдооххо уларыйа сылдьан олорор. Сааһыары соҕус тэһийбэккэ, Бороҥнуур Охонооһойдуун куоракка киирсэн хаалар.
Куоракка киирэн урут типографияҕа бииргэ үлэлээн сылдьыбыт Лошкарев диэн билэр киһитин көрсөр. Типография үлэһиттэрэ үгүстэрэ хаайыыга сытар буолан, наборщикка улаханнык наадыйар эбиттэр. Онон Сэмэнчик типографияҕа наборщигынан үлэлии киирэр.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.