Текст книги "Төлкө"
Автор книги: Николай Золотарев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 39 (всего у книги 62 страниц)
– Аптаах баҕайы буоллаҕа дии? – диир Лэгиэнтэй атыыһыт сөрү диэн сөҕөн олорон.
– Аптааҕа биллэн турар… Ол гынан баран көрбүт дьон кинини сахаҕа майгынныыр сирэйдээх диэн кэпсииллэр ээ…
– Баҕар, сирэйин дьүһүнүн кубулутунара буолуо. Саха сордоох хантан абы ыллаҕай?
– Баҕар, ханнык эмэ аарыма ойуун буолуо, – диир Сылластыгас. – Былыр бастарын быстан сэбиргэнэҕэ уурар ойууттар бааллара дэһэллэр дии. Оннук ойуун сылдьара буолуо.
– Баҕар, буолуо даҕаны. Ол гынан баран ойуун абынан ылбытын бэйэтэ туһанара сатаммат диэччилэр. Ол Аҥаар Харах былдьаабыт үбүн-аһын, көмүһүн ханна гынара буолуой?
– Наар дьоҥҥо, үлэһиттэргэ ыһан биэрэр үһү диэн сорохтор кэпсииллэр. Ол баҕас, бука, сымыйа буолуо эбээт. «Кини ханна үктэммит сирэ барыта кыһыл көмүс буолар үһү», – диэн сорохтор эмиэ кэпсииллэр.
– Оччоҕо, хата, көмүс иччитэ сылдьара буолаарай? – диир Лэгиэнтэй атыыһыт уонна көхсүн этитэн кэбиһэр.
* * *
«Наполеон бэргэһэтэ» хайа үрдүнэн хоту хоҥор хаас үөрэ субуруһан ааһар. Халлаан түгэҕэ көстүбэт буола үрдээбит. Аппа хаспаҕар дурдаланан кыстаабыт дьон тэһийэн-тулуйан олорботтор. Сарсыарда күн тахсыаҕыттан киэһэ күн киириэр диэри таһырдьа сылдьан тахсаллар. Бу күннэргэ Сүөдэр доҕотторугар төннөн кэлэр. Кинилэр күн тура-тура дойдуларын, бэйэлэрин олохторун сэһэргэһэн ырытан тахсаллар.
– Миигин кытта бииргэ сууттаммыт Трофим Алмазов этэр этэ: «Өскөтө оробуочайдар бука бары биир санааны ылан охсуһууга турдахтарына, туох да бэйэлээх күүһү тулутуохтара суох этэ», – диэн. Ону бу сордоохторуҥ холбоһон, түмсэн биэрбэттэр.
– Оробуочайдар барылара сатаан бииргэ түмсэллэрин өйүм хоппото, – диир Испирдиэҥкэ.
– Суох, собостуопка кэмигэр манна, Бодойбоҕо, норуот биир санаалааҕа. Тоҕо сатамматый, куораттар оробуочайдара бука бары, санааларын холбоон, баайдары утары охсуһууга туруохтарын?! – диир Сүөдэр.
– Киһи киһини итэҕэйэрэ эбитэ буоллар, оччоҕо эрэ дьон биир санааланыахтар этэ. Оттон мин эйигин итэҕэйбэппин, эн миигин итэҕэйбэккин. Ол курдук уон киһи уон аҥы сылдьабыт буолбат дуо? – диир Нэктээйэп.
– Хата, бу киһи бэрт сөпкө эттэ, – диир Сүөдэр. – Трофим Алмазов миэхэ биирдэ маннык эппитэ: «Дьон санаатын түмэр, холобур, баартыйа баар, хомуньуус баартыйата. Ол баартыйаны Ленин диэн киһи тэрийбит, салайар», – диэн. Кини мэтириэтин миэхэ көрдөрбүтэ…
– Хата бу сонун! – диир Ибрагим-Кынат Уол.
– Хайдах дьүһүннээх киһиний?
– Тараҕай, үрдүк сүүстээх, кыараҕас соҕус харахтаах, сэҥийэтигэр бытыктаах нуучча киһитэ. Мэтириэтигэр бэрт ис киирбэх көрүҥнээх. Дьиҥэ хайдаҕын билбэппин… Аатын туһунан Трофим Алмазов миэхэ бу курдук кэпсээбитэ: «Дьиҥнээх араспаанньата Ульянов диэн үһү. Ити Ленин диэн кистэлэҥ аата эбит».
– Ким билэр, ол киһи баҕата эрэ ини… Хаһан кыайан норуот санаатын биир гына түмүөй! – диир Испирдиэҥкэ уонна улаҕа диэки хайыһар.
Сүөдэр итини утары туох даҕаны диэн мөккүһэр кыаҕа суох. Ах баран сытар. Эмиэ кэргэнин Маайаны, оҕотун Сэмэнчиги саныыр: «Сордоохторум, тыыннаахтара буоллар, биллиэ этилэр, өлөөхтөөбүт буоллахтара». Итинтэн салгыы бэйэтин олоҕун эргитэ саныыр.
«Мин, үөрэҕэ суох буолан, тугу да билбэппинэн иэдэйбит киһибин… Киһилии сылдьыбытым буоллар, Сэмэнчикпин үөрэттэриэх этим: туохтан да ордук үчүгэй суол арай үөрэх баар быһыылаах. Баайдар, үөрэхтээх буоланнар, биһигини, кыра-хара дьону, наһаа дэбигистик өйбүтүн сүүйэллэр. Биһиги үүрүллэр үөр сүөһү курдукпут… Холобур, бу Тайҕаҕа үүрүллэн кэлэр оҕустар эт күүстэринэн тугу тулутуохтарын сөбүй? Оттон кинилэри биир чыпчаххай кымньыылаах киһи ханна баҕарар үүрэ сылдьар. Биһиги син ол үүрүллэр оҕустар курдукпут. Бу биһиги, бэһиэ-алтыа буолан, билиҥҥитэ көҥүл сылдьабыт. Биһигини өр гыныахтара суоҕа… Тутуохтара, эмиэ хаайыыга угуохтара, өлөрүөхтэрэ. Чэ, буоллун, син биир өлүөхпэр диэри хаайыыга уураахтаммыт киһибин. Онон санааны ситиспэхтээн баран өлүөххэ наада!»
Сүөдэр дьонун кытта үксүгэр соччо тапсыбат этэ. Кинилэр сотору-сотору мөккүһэн тураллара.
– Биһиги бэйэбит эрэ иннибитин саныа суох тустаахпыт, – диир Сүөдэр. – Биһиги үлэһиттэр иннилэрин саныахтаахпыт. Баайдар кинилэр көлөһүннэрин супту уулаан байаллар. Биһиги баайдартан ылбыт үппүтүн-аспытын бэйэбит эрэ баай гынар буоллахпытына, баайдартан туох атыннаах буолабытый? Оттон баайдар бар дьону саралаан сиэн муспут үптэрин-астарын биһиги кыраҕа-дьадаҥыга түҥэтэн биэрэр буоллахпытына, кинилэргэ туһаны оҥоробут.
– Мин итини сөбүлээбэппин, – диир Нэктээйэп. – Киһи барыта бэйэтин иннин көрүнүөхтээх, мин атын киһи иннин көрүө суохпун.
Испирдиэҥкэ, Кынат Уол, Маҥаас Уол бары Сүөдэр диэки буолаллар. Арай Убайдаан саҥарбат. Кини хаһан да, кими да кытта мөккүһэр диэни билбэтэх киһи. Саҥарыан кэриэтэ урут быһаҕа тиийбит буолааччы.
Бэрт өр мөккүһэн баран, Нэктээйэп син бэринэр.
– Мин эйигин кытта холбоһуохпар диэри дьиҥнээх ороспуой эбиппин. Үлэһит буоллун, баай буоллун, мин киниттэн туһаныах эрэ буолларбын, өлөрөр этим. Кырдьык, сыыһатык быһыыланар эбиппин…
– Оттон эн туох дии саныыгыный? – Сүөдэр саҥата суох олорор Убайдаантан ыйытар.
– Мин туох диэминий? Эһиги тугу оҥор диигит да, ону оҥоруом буоллаҕа дии.
– Суох, букатын сыыһа! Киһи, бэйэтэ сөбүлээбэт эрээри, атын дьон тугу эппиттэрин мээнэ оҥоро сылдьара сатаммат, – диир Маҥаас Уол.
– Бэйи, тохтоо! – Сүөдэр Маҥаас Уолу буойар. – Кини: «Элбэх өттө тугу быһаарар да, мин онно сөбүлэһэбин», – диэн этэр буолбат дуо?
– Оннук! – диир Убайдаан.
Сүөдэр киниэхэ илиитин биэрэр.
– Мин хаатырга үлэтигэр сылдьан биир оҕонньору көрсүбүтүм, – диир кини. – Ол оҕонньор Фризер баай үрдүгэр хара хаанынан ытыы сылдьан өлөөхтөөбүтэ.
– Фризер киниэхэ туох куһаҕаны оҥорбутугар ытыырай? – Испирдиэҥкэ сэргэҕэлии түһэр.
Сүөдэр били оҕонньор кэпсээнин кэпсээн биэрэр…
– Хос аана ис өттүттэн хатыылааҕа эбитэ үһү… Оттон быһаҕы буоллаҕына инженер сыттыгын анныттан булан ылбыттар. Ол үрдүнэн мин «өлөрбөтөҕүм» диэн хара өлүөр диэри букатын билиммэт этэ. Хайдаҕын туох билиэ баарай? – диэн Сүөдэр сэһэнин түмүктүүр.
– Мин оччоҕо итини билэбин! – Испирдиэҥкэ айдаара түһэр.
– Тугу?.. Ким өлөрбүтүн дуо?
– Фризер дьаамын дьиэтин биир Бутковскай диэн баай бааһынайга атыылаан барбытын кэннэ, мин онно олоро сылдьыбытым. Бутковскай, биирдэ тугу эрэ уураары дьиэ иһинэн баар боппуолдьаҕа киирэн баран, миигин ыҥырбыта:
– Испирдиэн, кэл, киир эрэ манна, туох эрэ дьикти баар!
Мин боппуолдьа иһигэр киирэн көрбүтүм: Бутковскай туох эрэ хараҥа холлороону одуулаһа турара. Кини иин түгэх эркинигэр кистэлэҥ аан баарын булан аспыт этэ уонна, ол холлорооҥҥо соҕотоҕун киириэн куттанан, миигин ыҥырбыта. Биһиги, ол холлороон устун бараммыт, түгэх хоско тахсан кэлбиппит. Фризер, хата, оччоҕо соҕотох ол атыыһытынан эрэ муҥурдамматаҕа буолуо… – диэн Испирдиэҥкэ бэйэтин дьикти кэпсээнин түмүктүүр.
– Биһиги ити халыҥ аньыытын иһин Фризери хайаан да өлөрүөх тустаахпыт, – диир Сүөдэр. – Ону эһиги сөбүлүүгүт дуо?
Дьоно бары кинини кытта сөпсөһөллөр.
Аҕыйах хонон баран ону-маны биллэрэ, сураһыннара Сүөдэр Испирдиэҥкэни Бодойбоҕо ыытар.
* * *
Испирдиэҥкэ Анангра үрэххэ биир ураһа тоҥуһу булан таба эттэһэн, куоракка иккис хонугар ыкса киэһэ киирэр. Табаларын «Буур хайа» кэтэҕэр ыыталаан кэбиһэн баран, ыал утуйуута, түһэр ыалын аанын кэлэн оргууй аҕай тоҥсуйар.
– Кимҥиний? – дьиэлээх оҕонньор ыйытар.
– Испирдиэммин.
Оҕонньор аанын аһан биэрэр. Дьиэ иһэ сып-сырдык: хас да сыа чүмэчи уматыллыбыт, туора киһи ким даҕаны суох.
– Хайа, хайдах-туох олордугут?
– Иирэн хаалан баран олоробут.
– Бай, ол туох буоллугут?
– Күн ыраахтааҕыны бүрүстүөлүттэн устубуттар үһү… Эһиги диэки ол иһиллэ илик дуо?
– Эчи суох, бу эйигиттэн эрэ иһиттим… Ким кини оннугар ыраахтааҕы буолбутуй?
– Ким билиэ баарай. Дьон кэпсиирин иһиттэххэ, били манна кэлэ сылдьыбыт улахан тойон, Керенскэй дииллэр дуу, ким дииллэр дуу, ол баһылык буолбут үһү. Билигин ыраахтааҕы аатын аҕыннахха, тойоттор бары өһүргэнэр буолбуттар. Киһи өлбөккө эҥин арааһы истэр ээ!
Испирдиэҥкэ сарсыныгар туран истибитэ дьон кэпсэтэр эрэ кэпсэтиитэ барыта: «революция», «свобода», «сэрии», «Керенскэй», «Бириэмэннэй правительство» буолан хаалбыт этэ. Общественнай мунньах дьиэтин таһыгар кэлбитэ хара-баһаам дьон мунньустубут. Үөһэ балкоҥҥа үс киһи тахсан турар. Кинилэртэн биирдэстэрэ, бэргэһэтин устан илиитигэр тутан туран, бэлэһэ хайдыаҕынан хаһыытыыр.
– …Гражданнар, үс сүүс сыл устата үктээн-баттаан олорбут үрүҥ ыраахтааҕы бүрүстүөлүттэн уһулунна. Саҥа Бириэмэннэй правительство тэрилиннэ. Сотору норуот бэйэтэ сөбүлүүр дьонуттан государствоны салайар дьиҥнээх правительствоны талар учредительнай мунньаҕа буолуо. Ол учредительнай мунньах сокуоннай правительствоны талыар диэри Бириэмэннэй правительствоны Александр Федорович Керенскэй салайар. Ыраахтааҕы Россияны хааннаах сэриигэ умса аспыта… Биһиги Ийэ дойдубутугар немец омук сэриилээн киириитэ биһиэхэ саамай сүрүн куттал буолан турар. Биһиги саҥа үөскээбит Бириэмэннэй правительство салалтатынан өстөөҕү кыайыахпытыгар диэри сэриини ыыта туруохтаахпыт. Немеһи кыайдахпытына эрэ биһиги эйэлээх олоххо тиийиэхпит… Кыайыы иһин – ураа!
Мунньустан турар дьон бэргэһэлэрин усталлар. Сорохтор «ураа» хаһыытаһаллар. Ити кэнниттэн биир сүрдээх мааны таҥастаах-саптаах киһи Бириэмэннэй правительство таһаарбыт манифеһын ааҕар:
«…Батталлаах Романов ыраахтааҕы суутун ууруутунан хаайыллыбыт дьон бука бары хаайыыттан босхолоноллор.
…Батталлаах Романов ыраахтааҕы сокуонунан бобуллубут үлэһиттэр, бааһынайдар, атыыһыттар, ремесленниктэр холбоһуулара, политическай партиялар – кинилэр ханнык да платформалаах буоллуннар – барылара, кистэлэҥэ, саһыыта суох көҥүл мунньахтыыллара, кэпсэтэллэрэ көҥүллэнэр!»
Ааҕа турар киһини ситэ аахтарбакка эрэ дьон ортотуттан биир киһи саҥата:
– Туругурдун Бириэмэннэй правительство баһылыга Александр Федорович Керенскэй! Ура-а! – диэн хаһыытыыр.
– Киһи барыта бу манифеһы билиэхтээх. Бэйэтэ ааҕан баран, атын дьоҥҥо биэриэхтээх! – ааҕа турбут киһи үөһэттэн элбэх баҕайы кумааҕыны ыһан күдээритэр. Испирдиэҥкэ онтон икки кумааҕыны ылан «дьоммор иһитиннэриэм» диэн хоонньугар уктан кэбиһэр.
Бу миитин кэнниттэн Испирдиэҥкэ, Чернов атыыһыт лааппытыгар ас атыылаһа тиийэн, биир киһи араатардаан ыһа-тоҕо турарыгар түбэһэр:
– Биһиги көҥүл күнэ тахсарын көрөрдөөх эбиппит! Билиҥҥи биһиги баһылыкпыт – Александр Федорович Керенскэй – социалистар партияларын чилиэнэ. Билигин Россия үрдүнэн «эс-эр» партията баһылыыр-көһүлүүр партия буолла. Биһигини Романов ыраахтааҕы манна, Сибиир түгэҕэр, хаайыыга, сыылкаҕа, көскө ыыталаабыта… Туругурдун көҥүл килбиэннээх күнэ!
Ити кэнниттэн аны биир суп-суон ырҕайбыт киһи, ынчыктыы-ынчыктыы, араатардаан барар:
– Биһиги – меньшевик партиятын чилиэттэрэ – «эс-эр» партиятын кытта холбоһобут. Үлэһит норуоту барытын саҥа правительство уурааҕын, сокуонун толорорго ыҥырабыт…
Испирдиэҥкэ лааппыттан тугу да атыыласпакка тахсан барар. Кини, атын сиргэ ханна да тутуллубакка эрэ, дьиэтин былдьаһар! Аара били таба эттэспит тоҥустарыгар таарыйар.
– Куорат төһө бэркэ олорор? – диэн дьиэлээх оҕонньор киниттэн ыйыта тоһуйар.
– Ыраахтааҕыны устубуттар, өрөбөлүүссүйэ буолбут, көҥүл кэлбит! Үөрүү-көтүү, долгуйуу сүрдээх!
– Бэйи, тохтоо! Туох-туох буолбут диэтиҥ?
– Ыраахтааҕыны устубуттар диибин!
– Оттон оччоҕо хайдах сатаан олоробут?
– Ыраахтааҕыта суох олорор буолбуппут, өрөбөлүүссүйэ буолбут.
– Оттон күммүт тоҕо өлбөтүй?
– Күн тоҕо өлүөй?
– Ыраахтааҕы өллөҕүнэ, күн эмиэ өлүөх тустаах…
– Сымыйа ини… Билигин ыраахтааҕы хайыы-үйэҕэ уһуллан бүппүт. Норуоту Бириэмэннэй бырабыыталыстыба диэн суут салайар буолбут. Ол аата «өрөбөлүүссүйэ» диэн буолар үһү.
Ыраахтааҕы уһуллубутун туһунан дьиэлээх оҕонньор чугас ыалларыгар кэпсээн, ити сурах ураһаттан ураһаҕа тарҕанан, Тусман, Мүрү, Таймендра уонна Илигир үрэхтэри барытын саба сүүрэн кэбиһэр…
– Ыраахтааҕыны устубуттар! Арассыыйаҕа өрөбөлүүссүйэ буолбут! – Испирдиэҥкэ, таһырдьа Нэктээйэп сылдьарын көрөн, ыраахтан хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэр.
Нэктээйэп куттаныы бөҕөнү куттанан: «Доҕоттоор, алдьархай буолбут, киһибитин эккирэтэн иһэллэр быһыылаах», – диэбитинэн иһирдьэ ыстанан киирэр.
Онуоха сааларын үрдүгэр түһэн, ытыалаһыыга бэлэмнээн оҥорбут чуолҕаннарын бүөлэрин төлүтэ тардан ылаттыыллар. Арай өйдөөн истибиттэрэ Испирдиэҥкэ саҥата: «Ыраахтааҕы… көҥүл…» – диэн айманар.
– Киһибит иирбит дуу, хайдаҕый? Бэйи тохтооҥ, бэлэм сытыҥ, мин тахсан билиим, – Сүөдэр, саатын туппутунан, Испирдиэҥкэҕэ утары тахсар.
– Өрөбөлүүссүйэ… Ыраахтааҕыны устубуттар…
– Кырдьык дуо?
– Ол туһунан манна суруйбуттар, бу кумааҕы аҕаллым!
Сүөдэр Испирдиэҥкэҕэ аҕыйахтык ойон тиийэн, илиититтэн манифеһы сулбу тардан ылар.
Ити күн Сүөдэрдээх дьиэлэрин иһэ холорук ытыйбытын курдук буолар. Маҥаас Уол Кынат Уоллуун куоракка киирээри тэринэллэр. Оннооҕор Убайдаан күлүүтэ-оонньуута ыраатар. Кыра арыгы тобоҕо баарын «өрөбөлүүссүйэ малааһыныгар» иһэн кэбиһэллэр. Арыый уоскуйан, омуннара ааһан баран, киһилэрин тула олорон, тугу көрбүтүн-истибитин дьэ кэпсэттэрэллэр.
– …Ыраахтааҕыны бүрүстүөлүттэн устан, Бириэмэннэй бырабыыталыстыба диэни олохтообуттар… Саамай кылаабынай тойонунан били манна кэлэ сылдьыбыт Александр Федорович Керенскэй буолбут үһү, – диир Испирдиэҥкэ.
– Керенскэй даа? – Сүөдэр соһуйа түһэр.
– Ээ, Керенскэй кылаабынай баһылык буолбут үһү.
– Керенскэй баһылык буолбут буоллаҕына, биһиги эрдэ үөрбүппүт. Кини үлэһиттэр интэриэстэрин хаһан да көмүскүө суоҕа. Испирдиэн, баҕар, сыыспытыҥ буолаарай?
– Баҕар, буолуо… Ол гынан баран, чахчы Керенскэй дэһэллэр… Ити суруктарыгар, бука, кини аата-суола баар буолуо. Харахтаахпыт, Маҥаас Уол, ылан ааҕан иһитиннэрдин ээ! – диир Испирдиэҥкэ.
Маҥаас Уол манифеһы ылан, тэнитэ тутан, ааҕан барар:
«Николай II ыраахтааҕы бүрүстүөлүттэн уһулунна… Революционнай былааһы салайарга норуот учредительнай мунньаҕынан талыллыбыт дьиҥнээх правительство олохтонуор диэри Бириэмэннэй правительствоны олохтуубут. Бириэмэннэй правительствоны салайааччынан Александр Федорович Керенскэй ананна…»
– Кэбис, ааҕыма! – диир Сүөдэр.
– Тоҕо? Аахтыныый, доҕор! Үчүгэй баҕайытык суруйар эбиттэр буолбат дуо?
– Керенскэй – күөх албын, таҥнарааччы, кини тыла эрэ мүөттээх. Биһигинньиктэри син биир хаайыы дойдулуо. – Сүөдэр итинтэн сылтаан, Керенскэй туһунан тугу билэрин дьонугар кэпсээн биэрэр.
Сүөдэр, туох былаас олохтоммутун истээри, Бодойбо куоратыгар киирэр. Кини дьон тугу кэпсэтэрин иһиллиир, лааппылары кэрийэр. Кырдьык, дьон кэпсэтиитин үксэ саҥа тэриллибит Бириэмэннэй правительство туһунан этэ. Ол сылдьан кини уулуссаҕа Иван Волошины көрсө түһэр.
– Иван!.. Табаарыс Волошин! – диэн Сүөдэр, убайын көрсүбүт курдук, үөрэр.
– А-а, Федор!.. Дорообо!
– Иван, эйигин хаайбыт сурахтаахтара дии… Бу хаһан таҕыстыҥ?
– Истэ иликкин дуо? Революция буолбутун?
– Истибитим да, тугун даҕаны сатаан өйдөөмүнэ сылдьабын. Өрөбөлүүссүйэни Керенскэй тойон баһылыктыыр диэн кырдьык дуо?
– Кырдьык… Норуот ыраахтааҕы былааһын сөпсөөбөтүн, кинини утары турбутун баайдар бэйэлэрин туһаларыгар эргиттилэр… Чэ, туох буолан иһэрин көрүөхпүт, – диир Волошин.
– Туох буолуоҕай, баайдар, тойоттор уруккуларын курдук тойоргуу олоруохтара буоллаҕа дии, – диэн, Керенскэй саҥа тэриллибит былааска тойон буолбутуттан хомойон, Сүөдэр ис санаатын этэр.
– Э-э, суох!.. Оннук буолуо суоҕа… Нуучча рабочайа охсуһууга турда да, санаабыт санаатын ситиһиэр диэри охсуһуо… Ону тэрийэр, түмэр эрэ күүс наада.
– Иван, оннук күүс көстөн биэриэ суоҕа буоллаҕа.
– Баар!.. Оннук күүс баар!
Сүөдэр соһуйар. Оннук күүс баар буолан баран, тоҕо былааһы баайдарга биэрдэ, бэйэтэ ылбата?
– Баар диигин… Ханна баарый?..
– Биһиги партиябыт!.. Рабочайдар партиялара… Кинини тэрийбит, олохтообут Владимир Ильич Ульянов – Ленин!
– Ол киһи билигин ханна баара буолуой?
– Бу күннэргэ эмиграцияттан Петербурга кэллэ… Билигин Россия рабочай кылааһын революционнай охсуһууга бэлэмниир… Сотору пролетарскай революция баайдар былаастарын суох гыныа!
Волошин бу кэпсээниттэн Сүөдэр сүнньүн эрэ өйдүүр. Хантан эрэ Петербург куоракка Ленин кэлбит… Кини рабочайдары иккис революцияҕа бэлэмниир эбит. Ол революция кыайдаҕына, үлэһит дьон былааһы дьэ бэйэлэрин илиилэригэр ылыахтаахтар эбит.
– Табаарыс Волошин, биһиги билигин тугу гынабытый? Сүбэлээ!.. Эйигиттэн сүбэ ылаары урут көрдөөн сылдьыбытым да… хаайан кэбиспиттэр этэ, – диэн Сүөдэр көрдөһөр.
– Мин сүбэм маннык… Эһиги ханна даҕаны халбаҥнаамаҥ… Сааҕытын-сэпкитин кинилэр милицияларыгар туттарымаҥ… Кистээҥ. Саа-сэп туттуллар наадалаах кэмэ хайаан да кэлиэҕэ… Көһүтүҥ!
«Көһүтүҥ» диэн этэргэ дөбөҥ. Оттон көһүттэххэ, күн-дьыл олус уһун, сыралаах буолар. Ол эрээри Сүөдэр хайыыр да кыаҕа суох, доҕоро сүбэлиирин курдук, көһүтэригэр эрэ тиийэр.
Сүөдэр ол күн дьонугар төннөр. Доҕотторо аанын сабарын кытта ыйыталлар:
– Тугу биллиҥ?
– Испирдиэн истибититтэн ураты соччо суох, – диир өлө аччыктаан тахсыбыт Сүөдэр. – Чаанньыккытыгар уулааххыт дуо?
– Баар, баар.
Сүөдэр чэй куттан иһэр. Куораттан таһаарбыт килиэбиттэн быһан сиир. Дьэ ол кэннэ наллаан доҕотторугар кэпсиир:
– Бу өрөбөлүүссүйэттэн үлэһит норуот көҥүлү ылбатах… Аны иккис өрөбөлүүссүйэни көһүтэллэр. Дьэ ол өрөбөлүүссүйэ рабочайдарга, кыра-хара дьадаҥы дьоҥҥо туһалаах… быралытаарыскай өрөбөлүүссүйэ диэн буолуо үһү…
– Бэйи эрэ, итини барытын кимтэн иһиттиҥ? – диэн Испирдиэҥкэ ыйытар.
– Итини миэхэ Иван Волошин кэпсээтэ… Кини баартыйалаах, бассабыык…
– Ол хаһан буолар өрөбөлүүссүйэ үһүнүй?
– Билбэппин… Волошин «көһүтүҥ» диир.
– «Көһүтүҥ».. Ол хас сыл дуу, хас ый дуу көһүтэр өрөбөлүүссүйэбитий? – диэн Испирдиэҥкэ айдаарар. – Мин хайа даҕаны баартыйаны итэҕэйбэппин… Эсиэрдэр биири туойаллар, мэнсэбииктэрбит диэччилэр атыны этэллэр, бассабыыктар даҕаны оннуктара буолуо…
– Суох! – Сүөдэр өһүргэнэр. – Тоҕо ити курдук саҥараҕыный? Мин атын баартыйа дьонун билбэппин, бассабыыктары билэбин… Мин доҕорум Трошка Алмазов бассабыык этэ… Иван Волошин эмиэ бассабыык… Ити дьон бэрт үчүгэй дьон. Кинилэр куһаҕан баартыйаҕа холбоһуохтара суоҕа…Мин ити дьону итэҕэйэбин….
Бэһис баһа
I1917 сыллааҕы күһүн. Хотуттан, Мамакан үрэҕин төрдүн диэкиттэн, ыас хара былыт соҕуруу устар. Сотору-сотору хаар кыыдамныыр. Суворов Баһа хайа төбөтө, хаарынан сабыллан, маҥхайан көстөр. Үрдүк хайалар очуостарыгар хаар түспүтэ өр буолла. Бодойбо куоратын бириистэниттэн борохуоттар, баарсалар бука бары кыстыыр сирдэригэр төннөллөр. Урукку дьылларга толору симиллэр табаардаах, астаах ыскылааттар бу кэлэр кыһыны кураанахсыйан көрсөллөр. Урукку курдук ырыа-тойук, итирик киһи айдаана, баайдар көрдөөх күүлээҥкилэрэ иһиллибэт. Куорат уулуссаларыгар киһи көстөрө ахсааннаах. Аччык кыһын кэлэн иһэриттэн чаҕыйбыт курдук, бары-барыта кэри-куру, аас-туор.
Олунньу ыйдааҕы революция кэнниттэн Бириэмэннэй правительство дойду олоҕун тупсарарын оннугар ордук айгыраппыта, мөлтөппүтэ. Бодойбоҕо быйыл ас-таҥас кэлбэтэҕэ. Ыраахтааҕы харчыта манна «кирдээх кумааҕы» диэн ааттанар. Билигин «керенка» диэн саҥа харчы тарҕанна. Ол харчыбыт сыаната диэн – биир хаа испиискэ биэстии мөһөөк!
Атыыһыттар хантан эрэ булбут табаардара, астара, кэмигэр кыайан тиэйиллиминэ, Воронцовка дэриэбинэҕэ кэлэн хаайтаран хаалар. Бу кыракый дэриэбинэҕэ быйыл кыһын түөрт борохуот кыстыыр. Мотуруостар, борохуоттар хамаандалара дэриэбинэ ыалыгар дьукаах киирэллэр. Эдэр кыргыттар эргэ тахсаллара үксүүр…
Атыыһыттар Витим өрүс мууһа тураатын кытта, олохтоох тоҥустартан табаларын эттэһэн уонна «Лена Голдфилдс Корпорация» шахтаҕа үлэлэтэр аттарын ылан, Воронцовкаттан таһаҕас тастараллар. Сыарҕанан таһыллар ас-таҥас соҕотох Бодойбо да куорат олохтоохторун кыайан хааччыйбат. Бириискэлэргэ аччыктааһын буолар. Дьон үлэҕэ тахсыбат, көмүс хостоммот. Үгүс үлэһиттэр, хоргуйан өлүмээри, ойуурга олорор тоҥустары кэрийэллэр. Таҥастарын, «дойдубутугар төнүннэхпитинэ туһаныахпыт» диэн мунньуммут көмүстэрин, чаһыларын, биһилэхтэрин барытын таба этигэр атастаһаллар. Сорох рабочайдар Лена сүнньүгэр олохтоох бааһынайдарга үлэлии тарҕаһаллар.
Тыһыынча биэс сүүс кэриҥэ ахсааннаах мас кэрдээччи сахалары тойотторо, мас бэлэмнииргэ бэдэрээт кэпсэппэтэх буоланнар, үүртэлээн кэбиһэллэр. Ол дьон үгүстэрэ бириискэлэргэ уонна Бодойбо куоратыгар киирэллэр. Сорохтор төрөөбүт улуустарыгар төннөллөр.
Бодойбоҕо, бириискэлэргэ, тимир суол вокзалларыгар хоргуйан өлбүттэр үксүүллэр. Кинилэри күннэтэ аайы милиция хомуйар, ханна эрэ хаалбыт шахтаҕа көмнөрөр. Кимнээх өлбүттэрин, ханна көмүллүбүттэрин ким даҕаны билбэт.
Сүөдэрдээх ыкса күһүн буолуор диэри икки атахтаахха көстүбэттэр. Хата, дьоллоругар, сайын биир тайаҕы бултаан, ол этин хатаран сииллэр. Ол эрээри кинилэр бу курдук уһун кыһыны быһа саһан олорор кыахтара суох. Хайаатар да Бодойбоҕо киирэн ас, таҥас булан таҕыстахтарына табыллар.
Сэтинньи ый саҥатыгар Сүөдэр Испирдиэҥкэлиин иккиэ буолан Бодойбо куоратыгар киирэллэр. Онно дьэ аас олох алдьархайын көрөллөр. Биир күн киэһэлик почтаҕа киирэн кинилэр маннык сонуну истэллэр: «Петербурга эмиэ революция буолбут… Большевиктар былааһы ылбыт курдуктар…»
Сүөдэрдээх бу киирэ сырыттахтарына Бодойбо куоратыгар хас да киһини хаайаллар. Сарсыҥҥытыгар «Сымыйа, провокационнай кэпсээни тарҕаппыттарын иһин хаайылыннылар: почта үлэһитэ Русанов, тимир суол көрөөччүтэ Харитонов, куорат мещанина Михеев» диэн биллэрии тахсар. Ити күн Бириэмэннэй правительство Бодойботооҕу комиссара Передохин лааппы аттыгар дьону мунньан маннык тыл этэр:
– Бу күннэргэ сымыйа кэпсээн тарҕанар. Большевиктар агеннара ону кэпсииллэр, дьон санаатын иирдэллэр. Ол иһин эһиэхэ мин манныгы иһитиннэрэбин: кырдьык, алтынньы ый 25 күнүгэр Петербурга бастаанньа буола сылдьыбыт. Правительственнай биллэрии быһыытынан, ханнык эрэ аҕыйах авантюристар, воинскай чаастар сорохторун, флотскай экипаһы бэйэлэрин өттүлэригэр тарданнар, столица бэрээдэгин айгыраппыттар. Ону правительствоҕа бэриниилээх воинскай чаастар уонна офицерскай куорпус саба охсубуттар. Билигин Петербург куоракка бэрээдэк чөлүгэр түһэриллибит. Онон сымыйа кэпсээни тарҕатааччы киһи хаайыллыа уонна сокуон төһө кытаанаҕынан көрүллүө.
Аҕыйах хонон баран, били «сымыйа кэпсээни тарҕатаҕыт» диэн тутуллубут дьон ытыллыбыттарын туһунан биллэрии тарҕанар.
Манна, ыраах Тайҕаҕа, тимир суола суох кырыы сиргэ, Петербурга пролетарскай революция кыайбыт сураҕын төһө даҕаны кистии сатаабыттарын үрдүнэн, халлаан сырдыырын хараҥа түүн хаһан да кыайан хаайбатын курдук, ол сурах син биир тарҕаннар тарҕанан барар. Пролетарскай революция кыайбытын истэн, рабочайдар улаханнык үөрэллэр, харахтара сырдыыр, санаалара күүһүрэр. Ол да буоллар манна рабочайдар бэйэлэрин күүстэринэн былааһы ылар кыахтара суоҕа. Хас бириискэ, шахта, учаастак аайы «Лена Голдфилдс Корпорация» бэрт үгүс казактары, милицияны муспута. Тойоттор бары саа, ыстыык кэннигэр саспыттара.
Ахсынньы ыйга «Иркутскайга рабочайдар былааһы ылбыттар» диэн сурах тарҕанар. Ким маны кэпсээбитин, хантан бу сурах тарҕаммытын, сымыйатын дуу, кырдьыгын дуу ким да билбэт.
Ити курдук, 1917 сыл бүтэр. Бу кэмҥэ Бодойбоҕо хайа даҕаны былаас диэн суоҕун кэриэтэ буолар. Бириэмэннэй правительство комиссара Передохин көстүбэт буолан хаалар.
Олунньу саҥатыгар Сүөдэр эмиэ Бодойбоҕо киирэр. Уулуссанан баран истэҕинэ, хара барааҥка тулууптаах киһи кинини илиититтэн харбаан ылар.
«Дьэ туттулар», – дии санаан, Сүөдэр сүрэҕэ өрө мөхсө түһэр, илиитин тоҕо садьыйар.
– Федор, тохтоо! – диир кини урут хаһан эрэ истибит куолаһа.
Сүөдэр тохтуур. Били тулууптаах киһиэхэ эргиллэ түһэр: арай Трошка Алмазов мичээрдии турар эбит!
– Трошка! – Сүөдэр кууһан ылар.
– Биллэ!.. Федор, доҕоччугум!
– Трофим! – диир Сүөдэр үрүт-үрдүгэр.
– Аргыый… – диэн киниэхэ Алмазов сибигинэйэр. – Аны миигин Трофим Алмазов диэн ааттаабат буол.
– Тоҕо?
– Ону хойут кэпсиэм… Кэлиэм диэбэтэҕим дуо?.. Кэллим! Көрсүөхпүт диэбэтэҕим дуо? Көрүстүбүт! – диэн Алмазов үөрэр.
– Хайдах ааттыыбыный? – Сүөдэр ыйытар.
– Гудзинскай диэммин… Били Нерчинскэйтэн арахсарбытыгар эйиэхэ эппэтэҕим дуо? Аны миигин Гудзинскай диэн ааттаа.
– Гудзинскай… Табаарыс Гудзинскай!.. Букатын көһүппэтэҕим… Кырдьыкпын этэбин, көрсүөхпүт эрэ дии санаабат этим… Хантан кэллиҥ?
– Билигин Иркутскайтан… Били биһигини сууттаабыт тойону мин илэ бэйэбинэн хаайдым эбээт… Дьэ, санаабын ситистим! – диир Гудзинскай.
– Чэ эрэ, кэпсээ, Иркутскайга рабочайдар былааһы ылбыттар дииллэрэ кырдьык дуо?
– Кырдьык… Хойут үчүгэйдик кэпсиэҕим… Ханна эрэ барыах, уулусса ортотугар турарбыт сүрэ бэрт…
Сүөдэр бу киэһэ доҕорун Гудзинскайы илдьэ саһан олорор сирдэригэр тахсар. Кини доҕотторо саҥа киһи кэлсибитин көрөн дьиктиргииллэр.
– Бу мин табаарыһым Алмазов… Сыыһа ааттаатым, урут Алмазов диэн ааттаах этэ, билигин – табаарыс Гудзинскай, – диир Сүөдэр.
Алмазов туһунан Сүөдэр кинилэргэ урут бэрт үгүстүк кэпсиирэ. Онон Сүөдэр доҕотторо бу тэтэркэй хааннаах, төгүрүк сирэйдээх, симмит курдук модьу көрүҥнээх киһини бэрт эйэҕэстик көрсөллөр.
– Мин бэрт ыраах, бэрт киэҥ сиринэн эргийэн сырыттым. Маҥнай сэриилэһэр армияҕа партийнай үлэни ыыппытым. Онтон алтынньы 25 күнүгэр Петербурга пролетарскай буолбут революцияҕа кыттыспытым., Зимнэй дыбарыаһы сэриилээн ылыыга сылдьыбытым… Керенскэйи тутар баҕалаах этим… Туппуппут буоллар, били кини Иркутскай Судебнай палататыгар эппит тылын «өйдөтүө» этим. Ону баара… – диэн баран Гудзинскай икки ытыһын нэлэтэн кэбиһэр, – куотан хаалбыта… Туттарбатаҕа.
– Ленини?.. Ленини эн көрдүҥ дуо?
– Көрөн!.. Владимир Ильич биһиэхэ, саллааттарга, хаста да тыл эппитин иһиттим… Ол иннинэ Ленини мин аан бастаан Олунньутааҕы революция кэнниттэн кыраныысса таһыттан кэлэригэр Петербург Финляндскай вокзалыгар көрбүтүм.
– Ленин бэйэтэ хайдах дьүһүннээх, көрүҥнээх киһиний? – Сүөдэр ыйытар.
– Владимир Ильич уҥуоҕунан кыра… Мин маҥнай көрөн баран: «Намыһах да уҥуохтаах эбит, оннооҕор миигиннээҕэр үрдүгэ суох эбит», – дии санаабытым. Онтон Ленин броневик үрдүгэр тахсыбыта. Петербург куорат пролетарийдарыгар, саллааттарга анаан тыл эппитэ. Онно уонунан тыһыынча киһи баара. Ол дьон бука бары Ильич этиитин биир да тылы сыыска-буорга түһэрбэккэ истибиппит. Ол курдук дириҥ, үчүгэй, өйдөнүмтүө этэ! Мин онно броневик үрдүгэр намыһах уҥуохтаах киһи буолбакка, баараҕай улахан киһи турарын курдук санаан кэлбитим. Көр, киһи улахана, улуута өйүгэр буолар эбит!.. Октябрьскай революция кэнниттэн партия сорудаҕынан Сибииргэ кэлэн Советскай былааһы олохтостум… Ахсынньыга Иркутскайга Советскай былааһы тэрийдибит… Дьэ, ол кэнниттэн мин бэйэм баҕабынан бу манна, Бодойбоҕо, кэллим… Биһиги манна уонна мантан хоту – Саха сиригэр Керенскэй былааһын эһиэхпит. Оччоҕо Россия бүтүннүүтүн үрдүнэн Советскай былаас олоҕуруо, ол буолуо чахчылаах үлэһит норуот былааһа диэн…
– Дьэ, кырдьык, олус үчүгэй буолуо этэ. Оччоҕо биһиги үлэһиттэр былаастарын тэрийбитинэн барыахха! – Сүөдэр мэктиэтигэр хараҕа уоттана түһэр.
– Тиэтэйиэххэ сатаммат. Аан бастаан үлэһиттэргэ революция диэн тугун өйдөтүөххэ наада. Иккиһинэн, сэриилэһэр сэби мунньунуохха, булунуохха. Кыһыл илиибитинэн биһиги тугу да оҥоруохпут суоҕа.
Бу күнтэн ыла Сүөдэрдээх бэйэлэрин хаспахтарыгар нэдиэлэ баһыгар-атаҕар биирдэ эрэ түмсэр буолбуттара. Маҥаас Уол Гудзинскайдыын бириискэлэри кэрийэ сылдьан бастаанньаҕа бэлэмнэнэр үлэни ыытыһар. Сүөдэр, Испирдиэҥкэ, Убайдаан уонна Кынат Уол сэриилэһэр сэп булуутугар сылдьаллар. Кинилэр, үлэһиттэртэн кыһыл көмүс хомуйаннар, Бодойбо куоратынааҕы «Казачья сотня» каптенариһыттан 50 бинтиэпкэни, биэс тыһыынча ботуруону уордаран атыыластылар. Онтон, таба эттэһэн, ону хаспахтарыгар тастылар.
Гудзинскай эппитин курдук, кулун тутар ый саҥатыгар, 1918 сыллаахха, бастаанньа бэлэмэ дьэ ситэр.
Кулун тутар ый 7 күнүгэр Надеждинскай, Федосьевскай, Пророк-Ильинскэй уонна Андреевскай бириискэлэр рабочайдара бастаанньа оҥороллор. Кинилэр олохтоох милиция үлэһиттэрин уонна казактары тутуталааннар, сааларын былдьыыллар, хаайталыыллар. Куораты кытта кэпсэтэр төлөпүөн боробулуохаларын быһыталыыллар. Сарсыныгар куораттан тахсыбыт пассажиры күүстэринэн бас бэриннэрэн, Гудзинскай икки сүүсчэкэ киһи этэрээттээх Бодойбо куоратыгар киирэр. Кини ол киирэн, казачай сотня хаһаарыматын, почтаны, телеграбы ылар. Онон кулун тутар ый 8 күнүттэн ыла Тайҕа үрдүнэн Советскай былаас олохтонор.
Гудзинскай туох-ханнык иннинэ атыыһыттар астарын-таҥастарын, Лена көмүһүн хостотор Табаарыстыба ыскылааттарын олохтоох Совет бас билиитигэр биэрэр.
Олохтоох Совет, туох баар аһы-табаары учуоттаан көрөн баран, үлэһиттэргэ, нэһилиэнньэҕэ нуорма быһыытынан түҥэтэр. Тыһыынчанан ахсааннаах аас-аччык дьон өлөртөн быыһаналлар.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.