Электронная библиотека » Николай Золотарев » » онлайн чтение - страница 35

Текст книги "Төлкө"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:21


Автор книги: Николай Золотарев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 35 (всего у книги 62 страниц)

Шрифт:
- 100% +
VII

Суолтан кыайан күрээбэккэ, хаайыылаахтар бары Иркутскай куоракка кэлэллэр. Туох да буруйа суохтарын Сүөдэр бэрт үчүгэйдик билэр. Ол иһин кини «суут биһигини быыһыа» дии саныыр. Иркутскайга кэлэллэрин кытта кинилэри пересыльнай түрмэҕэ угаллар. Ол түрмэҕэ Сүөдэрдээх ахсынньы саҥатыгар диэри олороллор. Ити тухары хайаларын даҕаны доппуруоска ыҥырбаттар.

Ахсынньы ый төрдүс күнүгэр кинилэр олорор камераларын аана дьэ аһыллар. Хомбуой киирэр. Хомбуой начаалынньыга модьу-таҕа көрүҥнээх унтер:

– Түргэнник таҥныҥ! – диэн ыгылытар.

– Бары таҥнабыт дуо?.. Ханна илдьэҕитий? – Трошка ыйытар.

– Ханна даҕаны бараргыт эһиэхэ син биир буолбат дуо? – диэн унтер бардьыгыныыр.

– Суох, тойон унтер.

– Бүгүн суукка бараҕыт.

Хаайыылаахтар, дьиктиргээн, сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Доппуруоска ыҥырбакка эрэ, хайдах суукка ыҥыралларын дьиибэргииллэр.

* * *

Иркутскай судебнай палатата. Хаар маҥан баттахтаах кырдьаҕас генерал – суут председателэ. Кини икки бастаах, сарайбыт кынаттаах кыһыл көмүс солотуулаах өксөкү – Российскай империя гербэтин – анныгар токуйан олорор. Кини икки өттүгэр сэтээтэллэр, суут чилиэннэрэ, генерал-губернатор килэйэн-халайан олороллор.

Туоһулар ложаларыгар: Теппан, Коршунов, Трещенков ротмистр бааллар.

Сууттанааччылары көмүскүүр албакааттар остуолларыгар Керенскэй уонна Патушинскай көстөллөр.

Буруйдааччы остуолугар дьиҥнээх государственнай советник Переломов дуоспуруннаахтык туттан, халыҥ дьыаланы көрө-истэ олорор.

Өр-өтөр буолбат, хаайыылаахтар хандалыларын тыаһа кылыргаан иһиллэр. Суут састааба өрөйө-чөрөйө түһэр. Бука бары ааны кэтииллэр. Хомбуой начаалынньыга ааны аһар. Сүөдэри, Трофим Алмазовы, Федор Зеленовы уонна Иван Быковы харабыллаан киллэрэн, сууттанааччылар миэстэлэригэр илдьэллэр.

– Биһигини сууттууллар эбит дуу?.. – Трошка доҕотторуттан ыйытар.

– Кэпсэтиигитин тохтотуҥ! – диэн унтер бардьыгыныыр.

Суут маҥнайгы күнүгэр Зеленовы, Алмазовы, Быковы уонна Сүөдэри доппуруостаан тахсар. Сууттанааччылары доппуруостаан бүтээт, аны туоһулары, биирдии-биирдии киллэртээн, ыйыталлар. Аан бастаан кылаабынай туоһу быһыытынан Теппаны ыҥыраллар.

– Сууттанааччылар ыскаамыйаларыгар олорооччулары сирэй билитэлиигин дуо? – суут председателэ, остуолугар бүк түһэн олорон, ыйытар.

– Тойон председатель, сирэй хайаларын даҕаны билитэлээбэппин. «Лена Голдфилдс Корпорация» бириискэлэригэр бэрт үгүс киһи үлэлиир.

– Эт эрэ, тойон Теппан, эн салайар кэмҥэр забастовка буолбута дуо? – диэн суут председателэ, бэрт минньигэһи эмэн эрэр курдук, уоһун үмүрүҥнэтэр.

– Да, тойон председатель.

– Рабочайдар тоҕо забастовканы оҥорбуттарай? Эн туох төрүөттээҕин билэриҥ буолаарай?

– Тойон председатель, тойоттор! Мин билэрбинэн, ханнык даҕаны боччумнаах төрүөт суоҕа. Биһиги бириискэлэрбитигэр полиция мөлтөҕүнэн туһанан, политиктар, революционердар, большевиктар үксээбиттэрэ…

– М-м, да-да! Ити кырдьык! Баһаалыста, тойон… м-м… Теппан, салгыы эт, – диэн суут председателэ мээмиргиир.

– Бу сууттанааччылар ыскаамыйаларыгар олорор дьон, сураҕын иһиттэхпинэ, забастовканы тэрийбиттэр, государь императоры холуннарбыттар.

– Букатын сымыйа! – Трошка хаһыытыыр.

– Ба-ба-батюшка, эйиэхэ тыл бэриллэ илик, – диэн суут председателэ саба саҥарар.

– Забастовка туохтан төрүттээҕин билбэт үһү… Сымыйа! – аны Зеленов хаһыытыыр.

– Айдаарар буоллаххытына, суут үлэтин мэһэйдиир буоллаххытына… м-м… эһигини таһааттаран баран, кэтэххититтэн сууттуохпут, – суут председателэ саанар, куттаталыыр.

– Кырдьыгы сымыйаҕытынан сабыаххыт суоҕа! – Трошка эбэн биэрэр.

Теппан кэнниттэн суут Коршунову доппуруостуур. Сууттанааччылар сэргии түһэллэр.

– Инженер Коршунов, эн билитэлиигин дуо бу сууттанааччылар ыскамыайкаларыгар олорооччулары? – диир суут председателэ.

– Билитэлиибин, – диир Коршунов, сууттанааччылар сирэйдэрин көрбөккө туран.

– Ааттарын ааттаталаа!

Коршунов сууттанааччылар диэки эргиллэр уонна:

– Зеленов – Пророк-Ильинскэй бириискэҕэ шахтаҕа үлэлээбитэ; Алмазов – Надеждинскай бириискэҕэ баҕана туруоруутугар үлэлээбитэ; Быков – Андреевскай бириискэҕэ эмиэ шахтаҕа үлэлээбитэ. Владимиров – кини тыаттан мас таһыытыгар үлэлээбитэ.

– Да-да, ити чахчы!.. Кинилэр забастовкаҕа туох сыһыаннаахтарын билэҕин?

– Тойон председатель, тойоттор! Мин кинилэр ортолоругар сылдьыбытым, кинилэр миигиттэн тугу да кистээбэт этилэр. Мин биирдэ кинилэр кистэлэҥ мунньахтарыгар эмиэ ыҥырыллан бара сылдьыбытым. Забастовканы кинилэр тэрийбиттэрэ, кинилэр ыйыыларынан үлэһиттэр бууннара буолбута.

– Тоҕо ити курдук сааппакка сымыйалыыгын? – Алмазов хаһыытыыр.

Суут председателэ үрүҥ көмүс чуорааны тыаһатар уонна эмиэ айаҕын чамырҕатар:

– Өскөтө аны биирдэ саҥарыаххыт, сууттан таһаартаан кэбиһиэм! Инженер Коршунов, тугу этэрдээххин салгыы кэпсээ.

– Бу, сууттанааччылар ыскамыайкаларыгар олорооччулар, ыраахтааҕы уонна правительство куһаҕаннарын хостоон үгүстүк критикалыыр этилэр, үлэһиттэри былааһы, бэрээдэги утары турарга ыҥыраллара…

– Иуда! – диир Зеленов.

Председателлээччи көмүс чуораана эмиэ чугдаара түһэр. «О-о, акаарылар албыннатар да буолар эбиппит!» – дии саныыр Быков.

Онтон жандармскай ротмистр Трещенковы туоһу быһыытынан ыҥыраллар. Трещенков чыынын, наҕараадаларын барытын иилиммитинэн киирэн кэлэр. Кини сууттанааччылары сирэй билбэт этэ, ол да буоллар син биир кинилэри буруйдаан тыл этэр:

– Ленаҕа буолбут ытыалааһыны бу олорооччулар таһаарбыттара. Мин, ыраахтааҕы былааһын үлэһитэ буоларым быһыытынан, государство интэриэһин харыстаан, үлэһиттэри ытыалыырга бирикээс биэрбитим. Өскөтө, мин онно сааны туттубатаҕым буоллар, үлэһиттэр Лена кыһыл көмүһүн хостооччу Корпорация кылаабынай резиденциятын дьиэтин үрэйиэ, уоттуо, Корпорация салайааччыларын өлөртүө этилэр. Ону ааһан, кинилэр саллааттар сааларын былдьаан ылан бастаанньа тэрийэр сыаллаахтара. Итини барытын бэрт үчүгэйдик билэр – үлэһиттэр ортолоругар сылдьыбыт тойон Коршунов. Кини ити туһунан мин баарбына тойон Теппаҥҥа кэпсээбитэ. Онон Ленаҕа өлбүт 273 киһи бу олорооччулар буруйдарынан өлөрүллүбүттэрэ…

Суут биир нэдиэлэ устата буолар. Государство судебнай палататын чилиэнэ, дьиҥнээх государственнай советник Переломов үс чаас устата тыл этэр. Кини Алмазовы, Зеленовы, Быковы уонна Владимировы, ыар буруйдаахтарынан ааҕан туран, төрдүөннэрин ытыалаан өлөртүүргэ уурарга сууттан көрдөһөр.

Переломов кэнниттэн Сүөдэр уонна Алмазов көмүскээччилэрэ Александр Федорович Керенскэйгэ тыл биэрэллэр. Керенскэй оргууй аҕай туран кэлэр, «көмүскүүр» дьонун диэки көрбөхтүүр уонна суут остуолун диэки хайыһар.

– Тойон председатель, тойоттор! Биһиги биир нэдиэлэ устата манна иһиттибит буруйданааччылар хоруйдарын, туоһулар көрдөрүүлэрин, тойон государственнай советник этиитин. Ол түмүгэр Лена өрүс үлэһиттэрин хаана туохтан тохтубута биһиэхэ арылхайдык көһүннэ. Мин көмүскүүр буруйданааччыларым: Трофим Алмазов уонна Федор Владимиров күн судаар иннигэр кыайан чэпчэтиллибэт хараҥа буруйу оҥорбуттара мөккүөрэ суох. Икки сүүс сэттэ уон үс киһи хаана, огдооболор, тулаайахтар харахтарын уута кинилэр үрдүлэригэр ыар буруй буолан сүктэриллэр. Витим өрүс кытылыгар тохтубут дьон хаанын мин бэйэбинэн көрбүтүм. Хас биирдии таммах хаан мин сүрэхпэр сибигинэйэр курдуга: «Биһигини албынынан, минньигэс тылларынан иирдэн забастовкаҕа кытыннарбыттара, бууҥҥа тардыбыттара. Биһиги күн ыраахтааҕы иннигэр, үҥэр таҥара иннигэр халыҥ аньыылаахпыт, хараҥа буруйдаахпыт! Биһиги буруйдуубут «революция» дии-дии айаҕаланар Россия социал-демократическай рабочай партиятын! Революционердар, уһун тылларыгар сөрөөн, биһигини сууту-сокуону утары туруорбуттара! Биһиги буруйдуубут… сууту-сокуону утары туруорбуттары!»

Онон мин көмүскүүр сууттанааччыларым государство, күн ыраахтааҕы иннигэр ыар буруйдаахтара саарбаҕа суох, мин иккиһин бигэргэтэн этэбин! Ол эрээри, мин тойон председательгэ, тойотторго этиэм этэ: «Ыраахтааҕы көхсө киэҥ, кини сокуона аһынымтыа! Онон бу дьон олохторун үрдүк үҥэр таҥара илиитигэр хаалларан туран, кинилэри хаатырга үлэтигэр ыытарга уураахтыырга», – диэн.

Председатель буруйданааччыларга тыл биэрэр. Маҥнайгы тылы Алмазов ылар. Кини, суут иннигэр бэрт холкутук турунан кэбиһэн баран, хаҥас илиитинэн кылгас гына кырыллыбыт баттаҕын өрө имэринэр.

– Эһиги биһигини сууттуу олорорбут буолуо дии саныыгыт быһыылаах, тойон председатель, тойоттор. Ол эрээри эһиги санааҕыт ити кэтэн олорор виц-мундиргыт оноотунааҕар кылгас эбит. Эһиги биһигини сууттаабаккыт, биһиги эһигини сууттуубут. Төһө да көмүһүнэн, харчынан, ыраахтааҕыгыт сокуонунан даҕаны өлөртөөбүт дьоҥҥут хаанын кыайан сууйуоххут суоҕа!.. Бодойбоҕо өлбүт биһиги табаарыстарбыт хааннара иэстэбиллээх буолуоҕа…

Председатель чуораана бокуойа суох өрө кылыгырыы түһэр. Трошка, тугу да истибэтэх курдук, этэ турар:

– …Кинилэр хас биирдии таммах хааннара эһиги былааскыт батталын, эһиги сокуоҥҥут албынын бар дьон, бүтүн норуот хараҕар арыйан көрдөрөр. Биһиги өттүбүтүгэр – кырдьык, эһиги өттүгүтүгэр – сымыйа!..

Суут председателэ ойон туран, айаҕын чамырҕаппахтыыр, көмүс чуораан иэрийэ-иэрийэ чугдаарар:

– Сууттанааччы Алмазов, түмүк тылы этэриҥ быһыллар!

– …Мин түмүк тылбын этэрбин ким даҕаны бобор кыаҕа суох. Мин мөлүйүөнүнэн ахсааннаах үлэһит норуот аатыттан этэбин. Эһиги этэргитигэр мин тугу да саҥарбатаҕым…

– Бу преступнигы мантан киэр гына охсуҥ! – председатель хаһыытаан бааҕыныыр.

Полицейскайдар Трошканы суут саалатыттан илдьэ тахсан бараллар.

– Түмүк тыл буруйданааччы Владимировка бэриллэр. Ол гынан баран, мин эрдэтинэ сэрэтэбин, өскөтө суукка сыһыана суох ордук-хоһу тылы туттан, атыны этэр буоллаххына, эн түмүк тылыҥ эмиэ быһыллыаҕа.

Председатель көлөһүн бычыгыраан тахсыбыт сүүһүн күөх солко былаатынан соттон кэбиһэр.

– Мин үөрэҕэ суох, нууччалыы куһаҕаннык билэр саха киһитэбин, – диир Сүөдэр. – Бу суут буолуор диэри мин испэр саныырым: «Биһиги күн судаарбыт үрдүк суута кыра-хара норуоту харыстыыра буолуо», – диэн. Билигин мин илэ бэйэбинэн көрдүм, иһиттим. Буруйа суоҕу буруйдуур, аньыыта суоҕу аньыылыыр суут буолар эбит…

Суут председателэ Сүөдэри тохтотон кэбиһэр.

– Мин сэрэтэбин, манна үлэһиттэр мунньахтара буолбатах, үрдүк таҥараттан, үрүҥ ыраахтааҕыттан тэриллибит суут! Аны биир куһаҕан тылы государствоны утары этиэҥ да, түмүк тылгын бобон кэбиһиэм. Эн суукка буруйгун билинэргин-билиммэккин эрэ эт!

– Мин буруйдаахпын эрэ дии санаабаппын.

– Ол аата, буруйгун билиммэт буоллаҕыҥ дии?

– Ити туоһу буолан олорооччулар бааллар дьиҥнээх буруйдаахтар. Тоҕо кинилэри манна, биһиги оннубутугар, олордубаккытый?

– Ону эйигиттэн ыйытыахпыт суоҕа… Көрдүгүт дуо, аны ханнык эрэ «инородецтар» чообурҕаһар буолбуттар дии! Государь император сокуона кытаанах. Эн баҕас бэлэскин бүөлүүр ини.

– Мин биир буруйу билинэбин… – Сүөдэр итинник этэрин кытта бука бары чөрбөһө түһэллэр.

– Ол тугу?.. Эт! – суут председателэ сэҥээрэр.

– Мин буруйдаахпын – баччааҥҥа диэри ыраахтааҕы сууттаах-сокуоннаах буолуо диэн итэҕэйэ сылдьыбыппар. Маннык хара батталлаах сокуоннаах буоллаҕына, эһиги даҕаны ыраахтааҕыгыт өр олорбот ини…

– Буруйданааччы, түмүк тылыҥ быһыллар!.. Харабыл, киэр гыныҥ! – суут председателэ хаһыытаан баргыйа түһэр.

Саллааттар Сүөдэр үрдүгэр түһэллэр, кинини суут саалатыттан таһаараары соһоллор. Сүөдэр соһуллан иһэн хаһыытыыр:

– Мин ааһыныам! Бу суут буолбатах…

Ити курдук суут биир да буруйданааччы түмүк тылын ситэри этиппэт.

– М-м… көстөн турар политиктар… За-забастовка кинилэр оҥоһуулара… М-м… итинниктэр тугу баҕарар оҥоруохтарын сөп.

Суут түөрт буруйданааччылары төрдүөннэрин өлүөхтэригэр диэри хаатырга үлэтигэр ыытарга уураахтыыр.

VIII

Маайа кэргэнин Сүөдэри илдьэ барбыттарын кэннэ олус тулаайахсыйар. Дойдутугар төннүөн саныыр да, барар кыаҕа суох. Аҕатын аахха төннүөн саныыр да, били Киллэмҥэ Лэгиэнтэй атыыһыттаахха олордохторуна, аҕата эппит тылын умнубат: «Маайа, ыал хамначчытын оччо таптаабыт буоллаххына, хааллаҕыҥ. Биһигини дьонноохпун эрэ диир буолаайаҕын. Биһиги туспут туспа, эн туһуҥ туспа!» Маайа үөһэ тыыммахтыыр, хараҕын уутун соттор. Кини манна хайдах да сатаан олоруон булбат. Байбал Тиэхэнэпкэ баран харчы көрдүөн, оҕонньор кыыһырар сураҕын истэр. Ол иһин ыксаан, оҕотунаан Бодойбо куоратыгар киирэллэр. Манна киирэн, урут олоро сылдьыбыт ыалыгар, Дмитрий Константинович Моисеевтаахха, тиийэр.

«Биһиги билигин үлэһит дьахтардаахпыт, үлэһиккэ кыһаммаппыт» диэн аккаастаан таһаараллар. Маайа сордоох оҕотунаан тохтоон сынньана да түһэр сирдэрэ, аһыыр да астара суох сир-халлаан икки ардыгар туран хаалаллар. Тула өттө барыта туора дьон: киһини аһыныах-харыһыйыах быһыылара биллибэт.

Бодойбо куоратынааҕы «Улахан Коммерческай», «Гаумановскай» уулуссалар лааппыларын киэҥ түннүктэрэ килэһэн тураллар. Түннүк ис өттүгэр ас-таҥас талбыта баар. Оттон Маайа соҕотох оҥойор айаҕар аһыыр аһын булбат.

Борук-сорук буолуор диэри оҕотунаан уулуссаны биир гына мээрэйдээн тахсар. Маайа бу сылдьан: «Саатар, биир эмэ билэр да киһибин көрсүбэт буоламмын», – дии саныыр. «Улахан Коммерческай» уонна «Гаумановскай» уулуссалар муннуктарыгар турдаҕына, аллара икки мэндиэмэннээх общественнай мунньах дьиэтин диэкиттэн айдаан, үөхсүү иһиллэр. Ол кэпсэтии, айдаан ортотугар сахалыы саҥаны маарынныыр саҥалар иһиллэллэр. Маайа, сахалыы саҥаҕа истэн, «Улахан Коммерческай» уулуссанан общественнай мунньах дьиэтигэр баран иһэн, Сылластыгас Сүөдэркэни көрсө түһэр.

– Бай, Маайа барахсан эбиккин дуу? – Сылластыгас орто холуочук быһыылаах. Баһыттан атаҕар диэри мааны таҥастаах.

– Баай киһи билбит буоллаххына, бадаҕа, Маайа диэн этим, – диир Маайа уонна ааһаары гынар.

– Мин, кырдьык, баайбын, улахан атыыһыппын, – Сылластыгас бөтөн лыгыргыыр, – баҕар, билигин миэхэ кэргэн буолар баҕалаах буолаайаҕыный?..

Маайа, кэлэйбиттии тумна хааман, ааһа турар. Сылластыгас Сүөдэркэ ону ситэ баттаан ылар уонна дьахтары илиититтэн тутар.

– Туох буолбут киһигиний? Тоҕо майаачылыыгын? Ыыт! – Маайа илиитин араара сатыыр.

– Мин ийэбин тоҕо тутаҕыный? – диэн Сэмэнчик, ийэтин Сылластыгастан быыһыы сатаан, тула көтөр.

– Кэргэҥҥин хаайбыт сурахтарын истибитим өр буолла. Мин эйигин билигин даҕаны таптыыбын. Сылгыһыт хаайыыттан тахсыа суоҕа. Эн эдэргин… Оттон мин баайбын, атыыһыппын… Миэхэ кэргэн буол, көмүскэ көмүөм, солкоҕо суулуом… Бу курдук мээнэ сылдьыаҥ суоҕа… Миэхэ төһө да иэстэрин төлөөбөтөхтөрүн иһин, билигин даҕаны үс лааппылаахпын… Мин Саха сирин биир бастыҥ баайа, атыыһыта буолуом… Мин эйигин таптыыбын. Мин ааспыт өһү-сааһы барытын умнуом. Эйигин күнүм курдук көрүөм! – дии-дии Сылластыгас Сүөдэркэ хараҕыттан уу-хаар баһар.

– Иирбит киһигин дуу, мин кэргэннээх, оҕолоох дьахтарбын… Бу туох буоллуҥ? Оччо баай буоллаххына, дьахтар миигинэн эрэ барамматаҕа, булан ыллаҕыҥ дии. Мин эн баайгар кыһаммаппын. Киэр буол!

– Маайа, саатар миигин биирдэ уураа-сыллаа, мин төһөнү көрдүүгүн да, оччону биэриэм… Саатар миэхэ киһилии биир тылла эт, мин туохпун да харыстыам суоҕа. Мин… мин эйигин таптыыбын… Эн тоҕо мин тапталбын өйдөөөбөккүнүй? Баайгын барытын суох гын, мин таптыам диэ, туох ааттаахпын бүтүннүү суох гыныам, ууга ыытыам, уокка уматыам! Өйдөө, мин эйигин таптыыбын… Киһиҥ, Сылгыһыт, аны төннүө суоҕа, кини хаайыыга өлүө. Эн соҕотоҕун хайдах олоруоҥуй?..

– Мин аҕам өлүө суоҕа… Ийэбин ыыт, – дии-дии Сэмэнчик икки сутуругунан Сылластыгас көхсүн кырбаан тиҥийэр. Сылластыгас уол охсорун кымаардаан да көрбөт.

Маайа, мүччү туттараат, оҕотун сиэппитинэн куотар. Сылластыгас кинини батыһан иһэр, саҥата бап-баллыгырас:

– Миигиттэн саһыаҥ суоҕа… Мин хантан баҕарар булуом, мин таптыыбын…

Маайа ыксаан биир балаҕаҥҥа түбэспиччэ көтөн түһэр. Бу кыракый дьиэ иһигэр аҕыс оҕолоох огдообо дьахтар олороро. Маайа киирэн кэлбитигэр дьахтар атыҥыраабыт курдук көрүтэлиир.

– Бу хантан сылдьаҕыный?

– Бириискэттэн…

– Бириискэттэн да-а, ол онтон тоҕо киирэ сылдьаҕыный? Онно эн курдуктар элбэх көмүһү, харчыны, талбыт астарын, талбыт таҥастарын булаллар үһү буолбат дуо?

– Мин оннук идэм суох, – Маайа итинтэн атыны тугу да булан хардарбакка эрэ ытаан барар.

– Тоҕо ытыыгыный? Таптыыр киһиҥ бырахта дуо?

– Суох, киһибин хаайыыга илдьэ барбыттара.

– Көмүһү уораахтаабыта буолуо.

– Суох, забастовкаҕа кыттыстыҥ диэн балыырга…

– Эдэргин, өссө эргэ тахсыаҥ! Бу мин сордооҕу билигин ким даҕаны ылбат. Аҕыс айаҕы ким иитиэн баҕарыай? – диир дьахтар уонна үөһэ тыынар.

Биир кыракый кыыс сии олорор хара килиэбин киниттэн эрэ обургу уолчаан былдьаан ылан айаҕар уктан кэбиһэр. Кыысчаан ытаан марылыыр. Ийэтэ оҕотун көтөҕөр, уолчааны тап гына санныгар сырбатар.

– Уһун күнү быһа ити курдук, кинилэр ытаһыылара-соҥоһуулара.

– Маама, аһыахпын баҕарабын, – Сэмэнчик эмиэ ытаары мунньаҥныыр.

– Тоойуом… Аһылыкпыт суоҕун бэйэҥ билэҕин.

– Сэгэрим аһаахтыан баҕарбыт, – дьиэлээх дьахтар остуолга хара килиэби быһан уурар уонна чэй кутан биэрэр. – Оҕо эрэйдээх баары-суоҕу билбэт буолааччы! Кэл, тоойуом, аһаа!

Маайалаах бу түүн манна хонон тураллар. Кинилэр хоммут дьахтардара дьоҥҥо таҥас сууйан айаҕын ииттинэн олорор эбит. Маайа киниэхэ таҥас сууйсар. Дьахтар Маайаны сөбүлүүр. Онон Маайа манна кинини кытта кыттыһан таҥас сууйсарга кэпсэтэр, киниэхэ дьукаах киирэр.

Сайын ааһан барар. Таҥас куурбат, туманнаах, силбиктээх күһүҥҥү куһаҕан күннэр кэлэллэр. Борохуоттар сырыылара уурайан хаалар. Витим өрүскэ кыдьымах киирэн кыыгыныыр.

Маайа кэргэнин Сүөдэр туһунан тугу да истибэт, кини ханна баарын, өлбүтүн-тыыннааҕын билбэт.

Онтон кыстык хаар түһэн, өрүс туран, кыһын буолар. Маайа Бодойбо баайдарын таҥастарын сууйан муҥнанар. Арай биирдэ ахсынньы ортотун саҕана кини сууйбут таҥаһын илдьэ Сараапап атыыһыт дэбиэринэйэ Моисеевтаахха киирэр.

Мария Васильевна Маайа аҕалбыт таҥаһын көрө туран ыйытар:

– Кэргэниҥ туһунан тугу да истибэккин дуо?

– Суох, тугу да истэ иликпин… Мария Васильевна, туох иһилиннэ?

– Киһи истэн да туһаммат кэпсээнэ…

Маайа икки хараҕа хараҥара түһэр, көхсө кыараан, тыына кылгаан кэлэр. Чугас турар олоппоско тиийэн саҥата суох бүк түһэн олорор.

– Мария Васильевна, мин кэргэним туһунан тугу истибиккин кистээбэккэ эт. Туох дииллэрий? Ханна баар үһүнүй?

– Тохтоо. Биһиги тойоммут билигин манна киирэ сылдьар. Дьиэтигэр үчүгэй соҕус үлэһит дьахтары ылыан баҕарар. Онно мин эйигин эппитим. Кинилэргэ, Маачаҕа киирэн, үлэлээн айаххын ииттиэҥ этэ буоллаҕа дии.

– Мария Васильевна, мин дууһабын моруу гыныма, киһим ханна үһүнүй? Тугу иһиттиҥ-биллиҥ, бука диэн кэпсээ.

– Ээ, киһигин өлүөр диэри хаатырга үлэтигэр уураахтаабыттар үһү, – диир Мария Васильевна туох да кыһалҕата суох баҕайытык.

Маайа хас да мүнүүтэ устата туймааран хаалар. Баччааҥҥа диэри «кэлиэ» диэн кэтэһэн бөҕөх сылдьыбыт эрэлэ, түүн кыым умулларын курдук, биирдэ мэлис гына түһэр. Кини кэлэр-барар сирэ баранар, түөрт өттө бүөлэнэр.

– Хайа, тойоммор «туох диир» диибиний? – Мария Васильевна, турбахтыы түһэн баран, эмиэ ыйытар.

– Аны кэлэн, мин сордоох ханна барыахпыный?.. Ким хамначчытынан да ыларыгар үөрээхтиир кэмим кэллэҕэ дии, – Маайа, таҥас сууйбут харчытын ылбакка, тахсан барар.

– «э! Эмиэ ол-бу буолан, – Мария Васильевна иэдэһинэн оонньоон хайысхаланан кэбиһэр уонна сиилээбит курдук мичээрдиир, баттаҕын өрүтэ анньыалаан куударатын хойуннарар.

Маайа бу тахсан атах балай иннин хоту барар. «Сүөдэрим эрэйдээҕи өлүөр диэри хаайыыттан таһаарбат буолбуттар. Оо, тугун срэй! – дии саныыр кини. – Үйэлээх сааһым тухары үрүҥ харахпын өрө көрбөккө олорон өлөргө оҥоһуулаах сордоох эбит буоллаҕым…»

Кини итинтэн сиэттэрэн, Сүөдэри көрүөҕүттэн күн бүгүнүгэр диэри хайдах олорбутун эргитэ саныыр. Кырдьыга, кини Сүөдэри кытта бэргэһэлэниэҕиттэн ыла бэрт аҕыйах үөрүүлээх күннээҕэ, онтон атына барыта хараҥа түүн курдук этэ. Бу сыллар усталара Сылластыгас Сүөдэркэ, таптыыбын дии-дии, киниттэн арахпат. Сүөдэргэ тахсарын оннугар Сылластыгас Сүөдэркэҕэ эргэ тахсыбыта буоллар, икки улуус кулубалара, баай муҥутаан, Маайаны аһынан тутатар, таҥаһынан татымырдар этилээр! Суох буоллаҕа дии. Ол эрээри кини Сүөдэригэр эргэ тахсыбытын адьас кэмсиммэт. Сүөдэрин кытта кини төһө баҕарар эрэйдээх-муҥнаах олоххо олорорго бэлэм…

IX

Иркутскай судебнай палатата стачком чилиэннэрин сууттуу охсубута түргэниттэн киһи эрэ барыта соһуйар. Сууттаммыт дьон туохха-туохха буруйдаммыттарын, жандармскай ротмистр Трещенков дьону ыттарбытыгар кинилэр тоҕо буруйданалларын өйдөөмүнэ даҕаны хаалаллар. Хаатыргаҕа ыытыллыахтарыгар диэри Иркутскай пересыльнай түрмэтигэр олороллор.

– Кэбис, ааһыннахха сатанар, – диир Зеленов.

– Кимиэхэ ааһынаары гынаҕыный? – Алмазов ыйытар.

– Ыраахтааҕыга.

– Ыраахтааҕыны билигин даҕаны итэҕэйэр эбиккин дуу? – Алмазов сапсыйан кэбиһэр. – Биһиги ааһынар сирбит – норуот суута!..

Сууттаммыт дьону күҥҥэ уон эрэ мүнүүтэҕэ салгыҥҥа таһааран сырытыннараллар. Арай биир күн, уон мүнүүтэлээх борогуулкаларын кэнниттэн, Алмазов айдааран киирэр:

– Төһө өр биһигини манна тутан олордоору гыналларый?.. Биһиги уураахпыт тахсан бүппүтэ, хаатырга үлэтигэр анаабыт буоллахтарына, тоҕо баччааҥҥа диэри ыыппаттарый?

– Ону биһигиттэн тоҕо ыйытаҕын, тойоҥҥуттан ыйыттаҕыҥ дии! – Зеленов күлүү гынар.

– Дьэ, ыйытыам даҕаны… Эһиги тугу даҕаны саҥарымаҥ, – Трошка камера аанын тоҥсуйан кибиргэтэр.

Надзиратель көрөр чуолҕана аһыллар.

– Тоҕо тоҥсуйаҕыный? – надзиратель уордайбыт куолаһынан ыйытар.

– Акаары, мин эйигин кытта кэпсэппэппин. Түрмэ начаалынньыгын ыҥыр! – диэн Трошка хаһыытыыр.

Надзиратель тугу даҕаны саҥарбат, чуолҕанын сабан кэбиһэр. Трошка өр соҕус көһүтэр, ким да биллибэт. Кини камератын аанын мааҕыҥҥытынааҕар өссө күүскэ тоҥсуйар.

– Карцерга олоруоххун баҕардыҥ дуо? – харабыл начаалынньыга, чуолҕанын аһан, бардьыгыныыр.

– Түрмэ начаалынньыгын кытта кэпсэтэрдээхпин, ыҥырыҥ!

– Тугу кэпсэтээри гынаҕыный?

– Билэр буоллаххына эн даҕаны эт: тоҕо манна олоробутуй? Хаһан хаатырга үлэтигэр ыыталларый?

– Э-э… – унтер тылыттан матан хаалар. – Суох, мин ону билбэппин.

– Билбэт буоллаххына, түрмэ начаалынньыгын ыҥыр!

Чуолҕан сабыллар. Унтер атаҕын тыаһа барар.

– Тоҕо хаатырга үлэтигэр барарга тиэтэйдиҥ? – диэн Быков Алмазовтан ыйытар.

– Хаатырга үлэтигэр барыы диэн көҥүлгэ тахсыы буоллаҕа дии.

– Хайдах? – дэспиттэрин Сүөдэрдээх кулгаахтара эрэ истэн хаалар. Кинилэр «хаатырга» диэнтэн куттаналлара сүрдээх этэ.

– Хаайыыттан куотар, күрүүр кыах кыра, оттон хаатыргаҕа сылдьан куотар дөбөҥ.

Сотору соҕус буолаат, түрмэ начаалынньыга кэлэр.

– Хаатырга үлэтигэр барарга тиэтэйэҕит дуо?.. – диэн айдаарбытынан кини камераҕа киирэр. – Хаатырга килиэбэ түрмэ килиэбиттэн минньигэһэ суох.

– Суут уурааҕын быһыытынан, биһигини хаатырга үлэтигэр анаабыттара. Тоҕо онно ыыппаккытый? – Трошка Алмазов ыйытар.

– Эһиги дьыалаҕыт государь император быһаарыытыгар барбыта. Ыраахтааҕы, баҕар, суут уурааҕын көтүрэн кэбиһиэ.

– Биһиги тоҕо манна олорорбутун иһитиннэрбиккэр баһыыба, – Алмазов барыларын ааттарыттан махтаммыта буолар.

Түрмэ начаалынньыга тахсан барарын кытта хаайыылаахтар ити сонуну дьүүллэһэн, айдаара түһэллэр.

– Суох, суут уурааҕын ыраахтааҕы уларытыа суоҕа, – диир Трошка.

– Ыраахтааҕы даҕаны кэм кырдьыгы-сымыйаны араарар ини. Маннааҕы суут биһиэхэ туох даҕаны сыһыана суох дьыаланы холбообутун өйдөөтөҕүнэ, баҕар, хаайыыттан даҕаны биһигини босхолоорой? – Быков бэйэтин санаатын этэр.

Сүөдэр итини истэн, хайдах эрэ хараҕа сырдыыр, санаата көтөҕүллэр, «дьоммун көрсүөм» диэн эрэл кылам гынар.

– Суох, суох! Ыраахтааҕы уларытыа суоҕа, – Зеленов сапсыйан кэбиһэр.

– Доҕоттоор, күрүүр туһунан эһиги тугу саныыр буолаҕытый? – диэн Алмазов доҕотторуттан сибигинэйэн ыйытар.

– Киһи куотуох, күрүөх түгэнэ көһүннэҕинэ, мин күрүө этим, – диир Зеленов.

Сүөдэр уонна Быков тугу даҕаны саҥарбаттар. Кырдьыга, Сүөдэр күрүүр туһунан тугу даҕаны саныы илик. Кини оҕо эрдэҕинэ Манчаары Баһылай диэн сахаттан быһый атахтаах, күүстээх, бэрт харса суох киһи үөскээн, баайдары кытта хатыһан хаайыыга түбэһэн баран, хаста даҕаны куотан көрүтэлээбит да, куруутун тутуллара үһү диэн кэпсээни истэрэ. Манчаары ол курдук өлүөр диэри хаайыыга, көскө сылдьан өлбүт. Онон Сүөдэр күрээн даҕаны тугу эмэни туһаланыан саарбаҕалыыр.

– Куотар, күрүүр маҥнай эрэ кутталлаах… – диир Алмазов доҕотторугар. – Куотуом диэн маҥнайгы хардыыны оҥороруҥ олус ыарахан. Мин аан бастаан Качугтан куоппутум. Ол иннинэ хаста даҕаны күрээри дугдуҥнуу-дугдуҥнуу, атаҕым кыайан барбакка, табыгастаах баҕайы түгэннэри аһартаан испитим.

– Хайдах куоппуккунуй? – Быков ыйытар.

– Кэпсиэххэ даҕаны син. Күрүөн баҕарар киһи хаһан да харабыллары кытта иирсиэ суохтаах, кинилэри кытта мэлдьи бэртии буолуохтаах. Иирсэр-этиһэр буоллаххына, кинилэр эйигин ордук хатыйаллар, эйигиттэн харахтарын араарбаттар.

Сүөдэр, биир да тылы сиргэ түһэрбэккэ, иһиллээн олорор. «Баҕар, хаһан эмэ наадыйар күннээх буолуом», – дии саныыр кини. Өлүөр диэри хаатырга үлэтигэр ууруллубутун хайдах эрэ итэҕэйбэт курдук…

– Күрүөн баҕарар киһи сири-суолу эрдэттэн үөрэтэн билиэхтээх. Сирин билбэт буоллаххына, куотан да ырааппаккын. Эн хайдах, ханна бараргын билбэт буоллаххына, стражниктар илиилэригэр бэйэҥ киирэн биэрэҕин, – диир Трошка.

– Адьас билбэт сиргэр тиийэн бараҥҥын, ол кинини хайдах сатаан үөрэтэҕин? – Сүөдэр кэпсэтиигэ кыттар.

– Суолу үөрэтэн билэр диэн кыра. Маҥнай начаалыстыбаҕа хайҕатар гына, бары үлэни барытын төттөрүлэспэккэ уонна үчүгэйдик үлэлиэххэ наада. Эйигин ханнык баҕарар үлэҕэ ыыттахтарына, барытыгар биир тыла суох баран ис: оччоҕо сотору эн сүүс биэрэстэ иһинэн сири билэр буолуоҥ. Оччоҕо күрүөххэр сөп!

– Ыраах күрүүр буоллахпына, холобура, Саха сиригэр туохпун аһаан тиийэбин?

– Аһылыккын эрдэттэн бэлэмнэниэх тустааххын. Куотан баран чугастааҕы ыалга сылдьар улахан кутталлаах. Оттон ыраатан баран, ханнык баҕарар ыалга сылдьыахха сөп…

Кэнникинэн Сүөдэр быыс эрэ буоллар, Трошканы кытта наар күрүүр туһунан кэпсэтэн тахсар. «Хайдах эмэ гынан мүччү туттаран куоппут киһи» диэн санаа киниттэн арахпат.

Сууттаммыттара иккис ыйыгар барыыта уураахтара ыраахтааҕынан бигэргэтиллэн кэлэр. Быковы уонна Зеленовы Александровскай централга илдьэ бараллар. Иркутскай пересыльнай түрмэтигэр Трошкалаах Сүөдэр иккиэйэҕин хаалаллар.

– Дьэ буоллаҕа… Александровскай централтан киһи эрэ кыайан куоппатах сирэ, – диир Трошка доҕотторун кураанах оннуларын көрө-көрө.

– Оттон биһигини ханна ыытыахтарай?

– Ким билиэй?! Өскөтө миигин Александровкаҕа ыытар күннээх буоллахтарына, суолтан күрээн көрүө этим. Кини таас мэҥэлэйин иһигэр киириэх кэриэтэ – өлбүт быдан ордук.

Икки хонон баран Трошкаҕа: «Александровскай централга бараҕын», – диэн этэллэр. Трошка хаана алдьана, хараҕа уоттана түһэр.

– Мин, өйүүн күн баччатыгар тыыннаах буоллахпына, өлүөм суоҕа. Баҕар, хаһан эмэ көрсөр күннээх буолуохпут… Мин араспаанньам «Гудзинскай» диэн, умнаайаҕын, миигин бука диэн бырастыы гын. Эйигин бу уһун эрэйгэ уган биэрбит мин баарбын… Бу курдук буолуо эрэ дии санаабат этим… Тыыннаах ортохпуна, ыраас дууһабынан ити буруйбун боруостуом… – диэн Трошка Сүөдэргэ сибигинэйэр.

Уонна кинини кууһан туран уураан ылар.

– Бырастыы. Баҕар, көрсүһүөхпүт! – диир Сүөдэр, кэҥириитэ кычыкыланан, уостара ибигирээн бараллар…

* * *

– Маайа, мин эйигин көрдүү сылдьабын, – диир Сылластыгас Маайаны суолга көрсөн.

– Ол тоҕо миигин көрдөөтүҥ?

– Истэ иликкин дуо, били, эн киһиҥ баҕайыны өлүөр диэри хаатырга үлэтигэр уурбуттарын?

– Истибитим.

– Истибит буоллаххына, аны кини хайдах да гынан манна эргийбэт. Эһиги аны көрсүспэккит. Онон… эн биһикки… – Сылластыгас Маайаны, илиититтэн ылан, бэйэтигэр тардар. – …Мин эйигин таптыыбын, эн миигин эмиэ таптаа, кини эргийбэт…

– Эргийбэтин билэбин, – диир Маайа.

– Мин эйигин кинини таптыы сылдьыбытыҥ, киниэхэ ойох буолан олорбутуҥ диэм суоҕа. Маайа, эйигин таптаабатым буоллар… баччааҥҥа диэри атын дьахтары булан ылбыт бэйэлээх буолуом этэ… Мин урут акаары этим… Били хонууга моһуоктаабыппыттан мин билигин саатабын, Маайа, миигин бырастыы гын!

Сылластыгас Маайаны моонньуттан кууһар уонна кини төбөтүн ханньары тардан баран уураан эрдэҕинэ дьахтар киэр хайыһан биэрэр.

Маайа, иэдэһигэр ип-инчэҕэй, тыбыс-тымныы баҕайы даҕайбытыттан сиргэнэн, хайдах эрэ этин сааһа аһыллан, тымырдарынан тымныы кымырдаҕастар сырсыбыттарын курдук буолан ылар.

– Иирбиккин дуу? Ыт! Мин эйигин таптаабаппын, эн тоҕо миигин сүгүн сырытыннарбаккыный? Мин эйиэхэ син биир эргэ тахсыам суоҕа! Ол кэриэтэ тоҥон, хоргуйан өлүөм.

Сылластыгас Маайа илиитин ыытан кэбиһэр уонна кини сирэйин супту одуулаһан турбахтыыр.

– Кэмсиниэҕиҥ кэнники!.. Мин билигин баайбын, атыыһыппын, мантан инньэ улахан гильдиялаах атыыһыт буолуом. Оччоҕо эйигин дьиэбин да сууйтарар дьахтар оҥостуом суоҕа, ону өйдөө!

Сылластыгас эргиллэ түһэр да, общественнай мунньах дьиэтин диэки бара турар.

Ити кэнниттэн икки хонон баран Маайа олорор ыалыгар биир мааны баҕайы дьахтар киирэн кэлэр. Маайа дьиэлээх дьахтардыын таҥас сууйа тураллара.

– Мин общественнай мунньах дьиэтиттэн сылдьабын, – диир мааны дьахтар. – Аны үс хонугунан Масленица бырааһынньыга буолар. Ол бырааһынньыкка биир баай атыыһыт банкет тэрийэр. Онно киниэхэ саамай үчүгэй дьүһүннээх, кырасыабай дьахтар остуолга ас аҕалааччы буолуохтаах. Мин ол иһин кырасыабай дьахтары көрдүү сылдьабын.

Дьиэлээх дьахтар Маайа диэки көрөн кэбиһэр: Маайа, кырдьык да, дьүһүнүнэн наһаа үчүгэй этэ.

– Атыыһыт биир киэһээҥҥи остуолу тэрийиигэ уоннуу сүүһү төлүүр.

– Хайа, аны бу мин дьукааҕым сөп буолаарай? – дьиэлээх дьахтар Маайаны өттүккэ анньан имнэнэр.

– Бу дьүһүннээх таҥаспынан дуо?

– Кырасыабай дьахтар баар диэбиттэрин иһин мин манна кэллим.

Маайа, сирэйэ кытаран баран, ууну омурдубут курдук, саҥата суох турар. Кырдьыга, биир киэһээҥҥи үлэҕэ уон сүүс диэн элбэх харчы. Ону таһынан, таҥыннараллар. Кинилэр уон хонук устата таҥаһы сууйан уон сүүстэн ордугу өлөрбөттөр.

– Сөбүлэһэр буоллаххына, ааккын, араспаанньаҕын миэхэ этиэхтээххин. Түмүгүн мин эйиэхэ сарсын кэлэн биллэриэм.

– Сөбүлэс! – дьиэлээх дьахтар сибигинэйэр. Маайа, бэрт өр саараан баран, харчы ымсыытыгар «ээх» диэн, аатын уонна араспаанньатын этэн биэрэр.

Нөҥүө күнүгэр дьахтар эмиэ тиийэн кэлэр:

– Маайа, эн барар буоллуҥ! – диир.

Дьиэлээх дьахтар үөрүүтэ олус, оттон Маайа тоҕо эрэ үөрбэт, «ээх!» диэбитин кэмсинэ саныыр.

– Билигин миигин кытта иистэнньэҥҥэ барыс. Кини эйиэхэ банкекка таҥнар таҥаскын тигэн биэриэ.

– Ол таҥас харчытын ким төлүүрүй? – дьиэлээх дьахтар аараттан хоп-хобурҕас.

– Таҥаһын сыанатыгар уонна тигиитин харчытыгар кыһанымаҥ! Атыыһыт харчытыгар тэриллэр.

Маайа бу дьахтары кытта барсар. Кинилэр «Улахан Коммерческай» уулуссанан «Гаумановскайга» тахсаллар, онтон тимир суолу батыһа депо диэки бараллар. Манна Бодойбо бастыҥ иистэнньэҥэ Хаим Ицкович дьэбириэй олорор этэ.

– Сударыня, сарсыарда кэлэн таҥаскын ылаар! – диир Хаим, Маайа мээрэйин кэмнээн ылан баран.

Маайа сарсыныгар кэлэн саҥа тигиллибит таҥаһы таҥнан, сиэркилэҕэ көрүнэн баран, бэйэтин «бу хайалара бэйэлээҕий?» дии сыһар. Таҥаһын быһыыта, тигиллиитэ үчүгэйэ бэрт, кини төрүөҕүттэн маннык таҥаһы таҥна илик.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 25 26 27 28 29 30 31 32 33 34 35 36 37 38 39 40 41 42 43 44 45 46 47 48 49 50 51 52 53 54 55 56 57 58 59 60 61 62 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации